Тибиэт полководецтарын курганнарыгар айан Тибиэккэ бастакы сырыы биһиги экспедициябытыгар элбэх саҥаны арыйбыта, ол гынан баран үгүс научнай боппуруостар таайыллыбатах таабырын быһыытынан хаалбыттара. Бастакы экспедиция түмүктэрин сыныйан үөрэтэн баран, «Лена Евразия» фонд экспедицияны иккистээн тэрийэргэ быһаарыммыта. Экспедиция састаабыгар Москва, Башкирия, Калмыкия, Бурятия, Алтай, Тува, Киргизия, Саха сирин чинчийээччилэрэ киирбиттэрэ. Экспедицияны тэрийиини, үбүн-харчытын булууну фонд салайааччыта Л.В. Федорова бэйэтигэр ылыммыта. Ол түмүгэр международнай таһымнаах уонна састааптаах научнай экспедиция бэлэм буолбута. Манна тыл үөрэхтээхтэрэ, этнографтар, фольклористар, историктар киирбиттэрэ. Саха сириттэн этнограф А.И. Гоголев, фольклорист В.В. Илларионов, Киргизияттан фольклорист Э.Б. Молдобаев, Калмыкияттан фольклорист, педагог Б.Б. Оконов, Москваттан фольклорист С.М. Орус-Оол, Башкирияттан фольклорист А.М. Сулейманов бааллара. Бу дьон бары бэйэлэрин идэлэригэр Россияҕа уонна аан дойдуга биллэр учуонайдар, наука доктордара буолаллар. Маны таһынан эдэр учуонайдар, тылбаасчыттар, журналистар барсыбыттара. Экспедиция сүрүн сүбэтэ хас биирдии чинчийээччи иннигэр сорук туруорбута. Фольклористар Тибиэт тылынан уус-уран айымньытын, историктар норуот историятын, тыл үөрэхтээхтэрэ тыл майгыннаһыытын, сир ааттарын анаан чинчийиэхтээхтэр. Журналистар, уонна кинооператор маны барытын киинэҕэ устар, суруйар сорудах ылбыттара. Экспедиция Тибиэккэ балаҕан ыйын бастакы күннэригэр аттаммыта. Аан бастаан Дьокуускайтан Екатеренбург куоракка көтөн тиийбиппит. Ол күн экспедиция атын чилиэннэрэ араас куораттартан кэлбиттэрэ. Екатеренбурга олус тымныы этэ. Икки күн хаардаах ардах түспүтэ. Ол иһин биһиги Тибиэт үрдүк хайаларыгар таҥныахтаах таҥаспытын үллүнэн кэбиспиппит. Сарсыҥҥы күнүгэр Уйгурия сиригэр Урумчи куоракка көппүппүт. Онно тиийбиппит 40 кыраадыс итии эбит. Дьон бары маайканан, футболканан, чараас сайыҥҥы ыстаанынан сылдьаллар. Биһиги эрэ хап-халыҥ таҥастаах аэропортка төттөрү-таары хаама сылдьабыт. Хата сотору Урумчи турфирматын дьоно кэлэн абыраатылар. Бары автобустарга киирэн тута сайыҥҥы таҥаспытын кэтэн дьэ «һуу» гынныбыт. Аҕыйах күн устата Турфан куорат музейдарыгар, театрыгар, былыргы тутууларыгар сырыттыбыт. Аймахтарбын уйгуурдар тыллара саха тылыгар син майгынныыр. Сорох тыллара турок тылынааҕар чугас курдук. Анал тыл үөрэҕэ да суох саха киһитэ наадатын син толунуо эбит. Кылгастык биирдэм тылларынан быһаарыстахха, дьон үксэ өйдүүр, тылбыт майгыннаһар эбит диэн үөрэр-көтөр. Уйгуурдар олус кыахтаахтык олороллор. Урумчи куоракка 34 телеканал түүннэри-күннэри тохтоло суох көрдөрөр. Балартан 4 канал аҥардас уйгуур тылынан кэпсиир. Манна уйгуурдар ырыалара-тойуктара, былыргы историялара, билиҥҥи олохторо-дьаһахтара көстөр. Урукку кэмҥэ биһиги студенныы сылдьан, Китай уйгуурдара баттанан-атаҕастанан олороллор диэн үөрэтэрбит. Онтукабыт олох атын хартыына буолан таҕыста. Олус сайдыылаах уонна культурнай омук эбит. Китай экономиката кэнники кэмҥэ сайдыыта Уйгурия сирин-уотун күүскэ өрө тардыбыт. Киин куораттарыгар халлаан өрөҕөтүгэр анньан турар үрдүк дьиэлэр, араас мындыр тутуулар үгүстэр. Дьон-сэргэ барыта үөрэ-көтө, ылыы-туойа сылдьар. Урумчи куоракка атын түүр уонна монгол омуктара элбэхтэр. Киргизтэр, казахтар, узбектар, туркменнар, калмыктар, монголлар түөлбэлээн олороллор эбит. Бу омуктартан оскуола, университет учууталлара, чиновниктар, байыаннайдар, культура үлэһиттэрэ бааллар. Тыллара атыылыы буолан бэйэ-бэйэлэрин кытта чэпчэкитик өйдөһөллөр. Урумчи университета билиҥҥи үйэ сайдыытын биир үрдүк таһымҥаах университета буоларын илэ харахпытынан көрдүбүт. Манна араас компьютернай технология уонна аныгы техника күүһэ баара ырылыччы көстөр. Хас биирдии студент ноутбук компьютеры уонна ытыска уура сылдьар үөрэх анал компьютердарын тута сылдьар. Үөрэхтэрэ күнү быһа ыытыллар. Студенар сынньалаҥнарыгар анаан бассейннар, спортивнай стадионнар, кафелар, компьютернай саалалар, культурнай киин бааллар. Биһиги Уйгурия сиригэр аҕыйах күн сылдьаат, салгыы Ытык Тибиэт сиригэр Лхаса куоракка көппүппүт. Лхасаҕа сарсыарда тиийдибит. Урукку доҕотторбут олус диэн үөрэ-көтө көрүстүлэр. Ол күн наһаа ыраас, чаҕылхай күн турбута. Халлааҥҥа итир да былыт көстүбэтэ. Чыычаах ырыата-тойуга бөҕө. Аны туран Тибиэккэ тиийбит киһи аан бастаан салгын ырааһын сөҕө-махтайа этинэн-хаанынан ылынар. Этэргэ дылы салгын ырааһа-чэбдигэ диэн киһиэхэ олус наадалаах буоларын киһи онно эрэ өйдүүр. Лхасаҕа диэри айан устата олус кэрэ көстүүлээх сирдэр элбэхтэр. Тула өттүн барыта үрдүк хайалар, анныларыгар нэлэмэн хонуу уонна ыраас дьэҥкир уулаах Брахмапутра өрүс сыыйыллар. Үүнэн турар мас кэмчи. Тибиэт сирэ-дойдута бэйэтэ киһи тылынан кыайан ситэ-хото быһаарбат кэрэ көстүүлээх буолар. Маны илэ хараххынан көрүөххэ, эккинэн-хааҥҥынан ылыныахха наада. Оччоҕо эрэ Тибиэт сирин-уотун кэрэтин өйдүөххэ сөп. Лхасаҕа тиийээт, Поталаҕа сылдьарга быһаарыммыппыт. Ол гынан баран дыбарыаска реконструкция бара турар буолан, икки хонук устата күүттэрэн баран дыбарыаска киирэргэ көҥүл биэрдилэр. Потала дыбарыас уҥа кирилиэһэ эрэмиэҥҥэ турар эбит. Бу сиргэ киирии кылгас кэмҥэ тохтотуллубут. Онон руническай суруктаах таастарбытын харахтаан да көрбөт буоллубут. Ол күн Потала дыбарыаһы сыныйан көрдүбүт. Бу сырыыга биһигиттэн аҕыйах киһини Потала сир аннынааҕы хоспоҕор киллэрэ сырыттылар. Манна сэдэх маллар хосторугар сырытыннаран, былыргы бон итэҕэлин саҕанааҕы араас экспонаттары көрдөрдүлэр. Биһиги Миларепа статуяткатын, Тибет норуоттарын былыр тутта сылдьыбыт малларын-салларын, таҥастарын-саптарын ордук сыныйан көрдүбүт. Олус интириэһиргээн уонна дьиксинэн көрбүт биир дьиктибитинэн бон религиятын саҕанааҕы ойууттар сорук дьоннорун эмэгэттэрэ буолбута. Бу дьон төһө да таас витирина иһигэр турдаллар, кураанах эмгэттэртэн уратылара, амырыыннара биллэрэ. Потала хаҥас кирилиэһигэр уонна атын сирдэргэ руническай сурук көстүбэтэҕэ. Ол иһин биһиги иккиэ буолан уҥа кирилиэскэ киирэргэ соруммуппут. Биһиги дьолбутугар хата ким да суох буолан, уҥа кирилиэскэ туох да мэһэйэ суох киирэн, эмиэ чинчийии үлэтин ыыппыппыт. Хомойуох иһин, таастары барытын хоҥнорон ылан, дьаарыстаан кэбиспиттэр этэ. Суруктаах таастарбыт биир да суох буолбуттар. Арай уҥа кирилиэс аллараа болуоссатыгар руническай бэлиэлэрдээх кыра таастары булан, дыбарыаска руна сурук омооно сүппэккэ хаалбытын көрбүппүт. Сарсыҥҥытыгар иккиэ буолан Поталаҕа иккистээн киирэ сылдьыбыппыт. Манна учуонай-ламаны көрсөн, кинини кытта тылбаасчыт нөҥүө чааһы быһа кэпсэттибит. Кини кэпсээнинэн, ламалар ортолоруттан чулуулара талыллан анал үөрэҕи ааһаллар эбит. Бу үөрэх бастакы үс хаттыгаһын аастахтарына, учуонай аатын ылаллар. Кини кэпсээнинэн, дыбарыаска реконстукуция Китай правительствотын уурааҕынан ыытыллар эбит. Суруктаах таастар туһунан ыйытыыбытыгар, кини сорохторун атын сиргэ илдьэллэрин, сорохторун төттөрү ууралларын туһунан эппиэтээбитэ. Кини этэринэн, реконструкция Потала дыбарыаһы үйэтитэр сыалтан оҥоһуллар эбит. Потала аан дойду буддистарын саамай сибитиэй уонна харыстанар сирэ. Олох соторутааҥы кэмҥэ диэри омук дьоно Лхасаҕа киириилэрэ кытаанахтык бобуллара. Потала дыбарыаска киирии туһунан этэ да барыллыбат. Бу буддистар сибитиэй сирдэрин омук дьоно оннооҕор харахтарын кырыытынан да көрөллөрө бобуллар этэ. Паломник быһыытынан кубулунан киирбит омук дьонун сонно тута дьакыйаллара, кырата көрбөт оҥороллоро. Билигин цивилизация киирэн, сокуон быдан сымнаабыт. Онон кистэнэн турбут манастыырдар ааннара аан дойду дьонугар аһыллыбыттар. Оннооҕор Потала курдук буддистар саамай ытык сирдэрин аныгылыы саҥардан эрдэхтэрэ. Сотору кэминэн биһиги Лхасаттан Хайалас хайатыгар тиийэр сыаллаах ыраах айаҥҥа туруммуппут. Манна биһиэхэ турфирма джиптэри уонна биир таһаҕас тиэйэр массыыналары сыһыарбыта. Айаммыт суола үрдүк хайалар мындааларынан ааһара. Ол иһин наар хайаҕа ыттыы уонна түһүү суоллар олус кутталлаах этилэр. Ардыгар былыттар аллараа хаалар үрдүктэригэр тахсарбыт. Сорох сиринэн биир кыра массыына нэһиилэ батар суолаах буолара. Маннык түгэҥҥэ киһи алараа өттүн одуулаатаҕына, түгэҕэ биллибэт чөҥөрө дириҥ биир амырыын хартыына буолан көстөрө. Арыый да намыһах сирдэригэр түстэххэ, аллараа ырыых-ыраах өрүс субуруйан сытар буолар. Сорох сирдэргэ хайа аллараа тэллэҕэр, аппаларыгар үөһэттэн сууллубут массыыналар үлтүркэйдэрэ онно-манна ыһыллан, чаас-чааска ыһыллан сытара көстүтэлиир. Ити курдук айаннаан, түүнүгэр хайа оройугар ыраас сири булан хоннороллоро. Түүнүн олус тымныы. Үксүгэр киһиэхэ салгын тиийбэтэ сордуур. 5000-6000 км. үрдүккэ киһи олох кыаммат буолар эбит. Кыра да үлэни оҥордоххо, эбэтэр кыратык да хаамтахха олох эппэҥнэс буолан хаалаҕын. Онон биир үксүн кыратык хамсана-имсэнэ сатыыбыт. Бу дойду түүнэ олус кэрэ көстүүлээх. Хайа үрдүк чыпчаалыттан түүҥҥү халлаан өссө чугаһаан, кэрэтийэн көстөр эбит. Сулустар чыпчыҥнаһаллара, кометаллар төттөрү-таары сүүрэкэлээһиннэрэ хайа чыпчаалыттан көрдөххө чыҥха атын хартыына буолар. Халлаан тыаһа-ууһа иһилэргэ дылы. Сулустар олох оройуҥ үрдүгэр тураллар, кометалар олох бу аттыгынан сирилээн ааһар курдуктар. Биир түүн кометалар оонньууларыгар түбэһэн сорохпут куттанан, сорохпут хаһан да умнуллубат өйдөбүлү хаалларыммыппыт. Хайалар үрдүлэрэ хаардаах буолар. Онон сарсыарда уһугуннахха олус тымныы. Сүүрүктээх үрэхтэр уулллара кытта тоҥмут буолааччы. Ол гынан баран бэрт сотору күн уота барытын уулларан, сылытан төттөрү чөлүгэр түһэрэрэ. Биир сарсыарда турфирма дьоно бүгүн Тибиэт полководецтарын курганнарын көрүөхпүт диэн, биһигини сэргэхситтилэр. Биир күрүс айантан сылайбыт-элэйбит дьон, саҥа сиргэ тохтоон ааһарбытыттан үөрэбит эрэ. Массыыналарбыт күн ортотун саҕана Хампа-Ла диэн сиргэ тиийдилэр. Тибет полководецтарын курганнарыттан арыый ыраах соҕус тохтоон, бары хаартыскаҕа түстүбүт. Бу кэнниттэн дьоммут курганнары ааһа көтүтэ турдулар. Салайааччыбыт Л.В. Федорова айдааран, «курганнары бэйэлэрин тиийэн, көрүөххэ наада» диэн, бу сири чинчийэр кыахтамыппыт. Анараа дьоммут ыксаан иһэн, курганнарга улахан суолта биэрбэтэхтэр. Кинилэр бэйэлэрэ чугас дэриэбинэҕэ тиийэн, дьону-сэргэни кытта көрсүһэр былааннаахтар эбит. Курганнар бэйэ-бэйэлэриттэн чугас сиргэ бааллар. Тибетецтэр кэпсээннэринэн, бу курганнарга убай-быраат полководецтар көмүллэ сыталлар үһү. Биһиги кыра бөлөхтөргө хайдыһан, курганнары чинчийиинэн дьарыктанныбыт. Иккис кургаҥҥа тибеттии суруктаах-бичиктээх таас элбэх эбит. Барыларын биир сиргэ муспуттар, аттыгар ытык остуолба туруорбуттар. Маны барытын хаартыскаҕа түһэрэн ыллыбыт. Сотору кинооператорбыт С. Ермолаев улахан көһөҥө тааска былыргы уруһуйдар баалларын бэлиэтии көрөн биһигини ыҥыран ылла. Уруһуйдар олох былыргылар. Кырааскалара харааран хаалбыттар. Дьоннор уонна кыыллар уруһуйдарын омоонноро баара нэһиилэ көстөр. Атынааҕы көһөҥө таастарга үгүс уруһуй уонна араас бэлиэ үгүс. Манна араас свастика, тамҕалар уруһуйдаммыттар. Үгүстэрэ сүүһүнэн сыллар усталарыгар өҥнөрүн сүтэрбиттэр. Салгыы чинчийии түмүгэр, аттынааҕы тааска руническай суругу булан үөрүү-көтүү үксээтэ. Сурук барыта 11 бэлиэлээх, уһуна 23,5 см, букваларын үрдүктэрэ 4-5,5 см. Калькалааһын түмүгэр руническай сурук кэнники кэмҥэ уларытыллан суруллубута быһаарыллыбыта. Чопчулаан эттэххэ, руническай сурук үрдүнэн саҥалыы быһан атын сурук бэлиэлэрин киллэрбиттэрэ көһүннэ. Ол иһин калькалааһын икки тус-туһунан анал быһахтар суолларын булан көрдөрдө. Холобур руническай буквалар төгүрүктүҥү уһуктаах тимиринэн быһыллыбыт буоллахтарына, кэнники эбии буквалар үс муннуктуу уһуктаах тимиринэн оҥоһуллубуттар. Руническай бэлиэлэр сүнньүнэн Уйгурияҕа көстүбүт Тойок пааматынньыгын суругар майгынныыллар. Онон Тибиэт сиригэр-уотугар өссө биир руническай сурук көстүбүтэ, биһиги научнай түмүктэрбитин ситэрэн-хоторон биэрбитэ. Бу суругу кэлин үчүгэйдик сыныйан үөрэтэн баран, ис хоһооннун маннык ааҕан таһаардыбыт: «Эб Шантуҥ Бар йэкүн түркү - Түүр сиэнэ Шантуҥ Бар дьиэтэ». Эбэтэр иккис версията «Эб Шантуҥ бар йэкүн түркү «Дьиэҥ Шантуҥ сыһыы –(онно) бар түүр сиэнэ». Курганнар историяларын билбэт буолан, суругу аҥардас Енисей руникатын быраабылатыгар олоҕуран, бустоферон сурук быһыытынан сыаналаан аахпыппыт. Суругу ааҕыыга Орхон өрүстээҕи классическай руника быраабылата хабыллыбатаҕа. Кэлин бу суругу академик Э.Р. Тенишев Орхон руникатын быраабылатыгар олоҕуран маннык аахпыта "Эр анта кэй – арбаҥ эш эби – Эр киһи онно эрэллээх – туттар тэрилэ уонна күрүөтэ-хаһаата". Бу суругу Москва уонна Татарстан учуонайдара көрөн-истэн баран дьиҥ руническай сурук быһыытынан сыаналаабыттара. Татарстан академига Халиф Курбатов бу суруктарга олоҕуран, руническай сурук Тибиэккэ үөскээбит эбит диэн түмүккэ кэлбитин, киин научнай сурунаалларга бэчээттэнэн таһаарбыта. Бу кэннэ саҥа суругу салгыы чинчийии суох. Ол сүрүн биричиинэтинэн, экспедициялар салгыы үлэлэрэ тохтообута буолбута. Ол да буоллар бу суруктар ис дьиҥнэрин чинчийии инники өттүгэр ыытыллара күүтүллэр. Бастатан туран манна сурук булуллубут сирин үөрэтии уонна курганнарга көмүллэ сытар полководецтар олохторун-дьаһахтарын туһунан саҥа билиилэри ылыы үгүс саҥаны арыйах этэ. Герасим Левин
|