Омук быһыытынан сүтэр куттал баар дуо? Баар. Төрүт олохтоох нэһилиэнньэ аҕыйааһына демографическай кризис дэнэр. Республикабытыгар кэнники сылларга төрүт олохтоохторго төрөөһүн куччааһына, өлүү-сүтүү элбээһинэ, ыарыһах киһи ахсаана элбээһинэ бэлиэтэнэр. Онтон генетика сокуонунан суоттаан таһаардахха, маннык туругунан 50-100 сылынан сүтэр-симэлийэр куттал үөскүүр, өскөтүн түргэн дьаһаллары ылбатахпытына. Сүтүү биричиинэлэриттэн саамай сүрүннэрин эттэххэ маннык: 1. Кэнники сылларга төрүүр саастаах 20 тыһыынча кэриҥэ дьахтар, соччо эр киһи оҕоломмокко сылдьаллар. Ыал буолуу боппуруоһа эмиэ кытаанах. 2. Хотугу улуустарга ордук аҕыйах ахсааннаах омуктар, эбээннэр, эбэҥкилэр, юкагирдар балаһыанньалара уустук. Ол курдук, кинилэргэ өлүү-сүтүү көрдөруутэ саамай үрдүк, онтон олохторун уһуна сыл аайы кылгаан иһэр. Олохторун тускула уларыйыыта, ыһыллыыта, этническай, культурнай ситим быстыыта, төрүт дьарыктара энчирээһинэ барыта дьайан улахан стресс ыланнар бу омуктар эстиилэригэр тиэрдэн эрэр. Омугу эһэр буоллаххына экономическай төрдүн суох оҥоруохтааххын. Ол иһин саха ынаҕын, сылгытын, табатын эһэллэр. Саха ынаҕын биир ньыгыл советскай норуоту оҥороору 1960 сылтан эспиттэрэ. Билигин эмиэ ол оннук үлэ хатыланан бара турар. 3. Доруобуйабыт кээһэниитин биир улахан биричиинэтинэн аһылыкпыт уларыйыыта. Күн аайы доруобай, тыыннаах сылдьарга хааччыйар сүрүн хайысханан төрүт аһылыкка төннүү буолуохтаах. Саха тыһыынчанан сыллар усталарыгар сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыта, сүрүн аһылыга эт, уут, балык, манна үүнэр үүнээйилэр. Организммыт генетическай памятыгар бу эрэ астары иҥэринэр гына сурулла сылдьар. Инньэ гынан, аһы буһарар геннай информация сөп түбэспэккэ бутуллан, испит-үөспүт моһуогуран, дьарҕаран ыалдьан, тиһэҕэр кылгас үйэлэнэбит. Саха ынаҕын, сылгытын этэ,үүтэ биһиги организммытын ыраастыыр, инсульт, инфаркт, рак ыарыытыттан харыстыыр, өссө радиацияны таһаарар Омега-3 диэн туһалаах эттик баара биллибитэ элбэҕи этэр. Соҕурууттан кэлэр эт-үүт абырыа суоҕа, бэйэбит төрүт сахабыт ынаҕын, сылгытын, табатын этэ-үүтэ – хаама сылдьар аптека, айылҕа тыыннаах фильтра буолаллар. 4. Айылҕабыт барахсан сиртэн хостонор баайа-дуола элбэх диибит, саамай баай дьоннор биһиги диэн түөспүтүн тоҥсунабыт да, олохпут тоҕо эрэ тупсубат, байбыппыт көстүбэт. Космическай ракеталар иккис ступеннара түһэннэр киһиэхэ, айылҕаҕа дьайыытын үөрэтэр научнай тэрилтэ суох. Айылҕа, иһэр уу киртийиитин содулугар олигофрен дьоннор элбээбиттэрин ученайдар туоһулууллар, ол аата бу киһи тас көрүҥүнэн доруобай курдук эрээри генетическай структурата алдьанан мэйиитэ мөлтөхтүк үлэлиир, акаары буолар, бу дьонтон эмиэ маннык оҕолор төрүүллэр. 5. Күннээҕинэн олоруу деградация - аргылааһын, өлуу-сүтүү, өлөрсүү, сүһүрүү, бэйэҕэ тиийинэн өлүү элбээһинигэр тиэрдэн эрэр. Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын организациятын бэлиэтээһининэн, Россия бу көрдөруулэргэ аан дойдуга бастакы миэстэни ылар эбит, оттон биһиги республикабытыгар аҥардас бэс ыйыгар 26 киһи бэйэтигэр тиийинэн өлбут, онтон үксэ – үлэ үгэнигэр сылдьыбыт орто саастаах эр дьоннор. Башкирия ученайдара киһи организмгар 8 аргылааһыҥҥа ылларыыга эппиэттиир геннары буллулар. Бу геннар, генетика сокуонугар олоҕуран омук омукка тус туһунан дьайыыта, сайдыыта биллибит. Оттон биһиги ис турукпутун өссө да билэ-үөрэтэ иликпит. Төрүт олохтоох омуктар генетическай памяппытыгар баар аргыны переработкалаан таһаарар быыкайкаан фермеммит билигин дьаат курдук организмҥа утары үлэлээн эрэр. Туох да куттааһына суох, кэлэр көлүөнэ ыччаппытыгар араас наследственнай, психическай, ньиэрбэ ыарыыларын бэлэхтээн эрэбит. Оҕо детдомнара, инбэлииттэр дьиэлэрэ, араас балыыһалар элбээн эрэллэрэ кистэл буолбатах, ырааппакка киин куораппытыгар 202 микрорайоҥҥа баар оҕо дьиэтин иитиэхтэрин көрбүт дьон дьэ итэҕэйэр буолуохтаахтар. Онно бааллар араас чиччик, итэҕэс оҕолор. Аргылааһын содулуттан, дьахталлар дьиэ-уот тэриниэхтэрин, ыарыһах оҕону төрөтүөхтэрин баҕарбат буоллулар. 6. Биһиги төрдүлэрбит саппааһыралларын ордороллоро, онон кэлэр кэнэҕэски ыччаппыт доруобай, киһи көрөн ымсыырар быһыылаах-таһаалаах, өйдөөх буоларын наадатыгар доруобай дьоннор геннарын ылан хаһаанан «Банк генов человека» диэн сокуон барылын оҥорон Ил Түмэн доруобуйа комитетыгар Г.М.Артемьев бигэргэппитэ. Бу сокуон ылыныллара хайаан да наада. Бу бааҥҥа баҕа өттүнэн доруобай эр киһи спермата, эмбрион, яйцеклетка, билигин наука сайдан бэл диэтэр киһи баттаҕа, тыҥыраҕа, силэ, араас сүмэһиннэрэ кытары генетическай материал буолан хомуллан ууруллуохтара, ким баҕалаах туһаныан сөп. Доруобай спермалаах эр дьон ахсаан өттунэн аҕыйааһыннара аан дойду проблемата буолан эрэрин бары истэ-билэ сылдьаҕыт. Бу күннэргэ кэлэн барбыт академик, эколог А.Яблоков этэринэн, экология алдьаныыта, араас ыарахан металлар, радиация дьайыыта киһи генетическай структурата алдьанан сперматозоид оҕо оҥорор кыаҕа суох буолар. Гормональнай таһымҥа уларыйыы тахсан эр киһи да, дьахтар да бэйэ-бэйэлэрин таҕылларын (сексуальное удовлетворение) кыайан ханнарбат буоллаллар, стресс гормоннара- адреналин, норадреналин, кортизол курдук гормоннар тахсыылара үрдээн барар. Омук быһыытынан эстэр турукка киирбэт наадаттан бэйэбитин көрүнэн дьаһанан олорор кэм кэллэ дии саныыбын, бу проблема специалистар эрэ кыһалҕалара буолбакка, республикабыт үрдүкү салайааччыларын кыһалҕалара буолуо диэн эрэнэбин. Далаана.
|