Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Мэхээс Сэмэнэп. "“Ый Суолун” бастакы кэнсиэрэ буолла"

Сир ылар – ситиһиилээх...
“Ый Суолун” бастакы кэнсиэрэ буолла

Биһиэхэ “Табык” наада эбит. Кэмэ кэлбит. Били, хас да сыллааҕыта буолбут бэстибээлгэ биир даҕаны сахалыы тыллаах эдэр бөлөх суоҕа дьиксиннэрбиттээҕэ. Оттон билигин туох да кэтэмэҕэйдээһинэ суох, түөспүтүн охсуна-охсуна утары уунар ыччаппыт баар буолбут курдук.
Өр кэмҥэ сүтэ сылдьан баран, тыыннаах доҕуһуол хат күөрэйэн эрэрин туһунан балайда суруйдубут. Иккис тыын кэлбитин бу ааспыт субуотаҕа – кулун тутар 15 күнүгэр – Майаҕа “Ый Суола” бөлөх бастакы сольнай кэнсиэрэ туоһулаата. Ыҥырыылаах ыалдьыт буолан, Тумус Мэхээлэлиин, Георгий Сергучевтуун, Лэкиэстиин, Күннэйдиин тахса сырыттыбыт. Лаппа астынан кэллибит. Бары биир киһи курдук: “Маннык кэнсиэри көрбөтөх, дуоһуйбатах ыраатта”, — дэһэллэр.
“Ый Суола” бөлөххө ыллыыр-оонньуур оҕолор Майа гимназиятыгар уонна гуманитарнай оскуолатыгар 8-9-с кылаастарга үөрэнэллэр. Киһи биһириирэ, үөрэхтэригэр мэһэйдэтиэхтээҕэр буолуох, оскуолаларыгар инники күөҥҥэ сылдьар, араас олимпиадаларга бириистээх миэстэҕэ тиксэр үөрэнээччилэр эбит.
Салайааччылара, уһуйааччылара: Босс-Анатолий Босиков (уруккута “Сэргэ” бөлөх салайааччыта) уонна Иван Местников (“Хардыы” бөлөх гитариһа). 2006 сыл алтынньытыгар аан бастаан мустубуттар. Босс этэринэн, онуоха диэри билигин оонньуур инструменнарын тэлэбиисэргэ эрэ көрөр дьон үһү. Оттон билигин лаппа баһылаабыт, идэтийбит таһымҥа чугаһаабыт мусукааннар сыанаҕа таҕыстылар.
Саас-сааһынан барыахха.
Люба Винокурова. Ырыаһыт. Бөлөххө соҕотох кыыс, бэйэлэрэ этэллэринэн, “баардара-суохтара”. Урут Сардаана Слободчикова клип устубут “Айанньыт” диэн ырыатын ыллаата (Арбита хоһоонугар). Сотору кэминэн киниэхэ туспа бырагыраама оҥороору сылдьаллар. Мэҥэ Хаҥалас ырыаһыт кыргыттарын суолун салгыыһы.
Кеша Лебедев. Сүрүн ырыаһыт. Сааһынан суоттаатахха, куолаһа уларыйар кэмэ бэрт соторутааҕыта ааспыт буолуохтаах да, сиппит-хоппут, сонун тембрдаах ырыаһыт буолан биэрдэ. Куолаһа өссө оннун булуо турдаҕа, онон, тохтоон хаалбакка, ылыммытын ыһыктыбакка үлэлээтэҕинэ, бэрт элбэҕи эрэннэрэр диэххэ наада.
Сеня Алексеев. Бас-гитарист. Оонньообута баара-суоҕа 5 ый буолбут, ол эрээри кытаанах хардыыны оҥорбут эбит. Бэйэтэ рэп ааҕар идэлээх, онтун бу кэнсиэркэ көрдөрдө (уопсайынан, Майа Саха сиригэр сахалыы рэп-хамсааһыны тэниппит сир буолар. Аҥаардас Джиданы ылан көрүҥ). Хабарҕатынан ыллыырга холонор. Аны туран, ырыа тылын айар, онто хайдах эрэ Роман Плотниковы санатар. Холобур, “Мин кимминий?” диэн ырыаҕа:
Бэйэм сыаллаахпын-соруктаахпын,
Бэрт судургу ырыалаахпын,
Ытта сатыыр ыралаахпын,
Саҥалаахпын, санаалаахпын...
— диэн эппит. Хайдаҕый? Бу – ахсыс кылааска үөрэнэр оҕо хоһооно.
Алеша Ефимов. Охсор-тэбэр инструмент, быһата – барабаан. Былырыын-быйыл буолбут көс түһүлгэлэргэ, араас тыыннаах кэнсиэртэргэ сылдьан көрдөххө, куруук атын барабаанньыттар хайдах оонньуулларын сыныйан көрө турар буолар, ол аата билэ-көрө, үөрэнэ сатыыр баҕата күүстээх эбит. Ол да иһин буолуо – сырыы ахсын сайыннар-сайдан иһэр. “Чолбон”, “Ай-Тал” курдук ааттаах бөлөхтөр аатырбыт охсооччуларын солбуйар киһилэммиппит. Дьиҥэр, бу – саха саамай ыарырҕатар инструмена этэ.
Проня Николаев. Клавиша инструмена. “Саамай үөрэхтээхтэрэ” үһү – муусука оскуолатын фортепиано кылааһыгар үөрэммит. Сиэри таһынан киирбэт-тахсыбат, лоп курдук орун-оннугар киэргэтэн биэрэр дьоҕурдаах эбит. Бары “мин” дэнэ сатыыр үйэбитигэр, эйгэбитигэр – олус сыаналаах хаачыстыба.
Андрей Босиков. Гитара. Босс төрөппүт уола. Олус күүскэ дьарыктанар быһыылаах. Онто оонньуур таһымыгар көстөр, эмиэ сырыы ахсын сайыннар-сайдар. Ураты, истиҥ, “минньигэс” баҕайы оонньуу хам-түм иһиллэн ааһар.
Ааспыкка, “Этигэн Хомус” түмүгүн ырытарбар: “Анатолий Босиков-Босс кылгас кэм иһигэр идэтийбит таһымнаах бөлөҕү тэрийэр кыах биһиги дойдубутугар баарын дакаастаата”, — диэн суруйбутум. Ол тылбын бу кэнсиэр бигэргэттэ. Соҕотох биир киһи дуу, бөлөх дуу кэнсиэригэр киһи сылайа, хал буола быһыытыйааччы. Оттон бу сырыыга барытын биир тыынынан көрдүм-иһиттим. Өссө да олоруох курдук этим. Билигин тиэхиньикэ сайдан, бу ырыалары устан дьоҥҥо тиэрдэр кыах баара үөрдэр. Оттон урут төһөлөөх элбэх айымньы биир кулууп иһиттэн тахсыбакка сиик буолан симэлийэн хаалаахтаабыта буолуой?
Түмүгэр Георгий Сергучев: “Баран иһэр – барыстаах, сир ылар – ситиһиилээх”, — диэн тылларыгар кыттыһабын. Оҕолор аартыктара арылынна, суоллара соргулаах буоллун!
Биһиэхэ “Табык” наада эбит. Биһиэхэ барыбытыгар уонна чуолаан бу оҕолорго!

Бу ый 28-29 күннэригэр Горнай улууһун киинигэр – Бэрдьигэстээххэ – оскуола оҕолоруттан таҥыллыбыт тыыннаах бөлөхтөр бастакы бэстибээллэрэ буолуохтаах. Онно Бүлүү эргинтэн, киинтэн, Илин Эҥээртэн уонча бөлөх кэлэрэ былааннанар.

Мэхээс Сэмэнэп.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2008-03-24)
Views: 2344 | Comments: 1 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 1
1 Евдакова Наташа  
Привет! Поздравляю Проню и Андрея! Мы познакомились в Ленском крае в 2007 году. Успехов вам ребята! Дерзайте!!!!!!!

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024