Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Уххан туһунан

Уххан өйө санаата моҥкурдаабыт дуу, моҥкурууттаабыт дуу…

Уххан өйө ­ санаата моҥкурдаабыт дуу,
моҥкурууттаабыт дуу

Уххан быһаарыыларыттан:
Моҥ­ Саха төрүт, үөскэх өйдөбүлэ. Моҥ­ уу, моҥ­нуу.
Моҥ­кур­дуур ­ туохтан эмэ ааһа туолан, өссө эбии баҕарбат, ылыммат буолан хаалыы. Холобур астан. Өй­ санаа эмиэ моҥкурдуур
Моҥкуурт (монкурд­ Ч. Айтаматов киллэрбит терминэ). Омук киһитэ бэйэтин тылын ­өһүн билбэт, итэҕэлин , сиэрин­ туомун умнан , сирэйин сүтэрэн “маргинал“ буоларын ааһан, бэйэтин омугун билиммэт, сэниир, абааһы да көрөр турукка тийэн, атын баһылыыр омук курдук буола сатаан кини өйүнэн­ санаатынан олорор , омугун атыылыыр, омугар куһаҕаны аҕалар киһи.
Моҥкуруут­ нууччаттан киирбит дииллэр. Банкрот. (Дьиҥинэн “моҥ“ ­тон үөскээбит өйдөбүл сахаттан нууччаҕа киирбитэ, кэлин бэйэбитигэр “банкрот“ буолан төннө сылдьар быһылаах.)

Уххан эн, 1988 с саҕалаан республикаҕа биллэр көстөр, саха туһа диэн идеялаах, хорсун саҕалааһыннардаах киһи этиҥ дии…
­ Ол кэми өй­ санаа революциятын кэмэ этэ диэн этэн турабын. Кырдьык элбэх тэрээһин, саҥа идея, сыал­ сорук үгэнниир көҥүл ухханнаах кэмнэр этилэр. Олоҕум саамай чаҕылхай кэмнэрэ буолуохтара дии саныыбын. Өйдүү саныы сылдьарга, уопсайынан саха диэни саҥаттан өйдүүргэ , кинини бу орто дойду олоҕор тэҥнээн, дьүөрэлээн көрөргө элбэҕи миэхэ биэрбит кэмнэр. История хаамыытыгар 12 ­лии сыллаах мөһүлгэннэн өй­ санаа (идеология) хаамыытын, олох тутула уларыйан­ тэлэрийэн иһиитин сахалыы ааҕыы сөп түбэһэр эбит.
1988­2000­2012 с.с… Саха сөргүйэр­ сөхсүнэр, бэйэтин билинэр, миннэнэр, дьоһууннанар, киэннэнэр кэмин идеята 2000 с .дылы барбыта. Саҥа үйэҕэ үктэнээт баһылыыр улахан омук бэйэтин биллэрэр тыына киирээтин, барытын төттөрү ыһыктан барбыппыт. Улахан омуктар оннуларын була (сүтэрэ) сатыыр хамсаныылара кыралар, баһыланааччылар суоттарыгар барар. Ити 2012 с диэкки уларыайаҕа, олох атын өй­ санаа киириэҕэ. Биһиги бэйэбит кэммит дьонноро буоларбыт быһыытынан , бэйэбит кэммитигэр туох баарбытын биэрбиппит. Ол түмүктэрэ билигин көстөр.
Оччотугар эн саха туһа диэн өйүҥ ­санааҥ 2000 с. ыла уларыйда дуо?
­Төрүт, сүрүн биэрэр өйдөбүллэр тоҕо уларыйыахтарай. Стратегия, тактика дииллэрин курдук кэм ирдэбиллэригэр сөп түбэһэннэрэн өй­ санаа хаамыыта уларыйан биэрэн иһиэхтээх буоллаҕа. Мин туох буолан иһиэхтээҕин туһунан суруйууларбар, оннооҕор хоһооннорбор эрдэ этэн испитим. Ону бэйэтин кэмигэр бу киһи наһаалыыр диэн ылынан испиттэрэ буолбат дуо? Ол эппит кэмиҥ бу илэ тийэн кэлбитигэр буолар буолуохтааҕын курдук ылыммыттара. Үгүстэр кэмэ кэлэн аастаҕына (этэргэ куттала суох буоллаҕына) биирдэ саҥаран, чобуоххайан турар идэлээхтэр. Саха олох хаамыытыттан хаалбакка, өссө сорох түгэттэргэ инникилээн да иһэрэ баар. Хаалыыта да баар. Омугуҥ ыарыытын ыарыы , үөрүүтүн ­үөрүү оҥостор буоллаххына ону барытын билэ­ көрө , истэ, иҥэринэн бэйэҥ нөҥүө таһаара сылдьаҕын. Мин билиҥҥи үлэтэ хамнаһа суох турукпар бэйэм айар үлэбинэн тугу оҥоруохха сөбүй диэҥҥэ үлэлэһэн тугу гыммыппын ити түмэн бу күннэргэ көрдөрдүм. Ол онтон улаханнык астынным, үөрдүм, кэҥээтим. Тугу эмэни утары уунардаах курдук сананным.
Дьэ кырдьык, күннэриҥ истиҥник, иһирэхтик, хайдах эрэ кырдьыктык, дьиҥнээхтик диэххэ дуу, аастылар, тоҕотун туох диэн быһаарыаҥ этэй?
­Биһигиттэн истиҥ­ иһирэх, дьиҥ­ чиҥ буолуу баран эрэр. Бу барыта омук итэҕэлэ эрэлэ саарбаҕыттан, атын соҥнооһун элбэҕиттэн. Ырыынак буруйдаах дииллэр. Ырыынакка бэлэмнэнэр кэм да, үп­ харчы да, көҥүл да баара. Биһиги ону төһө сөпкө туһанныбыт. Манна хайдах саламта олорон кэлбитин сыаналыахпытын сөп. Мин бэйэм сыанабылларбын ити “Санаа буолардаах, буолбаттаах“ диэн кинигэбиттэн булан ааҕыахтарын сөп. Биһиги, “Саха кэскилэ“, общественнай хамсааһын быһыытынан, бэйэтин кэмин баттаһа сөптөөх сыалы соругу туруоран үлэлээбиппит. Сыыспыппыт диэн санаа суох. Ону атыннык салгыыр эрэ санаа баар. Саламта биэрэр, биэрбэт кыаҕын барытын туһана сатаабыппыт. Бу оонньоон буолбатах, кырдьык, ис сүрэхтэн кыһамньы этэ. Ол да иһин айар киэһэлэрбэр ону өйдүүр­ өйүүр , хос­ кэтэх санаата суох дьон кыттан, көмөлөһөн наһаа чэпчэкитик, ыраастык, иһирэхтик­ истиҥник ааста. Хос­ кэтэх санаалаахтар кэлбэтэхтэрэ.
Хайдах биир­ биэс харчыта, өйөбүлэ суох олорон маннык улахан тэрээһини оҥоруохха сөбүй, хаартыга курдук собуор барыаххан сөп этэ буолбат дуо?
­Саламта эрэ өйөөтөҕүнэ, көҥүллээтэҕинэ, ханнык эрэ сойуус чилиэнэ буоллаххына сатаныахтаах диэн буолбатах. Миигин айар олоҕум тухары саламта өйөөбөтөҕө, мин суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ буолбатахпын. Ааһа барын эттэххэ кинилэр мин кинигэбин таһаарбатахтара. Оннооҕор Бичиккэ таһаарыахтааҕар бэлэм тахсыбыт кинигэбин атыылаттарбаттар, библиотекаларга тарҕаттарбаттар. Бэйэ бэйэлэрин күлүктэрин көрө­ көрө куттанса, бэйэ­ бэйэлэрин хайҕаһа ааспыты туойа сылдьар дьон. Мин хара маҥнайгыттан ону өйдүүр буолан кинилэргэ туох диэн хом саныахпыный. Оннуктар. Олохпут оннук. Бэлэми кимтэн да эрэйбэккэ, барытын бэйэҥ илиигэр ылан сатаан тэрийиэххин наада. Биһиэхэ араас дьоҕурдаах, талааннаах , ураты өйдөөх , үтүө санаалаах дьон элбэх.
Ханнык баҕарар үйэҕэ айар куттаах дьон сүрэхтэрэ аһаҕас, көҥүл диэкки таттарыылаах буолар.. Дуоһунастаах да дьоннорго, үптээх­ астаах да дьоҥҥо киһи кутун оонньуутун, өйүн­ санаатын көҥүлүн өйүүр сыаналыыр дьон баар буолар. Кинилэр былаастан тутулуктара бэрт. Өйөһүү­ өйдөһүү туохтаах ­эмэлээх буоллаххына кэлэр. Төһө да үгүстэртэн кэлэйэн, бүтэр уһукка чугаһаатахха син биир өйүүр дьон көстөөччү. Кырдьык мээнэ киһи ылсыбат баламат санаата дииллэр.
Мин бастакы кинигэбин, Кулаковскай киинигэр бэлиэтээбитим. Иккис игирэ кинигэбин эмиэ онно эбиитин Опера Балет театрыгар. Үһүс төгүлбүн үс сиргэ бэлиэтиирим бэйэм санаабар, буолар буолуохтааҕын курдук этэ. Туохтаахпын толору көрдөрөр баҕа баара. Быйыл айар үлэннэн дьарыктаммытым 20 сыла , 50 сааспын көрсө, кинигэм таҕыста, ырыаларбын хомуйан икки (игирэ) компакт диискэлэрим таҕыстылар. Уонна олох сонун аныгы үйэ кинигэтин таһаардым диэн олоробун. 2000 с. игирэ кинигэлирим компьютернай варианнарын сиди дискэннэн бастаан таһаарбытым . Ол эмиэ сонун этэ. Билигин ону үтүктүбэккэ атыннык таһаарбыт киһи диэн Яков Александров ­Бэрт–Дьикти диэн чахчы да бэрт­ дьикти инженер­ компьютерщик атаспынаан үлэлээбиппит. Кини сиди­ визитка вариана барыан сөп диэн эппитэ. Москваттан ыйыталаһан форматын сөп түбэһиннэрэн таҥмыта. Сымыйа буолбатах компакт­ диискэлэри, сиди визиткаларым үс эрэ күнүнэн бэчээттэнэн айар киэһэлэрим саҕаланар күннэригэр Москваттан тийэн кэлбиттэрэ . Ол курдук кэпсээтэххэ үгүстэр итэҕэйбэттэр. Кырдьыга оннук. Ити барыта Родион Иннокентьевич Федоров диэн мэҥэттэн төрүттээх үтүө киһи көмөтүнэн­ өҥөтүнэн ситиһиллибитэ. Барахсан, ыпсаран­ тиксэрэн, дьаһаллаах, тэрээһиннээх да киһи эбит диэн сыаналаатым. Кини урут да элбэх дьоҥҥө көмөлөһөрүн истэрим. Кинигэбин бэлэхтээбитим. Кинигэбин ааҕан баран ыҥыран ылбыта уонна өйүүрүн туһунан быһаччы эппитэ. Аны кинилэр буолан, атастар­доҕоттор, Иннокентий Тарбахов, Мария Габышева (Тыгын Дархан ресторан) бэйэлэринэн ылсыһан Кружало диэн киһи мэнээк санаммат да уораҕайыгар баай­ талым күндү остуолун тэнитэн үтүөкэннээх дьоро киэһэни тэрийэн ыыттылар.
Эн аттыгар сылдьыбыт, көмөлөспүт дьону ырытан көрдөххө бары да ааттаах суоллаах дьон дии, ону хайдах хамсаттыҥ, төлөстүҥ?
­Төлөһүү, атыылаһыы диэн өйдөбүл суох этэ. Хара маҥнайгыттан сүрэх үтүө көҥүлүгэр, киһилии сыһыаҥҥа олоҕуран тэрээһин барбыта. Ким да үлэм иһин бачча харчыта аҕал диэн көрдөөбөтөҕө. Бары көмөлөһө сатыыр санаалаахтар этэ. Хос санаалаахтар кыттыспатахтара. Итинник түмсүү кэлиҥҥи кэмҥэ арааһа аҕыйаабыта буолуо оҥоробун. Мин бииртэн улаханнык үөрэбин, мин таспар бары туохтаах ­эмэлээх, олоххо бэйэ көрүүлээх дьоҕурдаах­ талааннаах дьон түмсүбүтүттэн. Киһи киһилээхпин диэн киэн туттар дьоно. Ама , Алексей ,Екатерина Егоровтары, Байбалы, Чолбон, Дапсы чаҕылхай уолаттарын, Дмирий Иванову, Владимир Заболоцкайы, Владимир Татариновы, Варя Аманатованы, Василий Еремеевы, Клавдия,Герман Хатылаевтары, Иэхэй­Чуохайдары, Сергей Попову, Владимир Махначевскайы, Тумус Мэхээлэни, “Кындыл“ аатынан Бүлүүтээҕи театр артыыстарын, режиссердара Маргарита Соколованы, куоракка кэлэн саҥа сценаҕа тахсыбыт эдэр кэскиллээх ыччат Күн уола Ньыыканы хайаан киһи астыммат дьоно буолуой! Бары мин айымньыбар бэйэлэрэ айымньылаах дьоннор.
Туох баар тэрээһиним кылаабынай режиссера Карл Сергучев, ыытааччы Алексей Егоров, ыытааччы­сценарист Екатерина Гаврильева, тэрийээччилэр Саргылана Адамова, Валентина Чиркова , художник Эдуард Тойтонов, кыыһым Таня идэлээх, идеялаах дьон буолалларын өссө төгүл бигэргэтэн туран махтанабын.
Театрдар директордара, Святослав Григорьев, Анатолий Николаев, Гаврил Местников, Кружало директора Юрий Никифоров, “Саха Виктория“ ­ Анна Исакова, “Киин “ радио­ Лариса Анисимова, НВК ­Анатолий Спиридонов, Николай Максимов, Полина Перуашева, Анна Захарова, “Копир­техсервис“­ Александр Никифоров, “Ил Түмэн“ хаһыат­ Куорат уола, “Киин куорат“ ­Туйаара Нутчина, Прокопий Чуукаар, “Орто дойду“­ Аммос , “Кыым“ ­Нина Герасимова, “Столица“ медиа­холдинг­ Кирил Алексеев, Яков Александров, “Якутская газета“, “Молодеж Якутии“ хаһыаттарга, народнай поэттар Семен Руфов, Моисей Ефимов, доҕоттор­ атастар Михаил Эверестов, Михаил Николаев, Александр Шарин, Александр Уаров, Владимир Андреев, Валентина Черкашина, Тамара Данилова, Александр Петров, Дмитрий Иванов өйбүллэрин, тэрээһиммэр ис сүрэхтэн көмөлөрүн, үтүө тылларын иһин барҕа махтал. Улуустартан Бүлүү, Мэҥэ, Амма, Орто Халыма, Дьокуускай куорат саламтатыгар махтанабын.
Махтал билиҥҥи кэмҥэ төһө сыаналанара буолуо дии саныыҥыный?
­Туох диэн эттэҥий, туох барыта махталлаах, хайҕаллаах буоллаҕа, ону сүтэрдэхпитинэ олох да эстэрбитигэр, киһилии сыһыаммытын сүтэрэрбитигэр тийиэхпит дии. Бу тэрээһиммэр санаалара буолан , сүрэхтэрин үтүө баҕатынан кыттыспыт доҕотторум атастарым айымньылара эмиэ кыттыһан мин дьоҥҥо тийдэҕим дии. Махтанарбыттан астынабын. Махтанардаах киһи­ киһилии буолаа ини. Аҕала сатаан махтаныы миэхэ суох. Хос­ кэтэх санаалаах, ордугургуу, сэнии да санаабыттар, истэригэр табыллыбатар ханнык да диэбиттэр баар буолан эрдэхтэрэ, олор барыта бэркэ ааспытын истэн санаалара көнүө да буоллаҕа. Атын киһи табыллыыта, сатаныыта киһи сүрэҕин үөрдэр, сүргэтин көтөҕөр. Табыллыы көнсүүнү эмиэ аҕалар. Биһиги табылыннахпытына, көнсүһэн иһэр буоллахпытына, түмүстэхпитинэ тугу баҕарар тэрийиэхпитин, оҥоруохпутун, айыахпытын­ тутуохпутун сөп эбит дии саныыбын. Дьон атыылаһыллыбыт, кимиэхэ эрэ бэрт буола сатаабыт, соҥноммут буолбакка, истиҥ ­иһирэх, аһаҕас, көҥүл түмсүүлэри, тэрээһиннэри суохтуур эбит.
Ону олоххо киллэрэн иһэргэ туох мэһэйдэр бааллар дии саныыгын?
­Саламта маны өйдүөн ­өйүөн, тэрийиэн наада. Үптээх­ астаах дьон куттахтарынан, истэринэн ­ноордорунан, хоонньуларынан эрэ буолбакка, куттарын­сүрдэрин, сүрэхтэрин­ быардарын иэтэн, толкуйдаан көмөлөһүөхтэрин наада. Чопчу, чахчы кыахтаах, талааннаах идеялаах дьону булан өйүөххэ, кыах биэриэххэ. Куккун сүргүн атыылыы, харчы оҥоро сатыы сылдьан олох да мэлийиэххин, иэдэйиэххин сөп. Улуустаһыы, ордук санаһыы, бэрт былдьаһыы, бэйэ бэйэни албыннаһыы сахаларга эстиини, сатарайыыны эрэ аҕалар кыр өстөөх курдук көрүллүөхтээх. Түмэр, дьүөрэлиир төрүөттэри булан сүрэхпит баҕатын онно туһулуохтаахпыт. Биһиги аҕыйахпыт бэрт, салгыытын бары билэҕит…
Онон эн, өй­ санаа өттүнэн моҥкуруут барбатаххын, омуккуттан аккаастанан моҥкуурт да буолбатаххын, саха туһа минньигэс санааҕыттан моҥкурдаабатаххын да бу тэрээһиннэриҥ ырылхайдык көрдөрдөхтөрө дии.
­Оннук диэн бигэ санаа баар. Ол эрэн бу киһини, ол аата миигин, “тоҕо баччааҥҥа дылы оннун булларбаттар“, “хаайыыга симиэххэ баара, өссө кинигэ таһаарбыт буола­буола“ диэн кыбдьыгырааччылар баалларын эмиэ иһиттим. Дьон санаата араас буолара онтон көстөр. Урут да оннуга , кэлэргэ да оннук буолуо. Олох мөккүөрэ суох буолбатын туоһута.
Манан тохтоон хаалбатыҥ биллэр, туох былааннардааххын?
­Биллэн турар, өссө күүскэ үлэлээн биэриэхпин наада. Миэхэ сыал сорук, туолбатах баҕа санаа, сиппэтэх­ хоппотох үлэ хара баһаам. Ол иннинэ бу таһаарбыт кинигэлэрбин , компакпын, сиди­визиткабын атыылыы, тарҕата , быыстапкалыы, көрсүһүү тэрийэ, санаа атастаһа, саха санаатынан иитиллэ киин, илин эҥээр улуустарыгар тийиэхтээхпин. Иэстэн­ күүстэн төлөрүйүөхпүн эмиэ наада. Мантан биир эмэ туохтаах эмэлээх киһилээх сылдьыам, Дмитрий Иванов барсыах курдук, олохтоохтор кыттыһыахтарын сөп, көстөн иһиэ…
Туох санааҥ этиллибэккэ хаалла?
Бу айар киэһэлэрбэр мин эппит, этэр санааларым, ырыа буолан көттүлэр, хоһоон буолан ааҕылыннылар, кинигэҕэ киирэн, диискэҕэ тахсан үйэлээх суолларын буллулар. Онтон ордук айар киһиэхэ ситиһии, астыныы туох баар буолуой. Мин айар олохпуттан кэмсиммэппин. Саҥа үлэлээн эрэр курдук санаа эмиэ баар…Махтанабын, айбыттарга, аттыбар алтыһар атастарбар, доҕотторбор, саха туһа санаалаахтарга,

Үөрэбин күн сырдыгыттан
Бүгүн, этэҥҥэ сылдьарбыттан
Кэрэни кэрэхсиир
Киһилии буолбуппуттан

Ухханы кытта кэпсэттэ Куорат Уола, 2005 с.

Category: Уххан туһунан | Added by: uhhan (2007-09-12)
Views: 2684 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024