Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Муусука

Хатылаайаптар хатыламмат дьүһүйүүлэрэ.

Кулун тутар 1 күнүгэр Саха  академическай тыйаатырыгар Герман, Клавдия Хатылаайаптар ( Дьиҥнээҕэ  Хачылаайап буолуохтаах эбит) бэйэлэрин доҕотторун кытта үс компакт  диискэлэрэ тахсыбытын бэлиэтиир кэнсиэртэрэ буолан ааста. Мин ыҥырыллан  сырыттым.
  Дьэ, аһаҕастык  эттэххэ өтөрүнэн көрбөтөхпүн көрдүм , истибэтэхпин иһиттим. Быһата астынным,  дуоһуйдум. Ама дуу, тоҕо диэххит.  Ол тоҕолор  хоруйдарын суруйан көрөргө холоннум.
  Хатылаайаптар  саха эстрадатыгар 1991 с. киэҥник биллэн барбыттарара. Хара маҥнайгыттан туох  эрэ уратылаах, саҥа суолу көрдүүр айар сүрэхтэр дьүөрэлэһиилэрин тыына биллэрэ.  Бэйэ уратылаах суолун көрдөөһөн түмүктэрэ көстөн барбыттара.
  1996 с. “Табык“ этно­рок фестиваалга “Тосхол“ диэн  ааттанан ынах , сылгы тириитинэн тигиллибит саха былыргылыы таҥаһын таҥнан, кырыымпа,  дьаҕа, күпсүүр, дүҥүр, хомус доҕуһуоллаах тахсыбыттара. Улахан сэҥээриллии  суох этэ гынан баран, Хатылаайаптар, кинилэр арахсыспат доҕордоро монгол уола Балдорж  Хуухээгийн ис куттарынан, иэйэр сүрэхтэринэн саха былыргы ырыатын­ тойугун  , доҕуһуолун, ол охсуһуулаах дьыллыр уорҕаларыттан, эҥсиллэр дьалхааннаах олох  тэтимин истибиттэрэ. Онтон ыла өбүгэлэрбит түҥ былыргы соҕурууҥҥу олохторун  тыына кинилэр айар куттрыгар уйа туттубута.
  2000  с. “Тэтим“ диэн ааттанан, саха былыргы доҕуһуол тээбириннэригэр эбии сөҥ  тыастаах үс кыллаах тэтими биэрэр тарбаҕынан охсуолаан оонньонор таҥсыр диэн тэрили, ойдуо диэн Сунтаартан көстүбүт күүлэйгэ, омурҕаҥҥа бэлиэ ыҥырыыга  туттулла сылдьыбыт (түҥ былыргыта туохха туттуллубута биллибэт) үрэр  тэрили, айаан диэн саха сиригэр кулааһайы (үрүҥ табаны) бултааһаҥҥа  айаатыыр, үрэр тэрили төрүт доҕуһуолу, дорҕоону,  тэтими сөргүтэн, уустаан­ураннаан дьүһүйэн таһааралларыгар туттар буолбуттара.
  Онтон кэлин эбии тэтим охсор аҕыс  муннуктаах чардаат күпсүүрү, күпсүүр араас көрүҥнэрин (кыбынар, сүгүллэр,  атахха турар, ыйанар ), көҥкөлөй, табык араастарын, тыас таһаарар сахсыллар  дьаҕа арааһыгар киирэр тээбириннэри, сиксиири, кыыл­сүөл муоһун, туйаҕын,  дүҥүр арааһыттан, кыллаах дүҥүрү, дьарыкта дүҥүрү, байанай алгыһын дүҥүрүн,  хобо чуораан араастарын, кыаһаан тыаһын доҕуһуолларыгар киллэрбиттэрэ. Онуоха  эбии бэйэлэрэ хабырҕа куолай, күөмэй, ньөмөгөй көмөтүнэн таҥалай, хоҥсуо,  мурун ырыаларын, араас көтөр­ сүүрэр саҥатын, айылҕа суугунун үтүктэн ситэрэн  хоторон биэрбиттэрэ.
  Хатылаайаптар уратылаах тыыннара  атын дойду омуктарын ааттаахтарын, тэгил дойду тэҥнээхтэрин кытта туруулаһарга,  күөн көрсөргө бэлэм буолбуттара. Аан дойдуга ханна да сылдьыбыттарын иһин, саха  омук уратылаах этигэн дорҕоонун, ырыатын тойугун иһитиннэрэн мэлдьи сэҥээриллэр,  ордон, чорбойон тахсар буолбуттара. Арай биһиги сахалар бэйэбит ситэ өйдүү  иликпит быһылаах.
  Кинилэр, сыыйа сиэр­ туом доҕуһуолугар,  айыы муусукатыгар киирэн иһэллэр. Саха сиригэр бу эйгэҕэ Хатылаайаптар курдук  итэҕэл муусукатыгар чугаһаабыт бөлөх баарын билбэтим.
  Бу  кэнсиэртэрэ ымпыгар­ чымпыгар тийэ бэлэмнэммитин, видио көстүүлэри, Кууллаты  араас кэмин көстүүтүн биэрэр сценография, уоту сатаан туһаныы, тыас­уус ырааһа,  тохтобуллары, ырыалар­ тойуктар быыстарыгар араас доҕуһуолу туһаныы, куолас  уонна доҕуһуол маанылаах дьүөрэлэһиитэ, кии , алаадьы, кытыан, үөрэ отун ,күөх  от сыта, сыанаҕа долгуйа сытар күөл уута, салама, сиэр­ туом ырыалара барыта  тыыннаах этигэн көстүү буолан иннигэр тэлгэммитэ. Ытык дорҕоону үөһээ көтөҕөн көрөөччүнү,  истээччини ураты турукка киллэрбитэ. Дьон дьиҥнээх сахалыы ытык дорҕооннору  истэригэр иҥэринэн уйулҕалара хамсаабыт кэриҥнээҕэ. Мин Клавдия дорҕоону  көтүтэрин, эҥсиэлиирин чахчы да ситии­хотуу быһыытынан сыаналаатым.
  Хатылаайаптар  айар олохторугар монгол уола Балдорж 10 сылы быһа алтыһан, бииргэ үлэлээн  тапсан сылдьарын, Герман, былыргы төрүттэрин кытта ситимниир эбит. Таатта Баайаҕатын  түҥ былыргы төрүттэрэ монголлары кытта хаан тардыылаах дииллэрэ оруннаах быһылаах  диэн сабаҕалыыр. Инньэ гынан, сахалар соҕурууҥҥу төрүттэрбитин кытта ситим  биэрэр дорҕооннор тэтимнэрин биэрэргэ Балдорж улаханнык туһалыыр. Ол иһин да  кинилэр муусукаларыгар киэҥ истиэп уйаара­кэйээрэ биллибэт көтөр дорҕоонноро,  хайалаах сирдэр харылҕаннара саха сирин тыыныгар бэркэ дьүөрэлэһэн кэрэтик иһиллэн  эрдэҕэ. Бу удьуор утумун, хаан тардыытын умнуллубут муусуката уһуктан эрэрин  туоһута.
  Сунтаартан  төрүттээх биллэр оһуохайдьыт СГУ төрүт култуураҕа уһуйааччыта ф.н.к Людмила  Ефимова  Хатылаайаптары кытта  кэнники кэмнэргэ кыттыһан таһаарыылаахтык үлэлэһэн эрэр. Алгыс, сиэр­ туом  ырыатыгар, доҕуһуолугар элбэҕи киллэрэр. “Айар кут ситимэ“, “Алгыстаах айан“ диискэлэргэ кини ырыалара киирбитэ.
  Биллэр хомусчуттар, уһуйааччылар Зоя  Сысолятина, Римма Жиркова “Дьүһүлгэн“ диэн компакт­диискэ тахсарыгар  кыттыспыттара. 
  Попса, көмпүүтэргэ тупсарыллыбыт  куолаһынан фонограмманан ыллааһын ханна да буоларын курдук биһиэхэ үгэннээн  турар. Ис дьиҥ, истиҥ, иһирэх онтон илгийбэт. Бу тутан турар, тас, саатыыр  иэйииҥ көбүөхтүүрүгэр аналлаахтар. Уйулҕаны уһугуннарбат. Хатылаайаптар  уратылаах муусукаларын хайдах онно тэҥнээн сыана быһыаххыный, сүрэ да бэрт. Биһиги  Айыыбыт итэҕэлин, ыһыах сиэрин ­туомун толорорго айыы муусуката, доҕуһуола баар  буолуохтаах. Хатылаайаптар бу үрдүк эйгэҕэ киирсэргэ сиппиттэр­хоппуттар эбит  диэхпин баҕарабын.
  Кинилэр саха былыргы доҕуһуол  тээбириннэрин көрдөөн булан, тупсаттаран “Махначевсай“ аатынан Марк  Парфенов дириэктирдээх муусука тээбириннэрин оҥорууннан дьарыктанар  мастарыскыайга Тихон Дьячковскай диэн маастарга, Үөһээ Бүлүүтээҕи  Петр Семенов дириэктирдээх“Сэргэ“ мастарыскыайга оҥотторбуттара, эбии оҥотторо сылдьаллар.
  Дьэ итинник ыллыктаахтык ылсан, дьоһунаахтык дураһыйан, айар үлэлэрин  алгыһынан арчылаан Хатылаайаптар таһаарыылаахтык үлэлии­хамсыы сылдьалларыттан  биһиги үөрэбит эрэ. Өйдөөһүн­дьүүллээһин бэйэтин кэмигэр кэлэн иһиэҕэ. Мин  кинилэргэ ситиһиини, табыллыыны, айар сүрэх көҥүлүн, өйдөбүллээх айымньылары баҕарабын.

Category: Муусука | Added by: uhhan (2007-09-18)
Views: 2267 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 27
Ыалдьыттар (гостей): 27
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024