Дьадайыы барбатар...
Анатолий Чомчоев.
2007 сыл алтынньы ыйыттан Россияҕа ас сыанатын үрдээһинэ холусханнык барда диэн, В.Путин кытта туспа мунньах оҥорорго кыһалынна. Ол курдук, сорох ас сыаната 70% үрдээтэ. Сыана үрдээһинигэр Американы уонна да атын сайдыылаах судаарыстыбалары буруйдууллар. Кинилэргэ бурдук сыаната үрдээн, итинниккэ тириэрдибиттэр үһү. Тоҕо диэтэххэ Россия сиир аһын аҥаара атын дойдулартан киирэр. Сыана үрдээтэ диэн саҥарыахтарын иннинэ, Эбээн Бытантайга америка отурбатыгар наадыйбат, бэйэлэрэ иитэн таһаарбыт киилэ ынахтарын этэ 250 солкуобай, таба этэ-200 солкуобай этэ. Ити кэмҥэ Дьокуускайга киилэ ынах этэ 180, таба этэ 110 солкуобайа. Ол аата, сыана үрдээһинэ Америка буруйа буолбатах, бэйэбит аһы-үөлү оҥорон таһаарбат буолбуппутугар сытара дьэҥкэтик көстөр. Саха сирин Статуправлениета этэринэн, Эбээн Бытантайга орто хамнастара ыйга баара-суоҕа 7877 солкуобай, пенсиялара 3752 солкуобай (2005 сыл). Эбээн Бытантайы ылар буоллахха, дьадайыы баран иһэр. Пенсияҕа эрэ олорор киһи, эти сиэбэт кэмэ буолбут. Онтон этэ суох, хоту сир киһитэ киһи буолбат. Быйыл атырдьах ыйыгар, статистика этэринэн, дьон хамнаһа былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ Россия үрдүнэн 11,9% үрдээбит буоллаҕына, сүрүн сиир астарбыт сыаналара 17,1% үрдээбитэ. Ити кэмҥэ пенсия баара суоҕа биир-икки мөһөөк үрдээбитэ. Ити курдук им-дьим дьадайа олоробут. Россия Правительствотын тылынан, бу дьыл түмүгүнэн инфляция 8%-н тахсыа суохтааҕа. Ону баара алтынньыга, бастакы нэдиэлэҕэ, инфляция 0,5% буолла! Онтон быйыл тохсунньуттан балаҕан ыйыгар диэри инфляция 7,5% буолбута. Ол аата, 2007 сылга инфляция кырата буоллаҕына 11-12% буолар буолла. Аны туран быыбардар буолаары туралларын иһин, ас сыаната үрдүүрүн күүстэринэн тохтотон кэбистилэр. Ити рынок сокуонун утарыы буолар, онон сотору кэминэн биһиэхэ, кыра-хара дьоҥҥо, ойоҕоспутунан тахсар миэрэ. Аны туран, 2009 сылга харчы түһүүтэ буолар диэн Россия үбүн миниистирэ А.Кудрин бэйэтэ билиннэ. Россия Правительствота оҥортообут араас госкомпанияларын иэстэрэ 7,5 триллион солкуобайга тиийбит. Россия 2007 сыллааҕы бюджетынааҕар 540 млрд. солкуобайынан элбэх. Россияҕа баар араас бааннар атын государстволартан сыл аайы 1,5 трлн. сулкуобайы иэс ыла олороллор. Итилэр барыта ВВП 26,2 бырыһыаныттан итэҕэһэ суох иэскэ тириэрдэн эрэллэр, онон дефолт буолара чуолкай. Дьиҥинэн Россия тас иэһэ ВВП 3,4 бырыһыанын ылар. Атына барыта госкомпаниялар иэстэрэ. Кинилэр харчыларын араас политическай дьыалаларга тутталлара элбээтэ, холобур, футбольнай кулууптар, телекомпаниялар, ырыа-тойук, үҥкүү-битии төлөбүрдэригэр уо.д.а. Казахстаан бааннара атын судаарыстыбалартан элбэх иэс ыланнар, олору төлүүр кыахтара суох буолан, 2007 сыл ортотугар бааннар кризистэрэ буолбута. Ол иэстэрин төлүүргэ государство элбэх миллиард доллары биэрбитэ. Оннук балаһыанньа Россия бааннарыгар буолан эрэр. Ити иэстэри тоҕо судаарыстыба төлүөхтээҕин элбэх киһи өйдөөбөт. Мин эмиэ өйдөөпөппүн. Ити үөһэ ааттаммыт сыана үрдээһинэ уонна дефолт куруук борустуой дьон үрдүнэн ааһар. 1991 уонна 1998 дефолт сылларын үгүс дьон умна иликтэр ини. 1991 сыллаах дефолт түмүгэр, элбэх дьон хара көлөһүннэринэн муспут харчыларын сбергбааҥҥа сүтэрбиттэрэ. Ону төнүннэриэхпит диэн 1995 сыллаахха Россия Госдуумата сокуон ылбыта даҕаны, 2008-2010 сылларга Россия үс сыллаах бюджетын сокуонугар кэлтэгэй кэппиэйкэ көрүллүбэтэх. Бу 315,3 млрд. сэбиэскэй сокуобай туһунан кэпсэтии. Өскө биир сэбиэскэй солкуобайы билиҥҥи 50 солкуобайга тэҥнээтэххэ, билиҥҥиннэн 22,5 трлн. солкуобай! Ол аата стабилизационнай фонда диэммит уонча төгүл кыра буолан тахсар. Итинник дьадайыыны Эбээн Бытантайдар хайдах туоруулларын туһунан үлэ барыахтаах этэ. Кинилэр холобурдарыгар. Атыттар баайдар дуо? Саха сирин тыатын дьоно быста дьадайа иликтэринэ, кэпсэтии таһаарыаҕыҥ. Саха интеллигенцията, тыа дьонун өрүһүйүөҕүҥ.
Анатолий Чомчоев
2007 сыл алтынньы 21 күнэ. Дьокуускай к.
|