Мин Тоҕус уолаттарын үксүлэрин билэттиибин, сорохторун
кытта уонунан сылларга бииргэ алтыһан атасдоҕор оҥостубут дьонум.
Сорохторо кинигэлэрбэр киирбиттэрэ. Алексей Егоров, Өркөн холбоон мин
тылларбар уонтан тахса ырыалаахтар. Билигин да суруйа сылдьаллар.
Байбал эмиэ биллэр ырыалардаах. Өссө да үлэлии сылдьабыт. Аскалон эмиэ
ырыалаах. Тыымпы уолаттара саха эстрадатыгар биллэр көстөр суолу
үктээн иһэр талааннаах, дьоҕурдаах уолаттар. Өскөтүн саха
эстрадатыттан бу дьону ылан туоратан баран көрдөххө иһиттэххэ хайдах
көстүү буолуо этэй дьэ? Итинник, кинилэр саха сүрэҕэр , кини ырыа
кутугар уйа туттан биһиги иэйэр, манньыйар, астынар , дуоһуйар
сорҕобут буолбуттар. Бу ырыа куттаах Тыымпыга 194 хаһаайыстыбалаах.
375 улахан , уопсайа 612 киһилээх нэһилиэк. Үгүс сиргэ нэһилиэктэр
кыччыы, көҕүрүү турар буоллахтарына Тыымпы нэһилиэгэ сылын аайы элбии,
сайда, кэҥии турар. Бу биир кыра
нэһилиэктэн тоҕо бачча элбэх биллэркөстөр ырыаһыт таҕыста диэн
үгүстүк ыйытааччылар. Ити ыйытыкка бүгүн хоруй көрдөөн көруөхпүн
баҕардым. “Тыымпы дьоро киэһэтэ“ буолаары турарынан Тыымпы айар куттаахтарын, чуолаан ырыаһыттарын туһунан кэпсэтиэхпит.
Тыымпыга 1942 с. ааҕар балаҕан, 1950 с. кулууп арыллар. Бастакы сэб.
С.Д. Прокопьв ананар. ВИА аан бастаан 1979 с. тэриллэр. И.И. Сергин,
А.В Егоров, И.А.Боронов. В.А.Николаев тэрийэллэр. 1980 с. ВИА “Тыымпы“
диэн ааттанар. Үлэ хамнас, ырыа тойук, үҥкүү битии оччолорго да
таһымнааҕын нэһилиэктэрин кинигэтигэр ахталлар. Улуус таһымыттан
Республика онтон сойуус таһымыгар тийэ ырыа түһүлгэтин ымыыта буолбут
киһилэрэ Алеша Егоров буолбута. “Биһиги Робертинобыт“ диэн ахталлар.
Тыымпы ырыаһыттарын ааҕан бардахха маннык: 1.Алексей Егоров Республика ырыа айааччыларын сойууһун председээтэлэ.СР үтуөлээх артыыһа, Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина. 2.Аскалон СГУ саха салаатын бүтэрбитэ. СР үтүөлээх артыыһа. 3.Байбал
Култуура колледжын бүтэрбитэ. “Бабочкалаах уолаттарга“
ыллаабыта.“Этигэн хомус“ хас да төгүллээх кыайыылыыҕа. Башкирияҕа
буолбут, Түүрк норуотун ыччаттарга эсртраднай ырыаҕа күөн күрэһин
кыайыылааҕа“, Дапсы“ солиһа 4.Василий Еремеев.Култуура колледжын бүтэрбитэ. “Бабочкалаах уолаттарга“ ыллаабыта.. “Этигэн хомус“ кыайыылааҕа. 5.Иван Константинов
Култуура колледжын бүтэрбитэ. Элбэх биллэр ырыа автора, оранжировщик,
уусуран салайааччы. драмкружок артыыһа, тэрийээччи, оҕолордуун
үлэлэһэр. 6.Өркөн Щепкин аатынан театр үрдүкү
училищетын бүтэрбитэ. “Этигэн хомус“ ырыа күрэҕин лауриата. “Үргэл
Сулус“ ВИА салайааччыта. Ырыа айааччы. 7.Харысхан МГУ ЭИиС бүтэрбитэ. Егоровтар студияларыгар ыллаһар. 8.Платон Еремеев Култуура колледжын бүтэрбитэ. “Бабочкалаах уолаттарга“ ылласпыта. Ыччакка биллэр ырыаһыт. Тоҕус клуубун директора. 9. Альберт Унаров.
Култуура колледжын бүтэрбитэ.Ыччакка биллэр ырыаһыт. “Туой Хайа“2002
1кы дипломаана. “Хотугу сулус“ күөнкүрэс 1кы ст. лауриата. 10.Федот Егоров. “Чуона“ күөнкүрэс гранпри хаһаайына. 11.Владик Егоров Култуура колледжын бүтэрбитэ.Саҥа тахсан эрэр ырыаһыт.“Туман“ ырыата “СахаВиктория“ радиоҕы тахсыбыта. 12.Алеша Егоров Мединиститут студена. Саҥа тахсан эрэр ырыаһыт. 13. Иннокентий Николаев
Музыкальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьыбыта.. “Мин ырыам бүтэһик матыыба“
диэн күөнкүрэс бастакы кыайыылааҕа. Аскалоннуун дуэттыыр. 14.Маргарита Догоюсова Музыкальнай училища вокальнай отделениятын бүтэрбитэ, айылҕалаах күүстээх сопрана үчүгэй куоластаах ырыаһыт. 15.Степан Семенов Ырыа
айааччы, толорооччу, саха этничэскэй рогун чаҕылхай толорооччута,
“Айтал“ бөлөх солиһа этэ. Сольнай концертары оҥороро. Эдэр сааһыгар
биһигиттэн барбыта. Айылҕаттан иччилээх куоластааҕа. Кини кэриэһигэр
республика таһымынан “Мин ырыам бүтэһик матыыба“ эстраднай гитарнай
ырыаларга күөнкүрэс ыытыллар. андрей ник. Еремеев мелодист ырыаһыт???? Артыыстар: 1.Михаил Борисов Шепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены 2002 с. бүтэрэн Саха академическай театрын артыыһа. 2. Өркөн эмиэ Шепкини бүтэрбитэ. Саха театрын артыыһа. Киинэлэргэ уһуллар. Билигин Чыҥыс Хаан оруолугар бигэргэтиллэн үлэлии сылдьар. 3.Иннокентий Боронов
Дмитрий Ходулов көҕүлээһининэн Саха театрыгар артыыһынан биир сыл
үлэлээбитэ. 1965 с Тоҕүс кулуубун директорынан уһуннук, ситиһиилээхтик
үлэлээбитэ.Тоҕус гимназиятыгар театральнай студияны үлэлэппитэ. ССРС
култууратын туйгуна. СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ этэ. 4. Евдокия Степанова Россия үтүөлээх, СР народнай артиската ОБ т. балет солиската. Билигин балет идэтигэр уһуйааччы быһыытынан үлэлиир. Суруйааччылар. Исскуство, радио, бэчээт эйгэтигэр: 1.Евдокия Кондакова Мүзыка Үрдукү оскуолатыгар үлэлиир. Исскуство иниститутун бүтэрбитэ, 2.Фекла Иванова ССРС радиотын тугуна. Саха радиотыгар уһун сылларга дикторынан үлэлээбитэ. 3.Родион Еремеев
Москватааҕы М. Горькай аатынан литератарнай иниститутка үөрэнэ
сылдьыбыта. Поэт, хас да кинигэ ааптара. Элбэх ырыа ааптара. Журналист,
“Эдэр коммунист“, Амма, Сунтаар, Бүлүү хаһыаттарыгар үлэлээбитэ. 4. Акыым Дуолан журналист. Саха суруйааччыта. Бүлүү к. бочуоттаах гражданина Элбэх кинигэ ааптара. 5.Прокопий Еремеев Сэһэн Дьэрэмэй. Саха суруйааччыта. “Тойон Түһүмэн алгыһынан“ кинигэ ааптара. 6.Виссарион Сергин Саабылыскай Саха суруйааччыта. “Ылдьаайык“ диэн кинигэлээх. 7.Антонина Суханова “Олоҥхоситим“ кинигэ ааптара. Олоҥхо суруйар. Кинигэтэ тахсыахтаах.. 8. Владимир Николаев. Өр сылларга Тоҕус кулуубун уусуран салайааччыта, оператор. Аскалонтан саҕалаан эдэр көлүөнэ ырыаһыттары уһуйбута такайбыта. Олоҥхоһуттар: 1.Тыккаа Еремеев Н.В. (1892-1948). Алексей
Егоровтаах эһэлэрин кытта бииргэ төрөөбүт киһи.Олоҥхоһут, сэһэнньит,
остуоруйаһыт, тыл ууһа. Үстүү хонукка олоҥхолуура үһү. 2.Дооско Еремеев И.О.
(1870с. төрүөх). Сэһэн Боло Дооскоттон биир ый олорон сэһэннэрин уонна
“Дыгыйар“ олоҥхону суруйбут. Николай Якутскай Дооскоттон үгүс
сэһэннэри, номохтору хомуйбута. Суруйааччы Сэһэн Дьэрэмэй бу Дооско
кыра уола. 3.МиипээнСаввинов Д. Хас да бэйэтэ олоҥхолордоох. Тыл үөрэхтээҕэ Убрятова Миипээнтэн саха тылларын суолталарын, өйдөбүллэрин хомуйбут. 4.НьэгэйМаксимов Прокопий. Кэриим олоҥхоһут эбит. Кини кыра уола Максимов П.П. олоҥхоһут, үҥкүү тыла этээччи. 5.ДьэрбээЕгоров И.Н. олоҥхоһут. 6.Халгарыын Дьэрбээ Егоров П.Н. олоҥхоһут. 7.ДэдэкэсЕремеев С.И. Хараҕа суох. Олоҥхоһут. Революция иннинэ “бурдуктуур“ олоҥхоһут. Биир олоҥхото архивка сурулла сытар. 8.ЧаккааПрокопьев С.П. Олоҥхоһут, үҥкүү тыла этээччи. Кини сиэннэрэ Степан,Павел Семеновтар. 9.СүөдэликПрокопьев Н.П. Чаккаалыын бииргэ төрөөбүттэр. Олоҥхоһут, ырыаһыт. 11. КэҥсиилэБоронов А.С. Олоҥхоһут ,алгысчыт. И.Боронов аҕата. 12.Кутаайы Унаров А.Н. Альберт Унаров хос эһэтэ. Алгысчыт, тойуксут, олоҥхоһут, үҥкүү тылын этээччи.
Маны таһынэн билигин биллэринэн, бу түөлбэҕэ сэттэ биллэр, ааттаах
суоллаах ойуун Хаачах диэн ичээн, араас эмчиттэр , удаҕаттар үөскээн
төрөөн ааспыттар эбит. Элбэх тимир, иис мас уустара бааллара, бааллар
даҕаны.Онон Тоҕүс нэһилиэгэ араас идэлээхтэр уутуйан үөскээн төрөөн
олорон ааспыт Ытык сирдэрэ буолар. Уххан: Аскалон, бэйэҥ уонна үөлээннээхтэриҥ оҕо саастарын, Тоҕо Тоҕустан бачча элбэх ырыаһыт таҕыста диэҥҥэ санааҕын эт эрэ. Аскалон:
Мин кинилэри барыларын биир бөһүөлэк дьоно буоларбыт быһыытынан
билэбин, сорохторун аймахтарым. Төрүттэрэ, силиспит мутукпут дириҥ.
Биир буолуон сөп. Ырыа кута тохтообут сиригэр тохтуур былыргыттан баар
көстүү. Оннук суруйааччылар, учуонайдар да эмиэ биир улуустан элбэхтик
тахсыбыттара баар дии. Холобур миэхэ Ырыа Ыстаппаан диэн
абаҕалаах үһүбүн. Кини ааспыт үйэ саҥатыгар олорон ааспыт киһи.
Кэрийэ сылдьан ыҥырыкка ырыа ыллыыра үһү. Ол аата ырыаны идэ оҥостубут
киһи буоллаҕа. Мин убайдарым байааҥҥа оонньоон кыра сырыттахпына
ыллыылларын өйдүүбүн. Эдьийдэрим эмиэ кулуупка ыллыыллара. Конферансье
бэртэрэ этилэр. Биир эдьийим Зоя Николаевна күльтпрос училищены
бүтэрбитэ. Кыра сырыттахпына скрпикаҕа оонньуура. Улаатан, 9 кылааска
сылдьан ийэбиттэн көрдөһөн ааттаһан “Москва “ диэн баяны ылларбытым
гынан баран кыайан идэтийбэтэҕим. 10 кылааска сылдьан, СГУга үөрэнэр
эдьийбинэн Мусяннан гитара ылларбытым. Гитараҕа кыралаан оонньуур
буолбутум. Билигин да баһылыы иликпин. Сыанаҕа аан бастаан армияттан
кэлэн баран сэбиэкэй армия күнүгэр тыыннаах оркестрынан кулуупка
Николаев Кешалыын ыллыы тахсыбытым. Билигин да өйдүүбүн, долгуйан,
ууга түспүт сылгы курдук тобугум тобукпар охсулларын. Онтон ыла ырыаҕа
тойукка убаммытым. Ити 1986 сыл этэ. Республикаҕа “Чорооҥҥо“ киирэн
баран “Чуумпуга“, “Ыһыахха“, диэн ырыаларынан тахсыбытым. 1989
сыллаахха “Чорооннору“ кытта олохпор аан бастаан Горнайга гастроллуу
барсыбытым. Сүрдээх үчүгэйдик сылдьан иһэммит, Кэптин диэн бөһүөлэккэ
сыанаҕа кэтэр сабыс саҥа кроссовкабын кулуупка хаалларан кэбиспитим.
Дьэ бу кэннэ эрэй бөҕөнү көрбүтүм , хаһан Бүлүү Дьөккөнүгэр
тийиэхпитигэр диэри. Маҕаһыыҥҥы биир да миэхэ сөптөөх бачыыҥка суоҕа.
Сыанаҕа тахсарбар Алексей Егоров саппаас түүппүлэтин улахан көрдөһүү
түмүгүнэн, сэрэнэн үктэниэх, харыстыах буолан уларсан кэтэрим. Онто
миэниттэн икки резмерынан кыра этэ. Тарбахтарым бүүрэ баран
хаалаллара. Оччоҕо инбэлиит киһи курдук сценаҕа хаадьаҥнаан тахсарым.
Ыарыыта сүрэ бэрдэ. Биллэрбэтэҕэ буола сатаан атахтарбын ыраахыраах
уурталыырым. Тарбахтарым ол түүппүлэни тобулу көтөн курдары
тахсыбатахтарыгар билиҥҥэ дылы махтанабын. Рокка 1990с сылларга
Мэхээлэ Тумус салайыытынан “Чороонору“ кытта АлмаАтаҕа “Азия даусы“
диэн, 1991 с. Финляндияҕа баран рок фестивалларга кыттыбытым. Бу
сыллар усталарыгар түөрт сольнай альбомнарым таҕыстылар. 2001 с. бэйэбит туспа бөлөх тэринэн үлэлиибит. Василий. Еремеев, Байбал, Варя Максимова уонна мин. Элбэхтик сырыттыбыт. Василий Еремеев туһунан
кэпсиир буоллахха мин кинини кыра эрдэҕиттэн билэбин. Кыра сылдьан
бэйэтин саҕа гитаараны сүгэн баран кулуупка ыллыы тахсара. Бэйэтин
саҕа сааны сүгэн баран куска , куобахха барара. Оҕо оҕо курдук бэрт
синньгэс куоластааҕа. Байбалы кытта кинилэр аймахтыы буоланнар,
(Байбал ийэтэ Вася эһэтэ бииргэ төрөөбүттэр) онон дуу, кыра
эрдэхтэриттэн куоластара майгыннаһаллар. Оскуола култуурунай олоҕор
актыбыыс бэрдэ этэ. Оскуола ансаамбылыгар үҥкүүлээн күөрчэхтэнэрэ.
Билигин саха эстрадатыгар инники күөҥҥэ сылдьар ырыаһыттартан,
бирдэстэрэ буолла. Байбал туһунан: Убайа Степаны
кытта бииргэ оонньоон көрүлээн улааппыппыт. Степа бэйэтин сүрдээҕин
кыанар оҕо этэ. Оскуолаҕа эрдэ кэлэн саабылалаһа оонньуурбут. Степа
иһэрин көрдөхпүнэ куотан сордонорум. Тоҕо диэтэххэ, киниттэн төһө да
хаххаламмыт иһин, биирдэ саайдаҕына олоро кэлэн түһэрим. Саҥа тутулла
турар дьиэ өһүөтүн үрдүнэн сүүрэн кылабычыйара. Биир оннук сүүрүүгэ
сыыһа туттан охтуоҕуттан ылата, тааһын угуоҕун тоһутан угустук
эппэрээссийэлэммиттэ. Аҥаар атаҕа биллэрдик кыччаабыта. Ол да буоллар
биһигини кытта тэбистэҥҥэ кэлэнбаран сылдьыбыта. Отой кыра
эрдэҕиттэн ыллыыра. Кэлин музыкальнай училищеҕа үөрэммитэ. Ол
сылларга бэйэтин сольнай концертарын Дьокуускайга оҥорбута. Сүрдээх
күүстээх, үрдүк куоластаах этэ. Сэмэй, дьээбэлээх, үөннээх, санаатын
түһэрбэт киһи этэ. Өлөөрү да сытанҺ “ мин сотору туруохтаахпын“ диир
этэ. Быраата Байбал бэрт кыра эрдэҕиттэн “Мин мантан сэриигэ
барбытым“ диэн “короннай“ ырыалаах этэ. Үгүстүк концертарга кыттара.
6с кылаастан мин, Байбал аҕатыгар Ысаппааҥҥа, сылгыһыттарга оттоһор
этим. Байбал олох кыра оҕо этэ. Сарсыарда обургу уолаттар биһиги оттуу
барарбытыгар Байбал сырайа балааккаттан мылтайа сытар буолара. Оройго
охсоору гыннаххха хороонноох кутуйах курдук төттөрү мэлис гынан
хаалара. Сыллар ааһан, кини улаатан истэҕинэ кыралаан балаакаҕа олорон
гитараннан ыллыырбыт. Онтон мин Дьокуускайга үлэлиир кэмнэрбэр кини
коллеждка үөрэнэ кэлбитэ. Үчүгэйдик үөрэммитэ. Бу кэмҥэ Туой хайаҕа
баран лауриаттаан телевизор соһон кэлбитэ. Онно олус да үөрбүппүт.
Онтон бэттэх бииргэ сылдьабыт. Алексей Егоров туһунан эттэххэ:
Биһиги нэһилиэктэн саха эстрадатыгар аан бастаан тахсыбыт киһибит
буолар. Кини Тоҕус бөһүөлэгиттэн 8с кыл. бүтэрээт Дьокуускайга
музукальнай училищаҕа байаан кылааһыгар үөрэммитэ. Тоҕуска каникулугар
кэлэн тыыннаах оркестры көҕүлүү сатыыра. Кэлин Москваҕа эстраднай
мастарыскыайга үөрэммитэ. “Чорооҥҥо“ музыкаан, ырыаһыт быһыытынан
киирбитэ. Алеша “Чорооҥҥо“ киирбитин истэн бөһүөлэк барыта үөрбүт
буолуохтаах. Оччолорго “Чороон“ саамай аатыра сылдьар кэмэ этэ. Аан
бастаан кулуупка таансыга сылдьан “Чороон“ ансаамбылга Алексей
толоруутугар, Р.Еремеев тылларыгар “Мунчаарыы“ диэн ырыатын
холбообуттарын сүрдээҕин дуоһуйа истибитим. Үчүгэйэ бэрдэ.Эстрадаҕа
Тоҕустан элбэх ырыаһыт тахсарыгар Алексей Егоров сабыдыала хайаан да
баар дии саныыбын. Уххан: Байбал, биир дойдулаах ырыаһыттарыҥ туһунан туох кэпсээннээххин, сорох эдэр уолаттар эһиэхэ магынныыр куоластаахтар дии? Байбал: Альберт Унаровы
хойутуу ырыаһыт быһыытынан билбитим. Кинини миигин үтүктэр дуу,
майгыннатар дуу дииллэр. Кырдьык, ардыгар миигин бутуйааччылар. Ким
эрэ кимтэн эрэ үөрэнэр, киһи киһини көрөн киһи буолар. Альберт ырыаҕа
дьоҕурдаах. Бэйэтин ураты суолун булан сайдар кыахтаах. Владик Егоров
эмиэ миэхэ майгынныыр куоластаах, музыкальнай дьоҕурдаах.Ону
сайыннарымаары тыаҕа хаалаары гынна. Култуура колледжын вокальнай
отделениятын бүтэрбит оҕолор үлэтэ суох хаамса сылдьаллара үгүс. Ол
барыта бэйэлэриттэн тутулуктаах. Бэйэбит кэммитигэр, биһиэхэ да манна
бастаан кэлэрбитигэр ким да үлэ, дьиэ бэлэмнээн уурбатаҕа. Чахчы
ырыаһыт идэтин баһылыахтарын баҕарар буоллахтарына кимэн киирсэн
иһиэхтээхтэр дии саныыбын. Биһиги бары туох кыалларынан бары
бэйэбэйэбитин убайдыыбырааттыы курдук өйөһөбүт ээ. Алеша Егоров
кинилэргэ ханыы. Үрдүк үөрэххэ үөрэнэр онон өйдүөххэ сөп. Аскалону
майгыннатан Аскалон ырыаларын ыллыыр. Ол эмиэ туох да куһаҕана суох.
Кэнники идэтин быыһыгар ыллыан сөп. Виталий Андросов эмиэ медик
идэлээх, биллиилээх ырыаһыт, ырыа айааччы буолбута, онон биһиги да
уолбут кэлин ырыаһыт да буоллаҕына киһи соһуйбат. Бу уолаттартан биир
эмит биллэр таһымнаах ырыаһыт тахсарын эрэнэ кэтэһэбит. Платон Еремеев
биһигини кытта үөрэммитэ. Кини тэрийээччи, култуура үлэһитинэн
быһыытынан бэйэтин үлэтин толорор. Ити уол эмиэ тыаҕа
хаалан хаалла. Тоҕустан тоҕо элбэх ырыаһыт таҕыста диэҥҥэ маннык этэбин: Ити барыта удьуор уонна утумнааһын. Убайдарбытын Алексей Егоровы, Стапан Семеновы, Аскалон Павловы
көрөн истэн буоллаҕа. Кинилэр эстрадаҕа чаҕылхайдык тахсыбыттара
биһиэхэ барыбытыгар холобур буолбута. Сыл аайы үгэс курдук биһиги
Тыымпыттан төрүттээхтэр бары дойдубутугар мустан “Күһүҥҥү серенаада“ диэн от үлэтин кэнниттэн дойдубутугар, дьоммутугарсэргэбитигэр отчуоттуур курдук ыллаан туойан кэлэр идэлээхпит. Ити Кеша Боронов
тэрийиитинэн, төрүттээһининэн , 20чэ сыл буолла быһылаах. Быйыл эмиэ
оннук отчуоттаатыбыт. Манна кыра оҕолортон саҕалаан бары ыллыыбыт
.Онно ким туох дьоҕурдааҕа көстөр. Куорат ырыаһыттара бары дьоммутун
илдьэ дойдубутугар тийэн оттоһобут, сынньанабыт. Ити барыта эмиэ
улахан иитэр суолталаах. Хайа уонна төрүппүтууспут сыттаҕа дии.
|