Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Уххан туһунан [2]
Нууччалыы [144]
Сахалыы [31]
Main » Articles » Ыалдьыттар » Сахалыы

Төрүт олохтоох омуктар хайдах байалларый?

Төрүт олохтоох омуктар хайдах байалларый?

Итиннэ холобур быһыытынан японецтар буолуохтарын сөп. Кинилэр тустарынан элбэх суруйуу баар, онон аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тустарынан кэпсээн ордук буолуо дии саныыбын.
Үрүҥ дьон (европеецтэр) кэлэннэр, Америкаҕа олорор индеецтэри сирдэрин биэримээри утарсаллара бэрдин иһин, дэлби куобах курдук ытыалаан кэбиспиттэрэ. Ол түмүгэр хас эмэ мөлүйүөн ахсааннаах Америка төрүт олохтоохторо, индеецтэр биир да мөлүйүөнү кыайбат буола аҕыйыы түспүттэрэ. Кылгастык кинилэри кэпсиим.
12-с үйэттэн «университеты бүтэрбит» диэн дипломнаах дьон сыдьааннара индеецтэри бэриннэрэн, Америкаҕа сир-уот бөҕө буола түспүттэрэ. Көмүс, тимир уонна ньиэп хостоон, байан тайан барбыттара. Индеецтэр бэрт өр сэриилэһэ сатаабыттара, ол иһин биирдиилэн аҕа уустары (племэлэри) кытта эйэлэһии дуогабарын баттаабыттара. Ол сылларга төһө аҕа ууһа баарын билбэтим, билигин Америкаҕа индеецтэр 200-тэн тахса аҕа уустара баар. Ол иһигэр Семинола аҕа ууһа. Бүгүҥҥү кэпсээн кинилэр тустарынан.
Семиолалар Америка хоту өртүгэр олорбуттара. Билиҥҥи Алабаама уонна Джорджия штааттар сирдэригэр. Билигин үтэриллэн-үтэриллэн, Флорида штаатыгар үс нэһилиэккэ (резервацияҕа) уонна Охлахомаҕа хас даҕаны дэриэбинэлэргэ олороллор. Уопсайа баара суоҕа 12 тыһ. кэриҥэлэр. Семиолалар аҕа уустара күн бүгүҥҥэ диэри американецтардыын эйэлэһии дуогабарыгар илии баттыы иликтэр. Билигин кинилэр аан дойду үрдүнэн «Семиолалар» диэн ааттаах гостиницалардаахтар уонна Голливудка казинолаахтар. Кинилэр, казинолар барыстаахтарын билэн, 1981 сыллаахха нэһилиэктэригэр сууттаһан туран казино арыйбыттара.
Семиолалар холобурдарынан, билигин Америка араас 48 штааттарыгар олорор 198 индеецтэр аҕа уустара казино арыйдылар уонна араас оонньуулар бизнестэринэн дьарыктаналлар. Итилэртэн 39 аҕа ууһа бэйэлэрин нэһилиэктэригэр баар казинолартан биирдиилэрэ сылга 2,5 млрд солкуобайдаах дохуот киллэрэллэр.
Билигин Америка индеецтэрэ сүрүннээн туризмынан уонна араас оонньуулар бизнестэринэн дьарыктаналлар. Инньэ гынан, ити бизнестэртэн сылга 325 млрд. солкуобай дохуоту киллэрэр буоллулар. Ол түмүгэр, хас биирдии индеец дьиэ кэргэнин сыллааҕы дохуота 1 мөлуйүөн солкуобайга тиийдэ. Индеецтэр общественнай тэрилтэлэринэн сирэйдэнэн, бары кыттыһан үлэлииллэр.
Семиоларбытыгар төннүөҕүҥ. Былырыын кинилэр аан дойду 45 государстоларын сирдэригэр баар 132 рестораннаах англиялар хампаанньаларын аукциоҥҥа киирсэн 25 млрд. солкуобайга атыылаһан ыллылар. Ити рестораннар ортолоругар Москваҕа, Эргэ Арбаат уулусса 44 нүөмэригэр баар ресторан эмиэ Семиолалар киэннэрэ буолла.
Ити курдук «баттаммыт» резервациялар индеецтэрэ олороллорун илэ харахпынан элбэхтик көрбүтүм.
Ааҕааччы интэриэһиргиир буоллаҕына Аляскаҕа олорор Атабаски аҕа ууһун туһунан элбэҕи суруйуохха сөп, онтон кылгастык.
Советскэй пропаганда быһыытынан, индеецтэр хара баттабылга, резервацияҕа олорон, үөрэхтэрэ эҥин суох. Итинник сымыйаны оннооҕор билигин Саха сирин министринэн үлэлии сылдьар саха киһитэ сахалар II конгрестарын делегаттарын кытта көрсүһүүгэ эппитин истэн баран, кэлэйдим эрэ. Ол киһи билиитин таһымыттан.
Атабаскалар Америка индеецтэригэр биир саамай баай аҕа ууһунан биллэллэр. Кинилэр салайааччыларын (тойоннорун) кытта Якутскайга 1994 сыллаахха түбэспитчэ көрсөн турабын.
Арай биирдэ, сарсыарда өрөбүл күн, куорат устун массыына ыытан иһэн светофорга туран көрбүтүм, биир харахха быраҕыллар уһун-синньигэс (174-180 см), хап-хара баттахтаах, көбүс көнө уҥуохтаах, саҥа сааһыран эрэр юкагирка элбэх дьону кытта массыынам иннинэн суолу туораата. Эбиэт кэннэ туох эрэ наадаҕа авиапорка киирбитим, ол юкагиркам ханна эрэ көтөөрү сылдьар. Кинини кытта билэр дьонум сылдьаллар. Кэлэннэр кэпсэттилэр. Онтум Аляскалаары атаара сылдьаллар эбит. Самолеттара туох эрэ буолан, сарсын көтөр буолбуттар, оннук үһүс күннэрин сылдьаллар. Аляскалары аралдьытарга көмөлөс диэн көрдөстүлэр уонна киэһээҥҥэ диэри үс киһини биэрдилэр. Олор истэригэр юкагирка түбэстэ. Ким даҕаны ньууччалыы билбэт. Онон английскайдыы, бэйэм билэрбинэн кэпсэтэ сырыттыбыт.
Билсибиппит, маннык эбит. Кинилэр побратим куораттар диэнинэн кэлбиттэр. Юкагирка диэбитим, Аляска төрүт олохтооҕо атабаски диэн индеецтэр аҕа уустарын тойонун кыыһа Мэри диэн эбит. Сааһа 70-чата. Кэргэнэ Боб, Аляскаҕа көмүс хостуу кэлбит американецтар уоллара, кини саастыыта. Эдэрдэригэр, Фэрбенс университекка үөрэнэ сылдьан, билсэн холбоспуттар. Элбэх оҕолоохтор. Мэри Фербенс университетын попечительскай сүбэтин бэрэсидээтэлэ, профессор. Боб тиис оҥорор былыыһалаах, элбэх көмүс хостуур тэрилтэлээх. Үһүс киһибит америкаҕа төрөөбүт японец, юрист. Ити күнтэн ыла атабаскалары билбитим. Кэлин хаста даҕаны Аляскаҕа бара сылдьыбытым, ыалдьыттаабытым. Тойоноото диэн нэһилиэктээхтэр. «Тойон» диэн тылтан дииллэр. Мэри Аляска авациятын олохтоспут, салайсыбыт киһи. Кинини кытта эбиэттиири Аляска губернатора улахан чиэһинэн ааҕар. Мэри күн бокуойа суох. Англияннан, Американнан, Канаданнан сылдьан бизнеска лекциялары ааҕар. Биир лекциятын сыаната чааһа (50 мин) 20 тыһ. солкуобай. Кинини истээри уочарат. Мин баарбар 40 тыһ. сокуобайы биэриэхпит диэн уочараты кэһэ сатаабыттарыгар, минньигэс баҕайытык: «Атабаскалар атыыламматтар»-диэбитэ. Мэри, аҕата өлбүтүн кэннэ аҕа уус тойоно буолбут (хотун диэн тылы туттубаттар). Мэрилээх Боб тапталларын, олохторун туһунан Аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт баһаан элбэх кинигэлэр, суруйуулар, киинэлэр бааллар (эбэтэр кинилэр прототиптэр). Олортон кинилэргэ харчы киирэ турар. Быһатын эттэххэ, Мэрини элбэх американец билэр, киэн туттар киһилэрэ эбит этэ. Ханнык баҕарар американскай рейска босхо көтөр ыҥырыылаах ыалдьыт. Биирдэ мин ону туһанан, кыһалҕа буолбутугар, кинилиин босхо көтүһэн турабын. Оннук дьон Якутскай авиапордугар үстүү күннэрин сүтэрэллэр.
Саха суруйааччыларыттан ким нууччалаах саха тапталын туһунан киһини умсугутар суруйуута баарый? Суох. Оннук ыал элбэх эбээт. Хата сахалар Чингис Хаан уруута буоларбыт курдук суруйуу бөҕө. Итинэн атын норуокка киһиргээһин эрэ өйдөбүлүн биэрэбит дии саныыбын. Холобур, буряттарга. Буряттар биһигиннээҕэр монголларга чугас дьон буоллахтара.
Билигин Америкаҕа саха уола американканы кытта ыал буолан олорор. Кыыстара сахалыы уонна английскайдыы саҥарар. Американка сахалыы миигиннээҕэр ордук билэр, суруйар. Ону суруйар, киинэҕэ устар буоллар, Саха сиригэр Америкаттан турист бөҕө кэлиэх этэ. Аляскаҕа Ленскэй кыыһа американецка кэргэн тахсан олорор уо.д.а. элбэхтэр. Америкаҕа Якутскайга төрөөбүт, үөрэммит, үлэлээбит нуучча уола Америка биир саамай үрдүк хамнастаах компьютерщига. Мантан элбэх биир дойдулаахтара сахалары, нууччалары онно илдьэн үрдүк хамнастаах үлэһит оҥортоото. Бэйэтэ сылга 2-3 куоракка кэлэр, ахтылҕанын таһаара, доҕотторун кытта кэпсэтэ-ипсэтэ. Аргы- табаах, наркотик диэни билиммэт, эдэр киһи. Бу аҕыйах сыллаахха Якутскайга 10 тыһ. солкуобай хамнаска сылдьыбыта. Кини салайааччытын кытта өйдөөх уолга хамнастаа диэн кэпсэтэ сатаабыттаахпын, тылбар киллэрбэтэҕим. Уолум биирдэ ыйыппыта: «Кырдьык Аляскалар Саха сирин дьонун курдуктар дуо?»-диэн. «Кырдьык»-диэбитим. Биир ый иһинэн Аляскалаабыта. Ити буолар, саҥа кэм Чингис Хаана.

Анатолий Чомчоев
Category: Сахалыы | Added by: uhhan (2007-10-08) | Author: Анатолий Чомчоев
Views: 2567 | Comments: 1 | Rating: 4.0/2 |
Total comments: 1
1 атамааскы  
Солкуобай дуу, дуоллар дуу? Чопчу суруйуохха баар этэ. Чомчоев эмиэ дэлби булкуйбут. Чыныс Хаантан тардыыылаагын мэлдьэстэр да киhин хата индеецтэри сахалар диэбит. Сеп дии, биhиги Эмиэрикэгэ буряттартан багас чугас олордохпут дии. hэ-hэ.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 24
Ыалдьыттар (гостей): 24
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024