Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Спорт

Малардыыраптар

Мэхээлэ Малардыырап бирииһигэр хапсаҕайга республика
иккис турниирын көрсө
\конкурска\ 2004 c.

 

МАЛАРДЫЫРАПТАР

 

1. ТӨРҮТТЭР

Үһүйээн, номох уостан уоска бэриллэн тийэн кэлэн бүгүҥҥү олохпут уруккулааҕын, утумнааҕын, ситимнээҕин санатар. Хааныҥ хантанын, кииниҥ кимтэнин сураһан билэн истэҕиҥ аайы, эн хааҥҥар баар удьуор билиитэ, көрүүтэ,күүһэ—сэниэтэ илэ уһуктан барарга дылы буолар. Төрүттэргин түөһэн, өбүгэлэргин өйдөөн бүгүҥҥү туруга суох олоххун тирэхтииргэ дылы буолаҕын эбээт.
Чахчыта ону да ону билэр буолан, 12 оҕо, 34 сиэн, 3 хос сиэн аҕата, эһээтэ 73-с хаарын уулларбыт Мэхээлэ кырдьаҕас өбүгэлэрин хаһан, ырытан,сураһан билэрин сурукка тиһэн эрдэҕэ. Буолумуна, итиччэ үлүгэр ыччат, онтон салгыы кэлэн иһэр көлүөнэ '’’'төрүттэрбит уустарбыт кимнээх этилэрий ‘’—диэн сураһан туруохтара турдаҕа. Сахалар былыр –былыргыттан төрдүн—ууһун билбэт киһини соччо—бачча баардыылаабат үгэстээхтэрэ.
Мэхээлэ Малардыырап аҕата Бүөтүр Даньыылабыс Малардыырап
Тамалыкааҥҥа,Ороһуга олорбут стахановец аатын ылбыт холкуостаах киһи эбитэ үһү. Ийэтэ Өкүлүүнэ 5-тэ оҕоломмут. Мэхээлэ бамыылыйата Даньыылап эрээри тоҕо Малардыырап буолбута манныктан эбит. Багдааһай диэн төрүттэрэ Малардыыр диэн оҕото суох инилээх эбит, кини аатын үйэтитээри аҕата Даньыыл, уолун Малардыырап дэппит.
Мэхээлэ эһэтэ сурукка киирэринэн Данил Дмитриев. Дьон кинини идэтинэн көрөн сыаналаан Лэкэрэпчи ойуун, онтон ханалытан, харыстаан Кырдьаҕастыыр диэн ааттыыллара үһү.
Бу Лэкэрэпчи ойуун оҕо көтөҕөр \дьахтары төрөтөр\ эбит. Хайа да дьахтар оҕотун чэпчэкитик быыһаан күн сирин көрдөрөр Иэйиэхсит эҥэрдэспит, Айыыһыт арыалласпыт ытык—кэрэ идэлээҕэ. Оҕото суох аймах аатын ылынан салҕааһын, элбэх оҕону көтөхпүт эһэлэнии Малардыыраптарга элбэх оҕолонорго алгыс кэриэтэ буолбутун сабаҕалыахха сөп. Лэкэрэпчи бэйэтэ, номоххо киирбит кыргыс үйэтинээҕи Күлэҥсэ \Күрэҥсэ?\ боотуртан \хоһуунтан?\.төрүттээх Багдааһай боотуртан хаан тардабын диирэ үһү. Күлэҥсэ Тойоку диэн уолун аатынан куөл, нэһилиэк ааттаммыт .Лэкэрэпчи ийэтэ Муксунов диэн спецпереселенец кыыһа эбит.Ол Муксунов Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар олорбут, 9 кыыстаммыт. Бу кыргыттар кэргэҥҥэ тахсаннар Бараахаптары,Чирээйэптэри, Бөрүөскүттэри, Димиитирэйэптэри, Туомускайдары,Малардыыраптары, Муксунуоптары, Бэриэпкиннэри, Багдааһайаптары уо.д.а. тэниппиттэр.

 

2. О Ў О Л О Р

Киһи барахсан бу орто дойдуну бэйэтин айыы олоҕунан киэргэтэн ааһар аналлаах. Михаил Петрович толору оҕо саҥатынан чугдаарбыт дьиэ кэргэнин ийэ кутунан буолбут, тапталлаах кэргэнинээн Мария Капитоновналыын 12 оҕону төрөтөн үгүстэрин, киһи—хара гыммыт дьоллоохтор. Икки оҕону биэрбит төттөрү ылбытын туох диэн баалыаххыный...

  1. Вячяслав—кибирнетик-математик идэлээх, Новосибирскайы бүтэрбит.Ыал. Икки оҕолоох. Уруһуйдуурун сөбүлүүр.
  2. Валериан—Свердловскайга худ. училищены бүтэрбит.Кэргэннээх икки оҕолоох эбитэ. Бары өттүнэн дэгиттэр талааннааҕа. Чокурдаахха Бөрөлөөх диэн сиргэ киһини быыһаары ууга былдьаппыт.
  3. Капитон—уһуннук десантник-парашутииһынан үлэлээбит.Билигин суоппардыыр. Ыал. Түөрт оҕолоох.Спортка сыстаҕас.
  4. Виктор—косторез-художник,көмүс ууһа идэлээх эрээри идэтинэн үлэ көстүбэккэ кочегаардыыр. Ыал. Үс оҕолоох.Үчүгэйдик тустара, булчут.
  5. Михаил—8 саастааҕар эмискэ ыалдьан өлбүт.
  6. Ольга –хореограф идэлээх, библиотека үлэһитэ. Ыал. Икки оҕолоох.
  7. Надежда—штукатур-маляр,бухгалтер идэлээх. Ыал. Үс оҕолоох.
  8. Мария—медик.Хирургическай сиэстэрэннэн үлэлиир. Ыал. Икки оҕолоох.
  9. Роза—Тыа-хаһ. салайар үлэһиттэрин үөрэҕин бүтэрбит, алмаас кырыылыыһыҥҥа идэни баһылаабыт. Ыал. Биир оҕолоох.
  10. Петр уонна Антон игирэлэр. Иккиэн Москубатааҕы физкултуура үнүстүтүүтүн бүтэрбиттэр. Иккиэн тустууга маастардар.Иккиэн ыаллар. Иккилии оҕолоохтор.
  11. Саргылаана.—иистэнньэҥ идэлээх. Ыал. Икки оҕолоох.

Дьэ ити курдук, Мария Капитоновна, Михаил Петровичтыын үйэлэрин тухары дьон тэҥинэн,холобур да буолардык үлэлии--үлэлии уонча оҕону атаҕар туруоран киһи, ыал оҥордохторо. Оҕолорун бэйэлэрин курдук үлэттэн тэйбэт.,туохха барытыгар сыстаҕас, бэйэни көрүнэр, кыанар, киһи бэрдэ буоларга уһуйдахтара—такайдахтара. Бу, олоххо улахан ситиһии, дьол.
Герой ийэ, биир икки оҕону иитэрдээҕэр уонча оҕону иитэр түбүгэ кыһалҕата олус буолуо диэтэххэ сөбүлэспэт. Түбүгэ биир, өссө оҕолор бэйэ бэйэлэрин көрсөр буолан судургу диир. Оҕолорум иринньэҥэ, атааҕа суох буолан абыраатылар.Атаахтаммыт оҕо кыратыттан быһыыта майгыта алдьанар. Кыыс оҕо көрүүтэ уол оҕотооҕор түбүктээх дииллэрин урут эдэр сылдьан итэҕэйбэт буоларым, кырдьык эбит. Уол оҕо көрүүтэ судургу, эрдэ бэйэтин кыанан атаҕар турар, ордук чэнчис, ыраас буолар. Оҕолорум олох кыраларыттан бэйэлэрин харана, айылҕаҕа, булка, үлэҕэ, спортка сыста үөрэммиттэрэ. Боростойдук сахалыы ииппиппит. Уулуссаны, ыал тэлгэһэтин кэрийбэтэхтэрэ ол да иһин дьиэмсэхтэр. Оҕолор оонньуур оҥостон мэлдьи маһы кыһан уһанан тахсаллара, илиилэрин бысталлара, сирэйдэрин,атахтарын өлөрөллөрө элбэҕэ да сотору соҕус бааскын көрдөр диэтэххэ, килэччи оһон хаалбыт буолара, көрдүгэнэ суох эттээх сииннээх эбиттэр. Аҕаларыттан торуллар буолан толлоллоро. Аҕабыт үлэһит, булчут,куһаҕан кэмэлдьитэ, аргыһыта суох буолан абыраата. Дьиэҕэ уокка киҥир—хаҥыр саҥарсыы ханна барыай, оннооҕор иһит тыаһыыр диэн Мария Капитоновна, саха омугар дэҥҥэ көстөр буолбут элбэх оҕолонуу уустук ыйытыгын бэрт судургутук быһаарар.

 

3. ҮӨРЭХ, ҮЛЭ, С П О Р Т

Баардаах баара өтөөччү. Мэхээлэ убайа Онтуон Малардыырап диэн тырахтарыыс идэлээх киһи, 25бууттаах \ 400 кг\ ЧТЗ тыраахтар махабыыгын сиртэн өрө көтөҕөн ылан баран икки миэтэрэ тэйитэ быраҕарын көрбүт дьон кэпсииллэр эбит, ол аата бу киһини чиэппэр күүстээх эбит диэхпитин сөп курдук. Оттон Мэхээлэ бэйэтэ, эдэр
сылдьан 327 кг. штанганы сиртэн өрө көтөҕөн сиспин көннөрөрүм, 2-
лии бууттаах 2-и гиирэҕэ 1-дии бууттаах 2 гиирэни эбии холбуу тутан
сыыйа өрө анньарым, сайын курууска сылдьан 200 кг, ыйааһыннаах
тааралаах өстүөкүлэни, линолиуму, дьааһыктаах улахан сэппэрээтэри
түрүүмтэн сүгэн үөһэ таһарым, күнү быһа 100 кг, 2-лии куулу сүгэн
куруустуурбут диэн сэһэргиир. Ол аата сэниэ да, күүс да син баар
киһитэ буоллаҕа.
Оҕо, эдэр сырыттаахха Үөһээ Бүлүүгэ хомуур охсуһуу диэн баара онно сэрэнэн охсуһарбыт, хаарга тустарбыт, тоҥмут сылгы сааҕынан тамнаһарбыт, оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар Арыылаах атаҕа диэн сиртэн Ороһуга дылы 7 км хааман үөрэммитим. Сасыарда хараҥаҕа хааман, күнүс сырдыкка сүүрүүннэн сылдьарым, ол барыта бэйэтэ туспа эрчиллии буоллаҕа диир .
Мэхээлэ, 1943 с. Ороһуга 7 кылааһы бүтэрэн баран 1946 с. Бүлүү педучилищетын бүтэрэр. 1949 . дылы Горнай улууһугар оскуолаҕа үлэлиир. 1949-50 с.с. физкултуура учууталларын курсун бүтэрэр, бу үөрэҕин кэлин үрдэтэн Ленинградка, Иркутскайга салҕыыр да оҕо-уруу элбээн, тийиммэккэ ситэрбэт. 1950 с. 20 сыл устата Үөһээ Бүлүүгэ олорон үлэлиир, ол быыһыгар Сунтаарга баран үлэлээн кэлэр.
1951с. олоҕун аргыһа буолбут тапталын Машаны көрсөр. Маша оччолорго эдэркээн кыыс оҕо райсоветка секретарь машинистканнан үлэлиир.Бастаан үлэҕэ киирэрбэр бэчээттиир машинканы,ротаторы аан бастаан көрбүтүм уонна наһаа саллабытым. Үлэҕэ ылалларыгар оччотооҕу райсэбиэт сэкиритээрэ Кириил Егоров диктаан суруттаран баран үлэҕэ ылбыта, киэһэ үлэ кэнниттэн хаалан эрчиллэн нэдиэлэ кэриҥинэн ото—бото охсор буолбутум. Онтон түргэним иһин райкомҥа машинистканнан ылбыттара диэн Мария Капитоновна билигин ахтар. Кини ол курдук Сунтаар райкомугар эмиэ үлэлээбит. Оччолорго райкомҥа сэкиритээрдээбит, араас таһымҥа үлэлээбит В,Г,Павлов, Г.О. Чиряев, И,А.Матвеев, Ксенофонт, Сергей Васильевтар,Абрам Гольдман, И.Е Бороннуров, Ф.В.Харлампьев, М.В.Томская уо.д.а. курдук республика биллэр дьонунаан алтыспытын кэпсиир.
Мария Капитоновна 45 сыл устата оҕолонуор дылы 1 ый, оҕолоноот 56 хонук олоро түһээт үлэ—хамнас үрдүттэн түспэтэх. Билиҥҥи олохтон үлэһиттэр икки өрөбүллээх буолбуттарын ымсыырабын диир. Ол эрэн сэттэ сылы быһа биир оҕону манаан олороллорун сөбүлээбэтин, бу ийэлэр үөрэммиттэрин, идэлэрин сүтэрэллэрин иһигэр киллэрбэт.Кинилэр сахха түүннэри күннэри умса—тэннэ түһүү бөҕөтө буоллаҕа.
Билиҥҥи олоххо ирдэбил сүппүтүн, баай дьадаҥы арыттаһыыта сиэрэ суох улааппытын, тыа сиригэр дьон сэргэ үлэтэ суох, хамнаһы кэмигэр ылбат буолууттан санаата түспүтүн, онтон сиэттэрэн сиэр майгы сатарыйыыта тахсарын герой ийэ бэлиэтиир.
Малардыыраптар дойдуларыгар,Үөһээ Бүлүүгэ 20-чэ сыл үлэлээн олорон баран, биир үтүө дуу, мөкү дуу түгэҥҥэ эмискэ, 11 оҕолорун сиэппитинэн, утуйар таҥастарын кыбыммытынан уһук хоту, инньэ Аллайыахаҕа көһөллөр. Үтүө үлэһит, элбэх оҕолоох ыалга көмөлөһөн улахан дьиэ туттарбыттар, онно дьиэ хаһаайына Мэхээлэ 600 солк. ордук тутунна диэн үҥсүү өрүкүйэн райком бюротугар көрүллэн, көһөн олорор ыалы төттөрү эргэ дьиэлэригэр көһөрөллөр, саҥа дьиэни былдьаан ылан детсадка диэн биэрэллэр. Бүттэҕэ ол, Михаил Петрович ,,Эһиги бэйэҕит дууһаҕытыгар силлээтигит,, --диэн баран саҥата суох тыас хомунар.
Аллайыахаҕа тийэн дьоҥҥо сирдэрбэккэ 30-ча сыл устата олороллор, үлэлииллэр,уруу—аймах кэҥэттэллэр.,саха төрдүн тэнитэллэр.
Мэхээлэ 1950 с. Физкултуура учууталларын куурсугар үөрэнэ
сылдьан аан бастаан спорт араас көрүҥнэрин кытта ыкса билсэр.
1954 с. аан бастаан хапсаҕайдаһан, ЯСПС кубогар республикаҕа 2-с миэстэни ылар. Онно Илья Кондратьевка кыайтарар. Күрэхтэһии кэнниттэн тута, ким элбэхтик охтороругар ''»”неофициальный открытый чемпионат” диэн тэрийэн ыыталлар. Мэхээлэ Кондратьевы үстэ субуруччу кыайар. Ити кэнниттэн 1956-57-58 с.с. хапсаҕайга
субуруччу үстэ республикаҕа чемпионнуур. Аҥардастыы аатырар, сҕотохтуу сураҕырар. Сайынын дьиэтигэр дэҥҥэ көстөр буолар. Малардыыраптыы хапсаҕайдаһыы стиилэ диэн этээччилэр баар буолаллар. Кини күүспэр эбии кимиилээхтик киирсэрим, күүстээх дьону умса тардаат, туораан биэрээт, атахпынан таһыйарым, сорохторун эргитэ тардаат, көхсүлэриттэн ылан быраҕарым,сорохторун моонньуларыттан тардан иһэн кэннигэр тиэрэ анньарым, сунньүнэн, таһыйан,хатыйан, атахтаан тустарым диир.
Үөһээ бүлүүлэр чиэстэрин бэйэм да, хамаанданнан да спорт араас көрүҥнэригэр элбэхтик көмүскээбитим, Сунтаардарга Семен Зенгенидзев кэнниттэн 1958-60 с.с. көҥүл тустууга оҕолору эрчийбитим, олортон Николай Сафонов, Альберт Захаров, Владимир Данилов, Николай Сантаев курдук биллэр тустааччылар тахсыбыттара диэн ахтар. Үөһээ Бүлүүттэн Дмитрий Данилов, көҥүл тустууга саха бастакы маастара эмиэ киниэхэ эрчиллэ сылдьыбыт.
Мэхээлэ Малардыырап туоһапканнан ытыыга 100-тэн 96 очукуону ылан республикаҕа бастыыр, гиирэни, штанганы көтөҕүүгэ, хайыһарга, копье, диискэ быраҕыыга уо.д.а. спорт араас көрөҥнэригэр барытыгар кыттар , разряд ылар, оройуонун чиэһин көмүскүүр. 42 сыл устата физкултуура учууталынан эҥкилэ суох үлэлиир. Икки төгүллээн үтөлээх аакка түһэрэ сылдьыбыттара таах хаалар, аҕыйах ысаначуоктаах, элбэх тэллэх саҕачча кыраамыкылаах.
Оҕонньор билигин да сэргэх эрчимнээх, спорт мэлдьи миигин саныы сырыттын диэн бэлиэтээн ааспыт дьарҕалара көптөхтөрүнэ элэйэри сылайары билиммэт эрчимнээх эдэр сааһын эҥээрдэрин эргитэ санаан ахтан ааһар. Билииҥҥи кэлбит олохтон улаханнык астынара көстүбэт, эппиэтинэс, ирдэбил сүппүтүн, ордук тыа дьонун олоҕо айгыраабытын ытырыктата саныырын биллэрэр.
Кырдьаҕас дьонтон Маарыйалаах Мэхээлэттэн аныгы оҕолор эттэрин—сииннэрин туругун хайдах дии саныыгыт диэн ыйытабын.
Дьонум чахчы сөхпүт дуу, бэркиһээбит дуу дьон быһыытынан аныгы спортсмен уолаттарга төбөлөрүгэр үгүс элбэх чэрдээхтэрин этэллэр. Ити үлүгэр туохха төбөлөрүн быһыта сыстарбыттарын сатаан санаабаттар. Аныгы спортсмен оҕолор төһө да уҥуохтарынан хороҕордорун иһин эттэрэ сииннэрэ иинэҕэһин, эттэрэ—хааннара буспатаҕын, күн уотугар сыраллыбатаҕын,улахан истээх эдэр саха элбээбитин бэлиэтииллэр. Кырдьаҕас дьон быһыытынан бу оҕолор үлэҕэ, окко—маска, тыалга --кууска эриллибэтэхтэриттэн, үүт аһы, симэһиннээх эти, балыгы сиэбэттэриттэн , бэйэлэрин кыана көрүммэттэриттэн быһылаах диэн сылыктыыллар.

 

4. ТҮМҮК САНАА

Бу күннэргэ Мэхээлэ Малардыырап бирииһигэр хапсаҕайга иккис төгүлүн турниир ыытыллар. Оҕо барахсан күндү. Оттон төрөппүттэрин ыраларын ыраланар, кинилэр тэлбит суолларын кэҥэтэр уһатар оҕо өссө күндү. Мэхээлэ кыра игирэ уолаттара Бүөтүрдээх Онтуон иккиэн аатыра тустубут уолаттар, тустууга маастардар. Бүөтүр Россия икки төгүллээх чемпиона. Бу уолаттар аҕаларын үйэ аҥардаах спортка үлэтин сыаналаан, кини ыратын салҕаан, спорт национальнай көрүҥэ сайдарын туһа диэн, чөл, чэгиэн--чэбдик олох иннэ диэн бу турнииры үгэскэ кубулута тэрийэн эрэллэрэ хайҕаныах уонна өйөнүөх эрэ кэриҥнээх. Дьэ манна тустаах эйгэ тэрилтэлэриттэн саҕалаан ким төһө кыахтааҕынан көмө--ньыма буоларбыт күүтүллэр. Хапсаҕайы—саха мааны оонньуутун аан дойду таһымыгар бигэтик таһаарыы үлэтэ бара турар. Бу эмиэ биһиги –сахалар ис кэрэбитин, кыахпытын.,төрүт култуурабытын көрдөрөр итэҕэтиилээх түһүлгэбит буолар.Биһиги манна Малардыыраптартан холобур ылан холбоһон,күүспүтүн түмэн, үтүө үксүүрүгэр дьүөрэлэһэн иһиэхтээхпит дии саныыбын.
Малардыыраптар курдук үгүс да буолбатар, боростой саха ыалыгар бүтүн саха омугун инники кэскилэ түстэнэр. Кинилэр хайдах олороллоро, тугунан тыыналлара, инникигэ эрэнэллэрэ эбэтэр эрэммэттэрэ биһиги бүгүҥҥү олохпут хайа эмэ өттүн тыктаран көрдөрөрүгэр саарбахтаабаппын. Ол эрэн кинилэр бүгүн, үөрүөхпүт быатыгар биһирэмнээх геройдар
Саха саргылаах кэскилин түстэһэр Малардыыраптар ньээккэ уйаларыгар аргыар аргыйбатыгар, үргүөр үргүйбэтигэр, барыта этэҥҥэ буоларыгар баҕарыаҕыҥ.

Category: Спорт | Added by: uhhan (2007-09-12)
Views: 2302 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 22
Ыалдьыттар (гостей): 22
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024