|
Уххан "Этигэн хомус 2008"
Этигэн
хомус 2008
- Туруорааччы-режиссер -
Евгений
Охлопков. Чахчы үчүгэй туруоруу. Үлэ бөҕөнү
үлэлээбиттэрэ көстөр. Хойутаан саҕаланыытын, микрофоннар түҥ-таҥ
холбонууларын аахпатахха. Сценография алыс табыллыбыт. Тыас-уус да
куһаҕана суох. Кэнсиэри салайан ыытыы да үчүгэй. Ордук
Өркөн, Шандор уонна Саха Виктория
ыытааччыта Мария Герасимова салайбыт
түһүмэхтэрэ сөбүлэттэ.
Кэрэ куолар Сардана
Корякина, Туяна Докторова уонна Саха Виктория ыытааччыта
Айгылаан, онтон били, Эврестовтыын хатыһар
муода ааҕыныстыбатын салайааччыта Ньургуйаана
Яковлева уонна Саха Виктория ыытааччыта
Ньургун, онтон Саха Виктория ыытааччылара
Марина уонна Владимир Иванов салгыы
ыыттылар. - Гасанбалаевтары уонна
Эмилия Алиеваны сахалыы ырыа күөн-күрэһигэр туох
санааттан киллэрбиттэрин өйдөөбөтүм. «Дружба народов» бэлиитикэ
быһылаах дуу, туох дуу. Сөбүлээбэтим.
- Быйылгы "Сүдү
талааҥҥа сүгүрүйүү" номинацияны "Туймаада" ансаамбыл төрүттээччитигэр
уонна салайааччытыгар Светлана Павловна Ивановаҕа
туттардылар.
- Кэнсиэри
Олимпия саҕалаата, микрофона үлэлээбэккэ
бастаан иһиллибэтэҕэ, ону бэйэтэ да өйдөөбөтө быһылаах тохтообокко
үргүлдьү ыллаата. А. Бурнашовка эмиэ оннук
буола сырытта. Кини диэтэх ону билбэт буолуо дуо, хоһуттан холботторон
саҥаттан саҕалаан туох да буолбатаҕын курдук өссө табыллан бэрткэ
ыллаата.
- Байбал,
А.Бурнашов, Ый Кыыһа, Лэгэнтэй, Саарын, Далаана, Олимпия, Сайсары
куо истэригэр күрэхтэһии тахсара буолуо дии санаабытым
маннык буолан таҕыста:
"Сыл бастыҥ
саҕалааччыта" номинаннара: - Сайсары
Куо - Олимпия - Болдьума - Надежда Юмшанова
-
Индиго -Ильдар
Сыл бастыҥ саҕалааччытынан
Сайсары
Куо
буолла. Ылыан ылла. Манна мөккүөр суох. Бу
оҕо удьуор сахалыы майгылаах ыллыыр ньымалары батыстаҕына көрдөттүүрэ
буолуо диэххэ сөп. Болдьума да «Туймаада хочото» диэн, дойдулаах
ырыатын эйгэтигэр бэртээхэй тыллаах ырыаны ыллаата.
- "Тыыннаах доҕуһуоллаах
эдэр бөлөх" номинаннара:
-
«103» - ВИА Кэскил - «Ый суола» - «Фрозен
Ист»
Биллэн турар 103
ыллылар. Мөккүөр суох дии саныыбын. Ол эрэн
уолаттар кэлиҥҥи сайдыылара, инники айар хаамыылара суох. Икки саҥа
ырыалара туох да «саҥата суоҕун» «Дохсун дорҕоон» диэн кэнсиэртэригэр
сылдьан истибитим. Айар, саҕар майгылаах киһи кинилэргэ наада буолбут
курдук көрөбүн. «Ый суоллара» сайдан инники хардыылаан иһэллэр. Икки
сыл иһигэр биэстэ көрдүм. Син биир эбиллэн иһэллэрэ көстөр.
- Кыргыттарга "Сыл
бастыҥ ырыаһыта" номинаннара:
- Варя
Ларионова - Ый Кыыһа - Наталья Яковлева - Далаана -
Саина - Ника Олох көһүппэтэҕим, бэйэтэ да
көһүппэтэх эбит Ника
ылла. Тойон Дьүүл тойонун Тойонун кытта тугу
мөккүһүөҥ баарай. Куолаһа сулумах орто күүстээх эрэ. Ырыата да
хатаммакка, өйдөөбөккө да
хаалбыппын. - Эр
дьоҥҥо "Сыл бастыҥ
ырыаһыта" номинаннара:
- Павел
Семенов - Анатолий Бурнашев - Саарын -
Иннокентий Васильев -
Лэгэнтэй Лэгэнтэй
ылла. Бу уол олох сайдан ис кыаҕын таһааран
иһэр. Бэйэтин хотугулуу бодото, дьиҥ кырдьык хааҥҥа баара тахсан тыына
салгыны хамсатар буолбут. Дьааҥылартан үчүгэй ырыаһыттар тахсан
эрэллэр.
- "Сыл
бастыҥ ырыата" номинаннара:
- Серафим
"Эн бааргар" (Серафим тыл., мел.) - Анатолий Бурнашев
"Доҕорбор"(Геннадий Бечеряков тыл., мел.) - Ый Кыыһа "Кыыс
дууһата" (Наталья Яковлева тыл., мел.) - Александра Алексеева
Өркөн "Туоххаһыйыы тойуга" (Уххан тыл., Өркөн мел.) - Алексей
Потапов "Таптыыр кыыспар" (А.Потапов тыл.,
мел.)
Айымньылаах
киһи быһыытынан "Туоххаһыйыы тойугар" ыалдьа олобутум , ол мин тус
баҕам буоллаҕа. Истибитим ырыабыт уруккутугар тийбэт. Тугун ылан
бырахпыттарай диэн мучумаан бөҕө буоллум. Онтум, кэлин истибитим Өркөн
наһаа «Чыҥыс Хааннаан» кэбиһэн куолаһын үрдүк кылын моһуоҕурдубут эбит.
Онон өрө күүрүүлээх барыыларын ылан кэбиспиттэр эбит. Ол да буоллар
А.Потапов тыллара, ырыата ылыа дии санаабатыҕым. Инньэ гынан
А.Потапов сыл бастыҥ
ырыалааҕа буолла. Тойон Дьүүлү отунан – маһынан
оҥорбоккун.
- «Сыана туйгун уобараһа»
диэн анал ааты эмиэ
Лэгэнтэй
ылла.
Манна Саарын
бассымахтаһыан сөп этэ... Бастаан, «хайа
бэйэлээх хара саһыл саҕалаах , хара хаастаах, тупсаҕай быһыылаах,
туналы маҕан ньуурдаах кыыс-дьахтар таҕыста» диэн кыҥастастым ээ.. Ол
олорон «ханна көрдүм этэй мин бу кэрэ кыыһы.. ыһыахха дуу, тµµлбэр дуу,биитэр дьэдьэннии сылдьан
дуу..» диэн саҥа таһааран ботугураан ыллаан эрдэхпинэ, ким эрэ ойоҕоско балачча
ыарыылаахтык "кип" гыннара аспытыгар эргиллэн көрбүтүм: –
Хайа бу, Ухханнара хараҥаҕа, хара таҥаска сууламмыты барытын кыыска-дьахтарга ханыылыы хайгыы көрөн хара быара хамсыыр буолбут дуу, хараҕа мөлтөөбүт дуу, биитэр хайдах эрэ буолбут дуу... ити
Саарын дии – диэтилэр.... Айахпын атан эрэ кэбистим,
силбин быһа ыйыһынным. Хата кыбыстан өлө сыстым. Таах да айахтаттаҕым… Ол
да буоллар «сыана±а уобарас диэтэххэ кини уобарас буолуон сөп эбит»- диэн
санаабын көннөрөөт испэр хатаатым. Уолбут били этэр «имиджтэрин»
уларыта тутаары гыммыт ээ быґыыта диэн быґаарда±ым µґµ... -Тойон Дьүүл арааһа
сыыстарбыккын ээ, бада±а…
- диэн буолан тахсар буолла±а, оонньуу таарыйа этиэххэ...
- «Көрөччүлэр
биһирэбиллэрэ» диэн анал бириис
Далаанаҕа
тигистэ.
|
Category: Муусука | Added by: uhhan (2008-03-04)
|
Views: 3058 | Comments: 1
| Rating: 2.6/5 |
|
Total comments: 1 | |
1
Сиэн Моло5одоон - оефань
(2008-03-11 16:51)
"Тойон Дьүүлү отунан – маһынан оҥорбоккун". Дьэ кырдьык да5аны, атыннык эппэккин. Соhутуулаах дьуул буолла диэххэ сеп. Мин киhи чурапчын етен дуу, кулгаа5ым олоруута атыныттан дуу, бука диэн Ларионова "ылара" буолуо дии санаабытым. Чэ, ба5ар эдэрдэргэ суол аhа сатыыллар диэххэ... Батаахаппын олох эмиэ астымматым, уруккулуу, туох да5аны саналыы "минньигэhэ" суох ырыаны биирдэ истэн баран аны холбуом суо5а дии санаабытым. Ол курдук. Оттон 103 туhунан эттэххэ, кырдьык, туох да5аны сана суох, ус сыл иhигэр биир репертуары "соhо" сылдьаллар дии санаабытым, дьонум олох да5аны "хобби" эрэ быhыытынан дьарыктана сылдьаллар эбит дии. Уонна били кочегар, гардеробщик курдук улэ5э буолбатах, иллэн кэм хаалларбат улахан улэлэргэ эриллэ сылдьаллар эбит. "Бары бииргэ иллэнсийдэхпитинэ, Хатаска баран дьарыктанабыт" дииллэр. Ол кэннэ туох кэлиэй, тугу куутуехпутуй? Дьэ кыhыылаах.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 27 Ыалдьыттар (гостей): 27 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|