Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Сахалыы

Аан дойдуга Саха сирин курдук сир баайдаах уонна көҥүл сир суох эрээри… I чааһа

Аан дойдуга Саха сирин курдук сир баайдаах уонна көҥүл сир суох эрээри…
тоҕо дьадаҥытык олоробутуй диэтэххэ, хоруй баһаан. Үксэ Россия баттаан олорорун курдук тахсар. Күн бүгүҥҥү Россия сокуоннарын үчүгэйдик ырыттахха, Саха сиригэр сайдар, байар суол элбэх. Биллэн туран, сиртэн хостонор баайбытын сөпкө туһаннахха. Ону баара, онно үгүс Саха сирин олохтоохторо улаханнык кыһамматтар. Ол түмүгэр дьадаҥытык олоробут.
Байарга бастакы ирдэбил - сири бас билии буолар. Саха сирин барытын кэриэтин, Саха сирин олохтоохторо бас билэллэр. Ким Москваттан кэлэн сир түҥэтэ сылдьарын көрдүгүт? Кэлиэхтэрэ даҕаны суоҕа. Алмаастаах, нефтээх, гаастаах, таас чохтоох сирдэри бэйэбит Ил Тумэҥҥэ талбыт депутааттарбыт куоластаан күүстэринэн биэрэ олороллор. Биир эмэ Ил Тумэн депутаата сыыһа гынныбыт диэбитин истибиккит дуо? Мин биир бэйэм истэ иликпин. Ол курдук сыл аайы АЛРОСА-ттан киирэр уон аҥаар миллиард солкуобайы туран биэрдилэр (аренда харчытын). Улахан экскватордарынан көнө сиргэ туруоран сомсон ылар таас чохтоох Нерюргри, Эльга курдук сирдэри босхону эрэ үрдүнэн атыылыы сатааһын бара турар. 40 млрд. тоннаттан ордук үрдүк хаачыстыбалаах таас чохтоох сирдэр! Сүүстэн тахса нэһилиэнньэлээх Нерюнгри куорат сылга 12 млн. тонна таас чоҕу хостоон бэйэтэ-бэйэтин ииттэн олорор кыахтаах.
Талакаан, Орто Ботуобуйа, Таас Үрэх, Иирэлээх нефтээх сирдэрин кимнэрэ биллибэт дьон хостуу сылдьаллар. Төһө неби сылга оборон ылалларын бэйэлэрэ суруйбуттарынан ааҕыллар дииллэр. Чаянда гааһын курдук элбэх гаастаах сир чугаһынан суох эрээри (750 млрд куб м.), эмиэ «үҥэҕэ» сылдьар аатырар. Аны геологическай разведка үчүгэйдик бара илигинэн небэ биллибэккэ сытар Өлөөн, Үөһээ Бүлүү - Сунтаар аннынааҕы нефть баараҕай саппааһа сытарын, миигинниин быйыл монография суруйсан таһаарбыт геолого-минералогическай наука доктора К.Микуленко бокуонньук этэрэ. 1992 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ баһылыктыы олорон, ити сирдэргэ нефть көрдөөһүнүгэр үлэ ыыттаран испитим, мин барбытым кэнниттэн хаалбыта. Биһиги сабаҕалыырбытынан, ити сирдэргэ Россия үрдүнэн билигин баар нефтээҕэр элбэх нефть сытар. 30 млдр. тонна кэриҥэ! Саамай улахан билигин баайдаах Таалакааҥҥа, баара суоҕа 120 млн.тонна нефть баара сэрэйиллэр.
Саха сирин президена В.Штыров дьулусханнаах туруорсуутунан, Саха сирин баайа хостонор буолла. Ону баара Саха сирин олохтоохторун туһатыгар буолбатах, хостооччу олигархтар байалларын туһугар. Бу боппуруос В.Штыров боппуруоһа буолбатах, Ил Түмэн депутааттарын боппуруоһа. Кинилэри Саха сирин олохтоохторо талбыттара. Ол аата нуучча өһүн хоһоонугар этиллэринии: «норуот хайдаҕый да, салайааччылар эмиэ кини курдуктар». Ити Ил Түмэммит В.Штыровы сөбүлэһэн Саха сирин президенынан иккис төгүлүн хаалларыгар Россия Президенигэр В.Путиҥҥа сөбүлэҥ биэрбиттэрэ, кини программатын өйөөбүттэрэ. Онтон В.Штыров Москваттан тутулуктаах үлэһит. Ол аата, Ил Тумэн эрэ Саха сиригэр олохтоох дьон туһугар тугу эмит туруорсуон сөп.
Холобур. Аляска кэмигэр туруорсан сорох сирин, сиртэн хостонор баайдарын бас билэр. Сыллааҕы бюджета биһиги харчыбытынан 60 млрд. солкуобай. Саха сирин бюджета итинтэн эрэ кыра аҕыйах. Онтон олохпут таһыма, пенсиябыт, инбэлииттэргэ пособие, суолбут-ииспит кинилэрдээҕэр олох намыһах. Кинилэргэ олохтоох дьон подоходнай нолуок төлөөбөт. Үгүстэргэ штат нолуоктара суохтар, ол курдук баайга нолуок. Баайга нолуок суох буолан, Аляскаҕа элбэх байыаннай, чинчийэр тэрилтэлэр кэлэн олохсуйаллар. Сылга 1 мөлүйүөн кэриҥэ турист кэлэр-барар. Аляскаҕа кэлбит биир турист ортотунан 75 тыһыынча солкуобайы хаалларан барар. Уопсайа, сылга 75 млрд. солкуобайы. Биһиги алмаас хостуур АЛРОСА-быт сыллааҕы дохуотун саҕаны. Аляскаҕа сылга 70 млн. тонна нефть хостонор. Нефтээх сир арендата диэн (ренталз) 1969 сыллаахха штат 22,5 млрд солкуобайы ылбыта. Биир кэмнээх. Саха сиригэр нефтэн ренталз харчыта киирдэ диэн кэпсээн суох. Аляскалар өссө биир кэмнээх бонус төлөттөрөллөр. Ити нефтэн роялти (платежи с добычи) диэн ааттаан хостоммут сорох неби илдьэ хаалаллар. Төһөтүн эппэттэр эрээри сэрэйиэххэ сөп: ити дойдуларга роялти 12% кэриҥэ буолар. Ол аата 8 млн.тоннаттан тахса нефть. Ону бэйэлэрин собуоттарыгар хаалларан переработкалыыллар. Ол аата олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтэ тахсар уонна эбии нолуоктар хаалаллар. Саха сиригэр баара суоҕа сылга 200-500 тыһ. тонна нефть хостонор. Билигин Аляскаҕа газ хостуу сылдьаллар. Ол гаастан эмиэ роялти, бонус, реанталз уонна нолуок ылаллар. Онно анаан нефтехимическай завод оҥорон үлэлэтэ олороллор. Аны нефтяной компаниялар барыстарыттан бырыһыан ылаллар. Ону Аляска Бастайааннай фондатыгар түһэттэрэллэр. Онтон сороҕун дьоҥҥо түҥэтэллэр (дивиденты). 2000 сыллаахха хас биирдии Аляска олохтооҕо 49 тыһ. солк. ордугу ылбыта. Сорох политиктар биирдиилээн киһиэхэ дивидент төлөнөрүн сыыһаннан ааҕаллар, дьон көлөөк буолар диэн. Бу ситиһиини Аляска олохтоох депутааттара элбэх сыл сууттаһан, сокуон оҥотторон бэрт эрэйинэн ситиспиттэрэ. Онтон биһиэхэ, Россия Президена В.Путин Саха сирин баайын хостооһунугар харчы бөҕө биэрэ сатыыр кэмигэр, Ил Түмэн депутааттара ньимилийэн олороллор. Олохтоох даҕаны дьон эмиэ туруорсубат. Дьиҥинэн туруорсан иһиллиэхтээх. Сиртэн хостонор баайдартан Саха сиригэр тиксэр ирээтин мин биир тылынан «компенсационные выплаты» диибин. Ньууччалыы кимҥэ баҕарар өйдөнөр тыл. Роялти, ренталз, бонус, дивидент эҥин диэннэрдээҕэр.
(Салгыыта бэчээттэниэ).

Category: Сахалыы | Added by: uhhan (2007-09-19) | Author: Анатолий Чомчоев
Views: 2224 | Rating: 4.5/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024