“
На сегодня относительная благоприятность экологической обстановки в
Республике определяется крайне низкой хозяйственной освоенностью ее
громадной территории” (Из текста “Схемы развития производительных сил, транспорта и
энергетики РС(Я) до 2020
года”) -----------------------------------
Сирбит-дойдубут экологическай туруга аатыгар эрэ (относительно) үчүгэй
курдуга олус кыратык (крайне низко) баһыламмытынан быһаарыллар эбит.
Онон… Саха Республикатын Правительствотыгар 2006 c. балаҕан ыйын 6
күнүгэр 411 нүөмэрдээх дьаһалынан бигэргэммит “Схема…” олоххо киириитэ
экологическай туругу хааччыйыахтаах курдук. Ол туһугар аарыма улахан
(громадная) территориябытыгар тимир суолу аҕалыахтаах, ГЭС-тэри,
АЭС-тары тутуохтаах, ниэп турбатын тардыахтаах, мөлүйүөнүнэн киһини
эбии аҕалан олохсутуохтаах эбиппит. Тимир суолу ылар буоллахха, тутуу
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин инниттэн (1906) сабаҕаланан баран араас
биричиинэнэн тохтотуллан испитэ. Кэлин Г. Чиряев, кини иннинээҕи
С.Борисов алмааһы хостуу охсорго тыл көтөҕөн аатырбытын курдук, тимир
суол боппуруоһун партия сьеһигэр көтөҕөн хайҕаммыта, наҕараадаҕа
тиксибитэ. (Үүт үкчү оннугу В.Штыров холобуругар көрдүбүт).
Г.Чиряев өлбүтүн кэннэ кини идиэйэтин партия обкома
(Ю.Прокопьев) олоххо киллэрэргэ дьулуһа сатаабыта кыаллыбатаҕа. Тоҕо
диэтэххэ, билигин төһө да саба баттаабыттарын иһин, оччолорго уларыта
тутуу, демократизация тыына киирбит, боростуой дьон тылын болҕойор кэм
этэ. Оччотооҕуга тимир суол халтайга сүүрбэтин наадатыгар Амма баһыгар
мас кэртэрэр дьаһаллары ылыыны, туох да омуна суох,
О.П.Иванова-Сидоркевич соҕотоҕун тохтоппута. Ольга
Петровна барахсан төрөөбүт Аммата иинэн-сүтэн, кууран хаалыан
баҕарбатаҕа, утарыласпыта, киин телевиденияҕа кытта тиийэн саныыр
санаатын куттаммакка эппитэ, толлубатаҕа.
Нэһилиэнньэ, общественник-экологтар тимир суолу олох тохтотор
кыаллыбат түбэлтэтигэр Томмотунан муҥурданыахха дииллэрэ.
Сорох депутаттар ортолоругар Томмокко диэри аҕалан баран, онон үргүлдьү
Охотскай диэки ыытыахха диэччилэр баар буолбуттара. Бастакы президент
М.Николаев эмиэ Томмотунан тохтотуохха диирэ кэлин иһиллибитэ. В.Штыров
үлэлиир кэмигэр ити боппуруос хайдах быһаарыллан эрэрин көрөн
олоробут.
- 2
- Россия Дьоккуускайга кэлэр тимир суолу
федеральнайынан ааҕан ороскуотун төлүөх буолбута уурайа охсон, сороҕун
бэйэбит уйунарга күһэллэн, баар-суох чохпутун атыылыырга тиийдибит.
Оттон Өлүөнэни туоруур муоста тутуута бэйэтэ туспа кэпсээн. Биир
сыллааҕыта Өрүс пароходствотын дьиэтигэр буолбут муоста тутуутугар
аналлаах “общественноһы” кытта көрсүһүүнү санатабын. Общественноһы
мэктиэлиэх айылаах онно үһүө-хаһыа эрэ буолуохпут, эрдэ
биллэрбэтэхтэриттэн. Уоннааҕылар - үгүс чиновниктар, бырайыагы оҥорбут
киин институттар дьонноро уонна харчылаах чинчийэр үлэҕэ тиксэр
баҕалаах учуонайдар этилэр. Кэпсээннэриттэн тойонноотоххо, бырайыак
сүүрбэччэ сыллааҕыта оҥоһуллан баран “сукуна” анныгар сыппыт, ону ороон
аҕалан хаттаан үҥүлүтүү буолбута. Сарсыҥҥытыгар хаһыат: “Муоста
тутуутута общественность бэрэстэбиитэллэрин кытта дьүүллэһилиннэ”- диэн
суруйбута. Тимир суол тутуута биһиэхэ туох сайдыыны аҕаларын
туһунан дьон ортотугар араас санаа баар. Ол иһигэр таһаҕас
аҕалбыт тимир суол састааба кураанах төннүбэтин, оннук буолбатаҕына бу
сүҥкэннээх тутуу сыанатын толуйбатын туһунан. Ол аата
маһы-төһө баарынан, чоҕу- туох хаалбытынан, Cелигдар апатитын,
биэриэхпит. Ити аҕыйах сылынан быһаарыллар, бүтэр уһуктаах кыра дьыала.
Уонна, билиҥҥи туругунан, итинтэн атын бу баар диэн тиэйэн ыытарбыт да
суох курдук. Итинэн сибээстээн сэбиэскэй саҕанааҕы,эбэтэр уларыта тутуу
тохтоппут бырайыактарын сөргүтүү буолара саарбахтаммат. Урукку
бырайыактары саныыр буоллахха, холобур, Саха сиригэр тутарга холоно
сылдьыбыт химическэй-фармацевтическай уонна белковай-витаминнай
концентрат (БВК) собуоттарын тутуулар “тиллэн” кэлиэхтэрин сөп. Ону
өйөтөргө, ыраата барбакка, бэйэбит сорох биолог-учуонайдарбытын,
итинник дьыалаҕа анаан бэлэмнээбит “общественник-экологтарын”
туһаныахтара. Олоруҥ, биллэн турар, собуоттар тулалыыр эйгэҕэ куттала
суохтарын, элбэх үлэ миэстэтэ тахсыаҕын, хамнас үрдүгүн, олорор сир,
усулуобуйа хааччылларын уонна республика экономическай сайдыыга
киирэрин тоһоҕолоон бэлиэтиэхтэрэ. Оччолорго Алдаҥҥа 2
химическэй собуоту, тимир суол таарыйан ааһарыгар суоттанан, тутарга
былааннаабыттара. Улуу Эҥсиэли хочотугар Намҥа тутуллуохтаах
химическэй-фармацевтическай собуот айылҕа гааһын сырье оҥостуохтааҕа,
сылга 250 тыһ. тонна препараты оҥорон таһааран, суукка ахсын 20 вагоны
киин сиргэ ыыта олоруохтааҕа. Тулалыыр эйгэни киртитэр буолан
тулата 1 км. диэри санитарнай- харыстанар зонаҕа
киириэхтээҕэ. - 3
- Оттон белок-витамин концентратын (БВК) собуотун
Мирнэй, Ленскэй, Нам, Кэбээйи,Жатай, эбэтэр Кыһыл-Сыыр диэки, итилэртэн
биирдэстэригэр тутар санаалаахтара. Бу собуот сылга 40 тыһ. тонна
гаприн диэн аһылык белогын оҥорон киин сиргэ ыытыахтааҕа. Собуот сылга
115 мөл. тонна айылҕа гааһын сырье быһыытынан уонна уонунан тыһ. тонна
атын химикаты туттуохтааҕа. Тулалыыр эйгэҕэ кутталлааҕын
иһин тулата 1 км. cир санитарнай зонаҕа киириэхтээҕэ. Ити
кэмҥэ (1989 c.) Кэбээйи оройуонун исполкомун председателя (билигин
президент көмөлөһөөччүтэ, уҥа илиитэ) В.Ф.Чуйко
олохтоох хаһыакка интервью биэрбитэ баар. Кини онно Промышленнай
бөһүөлэгэр БВК собуота тутуллара былааннанарыттан үөрэрин, бөһүөлэк 20
тыһ. нэһилиэнньэлээх буолуоҕун, оройуон социальнай-экономическай
сайдыыта түргэтиэҕин уонна ити барыта партия райкомун, райисполком үтүө
кыһамньыларын туоһута буоларын бэлиэтиир. БВК диэн тугуй? Бу
углеводороттан (ниэп, гаас) оҥоһуллар концентраты - паприн
(ниэп парафиныттан доруоһа), гиприн, эприн, гаприн курдуктары сүөһү,
сибиинньэ, көтөр аһылыгар белоктаах эбиилик быһыытынан туттарга 40-ча
сыллааҕыта араас дойдулар (ол иһигэр биһиги), учуонайдара күүскэ
туруорса сылдьыбыттара. Кэлин БВК тулалыыр эйгэҕэ, ордук
киһиэхэ, олус кутталлааҕа дакаастаммыта. Япония, Италия, Франция,
Германия курдук БВК-ны киэҥник туттарга былааннаммыт дойдулар, утарсыы
күүһүрэн, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын тылын ылынан,
1975 сылтан собуоттарын барытын саппыттар. АХШ фирмалара
билигин да тутталлар эрээри бэйэлэрэ туһаммакка атын дойдуга атыыга
таһааралларын хаһыаттар бэлиэтииллэр эбит. Оттон ССРС-ка уларыта тутуу
саҕаланыар диэри биир да собуот сабыллыбакка үлэлээбит, уопут оҥорор
үлэлэр салҕанан барбыттар. ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ 1991 c. БВК-ны оҥорон
таһаарыыны тохтотор туһунан дьаһала тахсыар диэри оннук этэ. Cобуоттар
ити кэмҥэ диэри тыынар тыыннаахха төһөлөөх хоромньуну аҕалбыттарын
билигин ким эмэ ааҕан биэрэрэ саарбах. Итиннэ өйдөбүл ыларга суруйааччы
В.Распутин “В судьбе природы – наша
судьба” (20.01.89) диэн ыстатыйатын ылыахха сөп. Онно
ахтыллар
Ангарскайга баар БВК собуота, кырдьык, 1988 c. алтынньыга куорат
олохтоохторугар ыартыыннаммыт: астманан ыалдьааччылар эрэ буолбакка,
доруобай
дьон оҕолуун уруулуун тыыннара хаайтаран барбыт, тыһыынчанан киһи суһал
көмөҕө наадыйбыт, сүүһүнэн киһи балыыһаҕа угуллубут, ол иһигэр 8 киһи -
ыарахан туруктаах. Ити – соҕотох биир түбэлтэ туһунан
этилиннэ. БВК
собуотугар үлэлээччилэр аллергиялаан ыалдьаллара ордук хойуутун, тирии
ыарыыта элбэҕин, оһоҕостоох дьахтарга уонна оҕоҕо ордук кутталлааҕын
медицинскэй институттар дакаастаабыттар. Урукку бырайыактар эргитиллэн
аҕалан олоххо киллэриллэ сатыылларын көрөн олорон фармацевтическай
уонна БВК собуоттарын Сахабыт сиригэр өссө төгүл төхтүрүйэн туттара
сатыахтара суоҕа дуо диэн ыйытыы үөскүүр. -4 - Дьэ, ити тимир суолунан Саха
сириттэн төттөрү тугу тиэйэн илдьэллэрин барыллаатыбыт. Оттон биһиэхэ
туһалааҕы тугу тиэйэн аҕалыахтарай, ол туох содуллаах буолуон сөбүй? Бу
туһунан 10-20 сыл анараа өттүгэр хаһыаттар нөҥүө киэҥ кэпсэтии
ыытыллара, араас санаа аһаҕастык этиллэрэ. “Сахаада”, “Молодежь Якутии”
эрэ буолбакка, правительство таһаарар хаһыаттара кытта киэҥ кэпсэтиини
көҕүлүүллэрэ. Оччолорго, билигиттэн уратыта, тимир суолу тутан олоҕун
тупсарынарга баҕарбыт олох аҕыйахэтэ. Көннөрү борустуой дьонтон ураты,
араас партийнай үлэһиттэр, салалтаҕа сылдьар тутаах үлэһиттэр тимир
суол тутуутун утараллара үгүс этэ. Хаһыаттарга тахсыбыт сорох
ыстатыйалар ааттара да ону толору туоһулуон сөп, холобур,
“Cаха омук дьылҕатыгар куттал суоһуур,” “Тимир суол биһигини
абырыа дуо?”, “Тимир суол уонна дьылҕа,” “Тимир суолга суоттанымыаҕыҥ”,
“Что оставим потомкам?”, “Михаил Николаев считает ошибкой строительство
железки” эҥин курдуктар. Көннөрү дьон тугу баҕарар туойаллар
диэн сэнэбиллээх дьон бааллар, олорго анаан “көннөрү буолбатах” дьон
оччотооҕу суруктарыттан лоскуйдары аҕалабын. Бастакыта, Саха
республикатын үбүн миниистиригэр тиийэ үүнэ сылдьыбыт, билигин Мэҥэ
-Хаҥалас улууһун баһылыга, ол кэмнэргэ улууһугар экономистыыр,
В.Птицын “Кыым” хаһыакка ( 24.05.90) “Тимир
суол наада дуо” диэн суругуттан: “…Тимир
суол Томмокко тохтууругар итинник быһааран тураммын, итиннэ да кэлэрэ
улахан кыайыы дии саныыбын. Холобурун ыллахха, кыра флот көмөтүнэн
Уус-Маайа, Томпо, Өймөкөөн, Амма, Таатта, Чурапчы оройуоннара
таһаҕастарын Алдан өрүһүнэн Томмоттон быһа ылар кыахтаналлар. Билигин
үлэлии турар Аллараа Бэстээх- Томмот суола сайдыахтаах уонна
үрдүк кылаастаах асфальт суолга кубулуйуон наада.”
В.Птицын бу суругун
оччотооҕуга барыны бары быһаарар ССКП обкома, тимир суолу аҕалар эрэ
баҕалаах буолан, болҕомтоҕо ылбатаҕа. Сурук ааптара, ол 17 сыл анараа
өттүгэр, Алдан өрүһү быыһыы сатаабытын ааһан, билигин быраҕыллан
эрэр Томмоттуур суолу өрүһүйэргэ холоммута көстөр. Кини этиитэ олоххо
киирдэр Алдан баһыгар уонна салааларыгар ГЭС-ри тутан уутун 2-3 төгүл
аччатан өрүс кытылыгар олорооччулар олохторун огдолутар дьайыы
тохтуур, ону ааһан, республикабыт дьылҕатыгар, историятыгар
сүҥкэн суолталаах Томмот суола дьиҥнээхтик, киһилии оҥоһуллар, ол 15
млрд. cолк. сыаналаах “Томмот – Дьокуускай” тимир суол суотугар. Туох
куһаҕаннааҕый, бу ?! -5
- Аны, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын
үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан уонна Чурапчы оройуоннарыгар исполком
председателинэн үлэлээбит, аатырбыт “Лена“ сопхуос өр сыллаах
дириэктэрэ, кырдьаҕас коммунист С.Г.Охлопков “Тимир суол
биһигини абырыа дуо?” ыстатыйатыттан, кэпсэтиигэ кыттыбыт
үгүс ааҕааччы санаатын түмэрин иһин, аҕалабын: “…
тимир суол оҥоһуллар сирин чугаһынан айылҕабыт алдьаныа, кэхтиэ, эстиэ,
көтөрө-сүүрэрэ бүтүөҕэ. Оннооҕор билигин “кыахтаах урдустар”
вертолетунан сылдьан аар тайҕабытыгар, толооннорбутугар,
күөллэрбитигэр,туундарабытыгар көҥүл айбардыыллар. Бэл ону кыайан
бопсубаппыт. Сүүһүнэн массыынаҕа тиэллэн кэлбит, уйуһуйбут урдустар
сир-сир аайы тарҕанан чүүччэйэллэрин тугунан да тохтотуохпут суоҕа…”,
“…киин сиртэн Саха сиригэр кэлэн олохсуйааччы үксүөҕэ. Оччоҕо бырыһыан
быһыытынан сахалар бэйэбит дойдубутугар ылар өлүүбүт кыччыаҕа. Ханнык
да бэйэлээх улахан суолталаах боппуруоһу быһаарсыыга куоласпыт аҕыйах
буола туруоҕа, кыайтарыылаах куруук биһиги буола туруохпут,” “Урукку
кэмнэргэ партия уурааҕа, государство интэриэһэ дии-дии Бүлүүбүтүн,
Хотугу сирдэрбитин туран биэрбиппит сөп буолуо. Иккистээн
тутахсыйымыаҕыҥ! Тимир суол Томмотунан
тохтуура сөп буолуо.” Ытык кырдьаҕас
Степан Гаврильевич бу тиһэх суруктарыттан биирдэстэрин
ааҕаргар киһи мунаахсыйара туох да суох курдук уонна
ырааҕы-киэҥи ыраҥалаан өйдүү сатаабат, эттилэр эрэ дии-дии илэмэ-салама
түһэр чычырбас санаалаахтарга анаан этиллибиттэр диигин. -6- Тимир суол уонна тугу аҕалан
“чэчирэтэр” биһигини? Манна үүнэр хортуоппуйу, помидоры, оҕурсууну,
эбэтэр чэпчэки cыаналаах эти, арыыны? Москва куорат уон гыммыттан биирэ
нэһилиэнньэлээх республиканы коммерсаннар, хантан ылыллара
биллибэт, бородууктанан тимир да суола суох толорбуттара
ыраатта, атыыга кыайан барбакка сытыйар дииллэр. Чернобыль
саахала урукку Сойуус 16 уобаластарын сүһүрдүбүтэ, ол иһигэр
билигин туспа судаарыстыба буолан олорор Украина уонна Белоруссия
улахан аҥаардарын. Ити сирдэр чөллөрүгэр аны аччыгыйа 200 сылынан
түһэллэр уонна, биллэн турар, саамай кутталлаах бородууксуйалара атын
дойдуларга утаарыллар, батараары халымыр сыанаҕа. Эмиэ ити курдук,
Семипалатинскай ядернай полигонтан эмсэҕэлээбит Алтай сирин
бородууксуйата чэпчэки сыанаҕа, ылар эрэ баар буоллар, куду
анньыллар. Киин телевидение (А.Караулов) биир биэриитигэр
Чернобыль саахалыгар туттуллубут техниканы Россия ылан ыраас тимири
кытта былаан уһааран тутуу матырыйаалыгар кубулутарын кэпсээбитэ.
Республикабыт салалтата 1992 сыллаахха, Чернобыль саахалыттан
сүһүрүү муҥутаан турдаҕына, Белоруссияттан 10 тыһ. тонна эти, 1000
тонна ынах арыытын, 300 тонна үүт бороһуогун, 3 тыһ. тонна сыыры, 100
тонна оҕо аһылыгын атыылаһан аҕалбыта. Ити саҕана республика
таһыттан кэлэр бородууксуйа 30 бырыһыанын Украинаттан ылабыт дииллэрэ.
Ити барыта тимир суол, этэргэ дылы, сыта да суох кэмигэр кыаллар эбит
буоллаҕына, кини кэлиитинэн республикаҕа араас кутталлаах табаар, ас -
үөл харыыта суох аҕалыллан атыыга тахсарыгар киэҥ аан аһыллар,
усулуобуйа үөскүүр.
-7- Туох түмүгү оҥоруохха сөбүй? Көстөрүн курдук,
нэһилиэнньэ араас араҥата
сөбүлээбэккэ утарсыбытын аахсыбакка, тимир суол кэллэ. Муҥар,
федеральнай аатырбыт тутууну Киин сир, салалтабыт мөлтөҕүн ( көнөтүнэн
билиниэххэ наада) туһанан анныгар баттаан, ороскуотун сороҕун түгэҕэ
көстүбүт хааһынабыт үбүттэн төлөттөрөр буолла, иэскэ киирдибит,
баайбытын атыылыырга күһэлиннибит. Аахайбаттар диэбэккэ,
кэпсэтиигэ
кыттар, дойдуларын кыһалҕатын өйдүүр, ону үрдүктүк тутар, кэлэр көлүөнэ
инникитин саныыр үгүс дьон санааларыгар холбостоххо - тимир
суол
Өлүөнэни туоруурун тохтотор ордук эбит. Улуу Эбэбитин туоруур
муоста
тимир суолга аналын уларытан, итиннэ ананар 13 -60 млрд. солк. харчы
көннөрү массыына өрүһү туоруур аныгы муостатын оҥоһуутугар барыахтаах.
Бачча тухары, бастаан Сэбиэскэй Сойууһу, онтон Арассыыйаны
көмүһүнэн, алмааһынан,түүлээҕинэн, айылҕабытын, сирбитин-уоппутун толук
биэрэн туран, хааччыйан кэллибит, онон биир муостаны туттарарбытыгар
быраапта, туох аатай, булгу көрдүөххэ. Тимир суол Аллараа
Бэстээххэ муҥурданара сөп буолуо. Урут эппитим курдук, 20
сыллааҕыта оҥоһуллан баран саҥардыллыбатах тимир суол муостатын
бырайыага “сүүлүҥүй” буолан мөккүөрдээх, Хаптаҕай
олохтоохторугар хайдах дьайыа быһаарыллыбат, экологтар санааларын этэ
иликтэр. Бырайыак үс барыйаана үһүөн үрдэ суох үгүс сыаналаах
матырыйаал туттулларын ирдииллэр, ол үрдүнэн Улуу Эбэ муостаҕа хайдах
сыһыаннаһыа биллибэт, ону “маннык буолуо” диэн быһаарар да уустук.
Толору тиэйиилээх састааптары уйар, сиэрэ суох ноҕуруусканы
тулуйар, Россияҕа суох уһун муоста бөҕө, ыар ыйааһыннаах матырыйаал
туттулларынан ирдиир. Билигин олоххо киллэриэхтээх
барыйааннарыгар муоста остуолбаларын икки арда 154 м., олор икки
ардыларынан муус иҥнибэккэ ааһыа, харыыны үөскэтиэ суоҕа дуо? Харыы
үөскээтэҕинэ Табаҕа тумулуттан үөһэ сытар Табаҕа, Өктөм о. да а. хас да
бөһүөлэк ууга барар куттала үөскүүрүн бырайыактааччылар бэйэлэрэ
мэлдьэспэттэр. Харыы, итини ааһан, муоста туругун мөлтөтөр, кэбирэтэр
чахчыта эмиэ баар. Онон, ыксалынан, тутуохха эрэ диэн, тутуу тугунан
диэлийэн тахсыан билиҥҥитэ ким да чуолкай билбэт, оннук киһи көстүбэтэ
да буолуо. Оттон көннөрү массыына туоруур муостатын, матырыйаала
ыйааһынныын, сыаналыын чэпчэки буолан, тутуу сыаната быдан халымыр,
үлэтин болдьоҕо кылгас буолара көстөн турар. Ону таһынан, тирэнэр
остоолболорун икки арда кэҥээн (муоста уопсай ыйааһына аччаан) харыы
тахсара тохтуур. Итини сэргэ өрүс бэтэрээ биэрэгэр экологическай турук
ама буолар усулуобуйата үөскүүр. Ол инниттэн тимир суол кэлэн Туймаада
онто суох айгыраабыт айылҕата араас эбии тутуулартан, базаларга
тоҕуоруһар техникаттан салгыы эмсэҕэлиирэ сатамматын, ол ыар содулун
айылҕа харыстабылынан дьарыктанар государственнай уорганнар
ааҕан-суоттаан биэрэллэрэ, дакаастыыллара наадалаах этэ.
10.12.2007 с. Иван
Бурцев
|