Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Уххан. Тыыннаах муусука тыыннаах

Ый анараа өттүгэр Майаҕа “Ый суола” диэн 7-9 кыл. үөрэнэр оҕолор саҥа тэриллибит рок бөлөхтөрүн сүрэхтэниитин “Сэргэ” бөлөх салайааччыта А.Босиков-Босс тэрийэн ыыппытын “Орто дойду” №-гэр суруйан турабын.
Бу сырыыга эмиэ саҥа тэриллибит, идэлээх музыканнартан таҥыллыбыт “Тыыннаах” диэн бөлөх сүрэхтэниитигэр Уус Алдан Бороҕонугар баран кэллибит.
Тумус Мэхээлэ, Георгий Сергучев, Алексей Егоров, Уххан, араас бөлөхтөртөн истээччилэр-көрөөччүлэр, “Чолбон”, “Айтал”, “Дапсы”, “103”, “Ый суола” “Аартык” бөлөхтөр, ырыаһыттар Байбал, Анатолий Бурнашов, Бүөккэ Бөтүрүөп о.д.а тийэн “Тойон Мүрүгэ” рок тойон түһүлгэтин тэрийдилэр.
“Тыыннаах” бөлөх салайааччыта Константин Слепцов – Кучумаан, Уус Алдан култуураҕа салаата, куораттан “Дапсылар”, Тумус Мэхээлэ быһаччы тэрээһиннэринэн, көмөлөрүнэн бу тыыннаах музыкаҕа “Тыыннаах” бөлөх сүрэхтэниитэ туйгуннук уонна маанытык ааста.
Уус Алданнарга олох соторутааҕыта Суоттуга тэриллибит “Аартык” бөлөхтөрө эмиэ сүрэхтэннэ.
Уххан.
Тыыннаах муусука тыыннаах !
(Сахалыы рок көс түһүлгэтэ Тойон Мүрүгэ)

Саха сиригэр ВИА -лар ааспыт үйэ 70-80 сс. киэҥник тарҕаммыттара. Ыччат гитараны, атын да муусука тээбириннэрин доҕор оҥостубута. Ыччат ыллыыр-туойар дьоҕура, муусука доҕуһуолугар кутун туттарыыта күргүөмнээбитэ.
Билигин өйдөөн, ырыта санаан көрдөххө бары биллэр ырыаһыттарбыт, мелодия айааччыларбыт, гитаристар, ударниктар, клавишниктар, тыас-уус таҥааччылар бары ити кэмнэртэн тэбиктэнэн тахсыбыттар эбит. Ыччат да, улахан да дьон түмсэ түһүүтэ баяна, гитаарата суох буолбат этэ. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, нэһилиэк аайы бииртэн биир ВИА-лар тэриллэн, талааннаах-дьоҕурдаах оҕолор тахсан барбыттара. Рок муусука сайдан барбыта. Саха эдэр ыччатын көҕүн көтөхсүбүтэ.
Уус Алдаҥҥа 1978 с. соҕурууттан кэлэ сылдьар Валерий Абдиркин диэн нуучча уола Бороҕоҥҥо бастакы ВИА-ны тэрийбитэ дииллэр. Михаил Сивцевтээх оччолорго ооннььууллара үһү.
1982 с. Петр Копырин салайааччылаах “Мүрү” ВИА тэриллэр. Гена Семенов – гитарист, Иван Дегтерев – бас гитара, билигин иккиэн “Уран” бөлөххө бааллар. Костя Иванов, Афанасий Троев, Виктор Ефимов оонньоон, ыллаан-туойан ааспыттар.
Бу “Мүрү” бөлөх тэбэр сүрэҕин тэтимэ күүстээх барабаншик, ударнай инструменнары айааһааччылара Марфа Свинобоева диэн кыыс эбит. Саха ВИА -ларыгар кыргыттар ударнайга олорбуттарын мин соччо билбэт этим.
Бэрийэҕэ “Кэскил” диэн бөлөҕү Антон Васильев тэрийэн ооньньоон сылдьыбыттар. Олортон Ким Семенов диэн тыас таҥааччы, кэлин анал үөрэҕи ылан билигин НВК-ҕа үлэлиир.
1990-с с. Бүөккэ Бөтүрүөп аатырбыт “Мүрүчээнэтэ” тахсар. Бу бөлөххө уларыйа сылдьан элбэх мусукаан ооннььообута дииллэр. Валерий Пестряков – бас гитаара, Александр Дмитриев – клавиша, Анатолий Дегтярев – гитаара, Толя Ховров – солист, Ганя Свинобоев – гитара.
1994 с. Б.Бөтүрүөп “Дэриэбинэ” уола киин куоракка киирэн дуораһыйар. Ырыаһыт, мусукаан, ырыа айааччы быһыытынан аатыран-суолуран барар. “Дэриэбинэ” ырыатыгар, мин билэрбинэн бастакы музыкальнай клип оҥорон телевизорга таһааран үөрдүтэлиир. “Дуораан” диэн республикаҕа киэҥник биллибит студияны тэрийэн үлэлэтэр. Бу студия бородууксуйатын туһамматах ырыаны сөбүлээччи саха сиригэр суох буолуо оҥоробун. “Дуораан” прдюссерскай киин тэрийэр уо.д.а Бүөккэ Бөтүрүөп саха музыкальнай култуурата сайдарыгар, ырыа- тойук тарҕаныытыгар, 90-с сыллартан улахан хамсааһыны, ырыаһыттары иитэн таһаарбыт, өйөөбүт, оранжиравка бөҕөтүн оҥорбут, этэргэ дылы мутуктан хаптаһыҥҥа тийэ муҥун ытаппыт мусукаан буоллаҕа. Кэлиҥҥи кэмнэргэ сахалыы хайысхаҕа уурбут-туппут ырыалара туох да майгы.
Бу кэнниттэн Уус Алдаҥҥа чуумпу кэмнэр кэлэллэр. Кинилэргэ эрэ буолуо дуо, дойду үрдүнэн тыынаах муусука хабахха тыынар кэмнэрэ этэ. Барытыгар фонограмма баһылыыр. “Плюсовкалаах минисовка” көҥүл айбардыыр үйэлэрэ кэлэр. Ырыаһыттар студияҕа харчы төлөөн тупсарыллан оҥоһуллубут ырыаларын холбоон кэбиһэн баран айахтарын хамсатан “ылыыр” “сайдыылаах” кэмнэрэ. Оҥоһуу куолас, муусука, үтүктүү, шоу, бэйэ- бэйэттэн, онтон-мантан уорсуу, буоллун-хааллын тыл-өс үгэннээбитэ. Бу фонограмманы, дьону албыннааһын көрүҥүн быһыытынан көрөн суутунан, сокуонунан бобуу баран эрэр. Дьон тыыннааҕы, дьиҥнээҕи баҕарар. Албыҥҥа хаччытын төлүөн баҕарбат.
“Табык” рок муусука этничэскэй фестивала да көтө-көтө ыытыллар буолбута. Аны, бу да фестивалбыт барыны барытын хаба сатаан, муусука үрдүк оскуолатыттан, кытай фольклоругар тийэ хабан ыыта сатыыр буолла, нуучча частушкатын киллэрэрэ эрэ хаалла бадахтаах. Элбэх үбү кутан туран нуучча биллэр бөлөхтөрүн ыҥыран оонньотоллоро туох да туһата суох, арай кинилэр ааттарынан харчы киллэринэргэ көмөлөөх буолуон эрэ сөп курдук. Россиялар биһиги рокпутун бэйэлэриттэн ордук тутан аан дойду таһымыгар таһаарыахтара диэн эрэнии –бүппүт майгы.
“Табык” этничэскэй рок хайысхатын ыһыктыбакка уруулуу түүр омуктар дойдуларын ыҥырара уонна ити эйгэннэн аан дойдуга суол тыырара, саха сирин аатыттан бэйэ быһаччы тахсара сөптөөх буолуо этэ диэн урут да этэрим, билигин да этэбин. Ааспыт “Табыктарга” сахалар рок бөлөхтөр суохтарын тэҥэ этэ. 40- ча нууччалыы тыллаах бөлөхтөртөн сайаапка киирбитэ. Нуучча рогун фестивала буолбута.
Сахаларга тыыннаах муусука эйгэтигэр урут аатыра-суолура сылдьыбыт бөлөхтөр билигин солбуктарын көрдүүллэр.
Урукку “Чороон” салайааччыта Георгий Сергучев “Дапсы” диэн бөлөҕү тэрийэн, кэлиҥҥи уонча сылга сахабыт сирин чулуу бөлөҕө буола сылдьар.
Бу Бороҕоҥҥо түмсүү төрүөтэ буолбут “Тыыннаах” бөлөх салайааччыта К.Слепцов- Кучумаан “Дапсы” бөлөх киһитэ буолар. Дапсылар бары да кэриэтэ билигин тус-туспа сирдэринэн тарҕаһан, анал суол тыыран үлэ-хамнас, аат-суол буолан сылдьаллар. Кучумаан дойдутугар кэлэн туох да ааттаах бөлөҕү тэрийэн улууһун аатын ааттатан эрэр, ааттатыа да турдаҕа. Билиҥҥитэ, аппаратуралара суох, үлэлэригэр хамнастара эмиэ суох. Сүрүн састаап : Гаврил Свинобоев –Гаят, Дмитрий Готовцев, Слава Кривошапкин – Уруйдаан, Алексей Брежнов. Ааспыкка баар Филип Габышев “Аартык” диэн саҥа бөлөх тэрийбит.
Кырдьаҕастартан “Сэргэ” (Майа) сал. А.Босиков – Босс “Ый суола” диэн 7-9 кыл оҕолоруттан тэрийбит бөлөҕүн, ааспыт сырыыга Майаҕа сүрэхтэниилэригэр көрбүппүт. Бу сырыыга олох кылгас кэмҥэ биллэ тупсубуттарын хайгыы иһиттибит. Майалар дьоннорун өйөөн хамнас көрбүттэрин үөрэ иһиттибит. Ол аатта идэтийэн туран үлэ барыахтаах.
“Тыыннаахтар” тэриллибиттэриттэн күөттэнэн, бу олох кэлин, Суоттуга “Аартык” бөлөх тэриллибит. Салайааччылара Филип Габышев – лидер гитара, Володя Охлопков – солист, Тимофей Татаринов –ударник, Петр Охлопков – бас гитара. Бу саҥа саҕалаан эрэр эдэр уолаттар “Тыыннаахтары” кытта тэҥҥэ сүрэхтэннилэр. Бастакы улахан түһүлгэлэрэ айар сайдыыннан тэбиктэнэригэр баҕарабыт.
“Тыыннаахтар” сүрэхтэниилэригэр сылдьыбыт “Чолбон”, “Айтал”, “Дапсы” курдук ааттаах-суоллаах бөлөхтөр, Тумус, Георгий Сергучев, Алексей Егоров, Бүөккэ Бөтүрүөп, Анатолий Бурнашов, Байбал курдук биллэр дьон алгыс тылларын, үтүө баҕаларын эдэрдэргэ -“Тыыннаахтарга”, “Аартыктарга”, “ 103”-гэ, “Ый суолугар” анаан эттилэр.
Ааспыкка Майаҕа уонна манна буолбут тыыннаах муусука көс түһүлгэтин тэрийэн ыытыыга аппаратуранан, автуобуһунан хааччыйбыт Култуура колледжын дириэктэригэр Аграфена Дмитриевна Макароваҕа, звукоинженер Леонид Иванов – Лүҥкүргэ, кини көмөлөһөөччү уолаттарыгар бары махталларын тийэрдэллэр.
Чахчы да үчүгэй, тыыннаах муусука түһүлгэтэ буолан ааста. Хатас “103” бөлөх (сал.Игорь Капитонов) эбии саҥаны иһиттибит. Хатас уолаттарын хатан тыыннара бырыбытын өрүкүттэ. Бары да бөлөхтөр туох эмэ саҥалаахтар. “Чолбоннор” 25 сыллааҕыта бастаан саҕалыылларыгар оонньуу сылдьыбыт ырыаларын толордулар. Дьиҥинэн оччолорго Тумус бэйэтэ солистаан сылдьыбыта биллэр. Бу сотору Чолбоннор дьоро киэһэлэрэ буолуохтаах, онно Түмүс тус бэйэтэ ыллыырын истэр инибит дэһэллэрин иһиттим. “Айталлар” эмиэ бу күннэргэ дьоро киэһэлииллэр. “Дапсылары” кытта Уус Алданнар бэйэлэрин уолаттара Бүөккэ Бөтүрүөп, Анатолий Бурнашов тахсан үөрүү-көтүү бөҕө буолла. Байбал табыллан ыллаата.
Дьэ уонна саамай үөрүүлээҕэ, киһи махтанара диэн, улуус кулубата Иннокентий Бочкарев бэйэтинэн, бастакы солб. Е.С.Заболоцкая, култуура управлениятын салайааччыта Борис Заровняев буолан кэлэн, бу түһүлгэҕэ кэлэн кыттыыны ылан көрдүлэр –иһиттилэр. Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тийэртилэр. Уонна Правительство бириссидээтэлэ Егор Борисов дьаһалынан Уус Алдан улууһугар бэриллиэхтээх 1,5 мөл. сууммалаах аппаратураны “Тыыннаахтарга” туттарага диэн мэктиэ сурук туттардылар. Үөрүү-көтүү бөҕө буолла.
Уус Алдан киһилии аппаратураланан тыыннаах муусука да, студиялар үлэлээһиннэрэ, ыһыахтар, араас фестиваллар, күөн күрэстэр да тэрээһиннэрэ сэргэхсийэригэр эрэннибит. Эдэрдэри иитии, үөрэтии барыахтаах. Анал штат көрүллэн уолаттар хамнастаах үлэлэнэр кыахха киирдилэр диэн эмиэ үөрүү буолла.
“Тыыннаахтар” улуустарын дьаһалтатыгар махталлара улахан. СР ырыа айааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ СР үтүөлээх артыыһа, Алексей Егоров, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ култуура колледжын преподоватэлэ Георгий Сергучев, саха рок муусукатын аҕата ытыктабыллаах Тумус Мэхээлэ улуус салалтатыгар эрэмньилээх махтал тылларын эттилэр.
Тыыннаах муусукаҕа рок көс түһүлгэлэрин салгыы сайыннарарга, Култуура министиэристибэтин бюджетыгар анал строка көрүллэн, улуустарынан тыырыллан тыыннаах муусукаҕа аналлаах көс түһүлгэлэри ыытар хайаан да наадалааҕын дьүүллэстибит. Муус устар 7 к. Горнай Бэрдьигэстээҕэр маннык рок көс түһүлгэтин тэрийэн ыытарга диэн буолла.
Эһиилгиттэн былааннаан саатар 10 ча улууска рок көс түһүлгэтэ тэриллэрэ буоллар улахан хамсааһын буолуон сөп этэ. Манна анал семинардаан, уһуйаан, маастар кылаастары, ырыа тылын-хоһоонун ырытыыны тэҥҥэ ыытыллыахтаах. Улахан маастардар тыаһы-ууһу таҥыыга, муусука араас тээбириннэригэр оонньооһуҥҥа, ырыаҕа-тойукка үөрэтэллэрэ, тута көрдөрөн сүбэ-ама биэрэллэрэ улахан туһаны аҕалара саарбаҕа суох. Култуура министиэристибэтэтэ көс түһүлгэ кыттыылаахтарын этиитин өйөөн эһиилгиттэн бюджетка анал строка көрөрүгэр баҕарабыт.
Уус-Алданнар кэлбит бөлөхтөрү бэркэ көрсөн аһатан атаардылар.
Майаҕа эмиэ оннуга. Дьэ мин манна биири бэлиэтиибин. Урут рокердар, мусукааннар, ырыаһыттар муста түстүлэр да “муоска туруохха, муннугу кэйиэххэ дылы” аргылааһыннаах буолара. Айар куттаах дьон “аһыырбытын” сөбүлүүр дьон этибит буоллаҕа. Ол кистэл буолбатах. Кэлиҥҥи сылларга ити уурайан эрэр. Арыгы баара, аһыан да сөптөөхтөр бааллара да ааһа барар киһини көрбөт буолбутум ыраатта. Табыкка биир оннук буоларын урут бэлиэтээн суруйан турабын. Биир эмэ куһаҕан быһыы сэмэлэнэр, сиэри кэһии курдук ааҕыллар буолбут. Иһэр-аһыыр киһи туох күттүөннээҕи оҥоруой, ону өйдүүллэр. Ити үчүгэй. Тыыннаах рок муусукаҕа кутун-сүрүн туттарбыт бөлөхтөр, ырыаһыттар-мусукааттар түмсүүлээх, бэйэ-бэйэни өйөһөр, өйдөһөр туспа ураты ыраас эйгэлээхтэр. Түмсэ, муста түһэн тугу баҕарар оҥоруохтарын сөп. Кинилэр айымньылара кукка –сүргэ тийэр иитиилээх, тыыннаах. Тыыннаах киһи – тыыннаах эйгэни, тыыннаах иэйиини баҕарар!
Тыыммыт чөл буолуохтун! Рок көс түһүлгэтэ салгыы Горнайга айанныыр.
Уххан. Дьокуускай-Бороҕон.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 3281 | Comments: 1 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 27
Ыалдьыттар (гостей): 27
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024