Өбүгэлэр эмтэниилэрэ
(Фольклорист Г.Е.Федоров матырыйаалларынан бэчээккэ бэлэмнээтэ Уххан)
Георгий Евгеньевичтыын көрүстэхпитинэ ойууттар, удаҕаттар, эмчиттэр, аатырбыт дьон сырыыларын, араас дьиибэлээҕи, дьиктини кэпсэтэрбит. Кини кэпсиирэ. Барытын сурукка тис диирим. 1991 с. сайыныгар мин көрдөһүүбүнэн “былыргы өбүгэлэрбит хайдах, тугунан эмтэнэллэрэй”, “өбүгэлэрбит хайдах олорбуттарай” - диэн олоххо буола сылдьыбыкка олоҕуран суруйан ыыппыта баар. Сороҕо кинигэтигэр киирбитэ быһылааҕа. Суругар Георгий Евгеньевич маннык киирии тыллаах: -Мин Бүлүү фольклорун чинчийбитим 52 сыл буолла. Ол иһигэр 13 сайын археологическай экспедицияларга сылдьан Бүлүү муоратын уҥуордаан, хоту өттүн Марха өрүс баһынан Моркуоку диэн салааҕа тийэттээн киэҥ далааһыннаах айаннары сылдьыбытым. Н.Д.,И.Д Архиповтар уонна И.В.Константинов, А.И.Гоголев экспедициялэригэр сылдьан наукаҕа улахан арыйыылары оҥортуурбут. Тыыннаах ат көмүктээхтэри, Бүлүүгэ ынах, сылгы сүөһүлээхтэр кэлиилэрин курдук бөдөҥ уонна улахан суолталаах арыйыылары оҥотуурбут. Неолит холобурдарын бэрт элбэҕи арыйталыырбыт. Итини сэргэ этнографическай үлэлэргэ кыттан наука эйгэтигэр улахан үөрэҕи барбыппынан дьоллоохпун диэн киэн туттабын. Бүлүү топонимикатыгар балачча кыттыылаахпын. Ону Багдарыын Сүлбэ таарыйан мин ааппын ахтыбыт кинигэлэринэн туоһулатабын. И.Г.Березкин, Н.В.Емельянов кинигэлэригэр аатым киириитэ мин научнай суолбун сырдаталлар. Оттон фольклор матырыйаалларын хомуйуубун “оччо-бачча” диэн холуур кыах суох, ол курдук элбээтэҕэ. Билигин сахалыы эмтээччилэр (отоһуттар) элбээн эрэллэриттэн үөрүүм улахан. Ол иһин өр сылларга чинчийбит үлэбиттэн сурукка таһаарабын. Саха омук күүстээх-уохтаах эмтэрэ эбии күүскэ сайдыаҕын, медицинскэй наукаҕа баай кылаат буолуоҕун, саха омук маҥнайгы комунистара, комсомолецтара уонна актыыптара саба үктээбиттэрэ. Ойууттары, удаҕаттары, отоһуттары эстэлээн, куоластарын бысталаан, үөрэнэр оҕолорун оскуолаттан үүртэлээн, дүҥүрдэрин, таҥастарын уоттаталаан, отоһуттары кытаанахтык боботтоон, аҕабыттары эстэлээн, кулаак оҥортоон олус дьиикэйдик сыһыаннаспыттара. Ол туһуттан саха омук илдьэ кэлэн испит итэҕэлэ сүтэн, сиэрэ-майгыта уларыйан, атыҥҥы суураллан, өйдөбүлэ убанан барбыта, ол түмүгэр билиҥҥи ыччаттарбытын түҥнэстигэс түстээтибит, сахалыы сайдар кэскилин саарбахтаатыбыт. Саха омукка инникигэ тирэх буолар уруккубутун билиэхпитин наада. Мин бу үлэм отоһуттар элбээтэхтэринэ, медицинскэй наука сайдан истэҕинэ сороҕун эмэтин туһуҕа таһаарыахтара диэммин сурукка кииллэрдим. Итини сэргэ сахалар эмтэммит эмтэрин суолун-ииһин сырдатар историята буолаарай диэммин эмиэ. Онон инникитин манныгынан дьарыктанар эмчиттэр, айар үлэлэрэ күүскэ сайдан саха омугун өлүүттэн-сүтүүттэн эбии быыҺааталлар диэн сырдык ыралаах баҕалаахпын!
Георгий Федоров. Атырдьах ыйын 13 к. 1991с. Сунтаар с.
Иитии эмэ
Мин 80 сааспын туолан 90-мар үктэнэн олоробун. Ыраахтааҕы былааһыгар төрөөбүтүм. Абааһы да, таҥара да итэҕэллэрэ толору баара. Аньыыттан-хараттан олус куттанарбыт. Туох да куһаҕаны оҥорбот туһугар туһаайан дьоммут үөрэтэн иитэллэрэ. Онтон туораан куһаҕаны оҥорор түбэлтэҕэр үс хостоох кытаанах таһыыры көрсүллэрэ. “Аны маннык буруйу оҥоруоҥ дуо?!”-диэн буолара. “Суох”-диэн эппиэттиигин. “Аны үһүс хоһунан ытаама!”- диэн кытаанах таһыыр. Ытаабат буоллаххына таһыыртан босхолоноҕун. Ити курдук оҕону кытаанахтык “эмтээн” иитэллэрэ. Сылга биирдэ “Талах тутар таҥара” диэҥҥэ саас ириэһин буолан эрдэҕинэ биир нэдиэлэ устата “кураанах күннэнии” диэн кэлэрэ. Эти да, балыгы да, арыыны да сиэбэккин. Онтон 16 сааһыттан алын саастаах оҕолору аньыы этитиитэ диэҥҥэаҕабыыкка илдьэллэрэ. Онно кириэһи сыллата-сыллата аҕабыт ыйытыыларыгар кирдьигинэн эппиэттэтэллэрэ. Ити сыллата буолара. Былырыыҥҥы эппит аньыыгыттан бүгүҥҥэ дылы тугу оҥорбуккун иҥэн-тоҥон ыйыталлара. Онтон, “дьонуҥ биэрэр аһылыктарын мыынаҕын дуо?, төрөөн сытар чыычаах уйатын алдьаппытыҥ дуо?”- диэн ыйыталларын өйдүүбүн. Чыычаах уйатын алдьатаары туран аньыы эппиккин өйдөөн кэлэн тохтуур буолуллара. Абааһылаах дэнэр сирдэргэ мээнэ айдаарыллыбат, иччитэх өтөхтөргө сылдьыллыбат, киһи уҥуохтаах сирдэргэ чугаһаммат буолара. Үүнэн турар мастары мутугун тосту тутуллубат этэ. Оттор-мастар бэйэ-бэйэтин кытта кэпсэтэллэр, күҺаҕаны оҥорбут киһини кырыыллар үһү диэн буолара. Былыргы оҕолор үксүн тарбыйах тириитэ таҥаһы таҥнан улааппыппыт. Улахан ыһыахтарга көстүүмнээх, уолугар чаҺыылаах биэс-алта эрэ киһини көрсүллэрэ. Ону “тайҕа киһитэ”-дииллэрэ. Арыгы улахан иэдээннээх ас курдук сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ. Тар, ымдаан, суорат, бырпах, кымыс аһылыктар биһигини киһи гыммыттара. Аныгы ыччат итини сибиинньэ аһылыгар холоон чугаһаабат. Былыр балыыһа, быраас, биэксэр суоҕа. Ойууттары, отоһуттары туһанан эмтэнэрэ. Ойуун, отоҺут тус-туспа идэлээх эмчиттэр. Ойуун киһини наар кыыран, абааһы бииһин утары, ону араас манньалаан, ыарыһах тыынын толугар кэрэх туттан, ытык сылгы туруоран, араас мас эмэгэттэринэн, сур солоҥдонон, сур бэлиэлээҕинэн уонна тыкаарынан, чөкчөҥөнөн манньа биэрэрэ. Олору ыарыы төрдүгэр, абааһыларыгар үтэйэн кыырара. Мин уон алта ойуун кыырарын илэ көрбүтүм. Отоһуттар
Отоһуттар олох туспа суоллаах-иистээх эмчиттэр этэ. Ханнааһын икки суол көрүҥнээҕэ. Бастакылар - дьэҥкир муостаах сүөһү муоһунан хаан оборторор тэрил оҥостоллоро, киһи ыалдьар сирин дьөлө анньан баран муостарын иһигэр кумааҕыны уматан салгыны хаайан оботтороллоро. Хааныыр сири дьөлө анньарга анаан хотуур хаптаһынынан синньигэс уонна сытыы уһуктаан, кылгас уктаан оҥостоллор. Онтуларын өрбөххө суулаан муостарын иһигэр укта сылдьаллар, муостарын сарыы саппыйаҕа уган харайаллар. Иккистэр- чараас гына кыһан тымтык оҥостоллор. Онно кып-кыра синньигэс “аалыскай инньэ” диэни хойуу соҕус гына уонча эбэтэр сүүрбэччэни, төбөтүн барбах быктаран саайаллар. Онтуларын эмиэ өрбөххө эрийэн суулаан сылдьаллар. Аан бастаан киһи ыалдьар сирин чараас, атын тымтыгынан таһыйаллар, онтулара кытарбытын кэннэ инньэлээх тымтыктарынан таһыйаллар. Онтуларыттан ардыгар симэһиннээх хаан оҕуолаан тахсар. Ол кэнниттэн дэлби имэрийэн бараннар өрбөҕүнэн саба баайаллар. Икки-үс хонон баран сүөрэллэр. Итинник эмтээһин ыарыы ханан өтөн ыарытар сиригэр уонна иҥиир хоҥнуутугар, бүтэй искэҥҥэ итнник хааннааһын оҥоһуллар. Көрөр буолбут (панарицый) диэн тарбахха, баҕар атын да сиринэн буулаан ыарытыан сөп. Уҥуох түстэҕинэ өр ыарытан баран ааһар, олус куһуҕан, күүстээх ыарыылаах ыарыы. Кырдьаҕастар этэллэринэн кураан сайын дэлэйэр ыарыы. Мас быылыттан тарҕанар, үөннээх куһаҕан ыарыы дииллэрэ. Бастаан мунду хараҕын курдук ыарытар сиригэр үөскээн тахсар. Ол бириэмэтигэр киһи тулуйбат ыарыыта буолар. Ол саҕана хамса умнаһын (чубуугун) үүттүүр сыҕаала диэн боробулуоханан оҥоһуллар тэрил табахсыт ыал аайы баара. Ону кытардан баран ыалдьар илиини халҕан быыһынан уктаран баран мунду хараҕын дьөлө анньан кэбиһэллэрэ. Оччоҕо күнүнэн ааһара. Курдуур ыарыы диэн баара. Киһи курданар сиринэн эргиччи бааһырар, иһигэр өтөн киирэр искэннээх куһаҕан ыарыы. Сиһин ороҕун кэстэ да өлөрөр дииллэрэ. Эмэ диэн өрдөөҕүтэ, хас да сыллааҕыта саахтаабыт ыт сааҕын хомуйан баран бороһуок буолуор диэри мэлийэн баран, ынах сиикэй арыытыгар хойуу соҕус гынан буккуйан маас оҥорон, онон уҥунуохтаан эмтииллэрэ. Ити сотору үтүөрдэрэ. Ол иһин сахаларга “кур ыт сааҕа курдуурга эмтээҕэр дылы” диэн өс хоһооно баар. Иккис эмтээһин. Кэкэ-бука сахалыы “мас эргийэр” диэн халлаан күөҕэ өҥнөөх кыра чыычаах баар. Саха сиригэр кыстыыр. Ол чыычаах түүтүн хоруордан арыыга буккуйан уҥунуохтууллар. Сорохтор үөһүн ылан хааныгар буккуйан онон уҥунуохтаан эмиэ эмтииллэр. Бу эмп курдууру эмиэ сотору үтүөрдэр. Кэкэ-бука сымала аһылыктаах чыычаах. Тиити биир сантиметр арыттаан тула эргийэн ойуу курдук тоҥсуйан аһыыр. Эргиитэ бүттэҕинэ балтараа см. кураҥа аллараа өттүнэн дьөлө тоҥсуйан ылар. Ону көрдөххө ойуу курдук буолан турар. Түбэһиэх тиити тоҥсуйбат, аһалык кэлэр сымалалаах тиит хатырыгын талан тоҥсуйан аһыыр быһылаах. Саһарар ыарыы сахаларга элбэхтик тунуйбут ыарыы. Өссө сыстыганнаах эмиэ баара. Биир дьиэҕэ хас да киһи бииргэ ыалдьара. Ону бэрт кэбэҕэстик эмтээн үтүөрдэллэрэ. Эр киһи ыарыйдыҕына саһарардаабыт дьахтар иигин иһэрдэллэрэ, дьахтар ыарыйдаҕына саһарардаабыт эр киһи иигин иһэрдэллэрэ. Ити курдук хардары-таары. Биир иһэрдиигэ ыстакаан аҥара холобурдааҕы. Сотору ааһара. Көдүргэн буордаах сиргэ тимэх от диэн бэрт хойуутук үүнэр. Ону сайын бөтүрүөп таҥара саҕана үргээн (быһан) хатараллар. Сарсыарда эрдэ, мүөт аһалыктаах үөн-көйүүр, харамай хомуйуон иннинэ. Ити оту оргутан саһарардаабыт киһиэхэ күҥҥэ биэстэ-алтата ыстакаан аҥарынан иһэрдэллэр. Тимэх от тыһылаах, атыырдаах ону эмиэ араараллар. Өр эмтэммэккэ баалаппыт саһарары тыыннаах сордоҥу эбэтэр сыалыһары хайа быһан баран сиикэйдии саба баайан кэбиһэллэр. Ол аата оботторуу диэн. Икки-үс чаас баайылыннаҕына балык этин өҥө ап-араҕас буолан хаалар. Ити бириэмэҕэ ииги эбэтэр тимэх оту иһэрдэри тохтотуллубат. Балык эттээх тириитин саһарбат буолуор диэри баайа тураллар. Илбийэн эмтээһин. Хас да суоллаах ыарыылары илбийэллэр. Илбийиигэ ис ыарыылара, көҕүс, сүһүөх, бүлгүн, төбө, тиис о.д.а ыарыылар илбиллэллэр. Ис ыарыытын илбиттэрэр киһини оһох иннигэр сылааска сытыаран баран, ынах саҥа арыытын сылаас гына уулларан ыстакаан аҥарын иһэрдэллэр. Ханнык ыарыыга илбиллэрин көрөн испит арыытын тарҕатан, оргууй хамсатан, хачайдаан үөрэтэллэр. Эмискэ күүскэ илбийбэттэр. Оһоҕос, сис үөһүн, куртах уонна ойоҕос ис өттүн ыарыыларын, ити курдук ис хас да көрүҥнээх ыарыытын илбийэллэр. Аҕырбыт ыарыыны туттубаттар. Илбиллээччи ардыгар сыптарыйар. Ол аата – суолун биэрдэ- диэн буолар. Салгыы сылаас оргуйбут ууну барбах үүттээн иһэрдэн баран эмиэ илбийэллэр. Илбиллээччи салгыы өһөҕүнэн сыптарыйар. Ыраас хаан кэллэҕинэ тохтууллар. Илбиллибит киһи үс-түөрт ыйга аһыыны, аҕырбыты, балыгы, сыалааҕы сиэ суохтаах. Тымныйыа, тоҥуо суохтаах, үчүгэйдик харыстаныахтаах. Илбийии илбиллэр киһиэхэ “суолун биэриэр” диэри икки- үс хонукка тийэ илбийэллэр. Илбийии арааһа, ньымата элбэх. Түөн ууруута. Түҥ былыргыттан сайдыбыт улахан туһалаах эмтээһин. Түөнньүт киһи туспа, ыарыы ойбонун тарбаҕынан бигээн булар. Хатыҥ кунааҕыттан кыаны ылаллар. Тас маҕан хаҕын сытыы быһаҕынан элийэн ыраастаан баран хатараллар. Ол кэнниттэн оһох күлүн хааһытыгар буһаран баран уутун ыкпакка мас үтэһэҕэ үөлэн күн уотугар хатаран баран, мас өтүйэнэн оргууй охсон торун тоһутан баран, илиинэн имитэн үчүгэйдик таҥастаан баран, кыаны сарыы саппыйаҕа уган харайаллар. Кыаны сайын сул саҕына хатыҥ уута муҥутаан турар кэмигэр оҥостуллуохтаах. Ол ордук умайымтыа буолааччы. Кыа былыргы дьон сүрүн уоттара, испиискэ кэлин дэлэйдэҕэ дии. Тыҥырах аҥаарын саҕа кыаны саҕан ыарыы ойбонугар ууран баран кыптый буутунан, эбэтэр тиэрбэһинэн эккэ ууруллубут кыаны ыга баттаан тураллар. Ыарыы хараҕын таба уурдахха киһи этин дьөлө сиэн, ол оннуттан ыйы-ыйынан симэһин сүүрэн тохтор, ыарыы үтүөрэр. Таба түбэспэтэҕинэ дьөлө сиэбэт, кыратык хабыллар, сүмэһин кэлбэт. Ол иһин буолуо, түөнньүт идэлээх киһи туһунан буолар. Түөн ууруута кэмнээх, биир киһи сэттэ түөнтэн ордугу уурдарыа суохтаах. Хойут өллөҕүнэ аллараа дойдуга түөнүн ааҕаллар. 17-с үйэ саҥатын диэки, саха сиригэр кииһинэн өлбүгэ төлөнөр сокуона олохсуйуоҕуттан, өлбүгэ хомуйар нууччалар, буруйдаахтар мэнээктээбиттэриттэн бөрөлөй (гонорея), сииппилиис уонна трахома (нуучча ыарыыта) диэн ыарыылар саханы буулаабыттара. Оччотооҕу нууччалар саханы тутурҕанар сүрэҕэ суох, өйдүүр өйө суох акаары, дьиикэй омуктарынан ааҕаллара диэн үгүс элбэх сэһэннэр бааллар. Ыалга киирдилэр да обургу кыыһы, эдэр дьахтары дьиэ кэргэттэригэр көрдөрбүтүнэн туран күүһүлээн кэбиһэллэрэ. Малларын, астарын халыыллара, ардыгар өлөрөн да кэбиһэллэр эбит. Ити курдук кэлии баһылааччылар сутуйбүт ыарыыларыттан хайдах быыһанар суолу-ииһи, эми-тому көрдөөннөр өбүгэлэрин үгэһин хаһыспыттара саарбахтаммат.Сир хоттуоскатынан, кини угун миининэн бөрөлөйү түргэнник үтүөрдэллэрэ. Сир хоттуоскатыгар майгылаах үүнэйилэринэн эмтэнии дэлэйбит. Ордук саҥа үүнэн иһэр баҕа батаһын буор көһүйэнэн саба ууран баран, тыын тахсыбат гына саба көмөн баран, күһүн, от-мас сэбирдэҕэ түһэн эрдэҕинэ хаһан ылан, бүтэйдии уулаах иһит үөһэ оргууй, хас да хонукка оргутан ороһуолун хоҥнорон ылан сииппилиис ыарыыны үтүөрдүбүт Кэмчи диэн эмээхсин быртах ыарыыттан икки атаҕы эмтээн быыһаабытын туһунан домох баар. Кэмчи эмээхсин эмин былдьаан ылан элбэҕи сиэн өлбүт Бүччүүк диэн киһи көмүгэ Күүкэй Бээкимдэтин илин өттүгэр, Дый Киргиэлэй уола Куһаҕан Ньукулай (Григорьев Николай) олоҕун таһыгар, Толоон диэн сир кэриитигэр мэҥэтэ эмэх буолан сытара баар. Кэмчи сүрэхтэммэтэх быһылаах, аата биллибэт. Кэмчи ити курдук сыаналаах саҥа эми айбытын, медицинаҕа сыаналаах кылааты киллэрбитин билинэн, үрдүктүк сыаналаан Иркутскайтан эмп үөрэхтээхтэрэ Кэмчигэ өлүөр диэри 25 солк. босуобуйа анаттарбыттарын туһана сылдьан 1800 с. диэкки өлбүт бадахтаах. Дьыалата Иркутскай архивыгар баар буолуон сөп.
Салгыыта бэчээттэниэ.
|