Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Сахалыы

Сахаларга сурук–бичик туһунан өйдөбүл

     Саха  былыр суруктаах-бичиктээх омук буолар. Ол туһунан саха тылынан уус-уран  айымньытыгар уонна тылыгар-өһүгэр сөҥөн  хаалбыт өйдөбүллэр туоһулууллар.
  Саха тылыгар “сурук-бичик” диэн  өйдөбүл баар. Бу паараласпыт тыл монгол тылыттан силис  тардар: монг. зураг “уруһуй” уонна монг. бичик “сурук”.  Саха тылыгар киирии суолтата “уруһуй, сурук” диэн буолар. Былыргы  түүр тылыгар битиг “кинигэ” диэн, бити “ойо  быһан суруй” тылтан үөскээбит тыл баар. Бу тыл кытай би,  пйэт “киистэ (суруйарга аналлаах)” диэн тылыттан үөскээбитин  тюркологтар бэлиэтииллэр. Битиг диэн тыл бэйэтинэн саха тылыгар ханыыта  суох. Быһааран суруйдахха, тюрк. битиг уонна монг. бичик тус-туһунан тыллар буолаллар. Оччотугар сахалыы сурук-бичик диэн  тылбыт монгол тылын кытта ыкса сыһыаннааҕа дьэҥкэтик  көстөр. Ол гынан баран саха былыргы суругун тас моһуона  монгол былыргы суругуттан-бичигиттэн олох ураты быһыылаах-тутуулаах.  Саха былыргы суруга Орхон-Енисей мэҥэ  таастарын руническай суругар майгынныыр, оттон былыргы монгол бичигэ былыргы  уйгуур уонна квадрат суруга буолар. Онон саха тылыгар сурук-бичик  өйдөбүлэ монгол тылын кытта сибээстээх буоллаҕына,  суругун тас моһуона төттөрүтүн былыргы  түүр алфавитыгар чугас. 
  Монгол тылыгар баар бичих “суруй” уонна бичик “сурук” тыллар биир сүрүннээхтэриттэн сабаҕалаатахха, бу  тыллар монгол тылыгар эмиэ кэнники киирии буолуохтарын сөп. Тюркология  үөрэҕэр тыл түҥ былыргы олоҕун  үөрэтии-чинчийии методологията баар. Манна олоҕуран  быһаардахха, бу тыллар иккиэн бич “бис” диэн тылтан силис  тардыммыттара сабаҕаланар. Оччотугар саха суруга-бичигэ былыр хайдах  быһыылаахтык суруллан саҕаламмыта көстөн кэлэр курдук.  Былыргы түүрдэр тааска быһан суруйар ньыманы кытайдартан  ыланнар, кытай тылыттан силистээх-мутуктаах бити “ойо быһан суруй”  тылы туһаммыт буоллахтарына, саха тылыгар кыраасканан биһэн суруйуу  ньымата туһаныллыбыта көстөр. Ол аата саха бастакы суруктара  барыта биһэн суруйуу ньыматынан суруллубут буолуохтаахтар. Былыргы  түүр мэҥэ таастарыгар маннык ньыманан суруйуу олус сэдэх.  Саха былыргы суруктарыгар да биһэн суруйуу ньымата эмиэ сэдэх  көстүү. Сүнньүнэн Саха сиригэр  көстүбүт хайаҕа суруктар маннык ньыманан суруллубуттар.  Оттон курыканнар суруктара-бичиктэрэ барыта тааска ойо быһан суруйуу  ньыматынан оҥоһуллубуттара. Биир-икки эрэ ребус сурук соһо  кыраасканан суруллубута биллэр. Оччотугар бу суруктар саха норуотугар  сыһыаннара олох кыра буолар.
  Тааска кыраасканан биһэн суруйуу түҥ  былыргы ньыма буолар. Мантан сылыктаатахха, сахалар былыргы суруктара  түүрдэргэ сыһыана суох. Өссө былыргы  түүр руна суруга-бичигэ үөдүйүөн  иннинээҕи буолуон сөп. Ол сурук тас моһуонунан хайаан да руна  сурукка олус чугас буолуохтааҕа сэрэйиллэр.
  Монголуу зураг диэн тыл “уруһуй” диэн суолталаах. Саха тылыгар уларыйан сурук “уруһуй, сурук” буолбут.  Бу тыл  дьиҥ былыргы суолтата сирдэр ааттарыгар сөҥөн хаалбыта  биллэр. Холобур Суруктаах диэн ааттаах үгүс хайалар, үрэхтэр  бааллар. Маннык ааттаах сирдэргэ үгүстэригэр руническай сурук суох  буолар. Ол оннугар соһо кыраасканан оҥоһуллубут уруһуй  араас көрүҥэ баар. Мантан сабаҕалаатахха, сирдэр  ааттарыгар сөҥөн хаалбыт сурук диэн тылбыт  “уруһуй” диэн өйдөбүлүнэн сир ааттарыгар  иҥэриллибит эбит. Ол иһин даҕаны сахалар чопчулаан  сурук-бичик диэн паараласпыт тылы үөскэтэн таһаардахтара.
  Саха тылыгар сурук-бичик диэни паараласпыт тылы сэргэ ойуу-бичик, оһуор-бичик диэн өйдөбүллэр бааллар. Манна ойуу уонна оһуор диэн тыллар баһылыыр суолталаах буолаллар.  Э.К.Пекарскай тылдьытыгар бу тыл быһаарыыта маннык бэриллибит “бичик -узор, украшение: сурук-бичик письмецо”. Э.К. Пекарскай тылдьытыгар бичик диэн тыл туспа “сурук” диэн суолтаҕа туһаныллыбата эмиэ  көстөр. Кини сурук диэн тылы “начертание, узор, рисунок;  письмена, письмо, буквы” диэн быһаарар. Тыл бастакы суолтата монголлуу  ханыытыгар зураг “уруһуй” диэҥҥэ сөп түбэһэр.  Онон саха тылыгар сурук-бичик диэн паараласпыт тыл “письмо,  письменность” диэн өйдөбүлгэ толору туһаныллар эбит.
  Саха тылынан уус-уран айымньытыгар саха былыр  суруктааҕын туһунан эмиэ ахтыллар. Эллэй Боотур аҕатын  Дарханы кытта Өлүөнэ өрүс устун айаннаан  иһэн, аҕата өлөр күнэ-дьыла тирээн кэлбитигэр,  аҕатын кэриэһин толорон, суругун-бичигин аҕатын холботугар  уган, тэҥҥэ араҥастаан кэбиһэр. Иккис кэпсээн  быһыытынан Эллэй Боотур Өлүөнэнэн устан иһэн,  суругун-бичигин ууга төлө тутан кэбиһэр. Атын  үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн,  Хайыраҥ уола Омоҕой бүрээт омугун кытта  сатаспакка, Өлүөнэ өрүһүнэн устан  иһэн эмиэ суругун-бичин ууга түһэрэн кэбиһэр. Маныаха  майгынныыр ис хоһоонноох үһүйээннэр тува уонна хакас  омуктарыгар эмиэ баар. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн  тува уонна хакас омук өбүгэлэрэ улахан кыргыһыы кэнниттэн  ууга түһэрбит бичиктэрин маска куурда ыйаабыттарын, хой кэлэн  тырыта тыытан, сиэн кэбиһэр. Онон сахалар да, хакас, тува омуктара да  былыргы суруктарын сэрии, көһүү кэмигэр  сүтэрбиттэр эбит.
  Сурук-бичик туһунан олоҥхоҕо эмиэ  ахтыллар. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо  “Үрүҥ Аар Тойон Ньургун Боотуру аҕыс уһуктаах,  түөрт кырыылаах дьэҥкир таас остоолбоҕо сүр кутун  сүүдүтэн, ийэ кутун эрчитэн туран, үөһэ  кэрэниискэ субай хаанынан суруйбут “Муҥутуур дойду буойунун тойоно буол”  диэн, онтон “Айыы Умсуур удаҕан саха киһи көрөр  сардаҥалаах халлаанын үрүт өттүгэр ... аҕыс  кырыылаах, түөрт уһуктаах дьэҥкир таас остоолбону  үөһэ биистэрэ уон сарбайар тарбахтарынан куду харбыахтара  диэн үрдүк очуос чыпчаалыгар суруктаах ытык остуолба тааһы  араҥаччылыыр” диэн.  Атын  олоҥхолорого “Аалыылаах эстэриик таас хайаҕа, биэс хос бичиктээх  биллэрик” баарын уонна “Үрүҥ Аар Тойон суруксутунан, хотой  куорсуннаах Сээркээн Сэһэн, оттон абааһы аймаҕын суруксутунан  Уот Дьурантай” буоларын туһунан кэпсэнэллэр.
  Ити курдук олоҥхоҕо ахтыллыытыгар сурук-бичик  “дьэҥкир таас остуолбаҕа”, “аалыылаах эстэриик хайаҕа”,  “аҕыс кырыылаах аалыы таас баҕанаҕа субай хаанынан”  суруллубут. Суруктаах дьэҥкир тааһы Айыы Умсуур удаҕан  араҥаччылыыр. Олоҥхоҕо ахтылларынан сурук “субай хаанынан”  суруллубут. Ол аата былыргы сахалар суругу-бичиги айылҕа кырааскатынан  эбэтэр хаанынан биһэн суруйууну билэллэр эбит. Манна этиллэринэн сурукка  саха дьылҕата кытта сурулла сылдьар. Ол аата олоҥхоҕо  уруһуй буолбакка, толору ис хоһоонноох сурук-бичик баара ахтыллар.  Манна хаанынан суруйуу туһунан ахтан аастахха, таастар олус  иҥэримтиэ, кыра да кыраасканы үйэлэр тухары сүтэрбэккэ  сөҥөрөн илдьэ сылдьалларын бэлиэтээн этиэххэ  наада.    
  Олоҥхоҕо сурукка куттал суоһуурун, оттон былыргы  сэһэннэргэ сахалар суруктарын сүтэрбиттэрин туһунан кэпсэнэр.  Онон сахалар ытык суруктарын кыайан араҥаччылаабакка,  көмүскээбэккэ хаалбыттар.
  Түүр омук төрүт былыргы суруга  руническай сурук буолар. Түүрдэр үһүйээннэригэр  руна сурук үөһэ халлааҥҥа айыллан баран,  түүр омукка ананан сиргэ түһэриллэр.  Сурук таҥараны кытта ыкса сибээстээх  буолар. Таҥара тыла-өһө, кута-сүрэ сурукка  иҥэриллэ сылдьар. Былыргы үйэлэргэ түүр норуоттара бары  таҥара итэҕэллээх этилэр. Кинилэр халлааҥҥа,  күҥҥэ, ыйга, от-мас иччилэригэр  сүгүрүйэллэрэ. Улуу каганаттарын итэҕэлэ  таҥараҕа сүгүрүйүү буолар. Бу империя  эстэр кэмигэр, итэҕэлэ уонна суруга-бичигэ эмиэ тэҥҥэ  симэлийэр. Түүрдэргэ ислам итэҕэлэ киириитэ олус  алдьатыылаахтык ааһар. Араб омуга ислам итэҕэлин  тарҕатарыгар, таҥара үөрэҕин кытаанахтык  сойуолаһар. Таҥара суругун (руническай суругу) анаан-минээн туран  суох оҥорорго кыһаллар. Ислам сэрииһиттэрэ руна суругу  араҥаччылаан хаалларбыт дьону өлөрөн иһэллэрэ.  Оннооҕор руна суруктаах иһиттэри, кыра маллары буллахтарына, ыалы-ыалынан  кыдыйаллара. Оҕону-дьахтары да аһымматтара. Ол иһин  түүр дьоно-сэргэтэ руна суругу илдьэ хаалартан улаханнык  дьиксинэллэрэ. Онон чып кистээн туһаналлара, эбэтэр ымыы курдук илдьэ  сылдьаллара. Орто Азияҕа кистэниллибит руна суруктар билиҥҥи  күҥҥэ диэри көстө тураллар. Дьон-сэргэ суруктарын  араҥаччылаан араас туой иһиттэр ис өттүлэригэр суруйан  хааларбыттара биллэр.
  Сахалар, тувалар, хакастар эмиэ быстарар, тыын тэскилэтэр  кэмнэригэр суруктарын сүтэрбиттэр. Ол иһин  үһүйээннэригэр, былыргы кэпсээннэригэр сурук-бичик  төннүбэттик симэлийиитэ ахтыллар. Хайаларыгар да руна сурук наадата  суох буолан быраҕыллыбытын туһунан кэпсээннэр суохтар.  Былыр-былыргыттан түүр омуга руна суругу ытык сурук  быһыытынан билинэрэ. Ытык сурук таҥара итэҕэлин кытта биир  өйдөбүллээх этэ. Ол иһин түүр омук  көҥүл өттүнэн бу суруктан аккастамматаҕа.  Научнай литератураҕа руна сурук примитивнэй буолан, уйгурскай уонна  арабскай суругунан солбуллубута диэн этии тутах, быстах ис хоһоонноох  буолар. 
  Сахалар былыргы суруктара таас хайаларга, сап хатар  төгүрүк таастарга, алтан бэчээккэ, кур тимиригэр,  оноҕоско, араас мас оҥоһуктарга суруллан хаалбыта биллэр.  Кэлиҥҥи кэмҥэ ампаар дьиэҕэ, ытык маска бэлиэтэммит  суруктар булуллубуттара. Суруктар бэйэ-бэйэлэриттэн улахан уратылаахтар. Таас  хайаларга хаалбыт суруктар үгүстэрэ былыргы түүрдэр  бичиктэригэр майгынныыр буоллаҕына, кыра оҥоһуктарга,  ампаарга хаалбыт суруктар тас моһуоннара олох ураты буолар. Билигин саха  былыргы суругар сыһыаннах сурук ахсаана 20-чэ буолла. Суруктар Байкал  күөл таһыттан саҕаланан баран, Сунтаар,  Бүлүү сиригэр тиийэ тарҕаммыттар. Саамай былыргылара  таас хайа сирэйдэригэр соһо кыраасканан биһиллэн, оттон  кэлиҥҥилэр маска уонна тааска ойо быһыллан суруллубуттар. Аны  туран саха былыргы суруктарыгар ханна да суох анал руническай бэлиэлэр бааллар.  Байкал күөлгэ көстүбүт уонна Саха сиригэр  булуллубут суруктар бэйэ-бэйэлэриттэн улахан уратылаахтар. Мантан  сылыктаатахха, былыргы сахалар руна сурук икки тус-туһунан  көрүҥүн кытта алтыһа сылдьыбыт буолуохтарын  сөп. 
  Саха тылыгар сурук-бичик диэн тыллар суолталара  историческай сайдыытын уратыларын уонна үһүйээннэргэ,  олоҥхоҕо ахтыллар билиилэри самыы тутан ырыттахха, сахаҕа  сурук туһунан өйдөбүл түҥ былыргыттан ыла  баар эбит. Дьэҥкир остоолбо хайаҕа суруктар былыргы Тибиэт  үһүйээннэригэр ахтыллар хурустаал остоолбоҕо суруллубут  ытык сурукка тэҥнии тутуллуон сөп. Онон сурук-бичик диэн тыл  монгол уонна түүр тылларыгар хайа эрэ былыргы тылтан киирии  быһыытынан сыаналыахха сөп. Бу тыллар иккиэн бастакы суолталара  “уруһуй, оһуор” диэн өйдөбүллээхтэр. Онтон  кэнники “сурук” диэҥҥэ уларыйбыттара сөптөөх.  Манна даҕатан аҕыннахха, монгол омугар сурук быдан кэлин XIII  үйэҕэ үөдүйбүтэ биллэр. Оттон былыргы  түүрдэр суругунан VI-VIII  үйэлэртэн ыла туһаналлар. Сахалар былыргы суруктара руническай сурук буолар,  оччотугар саха тылыгар былыргы түүрдэр мэҥэ таастарыгар  ахтыллар битиг “кинигэ”, бити “суруй” тыллар суохтарый? Арай бити “суруй”диэн тылга чугас суолталаах биттэн, бит-билгэ диэн  тыллар бааллар. Бу өйдөбүллэр, кырдьык, битиг диэн  тылтан силис тардыммыт буоллахтарына, сахалар былыргы түүрдэр руна  суруктарын толору баһылаабатахтара дьэҥкэтик көстөр.  Баччатыгар сахаларга былыргы түүрдэр руна суруктара салгыы  сайдыбакка умнуллан хаалбытыгар тиийэр, ол оннугар монгол омугун кытта ыкса  сибээстээх атын ураты сурук салгыы сайдыбытгар сөп. Аны туран бу сурук  монгол омук уйгуурдартан ылбыт, эбэтэр кэлин айбыт квадрат да суруктарыттан  олох атын ураты руническай сурук буолуохтаах. Бу сурук Орхон-Енисей мэҥэ  таастарын суруктарыттан олох былыргы буолуохтаах. Суруллубут дьыла-күнэ  даҕаны былыргы түүрдэр эпохаларыттан быдан иннинээҕи  кэм кэрдииһин хабыахтаах. Бичик диэн тыл Енисей  өрүстээҕи мэҥэ таастарга сэдэхтик да буоллар  көстөн ааһар. Ол гынан баран бу был монгол тылыттан киирии  тыл быһыытынан сыаналанар.
  Былыргы  монголларга руническай сурук үөдүйэ сылдьыбытын туһунан  кыра да буоллар научнай билиилэр син бааллар. Маннык суругунан былыр хууннар  кэмнэригэр сяньбилэр туһана сылдьыбыттара сабаҕаланар. Ити  туһунан монгол учуонайа Лувсэндэндэв ыстатыйаларыгар этиллэр. Сяньбилэр  ханнык тылынан кэпсэтэ сылдьыбыттара чопчу биллибэт. Кинилэри монгол тыллаахтар  диэн этэллэр. Ол гынан баран түүр-монгол буккаас тыллаахтар диэн  сабаҕалааһын эмиэ баар. Бу омуктар хууннары кытта ыкса сибээстээхтэрин  туһунан араас источниктарга ыйыллар. Онон сяньбилэргэ тиксибит руна сурук  быһаччы хууннартан ылыллыбыт буолуон эмиэ сөп. Бу сурук  сяньбилэртэн кэнники хара киданньарга тиксибитин туһунан  сабаҕалааһын баар.
  Мантан сиэттэрэн эттэххэ, былыргы  сахаларга руна сурук түҥ былыргы көрүҥэ  сөҥөн хаалбыт быһыылаах. Ол аата саха омук  руна сурук икки  көрүҥүн кытта алтыспыт. Бастакыта Орхон уонна Енисей  мэҥэ таастарыгар хаалбыт сурук, иккиһэ былыргы монголларга  үөдүйэ сылдьан баран симэлийэн хаалбыт руна сурук.  Орхон-Енисей алфавитынан суруллубут бичиктэрэ Байкал күөл  таһыгар, Иркутскай уобалас сирдэригэр көстүбүт  буоллаҕына, былыргы монголлартан ылбыт суруктара Саха сирин  сиригэр-уотугар тарҕаммыт буолуон сөп. Ол туоһутунан саха  суругар Орхон уонна Енисей алфавитыгар суох руническай бэлиэлэр бааллара  буолар. Маны таһынан хууннар уонна сяньбилэр тамҕаларыгар  майгынныыр бэлиэлэр саха былыргы суругар баарын бэлиэтиэххэ сөп. 

Герасим Левин


Category: Сахалыы | Added by: uhhan (2007-10-26)
Views: 4597 | Rating: 5.0/4 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024