Киһи олоҕунан кэрэ, дьикти. Үтүө киһи олоҕо тулалыыр эйгэтин, бар дьон олоҕун киэркэтэринэн кэрэ буолар. Сорохторугар тус бэйэлэрин олохторо табыллыбатаҕын да үрдүнэн. Оттон Егор Матвеевыһы табыллыбыт олохтоох киһиннэн ааҕабын. Түөрт оҕоттон уонча сиэн, сэттэ хос сиэн, түөрт хос-хос сиэн . 73 сааһыгар тийэн тура-олоро, үлэлии-хамсыы, дьиэ-уот тута, уһана сылдьар киһи. Оһуохайыгар республикаҕа киэҥник биллэр, Дархан ааты ылбыт төрүт уус үҥкүү тылын этээччи. Төрүттэрин ыллахха дьаарханнартан. Кыыл Уола Сэргэй Сибиэрэп төрүттэриттэн.Мындыр Өлөксөй уола Бүөтүр . Кини уола Маппый, Маппый уола Дьөгүөр. Мындыр Өлөксөй кыыһа Мотуруунаттан Сэргэй Сибиэрэп төрүүр. Аҕата Маппый үҥкүү тыла этэр, тойуктаах, сэһэннээх, туохха барытыгар ураты куолулаах, бэрт актыбыыс оҕонньор этэ. Мин кыра эрдэхпинэ, Маппый, оҕонньоттортон былыргыны сураһан хомуйан сурунар идэлээҕин көрөр этим. Ол суругун хаанна-ханна тийэрдибиттэрэ буолла… Дьөгүөр аймахтарын туһунан бу курдук кэпсиир: – “Аҕам Маппый Сибиэрэптиин элбэхтик сэһэргэһэллэрин, туойалларын, истэ улааппытым. Төрүттэрим удьуордарым бары да ырыалаах-тойуктаах, таллаах-өстөөх этилэр. Ону батан буолуо туохтаах эмэ курдукпут. Сибиэрэп быраата Киргиэлэй эмиэ кэрэ куоластаах киһи дииллэрэ. Мин истибэтиҕтим. Кини иккис кэргэниттэн уола Арсен Зверев республикаҕа киэҥник биллэн көстөн, эрдэ бараахтаата. Киргиэлэй бастакы кэргэниттэн кыыһа, Арсен эдьийэ Зверева Муоча диэн баара. Туох да дьикти кэрэ куоластааҕа. Аҕам Угут Күөл ыһыаҕар үҥкүү тыла эппитин истэн баран, ити тоҕо эрдэ ыллаабатаҕай, үчүгэй да куоластаах, мааны да тыллаах-өстөөх эбит диэн сөҕөн кэпсээбитэ. Муоча өлбүтүн кэннэ, Маалыкайга Арсенныын тахса сылдьан биир дьааһык муҥунан кини суруйбут кумааҕыларын көрбүппүт. Элбэх суруйуу баара, араас хоһоон, кэпсээн. Онтон Арсен үчүгэйин талан ыллым диэбитэ, архивка туттарбыт буолуохтаах. Сороҕо ханна тийбитэ буолла…“– диир Егор Матвеевич. Мин, Дьөгүөр эһэтэ Мындыр уола Бүөтүрдээххэ өрүс хаайтарыытын кэмигэр күһүн-саас хас да сыл олорон үөрэммитим. Оҕонньор миигин маһы хайытарга, мас сааһын ааҕарга үөрэппитин өйдүүбүн, туһанабын. Оччолорго 100чэ саастаах кырдьаҕас, миигиттэн икки сыл аҕа Проня диэн уоллааҕа, Пронялыын атас-доҕор этибит. Оскуолаҕа Түбэй Дьаархаҥҥа үөрэнэрбэр Егор Матвеевич кыыһа Агашалыын үөрэммитим, уолунаан Болуодьалыын табаарыстыы этибит. Егор Матвеевич үҥкүү тыла этэрин элбэхтик истибитим. Кини кэрэ кэһиэхтээх куолаһын ким баҕарар ыраахтан эндэппэккэ билэрэ. “Холуочук Дьөгүөр этэн эрэр“ диэн түһүлгэ диэкки дьулуспутунан бараҕын. Ол курдук кини уратылаах кэрэ куолаһа, хоһуйан этэр тыла-өһө олохтооҕо, тэтимин ыһыктыбакка тутара, сунтаардыы наҕыл барааннаах үҥкүүтэ киһини ис-иһиттэн тутар, угуйар дикти алыптаах. Кырабыттан Ыгыатта, Түбэй, Түбэй-Дьаархан үҥкүү тыла этээччилэрин көрө-истэ улааттаҕым дии. Сунтаар этээччилэрин төрүттэрин ырыттахха үксүлэрэ Дьаархан төрүттээх буолан иһээччилэр. Бу кэлэн санаатахха, биһиги дойдубутугар урут элбэх да этээччи баар эбит. Киһи үксэ ыллыыр, туойар, үҥкүү тыла этэр буолара. Мин саамай астынар этээччим Далаҥхас Мэхээлэ этэ. Дьэ тас көрүҥнүүн, дьүһүннүүн бодолуун, туттардыын-хаптардыын астык да киһи этэ. Үҥкүүтэ да астык дэлэгэй буолара. Хааттыһыттары көрөрбүн сөбүлүүрүм. Онно киһи хайдаҕа, үөрүүтүгэр, хомолтотугар хайдах быһыыланара, тыла-өһө, туттарахаптара , долгуйууттан сырай-харах уларыйа охсоро бэйэтэ туспа ураты умсулҕаннаах майгы буолара. Далаҥхас хааттылыырын көрөр эмиэ астык этэ. Холуочук Дьөгүөр Ньурбаҕа тийэн киэҥ эйгэҕэ киэҥник биллэн-көстөн, түһүлгэтэ өссө улаатан барбыта. Мин кинини кырабыттан билэр буолан “чэ кэл“бастакы оһуохай конференцията“ диэҥҥэ кэлэ сылдьалларын быыс-арыт булан бэрт тиэтэлинэн кэпсэттим. Кэлин кэпсэтиллиэ“ дии саныы сылдьыбытым, дьыл-күн ырааппыт эбит. Бу сырыыга үгүс улуустартан хомуллан Дьонум, үөрэтээччилэрбит (дакылааттааччылар) сорохторо оһуохай туһунан нууччалыы тыл этэллэрин өйдөөбөтөхтөрүн да, сөбүлээбэтэхтэрин да быктардылар. Биһиэхэ соччо туһата суох, дакылааччыттарга туһалаах быһылаах дэһэллэр. Буолумуна, саха төрүт дьарыгын сахаларга атын омук тылынан араатардыы тураллара сүөргү да соҕус буоллаҕа. Тэрийээччилэрбит, салайааччыларбыт итинниктэр. Ыһыахпытыгар, олоҥхобутугар биир оннук. Дьөгүөр уонча саастаахпыттан үҥкүү тылын эппитим диир. Оҕолор муста түстүбүт да, ардыгар икки-үс да буолан сөтүөлүү, оонньуу сылдьан оһуохайдыыр этибит диэн оччотооҕу киэҥник тэнийбит оҕо дьарыгын этэр. Биһиги да сөтүөлүү сылдьан атах оонньоон, сырсан, тустан, мас тардыһан күрэхтэһэрбит, оһуохайдаан да ыларбыт. Оҕонньоттору үтүктэн былыргыны, биллиилээх дьон тустарынан, айыыны-абааһыны, күүстээхтэри-бөҕөлөрү уонна булду кэпсэтэн, сэһэргэһэн тахсарбыт. “Уон биэс саастаахпар 1947 с. Чаппанда ыһыаҕар аан бастаан улахан түһүлгэҕэ эппитим, онтон Ньурба ыһыаҕар киирбитим, оччоттон баччааҥа диэри 60ча сыл уҥкүү тыла эттим“ диир. Олох майгытыгар кубулуйбут үтүө дьарыга Егор Матвеевыһы сахатын норуотугар биллэр көстөр, ытыктанар киһи ахсааныгар киллэрдэҕэ. Эмиэ кэм кэрэһитэ, омук кэрэтэ буолбут киһи Егор Матвеевич. –“Сэрии иннигэр сэттэ хас саастаахпар Тобуллаахап Мэхэйиил диэн, “Ойуунускай“ диэн хос ааттаах 15 саастаах ойуумсуйар уол Ньурба Дьаарханыттан киирэн иһэн, Чаппандаҕа өрөөн сытан, биһигини, кыра оҕолору мунньан оһуохайга үөрэппитэ. Ол киһи “Кыым“ колхуоска үлэлиир күтүөтүн сэрииттэн күрэтэн куоттара сатаан турар. Сэбиэскэй сэриигэ хотторуоҕа диэн ойууннаабыт дииллэрэ. Сэриигэ барымаары саспыт киһини умуһаҕыттан булан ылан хаайыыга ыыппыттар этэ. Тобуллаахабы гипнозтаах дииллэрэ, туох да наһаа үчүгэйдик үҥкүүлүүрэ. Киэҥ-киэҥник , дэлэгэйдик атыллаан, төбөтүн күөгэҥнэтэн, хамнанан-имнэнэн үҥкүүлээн иһэрэ көрүөххэ үчүгэйэ бэрдэ. Далаҥхаска майгылыыр этэ. Кэлин наһаа иһэр буолан горячкалаан баран моҥнөн өлөн турар. Түбэй Дьаархаҥҥа миигиттэн арыый аҕа, Үөгүү Ньукулай диэн ааттаах куоластаах этээччи баара, ол киһилиин тапсан бииргэ сылдьар буоларбыт. Оччолорго хоһуйсуу элбэҕэ. Ыгыатта Тураҥнааҕар ыһыахха, күнү быһа оһуохайдаан хоһуйсалларын өйдүүбүн. Сибиэрэп баар буолара. Салыбыр уола Быччаххай Охонооһой диэн уонна Чоҥхой кыыһа Сынтараапа ойоҕо Маайа буоланнар хас үҥкүүлээтэхтэрин аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри бэйэ - бэйэлэрин хоһуйсаллара. Алларааттан, атахтарын тумсуттан төбөлөрүн оройдоругар диэри тугу да ордорбокко, одуу-сии быһан, үгэргэһэ да былаастаан хоһуйсан тахсаллара. Оннук быдьар тыл баарын өйдөөбөппүн. Дьэ көрдөөх, тыл-өс мааны да буолара. Урут үксүгэр оннук бэйэ бэйэлэрин майгыларынсигилилэрин, быһыыларын-таһааларын, таҥастарын-саптарын, сырыыларын, ордуктарын-хосторун хоһуйсан үҥкүүлүүллэр этэ. Сылдьан эрэ тойугунан хоһуйсар дьон эмиэ элбэх буолара. Дэгэрэҥ, хабырҕа ырыата элбэҕэ. Тыл этэргэ дорҕоонноох, сиэдэрэй, бытархай кылыһахтаах куолас сэҥээриллэрэ. Оҕо сылдьан хараххар тугу көрбүккүн, төбөҕөр туох киирбитин, дьон тугу хоһуйарын истэ үөрэммиппин, туох, төһө тахсарынан этэр буоларым. Сарсыарда оҕус, ат сиэтэ сылдьан оһуохайдаатахха өй дуораана үтүктэрин истэ-истэ тэптэн туран этэр буоларбыт. Хайдах эрэ айылҕа ыллаһарын курдук дьиктилээх иэйии оҕо киһи сүрэҕин долгутара. Кэлин, этэр дьону анаан-минээн тугу хайдах хоһуйалларын арааран истэр буолан ырытаҕын. Маны ситэри эппэтэ, маны ордук хоһуйда, маны маннык этэр эбит диэн. Тыл этэргэр ону ситэрэн хоторон этэ сатыыгын. Туһугар эмиэ күрэх курдук. Туох туһунан хоһуйаргын бу түгэн сөбүгэр түбэһиннэрэн биэрэҕин. Мэлдьи биири эргитэ сылдьааччылар баар буолаллар. Ордук билиҥҥи эдэр дьон. Үҥкүүгэр бэйэҥ ис тэтимҥэр сөп түбэһиннэрэн хамсанан иһэн, этэр тылыҥ үтүктүллэр кэмигэр субу этиэхтээх тылыҥ сааһыланан күөмэйгэр кэлэн олорон иһиэхтээх. Үчүгэйдик үтүктэр кынатттаах, оһуохайгар дьон көхтөөх буоллаҕына, хоһоонуҥ тыла көҕүспүттүү бэйэтэ стимнэнэн, утумнанан тахсан иһээччи. Бу тылыҥөһүҥ табыллан эппиккин атын сырыыга хайдах да үтүктүбэккин. Тута хоһуйуу буоллаҕа. Дьон эппэтэҕин этэ сатыыгын. Ардыгар табыллаҕын, ардыгар мөлтөх буолар. Мин муҥутаан үс чаас кэриҥэ тохтообокко этэн турабын. Былыр орто дойду кэрэтин эрэ буолбакка үөһээ айыыларга тийэ тылларын тийэрдэ этэр сүдү тыллаахтар бааллара. Иччилээх, сэттээх да тыллаах этээччилэр инники көлүөнэлэрин тоҕо туойбүттара баарын үгүстүк кэпсииллэрэ. Билигин оннук суох. Тойгунан киириилээх оһуохай Сунтаарга эрэ хаалбыт дии. Хоһуйуу таһыма, саха тылын таһыма, ону кытта сахалыы өйдөбүл таһыма түһэн турар. Бу барыта биһиги үйэбитигэр. Тылбыт эстииһик быһылаах, оннооҕор оһуохайбытын сахалыы сатаан быһаарсыбат буоллубут дии. Бэл диэтэр араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ да саха тыла уурайан эрэр. Нууччалыы аҥаардаан саҥараллар. Оһуохай ис хоһооно сүттэ, көҕө суох буолла. Омос көрдөххө хас бырааһынньык аайы оһуохайдыыр, күрэхтэһэр, оҕолору оскуолаттан ыла үөрэтэр курдукпут эрээри ис дьиҥ суох.
Холуочук кэһиэхтээх куолаһа
Атыны санаамаҥ, мин Холуочук Дьөгүөр – Егоров Егор Матвеевич диэн сахаҕа биир аатырбыт-суолурбут үҥкүү тыла этээччи кэрэ кэһиэхтээх, бытарыйар кылыһахтаах куолаһын туһунан кэпсэтээри холоннум. Мин киниттэн икки ыйытыкка хоруй ылыахпын уруккуттан баҕарарым. Бастатан туран тоҕо “Холуочук Дьогүөр“ диэн ааттаабыттарай, иккиһинэн “Кэһиэхтээх кэрэ куолаҺыҥ “сэкириэтэ“ туохханый?“ – диэн. Киһим үөрүүннэн быһаарда. –“Сүүрбэччэлээх сылдьан, Ньурбаҕа, промкомбинаатка үлэлээн сылдьыбытым. Мин оччолорго элбэх саҥалаах, дьээбэлээххооболоох бэрт сытыы киһи этим. Кыргыттары кытта хаадьылаһыы, күлүү-салыы, оонньоһуу ханна барыай. Ол сырыттахпына кыргыттарым, саҥам элбэҕин иһин буолуо, “Холуочук Дьөгүөр“ диэн ааттаан кэбиспиттэрэ. Онтон ыла бу үйэ аҥаарыттан ордук ити аатынан биллэбин. Иҥэн хаалбыт иччилээх аатым буоллаҕа. Аны туран биир дьиктитэ, Ньурбаҕа ол саҕана үс Холуочук Дьөгүөр диэн киһи баар эбит. Биирдэ үлэбэр кэлбиппэр миигин –“Хайа эйигин, Холуочук Дьөгүөр хаайыыга түбэспит диэн тылөс тарҕанна …“– дии тоһуйдулар. Онтубут атын Холуочук хаайыыга түбэспит эбит. Өссө биир Холуочук Дьөгүөр диэн осеменатор диэн ынаҕы буоһатыыннан дьарыктанар идэлээх киһи Дьиикимдэҕэ баар эбит. Ол муҥнаах тойоттор кэлбиттэригэр атыыр оҕуһун көрдөрөөрү таҥаһын уларыттан саҥа маҕан халааты кэтэн оҕуһугар киирбитин, оҕуһа атыҥыраан, тойоттор көрөн турдахтарына кэйэн өлөрөн кэбиспит үһү. Осеменатор үлэтигэр күннэтэ кэтэр иик-саах иҥмит, билэр сыттаах хара халаатыгар үөрэммит сүөһү саҥа халааттаммыт хаһаайынынын илэ абааһы киирбитинии санаатаҕа… Оттон куолаһым туһунан эттэххэ маннык. Эдэрбэр ыраас, үчүгэй куоластааҕым. 1949 с. Ленскэйтэн леспромхуоска үлэлээн баран Сиэйэҕэ аймахпар Эһэллэйгэ кэлбитим. Кини атыыһытынан үлэлиир этэ. Маай бырааһынньыгар маҕаһыыҥҥа илдьэ барда. Киһим тыыннаах испиири сыҥалаата. Мин оччолорго испэт да этим. Мин испэппин диэтим. Бу кыраны баран, ис диэтэ. Быыкааны испитим. Үҥкүү тыла этэ сырыттахпына куолаһым уларыйбыта. Онно күөмэйим умайан, таҥалайым хоҥнубута. Сатаан саҥарбат да буолан хаалбытым. Өр эрэйдэммитим. Оһуохайдаан бүттэҕим дии санаабытым. Таҥалайым үтүөрэригэр күөмэйим кэһиэхтэнэн хаалбыта. Дьэ, итинник. Дьоннор куоласпын ураты диэн сэҥээрэр курдуктар. Билиҥҥи олохпут туһунан эттэххэ, туора омуктан киирииннэн ордук сайдан иһэр курдукпут. Дьиҥинэн саха тылын сайыннардахха эрэ бэйэ киэнэ сайдар кыахтаах. Тылгын тэпсэ сылдьан тугу күттүөннээҕи оҥоруоххунуй. Бу тэтиминэн бардахпытына, сотору оһуохайбыт, ыһыахпыт көрүнньүккэ кубулуйуо турдаҕа. Аныгы ыччат омук тыына тыыннанан эрэр. Бу Туймаада ыһыаҕар оһуохайдарын кытыыга үтүрүйэн кэбистилэр. Сахалыы майгы итинник сыһыаҥҥа төһө сайдыай, бэйэҥ да санаан көр… Ити сахалыы да сатаан саҥарбат эрээри, олоҥхону, оһуохайы, ойууну үөрэтэр учуонай элбээбитин сөҕөбүн ээ. Ити дьон баһылаанкөһүлээн тылыөһү, оһуохайы төһө сайыннарыахтара дии саныыгын? Мин омугум оонньуута кэхтимиэн баҕарабын. Ол иһин ыарыылаахтык ылынабын. Үйэбэр орто киһи сиэринэн олорон, үлэлээн кэллим. Оҕоуруу да баар. Оһуохайдаах олоҕу олордум. Онтум хайдаҕын бэйэм туох диэн этиэмий? Егор Матвеевич Егоров – Холуочук Дьөгүөр, саха омугун үтүө үгэһин, оһуохайдаах оонньуутун удьуорунан утумнаан илдьэ сылдьар биир тарбахха баттанар күөн туттар киһибит буолар. Ыһыах тыынын илдьэ сылдьааччы ытык киһибит Егор Матвеевич тойуга, оһуохайа өссө да саха ааттаах санаатын саймаарда, көҕүн көрүлэтэ туруохтун.
уххан.
|