Саха республикатын ырыа айааччыларын сойууһа, ыытар үлэтин чэрчитинэн, уркку өттүгэр ырыа эйгэтигэр саха биллэр көстөр ырыа айааччыларын үйэтитиигэ үлэтин салгыыр. Ол курдук Быйыл 75 сааһын туолбут сахалартан үрдүк анал үөрэхтээх аан бастакы баритон/ драматическай баритон/, Саха комсомолун бириэмийэтин лауриата, САССР үтүөлээх артыыһа, олохтоох персональнай пенсионер, чулуу ырыаһыппыт Матвей Лобанов бииргэ төрөөбүт быраата Федор Лобанов уонна 70нун туолбут биллиилээх мелодист Денис Даниловка аналлаах айар, ахтыы киэһэлэрин ахсынньы 10 к. күнүс 4 ч. Өксөкүлээх киинини кытта кыттыһан ыытаары сылдьар . Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар Федор Лобанов ыалдьыттыыр. Мин , ырыа айааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Алексей Егоровтыын кини дьиэтигэр ыалдьыттаан кэпсэттибит. Быйыл, Аммалар Матвей Лобанов компакт диискэтин уонна кини туһунан ахтыы кинигэтин таһаарбыттарын, Федор Лобановка 75 сааһынан убаһа бэлэхтээбиттэрин туһунан истибитим. Дойдулаахтара дьоннорун умнубаттар эбит дии санаабыттааҕым. Талааннаах ырыаһыт, самодеятельнай композитор Федор Лобанов сэбиэскэй кэм, партия, комсомол чаҕылхай ымыы буолбут ырыаһыта этэ.. Кини ырыаларын оччотооҕута бары да ыллыырбыт. Өйдүүгүөт, … “Бар дьонум таптала Баараҕай махтала Партия олоҕум дьылҕата… эбэтэр: “Аалай уоттаах сулуһуҥ Айар тутар суолдьутум. Эн, комсомол, эн комсомол Эн, комсомол мин дьолум!…“ эбэтэр: “Албан аат, Хорсун Вьетнам! Албан аат!“ эбэтэр: “Эн Роза, мин тахсар саһарҕам, Таптыыртан, оо, харах арахпат, Дьол үөрүү имэҥнээх ырыаккам Мунчаарбыт санаабын уоскуппат …“ о.д.а умнуллубат, уостан түспэтэх ырыалары. Федор Матвеевич 90ча ырыата радиофондаҕа уһуллан, харалла сытар. Ырыалырын тылларын сорохторун бэйэтэ суруйара, Ойуунускай, Күннүк Уурастыырап, Л.Попов, ,М.Ефимов, С.Васильев, П.Тулааһынап, А.Бродников, Макаар Хара, Баал Хабырыыс, С.Данилов, И.Дорофеев, Е.Афанасьев о.д.а поэттар тылларыгар ырыалардаах. Ф.М.Лобановы саха омугун ырыа айааччыларын, ырыаһыттарын биир чаҕылхай талааннаах айар киһитин быһыытынан сыаналаан ахтан туран кини кэпсээнин сурукка түһэрбиппин истиэҕиҥ: Амма Покровкатыгар /Арыылаахха/ күн сирин көрбүтүм. аҕабыт өлбүтүн кэннэ Аммаҕа көһөн киирбиппит, мин кыра эрдэхпинэ. Аҕам Покровкаттан бастакы империалистиичэскэй сэриигэ 1914 с. барбыт. Онно сахалары ылбаттара. Нуучча буолан бардаҕа. Сэриилэһэ сылдьан Германияҕа билиэҥҥэ түбэһэр. Хайдах босхолонон кэлбитин билбэтим. Полковой запевала эбитэ үһү. Кини төрүтэ 1700 сыллардаахха сыылкаҕа кэлбит нууччатан диэн этэллэр. Ол киһи Аммаҕа тахсан олохсуйбут. Аҕам, сэрииттэн кэлэн баран, гражданскай сэриигэ Амма осадатыгар, Төхтүр, Күп сэриитигэр, куоракка Эверестов заимогар буолбут тутуугахабыыга кыттар. Садыков диэн киһи этэринэн, ким урут тутарынан кыһылга эбэтэр үрүҥҥэ бараллар эбит. Үөрэҕэ суох буолан идиология диэни өйдөөбөттөрө үһү. Биһиги үөҕүллүмүөхпүт быатыгар аҕабыт кыһылларга сыстыбыт. Аҕабыт иккис кэргэниттэн биһиги үһүөбүт. Ийэбит Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Эһэбит Ылдьаа Романов диэн эбитэ үһү. Ийэлэрэ өлбүтүн кэннэ эһэбит 9 оҕотун тарҕатар. Биһиги ийэбит Аммаҕа баай ыалга иитиллэ (хамначчыттыы буоллаҕа…) кэлэр. Төрүөхпүтүттэн катаракталаах этибит. 1949 с Д.Н.Трифонов диэн киһи Матвей ыллыырын истэн сөбүлээн ыҥырар. Кини1949-54 сс. радиоҕа үлэлиир 1954 с консерваторияҕа үөрэнэр 1959 с. өлүөр дылы театрга ыллаабыта.. Оччолорго сахалыы ырыа аҕыйаҕа. Ырыа үксэ нууччалыыны үтүктэн , ону тылбаастаан, бэлэм мелодияҕа сахалыы саҥа тыл суруллан ылланара. Нууччалыы ырыалары сахалыылаан, холобур, биллэр ырыабыт “Хайыһар“ оҥоһуллубута. Украинскай народнай ырыа мытыыбыгар Костин түһэрбитэ. “ Днепр тымныы долгуннара,“ Тулааһынап тылларыгар эмиэ оннук. “Суумкатын сүгэн, суол устун хааман…“ эмиэ Костин. Оччолорго “переводной ырыалар“ үгүстэрэ. Туох барыта сыгынньах кумахха оҥоһуллубат. Мин кыра сылдьан актыбыыс бөҕө этим, самодеятельноска эрдэ кыттыбытым. Комсомолга киирбэтэҕим. Мунньахтыыллара, сорудахтара элбэҕэ бэрдэ. 1970 . диэкки партияҕа эмиэ киллэрэ сатаабыттара, киирбэтэҕим. 1954 с. Матвей консерваторияҕа үөрэнэ бараары сылдьар, мин оскуолаҕа үөрэнэрим . Оччотооҕу култуура миниистирэ Г.В.Попов мин “Партия наш рулевой“ диэн ырыаны ыллыырбын истэн баран өр кэпсэппитэ. 8 кылааһынан музыкальнай училищеҕа вокалга киирэн баран баяҥҥа көспүтүм. Эһиилигэр баппакка Аммаҕа 9 кылааска төннүбүтүм . Педагогтар интириигэлээн, Москубаттан профессор кэлэ сылдьыбыта. Костины утараллар эбит. Эн куоласкын уларыппыт эҥин диэн миигин туһаммыттара, айдаан тартараннар. Инньэ гынан Костины музыкальнай училищеттан үтүрүйбүттэр. Директор Барахсановы уларыппыттар. Брейман диэн еврей директор буолбут этэ. 1958 с. консерваторияҕа ыҥырыы кэлбитигэр сахалартан үс буолан үөрэнэ барбыппыт. Устинов Данил диэн Нам уола лирическай баритон куоластаах этэ. 2с курстан аргылаан уһуллубута. Готовцев Афанасий 2с курс 1кы семестриттэн дьиэ кэргэн олоҕунан төннүбүтэ , биллиилээх диктор буолбута . Инньэ гынан мин Римскэй Корсаков аатынан Ленин орденнаах Ленинградтааҕы консерваторияны , концертнай ырыаһыт, сольнай ырыаҕа педагог идэтин туйгуннук көмүскээн соҕотоҕун бүтэрбитим. 1963- 1986 сс радиохорга солистаабытым. Бастакы айбыт ырыам “Биһиги партиябыт“ диэн этэ . Мөлтөх соҕус ырыа этэ. 1954 с. ол ырыаннан Москваҕа бара сылдьыбытым. Решетников П.М салайааччылаах. Христофор Максимов, Алексей Попов бааллара. Ырыаларым оччотооҕу кэм тыына тыыннаахтара, бэйэлин кэмнэригэр үтүөнү оҥорон ааспыттара дии саныыбын. Кэм бэйэтин ырыаларын быһыытынан син биир ахтыллыахтара. 90-ча ырыалаахпын. 1952 с. аан бастаан радоҕа ыллаабытым. “Чуорнай муораҕа“, “Өлүөнэ өрүскэ“,“ Эн комсомол“ уо.д.а элбэхтик ылланаллара. Ардыгар ырыам тылыгар баайсаллара. Ырыам тылын көмүскүү Обком пропогандаҕа отд. сэб. Томскайга кытта киирэ сылдьарым. Фондаҕа ырыам барыта баар “Розаҕа“ диэн ырыабын народнай артыыс Анна Егорова ыллыыра, убайым Матвей хас да ырыабын ыллыыра, “Сибэккилээх түннүккэ“ ,“Комсомол“,“Партия“ . Анегина Ильина вокальнай циклбын Мюнхенҥа тийэ ыллаабыта. Комараковы кытта сахалыы романстары суруйбуппут. Кинилиин биир дьиэҕэ олоро сылдьыбыппыт. Гран Григорьяны көрсөрүм. Марк Жиркову көрсүбэккэ хаалбытым. Тойоттору кытта сатаан кэпсэппэт киһибин. Кыйа сылдьааччыбын.Ол эрэн общественнай дьыаланнан ,1969с. Г.Чиряевка киирэ сылдьыбытым. “Эһиил Ленин 100 с. буолар, туох санаалаахын“ диэн ыйыппытыгар, мин, партията суох киһи, санаабыппын барытын туруору эппитим. Нууччатыйан эрэбит диэн. “Сахалар нууччалыы аҥаардаан саҥарар буоллубут.Эн бэйэҥ педагоккун. Бэйэҥ билэ сылдьаҕын. Саха тылын чааһа аҕыйаан факультатив эрэ курдук бэриллэр буолла. Бары нууччалыы эрэ саҥарар ааҕар буолан эрэбит. Оччотугар саха литературата, сахалыы ырыа хайдах сайдыай, сахалыы ааҕааччыта суох, драматургия олох хаалла, саҥа айымньы суруллубат“ диэбитим. Композитордары иитэн таһаарарга оҕолору кыраларыттан иитэн таһаарыахха. Ол наадатыгар национальнай сабыылаах интернат оскуоланы аһан тыалары анаан кэрийэн талан оҕолору үөрэтиэххэ наада диэбитим. Эбэтэр тулаайах оҕолору соҕуруу ыытан үөрэтиҥ ээ ,диэн эбэн эппитим. Киһим таах истэн эрэ олорбута, туоҕу да диэбэтэҕэ. Оччотооҕу саламта истибитин умнубат этэ… Саамай олохпор үөрбүтүм диэн, кыра оҕо сылдьан кыайыы буолла диэн эт кулгаахпынан истибиппиттэн. Ол күн оскуолаҕа үөрэммэтэхпин. Аччыктыыр эрэйин оччотооҕу оҕолор билбиппит. Сэрии кэмин, аччык кэмин аныгы ыччат билбэтэ буоллар . Иккис улахан үөрүүм дипломмун көмүскээбит күнүм. Туйгуннук көмүскээбитим. 1963 с ыам ыйын 24 к. киһи буолан, идэни баһылаан атахпар туруум. Бу үрдүк үөрүүм, ситиһиим этэ. Киһи олоххо таптыыр идэтин баһылыыра бу дьол. “Эн комсомол мин дьолум“ диэн ырыаларым хомуурунньуга 1984 с. тахсыбыта , үксэ патриотическай ырыалар. Сороҕум тахса илик. Кинигэ бэлэмнэнэн сытар. Ырыаларбын эмиэ таһаарыахпын сөп этэ. Билигин барыта төлөбүрдээх дии. Мин мелодияны баспар буһаран испэр үһүүрэн чуумпутук айарым. Оччотооҕуга баритоҥҥа репертуар да суоҕа Онно күһэллэрим. Композитор аҕыйаҕа. Олох истиҥ доҕордоһуу диэн ырыаһыттарга суох дии саныыбын. Хас ырыаһыт, бэйэ бэйэтин кытта тустуспа көрүүлээх сайдыылаах, идиологиялаах, истииллээх, өһүргэстээх. Айар үлэһит буоллаҕа… Көннөрү уопсай тылы булсаҕын. Бэрт былдьаһыы ордугарҕаһыы, өһүргэнсии ханна барыай. Уйбаан Степановтыын уопсай көрүүбүт чүгасаһар. Киһи кэннигэр туох эмэ кэриэс хаалларыахтаах. Кэлиҥҥи ырыаһыттар мин ырыаларбын ыллыахтара диэн эрэнэ саныыбын ээ. Таах олорботум . Туһалаахтык бэйэм кыахпынан айан тутан туоҕу эмэни хаалардым дии саныыбын Билигин, эстрада ырыаһыттара баһылаан кэбистилэр. Россия үрдүнэн. куоластаах ырыаһыт суох, “безголосие“. Билиҥҥи ырыаһыт куоластааҕын да иһин ити эстраданы үтүкэригэр буккуллан тэккиллэн куолаһа кистэнэн хаалар. Ол эрэн ритм өттүнэн билиҥҥи ырыаһыт олох сайынна. Эстрада уустук тэтимнээх. Үчүгэй куоластаах чаҕылхай ырыа айыллыыта аҕыйах диибин. Тарҕаныан сөбө да суох ырыалар эфиргэ тахсаллара баар. Аммалар урут ыҥыраллар этэ. Матвей компага брак дииллэр. Биһиги эмиэ компьтерга кыайан истибэппит. Кинигэтэ махталлаах, барыта боростуой бойобуой тылынан суруллубут да буоллар. Ийэбит барахсан баар буолан иитэлээн уөрэхтээх оҥортоон киһи гынаттаатаҕа дии, ол заслугата тугунан да сотуллубат. Матвей урааҥхай омугун улуу куоластааҕа этэ. Кини курдук киһи өтөрүнэн төрүүрэ да биллибэт. Тембра кырасыабайа. Аллараттан үөһээ мүҥүра суох бара турар регистрдаах, деапазоннаах. Игорь кинээс партиятыгар кини улуу куоластааҕа эбии көстүбүтэ. Баритоннар чорбоҥнуучорбоҥнуу, эстэ сыһа сыһа ылыыллара. Кини сааһыран да баран ыллыырыгар мүҥүра суох кырасыабай тембрдаах куолас төрөөн ааста. Народнайын үлэлээн ылбыта.Ойуунускай бириэмийэтин ылбакка хаалбыта. Туруорсан, туох да үчгэй памятник туруортардыбыт. Туруорсар киһитэ суох киһи, таах кэриэһэ суох хаалыан сөп. Өлбүттэрэ өр буолбуттарга билигин да сорохторун саҥа санаан өйдөбүнньүк туруораллар дии. Көрбөккүт истибэккит диэн биһигини этэллэрин көнөтүнэн истэн самнан, сэнэнэн сылдьыбыппыт буоллар таах хаалыа этибит. Арыый сытыыхотуу буолан таҕыстахпыт. Үөрэххэ баҕа, киһихара буолар быа тардан баччаҕа тийдэхпит. Кыыстаах уоллаахпын, уоллаах кыыс сиэннээхпин. Мин дьоллоохпун, таптыыр идэбэр үөрэнэн, үлэлээн олордоҕум дии. Саха наһаа ырыаһыт омук. Аммааҕа Чээбий, Устин Нохсоров , Александр Алексеев. Х. Максимов , биһиги, Нина Чигирева, Айта Адамова. Айта дьахталлартан улуу опернай куоластаах . Ити эттэххэ дөбөҥ 6 төгүлээх международнай лауриат буолуу, Чайковскайы ылыы диэн улуу дьыала . Итини саха өтөрүнэн ылбата буолуо. Чайковскайы Россияттан Атлантов, Образцова уонна биһиги Айтабыт. ылбыттара. Билигин “саталлаах саһыл саҕаланар“ үйэтэ кэллэ. Талаан дьоҕур аллараттан тахсарын үпхарчы быһаарар кэмэ. Элбэх оҕо кыайан үөрэммэккэ хаалара баар буолуо. Опернай театрга эдэр ырыаһыттар кэллилэр, киһи истэ истэ үөрэр. М.Е.Николаев музыка үрдүкү оскуолатын, балет оскуолатын астарбыта үчүгэй. Ол эрэн бүтэрбиттэр ханна үлэлииллэрэ буолла. Биир театр эрэһиинэ буолбатах, биир оркестр баар .Бары онно киирбэттэр. “Кадровай избыток“ үөскээтэ . Аны , биһиги дрижербыт суох. Бэйэ кадрыгар курас дьоммут . Ити Алексей Унаровы үчүгэйдик өйөөн үлэлэппит буолар үчүгэй буолуо этэ. Дьиэбэр сахалыы саҥарар киһи суох, онон сахалыыны аахтаран истэр кыаҕа суохпун. Радионы эрэ истэбин. Мин билигин туохха да интэриэһим суох, күннээҕи ыарыыны кытта охсуһуу. Билигин кэлэн саныыбын ээ, хайдах бэйэбин үөрэтэн, үөрэнэн үлэлээнхамсаан, кэргэннэнэн, оҕолонон олох толору хаанынан олорон, таптыыр идэбинэн дуоһуйан хомойон кэлбиппин олуһун сөҕөбүн. Иккистээн төрүүрүм эбитэ буоллар маны хайдах хатылыахпын билбэппин. Дьэ итинник, кырдьаҕас ырыаһыт санаата… Федор Лобановы уонна Денис Даниловы кытта көрсүһүүгэ ахсынньы 10 күнугэр күнүс 4 ч Кулаковскай киинигэр ыҥырабыт.
|