Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Кэнтик-Чолбон
Cholbon
 
Кэнтиктэн Чолбоҥҥо
 
 
Туохтан маннык эбитин
Кыайан өйдөөн тиийбэппин
Сааһырдахпыт аайытын
Күн сырдыга кэрэтин...
(Тумус. «Кэнтик» бөлөх биир бастакы ырыата)

Сахаҕа биллэр-көстөр үгүс ырыаһыттарбыт - мусукааннарбыт, бөлөхтөр - ансаамбыллар бэлиэ, дьоро күннэрэ буолуталыы тураллар. Үгүстэр шоу – суоҕу бэрэлиир майгытынан тута сөрөөн, улахан бэлэмэ суох хомуур кэнсиэртэри оҥордулар. Ким хайдаҕа, хайдах эбитэ эмиэ онно көһүннэҕэ...
Олох суола түмүктэнэр сирдэригэр
Ыйытыаҕа эйигиттэн баҕар санааҥ
Ааһан сүппүт күннэр суолталарын
Ирдиэ баҕар чопчу тутан, кутуҥ-сүрүҥ...(Тумус. 1979 c. «Кэнтик» бөлөх.)
Бэлиэтиир сөп буоллаҕа, дьыл – хонук, олох ааһан иһэр. Олорбут олох, сылдьыбыт сырыы, үлэлээбит үлэ түмүктэрэ, айан-тутан ааспыт олох майгыта бу күн эргиллэр, онно көрдөххө хайдах-туох эбитин сыана быһарга, махтанарга тоҕоостоох.
Күн сиригэр төрөөммүт
Күлэн оонньоон хоргутан
Олороохтоон ааһарбыт
Кылгас түгэн эбит ...(Кэнтик 1980 c/)
Ити сиэринэн Тумус Мэхээлэ "ЧОЛБОН» аан бастаан «Кэнтик» диэн ааттаах эрдэҕинэ, айбыт ырыаларын сөргүтэн оҥорорго былааннаммыта.
Манньыйан туруоҥ
Уйадыйа көрсүөҥ
Кэмиҥ ыган түүрэн кэллэҕинэ
Соргулаах түгэн, соруммут күнүҥ
Кэтэспэх күҥҥэр-дьылгар кэллин
Соргулаах түгэниҥ
Соруммут күннэриҥ...(Соргулаах түгэн)
-Чолбоннор» сөбүлэһэн, манна кэлэн дьарыктаммыттара. Түмүгэр түөрт түһүмэхтээх, өтөрүнэн көрбөтөх кэнсэрбитин көрдүбүт. Истибэтэхпит ырааппыт да эбит маннык таһымнаах оонньууну. Хайа да түгэҥҥэ мин талааны ытыктыыбын. Чолбон кыаҕын иһинэн сүгүн кэнсиэртээбэтэҕэ олох ыраатта
Кыра элбэх кыһалҕа
Кыһалаҥа бүппэккэ
Атын суолга аралдьыйан
Иҥэр сүтэр олоҕуҥ
Таҥара билэр бэйэтэ
Туохтан оннук буоларын
Олох элбэх эндирин
Биэтэк тэҥниэ барытын... (Кэнтик. «Таҥара бэйэтэ билэр)
Чолбон 15 сылыгар Сэмэн Архипов, кэлин «Чолбон-Легенда» диэн Карл Сергучев улахан кэнсиэртэри тэрийэн тураллар. Онно сылдьан турабын. Бу курдук буолбатах этэ. Тумус уоннна мин тэрээһиннэрбитигэр эмиэ кэлэн оонньообуттара. Үрдүнэн-аннынан, сыыһа-халты, тийиммэт-түгэммэт быһыы-майгы элбэҕэ бэрдэ .
Бэрт былдьаһыы бэрэтэ
Ымсырҕаһыы айдаана Ордугургуу көрүүттэн
Ууга уокка түсүһүү...(Таҥара бэйэтэ билэр)
Бу соторутааҕыта Бороҕоҥҥо көс түһүлгэҕэ тахса сылдьан оонньообуттарыгар, ол 25 сыллаҕы ырыаларыттан тэйбиттэрэ көстөн олороро.
Тумуска :
-Дьэ хайдах оонньуугут?- диэн улаханнык саарбахтаан ыйыппытым.
-Дьарыктаннахтарына бэттэх кэлэллэр ини..- диэн буолбута. Икки нэдиэлэ кэриҥэ эрэ хаалбыт этэ. Уолаттар Тумустуун күүскэ дьарыктанан, эрчиллэн Бороҕонооҕу быһыыны кыккыраччы мэлдьэһэн кэбиспиттэр. Куоластара антах, истэриттэн кыайан тахсыбат этэ, доҕоон, ис сүр оонньуута да суоҕа.. сөхтүм, дьарык кэнниттэн барыта эргиллэн кэлбитин. Ис күүстэрэ санаа буолан саҥардаҕа, этии буолан эттэҕэ.
Көхсүҥ иһэ куччаан
Кутуҥ иэнэ аччаан
Санааҥ-онооҥ
Түһэр күнүн көрсө
Тэмтэрийэр кэмнэргэр
Тэбиэстэн тураар
Тирэх буоллун абаҥ-сатаҥ
Туһааннаах сорсунуҥ
Соргуну уунуоҕа
Ээй, соргуну уунуоҕа...(Соргулаах түгэн.)

Tumus1981-84 cc. Тумус аан бастаан Кэнтиккэ сэбиэттии сылдьан «Кэнтик» диэн бөлөҕү тэрийэр. Анатолий Иннокентьев-Сымпа бас гитара, Киэсэ Халанников,Юрий Алексеев-ударнай. Онно Намтан Ылдьыын Сааска, Үөһээ Бүлүүттэн Бахлай Дьууруй, Грузин Сааска кэлэн оонньууллар. Оччотооҕуга эдэр ыччат кутун туппут ырыалар: « Дьоллоох этим диэҥ, баҕар», «Оҕо санам оонньуута», «Кэлин кэрдиис кэмнэргэ», «Элбэҕи олохтон ирдээмэ», «Таҥара бэйэтэ билэр», «Хаһан эрэ», «Соргулаах түгэн», «Санаатым бүгүн», «Тот үйэ дорҕооно», «Хаммат баҕа», «Дьон тыла иҥниэ, баҕар диэн.», «Дьоро киэһэ», «Ындыар дьыала», «Илиигин уунаар» Кэнтиккэ суруллубуттара. Тыллара барытын кэриэтэ Тумус киэннэрэ. Тумус 1979 c. хоһоон суруйан саҕалаабыт эбит.
1984-86 cc. тохтобул. 1986 c. Намҥа мусталлар. Үс бырааттыы Намолий, Саша, Гриша Ылдьыыннар киирэллэр, куолас хотон, бөлөххө Нам колхуоһун аатынан «Чолбон» диэн иҥэрэллэр.
1986-87 cc. 20 ырыаттан турар «Ый анныгар санаа» диэн альбому суруйаллар, күүскэ гастроллууллар.
1988 c. Тойук майгытыгар «Көстүүлэр», «Уһук хоту дойдуга», «Тыгын кырдьаҕас саҕаттан» диэн тойук-ырыалары оҥороллор.
Кэлин кэрдиис кэмнэргэ
Кэтии-маныы сатыыбын
Кэрэ кэскил баҕатын
Көрдөөн була сатыыбын...(Тумус.1980 с.)
1989 c. Тумус атын бөлөхтөргө рок хамсааһыны тэрийэ, муусукаҕа сахалыы майгыны тэнитэ барар. «Айталларга» тийэн ити дьыл «Санаалар», «Тайҕа уоттара» диэн альбомнары таһаарар.
1990 c. «Чорооннорго» :»Сыттыкка сытар санаа», «Дьэ буолан эрдэҕэ», «Мин эйиэхэ тийиэҕим», «Хаһан баҕарар, кэлин даҕаны» диэн композициялары оҥорор.
1992 c. «Сэргэлэргэ» тийэн эмиэ биир композицияны оҥорор.
Киэҥ аартыгы тэлэммин
Киэҥник-куоҥнук хардыылаан
Ытыктабыл ыламмын
Иилиэм диибин дьоннорбун
Элбэх санаа кыымнара
Эһиэннэрэ миэннэрэ
Сыска-буорга тэпсиллэн
Хаалаахтыыллар халтайга...(Тумус. Кэнтик.)
1992 c. «Голос Азии» фестивалга Чороон, Чолбон, Айтал, Сэргэ, Тумус кытталлар. Чороон финалга киирэр.
1993 c. Финляндия. «Чороон» уонна «Айтал» Тумус «Алаас ырыалара» муз. спектаклынан, «Маҥан ат» (Айталы)- Тумус композициятын оонньууллар. Тыйаатыртан Симон Федотов, Афанасий Федоров, Степанида Борисова кытталлар.
1994 с. «Айталы», «Чолбон» Тумус, С. Борисова, И.Дакаяров Франция-Италия аан дойдутааҕы аатырбыт театральнай фестивалга кытталлар. Айталы «Сарыал тыына» этничэскэй композицияны оонньуур.
«Чолбоннор» бу иннинэ Санк-Питербурга, Москваҕа аатыра оонньууллар. Бары билинэллэр, аат-суол, киэп-хаап бөҕө буолар.
1995 c. «Чолбон» Гонконг-Финляндия дойдуларынан гастроллуур.
1996-97 сыллартан «Чолбон» мөлтөөн-ахсаан барар. Фонограмма үйэтэ кэлэр. Хата бу кэмҥэ Тумус, Г.Сергучев тэрийбит «Дапсытын» сахалыы тыыннаан таһаарар. «Таах саҥа», «Сарыал тына» диэн классика буолар альбомнары суруйаллар.
2007 сыл тыыннаах муусука Саха сиригэр хаттаан эргиллэр дьыла буолан эрэр. Тыыннаах муусука көс түһүлгэлэрэ үс улууска буолла.
Муус устар 4 к. Опера уонна Балет театрыгар Тумус тэрийиитинэн Карл Сергучев режиссердаан «Чолбоннор» дьикти, хатыламмат кэнсиэртэрэ буолла. «Айталлар», «Чорооннор» эмиэ юбилейдаатылар.
«Чолбон» хантан саҕалаабыттарыгар, бастакы ырыаларыгар төттөрү түһэн, уруккуну санаан оонньуулларыгар кукка-сүргэ баар, долоҕойго хаалбыт уһуктан, эттэрэ-хааннара уһуктан умайан таҕыста, тыын кэллэ.
Эргиллиэҕэ эмиэ
Самаан сайын кэлиэ
Куккар-сүргэр тыллыы биэриэ
Тубарсыйбыт дууһаҥ
Көҥдөйдөммүт кэмэ
Ааһан барыа, иҥэн сүтүө
Тыллыаҕа, ситиэҕэ
Дууһаҕар эйиэхэ...(Тумус. 1981c. Соргулаах түгэн.)
Тумус уонна «Чолбоннор». Айар хомуһун алтыһыннарбыт айылҕаттан айдарыылаах мургуннара уонна туйгуннара ыллаан-туойан ааспыт ырыалара тойуктара оччотооҕу кэмҥэ кукка-сүргэ тийэрдии иһиллибитэ. Билигин да биһирэмэ сүппэтэх, суолтата суураллыбатах.
Кэнсиэр бастакы түһүмэҕэр Кэнтик кэминээҕи ырыалар бардылар. Иккискэ Чолбоннор иитэн такайан таһааран эрэр, Үөһээ Бүлүүттэн үс саҥа тэриллибит бөлөхтөр оонньоотулар. Сүнньүнэн оскуола оҕолоро.
«Мохсоҕол» (сал. Гаврил Сазонов-Соһуон Гончуос) Бахлай иитиллээччитэ. Баларга үчүгэй гитаристаахтар эбит. Бу Соһуон өссө «Тосхол» диэн Үөһээ Бүлүү оскуолаларыттан хомуур састааптаах бөлөҕү «соһор» эбит. Баларга бас гитара сэргэттэ.
«Кэскил» диэн Ороһу орто оскуолатын оҕолоро (сал. Роман Кыһылбаайыкап). Бу бөлөххө солистарын бэлиэтии иһиттим. Эдэр бөлөхтөр Чолбону, бэйэ-бэйэлэрин үтүктүспэккэ тус-туспа суол көрдүүллэрэ көстөр. Чолбоннор соҥнообокко оҕолор бэйэлэрин буочардара туох тахсарынан такайаллар эбит дии санаатым.
...Ол да буоллар сэгэрдээр
Баҕарабын мин бүгүн
Бары дьикти кэрэни
Элбэх-элбэх тапталы
Көрү-нары тэрийиҥ
Көхтөөх буолуҥ эдэрдэр
Уруй буоллун оонньууга
Дьоллоох буолуҥ дьоннорум..(Тумус.1981с. Бахлай бастакы ырыата.)
Үһүс түһүмэххэ«103» уонна «Уран» бөлөх «Чолбон» репертуарыттан оонньоон иһитиннэрдилэр. «103» эдэр бөлөх «Чолбон» аатырбыт «Хотойун» уонна «Көмүс абылаҥын» толордулар. Хотойу кыайбатахтара. Иккис ырыаны бэйэлэригэр сөп түбэһиннэрэн уратытык ааҕан толорон сэргэттилэр. Ураннар «Мин ыллыырым эйиэхэ» диэн урукку ырыаларын кыайан аахпатылар. Уонна Виталий Власов «-72» тугу эрэ бэйэтин киэнин оонньоото, элбэх, кураанах гынан баран тыастаах тыллары эттэ.
Көҥүл олох элбэх-талбах кэрэтин
Алта харах куоһуругар уураҥҥын
Үчүгэйин, үрүмэтин, сүөгэйин
Үрүт өттүн холбуйаҥҥын
Үүйэ тутан олбуйаҥҥын
Ылыам этэ диэҥҥин
Санаама-а... (Хаммат баҕа. 1982 c. Кэнтик. )

Төрдүс түһүмэххэ

Толору састаап, бары бааллар. Манна «Бүлүү», «Уруһуйдаан ыллыаҕым, «Дьоро киэһэ», «Килэмэн», «Ыллыам этэ», «Ындыар дьыала», «Хотой» диэн аатырбыт ырыаларын көрөөччүлэргэ бэлэхтээтилэр.
Туох диэн этиэҥий, көрөөччүлэр куттарыгар-сүрдэригэр иҥэринэн, астыммыт-дуоһуйбут иэйиилэрин дохсун ытыс тыаһынан биллэрэ олордулар. Түмүккэ саала барыта туран «Хотойу» хос-хос ыллатан уҕараабат ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Көрөөччү маннык, ырыа -тойук эйгэтигэр махтаммытын, астыммытын көрбөтөҕүм ыраапыт да эбит. Чолбон диэн – Чолбон!
Хаһан эрэ күнүҥ тыгыа
Күлүмүрдүө, күөлгэ түһэн
Көччүйүөҕэ күөх сирэмҥэ
Кэрии тыаҕа кэҕэ этиэ
Кэпсиэ-ипсиэ кэрэ кэми
Миэхэ буотах, миэхэ буотах
Миэхэ буотах, атыттарга... (Хаһан эрэ с.1979 с. Тумус бастакы ырыата)
Мусукааннар үгүстэрэ сырыттылар, астыммыттар. Бу өрө тутуу, билинии бэлиэтэ. Анаан-минээн тыаттан кытта тийэн кэлбиттэр.
«Чолбон» үйэ чиэппэрин бэлиэтээһинин кыра хобдоҕо диэн, биир да тойон-хотун суох, биир да киһи эҕэрдэлээбэтэ. Былаас «Чолбоҥҥо» сыһыана урут хайдаҕый да уларыйбатах. Былаас бэйэтин «тапталлаахтарын» биэбэйдиир. «Чолбон» таптала-норуокка, кинилэр айымньылара, ырыалара-тойуктара норуот өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар сөҥөн сылдьыахтара. Кэнэҕэски ыччат кинилэртэн үөрэниэҕэ. Билигин сабардаан, өрө тутуллан сылдьар бааһынайдыы-хоролуу майгы сиик курдук симэлийэн сүтүөҕэ.
Киһи дууһатыгар туспа эйгэни аҕалар ырыалар-тойуктар сэдэхтэр. Чолбон бу кэнсиэрин көрбүт дьон, бу ахтылҕаннаах сырдык иэйиилэрин үйэлээх-саастарыгар умнуохтара дии санаабаппын. Ол буолар «Чолбон» улуута!
Хайа баҕарар көлүөнэ илдьэ сылдьар истиҥнээх, иһирэхтээх, ис- дьиҥнээх, ис-чиҥнээх буолар. Ол таһымнаах. Бэйэтэ ураты тыыннаах. «Чолбон» бэйэтин көлүөнэтин тыынын илдьэ сылдьар. Култуура, искуустуба, литература эйгэтигэр, көлүөнэ эйгэтин тыынын, истиҥин, иһирэҕин илдьэ сылдьар бөлөхтөр, түмсүүлэр суохтарын тэҥэ, сэдэх көстүү. Билиҥҥи бааһынайдыы маргынаал майгы ону аҕалбат. Төһө да уруйдаан, арбатан ону ситиспэккин. Харчы. Былаас үрдүгэр үҥкүүлээн аат-суол ылыахтарын сөп, ылаллар даҕаны. Олортон кут-сүр эйгэтигэр суохтар.
Тоттук үйэ дорҕооно
Туора топпут бэлиэтин
Аргыстара буоланнар
Арыаллыыллар олоҕу...(Тумус.Тот үйэ дорҕооно)
Тугу этэбин:
-Аныгы үйэҕэ, доҕуһуоллаах ырыа-тойук классиката диэн баар буолар эбит буоллаҕына, онно «Чолбон» Тумус айымньылара буолуохтара. Оннук да сыаналаныахтаах! Тумус искуустуба деятэлин үтүөлээх аатын, Ылдьыын Сааска, Бахлай култуура, үтүөлээх артыыс аатын ылыахтаахтар этэ. Тыыннаах классиктар буоллаҕа.
Ханнык сылаас сымнаҕас

Кэрэ нарын тыллары
Булан талан билигин
Этиэхпин билбэппин...(Элбэҕи олохтон ирдээмэ)
 
                                                                                                     Уххан.
Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 7316 | Comments: 2 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 2
2 Бурзум  
Ашназг дурбатулук!!!! Ашназг кримпатул! Йок камбык!

1 basyara  
Уххан, туругур!
Оьуомайдык суруйбуккун, чуолаан маны: Тумус искуустуба деятэлин үтүөлээх аатын, Ылдьыын Сааска, Бахлай култуура, үтүөлээх артыыс аатын ылыахтаахтар диэни астына аахтым. КирииЬэ5э култуура туйгуна эмиэ наада этэ, бакаа тыыннаа5ар биэриэххэ баар этэ, муц саатар Саха суруйааччыларын (бэйиэттэрин) сойууЬун чилиэнэ оцоруохха баар этэ. Тыл-ес киЬитэ кини эмиэ буолла5а баар эбээт. Ацардас "УЬуктуутун" иЬин.:)) Чэ итигирдик. Сол, ба5ар эмискэччи... :)))

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 31
Ыалдьыттар (гостей): 31
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024