Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Сахалыы

Диана Николаева "Саха ынаҕа, саха сылгыта, саха киһитэ – биир ситим"

Саха ынаҕа, саха сылгыта, саха киһитэ – биир ситим.
(Саха Конгреһын кэнниттэн санаалар)

И.Аммосов, "Орто дойду " корреспондена: Эн саха ынаҕын, төрүт ас туһунан бу сахалар иккис конгресстарыгар тыл эттиҥ. Онтуҥ өйөбүл ылла дуу суох дуу?
Д. Николаева, тыа хаhаайыстыбатын наукатын кандидата: Суох быһыылаах.
И.Аммосов: Тоҕо?
Д. Николаева: Конгресс түмүгүнэн бу Саха конгреһын үлэлэтэр координационнай совет диэн тэриллибитэ 61 киһилээх, онно миигин киллэрбэтилэр. Ол оннугар, Эбээн-Бытантайтан Сунтаарга Элгээйигэ улахан туруорсуунан кэлбит саха ынаҕар генофонда быһыытынан дотация көрдөөбүттэригэр, кыайан көрбөт буоллаххытына эһэн кэбиһиҥ дии сылдьар үрдүкү сололоохтор киирдилэр. Ол иһин этэбин.
И.Аммосов:  Бу тоҕо наһаа туруулаһан туран саха ынаҕын, саха сылгытын туруорсаҕын? Үүтэ, этэ аҕыйах дииллэр дии.
Д. Николаева: Саха сиригэр барыта холмогорскай, симментальскай кэлии боруода сүөһүлэр иитиллэн тураллар. Племенной үлэни ыыталларын да үрдүнэн бу сүөһүлэр сылга баара-суоҕа 1,5 тоннаттан эрэ ордук литр үүтү биэрэллэр. Бу боруода сүөһү буруйа буолбатах, кинилэри иҥэмтэлээх аһылыгынан, ол эбэтэр турнепс, силос, сенаж, комбикорм, араас эбии витаминнар, элбэх от биэрэллэрэ буоллар уонна ичигэс, кураанах хотоҥҥо туталлара буоллар 5-8 тонна үүтү биэриэ этилэр. Оттон саха ынаҕа үйэттэн үйэҕэ маннык кытаанах усулуобуйаҕа үөскээн кыра дороххой от эрэ аһылыктаах эрээри туох да селекционнай үлэтэ суох, тымныы хотоҥҥо, улахан көрүүтэ-истиитэ суох сылга тоннаттан тахса 6-12% сыалаах хойуу үүтү холкутук биэрэр. Холобур, тэҥнээн көрүөҕүҥ, 1 кг арыы саха ынаҕын 8 литр үүтүттэн, боруода – 21 литр үүтүттэн тахсар. Бу ынахха племенной үлэ үчүгэйдик барбыта буоллар хас биирдии ынах хойуу сыалаах икки тонна үүтү биэриэ этилэр. Оттон этин ыллахха көрүҥэ кыра эрээри «симиир эттээх» буолан этин тахсыыта элбэх, үчүгэйдик хааһахха хаайан аһаттахха балтараа саастаах тыһаҕас тыыннаах ыйааһына 315 кг тиийэр. Саха сылгыта эмиэ биир оннук. Онон саха ынаҕын, саха сылгытын этэ, үүтэ олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһэр буолан киһиэхэ туһата улахан уонна эмтээх. Сэрии кэмигэр профессор М.Ф.Габышев саха сылгытын этин рюкзакка сугэн илдьэн Москваҕа аһылыгы үөрэтэр научнай институкка чинчиттэрбит. Онтон эмиэ кинини үтүктэммит профессор В.Г.Кривошапкин уонна мин саха сылгытын, саха ынаҕын этин, сыатын ити институкка эмиэ сүгэн илдьэн анализтаттыбыт. Олус туһалаах араас элбэх витаминнар, микроэлеменнар, Омега-3, Омега-6 бааллара дакаастаммыта. Бу Омега-3 диэн билигин Америкаҕа искусственнай препарат оҥорон онкологическай ыарыылары, радиацияны, тяжелай металлары киһи организмыттан ыраастыырга тутталлар эбит. Оттон Сахабыт сиригэр саха ынаҕа, саха сылгыта бэйэлэрэ «хаама сылдьар аптекалар», «капсула долголетия» диэн ааттыыбын, бу туһунан син балайда суруйдубут, кэпсээтибит.
И.Аммосов: Оччоҕо тоҕо итини өйдөөбөттөрүй?
Д. Николаева:Омугу эһэр буоллаххына экономическай төрдүн суох оҥоруохтааххын. Ол иһин саха ынаҕын, сылгытын эһэллэр. Саха ынаҕын биир ньыгыл советскай норуоту оҥороору 1960 сылтан эспиттэрэ. Билигин эмиэ ол оннук үлэ хатыланан бара турар. Саха ынаҕын, сылгытын бэйэтинэн хаанын удьуорун уларыппакка иитэ сырыттахха киһиттэн улахан тутулуга суох буолар, комбикорм, эбиэс наадата суох.
И.Аммосов: Оттон саха боруодата тарҕанарын сахалар бэйэлэрэ тоҕо өйдөөбөттөрүй?
Д. Николаева:Оттон өйдүүр буоланнар билигин бытааннык да буоллар улахан туруорсуунан Сунтаарга, Горнайга, Аммаҕа, Намҥа тарҕанан эрэр. Саха ынаҕын ылыан баҕалаах элбэх уонна доруобуйа аһылыктан тутулуктааҕын өйдөөн эрэллэр. Ону араас мэһэйдэри оҥорон бопсо-хаайса сыталлар. Билэргит курдук, профессор М.Габышев Өлүөхүмэттэн төрүттээх нуучча киһитэ, тыа хаһаайыстыбатын дириҥник үөрэппит улуу учуонай. Бу киһи боруода сүөһүлэри, сылгылары үчүгэйдик билэр, үөрэппит буолан өссө 1957 сыллаахха Саха Сирэ бу саха ынаҕын, сылгытын сайыннаран, элбэтэн экономическай базата күүһүрэрин, төрүт олохтоохтор итинэн эрэ сайдар кэскиллээхтэрин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Баҕар, ол иһин да буолуо, кинини дуоһунаһын үрдэппитэ буолан соҕуруу ыыппыттара, репрессияламматаҕар баһыыба. Кини өйдөөх киһи буолан улуу художниктар уруһуйдарын мунньар эбит уонна кэриэһигэр бу муспут кылаатын саха олохтоохторугар анаабыт, онон кини аатынан музей билигин үлэлии турар. Онон ол музей иннигэр Михаил Федорович Габышев өймөкөөн сылгытын тутан турар гына өйдөбүнньүк памятникта туруоруохха диэн этиилээхпин. Россия тыатын хаһаайыстыбатын министрэ М.Гордеев Өймөкөөҥҥө кэлэ сылдьан саха сылгытын этин амсайан баран үрдүк хаачыстыбатын бэлиэтээбитэ. Ону баара Лондон саамай баай рестораннара Швейцария Франция сылгытын этин киилэтин 2,5 тыһыынча солкуобайга атыылаһан дьону аһаталлар. Ол иһин мин билигин туруорсарым, саха сылгытын этин аан дойду таһымыгар таһаарарга сертификат ылан ол французтар сылгыларын этин куоһура сатыыбын, Саха сирин тыатын олохтоохторун байытар сыалтан.
И.Аммосов: Билигин Россия госдуматыгар партияларынан быыбар буолаары турар, хайа партия эн хайысхаҕын өйүүрүй?
Д. Николаева: Бүгүҥҥү туругунан Саха Сиригэр баар партиялар отделенияларыттан биир эрэ партия программатыгар баар саха ынаҕын, сылгытын өйүүрүн туһунан, агитация буолан хаалыа диэн ханныгын эппэппин. Биир түбэлтэни кэпсиибин. Москваттан кэлэ сылдьар биир партия салайааччыта барыта сахалар олорор дэриэбинэлэригэр тиийэн кэлбит, көрбүтэ боруода сүөһүлэр сылдьаллар эбит, онно бу киһибит саҥа аллайбыт, хайа бу сахалар урут бэйэҕит сүөһүгүт суох эбит дуу, диэн соһуйбутугар, урут баар этэ эстибитэ, билигин аҕыйах Эбээн-Бытантайга ордубута диэн быһаара сатыы истэхтэринэ, арай олбуор таһыгар ат бааллан турар эбит, эмиэ боруода. Онуоха– хайа, бу бэйэҕит аккыт эмиэ суох эбит дуу диэн иһигэр бу киһи тугу толкуйдаабытын бука таайдаххыт буолуо. Буоллахпыт ити. Оттон омук туристара кэллэхтэринэ туох диибитий? Төрүт сүөһүтэ, сылгыта, аһылыга суох дьоҥҥо ким да иккистээн кэлиэ суоҕа, саха да дэнэрбит тохтуура буолуо. Араас энтузиастар бааллар, омуктарга генофондаҕа киирбит саха оҕуһун чуучалатын эрэ көрдөрөн, эбэтэр, Сахаэнерго олбуорун иһигэр саха оҕуһугар анаан бронза памятник туруорбуттар дииллэр.


Category: Сахалыы | Added by: uhhan (2007-11-17)
Views: 5126 | Comments: 2 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 2
2 Мария  
Сахалар былыр -былыргыттан соhон-сыhан иитэн кэлбит ынахтарын, сылгыларын, аны кэлэн, экономика еттуттэн "керен-уерэтэн", рентабельнайа суох диэн этэллэрэ сыыhа буолара чахчы. Тыа хаhаайыстыбата сайдыахтыаах, норуот дьицнээх аhынан аhыахтаах.
Билицци киhи олу-маны аhаан-сиэн, саха омук терут аhа уларыйан иhэр. Ону кытта эт-хаан еттунэн уларыйыы буола турар саба5аланар, генетика науката ону дакаастыыр.
Биhиги кыра хамнаспытыгар ылан аhыыр аспыт уксэ ХХI уйэ5э техногеннай буолара саба5аланар. Политика терут тыа хаhаайыстыбатын салааларын септеехтук сайыннарбата5ына, техногеннай аhынан аhаан биhиги омук омук быhыытынан эстэрбит саба5аланар, - бары мутаннар буолан хаалыахпыт. Ким да мутаан буолуон ба5арбат эрээри, политиктар "утуйа сыталлар", онтон айыл5а5а сурдээх тургэн уларыйыылар буола тураллар.

1 сергей  
Саха ынагын саха сылгытын правительство куускэ ейуен наада оччого эрэ эстиэ суога холобур биьиэхэ Дьааныга сылгыбыт нэьилиэнньэ эрэ кууьунэн баччага кэллэ туох да селекционнай улэ барбат айылга бэйэтэ селекциялыыр быьыылаах багар ол ордук буолуо билигин нэьилиэктэргр тыа хаьаайыстыбатын специалистара ананнылар ити учугэй арай хамнастарын кээмэйин быьаарыахха наада Баатагайга кочегардар 30-туу тыьыынча хамнастаахтар оттон нэьилиэктэргэ тыа хаьаайыстыбатын ере тардыахтаах дьоммут хамнаьа 10 тыьыынчага тиийбэт. Сылгыьыттарга эмиэ табаьыттарга курдук хамнас керуеххэ наада. Оччого эрэ тыа сиригэр эдэр ыччат баар буолуога. Оччого эрэ сахалар баар суох баайбыт сылгыбыт ынахпыт баар буолуога. Билигин тыа сириттэн ыччат оройуон киинигэр олохсуйара баар чахчы Холобур Дьааныга нэьилиэктэргэ дьон ахсаана сыл аайы кегуруу турар мин санаабар бу олус кутталлаах кестуу маннык салгана турдагына сотору тыа сиригэр челлеех киьи ордуо суога оччогуна били ынахпытын сылгыбытын ким керер

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 49
Ыалдьыттар (гостей): 49
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024