Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Экология

«Мин аҕам алааһа...»

«Мин аҕам алааһа...»

Анатолий Чомчоев.

диэн  Анастасия Варламова ырыата элбэх сахалыы тыллаахха төрүт буор  умнуллуо суохтааҕын саҥалыы санаппыта уонна 20-с үйэ  бүтүүтүгэр, 21-с үйэ саҕаланыытыгар Саха  сириттэн тэйэн үөрэнэ сылдьар саха студеннарын гимнэ буолбута  диэтэххэ омуна суох ини.
  Ол иннинэ саха оҕолоро  өрө көтөҕүллүүлээх «Мин сахам  сиригэр, Мин Ленам биэрэгэр...» диэн диэн ахтылҕан ырыатын ыллыыллара,  алаас ырыатынан солбуллубута.
  Ити кыра холобур  көрдөрөр, сахалар түмсүүлээхпитин,  өйбүт-санаабыт дьоммут туһугар уларыйар кыахтааҕын  (менталитет уларыйыыта).
  Билиҥҥи саха менталитета  хайдах буолуохтааҕый?
  Бастыкыта. Баар бопппуруоһу  киэҥник көрүү. Холобура, үс киһи  кэпсэтии (переговор) ыыта олороллор. Кытай, саха уонна москвич. Кытай  төбөтүгэр хайдах гынан күн аайы 1,5 млрд киһини  аһатар-сиэтэр, таҥыннарар, электичестволыыр, газтыыр, бензинныыр  уо.д.а. боппуруостарын тута сылдьар. Москвич төбөтүгэр 15 млн  киһи кыһалҕата. Онтон саха киһитэ ити  дьоҥҥо сирэ киэҥин, сир баайдааҕын эрэ кэпсии сатыыра  тутах. Ол бэйэ иһигэр аатырдар 120 млн. тонна ньиэптээх Таалакааммытын  Кытай аҕыйах күн эрэ туттар, Москва ону ылан атыылаатаҕына  даҕаны, ыйдааҕы электричествотын  төлөбүрүгэр тиийбэт. Бостоҥҥо аан дойдуга  кыамтатынан үһүс улахан үүт собуотугар сылдьан  көрбүтүм, биир күн, Саха сирин сыллааҕы  үүтүнээҕэр элбэҕи переработкалыыр.
  Онон, кэпсэтиэх иннинэ, ханнык  баҕарар боппуруоска аан дойду таһымынан бэлэмнэнэр ирдэнэр. Киэҥ  билиилээх буолуохтаахпыт. 
  Иккиһэ. Буруйу оҥорууну  биричиинэтин атыннык көрүөххэ. Биирдэ Сиэтл куоракка  самолет оҥорор Боинг фирманы бас билэр дьонтон биирдэстэрин уонна кини  кэргэнэ, аан дойдуга биллэр баай Ваарвара эмээхсини кытта чэйдии-чэйдии  телевизор көрө олордубут. Телевизорга биир негр киһи  маҕаһыынтан ас уоран тахсыбытын туппуттарын кэпсээтилэр. Ол иннинэ  эмиэ биир негр маҕаһыынтан тугу эрэ уорбутун кэсээбиттэрин  көрбүттээхпит. Мин ити уоруйахтары кытайдар тарбахтарын  быһыах этилэр, биһиэхэ Россияҕа өр сылга хаайыах этилэр  дии саныы олрдохпуна, Ваарвара кэргэнигэр туһаайан эттэ: «Ити уоруйахтар  кэлин элбээн эрэллэр, үлэтэ суохтарынан. Сарсыҥҥыттан  садовник дуоһунаһын оҥоруохха уонна ыалларбытыгар эмиэ этэн  үлэ миэстэтэ оҥотторуохха». Сарсыҥҥытыттан саҥа  садовник кэлбит этэ.
  Ол аата, элбэх үлэ миэстэтин  оҥордохпутуна эрэ эдэр дьону хаайыыттан, аргыттан быыһыахпыт  (үлэ миэстэтин тыа сиригэр оҥоруу туһунан туспа суруллуо).
  Үсүһэ. Доруобуйабытын  көрүнүөҕүҥ. Россия  үрдүнэн сылга 700 тыһ. киһи өлөр  буоллаҕына, аҥаарын кэриҥэ сүрэх, хаан ыарыыларыттан  өлөллөр. Инсульт уонна инфаркт элбэх. Саха сиригэр эмиэ  итиннэ маарыҥныыр. Онон сүрэх уонна хаан ыарыытын утары  охсуһуу барыахтаах. Ити ыарыылар киһиэхэ баар 100 тыһ.  биэрэстэ уһуннаах тымырдар сыаннан киртийэн уонна араас химия, радиация  дьайыытын түмүгүттэн хаан бөлүөхсэриттэн  буоларын учуонайдар дакаастаан тураллар. Ити тымырдары Омега-3 диэн ыраастаан  кэбиһэрин, Америка учуонайдара быһааран, национальнай программа  оҥостоннор, инсульт уонна инфаркт ыарыыттан өлөрү уонча  сыл иһигэр аҥаарынан аҕыйаттылар. Кинилэр инсульт уонна  инфаркт диэн ыарыыны билбэт, Гренландия олохтоохторун үөрэппиттэр.  25 сыл туххары кэтээн көрүү кэмигэр, баара суоҕа 3 эрэ  ыарыһаҕы булбуттар (56 тыһ. киһиттэн) уонна ыарыы  төрдө экологиялаах астан тутуулуктаах диэбиттэр.  Омега-3 тымныы сиргэ  үөскүүр саха сылгытын, ынаҕын этигэр, хоту сир  балыгын сыатыгар баарын саха сылгытынан дьарыктанар учуонай Диана Николаева  Россия Аһылыкка институутугар быһаартаран турар. Итилэртэн  Өймөкөөн сылгытын саалыгар Омега-3 чыыстайынан сылдьар.  Ол аата саал эм курдук сиэниллиэхтээх. Аны ити сылгы сис этигэр (вырезка)  саамай элбэх араас витаминнар бааллара быһаарыллыбыта. Быһатынан,  саха ынаҕын уонна сылгытын этэ-хаама сылдьар аптека. Үүттэрин  састааба үөрэтиллэ илик. Олор эмиэ эмтээхтэрэ сэрэйиллэр. Ити  курдук сабаҕалаан, Диана Николаева сүбэтинэн, хоту  дьоҥҥо сүрэх, хаан ыарыыта аҕыйаҕын  быһааран, Полина Кудрина медицинскэй наука кандидата буолла. Ол аата  ыарыыбыт үксэ астан тутуулуктаах эбит, Гренландия холобура  сөбө билиннэ. Эбэтэр, аһынан эмтэниэххэ сөбө  көстөр.
  Тымыр киртийиитэ аргы да испэт, табаах  да тардыбат дьоҥҥо кытта баар буолбута экология  куһаҕанын уонна ас уларыйыытын туоһулуур. Онтон аргы, тымыр  кыарыырын түргэнник оҥорор. Онон төрүт саха  ынаҕын уонна сылгытын астарыгар төннүбүт, аргы испэт  эрэ дьон доруобай, уһун үйэлээх буолуохтара.
  Төрдүһэ. Иһэр  уубутун харыстыаҕыҥ уонна ыраас ууну эрэ иһэри  ситиһиэҕиҥ. Иһэр уу аан дойдуга аҕыйыы турар. Ол  курдук Америка Калифорния штатыгар биир лиитирэ уу сыаната бензиннээгэр  үс төгүл ыараабыта уонча сыл буолла. Иһэр уу Хоту эрэ  сирдэргэ дэлэй. Биһиги онно олорор буоламмыт, ити кэччэгэйи билбэппит.  Онон иһэр ууга сыһыаны уларытар өй-санаа баар буолуохтаах.  Лена өрүспүтүн киртитимиэҕиҥ,  харыстыаҕыҥ. Атыттары эмиэ харыстыаҕыҥ.  Күөллэрбитин уолларымыаҕыҥ. Сир анныныыҕы  ууларбытын көмүскэ кубулутуоҕуҥ.
  Бэсиһэ. Саха сирин  олохтоохторо 1 мөл. киһи аһылыгын хааччыйар буолуохтаахтар. Биһиги  курдук тыйыс айылҕалаах Аляскалар астарын-үөллэрин 50%-н  бэйэлэрэ оҥорон таһаараллар. Биир ынахтан сылга 9 тонна  үүтү ыыллар, оҕуруот аһын барытын кэриэтин  олордоллор. Саха сирин Өлүөхүмэтэ, Уус-Майата,  Ленскэйэ, Аммата уонна Алдана кинилэрдээҕэр баай сирдээхтэр- уоттаахтар.  Онон төрүт олохтоохторго, аһынан-үөлүнэн  бэйэбитин эрэ буолбакка, промышленнай кииннэри этинэн,  үүтүнэн, оҕуруот аһынан хааччыйар иһин  саҥалыы өй-санаа баар буолуохтаах. Үлэ миэстэтэ, харчы итиннэ  сытар.
  Үлэлиэҕиҥ,  сүрэхтээх буолуоҕуҥ! Аргылаабат, табаахтаабат  өбүгэлэрбит үтүө холобурдарын  салгыаҕыҥ.

Анатолий Чомчоев
Category: Экология | Added by: uhhan (2007-10-17)
Views: 2442 | Comments: 1 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 1
1 санаайа  
Саха алаа´а, алаас философията - бу норуоппут тыыннаах хаалар т³рд³-т³б³т³ буолар.Санаатахха ырыа эрэ курдук эрээри, хайдахтаах курдук киэ² б³л³´µ³ктээ´ин баарый- бары таптаан ыллыыр,истэр ырыабытыгар.Ол эбэтэр, ³бµгэлэрбит илдьит бы´ыытынан маннык Варламова эрэ буолбатах,холобур бу Уххан да, Тумуу´аптар да,Ч³мч³³й³п да,Оконешников о.д.а. µгµс дьоннору (олохпут араас ³ттµгэр бэйэлэрэ дьикти к³рµµлэрдээх,³йд³³х-санаалаах дьоннору) баар о²орбута. Саха омук тыыннаах хааллын диэн.Билигин саха дьонун µгµс элбэх дьикти талааннара ³сс³ да арыллыа турда±а.Маны барытын махталлаахтык ылынан, олохпутугар сиэр-майгы о²остон олоруоххайын.Бэрт былдьаспакка, бары араас билиибитин-к³рµµбµтµн холбоон,сомо±о тааска кубулутан-хайа да бэйэлээх улахан омуктан хаалсыбат,кинилэри ³йбµт-санаабыт киэ²инэн с³хт³рµ³ххэйин.Бу барыта би´иги бэйэбит µтµ³бµт буолбата±ын ³йдµ³ххэйин.Бу - ³бµгэ илдьитэ! Ону таба ту´аныаххайын.Соторутаа±ыта Анастасия Варламова ту´унан бэрт са²алыы толкуйдаахтык суруллан тахсыбыт кинигэни("Саха алаа´ын иэйэхситэ" диэн ааттаах) булан аахтым.Манна С³дµ³т Тумуу´ап эмиэ дьикти б³л³´µ³ктээ´инэ
би´игини,сахалары, у´уну-киэ²и толкуйдатар тµгэннэрин булан аа±аргытыгар сµбэлиэм этэ.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024