ЭКОЛОГИЯ…,ЭКОЛОГИЯ…
1989 c. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин уочараттаах сессиятын
телевизорынан көрбүппүн санаан кэлэбин. Үрдүкү
Сэбиэт Экологияҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин талыы
буолбутугар казах биллиилээх суруйааччытын Какимбек Салыковы
туруорбуттара. Онно Прибалтикаттан депутат “экология”
диэн туох тылын быһаарарыгар
эппитигэр К.Салыков кыайан эппиэттээбэккэ, мух-мах буолан
кыбыстыыга киирбитин улаханнык аахсыбакка бэрэссэдээтэлинэн
талан кэбиспиттэрэ. Билигин өйдүүрбүнэн, киниэхэ
солбуйааччынан, кэлин дойдуга улаханнык биллибит, А.В.Яблоков,
оттон сэкэрэтээринэн биһиги биир дойдулаахпыт П.Д.Осипов
талыллыбыттара. Экология кэмитиэтэ Үрдүкү Сэбиэт тохтотуллуор
диэри дойдуга олус наадалаах
дьаһаллары ылбыта, киэҥ далааһыннаах үлэни күөстүү
оргуппута, Сахабыт сириттэн кэмитиэккэ бас-көс киһилээх
буоламмыт дойдубут айылҕатын харыстабылыгар
аан бастаан туһалаах дьаһаллар ылыллыбыттара, көмүскэллээх
буолбуппут.
Экология диэн тыл урукку
өттүгэр, учуонайдар сорох эргимтэлэригэр
эрэ, биологическай наука биир салаатыгар термин быһыытынан
туттуллара. Билигин ити тыл «тулалыыр
эйгэ», «айылҕа харыстабыла» эҥин
курдуктары кытта сэргэстэһэр, итилэри толорсон биэрэр,
кинилэри кытта ыкса быстыспат сибээстэстэ
уонна биһиги күннээҕи олохпут
киэҥ эйгэтигэр бигэтик киирдэ.
Бу термини аан бастаан
немец биолога Геккель өссө 1886 с. араас
организмнар тулалыыр эйгэни кытта сибээстэрин үөрэтиигэ
туттубута. Манна кини грек омук “олорор сир”
уонна “үөрэх”, “наука” диэн тылларын туһаммыта. Ол
кэмтэн экология өйдөбүлэ олус кэҥээн, салааланан, политикаҕа уонна
экономикаҕа кытта өтөн киирдэ. Аан дойдуга айылҕа алдьаныыта
- кээһэниитэ наһаа кэҥээн, ол экономикаҕа охсуута сүрдэнэн
ханнык баҕарар судаарыстыба, баҕардар да баҕарбатар да,
күннээҕи туттар тылыгар кубулуйда. Оттон айылҕа харыстабылынан
дьарыктанар дьону экологтар диэн сүрэхтээбиттэрин олох
бэйэтин ирдэбилин,билиги кэм быстыспат сорҕотун быһыытынан
көрүөххэ сөп. Арыый атыннык, сахатытан эттэххэ –
экологтар диэн төрүт түөлбэлэрин иһин туруулаһааччылар,
көмүскээччилэр
буоллулар.
Хомойуох иһин, син атын сирдэргэ курдук, биһиги Сахабыт
сиригэр айылҕа харыстабылын,экология боппуруоһун араастаан
иэҕэн, мускуйан тус бэйэ сыалыгар туһаныы, эбэтэр айылҕаны
алдьатар баай тэрилтэлэр интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ туттуу
мэлдьэһиллибэт баар чахчы. Маныаха атыыланыы, бириинсибэ
суох буолуу, төрөөбүт дойду дьылҕатын кыраҕа атастаһыы,
хамнас, карьера инники күөҥҥэ туттуллара наһаа дэлэйбитэ
дьону-сэргэни долгуппат буолуон табыллыбат. Ити
барыта араас бырачыастары, сөбүлэспэт буолууну
үөскэтэр уонна ол кэнники 5-6 сылга ордук күүһүрбүтэ эмиэ
мэлдьэһиллибэт. Уларыта тутуу сылларын өйдөөн
кэллэххэ – экологтарга быраап бэриллибит, санааларын
саллыбакка сайа этэллэригэр усулуобуйа үөскээбит кэмнэрэ этэ.
Ол да иһин сити сылларга үгүс өрүттээх дьаһаллары ылыы
ситиһиллэн Сир Ийэ өрө тыыммыта, онуоха-маныаха диэри
бааһын-үүтүн оһоруна сатаабыта. Республикабыт суверенитетын
туһанан общественность салалтаны кытта уопсай тылы булан,
көмөлөсүһэн төрүт түөлбэни көмүскээһиҥҥэ туруммута, Үрдүкү
Сэбиэппитигэр Экология кэмитиэтэ, Айылҕа харыстабылын
министиэристибэтэ, экология боппуруоһунан дьарыктаныахтаах
анал институт, бэл Доруобуйа института кытта баар
буолбуттара. Мин итиннэ общественноһы тоҕо бастакы миэстэҕэ
туруордум? Тоҕо диэтэххэ, оччотооҕуга,урут эппитим курдук,
көҥүл санааны ылбыт общественность аан бастакынан экология
боппуруоһун көтөхпүтэ уонна тыла-өһө да сыаналанар этэ. Бүлүү
сүнньүгэр Э.Соколов,
П.Мартынов,Е.Секов, Н.Павлов, А.Тобонов,
В.Евсеев,Н.Игнатьев, Дьааҥыга - учууталлар Н.Божедонов, А.Колесова,
Аммаҕа - О.Иванова-Сидоркевич, Дьокуускайга - В.Дмитриева,
Т.Корнилова, Л.Егорова уо.да а. курдук үгүс
общественнай-экологтар баар буолбуттарын былаас аахсар этэ. Билигин да
үгүстэр өйдүүллэрэ буолуо, Бүлүүнү көмүскээһиҥҥэ
элбэх наадалаах дьаһаллар тахсыбыттарын, Адыаччыга, эмиэ Туой
Хайаны курдук, өбүгэ сирин тимирдэн ГЭС тутаары гыммыттарын.
Айылҕа харыстабылын государственнай кэмитиэтэ уонна
республика телекомпанията өйөбүллээх общественность
акцията, телемарафона бырайыактарын саптарбытын – ГЭС
тутуллубатаҕын, Дьааҥы биир кэрэ сирэ
көмүскэниллибитин. Итинтэн
кэлин, ордук кэнники сылларга, уон аҥы барыы түмүгэр экология
боппуруоһа тосту сытыырхайда. Манна былаас айылҕа кэһиллиитин
хонтуруоллуур туһааннаах уорганнарбытын бэйэтигэр
тардыыта, ити уорганнарга истигэн дьоннору туруоруута, сорох сокуоннары
суох оҥоруута,эбэтэр суолтатын кыччатыыта түргэнник “сомсон”
ылыы политикатын ыытарыгар киэҥ суолу аста. Онуоха урут
тэриллибит анал институттарбыт мөлтөөн-ахсаан биэриилэрэ
эбиилик буолла. Өһүргэнэн өттүктэрин үлтү түһүөхтэрэ да
буоллар ону этэбин. Холобур, академик Д.Саввинов
баһылыктаах Прикладной экология института туох кэскиллээх
үлэни ыытта диэтэххэ Саха сирин биир да олохтооҕо
тугу этиэн билбэппин. Баҕар институт айылҕаҕа
тахсыбыт адьархайы сиһилии үөрэтэн баран инникини өтө
көрөр,сэрэтэр кэскиллээх үлэ бөҕөтүн бу уон түөрт сыл устата
ыыппыта уонна ыыта сылдьара буолуо да нэһилиэньньэ ол туһунан билбэт,
истибэт. Мин
радиация дьайыытын суох оҥорор управленияҕа үлэлии сылдьан
баар-суох институппут диэммин сакаас оҥорон, кырата суох
харчы төлөөн, дуогабардаах үлэ ыыттарбытым. Билигин кэлэн
кистээбэккэ эттэххэ – наукаҕа тирэҕирбит көмө ылаары. Түмүгэр
Марха өрүс баһыгар балык арааһа баарын,өрүс эмсэҕэлээбэтэҕин
туһунан отчуоту туппутум. Ону институт
ихтиолог-учуонайа ол сиргэ атаҕын укпакка, кабинетыгар олорон
суруйбутун кэлин эрэ истэн кэлэйэн да төһөнү
кэлэйиэххиний. Институт учуонайдара 40 тыһ. сыл
анараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт мамонт кыыл тугунан
аһылыктаммытын уонна Боотулуу аҕатын ууһа Саха сиригэр хайдах
тарҕаммытын кинигэ оҥорон суруйбуттарын туһунан хаһыаттан
аахпыттааҕым уонна дойдубутугар тирээн турар
экология проблематыгар ити туох
сыһыаннааҕын сатаан өйдөөбөтөҕүм. Баҕар, атыттар өйдүүллэрэ
буолуо…Институт араас кыра чааһынай тэрилтэлэрэ АЛРОСА
хампааньньаҕа үлэ ыыталларын уонна ол ханнык эрэ “ООО”
наукаҕа туох сыһыаннаах буолуохтааҕын эмиэ өйдүүргэ уустук.
Дириэктэр Д.Саввинов оннооҕор күрдьэҕинэн бүтэй
үүтүн хастахха сир алдьанар, АЛРОСА сири-уоту кээһэппитэ
уонна чөлүгэр түһэрбэтэ улахан трагедия буолбатах диэн
хабааннаах этиитин эмиэ истибитим.
Итинник “научнай төрүөккэ” олоҕуран АЛРОСА
салалтата “экологическая ситуация в регионе стабильна” диэн эрдэҕэ
дуу. Кинилэр айылҕа харыстабылыгар ылыммыт программалара икки
сыллааҕыта тохтоон, ону 2011c. диэри
көһөрөргө күһэллибиттэрэ, куһаҕан дьаардаах уу
уруккутунуу тохтообокко суккуллара кыаттарбакка. Ол икки сыл
иһигэр көннөрүллүбүт буоллаҕына үөрүүлээх дьыала. Арай. ол
туһунан туһааннаах хонтуруоллуур уорганнарбыт, Айылҕа харыстабылын
министиэристибэтэ анаан-минээн нэһилиэньньэҕэ иһитиннэрии
оҥорбото хомотор, онтон сылтаан дьоҥҥо уорбалыыр санаа
үөскиирэ
омнуоламмат. Эмиэ
итинник, Прикладной экология институтугар курдук,
балаһыаньньа В.Кривошапкин баһылыктаах Доруобуйа институтугар
көстөр. Институт үлэтин-хамнаһын туһунан нэһилиэнньэҕэ
иһитиннэрии оҥорбот, дьоҥҥо-сэргэҕэ наадалаах төһө үлэни ыыппыта
биллибэт. Биир кэмҥэ Кэбээйигэ
оҥоһуллубут сир аннынааҕы ядернай эһии
дьоҥҥо дьайыытын быһаартарарга, эмиэ кырата суох харчы төлөөн
ити институтунан үлэ сакаастаан оҥотторбутум. Түмүк
көһүппэтэх өттүбүттэн буолбута: Кэбээйигэ 1978 сыллар диэки
дьахталлар ортолоругар маассабайдык оҕо
куотуута ядернай эһии буолар сураҕыттан сибээстээҕэ
этиллибитэ. Ядернай эһии оччотооҕуга кистэлэҥинэн, сураҕы
тарҕаппакка оҥоһуллара аахсыллыбатаҕа, ону ааһан директор
В.Кривошапкин ити отчуотун
“түмүгүн” киин институттарга, араас таһымнаах научнай
конференцияларга дакылааттаабытын туһунан өҥнөн кэпсэммитэ
эмиэ
баар. Былаас
общественнай экологическай хамсааһыны мөлтөтөөрү
араас ньыманы толкуйдуур.
Подголов диэн киҺи Россиятааҕы “күөхтэр” партияларыгар баарбын, ол
партия Саха сиринээҕи салаатын салайабын дэммитэ.
Общественность аатыттан мега-бырайыактар диэн ааттанааччылары
өйөөччү, буоппус туруорааччы кини. Соторутааҕыта аҕай,хантан
кэлбитэ,урут ханна сылдьыбыта биллибэт, Егоров диэн киһи
эмискэ баар буолла, “Күөх Республика” диэн общественнай –
экологическай хамсааһыны тэрийдим дэннэ. Кинини былаас
анаан-минээн тэрийбитэ саҥатыттан- иҥэтиттэн да көстө сылдьар.
Ону мега-бырайыактар олоххо киирдэхтэринэ республика бюджета
4 төгүл (!) үрдүөҕүн туһунан халлаантан ылан радионан кэпсии
олороруттан да тойоннуохха сөп. Подголов да, Егоров да
үйэлээх саастарыгар экология тиэмэтигэр биир буукубаны тэһэ
анньан суруйбатах, онно бэлэмэ, билиитэ суох дьон. Кинилэр
ханнык да общественнай күүһү мэктиэлиир кыахтара,бырааптара
суох. Билигин
кэм-кэрдии төһө да кытаанаҕын, буойуу-хаайыы күүһүрбүтүн үрдүнэн
общественнай күүстэр холбоһо, түмсэ сатыыллар. Үөһээ
ахтыллыбыт Саха сирин олохтоохторугар олус наадалаах
институттарга уустук кэмнэр бүрүүкээбиттэрин биһиги билэ-көрө
сылдьабыт. Общественнай күүстэр наада буоллаҕына кинилэргэ
көмөҕө кэлэртэн куттаныахтара суоҕа этэ. Биллэн турар, онно
наадыйар уонна маассаны аанньа ахтар, эрэнэр
буоллахтарына. Дьиктитэ
диэн, уулуссаҕа, атын да сирдэргэ, көрсө түспүт дьон
“экологтар тугу көрө сылдьаҕыт, олорон биэрдигит, сир
–дойду алдьанна, үлэлээбэккит” диэн
тыллаһалларын үгүстүк истэр буоллубут. Бу тыллар 2000
үлэһиттээх, бюджеттан үбүлэнэр Айылҕа харыстабылын
министиэристибэтигэр буолбакка биһиэхэ – хамнаска наадыйбакка
үлэлиир общественнай – экологтарга туһаайыллара дьиктиргэтэр,
сөхтөрөр. Маны дьон итэҕэлиттэн атыннык
сыаналаабаккын.
Кырдьык даҕаны, тоҕо биһиги эрэ – общественнай
күүстэр (биһиэхэ эрэ наадалааҕын курдук) ИС-ТА ниэп турбатын тутууга
сокуон кэһиллэрин утара сатыыбытый,
сууттаһарга тиийэбитий? Улуу Өлүөнэ Эбэбит дьылҕата манна
олорор дьону,омугуттан тутулуга суох, долгутара илэ-чахчы
көһүннэ - “Саха сирэ-мин дьиэм” гражданскай коалиция
тэриллиитэ ону чопчу туоһулуур. Манна улуустар
актыбыыстарыттан ураты куоракка өр сылларга олорор,
кырдьык даҕаны Саха сирин дойду
оҥостубут, манна оҕо-уруу төрөппүт, улаатыннарбыт
араас идэлээхтэр, учуонайдар В.Шепелев, В.Соболев,
З.Алтухова, онтон да үгүстэр Коалицияҕа киирэн биир кэппиэйкэ
хамнаһа суох үлэлии сылдьаллар. Биһиги, ол үөһээ ахтыллыбыт
90-c сылларга курдук, министиэристибэ, институттар,
радио, телевидение, журналистар уонна общественность
буоламмыт күүһү түмэн, сомоҕолоһон турууластарбыт
дойдубутун, сирбитин-уоппутун араҥаччылыах
этибит. С
У У Т Т А Һ Ы
Ы
Общественнай тэриллиилэр – Саха общественнай киин,
СР Общественнай экологическай киинэ, СР Общественнай
экологическай кэтээн көрүү ситимэ, “Эйгэ” СР
экологическай үөрэхтээһиҥҥэ киинэ, “Бүлүү” общественнай
экологическай кэмитиэт, Бүтүн Россиятааҕы айылҕа харыстабылын
обществотын Саха сиринээҕи региональнай
салаата уонна СР Эбэҥкилэрин
ассоциацията кырдьыгы булар иһин туруммуттара. Кинилэр Россия
экологическай,техническэй уонна атомнай кэтээн көрүүгэ федеральнай
сулууспата (Ростехнадзор) Уус-Куттан Талакааҥҥа диэри ниэп турбатын
тардыы бырайыагар оҥоһуллубут экологическай
экспертизаны сокуоннары кэһии баарын үрдүнэн бигэргэтиитин
сыыһанан ааҕан көтүрэргэ көрдөһөн суукка үҥсүү
түһэрбитэ. Дьокуускай куораттааҕы федеральнай суут (судьуйа
Н. В. Иванова) дьыаланы көрөн баран общественнай тэриллиилэр
туруорсууларын сөптөөҕүнэн ааҕан, Ростехнадзор бигэргэтиитин
бу сыл ыам ыйын 11 күнүнээҕи бэйэтин быһаарыытынан көтүрэн
кэбиспитэ. Ол аата – турба тардыытын бырайыага
сыыһалаах! Кыаттарбыттар
Үрдүкү Суукка ааһыммыттара уонна дьыала бэс ыйын 1 күнүгэр
хаттаан көрүллүбүтэ. Иванова М. Н., Пухова Е. В.
уонна Шадрина Л.Е. састааптаах Үрдүкү Суут
коллегията куорат суутун уурааҕын сыыһанан ааҕан
көтүрбүтэ. Суукка хардарыта
дакаастаһыыга биһигиннээҕэр анарааҥылары ордук болҕойон
истэллэрэ, быспакка этиттэрэллэрэ
бэлиэтэммитэ. Суут
быһаарыытын кэтэһэргэ баара-суоҕа 7 мүнүүтэ барбыта. 3
страницаҕа кыра сириибинэн симэ суруллубут суут быһаарыытын
итиччэ түргэнник бэчээттиэххэ сөп дуо – быһаарыы олох эрдэ
ылыныллан бэлэмнэммитэ саарбахтаммат. Мин ити
санаабын ол үс саха судьуйа дьахталларга аһаҕастык этэн
тахсыбытым. Эбэҥкилэр ассоциацияларын президенэ И.М.Атласов
кинилэргэ норуоттарын иннигэр аньыыны оҥорбуттарын
бэлиэтээн эппитэ, анарааҥҥылар тугу да
саҥарбатахтара. Общественнай
тэриллиилэр аны Талакаантан Алдаҥҥа диэри ниэп турбатын
тардыы бырайыагар сокуону куруубайдык кэһии таһаарыллыбытын
Ростехнадзор сыыһа бигэргэппитин суутунан быһаарсарга
холоммуттара. Дьокуускай куораттааҕы федеральнай суут (судьуйа
Г.А.Федорова) анараалар диэки буоларын
хара маҥнайгыттан кистии да сорумматаҕа, кинилэри бэркэ
болҕойон истибитэ, биһиэхэ куруубайдыырыттан да туттумматаҕа,
икки киһибитин күргүйдэтэлээн туран суукка киллэрбэтэҕэ,
үүртэлээн кэбиспитэ. Суут быһаарыыта күүтүллүбүтүн
курдук буолбута – биһиги туруорсуубут
өйөммөтөҕө. Итинтэн
кэлин буолбут “быһылааннар”өссө интэриэһинэйдэр.
Общественнай тэриллиилэр Үрдүкү Суукка ааһынарга алтынньы 16
күнүгэр дьыала түһэрбиттэрэ ууга тааһы бырахпыттыы
мэлийэн хаалар. Оруобуна биир ый буолан баран
сэтинньи 16 күнүгэр судьуйа Г.А.Федорова
илии баттааһыннаах суут быһаарыыта кэлэр,
онно…сэтинньи 6 күнүгэр диэри үҥсүүгүт
сыыһа суруллубутун көннөрүҥ, 50 солк. госпошлинаны төлөөҥ
диэн
суруллубут. Общественнай
тэриллиилэр сэтинньи 16 күнүгэр илиилэригэр ылбыт суут
быһаарыытын сэтинньи 6 күнүгэр диэри (быһаарыыны харахтарыгар көрбөккө
да сылдьан) толоруохтаахтара хайдах да кыаллыбатын, суут итинник
быһаарыытын сыыһанан ааҕан ону
көннөрөрүгэр ходатайство түһэрдилэр. Общественнай
тэриллиилэр былаас уонна быраабы харыстыыр уорганнар
өттүлэриттэн итинник хаҕыс, ньүдьү балай сыһыан баарын
аахсыбакка мега-бырайыактар оҥоһуллууларыгар сокуон
кэһиллибэтин, общественность санаата учуоттанарын салгыы
туруорсар
санаалаахтар.
19.11.2007
c.
Иван Бурцев
|