Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Тумус Мэхээлэ. "Суол буолан баран дьуолката, айан буолан баран эркээйитэ суох буолбат"

Дьуур Бахылаай
"Түгэни
ыытыма"

Мондо Һааска


Суол буолан баран дьуолката,
Айан буолан баран эркээйитэ суох буолбат

Киһи олоҕун суола кэннигэр субуллан анаараа ааспыкка хаалар. Сылдьыбыт сириҥ элбэҕэ, эриирэ-буруура санааны муннарар. Арай, хаалларбыт эркээйилэриҥ уонна суолгар охсубут дьуолкаларыҥ кылбаһан көстөн тураллар. Олору атын киһи эмиэ көрөр. Онон эркээйилэргэ уонна дьуолкаларга ыраахтан көрөн муммакка чопчу тиийэҕин. Суола оспут да буоллун. Кэм-кэрдии, обургу, оннооҕор буолуоҕу сотор. Охсуллубут дьуолканы тыа быыһыгар булан, манна атыттар сылдьан ааспыттарын билэҕин. Хаһан, хайа диэкки баран иһэллэрин, тугу гына сылдьыбыттарын сылыктаан, сыаналыыгын. Айан айымньылаах буолар. Айымньыларыҥ хааланнар атыттарга дьуолка буолан көстөллөр.
«Чолбон» бөлөх суола-ииһэ эмиэ оннук. Айымньы эркээйилээх суоллаахтар. «Чолбон» хаһан да киминэн да өйөнүллүбэтэҕэ. Дьылҕата оннук буолуо.
Сахалар талааннаах дьоннорунан тамнаналлара, кинилэргэ наадыйбаттара, өрө тахсан иһэри сонун тэллэҕиттэн түҥнэри тардан түһэрэр ураты кыдьыктаахтар. Ол биллэр.
Ити өнүйбэт омук бэлиэтэ. Чэ, ити хааллын.
«Чолбон» айымньыларынан күүстээх. Билигин сааһыран, көҕүрээн, тарҕаһан бөлөҕүнэн оонньуу уурайа тамнаабыта ыраатта. Билигин чолбоннор биирдэ эмит түмсэ түһэн оонньуу түһэн ылаллар. Кэнники ырыаларын хомуурунньуга «Көмүс ардах» диэн этэ. Тахсыбыта ыраатта. Ол кэннэ уу чуумпу буолбута. Арай, былырыын 25 сылбытын бэлиэтээн оонньоон ылбыппыт. Онно Кэнтик эрдэхпитинээҕи ырыаларбытын сэлбийэн дьон дьүүлүгэр таһаарбыппыт.
Куоратынан, тыаннан тус-туспа баран бииргэ түмсэр уурайбыта быданнаата.
Ырыаҕа убаммыт ырыаттан ырааппат, тойукка туулайбыт тойуктан арахпат диэбиккэ дылы чолбоннор, син биир, ырыаларыттан арахпаттар. Ханна араҕыаххыный? Иитиллэн, оонньоон кэлбит эйгэҥ буоллаҕа дии.
Кыра эмит кыах баар буолла да ырыаны өрө туппутунан сылдьаллар.
Хаарыаннаах талааннар харыһылтата суох таах хаалыахтарын хара күүстэринэн хардарыта бэрсэн, искэ баар мөккүөрдүүн мөккүһэн, баччааҥҥа диэри кэллилэр.
Быйылгы дьыл «Чолбон» оонньуутугар кыра уларыйыылаах буолла.
Дьуур Бахылаай (Юрий Васильев) уонна Мондо Сааска (Александр Ильин) буолан бэйэлэрин туспа хомуурунньуктарын Ньурба «Долгун» Владимир Гуляев устуу-дьиэтигэр устан, оҥорон-тутан таһаарбыттарын аҕалан, миэхэ иһитиннэрдилэр. Кинилэр соһуон гынан иитэ-үөрэтэ сылдьар бас-гитара Гоньчуос Соһуонап (Гаврил Сазонов) оонньоспут.
Хомуурунньуктарын аатын «Түгэни ыытыма» диэн бастакы ырыаларын аатынан быспыттар. Хомуурунньук уон түөрт ырыаттан турар.
Тыыннаах доҕуһуоллаах ырыа Саха сирин үрдүнэн тахсыыта олус сэдэх буолбута ыраатта. Онон быйылгы дьылга бу улахан сонун быһыы буолар.
«Тыыннаах» толоруулаах диискэни истибэтэх быданнаата. Барыта «ньаах» курдук, массыына оҥорбут доҕуһуолунан аныгы кэм туолан турар.
Онон бу сонун хаһыакка, иһитиннэрэр тэрилтэлэргэ хайдах да бэлиэтэммэккэ хаалара табыгаһа суох. Баҕар ити «даҥ» доҕуһуоллаах ырыалар ортолоругар соҕотох тыыннаах толоруу сүтүөн сөп. Бөх ырыа быыһыгар түстэҕинэ ким да көрбөккө, истибэккэ хаалыаҕа.
Ол иһин суруйа сатыы олоробун. Суруйар, иэһим да курдук, буолуо.
Бииргэ оонньоон, биир өлүүгэ өлөн баччааҥҥа диэри истэхпит дии.
Бэйэм дьонум, диэн була сатыы-сатыы хайгыы олоруохпун санаам буолбат.
Хайдах баарынан быһыта этиэлиибин.
Уолаттар бэйэлэрин оонньууларын булбуттар.
«Чолбон» киэниттэн чыҥха ураты. Ол уратылаһыы төрдө чыыстай гитарнай оонньуулаах доҕуһуол буолбутугар уонна гитараҕа оонньооһун хаамыытыгар, сүллүүтүгэр олоҕурбуттара буолар. Гитараны истэн-истэн кэлбит киһибин. Сол курдук, сөбүлүүбүн. Эдэр сааһым кини дорҕоонноругар бигэнэн ааспыта.
Ураты буочар үөскэппиттэринэн эҕэрдэлиэхпин сөп.
Саҥа оонньуу диэбэппин эрээри уратыйыы баар. Ол Мондо Сааска оонньуур өҥүн үтүөтэ. Ураты гитараһыт. Туох диэххиний? Диир кыах суох. Диирдээҕим буоллар диэм этэ. Онтум суох буолан истэн астынабын.
Хомуурунньугу сахалыы баҕайы барыылаах диэхпин санаам олох буолбат.
Ол оннугар Дьуур Бахлаай бэйэтин кимиэхэ да суох туспа бараана баар. Омуктуу «drive» диэн. Ырыа барыыта, бараана, киһини хамнатыытын аата. Дьуур Бахлаайга матыып «drive»-та айылҕатыгар баар. Онтунан дьону хамсатан баччааҥҥа диэри ыллаан-туойан кэллэҕэ. Хомуурунньукка 1-2 оннук хамсатыылаах ырыа баар буоллаҕына хомуурунньук сэргээһини ылар. Бу хомуурунньукка оннук ис сүмэлээх ырыалар хастар даҕаны. Өйдөөн истээриҥ эрэ.
Сорох ырыаларга сиэрэ суох элбэх ураты хаамыыларга охтуулар бааллар. Дойҕохтуур «фантазия» аһары киэҥ. Элбэх хаамыы ырыа бараанын сыппатар. Көннөрү истээччигэ оннук. Оттон муусукаһыт киһи истэр буоллаҕа дии. Элбэх хаамыы, ырытыылаах, толкуйдаах буолар. Ол эмиэ ырыа сүмэтин оҥорор.
Мин истэрбэр бараанннаах ырыалар «Сэбирдэх ибирдээн», «Эрэл», «Кыах баар дуо?», «Атыммын диэмэ» диэннэр.
Хомуурунньук биир өссө уратылаах.
Өтөрдөөҕүтэ Умсуура диэн хоһуйааччы хайдах эр киһини бастаан билбитин уонна дьахтар буолбутун туһунан хоһоон суруйан таһааран дьону соһутан турардаах. Кэлин ол хоһоону уу иһэ-иһэ хайҕаабыттара.
Куһаҕан - сутуйуулаах диэн өс хоһооно баар. Оннук «сутуллан» Владимир Гуляев диэн Ньурба хоһуйааччыта ырыа тыла суруйбутун, бу хомуурунньукка «Олоххо олоҕу түстүүбүт» диэн «эротика» ырыата киирбит.
Ырыа эйгэтигэр бу бастакы «эротиканы» аһаҕастык толоруу буолар. Куһаҕан да, үчүгэй да, диэбэппин. Сыһыан аҥыы-аҥыы. Хайдар. Бэйэҕит истэн сыаналыаххыт.
Ырыа тыллара, ити «эротика» ырыа тылларыттан уратыта, ис хоһоонноохтор. Хоһоон сиэригэр барсаллар. Арыый куормалара тутахтара ис хоһоонунан, син бэрсэллэр.
Чэ, кылгастык ситигирдик.
Дьуур Бахлаайы, Мондо Саасканы саҥа тыыннаах оонньуулаах хомуурунньуктара тахсыбытынан эҕэрдэлиибин. Санныттан санаа сүгэһэрэ түстэҕэ.
Буоларынан буола, барарынан бара турдун.

Тумус Мэхээлэ

Category: Муусука | Added by: uhhan (2008-04-28)
Views: 3464 | Comments: 3 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 3
3 Сергаачик  
Махтал буоллун!!! Биьиги Уеhээ Булуугэ сытабыт да сана иhиттибит. Ол эрэн ити Нюрба5а уhуллубут запись Дьокуускайга атыыланар уhу дуо? Сергаачик

2 Киси  
Тумус насаалаама ээ син убайдарбытын туох баарынан ойуу сатыыбыт ол курдук 2007 сыл ахсынньы ыйын 21 кунугэр кэнсиэрт тэрийбиппин онно ити эн эппит ырыаларгын толорбуттара. Туох да диэбит исин материальнай да комо онорбуппут. Хамнастарын тасынан Миирнэйгэ баар саха эдэр ыччата хас биирдиилэригэр сотовай телефон бэлэх онорбуттара . Ол тусунан кун бугуннээннэ диэри ханна да ахтыбаккыт. Миирнэйгэ кэлэн кэнсиэртээбиттэрин уолаттар насаа астынан бартара.

1 Эрэл  
Михаил Сысоевич, ыстатыйаҕар махтал. Чолбоннору саҥа ырыа хомуурунньуга тахсыбытынан эһэрдэлиибин. Миэхэ, баһаалыста, хааллараарыҥ эрэ. Эрэл.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024