Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Сахалыы

Аан дойдуга Саха сирин курдук сир баайдаах уонна к³²µл сир суох эрээри... II чааһа

   Ааспыт ыстатыйа маннык тылларынан түмүктэммитэ:
«Сиртэн хостонор баайдартан Саха сиригэр тиксэр ирээтин мин биир тылынан «компенсационные выплаты» диибин. Ньууччалыы кимҥэ баҕарар өйдөнөр тыл. Роялти, ренталз, бонус, дивидент эҥин диэннэрдээҕэр».

   Дьиҥинэн роялти, ренталз, бонус уонна дивидент диэн тыллар Саха сирин олохтоохторугар 1992 сылтан, АЛРОСА тэриллиэҕиттэн, лаппа көмөлөһөн кэллилэр. Ол курдук алмаастаах провинция 8 улууһа АЛРОСА учредителлэрэ, сыл аайы 2000 акцияларыгар дивидент ылаллар. Былырыын хас биир акцияҕа 11200 солкуобайы быйыл ыллылар. Биир улууска 22,4 мөлүйүөн солкуобай. АЛРОСА ренталз уонна роялти төлөөн, Саха сиригэр Кэлэр көлүөнэ фондата (Фонд будущих поколений) тэриллибитэ. Кини харчытыгар Медцентр, ЯГУ, «Туймаада» стадион, спортивнай комплексалар, улуустарга гимназия-оскуола дьиэлэрэ уо.д.а. тутуллубуттара. Роялти суотугар бриллиант кырыылыыр собуоттар улуустарга үлэлээбиттэрэ. Бонус харчыта кыһылҕаҕа киирбит көмүсчүттэргэ туттуллубутун билэбин. Онтон АЛРОСА нолуок төлүүрэ элбэҕэ суох этэ. Мирнэй куорат олохтоохторо кыл мүччү иитиллэн олорбуттара. Ити курдук республика бюджета ааспыт үйэ 90-с сылларыгар нолуоктан эрэ буолбакка, дивидент, роялти, ренталз уонна бонус суотугар оҥоһуллубуттара. Онон ити сылларга Саха сирин дьоно оҕо төрөөтөҕүнэ 100 тыһ. солкуобайы ылбыттара. Түөрт оҕолоох ийэлэр пенсияҕа тахсыбыттара. Черскэйгэ диэри билигин 16 тыһ. солкуобай буоллаҕына, ол саҕана самолет билиэтин сыанатын үксүн Саха сирэ бэйэтэ уйунара. Быраастар, учууталлар, сулууспалаахтар хамнастара үрдээбитэ, коммунальнайдара төлөнөрө уо.д.а. социальнай көмөлөр оҥоһуллубуттара. Ити билигин суох. Бүлүү экологиятыгар үлэ ыытарга уонна алмаас провинциятыгар олорор дьон олохторун өрө тардарга АЛРОСА сыллааҕы дохуотуттан 2% -на САПИ диэҥҥэ бэриллибитэ. АЛРОСА ити сылларга билиҥҥитин курдук үлэлээбитэ буоллар, сыл аайы 1 млрд. солкуобай кэриҥэ.
   Быһатын эттэххэ, 1992 сыллаахха Россия Правительствотын бэрэсидээтэлин эбээһинэһин толорооччу Е.Гайдар, Россия баайын-дуолун ити саҕана салайбыт А.Чубайс саҥа тэриллэр АЛРОСАны Саха сирин дьонун туһугар үлэлиир бары усулуобуйатын оҥорбуттара. Сайдыылаах государстволар рыноктарын сокуоннарын теорияттан, олоххо Россияҕа аан бастакыннан дьон туһугар киллэрбиттэрэ.
  Аны саҥа сайдан эрэр ниэп промышленноһа Саха сирин дьонугар хайдах үлэлиэхтээҕин теориятын кылгастык кэпсиим.
   Бонус үгүс сирдэр сокуоннарыгар киирэ сылдьар. Онно олоҕуран 25-75 мөл. солкуобайы ниэптээх сиргэ үлэлиир буолбут компания кэллэ-кэлээт төлүүр. Үгүс сирдэргэ бастакы бонус 20-175 мөл. солкуобай. Кэлин ити харчы компанияҕа кыралаан төттөрү бэриллиэн сөп, үлэтин тэтимин күүһүрдэр сыалтан.
   Ренталз хостооһунтан тутуулуктаах. Ниэби хостуур компания сыл аайы олохтоох сир бюджетыгар төлүүр. Аан маҥнай наһаа улахан буолбат, онтон хостооһун төһө улаатар да, улаатан иһэр.
   Роялти хостуур ниэп сыанатыттан 40%-ҥа диэри тиийиэн сөп. Итинник роялти Германия сирдэригэр, Багамскай арыыга, Нидерландия Антиллаларыгар туттуллар. Үгүс сиргэ хостоммут ниэп сыанатын 12,5-20%-н илдьэ хаалаллар. Холобура, Саха сириттэн сыл аайы 30 млн. тонна ниэби хостуур буоллахтарына, ниэп билиҥҥи сыанатынан, Саха сирин бюджетыгар кырата буоллаҕына сыл аайы 40,5 млрд. солкуобай роялти диэн киириэхтээх. Билиҥҥи кэмҥэ роялти, киирэр нолуоктааҕар үрдүк буолар.
   Сир баайын нолуога Россия Нолуогабай кодексатын быһыытынан, үксэ федерацияҕа киирэр. Аляскалар сиртэн хостонор баайдар нолуоктарын, ол иһигэр ниэп нолуогун 90%-н бэйэлэригэр хааллараллар. Туспа Дуогабар быһыытынан. Россияҕа туспа Дуогабары Татарстан эрэ ылла. Саха сирэ «утуйа» сытар. «Уһуктан» үлэлиири Саха сирин олохтоохторо туруорсуохтаахтар. Кэлэр быыбардары туһанан. Хас биир киһи куолаһа төһө сокуобай буоларын суоттаан көрүҥ эрэ: бонус+ренталз+роялти+дивидент+нолуок. Ити ниэп эрэ киэнэ. Онон Ил Түмэн ниэп уонна гаас туһунан сокуон ылыахтаах, 1992 сылтан баар Федеративнай дуогабарбытын сөргүтүөхтээхтэр.

А.Чомчоев. Салгыыта бэчээттэниэ.

Category: Сахалыы | Added by: uhhan (2007-10-02)
Views: 2320 | Rating: 4.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 55
Ыалдьыттар (гостей): 55
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024