Саха истилэҥ (популярнай) ырыата аныгы нуотаҕа олоҕуран, атын омуктар араас инструменнарыгар доҕуһуолланан маассабайдык ылланар буолта ааспыт үйэ 30-тус сылларыттан буолуо. Гитаара, балалайка, мандолина, гармошка, аккардион, баян, фортопьяна сүнньүнэн киирбиттэрэ. Балартан баян саха омугун кутугар сүрүгэр саха истилэҥ ырыатын доҕуһуола буолан бигэтик уйаламмыта. Ырыа матыыбын айыы сүнньүнэн баян нөҥүө тахсара. Баяннаах ырыаларга иитиллибит көлүөнэлэр баар буолбуттара. 1970 с. гитара, ВИА -лар ыччат кутун туппуттара, туспа хайысха буолан киирбиттэрэ. Ырыа айыыта, ырыа доҕуһуола, самодеятельность, араас күөн-күрэстэр ханнык да үөрүү-көтүү баяна суох барбата. Баянынан ырыа айыыга кимнээх төрүт, саҕалааччы буолбуттарын билбэтим. Көлүөнэттэн көлүөнэ сахалыы ырыа-тойук майгытыттан тирэҕирэн, нуотаҕа түһэрэн аныгылыы (нууччалыы) майгынан ырыа айыыны олохсуттаҕа. Балартан дьиҥ сахалыы дэгэрэҥ истиилин Христофор Максимов киллэрбитэ. һыттыа, тойук, оһуохай, дьээ-буо, дьиэрэҥкэй о.д.а майгылар киирбиттэрэ. Ону арааран үөрэппит да суох. Ырыа айааччылар сойуустара манан дьарыктаныан сөптөөҕө. Ырыалар тиэмэлэрин хайысхатын эттэххэ өрөбөлүүссүйэ кэмигэр; - «Былааһы сэбиэккэ!», гражданскай сэрии тиэмэтигэр; «Бартыһаан Дьөгүөрэп», Аҕа дойду сэриитин тиэмэтигэр; «Хайыһар» диэбит курдук өрө күүрүүлээх патриотическай, гражданскай хайысха күүстээхтик сайдыбыта. Дойдулааҕымсыйыы, Ленин, Сталин, Партия, сьезтэр, үлэ-хамнас ситиһиитин, кыайыытын, геройдарын, колхозтааһын, сопхуостааһын, комсомол, пионер, октябренок туһунан идеологическай ырыалар соцреализм ирдэбилин быһыытынан ырыа айар ньымаҕа бигэтик киирбиттэрэ. Биллэн турар лирическэй, таптал, эдэр саас тиэмэтигэр иэйикиээх ырыалар элбэхтэрэ. Оҕо саас да ырыалара биллэ сайдыбыттара. Фольклор нөҥүө сахалыы майгылаах ырыалар, үҥкүүлэр, тойуктар, олоҥхоҕо тиийэ баян нөҥүө таҥыллыбыттара. Онон саха музыкальнай култуурата сайдыыта баяна суох буолбатаҕа, баян сүрүн уонна төрүт буолбута да диэххэ сөп. Дойдулааҕымсыйыы хайысхатыгар Алаас ырыаларын тиэмэтэ ойуччу турар. Сахаҕа алааһа - чүрэҕин чопчута, төрөөбүт түөлбэтэ, аан ийэ дойдута, быһата олоҥхотун дойдута. Алаас - саха ырыа айааччыларыгар айар куттарын аартыга, иэйэр сүрэхтэрин алаһата, матыыптарын биһигэ. Анастасия Варламова алаас ырыаһыта күөрэгэй чыычаах курдук, саха дьонун-сэргэтин кутун сүрүн саататар үөрүүннэн сылаанньыппыт ырыаһыт этэ. Мин кинини кытта улаханнык алтыспатаҕым. Өлөрүн чугаһыгар Степан Васильевынан холботон интервью ылан турардаахпын Кини саха ырыата сайдыытыгар туһуламмыт миэхэ биэрбит тиһэх иньервьюта маннык этэ: СР ырыа айааччыларын сойууһун бастакы председээтэлэ СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, сойуус бочуоттаах предсэдээтэлэ Анастасия Врламова: Биллэн тарар, үлэ туохха эрэ олоҕурар, тирэнэр тирэхтээх буолар. Оннук акылааты урукку өттүгэр убайдарбыт оҥорбуттара.Норуот айымньытын дьиэтин методиһынан үлэлээбит Анатолий Семенов барахсан бэйэтин үлэлиир кэмигэр республика ырыа айааччыларын картотекаларын оҥорон фонда хаалларбыта туох да бэртээхэй, туһалаах үйэтитии. Ону салҕаан иһэбит. Н.М.Желобцов магнитофонун сүгэ сылдьан үгүс сыллар тухары ырыаһыттары, ырыа айааччылары анаан устан радиоҕа анал биэриилэри оҥорбута, радиофондаҕа хаалларбыта туохха да тэҥнэммэт кылаат буолар. Бу икки үтүөкэннээх дьон ырыаһыттар, ырыа айааччылар тустарыгар оҥорбут үтүөлэрин умнубаппыт. Уонна бу үлэҕэ урукку өттүгэр кыттыспыт радио, телевидение, хаһыат суруналыыстара элбэхтэр. Кинилэр бары кыттыһан акылаат охсубуттара. Алексей Калининскай ассоциация тэрийэригэр сүрүн сүбэһиппит Виталий Андросов этэ , кини эмиэ элбэх үтүө көмөнү оҥорбута. Уххан композитордар сойуустара, ырыа айааччылар сойуустара, бэйэбэйэлэрин хатыласпаттар дуо, үлэҕитигэр туох ураты баарый? Анастасия Варламова Суох, хатыласпаттар. Идэлээх анал үөрэхтээх композитор аҕыйах. Кинилэр үксүн идэлээх театрдары кытта үлэлииллэр. Оттон ырыа айааччылар бастакытынан түҥ былыргыттан омук ырыа айар үгэстэрин, урукку ырыаһыттарбыт фольклортан сыдьааннарын утумун салгыыллар, аныгы үйэ ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн иһэллэр. Биһиги ырыаларбыт норуот кутугар сүрүгэр уйаланаллар. Иккиһинэн, саха омугун ырыаҕа уратылаах ньымаларын туттан атын омуктан уратыбытын, туохтаахпытын эмэлээхпитин сайыннараллар. Кэмпиэт суутун курдук күлүмүрдэс баһылыыр култуура албын, үтүктээйи күлүмүгэр бэриммэт күүспүт уонна кыахпыт онно сытар. Таныктаах ырыаһыттарбытыгар сахалыы ньыма баар. Эдэрдэр онтон үөрэнэллэр. Үсүһүнэн, биһиги, ырыа айааччылар тыл сүрэ сүрдээхпит. Биһиги тылы өрө тутуохтаахпыт. Урукку убайдарбыт тыл уустарын поэттары кытта бииргэ үлэлииллэрэ ол күүстээх, тийимтиэ, кэрэ буолара. Тылтан ырыа үөскүүр, тыл ууһа уһаммыт уран этиилэрин дорҕоонноро көтүмтүө, дьиэрэйимтиэ, күүстээх, абылаҥнаах буолаллар. Киһи барыта уран тыл ууһа буолбат, мэнээк бэриллибэт. Төрдүһүнэн, биһиги ырыаҕа эдэр көлүөнэни маассабайдык иитэбит. Эдэрдэр элбэхтэр. Олор бэйэ бэйэлэрин кытта аалсан чочуллан тахсыбыттара, тахса да туруохтара. Онон биһиэхэ көлүөнэлэр алтыһыылара баар. Уххан Үлэлээбит кэмҥэр тугу ситэри оҥорбокко хааллым дии саныыгын? Анастасия Варламова: Саха бастакы призиденэ М.Е Николаевы кытта кэпсэтиибитигэр саха ырыатын антологиятын оҥоруох буолбуппут. Кини ону өйөөн, оччолого биир мөлүйүөн харчыны биэрбитэ. Биһиги туох да наһаа кыһанан мүһэнэн 60 ырыа айааччы 60 ырыатын компакт диискэҕэ анаан устан бэлэмнээн Санкт Петербурга ыыппыппыт. Култуура министерствота ол харчыбытыгар идэлээх ырыаһыттар компактарын таһаарыыга туттан кэбиспитэ. Харчыбыт да төннүбэтэҕэ, ырыаларбыт матрицата да төннүбэтэҕэ, онтон наһаа хомойобун. Туруорса сатаан баран иннин кэннин кыайан булан ылбатым. Уххан ырыа айааччыларга анаан туох баҕа санааны этиэҥ этэй? Анастасия Варламова Ырыа мин санаабар итэҕэл биир салаата эбит. Киһини турукка киллэрэр , кини туругун тупсарар, ис бараанын бэрээдэктиир, кутун сүрүн эмтиир, оннук күүстээх. Ырыа айааччылар тугу ыллыылларын, хайдах туох туруктаах, туох ис хоһоонноох ырыаны айалларын туһунан толкуйдуохтаахтар. Мин кинилэргэ ситиһиини, хайдахтаах да ыарахаттары көрсүбүттэрин иннигэр санааларын түһэрбэккэ ,бэйэлэрин ырыаннан ыраастанан, туруктарын боҕөргөтөн кыайыылаах хотуулаах тахсан иһэллэригэр баҕарабын. Бэйэлэрин хааччахтамматыннар, туорайдамматыннар хамсаан имсээн тахсан истиннэр. Быһайын, Сунтаар ыһыаҕын кэнниттэн «Ыһыах туһунан ыаһах» диэн ыстатыйам тахсыбытын балыыһаҕа сытан ааҕан баран миэхэ эрийэн, бэйэтин санаатын этэн соһутан турар. Онно миигин кытта телофонунан тиһэх кэпсэтиитигэр: -«Култуура, духуобунас туһунан саамай сөпкө суруйаҕын, маннык салгыы бардахпытына хайдах буоларбыт биллибэт, сахалыыбыт бүтүүһүк, ким да суруйбат, эппэт-тыыммат, бары куттаналлар, кытаат…»- диэбитэ. Хантан түлүппүөммүн булбутун билбэтим. Сэлэһэн, доруобуйатын туругун ыйыталаһан, мин кинини:- «үтүөр», кини миигин:-»кытаат» дэһэн баран бүппүппүт… А.Варламова Күннүк Уурастыырап, Макаар Хара, Николай Иванов, Николай Попов, Христофор Горохов, Василий Сивцев уо.д.а поэттар тылларыгар ырыа айбыта. Тиһэх айымньыта, өлүөн иннинэ мин билэрбинэн Омук уола – Виктор Хон тылларыгар ырыа айбыта. Ырыаҕа угуйбут учууталларынан С.С. Сивцеваны, П.С.Кириллины, И.Р.Яковлевы ааттыыр. Тылгы уһуйбут учууталларыг И.А.Аргунову, И.Е.Сергучеву, А.А.Кузьмины ахтар. Ырыа айыытыгар ымыы туттубут, алтыспыт, өрө туппут дьоннорунан Валерий Ноевы, Степан Сергучеву, Алексей Санниковы күндүтүк саныыр эбит. Бастакы айбыт ырыата «Бэдьимэ». Биһиэхэ анал үөрэҕэ суох ырыа айааччылар анал үөрэхтэрдээхтэрдээҕэр элбэхтэр. Кинилэр айымньыларын музыкальнай критиктэр ырыттахтарына иҥнэллэрэ элбэх буолан тахсааччы. Ол эрэн бүтэр уһугар дьон-сэргэ кутугар-сүрүгэр, өйүгэр- санаатыгар төһө киирбитинэн, иҥмитинэн сыана быһыллар. «Фольклор ырыата баяҥҥа олордоҕуна примитивнэй, банальнай, баян ырыа фактуратын буортулуур, баяҥҥа бэйэтин майгытын булунааччы аҕыйах, тема, фантазия, кульминация кыаллыбат, баян диапазона улахана бэрт буолан туһаныллара киэҥ» эҥин диэн сыанабыллары идэлээхтэртэн элбэҕи истиэххэ сөп. Анастасия Варламова бэйэтин ыратынан бэйэтин санаатын, алааһыгар, төрөөбүт дойдутугар, дьонугар сэргэтигэр тапталын хоһуйбута. Бэйэтэ этэринии айылҕатын туойартан салҕыбатаҕа. Ырыатын тылын бэйэтэ эмиэ суруйара. Аатырдыбыт, суолурдубут ырыата «Аҕам алааһа» - бэйэтэ суруйбут тыллара. Ийэ дойдуга иэйии, киһи төрөөбүт аҕатын алааһыттан, аймах-билэ дьонуттан саҕаланарын эппитэ. Саха киһитэ от отуур ходуһатыттан, балыктыыр күөлүттэн, куобахтыыр ойууруттан, орох тэппит отуутуттан, олгуйдаах оллоонуттан салҕанарын, ол майгы ааспат арахпат ахтылҕан буолан кини сүрэҕэр, дууһатыгар сылдьарын дьүһүйбүтэ. Тылын ис хоһооно, иэйиитэ мелодиятыгар дьүөрэлэһэн үгүс саха сүрэҕин таба тыыппыта. Манна алаас тиэмэтэ- « аҕабыт алааһа дууһаҕа сүрэххэ өрүү баар умнубат өйдөбүл» буолан иһирэхтик истиҥник киирэн, кут-сүр манньыйар ырыата буолан тахсыбыта. Кыһыл көмүс күһүҥҥэ Сайынныын арахсар Биир дьикти түгэҥҥэ Айылҕам иһийэр Оччоҕуна дууһабар Туоххаһыйа долгуйа Дойдубун ахтарым Күннэтэ күүһүрэр Мин аҕам алааһар Лэбийэм күөлүгэр Аар хатыҥ күлүгүн Көрүнэн эрдэҕэ Төрөөбүт дойду ахтылҕана, айылҕа көстүүтүгэр дьүөрэлэһэн, күөл урсунугар күлүгүн көрүммүт хатыҥ буолан ойууланан көстөн кэлэр. Бу этигэн көстүүлээх, уран хоһуйуктаах, ойуу тыллар. «Оҕо сааһым» диэн ырыатыгар: Үс-мас бүтэйКүрүө нөҥүөЭрбэллээхтээн – сэрбэллээхтээн Оҕо сааһым одуулуур… …Бостуук сайдыыр саҥата Ол ааспыты санатар… Тыаҕа үөскээбит киһиэхэ, оҕо саас туһунан өйдөбүлэ илэ тиллэн кэлэрин курдук таба, кэрэ да хоһуйуу буолбатах дуо? Макаар Хара тылларыгар «Ыһыах» диэн ырыата чахчы да Ытык Тойбут– Ыһыахпыт биир бастыҥ ырыата буолбута. Николай Попов тылларыгар «Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн», Иван Сысолятин тылларыгар «Охсуллубут от сыта» , Христофор Горохов тылларыгар «Ой дуораана» , Василий Сивцев тылларыгар «Эдэр саас ахтылҕана», бэйэтин тылыгар «Ахтыма, доҕоруом эн миигин» уо.д.а алаас ахтылҕана амтаннаах ырыалар. Анастасия Варламова ырыаларыгар дойдуга таптал, айылҕалыын арахсыспат анал, алаас айылҕата, кини хатыҥа, күөлэ, тыата, суугунуур тыала, күнүн дьирим утаҕа, ньургуһуна, дьэдьэнэ, отоно, ото-маһа, алаас дьонун сахалыы сайаҕас майгытын, сигилитин кытта ситимнэһэ, дьүөрэлэһэ ылланар. Кини алаас ырыаһыта . Кини ырыатын мэҥэтэ – Мэҥэ Хаҥалаһа этэ. «Киһи» диэн Василий Саввин тылларыгар киһи аналын, тоҕо олорорун туһунан бэртээхэй ырыалаах. Онно этиллэринии: Күннэтэ дьикти айыллар Күммүт сирин үрдүгэрКиһи – ааһар хомолто Киһи – бүппэт ырыа - - буоллаҕа…
Кини бу ырыатыгар этиллэринии орто дойдуга туох да тутуура суох кэлбит бэйэтэ -«…тус дьолугар түөһүлэспэт айылгылаах, тутуура суох бу дойдуттан төннөр ыраас санаалаах, киһи аналын түһэн биэрбэт ыралаах, төһө күүһэ кыайарынан туругурдар эрэ баҕалаах» ыллаан туойан, олох олорон аастаҕа, норуот тапталлаах ырыаһыта Анастасия Варламова.
|