Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Ымыылаах ырыаһыттар

–“Мин мантан сэриигэ барбытым…“,
    –“Билэҕиэн кыыс курдук кэрэҕиэн,  сардаана…“,
    –“Дьикти сэмэй Кууһума, дьиибэлээмэ  кууһума…“,
    –“Бу билиэт кыракый бэйэтэ…“,
    ­“Үчүгэй да этэ ол сайын…“,
    ­“Дорообо сарсыарда…“,
    ­“Көрүмэ доҕоруом эн миигин…“,
    ­“Туруйалар“.
  –Оччолорго бу ырыалар ааптардарын  кытта алтыһыам диэн санаа биллэн турар суоҕа. Биһигини, ааһан иһэн биир түгэҥҥэ,  билиһиннэрбиттэр эбит. Ырыаларын саныы түспүтүм. Кини ырыаларын ыллыыр бөҕө  этибит. Оскуолаҕа ырыа уруогар үөрэтэллэрэ. Самодеятельноска, араас көрүүлэргэ  ырыалара элбэхтик ылланара. Кэлин кини туһунан араас дьээбэлээх кэпсээннэри  эмиэ иститэлиирим.
  Кырдьык, аҕыраабат айымньылаах, үлүһүтэр  үлэлээх ырыа айааччы, муусукаан, хоһоонньут, норуот ырыатын, сонуну­дьиктини  хомуйааччы, муусука тэриллэрин сэлбийээччи, тыаһын чуордааччы (настройщик  звука) Денис Данилов 70­гар, олох амтанын сүтэрбэтэх, сүрэҕин иэйиитин сөҕүөрүппэтэх  көрүҥнээх. Кэпсэтэ олороорон, кэпсиир кэпсэлин түгэннэрэ  харахтарыгар көстөн ааһар курдуктар,  ардыгар, тиэхэлээх, мэник уоттарынан оонньоон ылаллар, ардыгар сөҥүөрэн,  курутуйан да ылаллар. Олоҕу сүрэҕин, дууһатын нөҥүө аһарар айылгылаах айар  куттаахха инник буолааччы. Оттон олоҕу куттахтарын нөҥүө аһарааччы харахтара  арыый атыны кэпсээччилэр. Олорбут олоҕун араас баай түгэттэрин эргитэр буоллар  киһи ытыаҕа да күлүөҕэ да баар быһылаах.
  Икки этээстээх эргэ уопсай мас дьиэ  кыараҕас хоһугар,  музей курдук, 24  теманнан арааран, хаһыакка тахсыбыт матырыйааллары тус­туспа альбомҥа  уруккуттан мунньар эбит. Мин төһө эмэ хаһыакка үлэлээн баран аҥардас бэйэм  суруйууларбын альбом оҥоро сатаан баран кыамматаҕым. Онон итини билэр  “устууккам“.
  Кыараҕас хоспох хайа эрэ муннугар  курдук, киэҥ дуолга, кэрэ эйгэтигэр киэркэйэ дьиэрэйэр аналлаах “пианина“ диэн,  биллиилээх мелодист кутун сүрүн чуордааччыта   кыбыллан тураахтыырын аһына көрдүм. Бу “аптаах тэрил“ Денис Денисович  саха дьонун кутун тутар ырыаларын айар айаныгар , ойуун дүҥүрүн кэриэтэ  миинньэр миҥэ, доҕуһуолдьут доҕор, арыалдьыт атас буолара буоллаҕа…

Идэҕэ дьулуур, олоххо тулуур.

                Денис  Данилов 1935 с. ахсынньы 10 к. Таатта улууһун Таатта төрдө диэн кыра  сэлиэнньэҕэ төрөөбүт. Эһэтэ  Көмүс Өндүрэй диэн ааттаах­ суоллаах олоҥхоһут, тойуксут бэрдэ киһи эбитэ үһү. Эбэтэ үс уола  сэриигэ баран өлбүттэрин туһунан биллэриини утуу­ субуу туппутугар төһөкөлөөх  хараастыбытын, ыар  кутурҕанын уйбутун өйдүү  сылдьан, Денис улаатан баран, таайдарыгар анаан Иннокентий Артамонов тылларыгар  “Мин мантан сэриигэ барбытым“­ диэн ырыаны суруйар. Аҕа дойду сэриитин  ааспат кэрэһитэ буолбут, саха куттаахха иҥмит ырыа буоллаҕа.
    Аҕата Денис Андреевич, уолугар,  6 саастааҕар балалаайка  бэлэхтээбит. Киирбит­ тахсыбыт балалаайканы таккыйан, ол сылдьан Денииһи  такыйан, уол уончалааҕар балалаайкаһыт бэрдэ буолан турбут. Тастыҥ убайа В.Е.Данилов Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар ахсыс кылааһы бүтэриэр диэри үөрэттэрэр. Убайа  муусукаҕа дьоҕурдаах уолу Дьокуускайга муусука училищетыгар үөрэххэ  “направление“ бэрдэрэн ыытар. Оччолорго “направленията“ суохтартан дөкүмүөнү да  туппаттар этэ. Кини оччолорго, балалайкаҕа, гармощкаҕа, баяҥҥа, мандолинаҕа  көҥүл оонньуур эбит. Денис хаҥас кулгааҕа  истибэт, онуоха эбии кэлэҕэй. “слухтаах баҕайы“ хамыыһыйа уолу “балаһыанньа быһыытынан“  үөрэххэ ылбат. “Эппэт кэлэҕэй, таас дүлэй“ киһиттэн туох мусукаана тахсыай  диэтэхтэрэ… Онтукабыт “аньыытыгар“ күн бүгүн, бүтүн саха сирэ муусукаларын  тэриллэрин тыаһын чуордатар, чуор “слухтаах“, сахалартан соҕотох Денис Данилов  диэн идэтийбит “балаһыанньаҕа сөп түбэспэт“ талааннаах киһилээхпит.
  Денис киһи буолуох быатыгар, дьаныһан,  дьулуһан туран сыл аайы кэлэн туттарсар. Биэс төгүл аккаас биэрэллэр. Самнар киһи  самныан, кэхтэр киһи кэхтиэн да сөбө… Алтыс сылыгар, бу уол дьоҕурун, дьулуурун  таба көрбүт  музыковед Ф.С.Аргунов уонна  композитор Г.А.Григорян оччотооҕу култуура миниистирэ Г.В. Поповка тийэ туруорсан нэһиилэ ыллараллар. Ону даҕаны “вольнослушателынан“.
  Туораттан кэриэтэ сылдьан  лекциялары истэн, экзамен туттарсан үөрэнэр. Степендия эҥин диэн суох. Соххор  солкуобайы утары уунара суох буолан, умнаһыт кэриэтэ сылдьар. Түүнүн вахтаҕа  ­охранаҕа үлэлиир, күнүһүн утуктуу­ утуктуу үөрэҕэр дьарыктанар.. Денис айылҕаттан  дьоҕурдааҕын, үөрэнэр күүстээх баҕалааҕын туспа­туора, омук киһитэ Г.А.Грогорян  билэр буолан мэлдьи өйүүр, уолу аһынан дьиэтигэр илдьэн аһатар, харчыннан көмөлөһөр  эбит. Баар баара өтөн Дениһи кэлин иниституутка, Захар Степановы кытта  консерваторияҕа  үөрэххэ ыыта сатыыллар  да киһилэрэ фортепианоҕа дьарыктамматаҕым, биир да уруогу ылбатаҕым,  сатаабаппын  диэн барбат. Бэйэ кыаҕын таһымын  билэргэ олоҕо үөрэттэҕэ. Кыһанан­ мүһэнэн муусука грамотатыгар үөрэнэр, нуотаны  ааҕар­суруйар буолар.
  Г.А.Григоряҥҥа сэттэ сыл дьарыктанар, кэлин Г.Н.Колесовка, Л.В.Вишкаревка эбии  практикаланар.
  70-с с. Н.И.Козловскай ­ диэн  муусука тэриллэрин тыаһын чуордааччы­маастарга үөрэнээччи, көмөлөһөөччү быһыытынан “Якутрембыттехника“ диэн тэрилтэҕэ үлэлиир. Н.И.Козловскай өр кэмҥэ саха  сирин музыкальнай оскуолаларыгар, тыйаатырдарыгар  муусука тэриллэрин сэлбийэн, чуордаан үлэлээбитэ.
  Денис Денисович бу киһиттэн үөрэнэн,  устунан Ленинградтааҕы “Красный Октябрь“  диэн пианина, рояль оҥорор фабрикаҕа бэйэтигэр баран, 2 сыл үөрэнэн кэлэн, “мастер­настройщик  ударно­клавищных музыкальных инструментов“­ муусука тэриллэрин  тыастарын чуордааччы­маастар диэн идэни баһылаан, сахалартан соҕотох, үрдүк  кылаастаах чуордьут­маастар   быһыытынан  билигин да үлэлии сылдьар. Идэҕэ баҕа, дьулуур диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.
  Опера Балет тыйаатыра,  хореографическай училище, култуура колледжа, “Арчы“ дьиэтэ, куорат бары  тыйаатырдара, мусуойдара, национальнай библитиэкэ о.д.а тэрилтэлэр, биирдиилээн  дьон муусука тээбириннэрин Денис Данилов көрөр­истэр.
  Игнатий  Слепцов, Аркадий Алексеев, Валерий Ноев, Алексей Попов о.д. а. саха биллэр  ырыа айааччыларын, бэйэтин сүүстэн тахса   ырыаларын нуоталыыр, кинигэлэрэ тахсаллар.
  1964  с. “Көтүҥ көмүс дорҕооннор“ диэн ааттаахааптар быһыытынан  39 ырыата киирбит, 1986 с. тахсыбыт  “Норуот  ырыалара“ диэнкинигэлэрдээх. Барыта 300­тэн тахса ырыаны  айбытыттан, үксэ нуоталанан баран, кинигэ буолан тахса иликитэр.
  Култуура  министиэристибэтигэр үксүн самодеятельность салаатыгар үлэлиир. Манна сылдьан  саха сирин ырыа айааччыларын, ырыаһыттарын ­тойуксуттарын,  саха тыйаатырын, үҥкүү, шахмат туһунан  о.д.а. үгүс темеҕа матырыйаалы хомуйар, киһи туох эмэ сөбүлүүр дьарыктаах  буоллаҕына сатанар диэн санааннан салайтаран ол үлэтин билигин да салгыыр.
 
   Ырыа тула ыаһах

                Норуот  ырыаларын хомуйуу саҕана, бу ырыа ааптара ким этэй диэҥҥэ элбэх мөккүөр  тахсыбытын кэпсиир. Ол курдук “Майа сайына“, “Днепр тымныы долгуннара…“,“Сүрэхпин  долгутан гитаара тыаһыыр…“ о.д.а. киэҥник тарҕаммыт ырыалар тустарынан  билигин да араастаан этэллэр. Бу, “сүрэхпин долгутан…“ ырыа матыыба, цыгааннар  мелодиялара, хаайыылаахтар ырыаларын майгынныыр эҥин диэн хаһыакка тийэ суруйа  сылдьыбыттар эбит. ­ “Майа сайынын“, “Днепри…“ – “нуучча народнайыттан  уорбуккун, үтүктүбүккүн“­ диэн туох да дакаастабыла суох Алексей Попову кырдьыар дылы сордуурбут. “Дьиҥинэн А.Л Попов, итинник ырыалар оҥкулларын  араас барааннарыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит, талааннаах ырыа айааччы этэ  буоллаҕа,  “­ диир Денис Данилов. “Сүрэхпин  долгутаны…“ ­“ама, саха хайдах айбат буолуой“­ диэн сөҕөр. “Итинник  бэйэ­бэйэбитин өйдөспөт этибит…“­ диир.
  Норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлии  сылдьан оннооҕор Аркадий Алексеевы ­“эн эстраднай ырыаларыҥ сахалыыта  суохтар, бэйэ­бэйэлэригэр маарыҥнаһаллар, эн хантан эрэ туһанаҕын быһылаах“­ эҥин  диэн, сэрэйэн көрө­көрө, туох да дакаастабыла суох, сыбыс­сымыйаннан балыйа эрэ  курдук, була сатаан сордуур этибит. Дьиҥинэн Аркаадийыҥ сахаҕа суох улахан  фантазиялаах киһи. Итинник самородоктары биһиги үрдүнэн атыллыы, тэпсэ  сылдьыбыппыт урут…
  Анатолий Семенов бастакыттан биһигиттэн арахпат, сүрэхтээх , үлэһит баҕайы уол этэ. Биһиги  кинини итинник ис­иһигэр киирэн үлэлиэ дии санаабатахпыт ээ. Биһигиннээҕэр  ордубута. Ырыалары, ырыа айыыччылары кырталааһын эрэ буолбакка, биирдиилээн  мелодистары хотуннан­соҕурууннан   эккирэтэ сылдьан булаттыыра. Биһиги үрдүнэн сылдьабыт, кини ис хоһоонун  ньоҕойдоһон туран булан баран араҕара. Бэл диэтэр, ырыа ааптарын булаары  бэйэтин харчытынан таксии сакаастаан миэхэ түүннэри кэлэр этэ эбээт...
  Ырыаларбын үксүн Дария Барашкова аан бастаан ыллыыра, кэлэн илдьэ барар этэ, онтон тарҕанара.
  Поэттардыын Иван Алексеевтыын, Николай Дьяконовтыын алтыһарым. Альберт Бүлүүйүскэйгэ ырыам элбэх. Альберт сорох хоһооннору тута суруйан  баран бэлэхтэтэлээн кэбиһэр идэлээҕэ. Саатар куоппуйатын да илдьэ хаалбата.  Миэхэ, “Үчүгэй да этэ ол сайын“ ырыа тылларын эмиэ оннук биэрэн турар.  Дария Барашкова араадьыйаннан ыллаабытын истэн баран, “бу мин тылларым дуо?, –  бэркэ да суруйбут эбиппин…“­ диэн, соһуйа үөрбүтэ. Төһөлөөх хоһоонун итинник  ыспыта­тохпута буолуой…  Эллэйгэ мэлдьи  сылдьара. “Тайбаан арыы“ диэҥҥэ Эллэй даачалаах этэ. Орто Азияттан  суруйааччылар Эллэй мундутун сии кэлэллэр диэн буолара. “Ама мундуну эрэ сии  кэллэхтэрэй…“­ диэн кэпсэтэрбит. Альберт хаһан да харчыта суох буолаахтыыра.  Барарыгар хайаан да үс солкуобайы биэрэн ыытар этибит. Хантан эмит үүрүлүннэҕинэ  эмиэ тийэн кэлэрэ. Үс сайын миэхэ сайылаабыта. Тоҕо эбитэ буолла, ырыа буолбут  хоһоонноро кэлиҥҥи кинигэтигэр киирбэтэхтэр этэ.
  Иван  Гоголевка “Ырыаҕа тийэрдэр ыллыктар“ диэн кини хоһооннорунан ырыа­  испэктээкил суруйбутум. Сыл аҥаарыгар 23 ырыа суруллубута, ону 60 киһи  толорбута. Степан Терютин диэн тенор үксүн ыллаабыта, онтон 3 ырыа  конкуруска бастаабыта. Гоголев тыла күүстээх, ритм бөҕө, ол эрээри ырыа оҥороргор  киһи тыла тостон хаалара. Тобуруокап да Дадаскинов тылыгар оннук буолбат  этэ.
  Айылҕаттан бэриллибит тэҥэ суох  куолас, истибитин умнубат Сергей Зверев этэ. Сүгүрүйэр киһим Висилий  Зырянов ырыалара дууһаннан суруллубуттар уонна билиҥҥи куоластаахтарга Аркадий  Алексеев буоллаҕа, урут кинини төһө да үөхтэрбин, сыыспыппын билинэбин.  Идэлээх быһыытынан барыларын ырытан бардаххына, айымньытынан сирэр киһиҥ  хайгыыргынааҕар элбэх буолар тахсааччы. Оннооҕор бэйэм айымньыларбын олох  астыммаппын, үксэ таах­сибиэ эбиттэр.
  Билигин, барыта омуктары үтүктэ  сатааһын баһыйда, дьиҥнээх сахалыыбыт мэлийэн эрэр. Сахалыы ладтаахпытын да  билбэт буоллубут.
  Киэҥ эйгэҕэ  миигин умнубуттара ырааттаҕа дии… Балыктыы  сылдьан ууга түһэн өлбүт үһү диэн сурах тарҕаммыт этэ… Баарбын ээ, соло  суох,  ускуустуба, култуура эйгэтигэр үлэлиибин,  ыҥыра тураллар. 
  Муусука  тээбиринин тыаһын чуордуурга үөрэппит 6 киһим араас сирдэргэ тарҕаннылар. Биир  ­ Маҕадааҥҥа, икки ­ Исэрээйилгэ, икки ­ Москубаҕа, биир ­ манна арыгылыы  сылдьар диэн буолар. Консерватория үөрэхтээх дьону үөрэппитим. Сахалар үөрэнэ  сатаабаттар. Икки киһи үөрэнэн иһэн быраҕан кэбиспиттэрэ. Билигин да үөрэтиэхпин  сөп этэ. Онон сахалартан идэбэр син биир соҕотохпун. Мин үлэлээбит тэрилтэм  “Якутрембыттехника“ диэн этэ. Онон миигин “сантехник“ идэлээх курдук көрөн  эрдэхтэрэ.“–диэн ситэн хоппотох санаатын этэр.

                                                               Санааннан көрүү

Денис Данилов уруккуттан хоһоон суруйарын туһунан Сэмэн  Руфовтан истэн турардаахпын. “Тэллэй туһунан бэрт дьикти хоһоонноох этэ“­  диэбитин уонна Денис Денисович ырыаларын туһунан кэпсэтэ олорон,­“ мин ыраларым  от­мас, сардаана сибэкки эҥин туһунананнар, партия, комсомол ырыаларын кэм­кэрдии  бэйэтэ ылҕаата быһылаах“­ диэбитин айар олоҕун кытта холбуу тута санаан көрдөххө;
    –айылҕа кэрэтин кэрэхсиир, оту­маһы ойуулаан­дьүһүннээн,  тыыннааҕымсытан көрөр, сэбирдэх сиккиэрин сүрэҕинэн истэр,
    –кыыс­дьахтар кэрэтигэр умсугуйар уйан уйулгулаах
    уран  дууһалаах, амарах айымньылаах, аһаҕас магылаах ,
      –муннукка  хаайан муннаран хаалларбыт муусука муузалаах,

  –дүлэй бэйэтэ чуор истиилээх сахалыы истииллээх, кэлэҕэй  бэйэтэ кэрэ ыралаах, ымыы буолбут ырыалаах,
  –Уус Таатта уран айымньылааҕа, чуор куттаах­сүрдээх,  дэгиттэр идэлээх, дэлэгэй айымньылаах Дэниис Даньыылап диэн буолан ойууланан  тахсар эбит.

Айылҕаттан итэҕэстээх киһи, баары баардыылаабат киһитээҕэр  олоҕу, тулалыыр эйгэни, сыһыаны атыннык көрөн эрдэҕэ. Бырааттыы Лобановтар төрүөхтэриттэн  харахтарынан мөлтөх этилэр. Федор Лобанов ааспыкка миэхэ (Кыым“ 32 №­гэр көр):
    -“Көрбөккүт­истибэккит диэн биһигини этэллэрин көнөтүнэн  истэн самнан, сэнэнэн сылдьыбыппыт буоллар таах хаалыа этибит“­ диэн  эппитинии,  итэҕэстээх киһи олох  олороругар быдан уустуга, бэйэттэн ирдэбилэ төһө эмэ улахана өйдөнөр. Кинилэр,  олоххо дьулуурунан, тэҥэ суох тулуурунан бэйэлэрин талааннарын таһааран, иккиэн  консерваторияны бүтэрэн, кэпсээн­сэһэн буолар хайдахтаах  олоҕу олорбуттарын, саханы ­саха дэппиттэрин  санаан көрүҥ. Матвей сахаттан улуу бас этэ, Федор сахалартан анал үөрэхтээх  бастакы баритон.
    Денис Данилов эмиэ айылҕаттан тийиммэттээх, итэҕэстээх.  Хайдахтаах дьулуурунан, тулуурунан, олох кэрэтигэр кэмэ суох тардыһыыннан  сахатын дьонун бүгүҥҥэ дылы киэркэтэ сылдьарый?
    Сахаттан бастакы уонна күн бүгүн соҕотох анал үөрэхтээх  муусука тээбириннэрин тыаһын чуордуур идэлээхпит буолар. Ымыы буолбут  ырыалардаах ырыа айааччыбыт, атын үгүс элбэх идэтин этэ да барыллыбат. Бу үтүөкэннээх  дьон, холобур буолар олохторун эгэлгэтин, эридьиэһин өссө да сырдатыахтара, суруйуохтара уонна сыаналыахтара турдаҕа…

Федор Лобанов 75 с. Денис  Данилов 70 с. бэлиэтиир айар киэһэ ахсынньы 11 күнүгэр күнүс 4 ч. Кулаковскай  киинигэр буолар
Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2488 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024