Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Көтөр дорҕооннор

Ыра тыла ырыа буолан көтөр дорҕоонноро  саала иһин толорор. Сценаҕа 70-90 сс. республикаҕа эрэ буолбакка сойууска тийэ  аатырбыт биһиги “көмүс тенорбыт“ ыллыыр. Кини этигэн куолаһа музыка доҕуһуолугар  бигэнэн, тыл иэйиитигэр уйдаран санаа ситимин устун сайа көтөр. Хайдах эрэ  кынаттаах дорҕоон аргыый дайбанан ыла­ыла истигэн салгыҥҥа умсаахтыыр, өрө  кыырайан тахсан тайаара дайдарар. Ыра санаам көмүс дорҕоонноро көтөллөр…
                    Ырыа,  ырыа барахсан дьикти да умсугутар уран оҥоһуулааххын, иһирэҕи , истиҥи уһугуннарар  нарын да иэйиилээххин. Хас биирдии истээччи кутугар­ сүрүгэр тырымнас иэйии  тымырын­ сыдьаанын булаҥҥын иҥэн киирэр имигэс иһирэххин, истигэн истиҥҥин.
  Ырыаны  сөбүлээбэт киһи суоҕа буолуо оҥоробун. Ырыа да ырыаһыт да араастаах. Ким төрүөҕүттэн  удьуор ырыаһыт, ким кимтэн эмэ истэн үөрэнэр, ким анал үөрэҕи бүтэрэр. Сорохтор  ырыаны идэ оҥостон олохторун аныыллар.
  Бүгүн,  хаһыаппытыгар ыалдьыттыыр
  Семен Петрович Оконешников ­ Суорун  Омоллоон аатынан Опера уонна Балет театрын солиһа, 1982 с.РФ үтүөлээх артиһа,  1993 с. РФ народнай артиһа . Кини Нам Бөтүҥүттэн төрүттээх,  Мусоргскай аатынан Свердловскайдааҕы концерваторияны 1975 с. бүтэриэҕиттэн, 30  сыл устата сүрүн тенор солист быһыытынан 20­тэн тахса опера партияларын  толорбута. Элбэхтэн аҕыйаҕын ааттаатахха:
  Нуучча  классикатыгар, Евгений Онегиҥҥа­ Ленскэй, Русалкаҕа ­ кинээс, Маайская ночь  ­ Левко, Князь Игорьга ­ Игорович партияларын;
  Аан  дойду классикатыгар, Реголеттаҕа ­ Гертог, Травиатаҕа­ Альфред, Сивильскай  цирюльникка­ Альмавила граф;
  Сахалыыга,  Ньургун Боотурга ­ Үрүҥ уолан,  Лоокуут уонна Ньургуһуҥҥа ­Лоокуут, Кыһыл ойууҥҥа ­ Саһыл ойуун, Хотугу сибэкки  опереттаҕа­ Ахмед, Биһик оператыгар ­ Кыра уол оруолларын ситиһиилээхтик  толорбута.
  Элбэх операларга, оперетталарга,  коцертарга, оҕо испктээкиллэригэр, радиоҕа, телевиденияҕа төһөлөөх ыллаабытын  этэ да барбаккын.
  Мин  тус бэйэм, Семен Оконешников дорҕоону көтүтэр айылҕаттан бэриллибит  дьикти кэрэ куоластааҕын, ырыаны дууһатынан  ыллыырын сөҕө махтайа истээччибин. 80­с сылларга аатыра сылдьыбыт “Эҥсиэли“ вокальнай квартетка Семен Дьяконов, Илья Иевлев, Сергей Попов буоланнар киэҥник  кэрэхсэммиттэрэ. Хаһыаччыт буоларбынан дорҕоону сатаан көтүтүү, иэйэн­ куойан  “дууһаннан ыллааһын“  туһунан  кэпсэтиэхпин, сэһэргэһиэхпин, Семен Петрович   санаатын истиэхпин баҕарарым.
  Киһибин эрдэттэн үлэһэн, ол эрэн  эмискэччи кэл кэпсэтиэх диэтим. ­Туох ааттаах ыксаллаах киһигиний ,­диэн буолла…
  ­Былааҥҥа киирбитиҥ ­ диибин.
  Сэмэн сэмэй эбит. Уруккутунан  буоллаҕына иһигэр буорахтаах киһи буолуохтаах диэн испэр саныырым. Онтум, баара  киһим “буорахпын кыайан ситэ эспэккэ, көрдөрбөккө хааллым“ диэх курдук , хайдах  эрэ сиппэтэх­ хоппотох санаа тамаҕа иһиллэн ааһыталаата. Бачча үлүгэр аатырбыт­  суолурбут киһиэхэ санаата туоллаҕа дии саныаххыт. Ол эрэн айар үлэҕэ  айымньылаахтык сыһыаннаһар киһиэхэ ситэрдим­ хотордум, бүтэрдим ­ оһордум, сөп  буоллум диэн санаа өрүү суох буолааччы. Айылҕалаах айар үлэһити мэлдьи “төрүүрүн  кэтэһэ“ сылдьар туруктаахха майгыннатыахха сөп.
  Кэпсэтиибит ырыа,  ырыаһыт диэн кимий ­тугуй диэҥҥэ хайыһар.
  ­“Биллэн турар ырыаһыт диэн айылҕаттан бэриллибит куолас “­диэн  Семен Петрович кэпсээнин саҕалыыр.
  ­Куолаһа суох хайдах ырыаһыт  буолуоххунуй?  Онтон дууһата, өйө  ирдэнэр. Бэйэтин нөҥүө ыытар дьоҕура. Тыл ис хоһоонун өйдүүр эрэ буоллаҕына дууһата  оонньуур. Дууһа,  эмиэ айылҕаттан  бэриллэр. Кини куолаһыҥ тембрын кытта ситимнээх буолуохтаах. Тембра эмиэ айылҕаттан.
  Уххан: Исскуствненнайдык техника көмөтүнэн оҥоһуу диэн эмиэ баар дии…
  ­ Ол оҥоһуута биллэр, кыайбатаххына  иэдээн. Анаан үөрэтэллэр Оччоҕо дууһаҕар баара бэйэтэ тахсар
  У: Дууһалаах ырыа диэҥҥэ санааҥ  хайдаҕый?
  ­Дорҕоон көтүүтүгэр иэйэр сүрэх,  манньыйар быар ылластаҕына биирдэ дорҕоон  “дууһалаахтык“ көтөр.
  У: Оттон дорҕоон көтүүтэ?
  ­Маппый (Матвей Лобанов) “вокальнай  эхо“ диэн этэрэ. .Куолаһы өй дуорааннааахтык тембрын сүтэрбэккэ,  күүһүлээбэккэ ыраах көтүтэҕин. Оҥоһүүлаах  саалаҕа дорҕоон ордук көтөр. Аккустика диилэр. Уонна алааска көтөр. Онно көтүппэт  буоллаххына ханна да көтүппэккин.
  У;: Ырыаҕа дууһа, дорҕоон көтүүтэ  уонна…
  ­Ырыа тылыттан, ис хоһоонуттан  тутулуктаах , мелодията тыллыын сөп түбэһиэн наада Үчүгэй тылга табыллыбыт  мелодия ырыаһыт дууһатыгар киирдэҕинэ, кэлэн күөмэйгэ олорор. Ону эйээрдэн,  салгыҥҥа сөп түбэһиннэрэн, нуһараҥ  киэһэ  таһырдьа, саал иһэ.да буоллун эҥсиллэр дуораанын (аккустикатын)  өтө билэн, куоласкын бэлэмнээн ыллыыгын.  Табыллардаах, табыллыбаттаах. Ол барыта өйгүттэн санааҕыттан, иэйэр туруккуттан  тутулуктаах буоллаҕа. Професоналы, ол аата идэлээх ырыаһыты хайа да түгэҥҥэ сөптөөхтүк  ыллыырга үөрэтэллэр.  Ырыаны хайдах  ылынара көрөөччү бэйэтин настырыанньатыттан эмиэ тутулуктаах. Ону таба тайаныы.  Көрөөччү настройун билии.
  У: Кимнээҕи көтөр  дорҕоонноохтор диигиний?
  ­Көтөр дорҕоонноох чулуу ырыаһыппыт  Матвей Лобанов этэ буоллаҕа. Илья Превалов үчүгэйэ эбитэ үһү. Николай Баскаров  этэ. Билигин Иван Степанов, Мария Николаева, Альбина Борисова, Нина Чигирева,  Айталина Адамова о.д.а. Сахалыы ырыаларга   Марыына Попова дорҕоонноро көтөр.Ол куолаһы ханна хайдах оҥорон таһааралларыттан  тутулуктаах.
  Мин санаабар сахаларга бас Матвей  Лобанов, киһи көҕүрэппэт да эппэт “образец вокала, эталон, мировой куолас“  этэ.  Дэҥҥэ көстөр айылҕалаах ырыаһыты  педагог таба тайанан оҥордоҕо. Иван Степанов  айылҕалаах куолаһын бэйэтэ чочуйбута, худуоһунньук буоллаҕа. Үлэһитэ  бэрт.Тэҥэ суох улахан ырыаһыт. Россияҕа Шаляпин конкурсун кыайыы диэн сүдү  улахан ситиһии . Оннооҕор нууччаларга тэҥнээҕэ көстүбэтэҕэ. Аан дойду таһыма .  Киһи сүгүрүйэр дьоно.
  У: Көлүөнэ  аайы бииртэн биир тахсан истэҕэ дии?
  ­ Норуот ырыаһыта Кыыл Уолун  кимиэхэ тэҥниэххиний.  Урукку кэмтэн, көлүөнэ­  көлүөнэ үтүөкэннэх ырыаһыттар биһиэхэ бааллар. Екатерина Захарова, Анна  Егорова, Дария Барашкова, Анастасия Лыткина, Надежда Щепелева, Зинаида  Габышева, онтон Анегина Ильина, Ая Яковлева, Мария Николаева, билигин Нина  Чигирева, Альбина Борисова, Айталина Адамова чаҕылхайдар. Анна Максимова, Анна  Саввина, Марина Силина, кэскиллээх тенордар коллегаларым Григорий Петров,  Николай Попов, Юрий Баишев,  ырыаһыттар  Николай Бахвалов, Анна Сгонникова, Ирина Чичкова. Эстрада популярнай ырыаһыттара  Раиса Захарова, Алексей Егоров уод.а.
  У: Айылҕа, талаан ыраһыты ырыаһыт оҥорор  буоллаҕа.
  ­Эстрада, фольклор, опера ­  барытыгар айылҕа, айылҕалаах тахсар. Бэйэ туругар сатаан киирэн, холобур  Аскалон , Байбал бэйэлэрин ычаларыгар, таһымнарыгар кыахтарын иһинэн ыллыыллар  дии. Ону билэллэр. Бэйэ кыаҕын таһымын, эйгэтин билинии наада. Үөрэтээччиттэн  улахан тутулуктаах. Ырыаһыты сатаан табан үөрэтии бу киһи инникитин быһаарар.
  У: Ырыаһыкка хайдах өй нааданый?
  ­Ырыаһыкка вокальнай өй наада. Дорҕоон  хайдах, хантан тахсарын чувствуйдуохтаах, өйдүөхтээх. Дорҕоону тембрга сөп түбэһиннэрэн  резонатордарынан ыытыы . Тыыҥҥа сатаан дорҕоону туруоран чыһыырдан, синньэтэн сөптөөх  тембрга туох баар аппарааты туһанан чувствуйдаан, регулировкалаан таһаарыллыахтаах.
  Күөмэйи тыыҥҥа сатаан, сөпкө  туруоруу улахан суолталаах. Тембр эмиэ айылҕаттан. Бархат, өрүс сүрүгүнүү,  сыккыс, сырык уутунуу.кылыгырыыр араас куолас баар. Барытыгар өй наада. Ону өйдөөбөт  киһи бэриллибит кыаҕын да сатаан туһаммат.
  У: Эйигин “дууһалаах“ иэйэн­ куойан  туран ырыаны ыллыыр киһиннэн билинэбин, эн хаһан эмит ытыаххар дылы  ыллаабыттаахын дуо?
  ­ Ырыаны хайдах ылынаргыттан.  Барыта тылтан, айымньы ис хоһоонуттан. Италия улуу ырыаһыта Бениамино  Джильи  ытыы­ытыы ыллыыра эбитэ үһү.  “Уобараска“ , дууһатынан тылыгар наһаа  киирэн тохтоон бөтөн хаалар эбит.  Наһаа  дууһаҕа киирдэххэ оннук . Аһара киирэн хаалан бэйэтин кыаммакка проваллыыр  эбит. Ол иһин бэйэҕин хонтуруолланыахтааххын. Бэйэни кыана туттуу, иэйиини  сатаан, сөбүгэр , кэмигэр сөп түбэһиннэрии, бэйэтэ туспа дьоҕур, талаан буоллаҕа.  Матвей Лобанов “ Ах ты ноченька,“ нуучча народнайын, “Гори, гори моя звезда “  романсы табыллан ыллаатаҕына харах уута кэлэрэ…
  Арай, урут биирдэ,  саас миигин атастарым  Родомир Борисов, Валериян Емельянов Нам Бөтүҥэр  Дьөгүөрэ диэн  тээтэбинээн оттуур  сирбитигэр кустуу диэн ыҥыран илтилэр.   Онно “аҕам алааһын“ үчүгэйдик да табыллан ыллаабытым. Тээтэбин субу  баардыы, хотуурун таптайа олорорун илэ көрөн турар курдугум. Дьикти турукка  киирбитим… Булчуттар элбэхтэрэ . Ону ахталлар ытыы­ытыы ыллаабыта диэн. Харах  уута кэлэрэ ханна барыай, иэйдэххэ­ куойдахха, сүрэххинэн­ быаргынан ылынар  буоллаххына. Ким уйан, ким хатан, ким хаҕыс, араас буолар, эмиэ айылҕа.
  У: Оттон иччилээх куолас?
  Е. Захарова ытатар  иччилээх куоластааҕа эбитэ үһү. Иччилээх  ырыаһыттар бааллара. Николай Алексеев диэн драмаҕа артистаабыта. Иччилээх күлүүлээх  этэ. Киһи иэнэ кэдэҥнээн, куйахата күүрэрин курдук күлэрэ. Абааһы оруолун  толороро. Тойуксүт ырыаһыт бэрдэ этэ, ырыатыгар эмиэ түгэхтээх, иччилээх баара.  Лааһар Сергучев артыыһынан, кини ырыатынан кыайаллара. Оттон дууһалаах куолас  элбэх.
  У: Операны ахтыбакка, сахалыы  ырыаларга саамай сөбүлээн толорор ырыаларыҥ?
  ­ Табылыннахпына, саамай сөбүлээн  ыллаабытым “Аҕам алааһа“,
  “Күһүҥҥү ырыа“ ,“Доҕоччугуом тоҕо  маннык“.
  У: Операҕа хааччах иһинэн,  олохсуйбут оҥкулунан ыллыыр буоллаххыт, бэйэ эбии айара тупсарара көҥүллэммэт  дии?
  Билиҥҥи анал идэлээх ырыаһыт  ыллыырыгар, омуккун, сахаҕын умнан кэбиһэҕин, опера сокуона эйигин хааччахтыыр.  Онтон көннөрү ырыаҕа бэйэҥ таптыыргынан.
  Операҕа анаан оҥоһуллубут куолас  ирдэнэр. Верди, Россини, Пуччини, Леонковалло айымньыларыгар олоҕуран толорор үгэс  “мировой стандарт“ үөскээбитэ. Куолас туруоруута онно сөп түбэһиэхтээх. Онно сөп  түбэһиннэрэн такайаллар, үөрэтэллэр,.атын куолаһынан хайдах да сатаан  ыллаабаккын. Ол иһин онно үөрэммит киһи эстрадаҕа киирэрэ ыарахаттардаах.  Итинтэн алын неаполитанскай ырыалар таһымнара норуоднай ыралары ситимниир.
  У:  Опера үөрэхтээхтэр эстрадаҕа ыллыылар буолбат дуо, эн да ыллааччыгын?
  ­Ыллыыллар, аҕыйахтар. Ордук академическай  ырыалары.
  ­Бэйэҥ этэҕин дии, “опералара“  биллэ сылдьар диэн.
  Бэйэ куолаһыгар  талан ылан популярнай да ырыаны ыллыахха сөп.
  Операҕа чугас  сахалыы академическай ырыалар ордук ылланаллар. Итиҥҥэ барытыгар тыыҥҥа үлэлээһин  эрэйиллэр. Операҕа уонна саха ырыаларыгар тыыҥҥа ыллананр неоплетанскай курдук  ырыалар бааллар, мин онно үлэлэһиэм этэ. Дьэ, ити “сэкириэппин“ бүччүм санаабын  ыһыгыннаран кэбистиҥ дии…Чэ, бэйэҥ билээр…
  “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр“ Алампа  ойоҕо прокуруорга иирэн барбытыгар суруйбут хоһооно. Ити дууһа ытабыла, санаарҕабыл,  хараастыы, хомойуу, хоргутуу. Ону сорохтор дэгэрэҥнэтэн үөрэ­ көтө ыллааччылар …
  “Үрүҥ туллук …“тыыҥҥа куолаһы, иэйэр  сүрэҕи­ быары олордон ыллааһын буолуохтаах этэ. Наһаа таптыыра бэрдиттэн  суруйдаҕа.
  “Үрүҥ эһэ арҕаһыныы“, “Доҕоччугуом  тоҕо маннык“  вокальнай ырыалар. Ноев  ырыалара чугастар. Лев Попов ыллыыра, олох үчүгэй тенор этэ. Кини Григорьяны  манна аҕалбыта, операҕа ыллаабатаҕа . Кини “Сахам сирин“ ыллыыра.  Биирдэ И.Гоголев ырыабын истэн баран наһаа  да үөрбүтүм, астыммытым  диэбитэ. Кини  тылыгар Григорян оҥорбүтун радиоҕа биэрбиттэрин истибит. Оччолорго Лев Попов  ити ырыаны ыллыыра. Нарын дууһалаах, көтөр куолас, ыраас диксия. Өйдүүгүөн,  “массыына тыаһаабат, хотуурдаах ыллаабат…
  У: Сахалыы операбыт төһө сайынна?
  ­ Сахалыыга наар урукку. Билбиппит  эрэ М.Жирков, Г.Литинскэй­ Ньургун Боотур, Г.Григорян ­Лоокуут уонна Ньургуһун  . Саҥа суох . Г.Комараков ­Манчаарыта турбута, Г.Григорян­Хотугу сибэкки­  опереттата, Г.Литинскэй­Кыһыл ойууна, З.Степанов­ Биһик­ырыата, Н.Берестов­  Иирбит Ньукууһа ­ Ойуунускай бириэмийэтин ылбыта. Саҥаны кэтэһэбит. Оттон  нуучча, аан дойду классиката элбэх буоллаҕа.
  У: Саха сиригэр консерватория  филиала, араас училищелар, иниститут баар, ырыаһыт бөҕө үөрэнэр, төһө элбэх  эдэр ырыаһыт эһигини солбуйаары сылдьарый?
  ­ Бааллар, кыралаан. Ол эрэн син  биир тийбэт. Ол иһин партияларга сөп түбэһэр ырыаһыттары атын сиртэн аҕалан  ыллатар буоллахпыт.
  Бэйэбит дьоммутун иитэбит. Бас аҕыйах.Тенор  син баар. Сопрано элбэх.  Мессо элбэх.  Кларатура тийбэт. Баритон баар.
  Операҕа киһи,  артыыс быһыытынан дьоҕур, үлэлиир дьулуур,  тулуур, кыһамньы наада.
  У: Хайдах олох кэллэ дии саныыгын?
  ­Билигин, биһиги курдук сааһырбыт  дьоҥҥо ыарахан, эдэрдэргэ көҥүл кэллэ. Талааннаах дьоҕурдаах, идэлээх киһиэхэ  олох үчүгэй. Биһиги эйгэбитигэр театр баарын тухары халбаҥнаабат конкуренция.  Оннук буолуо да буоллаҕа…
  У: Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
  ­Уруккуну умнумуохха, саҥаҕа бэлэм  буолуохха. Опера салгыы сайдыан наада. Опера ­ биһиги омук , республика быһыытынан  исскуствоҕа, аан дойдуга таһыммыт. Саха ырыаһыт омук. Түһэн биэриэ суоҕа дии  саныыбын.
  У: Сүрэҕиҥ баҕатын сүһүөҕүҥ уйдун,  ааспытыҥ астыннардын, кэлэриҥ кэскиллэннин. Махтанабын, биһиэхэ  ыалдьыттаабыккар.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2891 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 27
Ыалдьыттар (гостей): 27
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024