түө киһи үчүгэйи саныыра, дьиктигэ-кэрэҕэ талаһара,дьон туһа диэн дьоһуун дьулуура, үтүмэн үлэтэ-хамнаһа сыаналаныах тустаах диэн бары өйдүүбүт.Ити туһунан алтан чуораан айахпытын анараатардаан аартык аайы айаарабыт. Ол эрэн тоҕо эрэ олоххо ити хайҕаллаах уонна махталлаах санаабыт дьин-чaxчы буолбатаҕын, сороҕор туолбатын эмиэ бары билэбит, көрөбүт. Окко түспүт оноһууттан ордугу-хоһу омнуолаһан-омуолаһан оботтуйан opohуйapын омсолоох. Сиргэ түспүт сэрэбиэйгиттэн сэмсэ элбэххэ сиэмэҕирэрин, инсэрэрин сэттээх-сэлээннээх буолар баҕайыта. Туохха барытыгар кэм кэрдии, быһыы-таһаа, тутуу-хабыы, кэм-туом диэн баар. Айыы киһитин аналын да быһыытынан, айбыт туппут киһи аньыыны-хараны онорботоҕуна сырата-сылбата сыаналаныахтаах. Мин бүгүн Владимир Иванович Мохначевскай диэн бэрт боростуой, саха музыкальнай культуратыгap 23 сыл устата бэриниилээхтик айар үлэнэн дьарыктаммыт киһи туһунан кэпсээри туран, доҕорбун, кэмигэр сыаналамматах саха талааннаах художнигын Борис Васильевы санаан кэлэбин. Кини 50 caahыгap тиийэ дьиэҕэ-уокка тиксибэккэ бэйэтин идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээн баран, бу махтала суох орто дойдуттан эрдэлээн күрэммитэ. Биһиги мэлдьи хойутаан өйдүүбүт, хайдахтаах кэрэ, үтүөкэн дьон биһиги аттыбытыгар үлэлээн, олорон ааспыттарын. Бу оботтоох орто дойду олоҕор "көһөнөлөр", "көмүстэр", "аарымалар", "сулустар" уонна сатабыллаах саһыл саҕалаахтар, уһун-уорба өйдөөхтөр, билсиилээхтэр-көрсүүлээхтэр эрэ хаpax далыгар киирэн хайҕанар, махталы мардьайыахтарыгар дылы көтөҕөр-сүгэр үгэстээхтэр. Мин эһиэхэ кыра-хара, кыһалҕалаах олохтоох киһи туһунан кэпсииргэ холонон көрүүм дуу.
Владимир Мохначевскайы үйэ чиэппэрэ "Махно" диэн ааттыыллар, ити аат киниэхэ инмит, онон биһиги эмиэ кинини аатырбыт анархист Махноҕа ханан да сыһыана да суох буоллар, Махно диэн ааттыаҕыҥ. Болуодьа 1952 с. сэтинньи 9 күнүгэр Чурапчыга төрөөбүт. Биэс саастааҕар иитэр-аһатар, биллэр мас yyha аҕата сэбиргэхтэтэн өлбүт. Инбэлиит ийэтин кытта быраатынаан хаалбыттар. Интернатынан, оччотооҕу көнө санаалаах дьон-сэргэ, уруу-аймах көмөтүнэн иитиллэн киһи буолбуттар. Аан бастаан Кытаанахха 9-с кылааска үөрэнэ сылдьан бастакы электрогитаратын бэйэтэ онорон оонньуур. 1971 с. Чурапчыга "Чуораан" диэн ВИА-ҕа гитараҕа оонньуур, солист быһыытынан ырыа ыллыыр. 1972 с. күһүн, ВТЭМИ (Всероссийская творческая мастерская эстрадногоискусства) ыытарга конкурска кыттан үөрэнэ барар. Онно үөрэммит оҕолортон "Чороон" бастакы бөлөҕө тэриллэр. Махно салайааччы буолар. "Чороон" бастакы бөлөҕөр: Слава Саввин (соло), Вася Аталев (барабан), Сергей Черниговскай (ионика) киирэллэр, солистарынан Олег Бубякин, Коля Ховров, Люда Степаненко, Николай Соловьев, Афанасий Попов буолаллар. Билигин Махно тойоно (оччолорго Махно киниэхэ тойон этэ) Кулаковскай аатынан культура дыбарыаһын генеральнай директора Александр Тойтонов конферансье этэ. 1975 с. дылы Саха сирин барытын кэрийэллэр. Саха сиригэр бастаан тэриллибит профессиональнай ВИА аатырыан аатырар, эдэр ыччат кутун-сүрүн тутар. "Чороону" үтүктэн, холобур ылан, тыа оройуоннарыгар ВИА-лар тэриллэн бараллар. Бу дьыл уолаттар армияҕа ынырылланнар, Махно иккис састаабы сүүмэрдиир, онно киирэллэр: Михаил Докордуурап (бас гитара), Георгий Сергучев (ритм), Василий Степанов (ударник), Степан Данилов (соло). Сана программа онорон күһүннэ дылы оонньууллар, Махно армияҕа барар, ансамбль ыһыллар. Армияҕа Дальнай Востоктааҕы байыаннай уокурук үнкүүтүн-ырыатын ансамблыгар ырыаһыт быһыытынан сулууспалыыр, онтон да сиэттэрэн кини музыка рядовой саллаатын быһыытынан 23 сыл устата сулууспалаатым диэн этэр. 1977 с, музыкальнай училищеҕа үөрэнэ киирэр, онно "Хомус" ВИА тэрийэр. 1978 с, лауреат аатын ылаллар. Бу "Хомуска" Георгий Сергучев, Алексей Егоров, Юрий Спиридонов, Роман Степанов, Алексей Васильев киирэллэр. Уолаттар армияҕа баран эмиэ сотору ыһыллаллар. 1981 с Петр Пестряков көҕүлээһининэн эмиэ "Чороон" бөлөҕө хоһуттан тэриллэн Москваҕа ВТЭМИ-гэ биир сылга үөрэнэ бараллар. Бу үөрэнэ барбыттартан ырыаһыт Катя Тытыгынаева Алексей Егоровка, Таня Хомподоева Георгий Сергучевка кэргэн тахсаллар. Инньэ гынан, "Чороон" икки бэртээхэй ыалы үөскэтэр. Ити кэнниттэн 1992 с, дылы "Чороон" састааба уларыйа-уларыйа үлэлиир, элбэх ырыаһыт, музыкант иитиллэн тахсар. 1992 сыл. "Чорооннор" 20 сылларын үбүлүөйдээн баран ырыынак ыар тыынын тулуйбакка тарҕаһаллар. Билигин бары республикаҕа киэнник биллэр дьон буолан тус-туспа үлэлииллэр. Алексей Павлов, кини "Чороон" урукку конферансьета, билигин бэйэтэ туспа театрдаах, кэргэннии Егоровтары, Сергучевтары, Аскалон Павловы, Владимир Татариновы, Александр Тойтоновы киһи барыта билэр, Раиса Саввина Горнайга оҕо үнкүүтүн ансамблын салайар, кэргэнэ Вячеслав баянист. Сергей Черниговскай нуучча драматическай театрын кылаабынай музыкальнай салайааччыта, Афанасий Попов Тааттаҕа культура үлэһитэ, Елизавета Романова Гостелерадио үлэһитэ уо.д.а. элбэх культура үтүөкэннээх үлэһиттэрин ааттыахха сөп. Кэлиҥҥи кэмҥэ "Чороон" ансамблы салайбыт Георгий Сергучев манных этэр: "Ханнык баҕарар дьыалаҕа үлэни-хамнаһы үүннүүр-тэһиинниир, дьаһайар киһи баар буолар, оннук киһинэн "Чорооҥҥо" Махно этэ. Кини баар буолан "Чороон" үлэлээбитэ диэн малтаччы этиэхпин сөп. Кэлин "Чороону" миигин салай диэн Махно бэйэтэ эппитэ. Кини туохха барытыгар уһулуччу дьоҕурдаах, бэйэтин xahaн да үрдүктүк туттубат, сыаналаммат хара үлэһит сэдэх киһи. Күн бүгүнүгэр дылы, туох баар өрөгөйдөөх бырааһынньыктар, концертар, фестиваллар, конкурстар хара үлэлэрин сүгээччилэртэн биирдэстэринэн буолар, мэлдьи күлүккэ сылдьар, умнууга хаалар. Мындырын, ууһун чааһынан, көрдөспүккэ эрэ барытыгар көмөлөһөрүнэн, иҥсэтэ-хоҥсото суоҕунан, көнөтүнэн, чиэһинэйинэн киһи киэнэ килбиэннээҕэ, дьоҥҥо сөбүлэтэр, өстөөҕө диэн суох. Үгүстэр онон туһаналлар. Киһиэхэ барытыгар элэккэй-эйэҕэс, көнөтүнэн сылдьар. Кини саламтатынан кинини кытта үлэлээбит дьоннор бары дьиэлэннибит-уоттанныбыт, үгүстэр аакка-суолга тигистилэр, хайҕаннылар, арбаннылар. Арай Махно мэлдьи умнууга хаалан иһэр. Мин кинини көрдөхпүнэ дьиэлээhyим-уоттааҕым быһыытынан хайдах эрэ буруйу оҥорбут, ордугу-хоһу туһаммыт курдук туттабын, суобаһым оонньуур. Кини доҕотторо-атастара бары да өйдүүбүт, кини сырата сыаналамматаҕын, баар ис кыаҕын билигин да ситэ туһаммакка сылдьарын, муунтуйарын, санааргыырын. Министр А. С. Борисовка, Правительство солб. К. К. Корякиҥҥа Мохначевскайга дьиэтэ биэpиҥ диэн көрдөһөн киирэ сылдьыбытым, "көрүөхпүт" диэн буолбута. Министр киниэхэ дьиэ биэрэбит диэн гарантийнай сурук биэрбитэ үс сылтан орто быһыылаах..."
Оттон Владимир Иванович бэйэтэ ис санаатын маннык этэр: "Хаһан эрэ сцена хаһаайына этим, билигин бэҕэһээ оскуоланы бүтэрбит оҕочоостору кытта кыра хамнаска (300 тыһ. илиитигэр ылар) тэҥҥэ тутуллан үлэлиибин. Сценабын ахтабын. Күн-дьыл ааһан иһэр, бэйэм кыахпын ситэ туһанымаары гынным диэн куттанабын. Саха эстрадата энтузиазмынан сайдан кэллэ. Анаан былааннаммыт кэскиллээх үлэ итэҕэс диибин. Оҕо эстраднай-вокальнай ансамблын тэрийэн ырыаһыттары бэлэмниэхпин баҕарабын, ити эйгэҕэ оҕолорго болҕомто суох. Егоровтар, Неустроевтар бэйэлэрин оҕолорун үөрэтэ сатыыллар. Канадскай эстетическай Кииҥҥэ классикаҕа үөрэтэллэр. Колледжка сорох эстраднай-вокальнай опыта суох, анал методиката, үөрэҕэ да суох, атын эйгэ дьоно оҕолору эстраднай вокалга үөрэтэллэрэ улахан туһаны аҕалбат, талааннаах оҕолор талааннарын эрэ күүһүнэн тахсаллар. Кистэнэ сылдьар ис кыаҕы бу дьон сатаан арыйбаттар. Дьиҥ сахалыы хайысханы биэрэр дьон колледжка суох. Биһиги тылбыт уратылааҕын курдук, саха эстраднай-музыкальнай культурата туспа уратылаах, хайысхалаах. Ити хайысхаҕа биһиги, музыканнар, Михаил Тумууһаптан элбэҕи туһанныбыт. Мария Тоҕоноохоботтон ордук тойуксут, Аграфена Кузьмина курдук ырыаһыттан ордук дьахталлары истэ иликпин. Эдьиийбит Марина Попова, Христофор Максимов ырыалара дьиҥ сахалыыларынан хайа да Европаны, нууччаны үтүктүбүт ырыаһыттардааҕар сахаҕа истиҥ, чугас буола туруохтара. Эдэрдэргэ бокуонньук Степан Семенов быраата Павлик Семенов дьоҕурдаах, кэскиллээх. Ханнык баҕарар айар үлэһит көлүөнэнэн арахсар бэйэтигэр анаммыт кэмнээх-кэрдиилээх буолар. Биһиэхэ тылбытыгар "эдэрдэргэ суолу биэриэҕиҥ" диэн мэлдьи этэбит, ол эрэн, ханнык да "кырдьаҕас" миэстэтин туран биэрбэт үлүгэрэ. Үгүстэр ааспыт, бэйэлэрин кэминээҕи көрүүлэрин, өйдөбүллэрин, ирдэбиллэрин илдьэ сылдьаллар, ыччаттан ону эрэйэллэр. Бу сыыһа. Саҥа кэм, саҥа ирдэбилигэр бэйэлэрин оннуларын булбатахтар туораан биэрэн иһиэхтээхтэр. Мин атын таһымҥа, атын ирдэбилгэ үлэлээн көрүөхпүн баҕарабын, онно сөптөөх опыты мунньуннум дии саныыбын. Атын регионнар, россиялар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир аппаратураларын булунан эрэллэр. Биһиги итиннэ олох хааллыбыт. Тойотторбут ырыа-тойук, тыас-уус, саҥа-иҥэ, араас шоу, концерт хайдах барара аҥара аппаратура хайдаҕыттан тутулуктааҕын өйдөөбөттөр. Эргэ аппаратураны кытта эриһэртэн ордук эрэйдээх, истээччини сынньатарын оннугар сылатар, үгүс түбүгү аҕалар ама туох баар үhүө! Билиҥҥи истээччилэр телевизорга, радиоҕа, видеоҕа, магнитофоҥҥа, үчүгэй арҕааҥҥы аппаратураҕа уһуллубут музыканы истэ-истэ биһигиттэн оннук, өссө ордук таһымы эрэйэллэр. Биһиги аппаратурабытыгар уһуллубут музыка, тыас-уус хайдаҕын телевизорга биэрэр эҕэрдэ концертарыттан да көрөн итэҕэйиэххитин сөп. Дьиҥэр, хайдахтаах да аныгы аппаратураны үүннүүр-тэһиинниир специалистар бааллар. Россияҕа да анньыһap талааннаах звукорежиссер, оператор Андрей Кокорин (Мирнэй), "Алан" студия оператора Яков Александров, Нам I Хомустааҕар телестудияҕа үлэлиир звукорежиссер, оператор Александр Бурнашов, звукотехник Рафаэль Крылатов курдук кыахтаах уолаттардаахпыт. Олох таһыма үүнэн-сайдан иһэр. Сахалар олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахпытын, музыкальнай культураны сайыннарыахпытын баҕарар буоллахпытына, саатар столицабытын аныгы концертнай, студийнай, световой аппаратуранан хааччыйыахтаахпыт. Оннооҕор, Музыкальнай театрбыт аппаратурата мөлтөх". Махно дьон туha, коллектив туһа диэн бэйэтин иннин көрүммэккэ үлэлээбит, үлэлиир да киһи. Бу кэлин саха оҕолоро Парижка киэҥ программалаах ситиһиилээхтик баран кэлбиттэрэ, сахалар ааттарын ааттаппыттара. Бу сырыы музыкальнай матырыйаалын Махно тэрийэн оҥорсубута, элбэҕи үлэлээбитэ. "Эрэл" үҥкүү ансамблын, "Уолумар икки Айгыр удаҕаттар" диэн спектаклын музыкатын Махно таҥан биэрбитэ. "Лариса түүлэ" диэн Лариса Троева айар киэһэтигэр анаммыт шоу-спектакль музыкатын айан доҕуһуоллааһына саҥа хайысхаҕа сонун үлэлэр. Аҥардас бу үс холобур кини таһымын, кыаҕын көрдөрөр. Махно уруһуйдуурун, уһанарын, бэртээхэй музыкант, эстраднай ырыаһыт, музыкальнай режиссер, звукорежиссер, тэрийээччи буоларын таһынан кимнээҕэр да үчүгэйдик баттаҕы кырыйар. Элбэх киһи киниэхэ баттаҕын кырыйтарааччы, бары астыналлар. Yгүc дьон киниэхэ араас аппаратуратын өрөмүөннэтэр, сүбэлэтэр-амалатар. Дьэ, дьон туһугар дэлэгэй киһи. Сүүрбэччэ сыл үлэлээбитин тухары ыалы кэрийэ сылдьан баран, аҕыйах сыллааҕыта уопсай дьиэ кыра xohyгap тиксибитэ. Кыра оҕолоох, кэргэнэ 1982 с. культурнай-сырдатар училищены бүтэриэҕиттэн культура эйгэтигэр үлэлиир, ол иһигэр тоҕус сыл Госфилармонияҕа, билигин оҕотун көрөн олорор. Итиччэ кыра хамнаска хайдах аһаан-таҥнан олороллорун киһи сөҕөр. Бу уопсайга музыкальнай училищены, консерваторияны бүтэрбит, Музыкальнай театр солиһа Борис Алексеев эмиэ унньуктаах уһун сылларга дьиэҕэ-уокка тиксибэккэ кыра оҕотунаан, кэргэнинээн (кэргэнэ эмиэ культура үлэһитэ) олороохтууллар. Телевизорга, радиоҕа истэр-көрөр, биллэр дьоннорбут кыһалҕаттан түүнүн муоста сууйан, ардыгар бытыылка да туттаран харчы эбинэр түбэлтэлэрэ элбэх. Махно этэринии аҕыйах axcaaннаax сахалар үчүгэй, куһаҕан, хара, үрүҥ диэн арахсыбакка, бу бутуурдаах кэмҥэ өссө эбии сомоҕолоһон, бэйэ-бэйэни өйөһөн иһэрбит наада этэ. "Министр А. С. Борисовы 1972 с, билэбин уонна миэхэ көмөлөһүө диэн мэлдьи эрэнэбин", - диэн Владимир Иванович ис санаатын этэр. Yгүc салайааччылар дьоҕурдаах, үлэһит дьону үйэлэрин тухары хара үлэҕэ туһанан, олоҕун сүмэһинин куурдан баран күрдьүккэ анньан кэбиһэллэрэ сонун буолбатах. Владимир Семеновиһы оннук дьылҕа күүппэтэр ханнык. Өссө да Махнону сценаҕа көрүөхпүт, кини ииппит оҕолоро биһигини үөрдүөхтэрэ диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
|