Потала дыбарыаска сурук омоонноро Тибеккэ буддизм ытык сиринэн сүрэхтэммит Потала дыбарыас Кичу өрүс таһыгар, Марбори диэн үрдэлгэ турар. Потала диэн санскрит тылыгар «Будда хайата» диэн тылбаастанар. Бу дыбарыас барыта 999 хостоох эбит. Манна 10 000 ытык сир, 20 000 статуя кистэнэ сытар эбит. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, бу үрдэлгэ былыр Сонгтзен Гампо диэн Тибет ыраахтааҕытын дыбарыаһа турбута эбитэ үһү. Кэлин бу сиргэ Далай-Лама V билиҥҥи Потала дыбарыаһы тутарга бирикээстээбит. Дыбарыаһы тутуу уһун кэм устата барбыт. 1682 сыллаахха Далай–Лама V өлбүтүн кэннэ, Потала тутуутун тохтотумаары, кини өлүүтүн кыра-хара дьоҥҥо биллэрбэтэхтэр. Кэлин 1694 сыллаахха дыбарыас тутуллан бүппүтүн эрэ кэннэ Далай-Лама V өлбүтүн туһунан дьоҥҥо иһитиннэрбиттэр эбит. Билигин Потала сүрүн чааһыгар правительство үлэлиир сирэ, библиотека, медитациялыыр сир, сэрии-сэбин палатата уонна дыбарыаһы көрөр-истэр олорор дьон хосторо бааллар. Үгүс хосторого дьон-сэргэ киирэрэ кытаанахтык бобуллар эбит. Ол иһин туристар уонна паломниктар Потала тас эрэ өттүгэр уонна көҥүллэммит эрэ хосторго сылдьаллар. Туристарга көрдөрөр хосторо уончаҕа да тиийбэт. Поталаҕа биһиги бөлөхпүтүн күн ортотун диэки көҥүллээн киллэрбиттэрэ. Биһигини арыаллаан сылдьар тибетецтэр хаартыскаҕа түһэрэрбитин, киинэҕэ устарбытын, уруһуйдуурбутун кытаанахтык боппуттара. Бастаан бары кус оҕолорун курдук гидпитин батыһан сылдьан, Потала иһигэр баар музейы көрбүппүт. Тибет былыргытын туһунан кэпсээнин болҕойон истибиппит. Кини кэпсээниттэн сирдэттэххэ, былыргы Тибет ытык сирэ олус элбэх кистэлэҥнээх, таайыллыбатах таабырыннаах эбит. Ону барытын сааһылаан, кэрдистээн, биир биир кэпсээтэххэ бүтүн кинигэҕэ да кыайан тиспэккин. Арай сахаларга сыһыаннаах кэпсээннэртэн быһа тардан билиһиннэрдэххэ маннык дьикти сонуннар тахсаллар. Тибет сиригэр билиҥҥи олорор дьон-сэргэ төрүт олохтоох буолбатахтар, кэлии омуктар эбит. Дьиҥ олохтоохтор түҥ былыр Үөһээ халлаан ыйааҕынан, ыраах Хотугу муустаах хайалаах сиргэ дьаадьыйбыттар эбит. Кинилэр сотору төннүөхтээхтэр бу улуу сиргэ хаалларбыт баайдарын-дуолларын көрө-истэ уонна улуу билии күлүүһүн арыйан, аан дойду дьонун алдьархайтан быыһыыр аналлаах. Кинилэр сир үрдүгэр аан дойдуну араҥаччылыахтаахтар эбит. Ол норуот ким диэн ааттааҕа, билигин ханна түөлбэлээн олороро биллибэт. Арай кинилэр түҥ былыргы тылларын сүдү күүһүн уонна муударастарын симэлиппэккэ илдьэ сылдьаллар эбит. Тибетецтэр сэрэйэллэринэн, ол дойду Шамбала курдук эмиэ сир-халлаан икки ардыгар ыйанан турар сир буолуохтаах. Кини туманнаах, күн уота оонньуур муус хайалардаах, дьэрэкээн сибэккилэринэн симэммит хонуулардаах, үрдүк таас хайалардаах буолуохтаах эбит. Тибиэт сирин ытык историятыгар биһиги дьоммут сахалар интириэстэрэ урут да билигин да улахан. П.А. Ойуунускай сахалар Тибиэттэн Алтай хайаларын нөҥүөлээн билиҥҥи дойдуларыгар кэлэн олохсуйбуттар, Л.В. Федорова олоҥхоҕо Тибиэт сирэ-дойдута ойууланар диэн суруйуулара мээнэҕэ буолбатахтар. Манна даҕатан аҕыннахха Саха Республикатын туоҕата ытык Тибет сириттэн силистээх-мутуктаах бэлиэ буолар. Ол курдук Саха сирин туоҕатыгар майгынныыр, халлаан күөх болотунаҕа үрүҥ күн, аллараа өттүгэр маҕан, от күөх, кыһыл өҥнөөх үс кэрдиис ойууламмыт ытык бэлиэлэр хас манастыыр аайы көстөллөр. Бу ытык бэлиэ истиэнэҕэ уруһуйданар, эбэтэр ытык маска суулуу эриллэн баайыллар эбит. Потала дыбарыаска маныаха майгынныр бэлиэ баар этэ. Биһиги үс чаас кэриҥэ Потала дыбарыас ис уонна тас өттүн сыныйан көрбүппүт. Түмүгэр биһигини Потала дыбарыас үрдүгэр таһаарбыттара. Мантан Лхаса куорат ытыска ууруллан нэлэһийэн көстөрө. Куорат үрдүк хайалар быыстарыгар турар буолан, олус кэрэ көстүүлээх. Манна киһи хайа да дойдуга көрбөт дьиктитэ элбэх. Гидтэрбит уонна арыаллааччыларбыт аралдьыйар кэмнэригэр биһиги бөлөхпүт аллараа түһээри, дыбарыас уҥа өттүн кирилиэһигэр барбыта. Дыбарыастан аллараа түһэр арка бастакы аанын аһаат, кирилиэс таастара бачымах курдук ойуулааҕын уонна араас сурукка майгынныыр бэлиэлэрдээҕин таба көрбүппүт. Тута таас плиталары мээрэйдээн, суруктарын уонна ойууларын омооннорун видеокамераҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн ылбыппыт. Сорох сирдэргэ сурук омоонун калькаҕа түһэрэн ылбыппыт. Манна киинэҕэ устуу бобулларын туһунан туох да бэлиэ суох этэ. Ол иһин уонча мүнүүтэ бадахтаах кимиэхэ да мэһэйдэппэккэ эрэ үлэлээбиппит. Сотору туристар уонна дыбарыас үлэһиттэрин интириэһэ биһиэхэ тардыллан, кирилиэс устун аллараа түһэргэ күһэллибиппит. Ол да буоллар фотоаппаракка и видеокамераҕа төһө кыайарбытын уста сатаабыппыт. Плиталар лоскуйдара араас быһыылаах-тутуулаах этилэр. Быһа барыллаан 5-7 метр туоралаах, сүүсчэкэ метр усталаах сиргэ тэлгэнэ сыталлар этэ. Таас плиталар лоскуйдара түбэһиэх ууруллубут буолан, уруһуйдары, суруктары самсыы тутан биир уопсай көстүүнү ылар олус уустук. Кирилиэс үрдүкү үктэллэрэ 1,5 метр уһуннаах 60 см. кэтиттээх плита таастарынан тэлгэммитэр. Бу дьапталҕа таастарга үгүс сурааһыннар, долгуннар уруһуйдаммыттар. Онтон салгыы барар 40х50 см. таастарга араас биллибэт уруһуйдар уонна свастика ойуулара бааллара. Кирилиэс аллараа үктэллэрэ уонна алларааҥы кыра нэлэмэн сир – барыта оннук таастарынан тэлгэммиттэр. Манна барыта 20-тэн тахса араас руническай бэлиэлэр, алта толору сурук омоонноро бааллара. Үгүс суруктар уонна уруһуйдар көстүбэт буола сотуллан, ону тэҥэ плита тааска баар кыра формалаах суруктар кыайан ааєҕыллыбат гына таас ньуурун кытта тэҥнэһэн хаалбыттар. Потала ламалара таастар суруктарын, бэлиэлэрин туһунан тугу да билбэттэр этэ. Арай плита таастары үрдүк хайа очуостарыттан киллэрэн, дыбарыас кириэлэстэрин оҥорбуттарын туһунан кылгас быһаарыы биэрбиттэрэ. Кэлин Лена Федорова Индияҕа бара сылдьан, бу таастар хаартыскаларын Далай-Ламаҕа XIV бэйэтигэр көрдөрбүт. Онуоха Далай-Лама XIV сүбэһит дьонун ыҥыран ылан таастар туһунан туоһуласпытыгар, анараа дьоно дьэҥкэ эппиэти биэрбэтэх этилэр. Кэлин Поталаҕа иккис сырыыбытыгар гидтэрбит бу кирилиэс таастара атын былыр үйэҕэ быраҕыллан хаалбыт куорат оннуттан ылыллыбытын туһунан сибидьиэннэни биэрбиттэрэ. Бу кэннэ таастар суруктарын туһунан туох да саҥа этии, били-көрүү суох. Научнай литератураҕа, араас паломниктар ахтыыларыгар Потала кирилиэһин туһунан суруйууну эмиэ булбакка сылдьабыт. Ол гынан баран бу таастар кистэлэҥнэрэ Потала иннигэр турбут буддискай храмы кытта ыкса сибээстээх быһыылаах. Потала былаана, тутуллуутун историята дыбарыас аата-ахсаана суох кинигэлээх баай библиотекатыгар сытар буолуохтаах. Бу библиотекаҕа омук дьоно киирэллэрэ, оннооҕор бэйэлэрин да ламалара туһаналлара кытаанахтык бобуллар эбит этэ. Мантан сылыктаатахха, Тибиэт түҥ былыргы историята, аан дойду былыргыта уонна инники түстэммит дьылҕата - барыта бу кинигэлэргэ сурулла сытар буолуохтаах. Түүрдэр былыргы суруктара Тибиэт сиригэр-уотугар тиийбитэ мээнэҕэ буолбатах. Түүрдэр каганаттара Тибиэти кытта ыкса сибээстээх. Маны таһынан өй-санаа алтыһыытын кирбиитигэр чугас кэриҥҥэ сыталлара биллэр. Буддизм уонна таҥара итэҕэлэ бэйэ-бэйэлэригэр ыкса сыһыаннаахтарын эмиэ умнуохха табыллыбат. Былыргы дьыллар мындааларыгар Тибиэт дьоно-сэргэтэ уонна түүрдэр ыкса алтыһан, сэриилэһэн-эйэлэһэн сылдьыбыт кэмнэрдээхтэр. Тюрколог Э.Р. Тенишев сабаҕалыырынан, бу таастар суруктарын былыргы уйгуурдар суруйбут буолуохтарын сөп эбит. Онон руническай сурук-бичик Турфаҥҥа, Дуньхуаҥҥа эрэ буолбакка, Тибиэт сиригэр эмиэ тарҕаммыт буолуон сөп. Руна сурук омоонноро Тибиэт ыраахтааҕыларын курганнарыгар уонна аттынааҕєы манастыырдарга, менгирдэргэ (дьоннор таас эмэгэттэрэ) эмиэ көстөр. Тибиэт ыраахтааҕыларын курганнарыгар араас көһөҥө таас бөҕө ыһылла сытара. Үгүс таастарга сурук-бичик омооно элбэх этэ. Таастар курган үөһэ эрэ өттүгэр буолбакка, быдан аллараа тэллэҕэр кытта ыһылла сыталлара. Гидтэрбит быһаарыыларынан бу курганнары культурнай революция саҕана кытай байыаннайдара үнтү тэптэрбиттэр эбит. Манна сорох таастарга руническай бэлиэлэр эмиэ көстөллөр. Кургантан чугас мавзолей баар. Бу мавзолей ис тутуута Күл-Тэгин мавзолейыгар майгынныыр. Чарапаахы үрдүгэр түөрт кырыылаах остуолба таас турар. Остуолба таас уонна чарапаахы моһуоннара, ойуулара Күл-Тэгин мавзолейыгар баар чарапаахыга уонна остуолба тааска майгынныыллар. Маннык мавзолейдары былыр кытай маастардара тутар этилэр. Мавзолей тула менгирдэр анньыллан тураллар. Бу таас эмэгэттэр олус былыргы буоланнар ньуурдара туох да көстүбэт гына ыраастанан хаалбыттар. Арай сирэйдэрэ-харахтара, таҥастара-саптара арыый көстөр эбиттэр. Бу менгирдэр эмиэ былыргы түүрдэр балбалларыгар майгынныылллар. Руническай суруктар палеографиялара сүнньүнэн Енисей мэҥэ таастарыгар баар бэлиэлэргэ майгынныыллар. Руническай бэлиэлэр быһыылара, суруллубут ньымалара ордук былыргы кыргызтар руникаларыгар сөп түбэһэр. Тибиэт суругар үгүс өйдөммөт былыргы бэлиэлэр үгүстэр. Бу аата-ахсаана суох бэлиэлэри сааһылаатахха, аан-дойду былыргы суруктарын бэлиэлэрин үксүлэрин да булуохха сөп. Ол гынан баран научнай системалааһын түүрдэр руническай суруктарын сүрүн тутула баарын көрдөрөр. Таастар уруһуйдарын, бэлиэлэрин көрдөххө, Өлүөнэ өрүс ребус-суруктарыгар ханыылаах матырыйаалы эмиэ буолуохха сөп. Манна уруһуйдары уонна оһуордары туспа тутан чинчийэн көрдөххө, үгүс ойуу саха орнаменыгар майгынныырын бэлиэтиэххэ наада. Үгүс таастарга свастика араас ойуута баара киһини сөхтөрөр. Свастика сүнньүнэн бэйэтэ туспа ойууланар. Ойууламмыт таастара эмиэ атын таастартан туспа сылдьар буолаллар. Тибиэт суруктара матырыйаал аҕыйаҕынан уонна ханнык тылынан суруллубута биллибэтинэн ааҕарга уустуктардаах. Арай былыргы түүрдэр (былыргы оҕустар, былыргы кыргызтар) тылларыгар олоҕуран аахтахха, маннык ойдом тыллар тахсаллар: 1. «бэҥкү - мэҥэ»; 2. «экиш ач - айаас ат бэлэх»; 3. «айы бат - олус куһаҕан»; 4. «кэт – куот»; 5. «ош эд - бу (курдук) мал-сал»; 6. «эҥ эчи» - аан бастаан убай(ым)». Бу суруктары академик Э.Р. Тенишев былыргы уйгуурдар тылларынан сүрэхтээн уратытык аахпыта: 1. «кэҥ эб – киэҥ дьиэ»; 2. «экэ, эш, эчэ – эдьиий, доҕор, аҕас»; 3. «йыс бит – дьүдьэх сирэй»; 4. «кэт - куот»; 5. «ош эд – бу курдук мал-сал»; 6. «эҥ ачы – саамай кырдьаҕас дьахтар». Бу ааҕыылар сорох өттүнэн төһө да майгыннаспаттарын иһин, былыргы сурук туохха сыһыаннааҕын дьэҥкэтик көрдөрөр. Суруктар икки варианнара дьиэҕэ-уокка, аймахтаһыыга сыһыаннаахтар. Ол аата сурук жанра биографическай суолталаах буолар. Маннык хабааннаах суруктар былыргы руническай сурукка үгүс буолаллар. Суруктаах таастары быһыыларыттан-таһааларыттан уонна халыҥнарыттан көрдөххө, тутууга аналлаах чочуллан оҥоһуллубут таастар буолаллар. Таастар халыҥнара биир моһуоннаахтарыттан сыаналаатахха, үгүс плита таастар биир сиртэн, арааһа, истиэнэ таастарыттан ылыллыбыттар. Кэлин бу таастары арааран ылан, муоста тааһа оҥостубут буолуохтарын сөп. Потала уонна аттынааҕы манастыырдар туһунан ламалар уонна паломниктар билиилэрин холбуу тутан ырыттахха, суруктар былыргы историяларын чинчийиигэ маннык түмүктэр тахсаллар: 1) Суруктар Потала тутуллуон быдан иннигэр суруллубуттар; 2) Суруктаах таастар былыргы биллибэт куорат көмөрүттэн ылыллыбыттар; 3) Сурук ис хоһооно тибеттии буолбатах, былыргы түүрдүү тылынан суруллубут буолуон сөп. Бу сабаҕалааһын маҥнайгы экспедиция кэнниттэн тута этиллибиттэрэ. Маны утарар да өйүүр да дьон көстүбүттэрэ. Ол гынан баран чинчийии сөптөөх хайысханан барбытын, Тибиэт сиригэр ыытыллыбыт иккис научнай экспедиция түмүктэрэ көрдөрбүттэрэ. Манна сүнньүнэн былыргы кургаҥҥа 12 бэлиэлээх руническай сурук уонна түүрдэр былыргы олохторугар-дьаһахтарыгар ханыылаах араас матырыйаал көстүбүтэ тумулук буолбута.
Герасим Левин
|