Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Промышленность

Сыккырыыр тыын

СЫККЫРЫЫР ТЫЫН

(МИИРНЭЙТЭН НЬУРБАҔА ДЫЛЫ 220 к в. ЭЛЕКТРОЛИНИЯНЫ ТАРДЫЫ)


/-развитие энергосистемы. Необходимо закончить
строительство Вилюйской ГЭС-3, ЛЭП-220 кВ
Мирный-Ньурба, реконструкцию Якутской и
Нерюнгринской ГРЭС./
(Предвыборная программа М.Е.Николаева. 1996 г.)

1. Хайдах этэй.

Тымтык, ыһыырынньык, көмүлүөк уотун, кыраһыын лаампа имик –самык сырдыгынан сырдаттынар, барык-сарык кэмнэрбитин эргитэн аҕалар буоллар билиҥҥи кэм дьоно хайыа эбитэ буолла... Арааһа сөпсөөбөтө буолуо . Сөпсөөбөтүн ааһан олохпут олох да тохтоон хаалбытыгар холуо оҥоробун. Онтубут да ыраахтан буолбатах эбит.Күн бүгүн алмаастаах бүлүү улууһун олохтоохторо ыһыырынньыктарын сырдыгынан аныгы үйэ сайдыылаах олоҕун тыктаран, ыра санаалаах кэлэр кэскиллэрин барыгылдьытар буолуталаатылар. Сыл иһигэр алта улахан авария буолла. Дьон-сэргэ элбэхтик эрэйдэннэ,АЛРОСА, ГЭС, Якутскэнерго, ВЭС, баһылык,правительство быһаарыа диэн тыллартан санаата холунна,итэҕэлэ эрэлэ төттөрү төннөрүгэр тийдэ..

Бүлүү гээһэ тутуллан түүнү, күнү быһа тохтообокко сырдатар уот Сунтаар улууһун уһук сиригэр, дойдубар, Ыгыаттаҕа тийэн кэлбитигэр, сөҕө- махтайа үөрбүппүтүн субу баардыы өйдүүбүн.Оччолорго экология эҥин туһунан өйдөбүл суоҕа... Билиҥҥи киһи электричествота суох сатаммат. Электрическэй энергияны (э/э) билиҥҥи олох тыынын хорук тымырыгар холуубут. Кырдьыга да оннук буоллаҕа.
Бүлүү гээһэ алмааһы хостуур сыалтан тутуллубута. Алмаас көстүбэтэҕэ буоллар билиҥҥэ дылы дизельнэй э/станцияларынан сырдаттынан олоруо этибит буолуо.
584 км. уһуннаах мас тирэхтээх электролиния Мирнэйтэн Бүлүүгэ дылы партия сүр киэптээх (волевой) дьаһалынан Чиряев саҕана тардыллыбыта. Техничекэй ирдэбил быһыытынан 110 кВ. линия уһуна 150 км ордуо суохтаах эбит. Онтон уһаатаҕына уот күүһэ мөлтөөн, кыамтатын сүтэрэрэ элбиир.Оччотооҕуга нэһилиэнньэни уотунан хааччыйыыга сөптөөх курдук быһаарыы билигин кэлэн Бүлүү улуустарын энергетическэй кризискэ тийэрдииннэн диэлийэн эрдэҕэ. Аныгы олох сайдыыта э/э киэҥник туһаныыны эрэйэр. Урут э/э уксүн, аҥардас сырдаттыныыга эрэ туһанан олордохпут.
Ньурба Накыыныгар алмаас көстүө диэн толкуй суоҕа. Ол да буоллар 1970-80 сс.улахан кыамталаах тимир тирэхтээх 220 кв. линияны тардыы, Бүлүү к. диэкки эбии Грэһи тутуу кэскиллээх барылга көрүллэн чинчиллэ сылдьыбыт эбит. Туох да диэбит иһин сэбиэскэй кэмҥэ олохтоох нэһилиэнньэ баҕата ,кини тыын кыһалҕата инники күөҥҥэ тутуллан, эрдэттэн былааннанан науканнан бигэргэтиллэр эбитэ мэлдьэх буолбатах.

2 БИЛИўўИ ТУРУК

Билиҥҥи олохпут сайдыытын кэскиллээх былаана эрдэттэн науканнан чинчиллэн былааннаммат буолбута,кыһалҕа тирээтэҕинэ эрэ тута быһаара сатааһын үгэскэ кубулуйбута энергетика эйгэтигэр ырылхайдык көстөр эбит.
Накыыҥҥа алмаас көһүннэ,аҕыйах сылынан АЛРОС-а ГЭС үһүс уочаратын сыыйа тутан бүтэриэхтээх. Уоту Накыыҥҥа дылы тардыахха наада, АЛРОСА АО, /онтон респ.-32 бырыһ./, Якутckэнерго АО,/респ. –1,32 эрэ бырыһ. бас билэр/ уонна нэһилиэнньэ, тус интэриэстэрин тэҥҥэ дьүөрэлээн Накыыҥҥа уонна Бүлүүгэ тэҥинэн тийэрдии кыһалҕата бүгүҥҥү күҥҥэ уһугулаан турда.
Урукку кэскиллээх былаан быһыытынан уот Ньурбаҕа дылы тардыллыбыта ырааппыт буолуохтаах эбит. 220 кВ. линияны тардыы 1991 с. саҕаланан баран алмаас аан бастаан булуллубут сиригэр Сунтаар Кириэстээҕэр да Мирнэйтэн кыайан тийэн кэлбэккэ турар.Оччолорго оҥоһуллубут бырайыак эргэрбит, билиҥҥи олох сыанатыгар, ирдэбилигэр ханан да эппиэттээбэт турукка тийбит.Якутckэнерго бу бырайыагы 2000 сыл күһүнүгэр Томскэнергосетьпроект диэн институтка аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр гына көннөрүүгэ биэрбит.Быйыл саас анал идэлээхтэр кэлэн ити боппуруос инники кэскилин үөрэтэн торумнаан сыанатын быһыахтаахтар.Манна улуустар, правительство чинчийэргэ төрүөт буолар сыал-сорук туруоран кыттыһаллара сөп буолуох эбит. Атын институттарга правительство тус бэйэтэ саҥа сакаас биэрбитин туһунан истибэтим.
Мирнэйтэн Ньурбаҕа дылы 220-лээх уоту тардыы кыһалҕата Бүлүү бөлөх бары улуустарын кэскиллээх сайдыыларын былаанын оҥорууга /институт регионалной экономики/ 1996 с. үлэлэригэр аҕыйах тылынан саба быраҕан этиллибиттэрэ баалларын көрдүм. Маны таһынан /институт физтехпроблем севера/ урукку былааннарга барытыгар, республиканы электрификациялааһыҥҥа быһаччы кыттыбыта, республика сүрүн арҕааҥҥы (Бүлүү гээһэ),киин (Дьокуускайдааҕы ГРЭС.ТЭЦ), соҕурууҥҥу (Нерюнгритааҕы ГРЭС) ситимнэри холботолуурга кэскиллээх көрүктэри барыллаан оҥорбута биллэр.Бу институтка АЛРОСА, САПИ сакаастарынан арҕааҥҥы энергетичэскэй түөлбэ сайдыытын сорох боппуруостарын чинчийбиттэр. Нэһилиэнньэ кыһалҕатынан быһаччы дьарыктанар правительствоттан ,Ил-Түмэнтэн сакаас бу институтка киирбитин булан көрбөтүм. Биллэн турар,АЛРОСА, Якутckэнерго,курдук АО-лар бастатан туран бэйэлэрин тус интэриэстэрин көрөллөрө өйдөнөр суол.
Якутскэнерго 1995 с. 06 ы. 09 к. Ыйыытынан бүлүү бөлөх улуустарыгар э/линияҕа холбонууга техусловияны биэриини тохтотор.
Правительство Бүлүү тыын кыһалҕатын, аварийнай турукка тийэн эрэллэрин эрдэттэн билэн олорон ,кыһалҕа субу тирээбитигэр 1996 с. Ититтиигэ э/э холбонорго көҥүл биэриини бобор 1256 N-дээх уурааҕы таһаарар. Бобор хаһан баҕарар чэпчэки. Ол да буоллар бүлүү бөлөх улуустарын сайдар кэскиллэрин ' 'быһаарар ''.Бредихин бирикээһигэр кыһаллыбакка олох иннин диэкки хардыылыыр. Тутуулар тутуллаллар,ыаллар саҥа дьиэҕэ киирэллэр, уокка холбонуохха наада, правительство дьаһала хабырҕаларыгар турар. 220- лээх линия тутуллара хайаан да наада буолбутун киһи барыта өйдүүр. Быыбардарга, бүлүү улуустарын бу тыын кыһалҕата сүрүн куоһурга кубулуйар.
Былырыын депутааттар туруорсан 57,4 мөл. солк. көрбүттэрин правительство сороҕун атын сыалга, сороҕун олох да төттөрү ылар. Күн бүгүн Бүлүү бөлөххө буола турар улахан авариялар, дьон электричествоннан, бытыктарын да хорунар кыахтарыттан ааһан эрэллэрэ правительство кэскиллээх боппуруостарынан дьарыктамматаҕын биир чаҕылхай туоһутунан буолар.Син харчыны кэскилэ да суох, ситэ чинчиллибэтэх бырайыактарга хамаҕатык ыскайдыыр сыллара кэлэн ааспыттара эбээт.
2000 сыл саҥатыгар Якутckэнерго АО /С.Б.Угловскай / бүлүү улуустарын уонна Энергосбыт,Энергонадзор баһылыктарыгар, 1968-86 с, мас тирэхтээх линия 17-18 сыл туттуллар болдьоҕо ааспытын, 220-лээх линияны тутууну салҕыыр , саатар Кириэстээххэ дылы линияны тийэрдэ охсор наадалааҕын, онно төһө харчы наадатын ырытан суруйар.
2000 сыл эргэтигэр Бүлүүтээҕи э/ситим директора Ю.Н.Васильев бүлүү улуустарын депутааттарыгар ВЛ-110 катастрофа буолар туругар тийбитин, ВЛ-220 линияны тутуу тохтоон турарын барытын сиһилии ырытан түргэнник миэрэ ылалларыгар көрдөһөн суруйар.
Быйыл аҕыйах хонуктааҕыта , улуустар баһылыктара,президен бирэстэбиитэлэ Г.П.Яковлевтыын, бүлүү депутааттарынаан кыттыһан кыһалҕаны президеҥҥэ тийэрдэллэр.Ол суруктарыгар АЛРОСА уоту Ньурбаны ,Сунтаары тумнан быһа Моркуокуннан Накыыҥҥа тардынан кэбиһиэн сөптөөҕүн, ЛЭП ноҕурууската үс төгүл үрдээбитин,э/э сүтэрии 34,6 бырыһ. тийэн 84,8 мөл. квт/ч /биир улуус сылга туттар кыамтата/ кураанахха кутулларын этэллэр.

ИҺИГЭР КИИРДЭХХЭ

 

Үөһээ Бүлүү депутаата В.С.Поскачин бу боппуруоһу хаһыакка суруйарбар көрдөһөр. Көрдөһүүнү ылынан боппуруоһу туруорсубут депутааттары: А.С.Уаровы, В.М.Прокопьевы,Ю.Н.Прокопьевы, Якутckэнерго эппиэттээх үлэһиттэрин В.С.Каплуну, С.Б. Угловскайы уо.д.а, АЛРОСА энергетика проектарыгар кураторын П.Д.Осиповы, Хотугу сир иниститутун энергетикаҕа отделын сэб.Н.А.Петрову,Региональнай экэномика институутун үлэһиттэрин уо.д.а элбэх ити боппуруоска көрүүлээх буолуо диэбит дьоннорбун көрсөн сэһэргэстим. Кинилэр булан биэрбит кумааҕыларын көрдүм.Биллэн турар араас көрүү элбэх.Ол эрэн чопчу маннык буолуохтаах диэн быһаарыы суоҕар итэҕэйдим. Нэһилиэнньэ интэриэһин көрөр саҥа научнай ырытыы да суох эбит. Санаа үксэ АЛРОСА сыарҕатыгар хайдах олорсобут диэҥҥэ түмүллэр. Ол өйдөнөр. АЛРОСА Накыыҥҥа уотун хайаан да тийэрдиэхтээх. Урут партия норуот интэриэһин көрөн линияны тарда сатыыр эбит буоллаҕына ,билигин, бастакы күөҥҥэ коммерческэй, кэтэх бас билиилээх тэрилтэлэр интэриэстэрэ таҕыста.
ГЭС үс уочарата холбоон биэрэр гарантиялаах уотун кыамтата 3 млрд 140 мөл. квт/ч тийиэхтээх.Кыра уулаах дьылга 3 млрд., элбэх улаах дьылга 5,5 млрд. тийиэн сөп дииллэр.
АЛРОСА Мирнэйтэн Светлайга, Айхалга ,Удачнайга тийэ газопровод тарда сылдьар.2002 с. Айхалга тийиэ диэн былаанныыллар Оччотугар 700 мөл. квт/ч тийэ элеkтроэнергия боcхолонуохтаах..(Якутскэнерго Чернышевскайтан Айхалга дылы 2 сыаптаах 220-лээх уоту тарда сатыы сылдьар. Үбэ тийбэккэ төһө уһуура, олох да кыаммакка кимиэхэ эмит,холобур АЛРОСА-ҕа атыылаан кэбиһэрэ дуу биллибэт) АЛРОСА уопсай көрдөбүлэ 2,1 млрд квт/ч ,(2,1 млрд.-700мөл.= 1млрд. 400 мөл. квт/ч.буолан тахсар.)
Бүлүү улуустара холбоон 1999 с. 220 мөл квт/ч эрэ туттубуттар.220 кВ. уот тардылыннаҕына Бүлүү умнаһын олохтоохторо дьиэлэрин, хотоннорун,сайылыктарын, үүтээннэрин, гаражтарын, ыттарын уйатын да кытта электроэнергияннан сылыттынар,сырдатынар буоллахтарына, 200 мөл квт/ч сииллэрэ саарбах диэн таайан ааҕаллар /дьиҥинэн маны чопчулаан аахпыт баара биллибэт. Анаан-минээн аахтарар да уолдьаспыт/. . Атын улахан э/э туттар производство ити дьиэкки былааннаммыта эмиэ ханна да суох.
(220+ 200= 420 мөл. квт/ч.)Накыын алмааһыгар туттуу муҥутаан 300 мөл. тийиэ диэн сабаҕалыыллар. Инньэ гынан,220- лээх уот тардылыннаҕына Мирнэй,Сунтаар, Ньурба, Накыын эргимтэ холбоон 2млрд 120 мөл квт/ч туттарын сабаҕалыахха сөп.
Ордуга ханна барар? Бүлүү диэкки барыахтаах. Билиҥҥи баар уонна тутулла сылдьар бырайыак онно эппиэттээбэт. Тоҕо? Тоҕо диэтэргин ити бырайыакка биир сыаптаах (одноцепнай) линияны тардыы былааннаммыт,оччолорго Накыыҥҥа алмааһы хостуохпут диэн өйдөбүл суоҕа эбитэ буолуо.

КӨРҮКТЭР

Бастакытынан,улахан кыамталаах күүрүүнү (Бүлүү уонна Накыын диэкки барыыны) иккиэннэрин толору хааччыйарга икки сыаптаах былааннаммыттааҕар атын конструкциялаах опоралар, баҕаналар наадалар.Улахан кыамталаах күүрүүнү уйар, аара күүһүн сүтэрбэккэ тийэрдэр боруобат наада. Оччотугар тутуу сыаната биллэрдик үрдүөхтээх. Кириэстээхэ дылы тардыллан испит 1 сыаптаахха эбии өссө биири эбии тардыллыахтаах. Ити бастакы уонна бары интэриэстэри тэҥинэн көрөр көрүк.
Иккиһинэн, биир сыаптааҕы Ньурбаҕа дылы тардан баран Накыыҥҥа ыыппакка Бүлүү диэкки утаарыллыахтаах, оччотугар АЛРОСА кыттыспаппын диэн туруон сөп. Моркуокуттан Накыыҥҥа бэйэтэ туспа холбонуон сөп
. Хайдах гынан АЛРОСА-ны кытыннараҕын? Ол маннык буолуон сөп этэ. Биһиги алмаастан киирэр барыыстан 21,5 бырыһ, бюджекка ыла олоробут.Бу сотору, АЛРОСА биэс сыллаах былаана көрүллүөхтээх. Ол былааны Ил Түмэҥҥэ, правительствоҕа көрдөрөн дьүүллэһиини ситиһиэххэ диэн сорох депутааттар олус сөпкө туруорсаллар.Республика тыын кыһалҕатын баһаарар э/энергетика курдук салаалары чааһынайга түҥэтэн кэбиспит правительство саатар кинилэр үлэлэрин былааннааһыннарын кэтээн көрүүгэ ылан, норуот интэриэһин аахсар буолалларын ситиһиэхтээх.
Аны президен Николаев Штыровтуун сүбэлэһиилэринэн алмаас барыыһыттан аренда иһин ылар 21,5 бырыһ. 16,6 бырыһ. дылы түһүөхтээх үһү.(быһа барыллаатахха 80-ча мөл, дуоллар). Бу харчы ханна барар? Манна даҕатан эттэххэ урут хостоммут алмаас 25 бырыһ. атыылаһан ылан сыымайдаан атыылыыр этибит. Саҥа нолуок сокуонунан онтубут барыыһа суоҕунан тохтуур буолла.Саҥа сокуон РФ ГОХРАН-нын, РФ кырыылааччыларын эрэ атыылаһыыга НДС нолуогуттан босхолуур.
.Алмаасчыттар, урут сир үрдүгэр ыһылла сытар алмааһы чэпчэкитик хомуйар этибит, билигин сиргэ иһирдьэ, шахталарга киирдибит,Накыыны саҕалаатыбыт, онтубут элбэх алмааһы биэрэр буолуор дылы элбэх ороскуоту көрсөбүт, Гэһи тутабыт, техникабыт эргэрдэ диэн этэллэр. Онон бюджеттан өйөбүл көрдүүллэр. Ол эмиэ оруннаах да буолуо, атын ис политическай ,коммерческай түгэхтээх да буолан тахсыан сөп .Бу 5 бырыһыан уонна САПИ 2 бырыһыанын ити тыын кыһалҕа диэкки хайыһыннардахха хайдах буолуой?
Бу бырыһыаммытын аны 5 сылынан төттөрү ылыахпыт дуу суох дуу? Сувернитет ис хоһоонун тобоҕун олох да сүтэрэр кэммит кэлэн эрэр курдук көрөбүн. Президен Николаев сувернитеты төрөтүһэн баран уҥуоҕун тутуһан барар түгэнэ үөскээрэй? Урут икки быыбарга 220 –лээх линия тутуллуох аҕай буолбута.Үсүһүн да эрэннэриэххэ сөп. Тыл уҥуоҕа суох.
Үсүһүнэн, Моркуокуннан Накыыҥҥа дылы тардан баран кэлин салгыы Ньурбаҕа дылы тийэрдиэххэ сөп дииллэр. Сунтаардар , 220-лээх Кириэстээххэ дылы кэллэҕинэ онно эргэ линияларын онуоха-маныаха дылы холбонуохтарын сөп диэччилэр бааллар. Уот Накыыҥҥа дылы кэлэн баран аҕыйах пятилетка устатыгар чаардаан хаалыан эмиэ сөп.
Төрдүһүнэн Светлайтан быһа Накыыҥҥа тардыахтарын сөп. Светлай да Накыын да көрүктэригэр саҥа суол солуохха, линияны көрөргө- истэргэ табыгаһа суоҕун быһаарыахха, сыаналаах подстанциялары тутуохха наадата көстөр. Улуустар онно холбонор кыахтара суох.
Өскөтүн харчы көстөр түбэлтэтигэр, линияны тутарга 2,5 тыһ, анал идэлээх ЛЭП үлэһиттэрэ наадалар. Билигин 400-чэ эрэ киһи хаалан Айхал линиятыгар үлэлиирэ биллэр. Соҕурууттан сурунан ылыахпыт дииллэр. Оннугар да тийэрэ буолуо. Ааспыт сырыыга Бүлүү бөлөҕөр 110-наах линия тардалларыгар ЛЭП нууччаларын оҕолоро диэн демографическай өйдөбүл үөскээн сылдьыбыттааҕа.Таарыйа итиҥҥэ алтыһыннаран демография , дьиэ-кэргэн боппуруоһун эмиэ көрүөххэ сөп.

  • Биһиги республикабыт көннөрү дьонуттан правительство муҥур тойотторугар тийэ енергетика боппуруостарыгар грамотнайа суохпут өтө көстөр. Мин урут энергетика эйгэтигэр олохтоох кадры иитии боппуруостара быстар мөлтөҕүн икки төгүл суруйан турабын.Суруйар киһи быһыытынан туохха –эмэҕэ, баар чахчыга олоҕурдаҕым дии.
  • Якутckэнерго дьоно араас санаалаахтар. Тыа сирэ хаччытын төлөөбөт, тоҕо биһиги кинилэргэ босхо уоту биэрэ олoруохтаахпытый?, Кинилэр үүттэрин эттэрин биһиги босхо ылан сиэбэппит ээ- диэн баран,босхо энергияны туһанааччыны чопчу миигин булбуттуу, мин диэкки эт-үүт симэтэ- сүмэһинэ биллэ иҥмит сирэйдэрин хотуулаахтык хайыһыннарар да дьоннор бааллар.
  • Якутckэнерго республика дьонун сэргэтин, кини олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар сыаллаах –соруктаах, кини тыын кыһалҕатын быһаарыы бастакы күөҥҥэ туруохтаах, онно биһиги эрэ буолбакка правительство,АЛРОСА биир санааҕа кэлиэхтээхпит, тыа олоҕун уйгута улааттаҕына биһиги потребителлэрбит төлөһөр дьоҕурдара да улаатыа, аҥардас тэрилтэ эрэ интэриэһиттэн тахсыы кэскилэ суох- диэн этэр Якутэнерго кэскиллээх сайдыыга управлениятын салайааччыта В.С.Каплун.
  • Каплун, П.Д .Осипов, Н.А.Петров күрдук энергетика бөдөҥ специалистара бэйэлэрин кэмнэригэр республика энергетикаҕа сайдыытын кыһалҕаларынан киэҥник уонна дириҥник дьарыктаммытара, элбэхтик туруорсубуттара , тыа дьонун кыһалҕатын өйдүүллэрэ өтө көстөр. Мин кинилэртэн элбэҕи биллим, өйдөөтүм.Ол эрэн республикаҕа правительство өттүттэн сүрүннэммит кэскиллээх үлэ быстар мөлтөҕүн эмиэ өйдөөтүм.

5 ТҮМҮКТҮҮР САНААЛАР

 

1 .Мирнэй- Ньурба 220-лээх линияҕа бас билээччилэр уонна
улуустар интэриэстэрэ хайдах буолуон сөбүй?

1) Бас билээччи (собственник) АЛРОСА =Моркуока-Накыын эбэтэр Светлай- Накыын. /ГЭС-3-ни кини бас билэр/ Үчүгэйдик кэпсэттэххэ АЛРОСА алмаастаах улуустар тыын кыһалҕаларын толору өйүөн эмиэ сөп.
2 ) Бас билээччи Якутскэнерго=Моркуока-Накыын./ГЭС-1,2-ны,Айхалга барар линияны кини бас билэр/
3) Бас билээччилэр АЛРОСА+ Якутскэнерго= Чернышевскай-Айхал- Накыын. Бу түгэҥҥэ сиппэккэ турар уоттарын Айхалга кыттыһан тийэрдэн баран, эбэтэр аараттан /Моркуокуннан/ салгыы Накыыҥҥа ыыталлар.
4 ) Улуустар. Кинилэр интэриэстэрин көрөр правительство-1 бырыһыаннаах.=Мирнэй-Сунтаар-Ньурба-Бүлүү.Кэлэр-барар сирдэрэ суох.

2 Ити түгэҥҥэ күүстэр хайдах түмүллүөхтэрин сөбүй?

  • Правительство-АЛРОСА-Якутскэнерго кыттыгастаах арҕааҥҥы энергетичэскэй оройуону дьаһайар тэрилтэлэрэ үөскүөн сөп.

2) Аҥардас бас билээччилэр эрэ АЛРОСА+Якутскэнерго кыттыспыт тэрилтэлэрэ үөскүөн сөп.
3) Бас билээччилэр контрольнай пакеттарын правительство бэйэтин илиитигэр ылыан сөп.

  • Республика электроэнергетиката куттала суох буолуутугар хайдах быһыы-майгы суоһуон сөбүй?

 

1) Чубайс көрүгүн үһүс түһүмэҕэ олоххо киириитэ.Чубайс диэтэххэ Якутскэнергоны, Якутскэнерго диэтэххэ Чубайсы санаан кэлэҕин.Билигин кинилэр ЛЭП-тэри,э/э оҥорооччулары барыларын бас билэллэр.Биһиги хотугу,сорох киин да улуустарбыт дизельнэй станцияларынан олороллор.Кинилэри сылы туоратарга 750 -ча мөл солк ороскуоттанар диэн этэллэр.Ону, Якутскэнерго республика үрдүнэн тэҥ тарибы оҥотторон сабар.Хотугулары /ночооттоохтору/ бюджетка биэрэн баран бэйэлэрэ ЛЭП-тэри кытта харчыны хомуйууну эрэ хаалларыахтарын баҕараллар.Собственник коммерчекай интэриэһэ.Салгыы Гэстэри,Грэстэри,Тэцтэри ким харчылаахха атыылыахтарын сөп
2) .Э/э бас билээччилэр түмсэн бэйэлэрин коммерческэй интэриэстэрин туһатыгар правительствоны /чиновниктарын/ хайыһыннарыахтарын сөп.
3) АЛРОСА правительствоттан да Якутскэнергэттэн да тутулуга суох буолуута бюджетка харчы киириитин кыччатыан, республиканы кытта атын, биһиэхэ ночооттоох сыһыан көрүҥнэригэр көһүөн сөп.
4) Бас билээччилэр республикаттан баран хаалыахтарын,эбэтэр, ыһыллыахтарын сөп.
5) Правительсво энергетика боппуруостарын быһаарыыга дьоҕура, кыаҕа тийимиэн, өтөрүнэн быһаарыллабат халбархай турукка тийэрдиэн сөп.

  • Республика электроэнергетикатын кэскилэ куттала суох буолуута хайа түгэҥҥэ ситиһиллиэн сөбүй?

 

  • Бас билээччилэргэ дьайар кыахтаах пакеты правительство илиитигэр ылыы уонна быһаччы дьайар кыахтаах сокуоннары ылыы.
  • Бас билээччилэр кэскиллээх былааннарын сүрүннээһини ситиһии.
  • Арҕааҥҥы энергорайону киини кытта ситимнээһин.Онно правительство сүрүннүүр саламтатын тэрийии.
  • Соҕурууҥҥу энергорайону киини кытта ситимнээһин.Онно эмиэ саламта тэрийии.

5) Барыларын холбоон биир системаны тэрийии, саламтатын минэнергоҕа сүрүннээһин.

4, Бү түгэҥҥэ балаһыанньаттан хайдах тахсыахха сөбүй?

  •  
  • Дьон-сэргэ , идэлээхтэр, кыһалҕалаахтар санааларын киэҥник истэр, дьүүллэһэр кэм кэлбит. Мин тус бэйэм санаабар, маны барытын, суоҕу баар - баары суох гынар кыахтааҕын салайарын тухары көрдөрбүт президен Николаев эрэ сүр киэптээх /волевой/ дьаһала быһаарыан сөп./ Илин эҥэрдэр ууларын кыһалҕатын хайдах курдук түргэнник быһаарбытын да санаан көрүҥ/ Быыбара да чугаһаата, төрүт да сокуоммут тононон бүтэригэр тийдэ. Бу боппуруос уһуура хайа да өттүнэн табыллыбат.Ити мин, кыра киһи бэйэм санаам. Онтон, эһиги санааҕыт хайдаҕый?

Сыккырыыр тыыммытын ким салҕыыр ?

Уххан
1.28.2001. тел. 422448.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Уххан


С Ы К К Ы Р Ы Ы Р Т Ы Ы Н

(Салгыыта. Иннин Ил-Түмэн 2001 с. Тохс. 31к. Көр.)

1
Кубулҕаттаах кулун тутар ый 13 күнүгэр ,Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр, саҥа гимназия тупсаҕай оҥоһуулаах киэҥ уораҕайыгар, бу диэкки өтөрүнэн буолбатах киэҥ ыҥырыылаах сүбэ-түһүлгэ буолан ааста. Арҕаа эҥэрдэр тыын кыһалҕабыт туһа диэн уонча сыллааҕыта туруорбут боппуруостарыгар, үп-харчы үрүлүйэн ааспытын, үллэһиллэр- үллэһиллэн, түҥэтиллэр- түҥэтиллэн, ыһыллар- ыһыллан бүтэн эрдэҕинэ хаттаан эргиллэргэ күһэлиннилэр. Олох кинилэри күһэйдэ.Уота, гааһа, суола суох кураанах эрэннэрииннэн сылыттынан үлүйүөххэ сөбүн, баҕа санаа сырдыга, туолбатаҕына, хараҥатын өйдөөн эрдэхтэрэ... Саҥа талыллыбыт улуус эдэр баһылыктарыгар норуот иннигэр төлөммөтөх иэстээх ,эстэн эрэр эрэллээх ыарахан нэһилиэстибэ тигистэ. Уларыта тутуу, сувернитеты биллэрии саҕана саҕаламмыт 220-лээх линияны тардыы, гаазтааһын, суолу оҥоруу курдук олох хорук тыын боппуруостара умнууга баран, улугура сыппыттарын киһи сөҕөр, соруйан оҥорбут курдук.Сувернитеттанан туохха тиксибит бэйэлэрэ буолла, киин диэкки көрдөххө, ордук Хаҥалас диэки хайыстахха сөҕүмэр сайдыы барбыт курдук эбээт.Тэҥнээн көрүү барбатах эбит. Дьиҥинэн ити боппуруостары барытын, экологияны кытты дьүөрэлии тутан общественнай хамсааһыннар элбэхтик туруорса сатаабыттара, 1994 с. Арҕаа эҥэрдээҕи интэлэгиэнсийэ мунньаҕа тыын кыһалҕалары быһаарарга арҕаа эҥэргэ анал тэрилтэтэ тэрийиэҕиҥ, хаһыатта таһаарыаҕыҥ уо. д. а.саамай сөпкө үөһээ саламтаҕа туруорса сылдьыбыттара. Улуустаһыыны, эҥээрдэһиини таһаарымаҥ, политикалаамаҥ диэн буолбута...
Арҕаа эҥээр улуустары енергетическэй кризистэн хайдах таһаарабыт, 220 в. линияны ханан тардабыт, газ ситимин хантан ханыаха тийэрдэбит, сайыннары сылдьар суолу хаһан оҥоробут, диэн курдук тыын суолталаах, унньуктаах уһун сылларга ситэ быһаарыллыбатах кэскиллээх кыһалҕаны оннуттан хайдах сыҕарытабыт диэн парламент истиитин ,Ил Түмэн депутааттара иилээн- саҕалаан ыыттылар. 16 депутаат тэҥинэн кэлиитэ, правительство бастакы солб. А.Акимов, президент бирэстэбиитэлэ Г.Яковлев, '' Якутскенерго’ ген. дир.К.Ильковскай, АЛРОСА кыл. инженерэ В.Калитин, оттук, энергетики миниистирэ Ф.Гробман, суол сулууспатын Агенствотын ген. дир.солб. А.Веточкин, Якутгазпром кыл. инженерэ М.Черемкин уо.д.а министерстволартан правительство биллэр-көстөр чиновниктара, арҕаа улуустар бары баһылыктара да ыҥырыллан кэлиилэрэ көрүллэр боппуруос улахан суолталааҕын кэрэһилээтэ. Улуус баһылыга М. Донской, гимназия директора В.Долгунов дойдулаах, дьиэлээх-уоттаах дьон быһыытынан ыалдьыттары бэркэ диэн туох баарынан көрөстүлэр.
Истиини Ил Түмэн комитетын предс. Ю.Н.Прокопьев салайан ыытта. Маны сэргэ эмиэ комитет предс. Сунтаартан депутат А.С.Уаров, Үөһээ Бүлүүлэр уоллара В.С. Поскачин, САПИ баһылыга Ф.С.Тумусов, Ньурба депутаата В.М. Прокопьев, баһылыктар, ордук Ньурба баһылыга В,А.Петрова парламенскай истиини ыытары дьаныһан туруорсубуттарын билэбин.Кыһалҕа үөскээбит сиригэр тийэн парламенскай истиини тэрийии, улуус депутааттарын, олохтоохтору кытта көрсүү үчүгэй өрүттэрдээх буолсу диэн санааны иһиттим.

2
Ааспыт сырыыга суруйарбар боппуруос хайдах турукка тийбитин, хайдах быһаарыллыан сөбүн сабаҕалаан, билгэлээн суруйбутум. Мунньах Ил Түмэн өттүттэн сыалын ситистэ диэххэ сөп. Хайдаҕыттан тутулуга суох боппуруос парламен таһымыгар турда, рекомендация ылылынна , салгыы сайыннаран, кэҥэтэн ,дириҥэтэн республика бджетын сүрүн политикатыгар киллэриэхтэрэ диэн депутааттарбытыгар эрэнэрбитигэр тийэбит.
Салгыы хайдах буолара, ситэриилээх былаастан, президентэн тутулуктаах буолуо. Буолаары турар президент быыбарыгар мэлдьи буоларын курдук, норуот бу, тыын кыһалҕата биир сүрүн куоһурга кубулуйар чинчилээх. Маны таһынан былдьаһыктаах бырта сыата буолбут АЛРОСА-ҕа эмиэ бэйэтин көрдөрүнэр түгэнэ үөскээтэ.Биллэн турар правительствобыт хайдаҕа эмиэ көстүө.

Өйдөспөт өрүттэр.

Собственниктар (АЛРОСА, Якутскэнерго) норуот кыһалҕатынааҕар, бэйэлэрин иннилэрин ордоруохтара диэбитим сөп буолан таҕыста. Кинилэр иккиэн Мирнэй-Сунтаар-Ньурба буолбакка, Моркуоккуннан Накыыҥҥа быһа түҥ ойууру солоон , нэһилиэнньэни тумнан туран тардыаҕыҥ диэтилэр уонна онно кыра харчы көрүөх курдуктар. В.А Петрова, В.С Поскачин хайаан да Сунтаар-Ньурба нөҥүө Накыыҥҥа тийиллиэхтээҕин туруорустулар. Маны улуустар бары өйүүллэрэ өйдөнөр. Инньэ гынан бу сүрүн боппуруоска өйдөһүү тахсыбата эрээри Ил Түмэн рекомендациятыгар Сунтаар-Ньурба көрүгэ иирдэ.
Рекомендация хаһыаттарга сиһилии таҕиста. В.С.Поскачин урукку биир сыаптаах бырайыагы уларытан икки сыаптаах 220 линия тардылыннаҕына эрэ уот Бүлүүгэ, Дьокуускайга тийэр кыахтааҕын, оччоҕо кэлин киин, илин эҥэр, соҕуруу энергетическэй оройуоннары холбуурга табыгастаах буолуоҕун тоһоҕолоон эттэ. Линия ханан барара, төһө кыамталаах буолара өссө да инники быһаарыылары эрэйэр.

Электролиния, газ тардыллара, суол оҥоһуллара барыта
тыын суолталаах кыһалҕалар. Мантан хайатын уруттатабыт, барытын тэҥҥэ тутабыт дуу, республика кыаҕа онно эппиэттэһэр дуо, атын ханнык суоллар баалларый? Илин эҥэрдэр балаһыанньалара эмиэ мөлтөх. Онно хотуларгын эп. Ити дьылҕаны түстүүр ыйытыктар барыбыт үрдүгэр ыйаннылар. Дьиҥинэн ыллахха республика соҕурууҥҥу ГРЭ-һэ, арҕааҥҥы Гэһэ оҥорон таһаарар уоттарын ханна батарыахтарын билбэккэ олороллор. Балар холбоһоллоро буоллар э/э сылыттынан олоруохха сөбүн бары этэллэр.
Республикаҕа кэлэр 5 сылы ЛЭП тутуутунан биллэрэн бюджеты ,Якутскэнергоны, АЛРОСА-ны ол диэкки хайыһыннарар буоллар хайаһыа этибитий?.Гаһы республиканы хааччыйа иликкэ таска таһаарары тохтотон да эриэххэ баара. Алмааһы,көмүһү, электроэнергиябытын чааһынай бас билиигэ туран биэрбиппит, билигин газпытын, неби эмиэ биэрэн эрэбит. Түмүгэр, омук сириттэн, биирдиилээн дьонтон бүтүн республика , ордук тыа сирин олохтоохторун дьылҕата тутулуктаах буолуо. Барыта түҥэтиллэ илигинэ, бастатан туран уоппутун, газпытын тардынарбыт ордуга көстөр. Тыйыс айылҕалаах хотугу киһи тымныыны ,хараҥаны кытта охсуһарыгар үйэтин барыыр.Биһиги бу охсуһууга кыайыылаах тахсар сыалтан атыны тохтотон эриэхпитин сөптөөҕө. Политикалаамаҥ дииллэр. Тыа киһитэ бу тыын боппуруоһугар политикалаабатаҕына хаһан политикалыай? Собственниктар политикаттан куттаналлар, айдаана суох оҥорбуттарын оҥоро сылдьыахтарын баҕараллар. Айдаана суох АЛРОСА-лар уоттарын быһа Накыыҥҥа тардан кэбиһиэ этилэр.Оҥоруохтарын оҥорботох правительство тойотторо политикаттан куттаналлар, кинилэр кэскиллээх үлэннэн дьарыктамматахтара өтө көстөн таҕыста. Атын эбитэ буоллар правительствоны астаапкаҕа ыытар сөптөөҕө.
Арҕааҥҥы энергетическэй оройуону сүрүннүүр, ол иһигэр гаһы тардыы, неби хостооһуну, суолу тутууну сүрүннүүр тэрилтэ тэриллиэхтээх этэ. Итини правительство илиитин имиттэн ыһыктара , собственниктарга туттарара олох табыгаһа суох.
Бу боппуруостарынан ыкса дьарыктаммыт, проектаспыт, бюджекка харчы көрүллэрин төһөнү эмэ ситиспит САПИ диэн тэрилтэ баар. Правительство, бу тэрилтэ үлэтин -элбэх үп, сыра-сылба, өй-санаа көрүллүбүт бырайыактарын тохтотон үгүс харчыны атын сыалга- сорукка хайыһыннарда. Ону Ил Түмэн хонтуруоллуур комитета төннөрөллөрүгэр, харчыны сыалынан тутталларыгар эттэ. Дьэ манна баҕарбатаҕыҥ да иһин политика көстөр.
Правительство САПИ-ны, арҕаа эҥэр кыһалҕатынан дьарыктамматаҕын курдук оҥорон, бэйэтигэр тэҥнээн кэбистэ. САПИ 2 бырыһыаныттан биирин улуустар бэйэлэрэ ыла олорбуттара онтугутун уокка биэриҥ диэн буолла. Хаалбыт биирин Саханефтегаз ылбыт уонна атын сыалга туһаммыт. Бу харчыбыт сыыһа уоту тардыыга ханан да тийэр кыаҕа суох, газопровод тардыытыгар быһаччы ыыталлара буоллар тыа сирэ абыраныа этэ. Президент АЛРОСА-ны өйөөн биэрбит 5 бырыһыана Накыыҥҥа дылы Ньурбаннан уоту тардыыга, суолу оҥорууга тийиэн сөптөөҕө, тоҕо ону туруорсубаппытый? АЛРОСА син биир Накыыҥҥа уотун тардар интэриэстээх. Ол 5 бырыһыаныгар Ньурбаннан тардан да кэбистэҕинэ сүүйэрэ элбэх буолуон сөп. Бүлүү өрүһэ баар буолан, кинини бохсон, сүһүрэн, кытылыгар атамы эһэн,ГЭС тутуллан, алмаас хостонон эрдэҕэ дии. Бүлүү өрүһүн, кини олохтоохторун сырдык тыыннарын суотугар бюджеккэ үлүгэр үп киирэн, бүтүн республика кыһалҕатын толунан олордоҕо. АЛРОСА уоту, гааһы тардарын, суолу оҥорсорун ааһан Бүлүү кытылын олохтоохторун босхо уотунан хааччыйыан сөптөөҕө. Урут Бүлүү экологическэй комитета бэркэ үлэлээн испитэ баара, бу сырыыга комитет тойоно харчым суох, бэчээппин кытта иккиэйэҕин эрэ хааллыбыт, экологияны айгыраппыт тэрилтэлэр АЛРОСА уонна Якутскэнерго миэхэ харчыта аҕалыҥ диэн суланна. Оннон бүттэхпит. Харчы ылан баран харчы биэрбит дьонун кытта хайдах киирсэрэ эбитэ буолла. Тус бэйэм соччо өйдөөбөтүм. Дьон сэргэ, экология министерствота, бэчээт оргаттара бу хамсааһыны өйөөтөхтөрүнэ эрэ табыллыыһы.
Бюджет сунньэ алмаастан киирэр.АЛРОСА эрэ баар буолан республика тыыннаах олорорун курдук өйдөбүл олоххо киирэн эрэр. Эрэйэ суох В.Штырову президенинэн талан кэбиһиэҕиҥ, правительство улахан бырайыактары быһаарар кыаҕа суох эбит дэһэр дьону иһиттим. Сорохтор алмазнай провинцияны АЛРОСА быһаччы көрүүтүгэр- истиитигэр биэриэҕиҥ, ол суотугар нолуогун кыччатыаҕыҥ дэһэллэр. Ити барыта суохтан баар буолбут санаалар буолбатахтар, оруннаахтар.
Арҕааҥҥы боппуруостары быһаарыыннан ыкса дьарыктанарыгар САПИ саамай сөптөөх тэрилтэ. Дьарыктаннаҕа да дии.Кини онно ананан да баар буоллаҕа. Саҥа тэрилтэни тэрийэн мэлдьи буоларын курдук үбү-харчыны эбии ыскайдааһын барыа. Арҕаа эҥэргэ САПИ-ны холуннарыы үлэтэ бэркэ барбыт тыына биллэр. Правительство арҕаа эҥэрдэр кыһалҕаларынан дьарыктамматаҕын САПИ-ннан саптыммыт.
Арҕааҥҥы эҥэрдэр туруорсууларынан күөртэнэн Ил Түмэн комитетын предс. Р.А.Бурнашев, депутат Ф.С.Тумусов көҕүлээһиннэринэн илин эҥэргэ эмиэ парламенскай истиини тэрийэн ыыттылар. Мантан салгыы хотугулар, дизельнэй станцияннан олорооччулар мунньахтара буолуохтаах. Ити курдук регионнар уратылара дьүүллэһиллэн , ырытыллан, торумнанан биир уопсай республика сүрүннэммит бюджетын политикатын оҥордохторуна эрэ табыллар кэмнэрэ кэллилэр .
Бу үлүгэрдээх тыын кыһалҕа, кэскил быһаарыллар кэмнэригэр бэчээккэ дьон-сэргэ, общественнай хамсааһыннар, партиялар ньимиликээн буолан олороллоро сөхтөрөр. Демократия аҕалбыт улугуруутунан най бардыбыт дуу?

Category: Промышленность | Added by: uhhan (2007-09-12)
Views: 2275 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024