Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Сахалыы

Дабыл. "Бүтэһик"
Дабыл

БҮТЭҺИК...  

Кини уоттаах харахтанан, бүллүргүүр бүлгүннэнэн, хамныыр харыланан, биэрэҥниир бэгэччэктэнэн  өстөөҕү суоһарарга соруммут     тиһэх кимиитэ этэ. Онуоха хайҕахтаах хара быара букатын хамнаабата, сындаалаах куҥ этэ дьик-дьах тарпата. «Чугаһыахха, муҥутуу чугаһыахха уоннааҕыта бэйэм...» диэн кыл түгэнэ санаан аһарда.Халааннаах хабыр санаанан көбүр дьолуоланан, Улуу Тойон таҥаралаах «күөх  бөрө» бииһин сыдьаана, чаҕылҕан ала ата курдук,  иннин диэки  дьулурҕатык  сүүрэн истэ...

ххх

Аҕыйах хонуктааҕыга диэри окко киирээри тэриммитэ эбээт. Чаҕар уолаттарын кытта.Онуоха суһал илдьит кэлбитэ.Уотунан үрэр саалаахтар буулаан, эмиэ сүгүннээбэтилэр, ыал аатыттан аһаран эрэллэр диэн. Онон тойон илдьитин тутаат, бөҕөлөр сүбэлэригэр  тиийбитэ. Бөҕөлөр сүөм түһэн, санньыһан олороллоро.Урукку суо-хабаан майгылара ханан да суоҕа. Бөтүҥнэри, өспөхтөрү  тыыннаахтыы уоттаабыттарын кэннэ, кинилэр суон соргулара тостубут курдуга .Ол да иһин буолуо, бөрө бөтүҥнэр чороҥ соҕотох хоһууннара туох диирин истээри кулгаах, харах иччитэ буолбуттара. Тоҕо диэтэххэ, бу киһи аҕыйах сыллааҕыта  хаан аймахтарын уокка былдьаппытын, бэйэтэ аҕыйах бөтөһү кытта батаһынан, батыйанан суол тэлинэн, кытыастар кутааттан мүччү көтөн тахсыбытын ким да умна илигэ.
Оччолорго  Чаал Бас тыыннаах ордон баран, күһүҥҥү намылы хаар түһэ турдаҕына, маннык кэп кээспитэ үһү   : «Сарсыардааҥы күн бары сардаҥата,  кыймыыт үөн буола, сиэхситтэр эттэригэр сыстаҥнас сымала курдук хатаннын диэн кэниэргэ этэбин.Күн ортотунааҕы умайар уот куйаас сиэхситтэр тоҥ сүрэхтэрин кытарбыт кыһыл тимир буола, хаан-билик оҕуолата, хаарыйдын диэн көнчүө кээһэбин. Киэһээҥҥи күөх боруор, түгэҕэ биллибэт хараҥа иин буола, сиэхситтэри тумнары тууйдун диэн кэнтиккэ тэбэбин...» Хоһуун ити кырыыһа онтон ыла уостан-уоска тиһиллибитэ уонна кэлин уһугар бэйэтин сүрэҕэр бүтэйэ сөҥмүтэ.Онон  эппит тылын толорор, иэстэһэр өй сырҕан баас буолбута.
Бүгүн Чаал Бас  бүтэйдии сэрэйдэ : кинини сирэй-харах кэтииллэрин. Түһүлгэ өр иһийбитин кэннэ, бу курдук  дорҕоонноохтук саҥарда.
-- Хаардаах атахпытыгар хаптатыахпыт, буордаах атахпытыгар бокутуохпут, кирдээх атахпытыгар кириэстэтиэхпит дииллээр ! Холоонноох хоһуута, тэҥнээх тэпсилгэнэ, барыллаа баттабыла, үөлээннээх үгэтэ буолуох кэриэтин, кэнэҕин кэнэҕэс күлүгэ суох күтүрдэри үчэҕэ үктэннэрэр, тоһоҕоҕо дугуннарар гына, эрил эккирээн, хатыл хааман ааһарбыт  хайдаҕыай ?! Туох диигит ?
Онуоха бөҕө дьон үксэ ньимийбитэ. Үс бэргэн охчут эрэ сөбүлэммитэ.Ити иһин Чаал Бас үгүһү эппэккэ түһүлгэттэн тахсан барбыта. Кинини өйөөбүттэр  хоһууну батыспыттара.
Ити киэһэ хоһуун тэлгэһэтигэр сэттиэ буолан, уот тула төгүрүччү чуоҕуспуттара.  
-- Дьэ-бу !.. Көҥүл босхо сылдьаммыт, умсуордаахтар мустан, тиһэх төгүлүн умсулуйдахпыт буоллун ! Кэниэрдээхтэр кэккэлэһэн, кэриэспитин кэнэлийдэхпит буоллун ! Кэнэҕэски үйэҕэ кэпсэл даа буолуоҕа, хойукку оҕоҕо хоһоон даа буолуоҕа !..Үөлэһинэн өҥөйбүттэри, түннүгүнэн түбүлээбиттэри чаҕытарга көстүбэт күүстээх алҕанар Айыыларбытын, таптанар Таҥараларбытын  - бука барыларын  хара тыын харыһыгар, суон тыын толунуутугар ыҥырар күммүт тирээтэ, - диэн бөтүҥ бииһин тиһэх хоһууна амалыйда . Итиниэхэ атыттар  уруйдуу түстүлэр.
Дьэ ити курдук, алтаннаах айах амалҕана арыллынна. Илбис кыыһыгар имэҥ түһэрэргэ хааннаах дапсы оҥороору тэринэн бардылар.Эриэн бургунаһы үөһүн тардан, сүрэҕин хостоотулар уонна элиэ чупчурҕан оноҕоско  хатаан баран, Чаал Бас бу курдук ырыалаах буолла.

Чэйиҥ, көрүҥ !
Кыларытар халлаан дьайыҥнаах,
Кыһыл былыт дугуйдаах
Кыыра Хаан Тойон,
Кырдаҕаччы Хаан Хатын –
Кылааннаах кыыһа буолбут,
Кыыра Кыыспай хатын эдьиийбит !
Быһыйа быһаххын аргыстанан,
Чохороон сүгэҕин доҕордонон,
Кылааннаах батаскын кымньыыланан,
Өһөхтөөх үҥүүгүн тайахтанан,
Кыа хаан үктэллэнэн,
Хара хаан моойторуктанан
Бэттэх көрөн, мичиҥнээ эрэ !
Сөлөннөөх суолгар
Нохтолоох сүрэҕинэн
Дьоҕуҥнуур күммүт буолла,
Алдьархайдаах аартыккар
Хааннаах хайгыанан
Эркээйилиир күммүт буолла.
Өһөх хаанынан
Үктэллээн кулу...
Харый-буруй,
Харыаһын харбаа-ат.

Инньэ диэт үөһэ ытан  кэбистэ...
Сэттэ эр бэрдэ мантан ыла кыргыска бэлэмнэннэ. Хоһуун барыларын тургутта даҕаны,  дьоно батаһы, батыйаны   баһылаабатахтара көһүннэ.Инньэ гынан бэйэтинэн үөрэттэ.Төбөнү хайа охсууттан көмүскэнии, сэбэ-сэбиргэлэ  суох киирсии, «дьөлө анньыы», «туора охсуу», «эргичийэн охсуу», «түөрт өттүгэр халбаҥнаан охсуу» курдуктары билиһиннэрдэ.Таарыйа бэйэтин көмүскэнэр ньымаларын хос чочуйда.Ол курдук, сабыылаах хараҕынан, үс-түөрт мас эмэгэти хайа талбыт быһыта сыста.Эмэгэттэри тутан турбут бөтөстөр сөҕүү бөҕөнү сөхтүлэр.Көрбөккө эрэ тыас, дорҕоон хоту сэрэйэн, ону таба охсоро дьэ дьикти !..
Олорон, тобуктаан, өттүгэстээн араас саба түһүүлэртэн мүччү харбатан иһэр.Маныаха тиэрэ кулаачыктанар, кэдэрийэр, умсаннары  түһэр.Ити былаһын тухары илиитигэр-атаҕар биир тэҥник кыанар. Аны хотокоону, дүктүйү хайа талбыт сиригэр батарыта быраҕаттыыр эбит.Күрүө баҕанатыгар, сиэрдийэтигэр түһэртээтэ...
ххх
Эһэтэ такайбыта таах хаалбатах. Чаал Бас киниттэн ураты эр киһини билбэккэ кэриэтэ улааппыта.Уолу оҕонньор кыргыска бэлэмнээри адьас кыратыттан бэйэтигэр сыһыарбыта.Кырачаан оҕо күллүҥү сырдык баттахтааҕа. Ол иһин, таптаан, Чаал Бас диэн ааттаабыта...
Тэҥси оҕонньор  былыр хоһуун этэ.Эдэр эрдэҕиттэн аты миинэн, оҕунан ытан, кылыһынан кыдыйсан уонна  дьону кыргыска көҕүлээн кэлбитэ.Ыраах сирдэринэн ыырданан, кыргыс үөрэҕин үчүгэйдик иҥэриммитэ. Оччолорго, манна эрэ буолуо дуо, инньэ Богдо Хаан сиригэр тиийэ хоһуун тутула мургуутаан турдаҕына,  аҥаардастыы кэриэтэ  «мөө» диирэ.Тойон ууһуттан уратыга тоҥхоҥнооботоҕо.Кэргэннэнэн, ыал буолбута. Дьөрү көрүллүбүт, аҕыйах да буоллар, кулут-чаҕар  дьонноммута.
Хоһуун сүрүн дьарыга бултаммыт күндү түүлээҕи хомуйуу уонна өтөхтөргө  олорор сүөсүһүт-сылгыһыт дьону араас саба түһүүттэн көмүскээһин, кэтээһин-манааһын этэ.Кэлэр-барар устугастары суртарга аҕалтыыллара, кимнэрин-туохтарын быһаараллара.Сорохторун моҕол, кытай дойдутугар илдьэн атыылыыллара, сорохторун наскыл, нэктэл, энньэ  кулут  оҥостоллоро. 
Кини уола эмиэ хоһуун буолбута.Сотору кэминэн Тойон ууһун сабыдыала мөлтөөн барбыта. Бу мөлтөөһүҥҥэ хас биирдии уус бэйэтэ  боотурданыыта тиэрпитэ.Инньэ гынан хоһуун сэриитин туспа тутан хааччыйыы, бэлэмнээһин көрүллүбэт буолбута.Аҕа уустара бэйэлэрин боотурдарыттан атыны  билиммэт этилэр.Хоһууннар итинтэн ыла сэрии тэрээһиннээх күүһүн быһыытынан сүтэн-симэлийэн барбыттара.Үгүстэрэ сиргэ-дойдуга тарҕанан, биллибэккэ-көстүбэккэ бүкпүттэрэ.Тэҥси эмиэ уолун кытта ыраах сирдэринэн булду-түүлээҕи сырсан тэлэһийбитэ. Ол сылдьан уолун сүтэрбитэ.Уола бултуу сылдьан эчэйэн баран,  бэйэтэ хабырҕатын хааннаабыт этэ.Хоһуун майгытын тутуспут диэн ону Тэҥси хайгыы санаабыта.Билигин кырдьан олорон, сиэнин Чаал Баһы хоһууҥҥа уһуйар.    Оттон кыыһа сөбүлээбэтэр да быһа гымматаҕа. Суос-соҕотох оҕотуттан ким матыан баҕарыай ! Ити эрээри олох майгытын туох да уларыппат. Төрөппүт аҕатын утары барара табыллыбат этэ.
Тэҥси оҕонньор сиэнигэр хоһуун майгытыттан  тугу эмэни «бэрсэр» баҕалааҕа.Онон уол буутун этэ буһуор, холун этэ хойдуор диэри хараҕын далыттан букатын араарбатаҕа.Үлэҕэ-хамнаска наһаа эрийбэккэ, хапсаҕай, быһый буоларга өр мускуйбута.»Оноҕос суолун» уһуннук батыһыннарбыта.»Оноҕос суола» диэн оҕунан ытарга эрчиллэр сир. Уһун холлороон эбэтэр көнө  ыллык. Бу устун сүүрэн иһэн саамай ыраах сыалы таба сатааһын этэ.Чугаһаатах аайы биири да сыыһыа суохтааҕыҥ.Бу иккис көрүҥэ атынан сүүрдэн иһэн ытыы буолар.Ат хамнанар тэтимигэр сөп түбэһии сүрдээх уустуга.  Ити түмүгэр Чаал Бас илиитэ-атаҕа лаппа кытааппыта. Сыыйа кыргыс сэбин-сэбиргэлин үксүн баһылаабыта.
-- Улуу Тойон – биһиги үҥэр сүктэр таҥарабыт. Кини сүрдээх элбэхтик уларыйар. Бастакынан күөх бөрө буолар.Күөх бөрөттөн  Айыҥаҕа кубулуйар. Айыҥаттан бороҥ урааҥхайга... —Тэҥси оҕонньор сиэнин сирэйин одуулуур.
-- Ол уларыйбыт күөх бөрөҥ ханнаный ?—Уолчаан дьээбэлэнэр. Инньэ диэтин кытта эһэтэ икки тарбаҕынан уол муннун  кыбыта тардар.
-- Айыкка-аа ! Ыыт, ыыт... Биллим ээ, биллим. Эн, эн эбиккин, – дии-дии бииргэһэ төлө мөҕө сатыыр. Оҕонньор илиитэ кытаанах. Ыытан бэрт.Сотору босхолуур уонна ыйытар.—Хайа, хайдаҕый ?
-- Ыалдьар дии !!! – Инньэ диэтин кытта эһэтэ иккистээн туура мускуйар.Эмиэ ый-хай бөҕөтө буолар.—Тоҕо итинник гынным ? --  Эһэтэ эбии тэбиэһирэр. Бу сырыыга уол саҥарбат.
--- Хаһан даҕаны санаабыт санааҕын бэйэҕэр өр туппат буол. Түргэн-тарҕан буоларга, санааҕын тута төлөрүтэн ис. Оччотугар кыайыаҥ-хотуоҥ. Өскө, үс-түөрт өстөөх саба түстүн. Хайыаҥый?.. Саамай чугастааҕыттан саҕалаат,  болҕомтоҕун  атынтан атыҥҥа туһулуугун. Оччотугар эйигин кинилэр  кыайан көмөлөөбөттөр. Биир бииргэ киирсэр курдук санааҕа ыллараллар. Ити кинилэри хам баайар уонна бытаардар.— Тэҥси  былыргы хоһууннар үөрэхтэрин сылтан сыл дьиппиэтик иҥэрэн испитэ. Маны таһынан, быыһыгар-ардыгар күөх бөрө туһунан бэрт элбэҕи сэһэргиирэ. Кини сэһэнинэн былыыр-былыр күөх бөрөлөр күнү тыыга олордон баран, халлаан устун саҕахтан саҕахха  соһоллоро үһү. Онно илдьэн ордууларыгар саһыараллар эбит.Итини наһаа уустаан-ураннаан хоһуйара эрээри, хоһоонун хаһан  да түмүгэр тиэрпэт этэ...

Тунал ый суһуоҕун өһүлэн,
Субуйа тараанар кэмигэр
Дьыбар түүн сулустар суулаһан,
Үҥкүүлүү куустуһар эбиттэр.

Суорба таас хайаҕа тахсан,
Күөх бөрө чолойо одуулуур.
Уот чолбон хараҕын толбоно
Ол ону уруйдуу оонньуур.

Көҥүллүк-босхотук тыынан
Көймүөрбүт көхсө кэҥээтэ,
Аҕатын ахтарын аһаран,
Сулустуун бу курдук  кэпсэттэ :

--Букатын мин умна иликпин
Улуу Тойон уола буоларбын,
Бигэтик, биирдик итэҕэйэбин –
Сирдээҕи үрдүк аналбын.


Хоһуун үөрэҕэ аҥаардас күүс, сымса эрэ буолбакка, бэйэни сатаан салайыныы, көрүнүү-хараныы буолара биллэн барбыта...
ххх
Бэлэмнэнэ-бэлэмнэнэ икки күн өстөөҕү ыраахтан-чугастан  чугҥаатылар.Анарааҥылар үрүйэ сыырыгар ампаар  туттан ордууламмыттар. Хоту өттүнэн ааннаах. Онтулара үрүйэҕэ уун-утары тахсар. Соҕуруу өттө  киэҥ ырааһыйа. Барыта ытыска уурбут курдук.Ол да үрдүнэн  кэтэнэллэрэ-мананаллара сүрдээх. Икки ыты туталларын таһынан,  харабыллаахтар. Эркин аайы хастыы да чуолҕан.Түүнүн соччо-бачча утуйбаттар. Илэ сылдьаллар.
Үһүс киэһэ хомунуу буолла.Үүт тураан тунаарыйда.Мутукча тыа мырааныгар ыраах кэҕэ этэн кэҕийэр. Чаал Бас  кыргыска киириэн иннинэ хоһуун сиэринэн кичэллик оҥоһунна. Ол курдук көлүччэҕэ барда. Көлүччэ киэһээҥҥи кылбаархай урсунун мэник тыал арыт-арыт кырыйа сытар эбит. Дьикти нуһараҥ...
Хоһуун сыгынньахтанна уонна  суунна. Ити кэнниттэн күллүҥү үрүҥ чаал баттаҕын өһүллүбэт гына өрүннэ.Чэбдигирэн, чэпчээн этэ-хаана уһугунна.Атаҕын төбөтүгэр чэпчэкитик дугунан төттөрү кэллэ.Дьиэҕэ баар хоппоттон  аналлаах таҥаһын барытын ороото. Бастаан кылгас сыалдьатын кэттэ.Бу таһынан сыалыйатын хаттыктанан, ити быаларын моойугар  уонна синньигэс биилигэр баанна. Дьэ бу кэнниттэн курданарын үөһэ өттүгэр   обдокотун анньынна.Тимэхтэннэ. Обдокотун алын тэллэҕин таһынан сутуруо ыстаанын өрө тарта уонна  баайда. Таҥаһа ыга туппатын, мэһэйдээбэтин билээри эргим-ургум хамнанна. Аны атаҕын таҥаһын тэриннэ.
Киһи килбиэнэ уонна мургуна атаҕынан сыаналанар диэн мээнэҕэ эппэттэр.Атаҕы суолталаабат куһаҕанын кыратыттан такайбыттара. Итини  оҕо эрдэҕиттэн билэр.»Кулукка-чаҕарга дылы атах сыгынньах буоллаҥый» диэн эһэтэ эппитин саныы-саныы, сымнаҕас садыкыны ылан, кыыс бэрбээкэйигэр диэри тардынна.Бу кэнниттэн чараас кээнчэ таһынан  саары этэрбэһин кэтэн, бэрбээкэй уонна такым быаларын хам тарта. Атаҕар өрө эккирээтэ.Садыкы, кээнчэ кэппит буолан,  уллуҥа, тилэҕэ ыалдьыбат.Тирэнэргэ, тэбинэргэ үчүгэй.Аны курданарыттан тобугун үөһэ диэри  хадьааһынын түһэриннэ. Бэлэпчи охсуолууруттан икки өттүгүн, ньилбэктэрин харыстыахтаах.Илиилэригэр биэстии тарбахтаах, уһун харылаах илтэгин  кэттэ уонна тоҥоноҕун аннынан бобо баайда.Таҥнан бүттэ. Таҥнан бүппүтүн көрөн, чаҕара  куйахтары аҕалла. Чаал Бас аан бастаан тириинэн оҥоһуллубут мүлгүн, агдака куйахтарын баанна. Бу кэнниттэн тимир куйахтары хаттыктанна. Иэччэхтээх  таҥалайдары иһигэр уонна көхсүгэр кэлгиннэ.Илтэгин таһынан хары куйаҕын, ньилбэгэр, өттүгэр  бэлэпчилэри ииллэ.Бүтэһигинэн  сарын куйахтарын хатаата уонна дуулаҕа бэргэһэтин кэттэ. Кэтит куругар хотохоону анньынна.
Хоһуун киһи алаһа дьиэтиттэн  барыан иннинэ, олох маска олорон, иһийэн ылла.Сотору буолаат, ккки ньилбэгиттэн анньынан турда уонна таһырдьа таҕыста. Дьоно күүтэн турар эбит.Икки чаҕар кыргыс сэби туппутунан утары кэллилэр.Анаттарыылаах кылыһын ылла уонна икки ытыһыгар ууран, кылааннаах биигэ  төбөтүн нөрүттэ.Онуоха кылбачыгас тимир сырдыырга, чаҕылыҥныырга дылы гынна.Бу эһэтин кылыһа этэ.Эһэтигэр эһэтиттэн тиксибитэ үһү. Ол этитиилээх мал буолан, күлүмүрдүү күлэн, баардааҕын биллэрэн эрдэҕэ. «Күннээх таҥараҕа көһүннэҕинэ, көдьөҕөй өлүү үөрэр» диэн ити буолар дии санаата чугас турбут чаҕар.Оттон Чаал Бас хараҕар  күөх бөрө  дьэргэлгэнэ бу курдук ыллаан ааста.

Кый үрдүккэ эһигинниин
Кылыйа, кыырайа сүүрүөхпүн,
Күн, халлаан көмүс сүрүн
Көмүскүү мин манна  түспүппүн.
Күн, халлаан көмүс сүрүн
Маннаааҕылар өһөрөллөр,
Өлөн баран, элбэх төгүл
Төрүүллэрин умнаннар...


Икки чаҕара кылыһы, батыйаны,  дуктуйу, ох сааны туттулар. Сайыҥҥы түүн үөһэ били ордуу таһыгар чугаһаатылар.От ыйын уу чуумпу күөх түүнэ оһуордаах суорҕаны үллүнэн нуктуу, нухарыйа сытар.Оттон били урдустар утуйбакка ампаалыктаһа сылдьаллар эбит. Күөстэнэллэр курдук. Ыттара  иччилэриттэн арахпакка, атахтарын анныгар эриллэллэр. Аһаан-сиэн чомполонон, сарсыарданан сыттылар. Өр буолаат хаптайдылар...
Сэрэх киистии түҥ тыа сөрүүн симилэҕэр  сарсыардааҥы нуурал  ылы-чып саһан сытар.Чаал Бас тоҕо эрэ ыксаабат.Бэрт холку. Бэйэтин икки чаҕарын уонна биир бөтөһүн  ыҥыртаата. Тугу эрэ быһыта-орута дьаһайда. Ити кэнниттэн били үс эдэр охчуту кытта бэрт уһуннук сүбэлэстэ.Анарааҥылара үгүс саҥата суох истэллэр.Балары салайарга  бэйэтин эрэллээх бөтөһүн анаата. Балар төрдүө буолан, ампаар хоту өттүн, ааны күөйэ бардылар. Онно тиийэн саһан сытыахтаахтар уонна кими да таһаарыа суохтаахтар.
Хоһуун бэйэтэ икки чаҕарын кытта соҕуруу баһынан киирэргэ быһаарынна. Ити икки ардыгар күн үөһэ ойдо. Оройдонно. Көстүбэт кырыымпалыы күөрэгэй нарын ырыата ханна эрэ үөһэ үрүһүйэр-дьүрүһүйэр.  Баҕарбыт хоту күндээрбэхтээн күн да күн.Күөх от сиртэн уу көрдөһөрдүү, хаптайыаҕынан хаптайбыт.Уот куйаас түстэ.Итини сэтэрдэн, аһыҥа кынатын тыаһа кып- кыыһырҕас.
Чаал Бас биир чаҕарыгар хаппыт мас арбаҕын сүктэрдэ, дүктүйүн туттарда.Иккис чаҕарыгар  батыйаны уонна ох сааны биэрдэ.Бэйэтэ кылыстаах куйаҕын кэппитинэн хаалла. Айыҥа хаан, бороҥ урааҥхай самныбат саргылаах ырыата кинини эбии эрчимиртэ.

«Улуу Тойон килбиэн күүһүн
Киртиппэккэ барыахха,
Өлөн баран элбэх төгүл
Уларыйан төрүөххэ».
Ылымматтар инньэ диирбин
Өһүөннэнэ өстүйэллэр,
Айбыт Айыы үөппүт түһүн
Күдэн гына көтүтэллэр.


--Чэ, уолдьаста ! - Хоһуун уҥуоҕун-арҕаһын көннөрөн, тыыллаҥнаан ылла уонна ампаар соҕуруулуу илин туһун тутуспутунан ырааһыйаҕа сүүрэн таҕыста. Кэнниттэн  чаҕардара хотоҕос курдук  субуллан, уотунан уһуурар саалаахтарга уун утары түһүннүлэр. Ампаарга олорооччулар күрүлүүр күнүс ким саба түһүөй да ааххайбатахтара.Чуолҕаннарынан киирэр күн сардаҥата харалҕанныырыгар Чаал Бас букатын саарбахтаабат этэ. Кырдьык, оннук буолан тахсыбыта.Ким да соҕурууҥҥу чуолҕаннары соччо-бачча манаабатаҕа. Онон бу үс киһи ампаарга чугаһаабыта. Хоһуун кулгааҕар эһэтэ Тэҥси кэпсээбит сэһэнэ хоһоон буола салгыы кутуллан барбыта.

Аньыыларын-хараларын
Миэхэ күтүрүүллэр,
Улуу Тойон уолун – миигин,
Өлөр өлүүгэ буруйдууллар...
Тунал ый суһуоҕун өһүлэн,
Субуйа тараанар кэмигэр
Дьыбар түүн сулустар суулаһан,
Үҥкүүлүү куустуһар этилэр.


Ыттар туора дьону сибикилээн, суоһурҕана моргустулар. Иһирдьэ сытааччылартан биирдэстэрэ чуолҕаны көрбүтэ суос соҕотох туох эрэ элэгэлдьийэрэ.Кыҥастаһыы буолла. Киһи сүүрэн иһэрэ билиннэ .Соҕотох.Дьиҥэр, хоһуун күлүгэр өссө икки киһи баарын өйүлээбэтилэр.
Ыттар үрбүттэригэр Чаал Бас тохтуу биэрдэ. Чаҕара муос ох сааны уунаат, кыаҕа хататы сахта уонна тойон мохсуо оноҕоһу уматта. Чаал Бас, сүүрэн иһэн, уоттаах үс оноҕоһу утуу-субуу ампаар эркинигэр түһэрдэ.Умайа сылдьар оноҕостор батары хатанаат, буруонан тунуйдулар. Дьэ онуоха һуу-һаа буолан, ааны аһан баттааттарын кытта, тоһуйа сыппыт охчуттар ытыалаан, төттөрү кыйдаатылар.Ааннарын саптан, хардары ытыаластылар.Ити икки ардыгар хоһуун чаҕардарын кытта ампаар муннугар сөрөннө. Сүгэн аҕалбыт арбахтарын эркиҥҥэ сыһыараат, уот астылар. Ампаар эркинэ өрө кытыаһынна. Чаал Бас түргэн үлүгэрдик тимир куйахтарын төлүтэ тыытаат, ампаар хотугу муннугар  ойдо.Буруоҕа чачайан, дьон таһырдьаны былдьаста. Үс бастакыны охчуттар сонно тута аан айаҕар охтордулар.Ол да үрдүнэн хас да киһи төлө көттө.Хоһуун итилэри күөйэ түстэ уонна кылыһынан, котокоонунан аҕыйахта сотон кэбистэ.
Ыыс-быдаан.Киһи киһитин билсибэт үлүгэрэ.Ампаар муннугар нөрүйэн, хахсыйан эрэр киһини, Чаал Бас уҥа илиитин кырыытынан арҕаһын кэҕэтигэр биэрдэ.Ол биэрбитэ -- төбөтүн оройунан умса хойуоһунна. Оттон итини батыһан испити  түөһүн бүттэҕэр сутуругунан оҕуста. Анарааҥыта түөрт салаата адаарыйбытынан,  тиэрэ таһылынна. Чаал Бас чаҕарыттан дүктүйү ылаат, иккиэннэрин үрдүнэн атыллаата. Ампаар айаҕар тиийдэ. Онуоха иһирдьэ саһан сыппыт саалаах киһи сулбу ойон таҕыста.Чугуруҥнаат,  ытан саайда.Чаал Бас дүктүйдээх уҥа илиитин туора хаһыйарга дылы гынна.Онуоха били киһи моонньун туттубутунан сууллан түстэ.Сүгэ  уга соҕотохто кыа хаанынан суунна. Чаал Бас турбут сиригэр таалан хаалла.Түөһүн хаҥас  кэрэтэ, кыыһар сарыал курдук буолла. Сып-сылаас  тыккыраата.  Отон  курдук өһөх таммахтар аллара таммалаатылар.Сир-халлаан тиэрэ эргийэргэ дылы.Хоһуун атахтара накыйдар накыйда.Хаҥас тобугар сөһүргэстээтэ.Кини көрдөҕүнэ күөх бөрөлөр тыыга күнү тиэйбиттэр уонна халлаан устун соһон иһэллэр.Эһэтэ Тэҥси баар курдук.Кинини ыҥырда да хардарбата. Арай үөһэттэн аллара быа  намылыйда.Чаал Бас быа уһугун тутта. Үөһии-үөһэ сып-сырдыкка күн тыытыгар тиийдэ.Күн быатын тутан иһээччилэр ортолоругар кини субу билигин бүтэһик буолла .Кэннигэр ким да суох. Иннигэр хоһууннар  суһуохтара бөрө кутуругун курдук субуллар ...
 Чаал Бас өйүн сүтэрэн, салгыны  өрө харбыаласта, «бүтэһик...» диэн ботугураат  суулунна уонна добун халлааны  кууһан ылыахтыы икки илиитин былас бырахта...
Күүстээх түөһүн сулууга уурбатах, эрчимнээх эрбэҕин  кэһиигэ кээспэтэх, быһый атаҕын атыыга анаабатах  күөх бөрө бииһин сыдьаана, ити курдук, үрүҥ күн анныгар куттанар кутталы кыайан, итии хаанын төлөнө сөҕүрүйдэр сөҕүрүйэн барбыта.Кини үөһэттэн кутулла турбут хоһоону ситэри истибэтэҕэ.Тоҕо диэтэххэ, эһэтэ Тэҥси оҕонньор ол бүппэт улуу сэһэни бүтэриэн, бүтэһик оҥоруон хаһан да баҕарбат этэ...

Суорба таас хайаҕа
Күөх бөрө олорор,
Күн тыытын манаан,
Түүннэри улуйар...
Уу-у-уууу !



15.09.2008 20:57 - 23.9.2008 23:44:24


Category: Сахалыы | Added by: uhhan (2008-10-03)
Views: 2852 | Comments: 4 | Rating: 3.0/4 |
Total comments: 2
2 айыы киhитэ  
Тан буо,Дабыл, Тэрис бары иирээхилэргит...Бэйэ5итин туннэри кырана сылдьар ураанхайдаргыт...

1 айыы киhитэ  
Дабыл дарбыйа сылдьыбыккн,доргутан биэрбит киhи баар ини...

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024