Уххан: Сойуус хаһан, туохха олоҕуран, тоҕо тэриллибитэй? Степан Васильев ( СР ырыа айааччыларын сойууһун эппиэттиир сэкиритээрэ): Урукку президент М.Е.Николаевка 2000 сыллаахха 25 ааттаах суоллаах мелодистар мустан, приемҥа киирэ сылдьыбыппыт. Онно ырыа айааччылар сойуустарын тэрийэргэ уолдьаста, саха норуота мелодистар ырыаларынан тойуктарынан саатаан, ырыаҕа кутун сүрүн ирдэбилин толорон олорор диэн туруорсубуппут. Олох ырыа аргыһа суох буолбат. Бу духовнай эйгэ государство өттүттэн өйөнүөн наада диэн. Кини биир биир туруортаан санааларбытын истэн баран өйүүрүн биллэрбитэ. Ити кэнниттэн конференция тэрийбиппит. Ырыа айааччылар 17 улуустан кэлэн кыттыбыттара , союһу тэрийэргэ уураах ылыммыппыт, үлэбитин дьүүллэспиппит, былааннаабыппыт. Анастасия Варламова председээтэлинэн, мин эппиэттиир сэкиритээринэн талаллыбыппыт. Ити 2001 с. буолбута. Оччолорго айар сойуустары салайар тэрилтэ баара. Онно биһиги тохсус айар сойууһунан киирбиппит, үбүлээһин көрүллүбүтэ. Ол айар сойуустары салайар тэрилтэбит 2005 с. саҕаланыытыттан ыһыллыбыта. Билигин сойуустар бары тус туспа үптэнэн астанан олоробут. .Сойуус бастакы председээтэлэ Анастасия Варламова түөрт сыл салайан үлэлэтэн кэлбитэ. Иккис болдьоххо Алексей Егоров быыбардаммыта. Билигин союзпутугар Алексей Егоровтыын иккиэбит. Атыттардыын дуогабарынан үлэлэһэбитэ Сойууһу арыый үрдүкү тэрээһиннээх кирбиигэ, болҕомтоҕо, идэтийбит таһымҥа тахсар сыалтан тэрийбиппит. Уопсайынан айар үлэһит соҕотох сылдьыа суохтаах, иилиир саҕалыыр, түмэр тэрийэр тэрилтэлээх буолуохтаах. Урукку ырыаларбытын үйэтитиэххэ, харайыахха эмиэ наада. Республика үрдүнэн ыытыллар араас тэрээһиннэр ырыата тойуга суох ааспаттар. Араас фестиваллар, күөн күрэстэр, көрүүлэр тэрээһиннэригэр кыттабыт. Уххан Ким, туох дьону союзка чилиэнинэн ылаҕытый? Степан Васильев Саха норуотугар биллэр көстөр ырыалардаах 35 мелодиһы сойууска ылан олоробут. Биирдиилээн ырыа айааччылары ыллахха республикаҕа 600 чэ баара буолуо. Балартан дьон сэргэ биһирэбилин ылан, сайдан, үүнэн тахсан сойууска чилиэнинэн киириэхтэрин сөп. Уххан Быйылгы дьылга тугу үлэлээтигит хамсаатыгыт ? Степан Васильев Быйылгы дьыл кыайыы 60 с. сылыгар ананарынан үлэбит онно туһуланна. “Уостубат уруй“ диэн патриотическай республикатааҕы ырыа күөн күрэһэ ыытыллыбыта. Онно 100чэ киһи 15 улуустан кыттыбыта. “Сир биһик“ оҕо ырыатын айааччылар республикатааҕы күөн күрэстэрэ 4с төгүлүн ыытыллыбыта. Сэрии ветераннарыгар анаан республика үрдүнэн элбэх концер тар тэриллибиттэрэ. Ветераннар сынньанар сирдэринэн концертаах сылдьыталаабыппыт. “Уостан түспэт ырыалар“ диэн сахалыы караокебыт 4с таһаарыыта ветераннарга анаммыта. Ол презентациятин ветераннарга анаан саха театрыгар ыыппыппыт. Ветеран мелодистарбытын анаан бэлиэтээһин ыытыллыбыта. Сэрии ветераннара , биллэр ырыа айааччылар Николай Бойлохов, Георгий Никифоров тустарынан телевизорга анал биэриини бэлэмнээн таһаарбыппыт. Автордарбыт юбилейдарын төһө кыалларынан кэмигэр бэлиэтээн ыыта сатыыбыт. Уххан Эн ырыа айааччылар сойуустарын бастакы предсэдээтэлинэн талыллан үлэлээбит болдьоххор туох ханнык үлэ ыытыллыбытай? СР ырыа айааччыларын сойууһун бастакы председээтэлэ СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ сойуус бочуоттаах предсэдээтэлэ Анастасия Врламова: Биллэн тарар, үлэ туохха эрэ олоҕурар, тирэнэр тирэхтээх буолар. Оннук акылааты урукку өттүгэр убайдарбыт оҥорбуттара.Норуот айымньытын дьиэтин методиһынан үлэлээбит Анатолий Семенов барахсан бэйэтин үлэлиир кэмигэр республика ырыа айааччыларын картотекаларын оҥорон фонда хаалларбыта туох да бэртээхэй, туһалаах үйэтитии. Ону салҕаан иһэбит. Н.М.Желобцов магнитофонун сүгэ сылдьан үгүс сыллар тухары ырыаһыттары, ырыа айааччылары анаан устан радиоҕа анал биэриилэри оҥорбута, радиофондаҕа хаалларбыта туохха да тэҥнэммэт кылаат буолар. Бу икки үтүөкэннээх дьон ырыаһыттар, ырыа айааччылар тустарыгар оҥорбут үтүөлэрин умнубаппыт. Уонна бу үлэҕэ урукку өттүгэр кыттыспыт радио, телевидение, хаһыат суруналыыстара элбэхтэр. Кинилэр бары кыттыһан акылаат охсубуттара. Алексей Калининскай ассоциация тэрийэригэр сүрүн сүбэһиппит Виталий Андросов этэ , кини эмиэ элбэх үтүө көмөнү оҥорбута. Уххан композитордар сойуустара, ырыа айааччылар сойуустара, бэйэбэйэлэрин хатыласпаттар дуо, үлэҕитигэр туох ураты баарый? Анастасия Варламова Суох, хатыласпаттар. Идэлээх анал үөрэхтээх композитор аҕыйах. Кинилэр үксүн идэлээх театрдары кытта үлэлииллэр. Оттон ырыа айааччылар бастакытынан түҥ былыргыттан омук ырыа айар үгэстэрин, урукку ырыаһыттарбыт фольклортан садьааннарын утумун салгыыллар, аныгы үйэ ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн иһэллэр. Биһиги ырыаларбыт норуот кутугар сүрүгэр уйаланаллар. Иккиһинэн, саха омугун ырыаҕа уратылаах ньымаларын туттан атын омуктан уратыбытын, туохтаахпытын эмэлээхпитин сайыннараллар. Кэмпиэт суутун курдук күлүмүрдэс баһылыыр култуура албын, үтүктээйи күлүмүгэр бэриммэт күүспүт уонна кыахпыт онно сытар. Таныктаах ырыаһыттарбытыгар сахалыы ньыма баар. Эдэрдэр онтон үөрэнэллэр. Үсүһүнэн, биһиги, ырыа айааччылар тыл сүрэ сүрдээхпит. Биһиги тылы өрө тутуохтаахпыт. Урукку убайдарбыт тыл уустарын поэттары кытта бииргэ үлэлииллэрэ ол күүстээх, тийимтиэ, кэрэ буолара. Тылтан ырыа үөскүүр, тыл ууһа уһаммыт уран этиилэрин дорҕоонноро көтүмтүө, дьиэрэйимтиэ, күүстээх, абылаҥнаах буолаллар. Киһи барыта уран тыл ууһа буолбат, мэнээк бэриллибэт. Төрдүһүнэн, биһиги ырыаҕа эдэр көлүөнэни маассабайдык иитэбит. Эдэрдэр элбэхтэр. Олор бэйэ бэйэлэрин кытта аалсан чочуллан тахсыбыттара, тахса да туруохтара. Онон биһиэхэ көлүөнэлэр алтыһыылара баар. Уххан Үлэлээбит кэмҥэр тугу ситэри оҥорбокко хааллым дии саныыгын? Анастасия Варламова М.Е Николаевы кытта кэпсэтиибитигэр саха ырыатын антологиятын оҥоруох буолбуппут. Кини ону өйөөн, оччолого биир мөлүйүөн харчыны биэрбитэ. Биһиги туох да наһаа кыһанан мүһэнэн 60 ырыа айааччы 60 ырыатын компакт диискэҕэ анаан устан бэлэмнээн Санкт Петербурга ыыппыппыт. Култуура министерствота ол харчыбытыгар идэлээх ырыаһыттар компактарын таһаарыыга туттан кэбиспитэ. Харчыбыт да төннүбэтэҕэ, ырыаларбыт матрицата да төннүбэтэҕэ, онтон наһаа хомойобун. Туруорса сатаан баран иннин кэннин кыайан булан ылбатым. Уххан ырыа айааччыларга анаан туох баҕа санааны этиэҥ этэй? Анастасия Варламова Ырыа мин санаабар итэҕэл биир салаата эбит. Киһини турукка киллэрэр , кини туругун тупсарар, ис бараанын бэрээдэктиир, кутун сүрүн эмтиир, оннук күүстээх. Ырыа айааччылар тугу ыллыылларын, хайдах туох туруктаах, туох ис хоһоонноох ырыаны айалларын туһунан толкуйдуохтаахтар. Мин кинилэргэ ситиһиини, хайдахтаах да ыарахаттары көрсүбүттэрин иннигэр санааларын түһэрбэккэ ,бэйэлэрин ырыаннан ыраастанан, туруктарын боҕөргөтөн кыайыылаах хотуулаах тахсан иһэллэригэр баҕарабын. Бэйэлэрин хааччахтамматыннар, туорайдамматыннар хамсаан имсээн тахсан истиннэр. Уххан Алексей Васильевич, СР ырыа айааччыларын сойууһун билиҥҥи председээтэлэ буоларыҥ быһыытынан тэрилтэҥ үлэтин хайдах быһаарыаҥ этэй? Алексей Егоров Ырыаны уонна автордары үйэтитии биһиги сүрүн сорукпут. Ырыа искусство биир сүрүн маассабай хайысхата буолар. Ырыаны идэлээх композитор эрэ буолбакка көннөрү отчут масчыт да киһи эмиэ айар. Бу ырыа айар хайысханы норуот духовнай баайын быһыытынан билинэбит. Уонна онно сөптөөх тэрийэр, көҕүлүүр, үйэтитэр , эдэрдэргэ көмөлөһөр үлэни ыытыахтаахпыт. Ол буолар биһиги сыалбыт сорукпут. Ырыа айыыта айар үлэ быһыытынан атын айар союзтары кытта тэҥ таһымҥа турарын ситиһиэхтээхпит. Ханнык баҕарар эйгэҕэ ураты дьоҕурдаах дьон баар буолар, олор дьон кутугар сүрүгэр уйаланар ырыалары айаллар. Кинилэр ураты болҕомтоҕо ылыллан айар үлэлэригэр союзтан туох эмэ көмөнү, өйөбүлү ылыахтаахтар. Билиҥҥи кэмҥэ ырыа айааччылар альбомнарын, ырыаларын кинигэлэрин таһаарыы саамай кыайтарбат өрүппүтүнэн буолар. Барыта үптэн харчыттан тутулуктаах . Манна анаан государствоттан үп харчы көрүллүбэт. Автордар бэйэлэрэ көҕүлээн биэриэхтээхтэр. Сүүрэн көтөн, кэпсэтэн ипсэтэн нэһилиэктэрин, улуустарын, араас баай тэрилтэлэр көмөлөрүнэн . Оччотугар туох эмэ тахсыа. Урукку курдук ким эрэ оҥорон бэлэмнээн биэриэ диэн хаалбыт санаа. Билиҥҥи ырыынак үйэтигэр ырыа тойук эмиэ табаар буоллаҕа дии. Табаары рекламалыахха наада. Ол онно биһиги ыытар мероприятияларбытыгар, күөн күрэстэрбитигэр кыттан иһиэххэ. Оннуктан биллэн көстөн тахсыбыт үгүс эбээт. Бэйэҥ бэйэҕэр сууланан сыттаххына туох кэлиэй. Айымньыгын таһааран дьүүллэппэт, иһитиннэрбэт буоллаххына сайдыы суох буолар.Элбэх сүбэ ама , бэйэ бэйэни кытта көрсөн кэпсэтии, атыттар хайдах үлэлииллэрин көрүү истии айар киһиэхэ туһалаах буолар. Ол иһин түмсэ, тэриллэ сатыыбыт. Уххан Оччоҕо сойуус автордарга быһаччы туох көмөлөөх буолуон сөбүй? Алексей Егоров Биһиги норуокка биллибит автордарбытын үйэтитииигэ анаан быйыл Виталий Андросов уонна Аркадий Алексеев тустарынан киинэ фондатыгар анаан архыыпка киинэ оҥоруохтаахпыт. Иккиһинэн кулууптарга , оскуолаларга анаан биллэр автордарбыт тустарынан буклеттары таһаарарга былаанныыбыт. Ырыаны үйэтитиигэ “Уостан түспэт ырыалар“ диэн сахалыы караоке 20лии ырыалаах 5 диискэлэрин таһаардыбыт. Дьоннор билигин ханна баҕарар түмсэ түстүлэр да сахалыы караокеннан ыллаан туойан баралларыгар табыгастаах буолла. Ити курдук төһө кыалларынан, сатанарынан үлэлиибит. Элбэх концертары былаанныыбыт. Уххан улуустары , эдэрдэри кытта үлэҕэ туох санаалааххыт? Алексей Егоров Улуустары кытта үлэҕэ мөлтөх. Үгүс улуустарга сибээспит суох. Дьон кэлиитэ барыыта айан борогуонун сыанатыттан санаатыҥ да сатаммат. Биллэр да автордарбыт сибээстэһэллэрэ ыараан турар. Ол иһин миэстэтигэр үлэ ыытыллыахтаах. Онно, улуус иһигэр бэйэтигэр түмсүү табыгастаах. Бу, “Кыым“ хаһыакка ыйга биирдэ тахсар анал балаһа олохтонно. Онон сибээспит хаһыат нөҥүө олохтонуо сырдатыы, ырытыһыы, дьүүллэһии үлэтэ барыа этэ. Дьон санаатын да истиэ этибит. Эһигини кытта бииргэ үлэлиир буолбуппут үөрүүлээх. Кыымҥа Саха сирин суруйааччыларын сойууһун “Өлүөнэ сарсыардата“ эмиэ тахсар буолбут дии. Икки сойуус “Кыымҥа“ тахсар буолбута үчүгэй өрүттээх буоларыгар эрэнэбин. Сыл аайы улуустар айар түмсүүлэрин ыҥыран киин куорат улахан түһүлгэлэригэр айар концертарын ыытыахпытын баҕарабыт. Ол курдук быйыл күһүөрү кыһын Горнай уонна Нам улуустарын ырыа айааччыларын концертарын ыытарга былаанныыбыт. Сааһыары суол тубустаҕына Бүлүү бөлөхтөрү, илин эҥээрдэри кытта үлэлэһиэхпит. Хотулар кэлиилэрэ кыһалҕалаах. Бэйэлэрэ быһаарынар түбэлтэлэригэр манна тэрийиитигэр көмөлөһүөхпүт. Ол концертарбытын телевизорга уһулларан дьон сэргэ көрүүтүгэр истиитигэр таһаарбыт киһи диэн баҕа санаа баар. Онно анаан НВК ны кытта үлэлэһиэхпит. Эдэрдэр, саҥа саҕалааччылар манна барытыгар кыттан иһиэхтээхтэр. Уххан Олохтоох мелодистарга анаан тугу этиэҥ этэй? Алексей Егоров Аан бастаан кинилэр бэйэлэрин олорор улуустарыгар, куораттарыгар түмсүүлээх буолуохтарын наада. Түмсэн баран биһиэхэ тахсан бииргэ үлэлээһин саҕаланыахтаах. Айар үлэлэригэр ситиһиилэри, үчүгэй айымньылары айан дьоннорун сэргэлэрин үөрдэ көтүтэ туралларыгар баҕарабын. Ырыа айааччылар, ырыа тылын суруйааччылары плэттары, кулууп култуура үлэһиттэрин кытта бииргэ дьүөрэлэһэн үлэлииллэригэр баҕарабын.
|