Тыыннаах музыка абылаҥнаах ахтылҕанаОлунньу 10 к. “Сэргэ” рок бөлөх салайааччыта Анатолий Босиков – Босс тэрээһининэн “Тыыннаах музыка абылаҥнаах ахтылҕана” диэн, Майаҕа , дьикти үчүгэй түһүлгэ буолан ааста. Тумус Мэхээлэ, Карл Сергучев, Георгий Сергучев, Лэкиэс, Антон, Лүҥкүр уонна мин ыҥырыллан тахса сырыттыбыт. Бу түһүлгэҕэ барыта алта бөлөх кэлэн Ходулов аатынан тыйаатырга оонньууларын, ырыаларын көрдөрдүлэр иһитиннэрдилэр. Барытын саас сааһынан, бөлөхтөрүнэн ырытан көрүөм. Бастаан “Майа ритм” сал. Павел Попов. Самодеятельность таһымыгар оонньуулаах иһирэх, судургу ырыаларын иһиттибит. Бу бэйэлэрэ туспа истээччилээх, көрөөччүлээх дьоҕус бөлөх буолар. Оонньууларын, ырыаларын майгыта, судургу күннээҕи иэйии борустуой майгытыгар толору эппиэттиир. Малааһын, уруу, тыа сирин коцертарын таһымыгар бэйэлэрин истээччилэрин булан ыллыы-туойа сылдьар дьон. Мустубут дьон бэркэ сэҥээрдилэр. Маннык эмиэ баар буолуохтаах диэн үчүгэй сыанабыл сиэринэн ылынныбыт. Иккис бөлөх, 2006 с. саха биллэр,орто саастаах музыканнарыттан Дьокуускайга хомуллан тэриллибит “Уран” бөлөх. Салайааччы Михаил Дмитриев. Уруккуттан биллэр гитарист. Михаил Ершов – Урукку Бүөккэ Бөтүрүөп “Дуораан” бөлөҕүн гитариһа. “Акцент” диэн бөлөххө эмиэ оонньуу сылдьыбыта. Орто үчүгэй баайыылаах музыкант быһыытынан биллэр. Василий Григорьев - урукку ааттаах-суоллаах “Чороон” бөлөх ударнига. Басистара –Иван Дегтерев. Солист, ырыа айааччы Петр Березкинуонна саха сирин биир чулуу гитариһа Гена Степанов. “Чороон” соло гитариһа этэ. Туох да диэбит иһин күүстээх чээрэ. Хард-рок хайысхатыгар үлэлииллэр эбит. Орто сигэннэн аттарыылаахтар, толоруулаахтар. Саҥа тэриллибит, этэргэ дылы музыка эйгэтигэр “муннулара тыырыллыбыт” дьон тугу баҕарар оҥорон таһаарыахтарын сөп. Үчүгэйдэр. Үһүс бөлөх, эмиэ саҥа тэриллибит, “Тыыннаахтар” диэн Уус Алдан Сыырдааҕыттан кэлбиттэр. Тэрийээччи, салайааччы “Дапсы” бөлөх клавишнига, солиһа Константин Слепцов – Кучумаан. Соло гитара – Гаврил Свинобоев – Гаят , уруккута эмиэ Бүөккэ Бөтүрүөп “Мүрүчээнэтин” гитариһа, саха сиригэр биллэр гитарист. Дмитрий Готовцев – саха сиригэр эмиэ биллэр баянист, элбэх тээбириннэргэ оонньуур ураты дьоҕурдаах, хор салайааччыта. Урут Степан Семеновтааҕы кытта “Тумат” бөлөххө оонньуу сылдьыбыта дииллэр. Ырыаһыт, ырыа айааччы Филип Габышев, ударник Слава Кривошапкин, клавишник Алексей Бережнов. Урукку “Сунтар” бөлөх салайааччыта Михаил Семенов бу бөлөхха 5-6 ырыа оҥорсубут эбит. Ылласта. Онто сибиэһэй баҕайытык иһилиннэ. Аныгы сахалыы рок майгытыгар оҥоһуллубут ырыалары толордулар. Ортону үрдүнэн таһымнаахтар. Тыын кэлиэн баҕарталыыр. Инникитигэр тахсыах майгылаах. Толорууга “Дапсы” майгыта баар. Кучумаан “Дапсыга” өр сылдьыбыт сабыдыалын суола буолуон сөп. Бу бөлөх субу сотору кэминэн бэйэтин суолун булууһук. Тоҕо инньэ диибин? Кучумаан айылҕаттан бэриллибиттээҕэ “Дапсыга” кыайан ситэри тахсыбакка сылдьыбыта диэн сыаналыыбын. Клавишник быһыытынан оонньууругар ураты-туспа майгылаах тыастаах-уустаах музыкант буолара көстөрө. Ырыатыгар-тойугар сахалыы хайысхалааҕа, төрүт баара көстөрө. Кылыһаҕа уһуктан эрэр. Кучумаан бэйэтэ туулайан, тыыннаах бөлөҕү хара күүһүнэн, улахан өйөбүлэ суох тэрийэн сахалыы ырыа-тойук киэҥ түһүлгэтигэр таһааран эрэр. Уус Алдан мөссүөнүн дьүһүннүүр биир өҥүн көрдөрөр буолсу. Суотту уола Филип Габышев биир ырыаны толорбутунан сэдиптээн, ураты суоллаах-иистээх, кэнэҕэскилээх буолсу диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Уус Алданнар бу бөлөхтөрүн күүскэ өйүөхтэрин наада. Атын баара биллибэт. “Сэргэ” бөлөх, салайааччыта А.Босиков – Босс: –Биһиги саха музыкатын иллэрээ күннээҕилэрэбит – диэн туран үс ырыаны толордулар. Бэккэ иһилиннэ. Петр Осипов – ударник, Олег Васильев – бас гитара уонна ырыаһыт Босс – саха маҥнайгы бөлөхтөрүн биир “аксакаллара” буоллахтара. “Сэргэлэр” саха музыкатын иллэрээ күннээҕилэрэ буоллахтарына “Хардыылар” диэн бэҕэһээҥҥилэргэ көһүөххэ. “Хардыы” сал. Гаврил Колесов – Ганнибал. Ааттаах ырыа айааччы, ураты толоруулаах ырыаһыт. Бары билэр, билинэр киһибит. Иван Местников – гитарист. Саха сирин биир амтаннаах уонна минэ барар гитариһа. Билигин оҕолору уһуйар эбит. Сайдан иһэрэ көстөр. Анатолий Осипов - бас гитара. “Хардыылар” “дэриэбинэлии” панк-рок хайысхатыгар “хаанаах-сииннээх” ураты оонньуулара билигин да тыын биэрэр эбит. -“ Халдьаайыга, хаппыт маска, хара тураах олорор…” ырыата, “Балбаах сыта” “Хаар түһэрэ…” умнуллубат ырыалар. “Хардыылар” ураты суоллаах иистээх музыка эйгэтигэр ыллар хардыыны оҥорбут дьон буоллахтара. Ганнибал аата Ганнибал, ураты көстүү, мөссүөн, Мэҥэ биир ааттааҕа. “103” бөлөх. Эдэр ыччат. Хатастан кэлбиттэр. Дьэ, соһуйа үөрүөхпүтүгэр дылы саайдылар. Босс эппитинии саха сирин бүгүҥҥүтүн көрдөрдүлэр. Тыыннаах доҕуһуолга сахалыы тыллаах эдэрдэргэ “Үргэллэр” эрэ бааллар диэбиппит (олор да сааһырдахтара), бу чахчы эдэрдэр соһуталыыр курдук көһүннүлэр. “103” диэн Хатас автуобуһун ньүөмэрэ ааттаах сахалыы кэскиллээх бөлөх баар буолбутун кэрэһиттэринэн буоллубут. Тыастара-уустара, ырыалара-тойуктара, көстүүлэрэ, туттуу-хаптыы сонун. Бары бэлиэтии көрдүбүт; -Оҕолорго ырыаны аттаран таҥан оҥорор дьоҕур (композиционнай мышление) баара толору көһүннэ. Соһуччу, туора майгыларынан ыпсаран, ону хомоҕойдук холбоон сахалыы рок майгытыгар оонньоотулар. Оонньуур таһымнара додо курдук үрдүк. Бэйэлэрэ туспа буочардаахтар, туспа ураты толоруулаахтар. Сороҕор тэтим кыайан тутуһуллубата. Эрчиллии, наамык (навык) ситэ илигэ көстөр. Ударнигы хайҕаатым. Доҕуһуолу кытта силлиһэр тыастаахтык, холку-босхо оонньуулаах эбит. Ырыаһыты хайҕаатым. Үчүгэй ураты ырыалары суруйталыыр эбит. Куолас өҥүн уларытан ыган ыллыыра ыарахана көстөр. Бэйэтин өҥнөөх куолаһын уларыппакка ыллыыра үчүгэй буолсу, уопсайынан куоласка, дорҕооҥҥо сүбэ-ама наада. Тэтими, “пульсаны” ыһан кэбиһэ да сыстар бас оонньуута сөхтөрдө. Гитарист уол туспа оҥорон көрүүлээх, киэҥ-куоҥ оонньооччу буолсу быһыылаах. Ырыаны оҥорооччу кини буолуон сөп. Бөлөхтөрүгэр кыыс куолаһа ситэрэн хоторон биэриэх эбит дии санаатым. Биир уратылара, норуот ыллыыр-туойар майгытыттан тэбиктэнэн тахсан, ону рок барааныгар холбооһун эмискэ күөрэс гынан көстө туруута, кырдьаҕастарга да үксүгэр кыаллыбат майгы. Саха рогун эйгэтигэр эмискэ баар буола түспүт эдэрдэртэн үөрдүбүт. “103” саамай улахан сайыабаны (сайаапканы) оҥордо. Эдэр эрчимнээх көҥүл-босхо тыын кэлэр. Хатас автобуһун аныгы музыка диэкки айаныгар олрсооччулара элбээтин, көнө айан суолун баҕаран туран бары алҕаатыбыт. Маннык эдэр тыыннаах бөлөх продюссердардаах буолуон наада. Босс эппитинии саха музыкатын сарсыҥҥылара – “Ый суола” бөлөх. 8-9 кылааска үөрэнэр Мая гимназиятын оҕолоро. Босс иитиллээччилэрэ. Иван Месников гитараҕа дьарыктыыр эбит. Кыра кэмҥэ оонньоон эрэр оҕолор диэтэххэ, бэйэлэрин холлоругар үчүгэй таһымҥа тахсан эрэллэр. Бастакы ырыаларыгар симиттэн баран үһүс ырыаларыгар оннуларыгар түстүлэр. Иван Местников гитаратын дорҕоонун сымнаҕастык суойан киириитин майгыта чопчу көстөр. Хардыы хайытан барар буочара эмиэ баар. Ырыаларын Босс суруйбут. Роман Плотников эмиэ сүбэ-ама буолар быһыылаах. Онон Мэҥэлэр утумнатар майгыларын булан эрэллэр эбит диэтибит. Оҕолор тыыннаах музыкаҕа утумнаан тардыһыылара оҕо албына суох саҥатын дорҕоонугар көстөр. Өйөөччү “группа поддержки” ыһыыта-хаһыыта эмиэ иһиллэр. Тыыннаах музыка тыаһын ууһун таҥыллыыта, үүннээһинэ-тэһииннээһинэ, дорҕоон иһиллиитэ быһата барыта “звукачтан” –звук инженериттэн быһаччы тутулуктаах. Бу сырыыга тыас-уус табылынна. Бөлөхтөр бары саха биир талааннаах звук инженеригэр Леонид Иванов -Лүҥкүргэ махтаныахтарын махтаннылар . Лүҥкүр бары өттүнэн кыахтаах, удьуор сахалыы бэриллиилээх киһи ситэ тахсыбакка сылдьар. Антон Иванов – Антон , биллэр продюссер, “Сэргэлэри” кытта элбэхтик үлэлэспит эбит. Нарыйаана – куо, Болдьумаар уонна Сулустаан, Алик Григорьев, “Дайыы” бөлөх, “Радивер” бөлөх, Илья Павлов диэн ырыаһыттары продюссердаабыт. Үлэтин түмүктэрэ көстөр. Бу Антон, мин кыра оҕо сааһым доҕоро Нуучча Вовка уола эбит. Аҕата Вовка Түбэй-Дьаархаҥҥа олорбута. Кыра сылдьан оонньоон, мэниктээн, араас баакаһы оҥорон мөҕүллэн да биэрэр этибит. Хата мин үөрдүм, уолуттан. Эргиллэн кэлэн иһэр тыыннаах музыка хамсааһынын көрсө Мэҥэлэр бастакы сайыабаны оҥордулар. Бүгүн ол – буолбут чахчы. Босска махтаныахха эрэ наада. Кини куруук “муннугар сыттаах”… “Табык” иннинэ, 1989 с. саас “Чолбон”, “Сэргэ”, “Айтал”, “-72” аатырбыт бөлөхтөр, эмиэ бу кулуупка тыыннаах музыка түһүлгэтин тэрийэн тураллар. Онтон тэбиктэнэн “Табык” үөскээбитэ диэн бэлиэтээтилэр. Бу да тэрээһинтэн тэбиктэнэн, эдэрдэргэ аналлаах түмсүү-түһүлгэ буолар чинчилээх. Өйүөххэ эрэ наада. Билигин фонограмматтан, дьону албынныыр ньыматтан тохтуохха диэн киэҥ кэпсэтии барар. Омук сирдэригэр “плюсовканнан, минусовканан” сымыйаннан ыллаан харчыны хомуйуу массыанньыктааһын, истээччини албыннааһын көрүҥүн быһыытынан сокуонунан бобуллар буолла. Россияҕа да ити туһунан киэҥ дьүүллэһиилэр буолан эрэллэр. Попса фонограмнай дьайаана, шоута истиҥи, иһирэҕи сүтэрдэ. Кут- сүр тыыннаахха наадыйар. “Сэргэ” ааттаах-суоллаах кырдьаҕас бөлөх утумнааччыларын уһуйан эрэллэрэ, эдэрдэри тыыннаах музыкаҕа иитэллэрэ, угуйаллара көлүөнэлэри ситимниир. Анатолий Босиков-Босс, бу, Тумус эппитинии сылаас холумтаннаах тэрээһинэ кини кэргэнэ култуура үлэһитэ Вера Николаевнаҕа үйэ аҥаардаах юбилейыгар айар үлэннэн алгыһынан буолла. Талааннаах айар үлэһит аҥаарыттан улахан тутулуктаах. Бары музыканнар Вера Николаевнаны эҕэрдэлээтилэр, Босс тэрээһинигэр махтаннылар. Тыынаах музыка абылаҥнаах түһүлгэтиттэн бары астынан кэллибит. Уххан
2007 сыл
|