- дьэ ,Уххан, эйигин кытта ырыа тылын туһунан сэһэргэһээри ыҥыран олоробун, туохтан саҕалыыбыт?
- Туох барыта тылтан саҕаланар. Тыл баар буолан киһи диэн баар. Бары харамайдартан ордон, сайдан, тылланан КИҺИ диэн , бу орто туруу бараан дойдуну иилиир, саҕалыыр сүдү харамай үөскээтэҕэ. Тыл баар буолан киһи бэйэтин үөрүүтүн, хомолтотун этинэр. Этинэрин ааһан, онтун күннээҕи саҥатыттан – иҥэтиттэн уратытык куолаһыран ырыа – тойук диэни үөскэтэр. Тыл баар буолан олох баар. Тыл баар буолан омук диэн баар. Атын омук тылыгар атын өйдөбүл этиллэр. Киирии тылга киирии өйдөбүл. Дьиҥ кырдьык, илэ чахчы тылга баар. Ол да иһин хайа баҕарар омук аан бастаан ИЙЭ ТЫЛЫН харыстыыр. Олох тылтан саҕаланар. Оҕо саҥа тылланарын кэриэтэ. Оҕо тыла байан истэҕин аайы өйө хойдон анааран толкуйдуур хас биирдии дьайыытын салайынар буолан иһэринии, омук тыла сайдан истэҕин аайы байан, кыаҕыран иһэр.
- Тылбыт ырыаҕа кыттыстаҕына хайдах суолталанарый?
- Ырыа тылы пропогандалыыр. Кини ис хоһоонун өссө дириҥэтэн, кэҥэтэн, суолталаан биэрэн киһи кутугар – сүрүгэр дөбөҥнүк тийэрдэр. Ырыаҕа тыл кэрэтэ, дэлэтэ, суолтатын ис тыына доҕуһуол нөҥүө дьүөрэлэһэн киһиэхэ иэйиини тийэрдэр, долгутар. Самантан саҕаланар ырыа тылыгар эппиэттээх буолуу. Ырыа тыла – хоһоон. Хоһуллубут тыл. Маны эмиэ айылҕаттан айдарыылаахтар – тыл уустара чочуйаллар. Киһи кутугар – сүрүгэр төһө тийэр гына чочуллубутуттан, этиитэ санаата төһө табан таҥыллыбытыттан сиэттэрэн мелодия суруллар. Ол да иһин ырыа айааччы сүрүн ирдэбилэ, кэтэбилэ, манабыла тылга сытар. Этиллибит тыл төһө сөпкө иэтэр – куотар эбит диэн. Ирдэбилэ ити. Атын суох. Биһиги эстрадабыт эдэр өртүлэрэ ити ирдэбили умуннулар.
- Ырыа туохтан турарый?
- Ырыаҕа үс тус туспа айар идэ салаата кыттыһар.
Бастакытынан уус – уран тыл маастара, иккиһинэн музыкант, үсүһүнэн толорооччу ырыаһыт.
Бары тус – туспа киһи мыыммат, бэйэтэ туспа ураты сокуоннардаах айар идэлэр. Билиҥҥи эдэр ырыаһыттарбыт айылҕаттан бэриллиилэрэ, "талааннара", наһаа элбээн хаалан бу үһү барытын холбуу тутан ,"айаллар",. Дьиҥэ үксэ сымыйа, сиикэй буоллаҕа... Кинилэр хас биирдии ырыаларын ырытан ,"ыраас мууска", таһаартыахха сөп этэ.. Ол эрээри ити ханна баҕарар баар көстүү. Эдэр аата эдэр. Ардыгар айахтарыттан туох тахсарын бэйэлэрэ да сатаан быһаарбаттар. Наһаа чычаастар, билбэттэр, саамай хомолтолооҕо билэ да сатаабаттар. Ити эдэр саас ыарыыта. Үтүөрүү кэлэн иһиэ. Ол эрэн туох барыта кэмнээх кэрдиилээх. Итинник көстүү ирдэбиллээх кээмэйи баһыйан, куотан таһынан бардаҕына хаахтыйыы кэлэр. Эдэр ырыаһыттары иитии, үөрэтии, такайыы суох. Баар да буоллаҕына атын омук ньыматын үтүктээйилииргэ үөрэтэллэр. Уонна хантан сахалыы сайдыаҕай. Эстрадаҕа маргиналлар, бааһынайдар үйэлэрэ кэллэ диибин мин.
Бэйэлэрин киэнин билбэттэр. Киһи барыта улуу композитор, улуу поэт, эстрада сулуһа... Култуура министерствота итинэн дьарыктаммат буолта ыраатта. Аҥардас актерскай маастарыстыбаннан эрэ дьарыктанар. Эдэрдэргэ көмөлөһүүнү, иилээн саҕалаан биэриини көҕүлүөхтээх этэ буоллаҕа. Хаччы оҥорор фабрикаҕа кубулуйда. Куорат кулуубун боростой дьон өҥөйбөт буолбута ыраатта. Саатар улахан бырааһынньыктарга төлөбүрэ суох биир да кулууп үлэлээбэт. Кинилэр государствоттан үбүлэнэллэр эбээт. Маассабай култуура диэннэрэ харчылаах элита эрэ эйгэтин хабар буолла. Барыта дьаалатынан устар.
- Хайдах үлэлээтэххэ ырыа табыллар дии саныыгын?
- Народнай поэт Леонид Попов биирдэ миэхэ, тыл сыттаах, амтаннаах буолар дии дии манныгы кэпсээбитэ. Кини биир хоһоонугар киэҥник биллэр ырыа суруллубут. Ону толорооччу биллиилээх ырыаһыт Леонид Андреевичтан көрдөспүт -
ити эн ырыаҕын толорорбор тыраахтар туһунан этии баар, ону ыллаары гынным да айаҕым иһэ толору сэлээркэ сытынан туоларга дылы буолар, итини көннөрөн биэриэҥ дуо?-диэн. Тыраахтыр туһунан тылы ылан бырахпыттар, сэлээркэ сыта сүппүт. Буоллаҕа ити. Итинник хабааннаахтык авторы кытта бииргэ үлэлиир ордук дии саныыбын. Ырыа үс айар идэ дьүөрэлэһиититтэн табыллар. Мин Алексей Егоровтыын бэркэ тапсан үлэлээччибин. Кини тылга ураты ирдэбиллээхтик, дьоһуннаахтык сыһыаннаһар үрдук музыкальнай култууралаах ырыаһыт. Эдэрдэргэ холобур буолар киһи. Сиэн Тиитэптиин, Чолбоннордуун, Аскалоннуун, Байбаллыын тапсан үлэлиибин. Тылга ирдэбиллээх дьон. Дьиҥинэн кими баҕарар кытта үлэлиэххэ сөп, баҕа эрэ наада.
Бары өртүнэн чочуллубут ырыа үйэлээх буолар. Эдэрдэргэ ону өйдөтүөххэ наада. Табыллыбыт баҕайы ырыалар тыллара мөлтөхтөрүнэн, халы-мааргыларынан эстэн тахсаллара баар.
Төрүөхтэрин инниттэн төттөрү төлкөлөммүт, инбэлиит ырыалар үйэлэрэ уһаабат. Истэ-истэ кыһыйа олороҕун. Тылы сөпка саҥардан ыллаабаттарыттан. Эҥинэ араас тылы барытын таһаараллар. Хата ол ырыаларыҥ конкурска киирсэллэр, бастыыллар, альбом буолан тахсаллар, араадьыйаҕа чоргуйаллар уонна саха тылын буортулааһыны пропогаандалааччыннан буолаллар.
- Ону хайдах көннөрүөххэ сөбүй?
- Мин уруккуттан этэ сатыыбын, ханна да ханнык да ырыа күрэҕэ, ырыа тылын көрүүтэ суох ыытыллыа суохтаах. Тылын эрдэттэн ылан көрөн сыаналааһын баар буолуохтаах. Оччоҕо эрэ халы- мааргы тыллар суох буолуо этилэр. Ырыаһыттар тылларын эрдэттэн көрүнүө да этилэр. Ырыа тылыгар үрдүк ирдэбил туруохтаах. Жюриларга тыл ууһа баар буолуохтаах. Мөлтөх тыллаах ырыа бастыа суохтаах. Өскөтүн ийэ тылбытын харыстыыр буоллахпытына.
- Дэгэрэҥ ырыа туһунан кэпсээ эрэ.
- Ити уһун туспа кэпээн. Дэгэрэҥ туһунан биирдиилээн кэпсэтии барбыта ыраатта да ким да ити суол аныгы эстрадаҕа аартыгын була охсубатаҕа . Мин уруккуттан ыра санаам этэ. Тоҕо? Тоҕо диэтэргин мин үгүс хоһооннорум тэтимэ оннуктар. Ити саха сүрэҕин тэтимэ. Ити сахалыы хоһоон, ырыа ньымата, истиилэ да диэххэ сөп. Тоҕо эрэ нууччалар бэйэлэрин тэтимнэрин "русский стиль" дии-дии "өлөөрү" гыналлар. Оттон саха истиилэ бу дии-дии "өлөөрү" гыммыт киһини көрбөппүн. Бэйэбитигэр туох да суоҕун курдук үтүктээйилээн тахсабыт. Эбисийээнэбитигэр төттөрү түһүөх курдукпут.
Дэгэрэҥи бастаан эстрадаҕа Христофор Максимов киллэрбитэ. Ону ити билигин Дмитрий Иванов ыллаан үйэтитэ сатыыр, маладьыас диэххэ наада. Аныгы эстрадаҕа Сиэн Тиитэп дэгэрэҥ аартыгын суолун тэлэйэ баттаата. Мин хоһооннорбор 20-чэ ырыаны тута суруйбута. Билигин аан аһаҕас, ким баҕарар, хайдах баҕарар тутар хабар кыахтанна. Бу буолар аныгы эстрадаҕа саҥа көстүү. Буолаары буолан сахалар бэйэлээх бэйэбит гиэммит.
Христофор Максимов 85 с. анаан республикатааҕы дэгэрэҥ ырыа көрүү түһүлгэтин тэрийэн ыытаары сылдьабыт. Ким баҕалаах онно кэлэн кыттыа. Биллэриитэ тахсыа.
- Түмүккэр туох диэҥ этэй?
- Саха ырыата – саха сүрэҕин тэтимэ диибин. Саха ырыаһыта бэйэтин сүрэҕин тэбиитин истиэхтээх.