Саха култууратын, искусствотын, литературатын, эйгэтигэр туох саҥа сахалыы тыын баарын, саҥа уларыйыылар, хайысхалар, истииллэр баар буолбуттарын бары истэ, билэ, көрө сылдьабыт. Сыанабыллар да араастаахтар. Мин бэйэм санаабын быктардахпына театрбыт кунньуктүүрэҕэ өрөөтө. Үҥкүү сахалыы хайысхаҕа бара сатыыр. Ол эрэн сөптөөх киэп-халыып, туттуу-хаптыы чөлүн булан олоҕура, эттэнэ сииннэнэ илик . Геннадий Баишев үлэлии сатаата. “Эрэл” үҥкүү ансамбыла сахалыыны тутан иһэн уоҕа хараата. Кыах тийбэтэ курдук. Уруһуй эйгэтигэр Тимофей Степанов айымньыларын тыына тутан турар. Бу эйгэҕэ уруһуйу табаарга кубулутуу майгыта бара турар. Архитектураҕа, дизайыҥҥа ситиһиилэр бааллар, Сахалыы дьүһүлгэн - дизайн сайынна. Таҥас быһыытын –майгытын дьуһүйүүгэ үрдүккэ таҕыстылар. Киинэ киһи куһаҕанын хостуу сатаан баран онно буксуйда, холлон хаалла, бөлөнөҕөр бэттэрдэ бадахтаах. “Чыҥыс хаан” хайдах буолара биллибэт. Кэмэ кэллэҕинэ көрүөхпүт – истиэхпит дии. Киһи эгэлгэни истээри олорор. Литератураҕа эмиэ им-дьим. Ахтыы, дьахтар ытабыла маассабайдаата. Кинигэ тахсыытыгар нэһилиэктэр остуоруйалара, улуу дьоннор олохторо, кэнэҕэски, саха сирин остуоруйатын оҥорууга тэптик буолуо. Удьуору ыал таһымыгар ырытыы барда, төрдү ууһу хаһыы бара турар. Айыы уөрэҕэ балайда бара турар. Духуобунаска атын суох. Фольклор олоҥхонон сайдыах чинчилээх. Онтубут сиикэйэ суох кырдьыгынпан бардар диэн санаа баар. Опера балет бэйэтин эйгэтигэр ситиһиитэ элбэх. Атын эйгэ буоллаҕа. Сахалыыта суох, ол хобдох. “Ньургун Боотуру” туруоруохтаахтар онно көстүө. Исскуство маасабай көрүҥэ самодеятельность олох эһиннэ. Мэҥэлэргэ син баар. Ырыа ,тойук доҕуһуол эйгэтэ. Арҕааҥҥыны, нууччалыыны үтүктэр. Сахалыыга дэгэрэҥи тутта. Доҕуһуол онно сайынна. Аҥардас ити иһин кинилэри сыаналыахха сөп. Ону оҥорор уонна соҥнуур, үөрэтэр, такайар дьоннор баар буоллулар. Ити дьоннор ити үгэһи олоҕурдан эрэллэр. Сахалыы истиил манан көһүннэ. Үгэскэ кубулуйдаҕына кыайыы буолар. Олортон бүгүҥҥү күҥҥэ биир чулуулара, Лэкиэһи - Иннокентий Гаврильевы истиэхпит. Хаан тардыыта диэн баар. Арҕааҥҥаны үтүктүү маассабай бара турдаҕына, саха төһүү музыканнара, орто саастаахтар хааннара тардан, үтүктүү диэкки буолбакка, сахалыыга эргийдилэр. Уонна манна булумньулаахтар. Онтулара бу олоххо туспа этии буолуон баҕарталыыр. Манна аҕа музыканнар сабыдыаллара элбэх. Чолбон, Айтал, Чороон курдуктар. Саамай төһүү сабыдыалы классиктар С.Зверев. Христофор Максимов хаалларбыт ырыалара-тойуктара оҥордулар. Саха ырыатын тойугун үгэһэ умнуллубута. Муусукаҕа сахалыы барыы диэн, тыыннаахтыы тутуһан туран дойҕохтоон барыылаах. Чопчу миэтэрэтэ суох, тута хоһуйан дойҕохтоон түһүү баар буолуохтаах. Куолас кылыһахтаах, дорҕооно уратылаах буолар. Хоһуйуутугар ис хоһооно хатылана турбат . Дорҕоону тойон угуулаах. Дьэ маннык сахалыы майгыны тутууга чаҕылхай холобурунан Лэкиэс буолар. Кинини кытта сахалыы доҕуһуолу оҥорууга үгүстэр алтыстылар. Кини аата дорҕоонноохтук иһиллэр буолла. Ырыа доҕуһуолун оҥорооччулар элбэхтэр, олортон бу күҥҥэ мургуннара - Иннокентий Гаврильев – Лэкиэс. Кини Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүттэн төрүттээх. Аҕата Эмис – Наахара киһитэ. Хос эҺэтэ Кытаах уус диэн тимир ууһа. Ийэтэ Төҥүлү. Ийэтин абаҕата аатырбыт олоҥхоһут Тоҥ Суорун. Киэсэ култуура колледжыгар эстраднай отделенияҕа инструменталист идэтигэр Георгий Сергучевка үөрэнэр. Г. Сергучев музыкальнай грамотаҕа, сахалыыга аан бастаан уһуйбута уонна колледж иһинэн “Дапсы” диэн бөлөҕү тэрийэн, иитэлээн таһаарар. Манна Николай Осипов, Леонид Иванов – Лүҥкүр, Василий Федоров, Костя Слепцов, Павел Семенов сүрүн састаап буолан тыыллан-хабыллан тахсаллар. Билигин бары туспа ааттаах-суоллаах ырыаһыттар, мусукааннар, оранжировщиктар, ырыа айааччылар. 1995 с. салайааччылара Г.Сергучев Тумус Мэхээлэни кытта билиһиннэрэр. Манна этэргэ дылы “саҥаттан төрөөһүн” буолар. Лэкиэс ону маннык ахтар: -Тумус бастаан миигин оонньуурбун истэн баран : “Дойдугар тийэн хачыгаардаа, сатаан оонньообот эрээри муҥнаныма…”- диэбитэ. Ол курдук барыбытын “алдьаталаан” баран абырахтаталаабыта. “Туох ааттаах киһитэ кэллэ, этэрэ барыта түктэри, түҥнэри өйдөбүллээх, олох атын диэн, үөйбэтэх-ахтыбатах майгы үөскээбитэ. Бастаан кини биһиэхэ этэрэ, тоҥ эккэ этэр курдук этэ. Сыыйа аһыллан, кини дьайааныгар киирэн хаалбыппыт. “Ойуун түүлэ” испэктээкили туруорууга Тумус үлэлэспитэ. Биһигини доҕуһуолга кытыннарбыта. Онно ис турукпутунан, эттиин-хаанныын уһуктан эрэрбитин өйдөөбүппүт. “Ломка” дииллэригэр дылы уруккубут алдьанан, “эттэтэн” саҥаттан сахалыы таҥыллыбыппыт. Муусукаҕа сахалыы барыылаах, оҥкуллаах, кут оонньуулаах майгыга ылларан испиппит. Олоҕу көрүүбүт, сыанабылбыт кытта уларыйбыта. “Чолбоннор”, “Айталлар”, “Чорооннор” диэн кимнээх эбиттэрин, ис дьиҥнэригэр иҥэ өйдүөх курдук буолбуппут. Урут аҥардас кулгаахпытынан истэр бэйэбит, кутунан- сүрүнэн истэргэ, ылынарга үөрэммиппит. Ол түмүгэр Тумус айыытынан “Сарыал тыына”, “Таах саҥа”, “Сүүрээн” диэн олох сахалыы тыыннаах альбомнары таһаарбыппыт. Тута дойҕоххо, куоттара сылдьар майгы кэлбитэ. Ону тута сатаан айар-тутар майгы кэлбитэ. Бу улахан уһуйуллуу түмүгэ этэ. 2000 с. Питерга бара сылдьыбыппыт. Барыта 200-чэ бөлөх мустубут этэ. Онно сахалыы муусука бараана диэн туох уратылааҕын, ханнык таһымҥа сылдьарбытын үчүгэйдик өйдөөбүппүт. Хас да күнү быһа кинилэри истэ сатаабыппыт. Сахалыы дорҕоону араара үөрэнии, кукка сүргэ тийэр тыл суолтатын, кини хайдах мелодияҕа олоруохтааҕын, хайдах доҕуһуолга таҥыллыахтааҕын өйдөөһүн кэлбитэ. -Лэкиэс бэйэҥ студия тэринэн, ырыаҕа доҕуһуол оҥорууннан күүскэ дьарыктанаҕын, оҥортолоообут доҕуһуолларыҥ сахалыыларынан, таҥыллыылара табыгастааҕынан аатыҥ-суолуҥ билиннэ, бу үлэҥ харчы оҥорор майгы буолллаҕа, айымньылаах үлэҥ кэнники күөҥҥэ хаалан хаалыа суоҕа дуо? -Оранжировканнан дьарыктанар студия саха сиригэр үгүс буолла. Ырыынак буоллаҕа дии. Ыллыан баҕалаах элбэх. Фонограмма оҥотторооччу элбэх. Сакаас быһыытынан ылаҕын. Хайдах ырыаны төрөтөн аҕалбыттарынан, ону доҕуһуолунан таҥыннаран биэрэбин. Матырыйаала хайдаҕыттан тутулуктаах. Мөлтөхтөн хайдах да оннук үчүгэй гынар кыаҕыҥ суох буоллаҕа дии. Сымсах аата сымсах буолар. Сүүстэн биир эмэ табыллыбыт мелодията дьүөрэлэспит тыллаах-өстөөх, үтүктүү буолбакка, айымньы баар буолар. Онно кыһанан оҥоро сатыыбын. Ардыгар бэйэм тылын суруйан мелодиялаан ырыалары эмиэ оҥортуубун. Холобур ити “Сайылык” диэн ырыабын Василий Еремеев –Чээ Бааска ыллыыр. “Көмүс күһүн” Дапсыга ыллааччыбыт, “Айанньыты”-Байбал, Чээ Бааска ыллааччылар. Бу соторутааҕыта Анатолий Бурнашов альбомун оҥорон таһаардыбыт. Тумус сүбэ-ама буолбута. Онно сыттыа ньымата, дэгэрэҥ истииллээх ырыалар киирдилэр. Доҕуһуолу таҥыыта сахалыы уратылаах барыылардаах. Тэтим дорҕоону сиэспэт майгытынан дьүөрэлээн, билиҥҥи олоҕурбут майгыттан атыннык таҥан үлэлээтибит. Кеша Васильевка, Байбалга үлэлэһэ сылдьабын. Ый кыыһа үс-түөрт мин ырыабын ыллыыр. Ол курдук ырыаһыттары кытта үлэ баһаам буоллаҕа. “Норд Саунд” диэн муусука үрдүк оскуолатын оҕолорун бөлөҕүн кытта үлэлэһэбин. Эдэр, баҕалаах үчүгэй оҕолор бааллар. -Аан дойдуга фонограмманан ыллааһын үйэтэ ааһан, тыынаах муусука диэкки эргиллии баран эрэр, биһиэхэ хайдаҕый? -Арассыыйаҕа барыта фонограмма, биһиэхэ эмиэ. Биһиэннэрэ Арассыыйа попса (истилэҥ) ырыаһыттарын үтүктэллэр. Ыччат онно убанна. Доҕуһуолу оҥорооччуларга онтон сакаас киирэр. Эппитим курдук, куттаах-сүрдээх ырыа сүүстэн биир эмэ көстөн ааһар. Манна барыта ырыынак, харчы оруоллаах. Дьиҥинэн, истээччилэр да, муусуканнан да дьарыктанааччылар, ырыа айааччылар истиҥ иһирэх ырыалары, доҕуһуолу айыахтарын, истиэхтэрин баҕараллар. Кут- сүр оннугу ирдиир. Ахтылҕан буолан киһиэхэ сылдьар. Билигин дэгэрэҥ нөҥүө сахалыы истиил саха эстрадатыгар олохсуйан эрэр. Сахалыы доҕуһуол да майгыта үөскээтэ, олох көннөрү буолбатахпыт. Эдэр бөлөхтөр баар буолан иһэллэр. Тыыннаах муусука олох эстэн-быстан барыа дии санаабаппын. -Эн бэйэҥ мелодия айаҕын, доҕуһуол аттараҕын, ырыаҥ тылын да суруйталыыгын, бэйэҥ да ону толороҕун, студияҕын үлэлэтэҕин, “Дапсы” бөлөх салайааччытаҕын. Этэргэ дылы элбэх эйгэни баһылаатыҥ. Айар тутар үгэҥҥэр сылдьаҕын. Эйиэхэ тыылыҥ хайдаҕый? -Киһи кэргэнинэн. Мин эрэллээх тыылым – кэргэним. Кэргэним Анна оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһым. Эрдэ ыал буолбуппут. Кини бэйэтэ ырыа ыллыыр ырыа айарга да холонор этэ. Музыкальнай үөрэхтээх. Миигин өйүүр уонна өйдүүр, итэҕэспин быһаҕаспын уйар, сүрэх бааһын эмтиир, кут-сүр кураанахсыйыытын толорор буолан тапсан, таптаһан ньир-бааччы олоробут. Үс оҕолоохпут. Улахан уол Дима тохсус кылаас. Орто оҕобут Дайаана ыллыыр буолан эрэр, Кыра уол Роберт биэстээх бэдик. Мин тыылым үчүгэй. Бастаан тахсарбар, студияланарбар таайым Роберт Бурнашов улаханнык көмөлөспүтэ. Идэлээх, айымньылаах киһи буоларбар Георгий Сергучев, Тумус Мэхээлэ уһуйбуттара. Доҕотторум атастарым элбэхтэр, айар-тутар баҕа баһаам.
Көлүөнэлэр ыпсыыларыгар “Чолбон, Айтал, Чороон, Сэргэ” курдук биллэр бөлөхтөр мусукааннарын кэнниттэн, билиҥҥи орто саастаах көлүөнэ мусукааннарын биир сис киһилэринэн Иннокентий Гаврильев –Лэкиэһи билинэллэр. Кини ону ырыа айааччы, доҕуһуол аттарааччы, мусукаан да быһыытынан көрдөрдө. Лэкиэс флегматик. Күнтэн күн дьаптайан, ньыматыйан туран тиһигин быспакка үлэлиир дьоҕурдаах. Кини кыттыспыт, айар тутар илиитин уурбут, кута-сүрэ оонньообут ырыата-тойуга киһини тыытардаах, истиҥнээх, иһирэхтээх буолааччы. Соло гитарист быһыытынан кини оонньуутун сөҕөр –махтайар элбэх, наһаа үчүгэйдик киирэн тахсыталыырын астына истээччибит. Лэкиэс тыыннаах муусукаҕа иитиллибит киһи. Тыынаах, куттаах сүрдээх муусука диэкки хайыһа туруоҕа, сахатын умнуо суоҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Кини үөлээннээхтэрэ, чээрэлэрэ бары кыттыһан билиҥҥи кэмҥэ этии этэллэригэр, сахалыылара сайдан, уратылаах суолу саха эстрадатыгар оҥороллоругар баҕарабыт. Дэгэрэҥ, һыттыа майгыта киирдэ, тойук майгытын тутуһуу сайдан эрэр. Олоҥхоҕо олоҕуруҥ диэн, этэргэ дылы таҥара биллэриитэ кэллэ. Мусукааннар бу эйгэни сайдар суол, тирэх оҥостоллоро наада. Кэм кэрдии ирдэбилэ, эппиэтэ – Лэкиэстээххэ, эһиги көлүөнэ мусукааннарга! Кытаатыҥ өбүгэ майгытыттан олоҕуран тахсан иһиҥ!
|