Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Мэхээс Сэмэнэп. "Георгий Сергучев: Уус-уран цензура наада эбит"

Георгий Сергучев: Уус-уран цензура наада эбит

Интэриниэт куорумнарыгар саха омук билиҥҥи олоҕор, кэлэр кэскилигэр сыһыаннаах кэпсэтии, дьүүллэһии бөҕө тахсар. Ону ааҕа олорон ардыгар киһи сонньуйар, сороҕор “дьик” гынар да түгэннэрэ элбэхтэр.
Чуолаан “Ырыа кырдала” (http://www.sanaalar.ru/) сайтка ырыаҕа-тойукка, саха эстрадатын дьылҕатыгар сыһыаннаах бэрт солун сэһэргэһии хам-түм тахсар. Онтон тэптэрэн диэххэ дуу, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Георгий Сергучевка аҕыйах ыйытыыны биэрдим. Кини этиилэрэ ардыгар соһуччу буолуон, сорох-сороҕу өһүргэтиэн даҕаны сөп курдук. Ол эрээри алтыспытым тухары кини барытын баары-баарынан сыаналыырын, санаатын малтаччы этэрин биһириибин. Ол да иһин чопчу киниэхэ бу ыйытыылары биэрдим.

  1. «Этигэн Хомус» түмүгүн, Дьүүллүүр Сүбэ үлэтин астымматах дьон элбэх. Чуолаан, сыл бастыҥ ырыаһыта номинацияҕа (иккиэннэригэр). Ол төрүөтэ туохха сытарый – Дьүүллүүр Сүбэ састаабыгар, ырыаһыттар таһымнарыгар, эбэтэр туох эрэ атыҥҥа дуу?

Быйыл да, атын сорох сылларга да дьон Дьүүллүүр Сүбэ быһаарыытын астыммат буолбута оруннаах дии саныыбын.
Дьүүллүүр Сүбэ объективнайа суоҕун быйыл аҥаардас дьахталларга “Сыл бастыҥ ырыаһыта” номинацияҕа, Далаана лаппа ордугун көрөн туран, кыайыыны Никаҕа биэрбиттэрэ туоһулуур. Мин: “Бэйи эрэ, профанация буолаары гынна. Сүбэлэһэн баран быһаарыыны уларытыаҕыҥ, көстөн турар сыыһа таҕыста”, — диэн этэ сатаатым да, ким да сөбүлэспэтэ (Ожегов тылдьытыттан: Профанация – искажение чего-нибудь невежественным, оскорбительным отношением, опошление. – М.С.). Далаана ырыата – куолаһа, дорҕооно, ыллыыр майгыта – бу “Этигэн Хомуска” уһулуччу үчүгэй этэ.
Дьон Дьүүллүүр Сүбэ “компетентнайа суох” дииригэр эмиэ сөбүлэһэбин. Тоҕо диэтэргин, Дьүүллүүр Сүбэ баһыйар өттө ырыа диэн тугун, ис дьиҥин ситэ өйдөөбөт курдук.
Биһиэхэ, сахаларга, ырыа – кут оонньуута диэн ааттанар.
Маны мин быһааран көрүүм: ырыаһыт дьиҥнээхтик иэйэн-куойан (“артыыстаан” буолбатах!), ырыатыгар-хоһоонугар бэйэтэ ылларан ыллаатаҕына, кини майгыта, ис мөссүөнэ, туруга, кута-сүрэ тахсан кэлэр. Ону истээччи куолас-дорҕоон нөҥүө этинэн-хаанынан, иэйиитинэн, бэйэтин кутунан-сүрүнэн билэр. Киһи өйүнэн, кулгааҕынан-хараҕынан бу диэн тутан ылбат чараас эйгэтэ. Ырыаһыт, артыыс ону үксүгэр бэйэтэ да билбэт. Биллэн турар, бу араас ырыаһыкка атын-атын бырыһыаннаах буолар – ырыаһыт, артыыс талаанын таһыма онон сыаналанар. Дьүүллүүр Сүбэ баһыйар өттө аҥаардас ырыаһыт куолаһын күүһүн, тас көстүүтүн, ыллыыр техникатын (интонирование, ритм, диапазон, о.д.а.) эрэ көрөр. Ол кэрэгэй. Түмүгэр, “артыыстааччылар” үксүн кыайыылаах буолан иһэллэр.
Ити “артыыстаан” диэни мээнэҕэ кавычкалаабатым: истиҥэ суох, оҥоро сатаан, кими-тугу эрэ үтүктэн тиэрдэ сатааһыны норуокка итинник ааттыыллар. Дьиҥнээх артыыстарга бу сыһыана суох.
Быйыл мин “Сыл бастыҥ ырыата” номинацияҕа кимиэхэ да куоласпын биэрбэтим. Тоҕо диэтэргин, быйылгы сыл “хита” “Эҕэрдэ, Дьокуускай!” диэн ырыаны араадьыйа эрэдээксийэтэ атын номинацияҕа киллэрэн кэбиспит этэ. Ол, мин санаабар, көстөн турар сыыһа.

2. Хас да сыллааҕыта Аммаҕа В.Ноев кэриэһигэр ыытыллыбыт ырыа күрэҕэр улуус салалтата «хайаан да олохтоох киһи бастыахтаах» диэбитин сүөргүлээн айдааны таһаарбыт киһи билигин бу Дьүүллүүр Сүбэҕэ баар. Сири-буору аннынан иһиттэххэ, бу убаастанар киһибит билигин бэйэтэ онтон итэҕэһэ суох туттан-хаптан эрэр дииллэр.

Хм... Дьэ, санаан көр эрэ: арай Далаана Ника оннугар А.Алексеев биригээдэтигэр баар буоллун? Ника туох эмэ шанстаах буолуо этэ дуо?! Били, биллэр суруналыыс этэригэр дылы, “выводы делать только Вам!”
Былырыын А.Алексеев Дьүүллүүр Сүбэҕэ киириэҕиттэн ыла, бу Сүбэ улахан аҥаара “Машина времени” ырыатыгар баар флюгеры санатар буолан барда (“тыал хайа диэки үрүөхтээҕин мин ыйан биэрэбин”). Жюрига салгыы үлэлиирбин саарбахтаан бардым.

3. Мин “Этигэн Хомус” Дьүүллүүр Сүбэтэ сыл ахсын «маргинальнай» хайысхаланан эрэр диибин. Сөбүлэһэҕин дуо?

Олоччу сөбүлэһэбин. “Маргинальность” эмиэ били “Сыл бастыҥ ырыаһыта” номинация кыайыылааҕын быһаарыыга (иккиэннэригэр) арылхайдык көстөр: Далаана ырыата да, ыллыыр майгыта да сахалыы. Оттон Ника ырыатын тылыттан уратыта – барыта нууччалыы. Кини стандартнай российскай попса майгытыгар сылдьар.
Эр дьоҥҥо кыайыылаах Лэгэнтэй кэлин сылларга бэрт таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Уопсайынан, кини иннин диэки дьулуурдаах, саҥаны көрдүүр, сайдар. Ол гынан баран, быйыл ыллаабыт ырыата соччо табыллыбатах айымньы буолла уонна кини толорор майгытыгар, туттарыгар-хаптарыгар, куолаһыгар эмиэ, Арассыыйа эстрадата, театральность көстөр. Кут оонньуута тахсыбата.
Манна даҕатан биири этиэхпин баҕарабын: Лэгэнтэй өссө хотугулуу, эбээннии ырыаны-тойугу ылсара буоллар, олус да бэрт буолуо этэ. Киниэхэ эбээн хаана баара биллэр. Бу диэн эттэххэ, эбээннэргэ баар – кимнээҕэр да уоттаах-төлөннөөх кут оонньуута, ураты тэтим, энергетика. Дьиҥнээх эбээннэр көннөрү да сырыттахтарына ол уоттара-төлөннөрө, истиҥ-ыраас куттара-сүрдэрэ көстөр, биллэр. Оттон кинилэр ырыаларын-тойуктарын, үҥкүүлэрин-битиилэрин оннук хааннаах эрэ киһи сатыыр уонна кыайа тутар кыахтаах. Лэгэнтэй ити хайысхаҕа үлэлээн, тугу эмэ оҥорон-айан таһаарара буоллар, аныгы ырыаҕа-муусукаҕа сүҥкэн кылааты киллэриэ этэ.
Чэ, дьүүлбүтүгэр төннүөххэ. Анатолий Бурнашев быйылгы “Этигэн Хомуска” толорбут ырыалара кини бэйэтин холугар даҕаны, куонкурус таһымыгар даҕаны сөп түбэспэт, судургу соҕус буолан биэрдилэр. Онон бу сырыыга Байбал арыый баһыйда. Мин куоласпын Байбалга биэрбитим.
Салгыы эттэххэ, “Сыл бастыҥ саҕалааччыта” номинацияҕа куоласпын Сайсары Куоҕа туох да саарбахтааһына суох биэрдим. Тоҕо диэтэргин, Сайсары Куо ыллааһына да, ырыатын сыанаҕа оҥоруута да, мин көрүүбэр туох да эҥкилэ суох, барыта орун-оннугар. Олус астынным, дуоһуйдум. Дьэ, бу баар – ырыаны көрдөрүү диэн!
“Эдэр тыыннаах бөлөх” диэҥҥэ, биллэн турар, кыырпах да саарбахтааһына суох “103” бөлөххө куоластаабытым. Улахан кэскиллээх бөлөх. Этэҥҥэ эрэ буоллуннар!
Мин Дьүүллүүр Сүбэҕэ үлэлиэхпиттэн биир баҕа санаалаахпын: бу Сүбэҕэ ким кимиэхэ куолаһын биэрбитин суруналыыстар тута дьон-сэргэ киэҥ дьүүлүгэр таһааран иһэллэрэ буоллар диэн. Холобур, эн, Мэхээс, дьүүл кэмигэр баар буолуоххун наада уонна барытын онно көрөн-истэн баран, түмүгү бэчээккэ бэйэҥ да, атын да хаһыаттар суруналыыстарынан таһаартарыаххын сөп этэ. Төһөлөөх ааҕааччы сэҥээриэ этэй! Уонна ол Дьүүллүүр Сүбэҕэ олус туһалаах буолара саарбаҕа суох. Тус бэйэм сыл ахсын кимиэхэ тоҕо куоластаабыппын бэчээккэ таһаара сатыыбын.

4. «Саҥа ырыа» интернактивнай күрэх эмиэ элбэх мөккүөрү таһаарда. Уопсайынан, бу икки күрэх сыала-соруга туох буолуохтааҕый? Дьон-сэргэ үп-харчы эрэ оҥорор сыаллаах тэриллибит курдук өйдүүллэр. Кырдьык оннук дуо? Тэрийээччилэр тугу ситэ учуоттаабатахтарый?

Ханнык баҕарар үлэни (бырайыагы) оҥорооччу, бастатан туран – ороскуотун сабыныахтаах, иккиһинэн – барыс киллэринэн үлэлээбит дьонун көлөһүнүн төлүөхтээх уонна үсүһүнэн – сайдыы, таһымы үрдэтии диэн сыалы-соругу ситиһиэхтээх.
Бу этиллибит үһүс сорук суох буоллаҕына, көннөрү харчы оҥоруута эрэ буолан хаалар. Бу үс өрүт сөптөөх, сиэрдээх пропорциялаах буолуохтаах. Мин санаабар, “Этигэн Хомуска” ол баар.
Оттон “Саҥа ырыаҕа” ол пропорция суох. Элбэх харчыны киллэрэр сыалтан, тэрийээччилэр биир төлөпүөнтэн хаста баҕарар куоластанар гына оҥороллор. Ол түмүгэр үгүс кыттааччылар сирэйэ-хараҕа суох, бэйэлэрэ бэйэлэригэр куоластыыллар, аймах-билэ дьону куоластаталлар. Итинник быһыы, холобур, киэҥ Арассыыйа масштабыгар оччо дьайыыта суох буолуо, оттон биһиэхэ, аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэҕэ, быһаарар фактор буолар.
Түмүгэ тугуй? Түмүгэ – дьон-сэргэ бу бырайыакка кэрэхсэбилин сүтэрэр. Онон, кэнэҕэскитин “Саҥа ырыа” сыыйа умуллан, олох да уурайар кэскиллэнэр. Мин эрдэттэн сэрэйбитим, тэрийээччилэр “быйыл Эрминэни киллэрэммит сатаатыбыт” диэн ытыстарын имитэн эрдэхтэрэ дуу диэн.
Кырдьык оннук буоллаҕына, дьэ, сүөргү быһыы буолбут!
Аны туран, тэрийээччилэр куолаһы дьиҥнээхтии, сөпкө аахпыттара буолуо диэн соччо эрэммэппин. Тоҕо диэтэргин, былырыыҥҥы “Саҥа ырыа” үс кэнсиэригэр – ырыаһыттары талар, тэлэбиидэнньэҕэ устар уонна түмүктүүр гала-кэнсиэркэ – “Дьолуо” бөлөх, көрөөччү сэҥээриитинэн, ылыныытынан сыаналаатахха, тэҥнээҕэ суох этэ. Ол эрээри кыайыыны тугунан да чорбойботох “Норд Саунд” (кытай ырыатынан) ылбыта. Эбэтэр, кэнсиэркэ сылдьааччылар уонна төлөпүөннээччилэр оннук үлүгэр атын-атын буоллахтара дуу? Киһи да сонньуйар!
Уопсайынан, олохпутугар сирэйэ-хараҕа суох быһыы-майгы, уоран-кистээн ону-маны кучу-мачы гыныы, көрдөрөн туран балыйыы, туттаран туран мэлдьэһии алыс элбээтэ буолбатах дуо, доҕоттоор?

5. Соторутааҕыта ырыаһыттар мустан ааптар быраабын туһунан кэпсэтэн ааспыттара. Кырдьык, ааптар да, доҕуһуол оҥорооччу да аата ситэ-хото ахтыллыбата баар суол. Эгэ, харчы төлөнүө дуо? Бу хайысхаҕа туох үлэ бардаҕына сатанарый? Механизма хайдах буолуохтааҕый?

Бу – уустук соҕус тиэмэ. Биир өттүнэн – араадьыйа ырыаһыттары киэҥ эйгэҕэ, дьон сэргэ истиитигэр таһаарар, рекламалыыр сүрүн ньыма буолар. Оттон иккис өттүнэн – ырыаһыттары туһанан бэйэтигэр үп киллэринэр.
Дьэ, арай ырыаһыт төлөбүр көрдүүр буоллаҕына, араадьыйа харчы көрдөөбөт ырыаһыттары туһаныа турдаҕа дии! Оччоҕо араадьыйабытын били эҥин араас сыр-мыр ырыаһыттар, ньуу-ньаа ырыалар толоруохтара буолбатах дуо? Аны, атын өттүттэн – дьиҥнээх ырыаһыттар араадьыйаттан туһаныахтаахтар. Ол өйдөнөр.
Мин санаабар, “Сахалыы Виктория” араадьыйа “Этигэн Хомуһун” номинаннарын айар-сольнай кэнсиэртэрин (“субуотунньуктары” буолбатах!), аудио-альбомнарын рекламатын босхо ыытар гына дьаһанара буоллар, хайа да өттүгэр барыстаах буолуо этэ.
Манна даҕатан эттэххэ, кэлин кэмҥэ араадьыйаларга “Саҥа ырыа” синдрома” бүрүүкээбит дуу диэн көрөбүн. Ол тугуй диэтэххинэ: сорох ырыаһыттар, сирэйэ-хараҕа суох өттүлэрэ, били “ырыаларын дуомун” араадьыйаҕа биэрэн баран, бэйэлэрэ дэлби сакаастаан “хит” оҥорторо сатыыллар бадахтаах. Тоҕо эрэ араадьыйаҕа уу-ньамаан, адьас намыһах таһымнаах ырыа наһаа элбээтэ дии саныыбын. Мин эрэ буолбатах: устудьуоннары үөрэтэр буоламмын, ыччаты кытта алтыһабын, итинник санааны кинилэртэн элбэхтик истэбин.
Өстүбэһи, быйылгы “Этигэн Хомус” “Сыл бастыҥ саҕалааччыта” номинациятыгар Ильдар диэн ырыаһыт киирбитин хайдах да өйдөөбөтүм: билсии-көрсүү быһыытынан киирбит дуу, хайдах? “Этигэн Хомус” таһыма өссө биир кэрчигинэн түһэн биэрдэ.

6. Биһиэхэ мусукаанай кириитикэ суох. Сыыһаны-халтыны ыйаары гынныҥ да, «кэм да саха бэйэ-бэйэтин таҥнары тардар» диэн ыһыы-хаһыы бөҕө буолар. Оттон дьоһуннаах кириитикэ суох буолла да, ханнык баҕарар эйгэҕэ улугуруу барар буоллаҕа дии. Хайдах дьаһанабыт?

Бу – быһаарыллар дьыала.
Холобур, “Викторияҕа” эн тэрийбит “Тургутуу чааһа” биэриигин сөргүтэн салгыыр тоҕо табыллыбатый? Тоҕо кыаллыбат буолуой – ханнык баҕарар улахан кэнсиэртэр, холобур, “Этигэн Хомус” курдук тэрээһиннэр кэннилэриттэн араас култуура, ускуустуба үлэһиттэриттэн ити тиэмэҕэ интервью ылан таһаарар уонна онно санаа атастаһыытын тэрийэр? Кыһаныахха, үлэлиэххэ эрэ наада.
Ким буор-босхо бириэмэтин, ньиэрбэтин бараан туран кириитик быһыытынан үлэлиэй?

7. Тылбыт-өспүт сиэнэн бүтэн эрэр. Биһиэхэ анаан-минээн ырыа тылын айар поэттар суохтар. Оттон саҥа ырыаһыттар бары, сатыырдыын-сатаабаттыын, тылы сааһылаан саатыыллар. Тыл култуурата сайдарыгар туох үлэ барыахтааҕый?

Дьэ, манна били “маргинальность” дьайыыта өтө көстөр. “Ырыа тылын айар поэттар суохтар” дииргэр олох сөбүлэспэппин. Ама, сахаҕа поэт бараннаҕай!
Саҥа ырыаһыттар, сүнньүнэн, Арассыыйа попсатын үтүктэллэр: онно кэнники көлүөнэ ырыаһыттар эмиэ сыыс-бөх тылы тутталлар, поэзия диэн сыта да суох. “Нуучча күллэҕинэ – саха күлэр” диэн өс хоһоонун өйдүүр инигин? Бу буолар – маргинальность диэн.
Арба, быйылгы “Этигэн Хомуска” хомоҕой тыллаах-өстөөх үс эрэ ырыаны иһиттим: “Айыы кыыһа Аар хатыҥ”, “Туоххаһыйыы тойуга”, “Эмиэ”. Чэ, уонна “Нарыйа” уонна “Эҕэрдэ, Дьокуускай” тыллара син барсаллар.
Мин кэлин кэмҥэ “уус-уран цензура” наада эбит диэн түмүккэ кэллим. Цензура идеологическай эрэ буолбатын. Оннук “уус-уран цензура” маассабай информация ньымаларыгар барытыгар наада. “Ценз” диэн тыл суолтатын умнумуохха наада. Чаҕылхай холобур: нуучча симфоническай муусуката, опера, балет силигилии сириэдийэн тахсыбыт кэмэ (ханнык ыраахтааҕы кэмэ эбитэ буолла, өйдөөбөппүн) цензура муҥутаан кытааппыт кэмигэр буолбута! Бу – устуоруйа чахчыта.
Сэбиэскэй да кэмҥэ, цензура идеологическай да эрдэҕинэ култуура уонна ускуустуба билиҥҥитээҕэр быдан үрдүк таһымнаах этэ. Ону мэлдьэспэт инигин? Тоҕо оннугуй? Цензураны дьиҥнээх үрдүк таһымнаах эрэ айымньы туоруур. Ол-бу уу-ньамаан, намыһах таһымнаах айымньы, бөх-сыыс, сымыйа тахсыбат.
Өйдөөн көрдүҥ ини – “Саҥа ырыаҕа” үс сылы быһа (!) ыытааччылар “автор тылыгар уонна мелодиятыгар” диэн халы-мааргы тылларын? Көр, ити тухары биир да киһи НВК-тан (!) көннөрбөтө эбээт! Манныгы көннөрөргө оскуола 2-с кылааһын үөрэҕэ да сөп буолар ээ. “Пофигизм” диэн баар, ол “барахсан” дьайа сытар ээ, бадаҕа.
Манна туох үлэ барыахтааҕый? Бары бэчээт, РВ, ТВ үлэһиттэрэ, эрэдээктэрдэрэ бу салааҕа үлэлэрин үчүгэйдик көрүнүөхтэрин наада. Тоҕо диэтэр, тылбыт ыраас, чөл буоларыгар бастатан туран кинилэр эппиэттииллэр.

Мэхээс Сэмэнэп.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2008-03-24)
Views: 2766 | Rating: 4.0/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024