Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Патриотизммыт туруга

Патриотизммыт туруга.

( Автор ырыаһыттар союзтара, РНМЦ НТ и СКИД тэрийбит патриотическай ырыа күөн­ күрэһин кэнниттэн үөскээбит санаалар)

Патриотизм ­ тутулумсуйуу, дойдулааҕымсыйыы, омугумсуйуу, бэйэмсийии , уопсайынан ыллахха дьоһууннаах буолуу (достоинстволаах), киэннээхтик туттуу (гордость) төрдө ­ төбөтө ханна сытарый? Бу , билиҥҥи биһиэхэ?
Иһэ ­ истээх, таһа­ тастаах ыйытык буолан тахсыан сөп, өскөтүн туох баарынан хоруйун булаары кыннаххына…
Ийэ ,Аҕа Дойду туһунан өйдөбүллэрбит биһиги өйбүтүгэр­ санаабытыгар, сүрэхпитигэр быарбытыгар хайдах ­туох иҥэн сылдьарый, ону кэтэмэҕэйдээбэккэ ким чопчу этэн биэриэй? Саарбахтыыбын…
Саастаах, советскай патриотизмҥа олохторун олоччу анаабыттар, аҕа дойду сэриитигэр , тыылга уонна фроҥҥа дойдуларын, тутулларын иһин олохторун толук уурбуттар, коммунистическай идея иһин өлөллөрүн да кэрэйбэтэхтэр патриотизмнара, ол кэмҥэ уонна билиҥҥи кэмҥэ олохторун өйдөбүлүн сүнньүн туппуттар уонна 80­с с. бүтүүлэрэ, 90­с. саҕаланыылара өй­ санаа революциятын кэнниттэн олохторун өйдөбүлүн саҥа тутан эрэр эдэр көлүөнэ дойдулааҕымсыйар, тутулумсуйар, омугумсуйар да иэйиилэрэ улахан уратылаах буолуо оҥоробун. Буолаары буолан, онтубут, эйэлэспэт, бэйэ­ бэйэлэрин мэлдьэсиһэр өйдөбүллэр.
Култуура, литератуура, искуустуба эйгэтэ норуокка иҥмит иэйиини ырылхайдык көрдөрөр идэлээх, аналлаах. Ол да иһин биһиги быдан былыргы үйэтээҕини үөрэтэрбитигэр, билэ сатыырбытыгар, чинчийэрбитигэр ити эйгэлэри хасыһар буоллахпыт..
Сэбиэскэй кэмҥэ патриотизма иитии туох да эҥкилэ суох утумнаахтык соҥноноро уонна булгуччулаахтык толоруллара. Коммунистиичскай идея, социалистическай тутул, советскай норуот, интернациональнай доҕордоһуу ирдэбиллэрэ советскай союһу биир кэлим сомоҕо оҥорбута. Көҥүлбүт, бырааппыт, эрэлбит, итэҕэлбит, тапталбыт, олохпут оҥкула, барыла, тосхоло барыта, дьэҥкэ, сомоҕо этэ. Манна уратылаах буолуу, ол уратыны дьүөрэлии сатааһын көҥүллэммэт этэ.
Ырыабыт , хоһооммут эмиэ оннуга. Патриотика ирдэбиллэрэ чопчу этилэр. Онно олохсубут суоллар­ иистэр, ирдэбиллэр , өйдөбүллэр бааллара. Аҕа дойду сэриитигэр сыһыан эмиэ оннуга. Хас ыал аайы сэрии оспот бааһын өйдөбүлэ бу, илэ тыыннаах этэ.
Ол тыыннаах иэйиилэртэн ырыа, хоһоон үөскээн тахсара.
Кэм­кэрдии биһигиттэн ыйыппат, өйдөбүллэрбитин түөрэ эргитэн кэбистэ. Ким эрэ ааспат, арахпат ахтылҕанын туойар, ким кэрэ кэлэр кэскили, ким күннээҕи ииспэрэйи хоһуйар. Олох оннук, баара оннук, хайыаҥ баарай…
Мин төрөөбүт ийэ дойдум, сахам сирин туһунан өйдөбүлүм уларыйбат, оттон бүтүн Аҕа дойду туһунан өйдөбүлүм ыһыллыбыта ыраатта. Российскай имперскай өйдөбүл баһылаан эрэр кэмигэр олоробут . Бу соторутааҕыта аҕай көҥүл амтанын амсайбыт, онно ыраламмыт дьоҥҥо үөһэттэн соҥнонор идеология, билиҥҥи политика, тирии таһынан киирэр. Уонна хайаан мин билиҥҥи Россияны аҕа дойду оҥостон ис сүрэхтэн үөрэ­ көтө , дьоллоно ырыа ыллыахпыный, тойук туойуохпунуй?…
Итини кытта сэргэ ааспыт аҕа дойду сэриитигэр сыһыан эмиэ уларыйда. Хайыаҥ баарай, аныгы оҕолор кинигэттэн аахпыт сыһыаннара арыы атына өйдөнөр. Кэм кэрдии бааһын оһорунан эрдэҕэ дииргэ тийиллэр…
Баҕар миэхэ эрэ оннук буолуо диэҕи бу респбликанскай, кыайыы 60 сылыгар анаммыт республикатааҕы “Вечная слава“ диэн ырыа күөн­ күрэһин түһүлгэтэ мин саарбахтааһыннарбын барытын бигэргэттэ . Бу суол быстан эрдэҕинэ, Мирнэй , Сунтаар курдук ыраахтан кэлэ сатаабыттар. Ол курдук 88 ырыаһыты истибиппититтэн биир да киһилии кэлиҥҥи кэмҥэ суруллубут патриотическай ырыа тылын истибэтибит. Барыта урукку сэбиэскэй кэмнээҕи суруйуулары, урукку ырыалары иһиттибит. Автордарга диэн анаан номинация көрүллүбүтэ эрээри аҕыйах, бэрт мөлтөх тыллаах­ өстөөх хоһоон киирбит. Бу бүтүн республика үрдүнэн!
Инньэ гынан автордарга биир тыыппалаах, тематыгар чопчу сөп түбэһэринэн Николай Кривеженко диэн Сангаар олохтооҕо суруйбут ырыата лауриат аатын ылан бастаан таҕыста. Бу ырыаны толорбут Сердюк Владимир (Жатай) автор­ ырыаһыттар (мелодистар) союзтарын анал бирииһин ылла.
Автордарга иккис бириэмийэни Юрий Павлов (Дьокуускай) “ Якутское небо“ диэн сэрии кэмигэр Америкаттан советскай союзка самолеттары көтүппүт герой летчиктарга анаммыт ырыата ылла.
Үһүс бириэмийэҕэ икки автор, Иннокентий Васильев (Үөһээ Дьааҥы), Владимир Васильев (Бүлүү) тигистилэр. Эдэр ырыаһыт Иннокентий Васильеа “Махталбат улахан“ диэн бэйэтэ суруйбут ырыатын тылларын биир эмэ идэлээххэ көрдөрөн сүбэлэтэн ­амалатын тупсаран баран киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта буоллар бэрт буолуох эбит. Сыыһа­ халты тылы туттуу, олуона этиилэр, толоос тыллар бааллар. Саҥа суруйар дьон тылларын дьоҥҥо көрдөрөн сааһылаан , чопчулаан, көннөттөрөн баран таһаараллара буоллар диэн куруук этиллэр санаа тустаахтарга тийбэт эбит. Хас да автор талбыт ырыаларын тылларын ырытан көрдүм, сорохторо биллэр поэттар тылларыгар да буоллаллар олус мөлтөх тыллар бааллар. Оннооҕор күн мэҥнээх, ааттаах­ суоллаах да поэттар тылларыгар үгүс сыыһа халты, табыллыбатах хоһоон бэчээттэнэрэ өрүү баар буолар. Онуоха эбии ырыа оҥорооччулар мелодияларыгар сөп түбэһиннэрэ сатаан автор тылын салаҥнык уларытан­ тэлэритэн , киһи бэйэтин хоһоонун билбэт буолуор дылы уларыта тутталлара эмиэ баар. Ол иһин ырыа ханнык баҕарар күрэҕэр тылы ­ өһү анаан­ минээн көрөр буолуохха диэни сорох тэрийээччилэр билигин да долоҕойдоругар хоннорботторо хомолтолоох. Ырыа тыла куһаҕан буоллаҕына хайаан күөн­ күрэскэ бастыахтааҕый ?. Тыл буоллаҕа дии ырыаны төрүттээччи, хайдах ылланыахтаах майгытын сигилитин ыйан биэрээччи.
Владимир Васильев “Саллаат турар“ диэн Леонид Попов тылларыгар ырыата үһүс бириэмийэҕэ тигистэ. Бу мелодист өр сылларга гражданскай­ патриотическай ырыалары айыыга анаан идэтийэн туран дьарыктаммыт мелодист буолар. Урукку сэбиэскэй сахха кэмнэргэ , кини үгүс ыралара ылланара. Тутулбут уларыйда, өйдөбүллэрбит эргийдилэр, ол­ сахха инники күөҥҥэ сылдьыбыт ырыаларбыт ис хоһоонноро билиҥҥи олоххо эппиэттээбэт буолан ахтылҕан ырыалара буолан хаалбыттар.
Дьиҥинэн, хоһоонньуттарга, мелодистарга, кинилэр түмсүүлэригэр, тэрээһиннэригэр патриотика араас хайысхаларыгар анаан арааран үлэлэһэллэригэр көҥүл кэм тоҕоосто. Ол эбэһээт ханнык эрэ биллэр күнү көрсө буолбакка, эбэтэр Москваттан ыытыллар политиканы уруйдуу эрэ диэн буолбакка, дойдулаах, омуктаах, түмсүүлээх , көҥүл баҕа хайысхатын айар тутар аана аһаҕас. Дойдулаах көҥүл ырыатыгар кэлиҥҥи суруллубут ырыаларга Аскалон “Көҥүл“ диэн ырыатын уһулуччу чорботон бэлиэтиэххэ сөп.
Толорооччулар диэн номинацияҕа лауриат бастакы бириэмийэтин Антон Те (Дьокуускай) , иккиһи Матрена Сивцева (Бүлүү), үсүһү “Дулуур“ трио (Кэбээйи) ыллылар.
Бастакы степеннээх дипломан­ Надежда Ханнанова (Бүлүү), иккис­ Сергей Максимов (Амма), үһүс ­ Василий Охлопков (Уус­ Алдан) буоллулар.

Тэрилтэлэр анал бириистэри ыллылар:

  1. КПРФ ­ Семен Аммосов (Дьокуускай)
  2. “Знание“ общество­ Елена Каменева (Бүлүү)
  3. Единая Россия ­ Алексей Тобохов (Хаҥалас)
  4. СР Военкомата ­ Екатерина Таранухина (Мирнэй)
  5. Мелодистар союзтара ­ “Кырыымпа“ трио (Бүлүү)
  6. Мелодистар союзтара­ Владимир Сердюк (Хатай)

 

Маны таһынан иккис турга ситиһиилээхтик кыттыбыт Афанасий Попов, “Камелия“ трио, Яна Протопопова, Марина Бухарина, Николай Ковляков, Галина Радионова­ Паласухина, Наталья Тельшинская, Валерий Медведев, Ольга Солдатова, “Нуурал“ трио, Ольга Трибунская курдук ырыаһыттары саха народнай артыыһа Аркадий Алексеев баһылыктаахдьүүллүүр сүбэ хайҕаата.
Толорооччуларга үксэ эмиэ урукку кэмнээҕи ырыалар. Аны күөн күрэс тематыттан атын хайысхалаах ырыалар киирбиттэрин дьүүллүүр сүбэ сорохторун тохтотто, сорохторо сыанабылы ылбытылар. Бу күөн күрэс темата кыайыы 60 сылыгар ананара биллэрин үрдүнэн олох тиэрэ хайысхалаах ырыалары аҕалбыттар бааллар.
Уопсайынан ыллахха патриотика темата хаалбыта, тылга да, мелодияҕа да урукку биллэр ырыалар халыыптарын үтүктүү, урукку олохсуйбут хайысханы тутуһуу ырылхайдык көстөр. Саҥаны айа сатааһын суох диэн быһаччы этиэххэ сөп. Бу тугуй? Төрүтэ, төрүөтэ туохханый диэн ааҕааччыттан эйигиттэн ыйытан туран, айааччыларга айар сүрэх көҥүлүн баҕаран туран кылгас санаабын бүтэрэбин.

Жюри чилиэнэ, журналист Уххан, 2005 с.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-12)
Views: 2507 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024