Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Дэгэрэҥ ырыа сайдар суола

Саха омук ырыаҕа-тойукка, ырыа-хоһооҥҥо, алгыска, оһуохайга, чабырҕахха, остуоруйаҕа, олоҥхоҕо тыл этэр, тута хоһуйар истиилин, ньыматын ырытан 1990с. үлэ суруйан турабын. Онтум өйдөммөккө да, өйөммөккө да хаалбыта. 2001 с. Сиэн Тиитэп мин хоһооннорбор дэгэрэҥ истиилигэр, дэгэрэҥ ньыматынан 20-чэ ырыа оҥорон аҕалбыта. Бу Христофор Максимов кэнниттэн саха аныгы ырыатын эйгэтигэр бастакы дорҕоонноох көстүү этэ. Ити ырыалар доҕуһуолларын оҥорууга Сиэн Тиитэп, Алексей Егоров, Тумус, “Дапсылар” кыттыбыттара уонна “Дуораан” устуу-дьиэҕэ “Мин бүгүн эйиэхэ” диэн бэртээхэй аудио-кассетаны оҥорон таһаарбыттара.
Кэмэ кэлбит курдуга. Мин бырайыактары оҥорон барбытым.
Саха ырыатын ньыматыгар, истиилигэр 9 сыллаах (9 түҺүмэхтээх) бырайыагы оҥорбутум. Х.Максимов 85-90 сс. көрсө ытыллыахтаах үлэлэр, фонданы тэрийии бырайыактар барылларын оҥорбутум. Уолаттара өйөөбүттэрэ.
Бастакыннан, бырайыак быһыытынан 2002 с. муус устар 11-12 кк. дэгэрэҥ ырыаҕа бастакы республикатааҕы научнай-практическай конференция Өксөкүлээх киинигэр бэркэ ыытыллыбыта.
Иккиһинэн, “Көмүс иҥэһэ диэн дэгэрэҥ ырыаҕа бастакы республикатааҕы күөн-күрэс ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. 300-чэ толорооччу кыттыбыта.
Үсүһүнэн, Амма улууһун Сулҕаччытыгар Х.Максимов төрөөбүт нэһилиэгэр “Күн таптала” диэн ырыа ыһыаҕа диэн, ырыа-тойук, алгыс, оһуохай тоҕус көрүҥэр күөн-күрэстээн ыытыллыбыта.
Бу бырайыактар олоххо киириилэригэр миэхэ, Өксөкүлээх киинин үлэһиттэрэ Саргылана Адамова, Екатерина Гаврильева сүнньүнэн күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара. Онтон, боппуруос быһаарыллыбытын кэннэ көмөлөһөөччү элбээбитэ. Бэчээккэ киэҥник сырдатыллыбыта. Дэгэрэҥ, саха ырыатын дуолугар үһүс түһүмэх айана саҕаламмыта.
Х.Максимов уолаттара эһиил буолуохтаах аҕаларын 90 сылын көрсө, кини аатынан фонданы сүрэхтээһини төрөөбүт Амматын улууһуттан саҕалаатылар. Онно баран түмүк күнүгэр кыттыыны ылан кэллим.
Бу дьыл муус устар 16-20 кк. Амма улууһугар Сулҕаччыга, Алтаҥҥа, Соморсуҥҥа, Абаҕаҕа, Бөтүҥҥэ, Аммаҕа Х.Максимов аатынан фонда сүрэхтэниитин күннэрэ ситиһиилээхтик буолан ааста.
Күннэргэ, биллиилээх ырыаһыттар, ырыа айааччылар, саҥа саҕалаан эрэр ырыаһыттар кыттыыны ыллылар:
- Байбал, Анатолий Бурнашов, Екатерина Гаврильева, Баһылай Неустроев - Байаан Бааска, Валериий Лобанов- Алтан народнай театрын режиссера, мелодист Николай Кириллин , Саргы Адамова - Алтан кыыс, Тумус Мэхээлэ, Надя Иванова- Соморсун эдэр ырыаһыта, Сеня Рязанскай- Соморсун, 2-с кылаас үөрэнээччитэ, Виктор Иванов- СГУ студена, Иннокентий, Трофим Максимовтар, ахтыы оҥорооччулар, аймахтара уо.д.а.
Фонда сүрэхтэниитин Амма улууһун дьаһалтата, култуура, музыка оскуолатын үлэһиттэрэ. А.Е.Артемьев, 1.солб. Н.Ф.Стручков, Е.М.Сутакова, Р.Н.Шадринова, В.Г.Григорьева уонна нэһилиэк баһылыктара өйөөн, тэрээһинигэр кыттан, бырайыак тосхоллоругар кыттыһан үлэлиир санаалаахтарын эттилэр.
Күннэр кыттыылаахтара Бөтүҥ ребилиатационнай , Соморсун имбэлииттэрин, кырдьаҕастарын дьиэлэригэр, оскуолаларга, тэрилтэлэргэ эмиэ ыалдьыттаатылар.
Аммалар эһиил үс улахан биллиилээх дьоннорун, Күннүк Уурастыырабы, Устин Нохсооробу, Христофор Максимовы, кинилэр, юбилейдаах сылларын бэлиэтиэхтээхтэр. Тоҕооспута да бэрт. Манна үлүгэрдээх тэрээһин үлэ саҕаланан эрэр.
Улахан ыҥырыылаах ыһыахтар ыһыллыахтара, дэгэрэҥ ырыа күөн-күрэһэ ыытыллыа, олоҥхо, оһуохай, хоһоон, тойук тоҕойдоро олохтонуо, быһата сатаан тэрийдэхтэринэ олоҥхоҕо тиийэ норуот тылынан уус-уран айымньытын Ытык Тойо ыытыллыа. Дьэ хайдах буолар…
Фонда сүрэхтэниитинэн элбэх көрсүһүүлэр, ахтыылары хомуйуу, хааттыскаҕа, киинэҕэ устуу үлэтэ, лекциялары ааҕыы, маастар –кылаас ыытыы, концертар буоллулар. Музыка оскуолатыгар Тумус Мэхээлэ дэгэрэҥ ырыаҕа маастар-кылаас биэрбитин сөҕө-махтайа, астына-дуоһуйа иһиттилэр.
Аммалар дэгэрэҥ ырыаҕа, олоҥхоҕо аналлаах киин оҥостон үлэлиир санаалаахтарын эттилэр. Бу дьылга дэгэрэҥҥэ иккис научнай-практическай көнференцияны Дьокуускайга эбэтэр Аммаҕа тэрийэн ыытар санаалаахтар. Оннуга оруннаах, эһиил күөн-күрэстэрин ыыталларыгар улахан бэлэм үлэ буолуо этэ.
Фонда үлэтэ

Саха нороднай артыыһа, самодеятельнай композитор Христофор Максимов (1917 с. Муус устар 8 к.- 1980 с. Кулун тутар 23 к.) фондата артыыс айар үлэтин, нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ;

  1. сахалыы дэгэрэҥ ырыа истиилин сайыннарыыга,
  2. саҥа тахсан эрэр ырыаһыттары, кинилэр айар бырайыактарын харчыннан өйөөһүҥҥэ,
  3. дэгэрэҥ-тойук-олоҥхо бырайыактарын, толорооччулары талыыга,
  4. араас күөн-күрэстэри, фестваллары, ахтыы киэһэлэрин, концертары ыытыыга,
  5. саха ырыата сайдыытыгар государственнай, муниципальнай о.д.а. араас фондалар бииргэ кыттыһан үлэлээһиннэрин тэрийиигэ,
  6. маастар-кылаастары, семинардары тэрийэн ыытыыга,
  7. бырайыактар автордарын, култуура кииннэрин, клууптары харчыннан өйөөһүҥҥэ туһуланар үлэлээх буолуохтаах.

Фонда бырабылыанньатын бирисидиэннэрэ кини уолаттара Трофим, Иннокентий Максимовтар, толорооччу дириэктэр Е.Н.Гаврильева, солб. Д.С.Иванов, сүбэһит С.С.Адамова.
Маны таһынан СР Бырабыыталыстыбатын солб. Бэрэссэдээтэлэ Д.Ф.Наумов, СР Бирисидиэнин сүбэһитэ К.К.Корякин, СР Бырабыытылыстыбатын солб. Бэрэссэдээтэлин секретариатын салайааччыта А.В.Румянцев, МҮО ректора В.А.Босиков, самод. композитор Виталий Андросов, суруйааччы Харысхал, Амма улууһун баһылыга А.Е Артемьев, Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыга К.Е.Иванов, Тумус Мэхээлэ, ИБПК СО РАН дириэктэрэ Б.И.Иванов, профессор К.Д.Уткин уо.д.а култуура, исскуство биллиилээх үлэһиттэрэ, эргиэн-урбаан дьоно Попечителлэр Сүбэлэригэр киирбиттэр.
Бу дьоннор мөрүөн тардан, сүбэ түмэн, быһаарыы ылынан үгүс элбэх үлэни ыытыахтаахтар. Онтон кыратык ахтан аһарар буоллахха, христофор Максимов компакт диискэтин таһаарыы, театрга, киинэҕэ Х.Максимов айар үлэтин үйэтитии, Аммаҕа, Дьокуускайга Х.Максимов аатынан уулуссаны ааттааһын, бьюстарын оҥотторуу уонна сэргэлэри туруоруу, музейдары тэрийии, олорбут сирдэригэр мэҥэ-өйдөбүннььүк бэлиэлэри туруоруу уо.д.а.
Манна барытыгар үлүгэрдээх үбү-харчы түмүү, инвестордары көрдөөһүн үлэтэ былааннанар. Бастакы үбү оҕолоро киллэрбиттэр. Фонда бастакы сырыыта Амма улууһугар ситиһиилээхтик буолан ааста.

Амма-Дьокуускай.
Уххан.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2369 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 14
Ыалдьыттар (гостей): 14
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024