1940 сыл кырыата- чысхаана сатыылаан, бытарҕан тымныыта сырылаан турдаҕына тохсунньу ый 16 күнүгэр, Сунтаар улууһун ырыаҕа ылламмыт Ыгыаттатын, Тураҥнаах диэн сыһыытын арҕаа баһынааҕы тумулугар саһан турар саха балаҕаныгар, Кыыл Охонооһой уола Сэргэй Сибиэрэп бииргэ төрөөбүт быраатыгар Киргиэлэйгэ уол оҕо төрөөбүтэ.
Онно Кыыл Охонооһой :-`` бу уол, бу үлугэрдээх тымныыга төрөөтө,эрэйгэ-буруйга эрилиннэҕинэ даҕаны иннин солонор соргулаах киһи буолсу``-диэн саҥа аллайбыта үһү.Уолу Арсений диэн ааттаабыттар.
Сибиэрэптэр төрүттэрэ- Кыыл Охонооһой аҕата Дьапта Омтоонтон, кини аҕата Төгүлтэн --Бөҕө Сиэнэкэ, Атах Дьаархан диэннэринэн удьуор тардан Хаҥалас Дьаарханнарын диэкки хайыһар . Үс бырааттыы Өнүйэ, Атах, Эрэһэ Дьаарханнар Өлүөнэ диэккиттэн дуу, Дойду Ууґуттан дуу Тыгын саҕана Бүлүүнү булбуттара диэн үһүктүүллэр.
Кыыллар удьуордарыгар ырыа -тойук доҕуһуолун,олоҥхо- остуоруйа оҥоһуутун ыпсар ыырын ырыппыт, саха тыла саҥа буолар саталаах тэтимин сатабылын ирдэспит идэлээх дьон элбэхтэрэ, ойууттар, удаҕаттар да бааллара.
Ол ону, айар үлэ соноругар эрэй бөҕөнү эҥэринэн тыырбыт,муҥ бөҕөнү муннунан соспут, тойук тоҕотун сураһан тоҕой аайы тохтообут, алгыс хайдаҕын анаара алаас аайы аараабыт, тэтим кистэлин билээри тэргэн аартыктары тэлэйбит, айылҕа доҕуһуолугар абылаппыт, тыл хомуһунугар тыыттарбыт Айыы хаан аймаҕын Аар-саар ырыаһыта Кыыл уола Сэргэй Сибиэрэп олорбут олоҕо да кэрэһилиир.
Арсений аҕата Киргиэлэй кыыс кэрэ куоластааҕа, үчүгэй хоһооннооҕо диэн этэллэр. Элбэхтик биллэ--көстө ыллыах-туойуох киһи эрдэ бараахтаабыта дииллэр.
Уол бииргэ төрөөбүттэрэ Мотуруона уонна Ньукулай эмиэ баардаах дьон эбиттэр.Мотуруона үчүгэйдик туойара,үҥкүү тыла этэрэ оттон Ньукулай суруйар идэлээх. Арсений кыра эрдэҕиттэн ийэтин эһэтэ аатырбыт сээркээн сэһэнньит Молоорус оҕонньор (ССЯковлев) сиэргэ-туомҥа,үгэскэ сиэдэрэй сэһэннэринэн оҕо сааһын өйдөбүлүн симээбитэ. Онуоха эбии Ыгыатта, Мэлэкэ түөлбэтэ бэйэтэ даҕаны тойуксут оһуохайдьыт,атын да тыл уустара, ойуун-удаҕан уутуйан үөскээбит дойдута этэ. Ол иһин Арсений кыра эрдэҕиттэн тойугу-оһуохайы кутугар-срүгэр сөҥөрбүтэ, өр кэмнэргэ сүрэхтээх-быарыгар иҥэрэн илдьэ сылдьыбыта.
-2-
Кэлин, 50-чатыгар чугаһаан баран 1989 с. Ньурба ыһыаҕар аан маҥнай улахан түһүлгэҕэ тахсан үҥкүү тыла эппитэ уонна аймаҕа ааттаах-суоллаах этээччи Е.М.Егоров кэнниттэн иккис буолбута. Бу соһуччу уонна инникини түстүүр ,кынаттыыр кыайыы этэ. Эһиилигэр Сунтаар ыҺыаҕар С.Зверев бирииһигэр республика күрэҕэр бастаабыта, 1991 с.Үһээ-Бүлүүтээҕи республика күрэҕэр Дархан этээчи аатын ылбыта. 1993с .Ойуунускай 100 сааһыгар Дархан этээчи аатын бигэргэппитэ. 1995 с. Төҥүлүгэ ``Манчаары маҥан ата`` анал бирииһи ылар.Былырыын Ыгыаттаҕа буолбут тойук күрэҕэр туойсууга бастыыр.Ити курдук элбэх улахан-кыра түһүлгэлэргэ оһуохайдьыт-тойуксут Арсений Зверев аата суола сураҕырар.
А.Г.Зверев 33 сыл устата саха телевидениетыгар эҥкилэ суох үлэлээтэ.Онтон 22 сыл устата оператордаата.Элбэх сыллар усталарыгар ``Сарыал`` биэриигэ норуот талааннаахтарын элбэхтик дьаныһан туран сырдаппыта. 1990 с.``Кылыһах``биэриини бэйэтэ оператордаан, режиссердаан 10-ча сыл устата бэйэтэ ыытан кэллэ. Арсений Григорьевич айар олоҕун бүтүннүүтүн норуот талааннаахтарын, биллэр-көстөр дьонун,төрөөбүт омугун төрүт култууратын ,исскуствотын үйэтитиигэ, сайыннарыыга анаата.
А.Звереви билиҥҥи кэминээҕи норуот ырыатын-тойугун туругун чахчытын дириҥник билэр киһиннэн ааҕабын.Ол да иһин алта уонун туолан Айыыһытын ахтар күнүгэр алтыһыннаран, кини, саха ырыатын-тойугун туһунан туох бүччүм, кистэлэҥ, кичэм санаалааҕын истэргитигэр ыҥырабын
Уххан- Оһуохай эн тус бэйэҕэр уонна саха омугар суолтата туохханый А.Г--Оһуохай - саха омугун түҥ былыргы итэҕэлиттэн ситимнээх. Кини үҥүү-сүктүү сиэрин-туомун толоруу быһыытынан айыллыбыт тойуктаах үҥкүү. Оһуохай-омугу сомоҕолуур суолталаах. Омук тыынын уһатар,кутун-сүрүн чөл оҥорор.Дьону-сэргэни эйэлэһиннэрэр, тупсааны туругурдар, аймахтары чугуһатар, тапталы үөскэтэр, дьон өйүн-санаатын сайыннарар, көрү-нары көҕүлүүр сүдүрүүннээх күүстээх.Оһуохай үөрүү-көтүү үктэллээх, аламаҕай алгыс арыаллаах. Мин тус бэйэбэр оһуохай суолтата сүҥкэн улахан. Мин бэйэбин булунарбар, дьоҕурбун таһаарарбар көмөлөһөр.
Уххан-Оһуохайбыт-тойукпут билиҥҥи туругун хайдах сыаналыыгын?
А.Г-Омос көрдөххө үлэ барар курдук. Ис дьиҥэр киирдэххэ атын. Төрүт култуураны, саха тылын ,олоҥхону, оһуохайы уо.д.а. норуот айымньытын туругурдарга туһуламмыт элбэх былааннар,барыллар,торумнар ылыллан баран таах хаалан эрэллэрэ киһини дьиксиннэрэр. Маннык уларыйа сылдьар туруга суох политика салҕанан бардаҕына кэхтии кэлэрэ саарбаҕа суох.Аҥардас энтузиазмынан, кураанах өрө күүрүүннэн төрүт күлтүүраны өрө тардар кыаҕыҥ суох, оонук кэмнэр ааспыттара.
Уххан- Кэхтии бэлиэлэрин туохха көрөҕүн?
А.Г- Биллэн турар туохха барытыгар сөптөөх солбук суоҕа буолар.Эдэрдэр олус аҕыйахтар ,тойукка, оһуохайга. Олоҥхоһуттары этэ да барыллыбат.Үтүктээйи, саиодеятельность таһымыгар үөрэммиттэр элбэхтэр.Кинилэр саха дьиҥ народнай исскуствотын көрдөрөр да, таһымыгар эпиэттирр да кыахтара суох. Исскуственнайдык оҥоһуллубут кылыһах,куолас, үҥкүү, хамсаныы,туттуу-хаптыы, быһыы-таһаа, үтүктээйи сымсах тыл-өс баһылаатар баһылаан иһэр.Оннооҕор сорох оһуохайбыт дискотека тэтимэ тэтимнэнэн эрэр.
Уххан- Кэхтии маннык бэлиэлэрэ бааллар диэн чопчу ааттаталыаххын сөп дуо?
А.Г.-Ааттаан да көрүөххэ сөп.
-
- Эдэрчи 40-чатыгар тийэр, улахан түһүлгэҕэ кыттар 4-5 эрэ этээччини мин ааттыахпын сөп. Дмитрий Иванов (Сунтаар).,Александр Софронов (Ньурба),Людмила Иванова (Сунтаар),Зоя Афанасьева (Кутана),СГУ студена Вадим Константинов курдуктар.Бу олус аҕыйах.Этээччилэр үксүлэрэ саастаахтар.
-
- Оһуохай арааһын сүтэрдэ. Биир халыып бүлүүлүү буолан эрэр.Урут оннооҕор нэһилиэктэринэн уратылаһар эбит буоллаҕына, билигин, Сунтаар Ньурбалыын араастаһыыта уурайда. Бу дьадайыы буолбакка тугуй?
-
- Оһуохай үҥкүүтэ-хамсаныыта ,тэтмиэ ыһылынна.Оһуохайга тутта хапта сылдьыы,быһыы- таһаа сатарыйбытын этэ да барыллыбат.Сорох оһуохайбыт сээдьэлиин буккуста.
-
- Этээччи эр киһи аҕыйаан иһэр.
-
- Тута хоһуйуу быстар мөлтөөтө.Үгүстэр кинигэттэн ааҕан ``нойосуустаан`` этэр буоллулар.Тыл-өс дьадайда.Дьүһүннээһин,дьүөрэлээһин,тыл дэлэтин-дэгэтин,өҥүн-талатын тутту мөлтөөтө,судургутуйда. Саха тылын ыллаатахха-туойдахха,олоҥхолоотоххо,остуоруйалаатахха, чабырҕахтаатахха чочулларын,ис хоһооно арылларын умуннубут Хоһуллубуту,айыллыбыты сэргээччи, сөбүлээн-таптаан истээччи аҕыйаата.
-
- Оһуохайы-тойугу суолталааһын ситэтэ суох. Оһуохай общество 10-ча сыллаах үлэтэ ситэ сыаналаммата..Айыы дьиэтэ, Оһуохай дьиэтэ тутуллубата. Холобур мас тардыһыытын ылан көрүөҕүҥ. Аҕыйах сыл иһигэр хайдах курдук таҕыста. Ити барыта суолталааһынтан, өрө тутууттан. Күрэхтэһиилэрин таһымнара улахан, тэрээһиннээх, бириистэригэ массыына оонньонор.Ол да иһин көх баар.Спорт көрүҥнэрэ сайдыытын республика улахан салайааччылара араҥаччылыыллар .Оһуохай,тойук дьылҕатыгар президен дуу правительство председатэлэ эппиэттиирэ буоллар үп-хаччы да көстүө этэ,үтүргэҥҥэ самалык быһыытынан сылдьара тохтоон суолтата да улаатыа этэ.
-
- Биллэн турар,саамай суолталааҕынан государствобыт норуот айымньытыгар көһүүннүк сыһыаннаһар буолан иһэрэ.Бэрт уһуннук үлэлээбит Норуот Айымньытын Дьиэтин суох оҥордулар.Култуура министиэристибэтигэр олоҥхоҕо, оһуохайга,тойукка,норуот ырыаларыгар анал идэлээх эппиэттиир үлэһиттэр суохтар.Урут барытын холбуу тутан эппиэттиир үлэһит баара,ол да итэҕэс этэ. Дьэ уонна хайдах кэхтии кэлиэ суоҕай? Уххан- Тойукка тугу чопчу этиэҥ этэй?
А.Г -Тойук оскуолата сүттэ, утума-ситимэ быһынна. Илин эҥэргэ Нохсоороптуу, Бүлүү сүнньүгэр Сибиэрэптии тойук-ырыа мөлтөөтө, сүттэ даҕаны диэххэ сөп. Итини сэргэ тойук арааһа сүтэн-симэлийэн иһэр. Аныгы тойук тэҥ сүһүөхтээх дэгэрэҥ норуот ырыатыгар чугаһаата. Онтон көннөрү ырыаҕа көһүө турдаҕа....Инньэ гынан классическай тойук ньымалара сүтээри гыннылар. Ийэ кылыһах оннугар исскуственнай кылыһах баһылаата. Уһун тыыннаах, уһуннук тардар тойуксут олох ахсааннаах, бу тыыныы ньымата эмиэ сүтэн эрэрин этэр.Тойук ис дьиҥин билбэт эрээри үтүктэн сыыһа үөрэтээччи элбээтэ.Тойукка солбук эмиэ аҕыйах.Эдэрчи тойуксуттары- Лидия Васильеваны, Дмитрий Иванову, Розалия Тихонованы, Тамара Аввакумованы уо.д.а. аҕыйах киһини ааттыахха сөп.
Уххан- Истэргэ ыарахан.Саха төрүт култууратыгар, итэҕэлигэр, тылыгар-өһүгэр дириҥник дьарыктанааччылары иһиттэххэ үгүстэр кэхтии кэлэн иһэрин сэрэтэллэр. Хайдах буолан ити үлүгэртэн харыстаныахха сөбүй?
А.Г- Маннык оҥоруохха диэн бэлэм ньыманы этэр эмиэ ыарахан. Мин элбэххэ тэнийэ барбакка тойукка-оһуохайга сыһыаран манныгы этиэм этэ.
Бастатан туран билигин баар, саха ырыатын-тойугун ньымаларын илдьэ сылдьар кырдьаҕастарынан эдэрдэри быһаччы уһуйтарыахха. Хас биирдии норуот ырыаһыта үөрэтэр оҕолордоох буолуохтаах.
Иккиһинэн, биһиэхэ туох да үлүгэрдээх элбэх фонотека, фольклор архива туох да туһата суох сытар. СГУ, култуура колледжа,муз. училище, пед.училище муз.отд. куруһуоктар,бөлөхтөр биирдиилээн үөрэтээчи кыаҕынан эрэ муҥурдаммакка фонотеканы, архивы, кырдьаҕастары күүскэ туһаныахтаах-тар. Элбэх көрүүлэр, конкурстар, фестиваллар ыытыллыахтаахтар. Ону барытын көҕүлүөххэ,өйүөххэ.
Үсүһүнэн,Төрүт култуураны самалык курдук тутуу, аахайбат буолуу, бэйэ киэнин сэнээһин, арҕаа омук култууратын өрө тутуу политиката күүһүрэн иһэр. Тылбытынан өйүөххэ, оҥоруохха диибит, онтубут дьыалатыгар тийэн олоххо киирбэт. ``Олоҥхоҕо киирэбит`` диэн дуйданыы баар буолла. Тойук арааһын кыайбакка сылдьан олоҥхоҕо дураһыйыы омуннуруу курдук көстөр.``Ньургун Боотур`` сахалыы кинигэтэ хас саха ыалагар барытыгар баар буолуохтаах этэ. Ол суох.Архивка 260-ча олоҥхо баар сурахтаах. Ол хаһан норуокка тийэр.Олоҥхо диэни олох да умнубуппут кэннэ дуо? Бу боппуруоска государство политиката көнүөн наада.
Төрдүһүнэн,ыһыах. Ыһыахтар бэркэ баран испиттэрэ баара. Ол эрэн аатырар Сунтаар, Ньурба кэлиҥҥи 2 сыллааҕы ыһыахтара быстар мөлтөхтүк бардылар.Былырыыҥҥы Туймаада ыһыаҕар пиибэни-аргыны көҥүллээннэр тыһыынчаннан саха ыччата көҥүл итириктээһинин тэрийдилэр.Ол түүн сүүһүнэн уол-кыыс вытрезвительгэ хонон тахсыбыт. Бэйэлэрин икки-ардыгар буолбут араас дьаабыны ахта да барбаккын. Сахалар бытыылка тула оһуохайдыы сылдьалларын күлүү-элэк гынан хаһыакка таһаардылар. Бу иэдээни, бу сааты-сууту көрбөккүт дуо??/ Ама аргыта суох 1-2 күн тулуйар кыахпыт суох дуо??Куорат салайаачылара соруйан гыммат буоллахтарына итини көннөрүөхтэрин наада. Ыһыахха дискотека, атын омук оонньуута, тыла-өһө,ырыата-үҥкүүтэ киирэрэ, араас юбилейдар, спартакиадалар кыттыһаллара ыһыах ис хоһоонун ньүдьүрэтэр ыһыах суолтатын түһэрэр. Сокуонунан бигэргэммит бэйэлээх бэйэбит национальнай бырааһынньыкпытын- ыһыахпытын харыстыаҕыҥ. Ыһыахха саха омугун бүгүҥҥү туруга кини омук быһыытынан сирэйэ көстөр, ону умнумуоҕуҥ. Ыһыахпытын сүтэрдэхпитинэ, олох да омук быһыытынан сирэйбитин сүтэриэхпит.
Уххан- Түмүккэр дьоҥҥор сэргэҕэр тугу баҕарыаҥ этэй?
А.Г. Кэпсэтиибит хомолтолоох өттө элбээн таҕыста быһылаах. Ол эрэн санааны искэ кистии сылдьар, ким эрэ, туох эрэ диэҕэ, мөҕүөхтэрэ диэн туттуна сылдьар ыарахан. Ити санааны аһаҕастык этии өһүргэстээх буолбатар ханнык.
Түмүкпэр мин- ``Ийэ кылыһах- саха ырыаҕа тойукка исскуствотын сиэмэтэ буолар- диэн туран, Ийэ тылгытын, Ийэ култуураҕытын, Ийэ өйгүтүн -санааҕытын атын омук ааһар албыныгар суурайтарымаҥ, бэйэҕит киэнин өрө тутуҥ, дьиҥнээҕи исскуственнайга көрүнньуккэ атастаһымаҥ диэм этэ.
Уххан- Эппитиҥ экчи буолуохтун, саҥарбытыҥ чахчыннан туолуохтун Дьолу-соргуну эрэ баҕарабын.
|