Тыынаах муусука көс түһүлгэлэрэ Майаҕа, Бороҕоҥҥо хайдах ааспытын ааспыкка суруйталаабытым. Горнай улууһа, бырааттыы Даниловтар курдук биллиилээх суруйааччыларынан, Мария, Василий Махначевскайдар ааттарын сүгэр саха музыкальнай тээбириннэрин оҥорорунан аатырар мастарыскыайдарынан, Раиса Захарова, Анна Дьячковская курдук ырыаһыттарынан, Данил Санников, Карл Сидоров курдук мелодистарынан айар эйгэҕэ биллэллэлэр. М.С.Егоров аатынан кулууптарын үлэтин бүгүн билсиэхпит. Ол эрэн тыыннаах доҕуһуолга биллэр-көстөр ВИА. - лар тахсыбыттара биллибэт. «Атамай» диэн фонограмщиктар көстөн иһэн сүттүлэр. Билиҥҥи кэм тыыннаах муусукатын чулуу бөлөҕөр «Дапсыга» Горнайтан Николай Осипов - бас гитараҕа, ырыаһыт да быһыытынан, Василий Федоров - ударникка оонньообуттара. Горнайтан республикаҕа тарбахха баттанар, анал үөрэхтээх (звук) уус-тыас инженерэ Яков Александров - Бэрт Дьикти баар. Мин билэрим эрэ ити. Дапсылар бары үүт хайаҕас булан бу олоххо бэйэлэрин суолларын тутан тыын таһаарынан сылдьаллар. Дапсы биир уола К.Слепцов - Кучумаан Бороҕоҥҥо «Тыыннаах» диэн бөлөҕү тэрийдэ. Республикаҕа ыытыллар улахан тыыннаах мусука тэрээһиннэрэ Дапсы дьоно суох сатаммат буолла. Ол курдук бары өттүнэн таҕыстылар. Кинилэр көмөлөрө, кинилэр өйөбүллэрэ улахан. Үөлээннээхтэрин, эдэрдэри, кырдьаҕастары кытта дьүөрэлэһэн көлүөнэлэрин ис эйгэтин, сахалыы тыынын тутан сылдьаллар. Көс түһүлгэлэри тэрийэн ыытыыга култуура колледжа, Леонид Иванов –Лүҥкүр, Дапсы бөлөх, «Аартык» студия салайааччыта И.Гаврильев-Лэкиэс сүрүн төһүү буоллулар. Ол курдук Николай Осипов көс түһүлгэни Горнайга ыытарга этии киллэрэн, тэрийэн ыытыста. Дойдутугар, бу сынньалаҥ киинин дириэктирэ, эдэр салайааччы элбэх үлэни ыытар эбит. Кулуубун үлэтин, бэйэни салайыныыга киирэн баран сэргэхсиппит, тупсарбыт. Атын сирдэргэ кулууптар үлэлэрэ өссө эбии төттөрү түспүт курдук буоллаҕына, сынньалаҥ киинэ республикаҕа биир бастакыннан юридическай статус ылан, муниципальнай тэрилтэ быһыытынан үлэлиир. Кулууп ис-тас көстүтүн тупсарыыга бэйэлэрэ киллэрбит харчыларынан үлүгэрдээх үлэни ыыппыттар, ыыта да тураллар эбит. Аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн саҥа үлэ хайысхаларын киллэрэн нэһилиэнньэни кытта үлэни биллэрдик сэргэхсиппиттэр. Сынньалаҥ хоһо, кафетерий, сэттэ араас интэриэһинэн түмсүүлэр, ол иһигэр литературнай, музыкальнай түмсүлэрэ, «дьүөгэлиилэр», «бизнес-леди», «тал-тап» суорумньу кулууба, компьютернай киин о.д.а хайысхаларга былааннаахтык үлэлииллэр эбит. Киинэ ситимин кытта бииргэ үлэлээннэр саҥа – сонун киинэлэри республикаҕа биир бастакыннан көрө олороллор. Аралдьытар – коммерчэскэй отделлара араас култуура тэрээһиннэрин, конкурстары, концертары, спектакллары, шоулары, уус-ран самодеятельность куруһоктарын тэрийэн ыытар. Административнай-техническай отделлара тэрилтэ финансовай-экономичэскэй өртүнэн бигэ туруктаах буолуутун, үлэ-хамнас инники сайдан иһиитин хааччыйар. Билигин кинилэр кулууптара республикаҕа биир үчүгэй үлэлээх, сайдан иһэр базалаах сынньалаҥ киининэн буолбут. «Дабаан» диэн радиостанцияны үлэлэппиттэр. Сонуннары, биллэриилэри, иһитиннэриилэри, эҕэрдэлэри таһынан уонтан тахса анал рубриканы тиһигин быспакка таһаара тураллар. Биһигини быһа эфиргэ таһаара сырыттылар. Бэрдьигэстээххэ куораттан Тумус, Уххан, Алексей Егоров, Лэкиэс, Лүҥкүр, Бэрт-Дьикти, Владимир Спиридонов, Михаил Семенов – Миисээмпий, Василий Еремеев – Чээ Баска, уонна «Дапсы», «Ирбэт Тоҥ» бөлөхтөр буолан тийдибит. Уус-Алдантан «Тыыннаахтар», «Аартыктар», Майаттан «Ый суола», Үөһээ Бүлүүттэн «Мохсоҕол», «Тосхол», «Уолан», Хатастан «103» бөлөхтөр кыттыыны ыллылар. Тэрээһин туох да ааттаах, реклама – арбатыы бөҕө барбыт, көрсүү атаарыы мааны. Көс түһүлгэлэр улуустар баһылыктарын таһымынан баран иһэллэр. Улуус баһылыга Н.И. Андреев бастакы солбуйааччытын, култуура управлениятын начальнигын, айар түмсүүлэр салайааччыларын түмэн, көс түһүлгэ тэрийээччилэрин кытта көрүстэ. Сана атастаһыы, этии киллэрии сиэринэн кэпсэтии барда. Кэнсиэри көрдүлэр-иһиттилэр. Барыта тоҕус бөлөх оонньоото. Ааспыт көс түһүлгэлэргэ кыттыбатах Үөһээ Бүлүү бөлөхтөрүн уонна «Ирбэт тоҥ» Саха лицейин, студенар бөлөхтөрүн иһиттибит. «Уолан» бөлөххө Никииппэри майгыннатар үчүгэй сөҥ куоластаах Ньургун Николаев диэн уол баарын бары сэҥээрэ иһиттибит. «Ирбэт тоҥ» ударнига чахчы оонньуулаах тэтими тутар ыччат эбит. Туттуу-хаптыы да мааны. «Чолбоннортон» Бахлай ыллаата. Бөлөхтөр бары да үчүгэйдик оонньоотулар. Тыас-уус да үчүгэй. Олохтоохтор кэлэ да сатаабыттар. Кулуупка миэстэ суох, туран көрөөччү элбэх. Үксэ орто, кырдьаҕас саастаах дьон. Тыыннаах рок музыкаҕа уруккута үксэ эдэр ыччат буолара. Тыыннаах муусука сааһырбыт дуу дии санаатыбыт. Көрөөччүлэр астынан, дуоһуйан тарҕастылар. -«Маннык үчүгэй кэнсиэри көрө иликпит», «тыыннаах муусукаттан тыын ыллыбыт» уо.д.а сөхпүт, махтайбыт тыллары хото иһиттибит. 72 саастаах Александра Винокурова диэн кырдьаҕас кэнсиэртэн улаханнык астыммытын, ордук «103» бөлөх оонньуутун барыларыттан ордорбутун эттэ. Ыытааччы Босс быһааран этэн, сыыһаны-халтына сатаан мүлүрүтэн, буолар буолуохтааҕын курдук оҥорон бэрткэ ыытта. Тыыннаах рок муусука эр киһи муусуката. Бу тоҕус бөлөх тухары «Ый суолугар» биир ырыаһыт кыыстаахтар. Үөһээ Бүлүүлэргэ барыта кыргыттартан таҥыллыбыт бөлөх баар үһү диэн сурах эрэ иһиллэр. Кырыгыттар да кыттан ыллаһан, оонньоһон иһиэхтэрин наада. Көс түһүлгэлэр түмүктэринэн: - «103» уонна «Тыыннаах» бөлөхтөр кыахтарынан, таһымнарынан сольнай кэнсиэри бэлэмнииргэ, альбом таһаарарга сөптөөхтөр онно көмөлөһөргө диэн буолла. «Аартык» (Лэкиэс) студията үлэлэһэригэ бэлэмин эттэ. Бу икки бөлөх көһүннүлэр, билиннилэр, дьоһуннаах альбому, ырыа-тойук. композиция бэлэмниэхтэрин наада. Айымньыга сүбэ-ама, көмө оҥоруохпут диэн эмиэ буолла. -Аны күһүн суол туруута көс түһүлгэлэри салгыырга диэтибит. -Мусукааннар оонньуур таһымнарын фонограмма, көмпүүтэр доҕуһуолуттан итэҕэһэ суох оонньуурга дьарыктаналларыгар, кыһаналларыгар этилиннэ. -Олох мөлтөх «попса» тыла-өһө эдэрдэргэ иһиллэрэ эмиэ баар. Айымньыга, тылга-өскө болҕомтону уран, сүбэлэтэн-амалатан үлэлииргэ диэн этилиннэ. -Саха мусукааннарын быстыспат ситимнэрэ – 14-60 саастаахтар, эдэр- кырдьаҕас сосуһан сылдьыыта үтүө түмүктэрдээх буоларын бу көс түһүлгэлэр көрдөрдүлэр. Ону сүтэримиэххэ наада. -Горнай улууһа эһиил бэйэтэ ансаамбыл тэрийэн көс түһүлгэҕэ кыттар, эдэрдэргэ фестиваль тэрийэр баҕалааҕын эттэ. -Быйыл Саха бөлөхтөрө элбээбиттэринэн «Табыкка» саха-нуучча тыллаах бөлөхтөрү арааран тус-туспа тутар сөп буолсу диэтибит. Сахалыы хайысханы туспа сыаналыыр, көрөр-истэр наада. - СР Ырыа айааччылар сойуустара (Алексей Егоров) мелодистарынан эрэ муҥурдаммакка, тыыннаах муусука бу хайысхатыгар үлэлиир мусукааннары, ырыа айааччылары кытта үлэлэһэргэ эттэ. -Көс түһүлгэлэр ис түмсүүлэрин тэрээһинэ баар буолла. Хайдах буолуохтааҕа, хайдах үлэ барыахтааҕа биллэр. Үгэһирдэн, олоҕурдан, эйгэни кэҥэтэн иһиэххэ. Үбүлээһин көрүллэрэ буоллар диэн. Кэлтэйдии энтузиазмҥа олоҕуруу кыаллыбата өйдөнөр. Быйылгы Көс түһүлгэлэри тэрийэн ыытыы мусукааннар бэйэлэрин күүстэринэн, өйөөччүлэр өйөбүллэринэн барда. Бу көс түһүлгэ тэрээһинэ Култуура министиэристибэтэ, Табыкка сыһыаннаан куорат мээрийэтэ, улуустар бюджеттарыгар анал строка көрүллэн, кэлэр өттүгэр киэҥ-далааһыннаах үлэ барыгар көс түһүлгэ бары бөлөхтөрө өссө төгүл этиннилэр. Кэнсиэри көрөн олорон, киһи санаата оонньоон оҥорон көрөн, бэриэттиэн, инникилиэн баҕарар. Бу тыыннаах муусука - тойук, олоҥхо диэкки барар хайысхалаах, кэлэр саха муусукатын кэскилэ бу эдэрдэргэ сытар, кинилэр хамсатыахтара диэн санаа киирэр. Маннык буолара буоллар диэн. Дууһа саҥа тылы, саҥа этиини эрэйэр. Ол саҥа тыл сахалыы майгытын сүтэрбэккэ, сөптөөх хайысханнан сайдан иһэрэ буоллар дуу. Тумус саҥа, тойук барааннарын оҥорбут суола баар. Сахалыы ырыа-тойук, доҕуһуол, оонньуу араас хайысхаларын «Чолбон», «Чороон», «Айтал», «Сэргэ» о.д.а бөлөхтөр оҥорбут холобурдарыттан эдэрдэр үөрэниэхтэрин наада. Ааспыт кэмнэргэ төһөлөөх хаарыан хампа күөх санаалар, тэрээһиннэр, туолбатах туллук ыралар ырыа-тойук, муусука эйгэтигэр хаалбыттара буолуой! Талааны, дьоҕуру көрдүөххэ, булуохха, биэбэйдиэххэ, өйүөххэ уонна өйдүөххэ наада. Оччоҕо инникилээх буолуохпут этэ.
|