Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Сахалыы

Ытык Тибиэт сахаларга сыһыана

Ытык Тибиэт сахаларга сыһыана

Tibet1Тибиэккэ сылдьыбыт экспедициябыт түмүгэ икки кинигэ, үгүс научнай ыстатыйа буолан тахсыбыта, Аан дойдутааҕы тюркологическай уонна Востоковедение конгресстарыгар ырытыллыбыта. Үгүс тюркологтар уонна историктар бэйэлэрин санааларын эппиттэрэ.
  Тибиэт саха норуотугар сыһыанын түөрт туспа бөлөххө арааран быһаарыахха сөп.

  Итэҕэл. Тибиэт норуоттарыгар ламаизм тарҕаммыт уонна олус күүстээх дьайыылаах. Ламаизм итэҕэлин иннигэр Тибиэккэ Бон итэҕэлэ тарҕана сылдьыбыта биллэр. Бон итэҕэлэ сүрүннээн ойууннааһыҥҥа ыкса чугас. Бу итэҕэл быһыытынан дьон-сэргэ үөһээ халлаан күүстэрин кытта бииргэ алтыһан олоруохтаах. Бон итэҕэлин ииллээччи-саҕалааччы Бон Шенраб үрдүк мэҥэ халлаантан түһэн, дьону-сэргэни таҥаралары кытта бииргэ алтыһан олоруу үөрэҕин тарҕатар. Мантан ыла Тибиэккэ күн бүгүнүгэр диэри Бон итэҕэлэ олохсуйан хаалбыт. Билигин Бон итэҕэлигэр сүгүрүйээччи биллэ аҕыйах, ол да буоллар итэҕэйээччи дьон Тибиэт үгүс муннуктарыгар бааллар. Биһиги Бон итэҕэлин саҕанааҕы ойууттар таҥастарын-саптарын чинчийэн уонна кинилэр тустарынан үөрэх билиитин хомуйбуппут. Бон итэҕэлин саҕанааҕы ойууттар олус аптаах-хомуһуннаах буолаллар. Кинилэр дьону дириҥ транска киллэрэн үөһэ таҥараны кытта ситимнииллэр. Оччоҕо транска киирбит киһи таҥараны, айыылары кытта илэ көрсөр, кэпсэтэр-ипсэтэр кыахтанар. Ойууттар хомуһуннара оннооҕор өлбүт киһини кытта тириэрэр эбит. Бон итэҕэлин быһыытынан сир-дойду, уу барыта тыыннаах, иччилээх буолар. Ол иһин дьон-сэргэ дойду иччилэригэр хайаан да бэлэх-туһах биэриэхтээх, сүгүрүйүөхтээх. Ытык сирдэргэ, мастарга хайаан да салама бааллыахтаах, киэргэтиллиэхтээх. Сир-дойду иччилэригэр тыыннаах сүөһүнү өлөрөн бэлэх-туһах бэриллиэхтээх. Оччоҕо эрэ үөһэ халлаан дьону-сэргэни араҥаччылыахтаах-харыстыахтаах эбит. Бон итэҕэлин ойууттара олус күүстээх буолаллар. Кинилэр абааһы  көрбүт дьоннорун, өстөөхтөрүн эмэгэт күүһүнэн суох оҥороллор. Эмэгэккэ дьон кутун супту оборон ылан баран, эмэгэти тоҕута сынньан дьон кутун кыйдыыллар. Эбэтэр эмэгэккэ тыын киллэрэн, өстөөхтөрүн дьакыйтараллар эбит. Ойууттар саамай ыар иэстэбиллэринэн, эмэгэккэ куһаҕан тыыны үрэн, илбис иҥэрэн дьоннору кэйгэттэриилэрэ буолар. Тыын ылбыт эмэгэт тиллэн, хамсыыр-харамай моһуонун ылынар. Бу харамай үксүгэр киһиттэн туох да уратыта суох. Тас көрүҥэ, таҥаһа-саба, саҥата-иҥэтэ – барыта киһилии буолар. Ойуун көҥүлгэ ыыппытын кэннэ, бу харамай-киһи ойуун өстөөх киһитин уонна кини чугас аймахтарын тиийэн өлөрөн-өһөрөн баран төннөн кэлэр. Оччоҕо ойуун кинини төттөрү эмэгэккэ кубулутар. Сорох кэмҥэ харамай-дьоннор ойууттарга бас бэриммэккэ күрээн хаалаллар. Дьэ, оччоҕо улахан араллаан, дьон-сэргэ өлүүтэ-сүтүүтэ саҕаланар. Маннык түбэлтэҕэ ойуун куһаҕан тыыны иҥэрбит эмэгэтин бэйэтэ тутан суох оҥоруохтаах. Харамай-киһи ойууну бэйэтин кыайбыт түбэлтэлэрэ эмиэ үгүс буолар эбит. Оччотугар аптаах-хомуһуннаах ойууттар мустан харамай-киһини тутан ылан эмэгэккэ кубулутуохтаахтар, эбэтэр өр үйэлэр усталарыгар хаайан кэбиһиэхтээхтэр.
  Биһиги бу эмэгэттэр хааллан турар сирдэригэр киирэн, кинилэри илэ харахпытынан көрбүппүт. Омос көрдөххө эмэгэттэр куукулаттан туох да уратыта суох курдуктар. Үрдүктэрэ быһа барыллаан орто уҥуохтаах киһи үрдүгэ, таҥастара-саптара дьон-сэргэ сиэринэн. Арай сирэйдэрэ-харахтара, илиилэрэ-атахтара халыҥ кыраасканан сотуллубуттар. Кырааска халыҥ буолан харахтара уруһуй курдуктар. Арай атахтарыгар хаалбыт тыҥырахтара эмэгэттэн арыый атын амырыын дьон туралларын туоһулуура. Биллэн турар музейга ууруллубут экспонаттар дьиҥнээх «эмэгэттэртэн» арыый ураты буолан, дьон-сэргэ хараҕын ортотугар турдахтара.
  Аны туран Бон итэҕэлин саҕанааҕы ойууттар таҥастара-саптара, дүҥүрдэрэ саха ойуутарыттан туох да уратыта суох курдук. Ойууттар эмиэ дьону-сэргэни эмтиир-томтуур, абааһыттан араҥаччылыыр аналлаахтар. Ол гынан баран Бон итэҕэлигэр ойуун олус кырыктаах уонна кутталлаах буолар. Үрдүк мэҥэ халлааҥа үҥүүгэ, сиргэ-дойдуга сүгүрүйүүгэ хайаан да ойууттар баһылыыр-көһүлүүр оруоллаахтар. Оттон дьону турукка киллэрии, эбэтэр өлбүт дьону тилиннэрии кинилэр быһаччы аналлара буолар.

  Сир ааттара. Тибиэт сиригэр үгүс түүрдүү төрүттээх сир ааттара бааллара киһини сөхтөрөр. Тэҥэри – хайа уонна күөл аата, Төпэ – хайа чыпчаалын аата, Мэҥкир – сир аата, Хайалас – ытык хайа аата, Хара хаш – хочо аата, Саха цзон – сир аата, Хаҥ диси – Хайалас былыргы аата, Улуҕ музтаҕ - чыпчаал аата, Мустаҕ - хайа аата. Бу сирдэр ааттара барыта кэриэтэ саха тылыгар ханыылаахтар.
  Тибиэт ытык сирин-уотун ааттара түүрдүү төрүттээҕэ Тибиэт сиригэр түҥ былыр түүр дьоно-сэргэтэ олоро сылдьыбытын туоһулуур. Тибиэт былыргы сэһэннэригэр былыргы дьон туһунан үгүстүк ахтыллар. Бу дьон Тибиэт сирин-уотун дьиҥ олохтооҕунан ааттаналлар. Кинилэр тус хоту муустаах муоралаах уонна хайалардаах сиргэ айаннаабыттар. Бу дьон киһи-аймах түҥ былыргы итэҕэлин уонна тылын-өһүн илдьэ сылдьар эбиттэр. Кинилэр аан дойду улахан алдьархайга ыллардаҕына, эбэтэр улуу уоттан умайара кэллэҕинэ Тибиэт сиригэр төннүөхтээх эбит. Төннөн кэлэн, тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр кистээбит улуу битигтэрин ылан аахтахтарына, сир-дойду алдьархай ааҥныырыттан быыһаныахтаах. Тибиэт үһүйээннэрэ ити курдук этэллэр.
  Тибиэт сиригэр сахалыы ханыылаах сирдэр ааттара бааллара эмиэ киһини толкуйдатар. Саха цзон диэн сиргэ билигин дэриэбинэ турар. Олохтоох дьон сирдэрин аатын «Сахха ццон» эбэтэр «Сахха» диэн ааттыыллар. Сахалыы кэпсэтэн холомуппутугар, биир да тылы олох өйдөөбөттөр. Ол оннугар саха тылын олус ыраастык үтүктэн саҥараллар. Сөхтөхтөрүнэ эбэтэр сыыһа тутуннахтарына «тууй цээ» дэһэллэр, ыттарын «чот, чөт», сүөһүлэрин «һаа» диэн үүрэллэр.
  Тибиэт тыла түүр тылларыттан быдан ураты кытай-тибиэт тылларын бөлөҕөр тибиэт-бирма салаатыгар киирэр. Ол да буоллар саха тылыгар ханыы тыллардаах буолар. Холобур, саха «сүбэлэт» - тиб. «суба, зуба», саха «соролоо» - тиб. «сорба», саха «луо» – тиб. «клуо» курдуктар. Биллэн турар, маннык тыллар саха тылыгар былыргы түүр уонна монгол тылын нөҥүө киирбиттэр.

  tibet2Олох-дьаһах. Туттар сэп-сэбиргэл. Тибиэт үрдүк хайаларыгар дьон-сэргэ түөлбэлээн олорор сирэ сэдэх. Үксүгэр уончалыы ыал бииргэ олохсуйаллар. Дьиэлэрэ-уоттара таастан, туойтан оҥоһуллубут. Дьиэ таһыгар кыбыылара, көрүөлэрэ-хаһаалара былыргы сахалар олохторун санатар. Ынахтара саха ынахтарын курдук бээгэйдэр. Аттара да саха атыттан эмиэ уратыта суох курдук. Дьиэлэрэ тас көстүүтүнэн, түөрт эркинэ иҥнэри тутуулааҕынан саха балаҕаныгар маарынныыр. Ыраах хайаларга үксүгэр дьадаҥы дьон олороллор. От-мас олох кэмчи дойдута. Ол иһин дьахталлар үрдүк хайаҕа тахсан, синньигэс талахтары ылҕаан киирэн, уот оттон, дьоннорун аһаталлар. Арыый да баай өттүлэрэ як сааҕынан уот оттунан олороллор. Таастары ыраастаан сир оҥорон бурдук ыһыытынан дьарыктаналлар эбит. Үгүс сирдэргэ барыта илии үлэтэ буолар. Биһиги Саха цзон диэн син улахан дэриэбинэҕэ дьон олоҕун-дьаһаҕын кытта билсибиппит. Эр дьон үгүстэрэ хамсаны тардар, кыралаан кытай арыгытын амсайар эбит. Хамсаларын «хаҥзах» диэн ааттыыллар. Сүнньүнэн бары уһун сону кэтэ сылдьаллар. Курдарыгар быһах иилинэллэр. Быһахтарын оҥоһуута араас. Саха быһаҕар майгынныыр моһуоннаах быһахтар эмиэ бааллар. Бырааһынньыкка таҥнар таҥастарыгар саха оһуоругар-бичигэр ханыылаах уруһуй элбэх. Үрүҥ аһылыктара сүнньүнэн үүт, суорат буолар.
  Дьон-сэргэ Буддаҕа олус күүскэ итэҕэйэр. Лхаса куоракка религиознай бырааһынньыкка тыһыынчанан дьон кэлэн манастыырдарга үҥэн-сүктэн бараллара саха киһитэ хаһан да харахтаан көрбөтөх хартыыната буолар. Тибиэт дьоно сүгүрүйэр сирдэригэр ытык мас анньаллар уонна ол маһы араас өҥнөөх лиэнтэнэн киэргэтэллэр, тула суруктаах-бичиктээх таас мунньаллар. Сорох сирдэргэ саха сэргэтигэр майгынныыр ытык мастар бааллар.  Тибиэккэ сэргэҕэ майгынныыр оҥоһуулаах ытык мас сэдэх да буоллар, манастыырдарга син көстөн ааһар. Оннооҕор Непалга алтантан оҥоһуллубут сэргэ-мас баара биллэр.
  Саха сирин түҥ былыргы олоҕун-дьаһаҕын чинчийиигэ «Өлүү чөркөчөх» диэн аатаммыт былыргы олгуйдар бааллара биллэр. Бу олгуйдар олус улахан буолан иһигэр табалаах киһи хонон ааһарын туһунан кэпсэнэр. Бу олгуйдар кистэлэҥнэрэ күн бүгүнүгэр диэри арыллыбакка турар. Олгуйдары профессор Н.К. Антонов чинчийэ сылдьыбыттаах. Кини этэринэн, олгуйдар былыргы хууннартан ситимнээх буолуохтарын сөп. Онон кини олгуйдары Саха сиригэр былыргы саха өбүгэлэрэ аҕалбыттарын туһунан сабаҕалаабыта. Н.К. Антонов 80 сааһыттан тахсан баран Сунтаар сиригэр атынан экспедицияҕа сылдьыбыттаах. Кини тиһэх суруйуулара барыта бу олгуйдар кистэлэҥнэрин арыйарга анаммыта. Николай Климович Тибиэттэн кэлбит хаартыскалары сыныйан көрөн уонна научнай оччуоттары кытта билсэн баран, Тибиэт уонна Саха сирэ түҥ былыргы историяларыгар ыкса сыһыан баар эбит диэн түмүккэ кэлбитэ. Кини чуолаан Тибиэт манастыырдарыгар көстүбүт былыргы олгуйдарга сүрүн болҕомтотун уурбута. Биһиги Тибиэккэ сылдьан көрбүт олгуйдарбыт араас быһыылаах-тутуулаах этилэр. Үгүстэрэ 1 метр. үрдүктээх нэлэгэр быһыылаах, 2-3 метр иэннээх буолар. Сорох олгуйдар киһи саҕа үрдүктээх уонна 1,5-2 метр иэннээх этилэр. Киһи дьиктиргиирэ диэн бу олгуйдары биир-икки киһи хайа баҕарар сыҕарытар кыахтаах этэ. Биһиги манастыырдар тэлгэһэлэригэр турар олгуйдары сыҕарытан көрбүппүт. Төһө да түгэҕэ уулааҕын иннигэр киһи өндөтөр гына өрө көтөҕөр этэ. Маннык олгуйу ат, оҕус хайа баҕарар тардар кыахтаах. Оттон өрүскэ, үрэххэ болуот да оруолун толоруон сөп курдук. Олгуйдар чараас кыһыллыҥы өҥөөх металлтан кутан оҥоһуллубуттар. Киһи уһуктаах тимиринэн анньан, туора сотон суол-иис хаалларбат. Оҥоһуллубут матырыйаала олус кытаанах эбит. Онон профессор Н.К. Антонов сабаҕалааһына кырдьыктаах буолуон сөп.

  tibet3Былыргы кэпсээннэр, трактаттар. Тибиэт үһүйээннэригэр Хотугу Шамбала туһунан ахтыллар. Хотугу Шамбала сүрүннээн биллибэт суругу-бичиги кытта ыкса сыһыаннаах. Манна этиллэринэн былыр хоту айаннаан иһэр Индия сириттэн төрүттээх принц инитэ суорума суолламмытыгар, кинини уҥуох тутан баран суруктаах таас туруорбут. Бу киһи тус хоту муус төбөлөөх хайалардаах, көһөҥө муустарынан бобулла сытар байҕаллаах сиргэ барыта кэпсэнэр. Ол гынан баран кини сыдьааннара кэлин Тибиэт сиригэр төннүөхтээх эбиттэр.
  Олоҥхоҕо үрдүк очуоска хурустаал остуолбаҕа мэҥэ сурук суруллан турарын туһунан ахтыллар. Тибиэт хайаларыгар хурустаал таас остуолбалар уонна хурустаал таас истиэнэлэр үгүстэр. Биир сиргэ хурустаал таастаах хайаҕа былыргы киһи мэҥэ тааһа турарын бэлиэтии көрбүппүт. Бу таас түҥ былыргы буолан суруга-бичигэ суураллан-сотуллан хаалбыт этэ. Олохтоох дьон маны Шамбала дьонун таастарынан ааттыыллар. Тибиэт итэҕэлэ ламаизм индийскэй буддизм уонна Бон итэҕэлин алтыһыыларыттан үөскээбит. Ол иһин ламаизмҥа айыы итэҕэлигэр ханыылаах түгэн үгүс. Үөһээ суруллубутун курдук саха уонна Бон итэҕэлин аптаах-хомуһуннаах ойууннарын таҥастара-саптара, сиргэ-уокка сүгүрүйүү ритуаллара ыкса майгыннаһар өрүттээхтэр. Бу майгыннаһыыны олох быһаччы сибээстээх диир эмиэ сыыһа. Саха уонна Тибиэт алтыһыытын икки ардыгар тыһыынчанан сыллар далаһа буолан сыталларын умнар табыллыбат.
  Тибиэт былыргы үөрэҕиттэн биир дьикти билиини арыйан көрдөххө олус соһуччу түмүк тахсан кэлэр. Бу тыл күүһүгэр сүгүрүйүү, тыл күүһүгэр эрэнии үөрэҕэ буолар. Биһиги Тибиэт медицинэтин киинигэр сырыттахпытына, эмчиттэр андаҕар тылларын уонна үөрэхтэрин сүрүн торумун кытта билсиһиннэрбиттэрэ. Тибиэт медицинэтигэр дьону эмтииргэ 4 көрүҥ баар: а) тыл күүһүнэн эмтээһин; б) эмтээх отунан эмтээһин; в) илбийээһин, араас дьарыгынан эти-сиини уһугуннарыы; 4) хирургия көмөтүнэн. Тибиэт эмчиттэрэ тыл күүһүнэн эмтээһиҥҥэ олус күүстээх болҕомтону уураллар. Ханнык да ыарыыны тыл күүһүнэн эмтииллэр, симэлитэллэр эбит. Оттон тыл күүһүгэр кыайтарбат эрэ түгэннэригэр отунан эмтээһини, илбийиини, хирургияны туһаналлар эбит. Тыл күүһэ ыарыы 80% арааһын эмтиир эбит. Манна ньиэрбэ, хаан-тымыр, сүрэх, ис орган ыарыылара, сэллик уонна ааттара ааттаммат ыарахан ыарыылар кытта бэринэллэр. Ол гынан баран трактакка ийэ тыл абынан-хомуһунунан дьон биллибэт күүстэрин уһугуннаран эмтээһин кытаанахтык ыйыллар. Ийэ тыл дорҕооннорун ньиргиэрэ, тылын иччитэ сүрүн күүс-көмө буолуохтаах. Оччотугар Тибиэт медицинэтэ тибетскэй тылы билбэт дьоҥҥо улахан туһата суох буолан тахсар. Атын тыл нөҥүө тылбаастаан эмтээһин абырыырын оннугар, алдьатыыта улаатар. Эмтииргэ анаммыт тыл дорҕоонун киһи этинэн-хаанынан иҥэринэн билиэхтээх. Аны туран отунан эмтээһин, илбийии, хирургия бары тылынан эмтээһини кытта ыкса алтыһаллар. Маны таһынан от-мас сүмэтэ барыта эмиэ төрөөбүт төрүт айылҕаҕыттан ылыллыахтаах.
  Тибиэт үөрэҕэр төрөөбүт тыл сүдү күүһэ аҥардас эмкэ-томко эрэ буолбакка, дьон-сэргэ олоҕор-дьаһаҕар быһаччы сыһыаннааҕа ыйыллар. Онно этиллэринэн хас биирдии тыл иччилээх, илбистээх, абырыыр да, алдьатар да күүстээх буолар. Кырыыс да тыла буолан, алгыс да тыла буолан орто дойдуга олохсуйар. Ханнык да омук тылын сүдү күүһэ тылын дорҕоонноругар уонна иччитигэр сытар. Дорҕооннор сааһыланыылара, саҥарыллыылара барыта тус-туспа кодтаах буолар эбит. Саха тылыгар нуучча дорҕооноруттан уратылаах [ҕ], [һ], [ҥ], [ү], [ө] дорҕоонннорбут биһиэхэ сахаларга сүдү күүһү анаан сылдьаллар эбит. Бу дорҕооннор кодтарын таба туһаннахха, ханнык баҕарар киһини абырыахха да, алдьатыахха да сөп. Холобурдаан эттэххэ, саха тылын ис туругун билбэт киһини, эбэтэр атын омук киһитин сахалыы дорҕооннортон таҥыллыбыт кырыыс тылынан имири сотуохха сөп. Кырыыс тылын алдьатар күүһүн эмиэ маннык ис туруктаах алгыс тыла кыайыахтаах. Ол иһин сахалар алгыска, атын омуктар малыыппаҕа улахан болҕомтону ууран эрдэхтэрэ. Ол гынан баран саха тылынан этиллибит кырыыс тылын нуучча тылынан этиллэр малыыппа кыайбатыгар тиийэр. Оттон нуучалыы билэр саха киһитэ нуучча малыыппатынан көмөтүнэн, нуучча куһаҕан тыыныттан бэйэтин хайдах баҕарар харыстаныан сөп. Оччотугар саха тыллаах дьон атын омук дьонун хайа баҕарар абырыыр да, алдьатар да кыахтаах буолаллар.
  Ол гынан баран хас биирдии ийэ тыл сүдү күүһүн үөһээ хаттыгаһыгар тиийбит киһи алгыс тылын күүһүнэн чугас дьонун-сэргэтин араҥаччылыы сылдьыахтаах, оттон кырыыс тылын олох тиһэх түгэҥҥэ дьон-сэргэ быыһанарын туһугар туһаныллыахтааҕа этиллэр. Бу Тибиэт итэҕэлин кэпсээнигэр этиллэр ийэ тыл сүдү күүһүн анала саха итэҕэлигэр барыта баар курдук. Арай ити дорҕооннор эрэ кодтара суруллубатах, быһаарыллыбатах буоллаҕа. Онон Тибиэт үөрэҕэр этиллибит билиини саха тылыгар сыһыаран быһаардахха итинник соһуччу түмүк тахсар.
  Ытык Тибиэт уонна Саха сирин биллибэт дьиктилэрэ толору быһаарыллыахтара өссө да ыраах. Арай сотору кэминэн кэм-кэрдиис хаттыгаһа арылыннаҕына, саха өрөгөйдүүр күнэ үүннэҕинэ, Тибиэт дьикти күүһэ-уоҕа саха дьонугар толору аһыллан, араҥаччылыа турдаҕа.

Герасим Левин

Category: Сахалыы | Added by: uhhan (2007-10-28)
Views: 3287 | Rating: 4.8/6 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024