Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Байбал

Байбал убайын Степаны өлүөн иннэ  билсэн испитим. Уһуннук эн­ мин дэһэ алтыспатаҕым. 1992 с. ахсынньытыгар Москва  к. саха рок бөлөхтөрүн сүрэхтэниитэ буолан турардаах. Киниэхэ ол бүтэһик түһүлгэтинэн  буолбута быһылааҕа. “Айталларга“, саха этнорок хайысхатыгар биир чыпчаал  буолбут “Айанньыт ырыатын“ толорбута.   Оттон “Чолбоннорго“ биир чыпчаалы “Уһуктууну“ Никифор Семенов толорбута.  Саха рок музыкатын ис дьиҥэр киирдэххэ ураты ыарахаттардаах, умайыктаах, уйулҕаны  уйуһутар туруктаах, ураты салгыннаах эйгэ. Уҥа­ хаҥас, үөһээ­ аллараа  барааннардаах сындааһыннаах, илистиилээх , иэстэбиллээх да эйгэ.. Ордук  “Чолбон, “Айтал“ курдук бөлөхтөргө ыллыыр­ туойар, оонньуур буоллахтарына.  Степа ол эйгэҕэ эмиэ ыллаан туойан ааспыта.
  Мин онно сыльан кэлэн баран  “Тэрийбиччэ тэрийиэххэ баара..“ диэн ыстатыйа суруйбутум. Онтон балыыһаҕа  киирэн сыппытым. Сотору соҕус буолан баран Степа эмиэ онно киирбитэ. Туруга  ыарахан этэ. Хаһыакка ол ыстатыйам тахсыбытын аҕалбыттарын киниэхэ биэрбитим.  Бырааттара бааллара. Аахтардыбыт диэбиттэрэ. Мин барарбар утуйа хаалбыта.  Сотору тыына быстыбыт этэ..
  Ити кэнниттэн төһө эрэ буолан баран  Степа быраата диэн Байбалы билиһиннэрбиттэрэ. Аскалоннааҕы кытта алтыһара.  Баабочкалаах уолаттарга баара, “Дапсыга “ кыттан дабыдалыгар куорсун  анньыммыта. Көрөн истэн чоҕулуҥнатан бэрт сэргэх уол түргэнник умайыктанара.  Сотору, олус сотору бэйэтин билиммитэ. Тулата кини саҥа көтөҕүллэн эрэр дорҕоонноох  ырыатын ымыы гыммыт ыччаттар хайҕабылларынан тото туолан таһынан дьалкыҥныыра көстөр  этэ. Миэхэ кэлин элбэхтик сылдьар буолбута. Ол сылдьан сэҥээриллибитэ да, мөҕүллүбүтэ  да элбэх буолуохтаах. “Дапсыларыттан“ тэйэн туспа бэйэтин аатын ааттатар ырыа  ыырдаммыта.
  Ырыаһыт буолан эрэр. Мин  санаабар,бу, билиҥҥи истилэҥ ырыа /попса/ эйгэтигэр ыллыы сылдьааччылартан киһи  ырыаһыт диир толорооччута олох аҕыйах ээ,
  Олох судургутутан эттэххэ, биллэрин  курдук, ырыаһыт буоларга үс сүрүн ирдэбили баһылыахха наада. Ол бастатан туран  тылга сыһыан, иккиһинэн мелодияҕа дьоҕур, үсүһүнэн дорҕоону көтөҕөн саҥа таһымыттан  таһааран ыллатар ньыманы баһылааһын.
  Манна ырыа көрүҥэ, толоруллар  ньымата, истиилэ уонна хааныгар туох баара ырытыыга, сыанабылга туруохтаах.
  Дьиҥ саха уонна классика эйгэлэрин  тыыппакка туран эттэххэ, киһи күннээҕи чараас иэйэр эҥээрин ирдэбилигэр сөп түбэһэр  истилэҥ ырыа истиилэ биһиги бүгүҥҥү олохпут көстүүтүнэн буолла. Ол оннук  буолуохтаах даҕаны. Ханнык баҕарар олох, ырыаҕа бэйэтин күннээҕи сирэйин  булунар айылгылаах. Бу сирэйи ырыттаххына билиҥҥи сомохпут, ыччаппыт сирэйэ  хараҕа, дьүһүнэ ­ бодото, дууһата ойууланан тахсар. Дьэ манна Байбалы аҕалан  туруоран кэбиһиэҕиҥ. Кини хайдах көстөр эбитий, мин харахпар? Атыттарга  холоотоххо Байбал сахатыйан көстөр. Ол тугуй?
  Эппитим курдук бастатан туран тылга  сыһыана. Ол кини ырыатын хоһооннорун ырытан көрдөххө  көстөр. Бэйэтин тылларыгар суруллубут эрдэтээҥҥи ырыалара оҕолуу  тэттик өйдөбүллээхтэр, тыл ­өс дьадаҥы да баҕа баһаам.
  1993 с. армияҕа сылдьан суруйбут  ырыалара “Абылаама“, “Эн эрэ“ тапталлааҕын “күҥҥэ ыйга холуур“ оҕолуу олус судургу , быһаччы, малтаччы   тапталга билинэр, түргэн үлүгэрдик хоруй эрэйэр тыллардаах, “..күн  тыгар сардаҥатын.. сабардаан ылан..бэлэхтиир“ омуннаах таптал, ахтылҕанын  оонньуута иһиллэр.
  “Киэһээҥҥи ырыа“, “Хомойобун“, “Түүн  үөһэ“ курдук ырыаларыгар утуйар уутун көтүппүт олоҕун туһунан  санаалар бэрт судургутук, “..эн утуй күүскэ..“, “түүлгэр көр эн, дойдуҥ улуу  өрүстэрин.., көрүөҥ өссө билбэт сирдэргин!“ диэн “бирикээстэтэлээн кэбиһэр“  салаҥ этиилэрдээх, ыпсыбатах тыллардаах   көстүү ойууланар. “Түгэҥҥэ“, “Таммах“, “Баар миэхэ“ диэн  ырыаларын иһиттэхпинэ метеорологическай сводкалары санаан кэлэбин уонна  Байбалга:- “метеоролог буолуох киһи хаалан эрэҕин“­ диэн күлэ- оонньуу  этээччибин. Тыла­ өһө төһө да олуонатык таҥыллыбытын иннигэр, Байбал айылҕа көстүүтүгэр  болҕойон иэйэр санаатын дьүөрэлии сатыыра көстөр.
  “Бар дьоммор“, “Ийэбэр“, “Баар  миэхэ“ диэн ырыаларыгар дойдулааҕымсыйыы (патриотизм), төрөппүт  ийэҕэ таптал, бар дьоҥҥо махтал этиллэр.
  “Чахчы  эбит,
     кырдьык эбит,
           ахтылҕана ааспат эбит.
  Сүппэт  эбит,
             сойбот эбит,
                     эһиэхэ мин тапталым,
  Төрөөбүт  дойдубар,
             ийэбэр, аҕабар,
                     бар дьоммор!
  Судургу да  буоллар, өй­ санаа сайдыытын, аан дойдуну анаарыы, үчүгэйи куһаҕаны араарыы таһыма  улаатан, кини бу сиргэ бэйэтин миэстэтин, суолтатын ыраҥалыыр, ырытар буолан иһэрин  туоһулуур.
  Биллэн турар, кини тылын мелодияҕа сөп түбэһиннэрэ сатаан өйдөбүллэри,  тыл суолтатын кумалаан, суруйар кэмин, иэйэр түгэнин, туохха кими хайдах холуурун  бутуйбутунан таҥара көстөр. Хомоҕой хоһуйууну кыайан булбатым. Ол барыта тылга  билии тийбэтиттэн, суруйбутун кимиэхэ да көрдөрөн ырыттарбатаҕыттан, сүбэлэппэтэҕиттэн.
  Арбита курдук биллэр поэт тылыгар “ Оһуордаах ыйдаҥа“, “Сааскы күн“ диэн бары өттүнэн  табыллыбыт ырыалардаах. Иннокентий Артамонов тылларыгар “Кэрэхсиэ“,  Илья Зверев тылларыгапр “Төннөрбөккүн“, А.Тарасов тылларыгар “Миэхэ  эн мэлдьитин“ диэн ырыалара дьоһуннаахтар. Мин тылларбар,“Дьэҥкир иэйик“,  “Мин бүгүн эйиэхэ“, “Үөрүү“, “Күөх дуол“ диэн ырыалардаах.
                                              Ис  хоһоону улаханнык суолталыыр буолан иһэр. Кини мэлдьи көрдүүр, саҥаны сэҥээрэр,  бэйэтин тылга билиитин сэргэхситэр идэлээх. Байбал тылга кыраҕы буолсу, ханна,  кимиэхэ туох үчүгэй тыл ­өс баарын сонордоһор.   Оннук киһи сайдан, үөрэнэн иһэригэр эрэниллэр.
  Инньэ гынан, кини тылга билиҥҥи  сыһыанын биһириибин. Төрөөбүт сахатын тылын өйдүүр, таптыыр, харыстыыр  суолга  үктэнэн эрэр. Бэйэтин тылга кыаҕын  таһымын билинэн, итэҕэстэрин­ быһаҕастарын толорорго, ону сайыннарарга,  байытарга ийэ тылын иһирэҕин иҥсэлээхтик истэр, истиҥин ирдиир, тыл өҥүн  талатын, өйдөбүллээҕин сонордуур өйгө санааҕа тийэн эрэр диэн сыаналыыбын.  Кириитикэни, сатаан бэйэтигэр туһалаахтык истэр буолан иһэрин улаханнык хайгыы  саныыбын.
  Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ сөп. Үчүгэй куоластааҕыҥ дуу,  музыкаҕа дьоҕурдааҕыҥ иһин дуу, тылга дьоҕур, талаан киһиэхэ эрэ барытыгар  бэриллибэт ээ. Оннук дэгиттэр талааннаах   дьон олох сэдэхтик көстөн ааһаллар. Биир этиини сатаан таҥмат аата,  бэлэм суруллубут, айыллыбыт биллэр поэттар тылларыгар үлэлиэххэ тоҕо  сатамматый. Үгүс ырыаны айааччылар бэйэлэрин тылга кыахтарын билиммэт үгэстээхтэр.  Салаҥ тылларын өстөрүн кимиэхэ да көрдөрбөккө, ырыттарбакка, үксүгэр суруйбут  тылларын өйдөбүлүн, суолтатын да билбэккэ ырыа үтүктээйилээбит буолаллар. Бу түмсүү,  ырытыы, кириитикэ суоҕуттан , бэйэ туһунан дэҥи сатаан истибэт өһүргэс  буолууттан. Хайдах да буоллун бу бэйэм киэнэ диэн буолар. Ол суруйбутун атын  дьоҥҥо соҥнуу турарын өйдөөбөт. Өссө киһиҥ, мантын табаар оҥорон эйиэхэ харчыга  атыылыыр. Үксүгэр ырыатын тылын ким суруйбутун кистиир. Эдэр ыччат ол мөкү  тылга иитиллэр. Саха тыла “бэйэлэрэ айар“ аныгы ырыаһыттар эйгэлэригэр  улаханнык ньүдьүрээтэ. Буортулаах, хаачыстыбата суох табаары оҥорон тарҕатыы  бобуллар диэн эмиэ баар этэ эбээт.
  Сорохтор тылбыт, аныгы ыччат  судургутуйбут, нууччатыйбыт күннээҕи бар­ кэл салаҥ тылыгар сөп түбэһэр буолла  да сөп дэһэллэр. Айымньыга, айар үлэһиккэ хайдах оннук ирдэбил туруон сөбүй!  Ол да иһин оннук “айымньылар“ күннээҕи олох  аалсыытын көөбүлүгэр кубулуйан,  ааһар  айан суолун кирэ­ хоҕо буолан хаалаахтыыллар...
  “Саха ­ Викторияҕа“ Михаил Семенов Тумус Мэхээлэни ыҥыран бэрт ырытыылары саҕалаан испитэ таах хаалла.  Сайыннарыахха баара. Хаһыаттарга бэйэ бэйэни арбаһартан атын ырытыы, кириитикэ  суох кэриэтэ. Альберт Степанов­ Куорат уола   “Ил ­Түмэн“ хаһыат “ Музыкальнай эргимтэтигэр“ ааптардары бэйэлэрин  саҥардыталаан балачча кириитикэ иһиллибитэ. Онто туспа кинигэннэн тахсыбыта.
  Ырыа­хоһоон айааччы, толорооччу  ырыата төһөннөн сэҥээриллэр буолан иһэр да, соччоннон астылаҥа эрэ буолбакка  эппиэтинэһэ бары өттүнэн улаатан иһэр.
  Киниттэн  истээччи, көрөөччү эрэйэрэ, күүтэрэ, эрэнэрэ элбиир. Ирдэбил улаатар. Дьиҥинэн  эттэххэ, истээччи, көрөөччү эйгэтэ хаһан да туолбат уонна топпот эйгэ. Дириҥ  далай, алаа моҕус. Эн онно умсаахтана оонньуугун.
  Табыллыбыт тыыннаах тылга бэйэтигэр  ырыа тэтимэ, мелодията, толоруллар ньымата баар буолар. Ол баары таба  тайаммыттар ырыалара табыллар, ньымата да көстөр, тыллара иһиллэн атыҥҥа тийэн  “тыытардаах“ буолар.
  Ырыа майгыта, мелодията доҕуһуола  хайдах буолуохтааҕа ырыа тылын ис хоһоонуттан, өйдөбүлүн иэйэр күүһүттэн,  бараанын тэтимиттэн, толорор куолас хайдаҕыттан тахсар. Ардыгар ханнык эрэ, ким  эрэ куолаһыгар, толорор ньыматыгар сөп түбэһиннэрэн, майгыннатан ырыа суруллар.  Ырыа ааптардара сүнньүнэн бэйэлэрин куттарыгар эрэ сөп түбэһэри көрдүүллэр.  Бэйэ таһымыттан, кыаҕыттан тирэнэн атыҥҥа, киэҥҥэ, үөһээ дабайан сэтэритэн иһии  сайдыыны кэрэһэлиир. Туох барыта сэтэрээһиннээх буоллаҕына инникилээх буолар.  Айар үлэһит биир сиргэ өр тэпсэҥнии турара эстэн эрэрин, бүппүтүн туоһулааччы.
  Байбал ырыа ис хоһоонугар, өйдөбүлүгэр  суолта биэрэ сатыыр буолан ырыалара өйдөбүллээхтэр, мелодиялара иэйиктээхтэр,  куолаһын кыаҕын ситэ туһамматар да баар баара өтөн тахсар. Орун оннугар сөп түбэһиннэрэн  кэбиһитэлээччи. Ону сэргэ, аһара түһүтэлээһин,   көстөн турар көннөһүллэр кыахтаах алҕастары ыксаан ­ бохсоон, буоллун­  хааллын диэн аһаран кэбиһэрэ Байбалга суох буолбатах, баар. Үөрдэрэ диэн онто  сырыы аайы аҕыйаан иһэр. Бу кини айымньытыгар эппиэттээхтик сыһыаннаһар буолан  иһэрин туоһулуур.
  Куоласка айылҕаттан үчүгэй орто  бэриллии баар.  Маны сатаан туһаныыга,  сайыннарыыга, биир таба туппуту “нэк буолуор дылы“ кэтэн толоруутан саҥаны көрдөөһүҥҥэ  дьулуһар уонна дьаныһар. Ардыгар ыксыыр, дөбөҥнүк тийэ сатыыр, кумалаан бөрөөн  кэбиһэр. Холобуур Х.Максимов “Сэгэттэйим оҕото“ диэн ырыатын “тупсарбытын“ иһиттэхпинэ  хомойобун. Чуолаан киниттэн көһүппэтэх түктэри күүтүүм курдук көрөбүн. Манна  “мин аҕай“ дэнии, киһиргээһин, киэбирии, саха омук дэгэрэҥ диэн улууканнаах  ырыа ыллыыр ньыматыгар көтүмэхтик сыһыаннаһыы тыына биллэр. Сыр кылаһах,  бытарытыы, дэгэрэҥ үөһээ, аллараа охсууларын майгыннатар буоллулар да кээмэйин  билбэккэ төтөлө суох үлүбээй туттуу ырыаны киэркэтиэхтээҕэр ньүдьүрэтэр,  баарынааҕар суоҕа ордук оҥорор.. Байбал сорох ырыаларыгар дорҕоону эрэ  буолбакка, бүтүн сүһүөхтэри “сиэн кэбиһэн“ баран “тобуктаталыы“ сылдьара эмиэ  баар суол. “Мин бүгүн эйиэхэ“ диэн мин тылбар ырыатын бастаан оҥороотун миэхэ иһитиннэригэр  сүһүөҕү хабыалааһын суох этэ. Арай альбом буолан тахсыытыгар аппатыыта киирбит  быһылаах “хабыалаан кэбиспит“. Бу бэйэ үлэтигэр көтүмэх, эппиэтэ суох сыһыан  дэнэр. Байбал онтун билинэр, ыксаан кэбиспитин өйдүүр, инникитигэр үөрэх оҥостоо  ини диэн санаан этэбин. Киһи бэйэтин сыыһатын билиниитэ бу саамай улахан кыайыы  буоларын элбэхтик этэн да, суруйан да турабын.
  Дорҕоону, сүһөҕү, бүтүн тылы “сиэн кэбиһии“, этиини сатаан саҥаран  ыллаабат буолуу аныгы эдэр толорооччулар сүрүн ыарыылара буолла.
  Ырыа тэтимигэр, иэйиитигэр,  майгытыгар сөп түбэһэ тупсаҕайдык туттуу­ хаптыы, хамсаныы Байбалга кыайтара  илик. Манна идэлээх дьон сүбэтэ ­амата туһалаах буолуо этэ.
  Куолас, куолас эрэ буолуо дуо, саха  ырыа ыллыырыгар ханан баҕарар, тугунан баҕарар ыллыыр ньымалардаах. Бэлэс,  хабырҕа, ньөмөгөй, кэҥирии, хоҥуруу, көҥкөлөй ­ иҥкэлэй уо.д.а. элбэх. Ыллыыр  ньыматыгар күөрэтэн­ дьиэрэтэн, дьириһитэн­ дьүрүһүтэн, унаардан­ куйаардан,  сыыйан, хабыалатан, уобалаан, дэгэрэҥнэтэн, бытарытан, лабысха, саҥаран барыы  о.д.а.  Хайа уонна куолаһы араастаан өҥнөөн  барыыта сыттаҕа дии. Онно сөбүн көрөн, дьүөрэлээн туттар ньымалардаах.  Ырыа  киэҥ туонатын бу диэкки эҥээригэр  оттоммотоҕо өр буолбут ходуһа Байбалы күүтэр. Дьэ бу өттүнэн кини сайдыан сөптөөх  этэ  дии саныыбын.
  Урут да, билигин даҕаны идиэйэни  уоран , үтүктэн буолбакка, бэйэлэрэ айар куттарынан төрөтөн таһааран айааччылар  баар буолааччылар. Ол сэдэх көстүү. Олох саҥаны, ким да айбатаҕын айабын диэн  буолбатах. Аҕа айыллыы үөһэттэн кэлэ турдаҕа дии. Урут айыллыбыкка, баарга,  омугуҥ үгэс ньыматыгар олоҕуран, аан дойду ситиһиитигэр алтыһыннаран билиҥҥигэ,  кэлэргэ туһулаан бэйэ уратылаах суолун булунарга айыы аана мэлдьи аһаҕас.
  Аныгы ырыаҕа холонооччулары /  айар үлэ атын да эйгэтигэр/ тылларыгар­ өстөрүгэр, мелодияларыгар, толорор  ньымаларыгар, туттууга­ хаптыыга  да, аҥардастыы  эбисинээйи курдук үтүктээйилиир чэпчэки ньыма сиэтэ. Хантан тугу сүһэн  ылбыттара, кими кэбилээбиттэрэ көстө сылдьар. Онтуларынан өс­ саҕа туттуу­  хаптыы бөҕө. Таһыма суох быһыы. Бу эстэр суол. Оннук дьон бэйэлэрин уратылаах  суолларын, сирэйдэрин булбакка, ис кыахтарын сатаан таһаарбакка барбах  майгыннатар, кэрийэ, сыҥалыы сылдьар кэриим ырыа толорооччу буолаллар. Сорохтор  үйэлэригэр биир­ икки ырыаннан бүтэллэр.
  Дьиҥинэн биһиэхэ бэйэбитигэр барыта  баар. Ол кыаҕы сатаан таба туһаммат буолуу, чэпчэки суолу батыһыы барытыгар көстөр.  Саатар үөрэтээччилэрбит кур бэйэлэрэ кубулуйбат “лаҕырбыт үөрэхтээхтэр“.Култуура  министиэристибэтэ маны болҕойуон наада этэ.   Ырыаһыттарбытыттан саатар сүүстэн биирдэрэ сахалыы ньыманы баһылыыра  буоллар өс саҕа сананыа этибит.
  Байбалы мин билигин хайдах да  сиппит­ хоппут, бэйэтин ураты айар суолун булуммут ырыаһытынан ааҕар кыаҕым  суох. Буолаары буолан “чаҕылхай сулус“, той­ май дииллэрин, ааһа арбаталларын сөбүлээбэппин.  Өскөтүн, минэ өргуйан, төбүрэҕэ көбөн бэйэтэ бэйэтин оннук санааннан манньытынар  түбэлтэлээх эбит да буоллаҕына сэргээбэппин.
  Олохтон көстөрүнэн,  ити арбатыылаах турук арыгы, табах курдук  эмиэ ыарыы­дьаллык. Хаһан да үчүгэйгэ тийэрдибэтэҕэ. Элбэх да саха эрэлэ ити  дьэбэрэҕэ тимирбитэ. Төһө да, бу олох көстүүтэ, баһылыыр тутултан , тус  табыллыыттан тутулуктааҕын иннигэр, бу кыра ычалаах, кылгас ыырдаах мөлтөх дьон  ыарыыта, быһымах быһыы, төннөр түбэһиэх суола.
  Байбал инникилээх, кэскиллээх киһи, киһи дьиктини кэрэни эрэнэ күүтэрдээх,  айар ­ ырыа куттаах барахсана.  Кини бэйэтин  ырыатын өссө да ыллыы илик. Байбалы,  ол  ырыатыгар тийэр туһугар, быһа түһэбин диэн мунан­ мунаахсыйан, тутахсыйан­  тулаайахсыйан ыла­ ыла айаннаан иһэр айар   үлэһит, ырыа хоһоон толоонун суолун сонордуур сорсуннаах булчут курдук көрөбүн.
  Сыыһан, табан, эрэйдэнэн, биир  сиргэ тохтоон лаҕыран хаалбакка,  сахам  туһа, ырыам­ тойугум туһа диэн иннилэрин диэкки дьүккүйэн иһэр сахам чулуу  дьоннорун быыстарыгар Байбалы көрө ­ үөрэ астынабын.
  Айар дьоҕурдаах атаспыт Байбал, бэйэтин иһигэр баар “өстөөхтөрүн“ кыайан,  омугун ырыа кутугар ураты кэрэ суолунан киириэ диэн эрэнэбин. Ол туһугар  киниэхэ бары барыта баар.

6-11-2004  с.

 

 

 

Уххан.

Айар анала

Мандар  маанылаах
    уранньыт уйулҕалаах
            уус  доҕоруом,
    Бичик  битииһиттээх
    сурук  сурахтаах
            хомоҕой тыллааҕыам,
    Дорҕоон доҕуһуоллаах
    иэйик  илдьиттээх
            тэтим күүстээҕиэм,
    Тойук толкуйдаах
    ырыа  ымыылаах
            кут тууралааҕыам,
    Ама киһиттэн ураты
    айар  сүрдээх
            аламаҕай атаһыам!

Эн айар аналыҥ,
  дьылҕаҥ,  төлкөҥ, —
  тулалыыр эйгэҕэ.
  Эн бэйэҥ бэйэҕэр
  туһаан  тускар—
  олорбоккун.
  Эн олоҕуҥ —
  оҥоһуу  саатала
  олох оонньуура,
  Эн аналыҥ—
  ааһар  кэм таптала,
  кэлэр кэм кэпсэлэ.
  Ким эрэ сирэрэ,
  сөҕөрө, үөрэрэ,
  өһүргэһэ, хомойоро.
  Эн айаныҥ аартыга
  арбатыылаах,  дарбатыылаах
  аат-суол аатырыылаах.
  Эн олоҕуҥ,
  түҥнэстигэс түөрэхтээх
  түүннэри күнүстээх.
  Элбэх киһиэхэ
  өйдөммөт  өрүттээх,
  өйөммөт майгылаах.
  Эн сылдьаҕын өрүү
  сиигэ­сэмэҕэ,
  сиидэлэнэ талыыга.
  Өскөтүн:

Эн сүрэҕиҥ нөҥүө
  сүрэхтэр  сүмэлэрэ
  сүүрүгүрбэт буоллаҕына,
  Эн киэлиҥ хаалана
  хайҕаныыннан симэ
  толору  туоллаҕына,
  Эн  дууһаҕар
  ирдэммэтэх иэйиилэр
  имэҥирбэт  буоллахтарына,
  Эн  дьон ортотугар
  соҕотохсуйуу сорун
  билбэтэх  буоллаххына,
  Эн  тулаайах сүрэххин
  туоххаһыйыы туманыгар
  муннарбатах  буоллаххына,
  Эн  умайар уотуҥ
  умсугутара,  угуйара
  уурайбыт  буоллаҕына,
  Ол  аата аналыҥ,
  антах хайыспыт,
  айарыҥ  атарахсыйбыт.

Айар  олох анала –
    оҥоһуу саатала,
                    ааһар  кэм таптала,
                                    кэлэр кэм кэпсэлэ!

                                                      2004.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2366 | Comments: 2 | Rating: 5.0/3 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 32
Ыалдьыттар (гостей): 32
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024