Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Экология

Иван Бурцев "Томтор Таас дьылҕата"

ТОМТОР   ТААС   ДЬЫЛҔАТА

         Бара  сатаан,төрөөбүт  дойдубут  баайа ситэри барана оҕустар диэччи, бу баай  инниттэн Саха сирэ хайдахтаах курдук илдьи тэпсиллэн, түөрэ  хаһыллан    ый   ньууругар  кубулуйарын, өрүстэрбит сүһүрэллэрин көрөрүттэн  дууһата кыланааччы  суох буолбатах.  Кырдьыга  даҕаны, биһиги ытык сирбит  барҕа  баайа “былдьаһыктаах бырта  сыатыгар”  кубулуйан  баай   тэрилтэлэр олохторун  оҥостор,  байар-тайар полигоннарыгар кубулуйда. Бэрт соторутааҕыта Өймөкөөн улууһугар  хостоно турбут сүрүмэлээх сири (Бүтүн Россияҕа көстүбүт сүрүмэ саппааын 94  бырыһыана биһиги Сахабыт сиригэр баар) босхону эрэ үрдүнэн атыылаабыттара  иһилиннэ. Тутан хаалбыппыт туох баарый?   Ыраах Өлөөн тыатыгар  баар  соҕотох “хаһааспыт”сэдэх  минералларынан олус баай Томтор Таас хаалбыт  курдуга. Бу баай Дьиикимдэттэн хотугулуу-илин 80-90 км сиргэ сытар, бары  карталарга “Томтор Таса” диэн суруллар.

       Соторутааҕыта Россия саамай баай  дьонноруттан биирдэстэрэ, Красноярскай кыраай губернатора А.Хлопонин анаан-минээн  кэлэн биһиги президеммитин  В.Штыровы  кытта көрсүһүүтүгэр Томтор Таас ахтылынна   уонна ити мээнэҕэ буолбатаҕа сэрэйиллэр.

       Томтор Тааһы геологтар 1959 c.  арыйбыттара. Кини 30 км. усталаах уонна туоралаах, хас да учаастактарга  арахсар. Геологтар “Бураннай” диэн учаастагы сиһилии разведкалаан,саппааһын  ааҕан хостуурга бэлэм оҥорбуттара. Манна   ниобий, иттрий, скандий, лантан, празеодим, самарий уонна европий курдук  сэдэх элеменнэр бааллар. Кинилэри титан, ванадий, алюминий,  фосфор,   цезий,  стронций, гадолиний,тербий,  гольмий, эрбий о.да а. уонна тыынар тыыннаахха кутталлаах элеменнэринэн биллэр  уран, торий,таллий “арыаллыыллар.” Көстөрүн   курдук, Менделеев  таблицатыгар  киирбит элеменнэр бары бааллар. Уран уонна торий баалларынан сибээстээн  рудаҕа радиоактивноһа  чааска 5000 микрорентгеҥҥэ тиийэр. Томтор  Тааска баар  элеменнэр аныгы технология  (нанотехнология) киэҥ  эйгэтигэр  атомнай   энергетикэҕэ, радиоэлектроникаҕа, телемеханикаҕа, кибернетикаҕа, ракета  оҥоһуутугар,космическай хараабылларга уонна станцияларга  туттуллаллар.  Холобур, ниобийы ылар буоллахха, кини  аһара үрдүк температураны (2468 кыраадыска диэри) тулуйарынан  уонна ханнык да кислотаҕа суураллыбатынан термоядернай оҥоһуктарга туттуллар.  “Бураннай” учаастакка ниобий  оксидын  разведкаламмыт саппааһа (“В” категория) 57 тыһ. тонна  кэриҥэ.  Аан дойдутааҕы  сыананан 1993 cыллаахха  1 гр. ниобий  сыаната 106 доллар этэ.     

         Маннык сөҕүмэр баайдаах сири 2005 с.  аукциоҥҥа таһааран атыылыырга холоно сылдьыбыттарын ким да атыыласпатаҕа.  Аукцион усулуобуйатыгар  бу баайы ким  баҕалаах,ол иһигэр омук гражданнара кытта, атыылаһыахтарын сөптөөх  уонна хостообут баайдарын бас билэллэр диэн  этиллэр.

         Оччотооҕуга   ким да ылбатаҕын иһин, Томтор Тааһы  көрбүтүнэн мэлитэр кэммит кэлиэҕэ сэрэйиллэр. Республикабыт  сиртэн хостонор баайыгар бырааппытын  сүтэрбит дьон буоларбытынан, хайдах да көмүскэнэр балаһыанньата суох  хааллыбыт, бу аҕыйах сыл иһигэр. Арай,  Томтор Таас тулатынааҕы таба мэччирэҥин, бу кэмҥэ улаханнык тыытылла илик  сири-уоту, билиҥитэ сотулла илик,   айылҕаны харыстыыр сокуоммутун туһанан харыстаһа сатыахха баара. Мин бу  туһунан  2005 с. саҥатыгар Ил Түмэн  хаһыакка суруйбуппун парламеммыт   тустаах  комитета, Айылҕа  харыстабылын министерствота, эбэтэр Прикладной экология института даҕаны  болҕомтоҕо ылбатахтара.  Кинилэр тоҕо  сүргэйии саҕаланыан иннинэ,тутуу былдьаһан, отун-маһын,тыынар тыыннааҕын кэтээн  көрөр,үөрэтэр үлэни хайы-үйэҕэ ыыппыт буолуохтаахтара. Ордук, радиация  боппуруоһа сытыытык турар да радиологтарбыт манна туох былааннаахтара биллибэт,уу  чуумпулар, нэһилиэнньэҕэ да иһитиннэрии оҥорбуттара суох. Бу тэрилтэлэр норуот  харчытыгар иитиллэр,норуокка анаан тэриллибиттэрин быһыытынан, тулалыыр эйгэни  харыстааһын курдук улахан суолталаах проблемаҕа тустаах болҕомтолорун уураллара  булгуччулаах дии саныыбыт уонна ол олоххо киирэрин күүтэбит.

 

 

      24.11.07 c.                                              Иван Бурцев

Category: Экология | Added by: uhhan (2008-02-07)
Views: 3668 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024