Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Экология

Саҥа миниистир

     Бу сылга киирэн баран, Айылҕа харыстабылын миниистиринэн 12 сыл устата  эҥкилэ суох үлэлээбит, элбэх саҥаны киллэрбит тэрээһиннээх салайааччы, учуонай  В.Г.Алексеев сынньалаҥҥа барбытынан саҥа миниистир аннаммыта. В.Г.Алексеевы  чиэстээн, бочуоттаан атаарыы кэнниттэн саҥа миниистир үлэлээбитэ иккис ыйа  буолбутун кэннэ көрсөн кэпсэттим.
  Кини  кимин, тугун кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык:
  Владимир Афанасьевич Григорьев Кэбээйи  улууһун Бастакы Лүүчүн нэһилиэгин Алаас диэн учаастагар кулун тутар 18 к. 1950  с. төрөөбүт. Ийэтэ үйэтин тухары колхоз, совхоз фермаларыгар үлэлээбит. Аҕата  сэрии ветерана, биригэдьиирдээбит, сылгыһыттаабыт. Онон Володя оҕо сааһа  оччотооҕу тыа сирин хара үлэһиттэрин олоҕун сиэринэн ааспыт.   10 саастааҕыттан оҕус сиэтэн, от-мас үлэтигэр  миккиллэн, кыраабыл, атырдьах, сүгэ уга тутуурдаах оҕо сааһа ааһар. 12  саастаахпыттан туспа, бас билэр сааланан бултаан, айылҕаҕа ситимим өссө күүҺүрбүтэ  диир. Бииргэ төрөөбүт түөрт оҕоттон улаханнара. Кини 13 саастааҕар аҕалара өлөн  ыал улахан уола түбүгэ, кыһамньыта, эппиэтинэһэ эбиллэр.
  Оскуола кэнниттэн сүөһү көрүүтүгэр үлэлиир.  Аармыйаҕа сулууспалыыр. СГУ-тын туйгуннук үөрэнэн бүтэрэр, учуонай-зоотехник  идэтин ылан Орто Халыма «ССРС 50 сыла» сопхуоска зоотенигынан ананан 5 сыл үлэлиир.  Бу сопхуос очччолорго аатырбыт сопхуос этэ. А.И Гуляев диэн ССКП 26 сийиэһин  делегаата, республика биир чулуу үлэлээх директорын оскуолатын ааһар.
  Эдэр салайааччыны, партия бэлиэтии  көрөн, республика биир саамай хаалыылаах «Усуйаана» сопхуоһугар  дириэктэринэн аныыллар. 7 сылынан бу сопхуос  биир бастыҥнар ахсаанарыгар тахсар. Түөрт мөлүйүөн барыыстаах, икки мөлүйүөннаах  тутуу ыытар кыахтаах сопхуос буолар. Араас социальнай объектар,  олорор дьиэ, оскуола тутуллар. Бастакыннан  «мобильное поселение» диэн ааттаах, бэйэтэ туспа уоттаах-күөстээх, таҥас сууйар  массыынатыгар тиийэ хааччыллыылаах табаһыттар көһө сылдьар дьиэлэрэ тутуллар. Көһөрүллэ  сылдьар харааллары туталлар. Авиационнай собуокка сакаастаан аныгы таба сыарҕатын  кытта оҥоттороллор. Кини манна науканы кытта ыкса ситимнэһэн үлэлиир. Бастакы  кооперативтары киллэрэллэр. Владимир Афанасьевич Усуйаана хоһуун үлэһит дьонун  махтана, дуоһуйа ахтар.
  Дьэ,  ити кэмҥэ, партия эмиэ «таба көрөн», аны ОБКОМ-ҥа бэйэтигэр тэрийэр отделга  ылан, биир сыл иниструкторунан үлэлэтэр. Элбэх оройуону кэрийэр, көрөр-истэр.  «Ити сыл элбэҕи билбитим, тэҥнээн көрбүтүм, үгүс туһалаах сүбэни ылбытым» -  диир.
  1990  с. Орто Халыма райкомун 1-кы сэкиритээрин быыбарын тэрийсэ барбыт киһини,  партийнай конференцияҕа бэйэтин талан кэбиһэллэр.
  Дьэ  мантан ыла, бу миниистир дуоһунаһыгар кэлиэр диэри 5 быыбары ааһан Орто Халыма  улууһун салайар. Төһө да кэлиҥҥи  7  сылга ууга ылларан, алта нэһилиэгэ, ходуһата, мэччирэҥэ ууга баран элбэх күчүмэҕэйдэри  көрүстэр
  хотугу улуустарга Орто Халыма биир саамай чөллөөх, үчүгэй көрдөрүүлээх  улуус буоларын ситиспитэ. Итэҕэс-быһаҕас, таппатах быһыы-майгы да баара биллэр.
  -«Элбэх сыра-сылба, нэһилиэнньэ  тулуура, сырдыкка-кэрэҕэ дьулуура, үлэһитэ бэрт буолан ити кыһалҕалары  ааспыппыт» - диир. Кырдьыга да 90- сыллардааҕы кырыымчыгы, тийиммэт түгэммэт  буолууну бары өйдүүбүт.
  2004  с. хотугу улуустар спартакиадаларыгар бастаабыттара, Былырыын Манчаары бирииһигэр  эмиэ бастаабыттара, үөрэххэ киирии, каадыры бэлэмнээһин, духуобунас эйгэтигэр үлэ  хамнас ситиһиитэ аахтахха үгүс.
  Мин  былырыыҥҥы ыһыахтарын ыыта бара сылдьан үчүгэй түмсүүнү, тэриллиини, дьон үтүөҕэ,  сахалыы сиэргэ-майгыга көҕүн көрөн кэлбитим.
  Орто  Халыма баһылыгын быыбара бу күһүн буолбута. В.А.Григорьев онно кыттыбатаҕа.  Бастакы солбуйааччытын, бэйэлэрин уолларын М.Н Винокуровы мэктиэлээбитэ. М.Н.Винокуров быыбарга кыайан билигин  баһылыгынан үлэлии олорор.
  В.А.Григорьев  СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Орто Халыма улууһун бочуоттаах  гражданина, 2004 с. «Дальнай Восток уокуругун туйгун үлэлээх муниципальнай  сулууспалааҕын» лауриата.
  Республика  үрдүкү саламтата көрсөн кэпсэтэн, санаатын истэн баран кинини миниистиринэн  аныыр.

Сахалыы санаатахха.

                В.А.Григорьев:
  -Үлэлээбитим  иккис ыйа. В.Г.Алексеев курдук  талааннаах салайааччы, улахан учуонай кэнниттэн үлэлиир уустук, эппитинэстээх.  Чэпчэки үлэ буолбатах. Быһата эттэххэ суолтатынан, эппитинэһинэн бастакы турар  министиэристибэ буолар.
  Сахалыы санаатахха, Аан Айылҕа  тыынын харыстааһын диэн – ытык иэс, мүлчүрүйбэт ирдэбил, олох иннигэр иһэр көрдөбүл,  энчирээбэт эппиэтинэс буолар. Айбыт айылҕа баарын тухары олоруохпут. Олорор ийэ  эйгэни харыстааһын - барыбыт дьыалабыт. Ордук олохтоох дьоҥҥо. Кэлии аата-  кэлии, кини боччуллуу, сокуон, бобуу, хааччахтааһын эрэ көмөтүнэн үүннэнэр тэһииннэнэр.  Кэлиҥҥи кэмҥэ бэйэбит да эмиэ оннук буолан эрэбит. Ити Айыы, Айылҕа сиэриттэн  тэйэн эрэрбитин туоһулуур.
  Айылҕа  харыстабыла билиҥҥи үйэҕэ ордук суолталанна. Урут бэйэбит тэрилтэлэрбит айылҕаны  кытта алтыһан, онтон туһа таһааран үлэлиир эбит буоллахтарына билигин, түһээн  да баттаппатах дьоммут, вахтаннан үлэлээччилэр, араас туһаны таһаарынар улахан,  кыахтаах промышленнай тэрилтэлэр, саҥа бас билээччилэр кэлиэхтэрэ, кэлэн да  эрэллэр.                
  Айылҕа харыстабылыгар аан дойду  уопута баһаам. Омсолоох көстүү аҕалбыт алдьатыытын холобура да, үчүгэй үлэ  тумуктэрин да көстүүтэ элбэх. Ол барыта биһиэхэ үөрэх буолуохтаах, аан дойдуга  айылҕаны харыстааччылар үлэлиир ньымаларын, технологияларын киллэрэн иһиэхтээхпит.  Манна науканы кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиэхтээхпит.
  Биир сүрүн  үлэбит сокуон, нормативнай акталар, инструкциялар эйгэлэрэ. Бу үлэбит РФ уонна  субьектар икки ардыларыгар тыырыллыбыт боломуочуйалар тугу этэллэринэн барар.
  Өйдүүргүт курдук, Айылҕа  харыстабылын 122-с сокуонунан биһигиттэн үгүс бырааппытын киин ылбыта. Билигин,  субьектар туруорсууларынан, барытын кыаныа суохтарын да өйдөөн, 199-с  сокуонунан элбэх боломуочуйаны биҺиэхэ төттөрү биэрдилэр.
  Онно  уу, салгын, тыа , харамай харастабылыгар, хонтуруолугар балачча быраап төнүннэ.  Экология өттүнэн хонтуруоллуурга, экспертизалары ыытарга олор түмүктэринэн суут  уурааҕын таһаартарарга кыах баар.
  Россияҕа  айылҕа харыстабылын түөрт араас хайысхаларга биэрэн кэбиспиттэрэ.
  1.Айылҕа харыстыбылын министиэристибэтигэр (АХМ),
  2.Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр (ТХМ),
  3.Ростехнадзор-га,
  4.Росатом-ҥа.
  Бу РФ  салаалара биһиэхэ бары бааллар. Онон фуражкалаах дьон элбээн турар. Ити барыта  бас билиини, боломуочуйаны тыырсааһыны кытта ситимнээх.
  Хамсыыр харамайга биһигини  баттаатылар диэн олоробун. Холобур балыгы ылан көрүөххэ. Биһиги бас  билиибитигэр, собону, мундуну, сордоҥу, хаахынайы, күстэҕи, быһата үксэ  «сорнай» дэнэр балыктары хааллардылар. Күндү балыктарбыт Россия киэнэ буолла. Көтөрү,  мас көтөрүн барытын кэриэтин ыллылар. Куобаҕы, саһылы, кырынааһы, кииһи, тииҥи  хааллардылар.
  Үйэбит тухары бултаан аһаабыт  тайахпытын, кыыл табабытын, туртаспытын, кулааһайбытын ыллылар. Ол иһигэр бөрөнү  эмиэ ыллылар. Ити бэйэлэригэр ылбыт көрүҥнэри бултааһын РФ көҥүлүнэн, өлүүлээһининэн  барар. Бу саҥа дьылтан оннук буолла.
  РФ -ҕа,  Россия ТХМ-тин иһинэн хамсыыр харамай үллэһигэ барбыта. Онон бу биэдэмистибэ үллэрбит  дьыалата. РФ ТХМ миниистирэ Гордеев кэлэ сырыттаҕына мин тыл эппитим.
  -«Эһиги, билигин түһэн, аһыыр  рестораҥҥытыгар аҥардас мунду, хаахынай, сордоҥ эрэ баара буоллар хайдах буолуо  этэй, биһиги күөллэрбитигэр чыыр да собо да бииргэ үөскүүр, ордук хоту,  оччотугар, биир күөлгэ чыыры харыстыыр РФ надзора, күөл биир өттүгэр собону  харыстыыр бэйэбит надзорбут олороллор дуо?- диэн.
  Уонна,  «бөрөнү өлөрүүнү тоҕо боптугут, биһиэхэ элбэх буортуну аҕалар кыыл» - диэн.  Онно Гордеев тута бэйэтин дьонуттан ыйытан билбитэ, «Россия бөрөнү харыстааһыҥҥа  аан дойдутааҕы конвецияҕа илии баттаабыта» - диэтилэр. Миниистир көҥүллээҥ диэн  тута дьаһайбыта. Атынын көрүөхпүт, сүбэлэҺиэхпит диэн буолта.
  Министиэристибэ бэйэтин этиитин  кинилэргэ биэрбитэ, кэлин эмиэ ыыппыппыт. Бэйэбит боломуочуйабыт иһинэн туох  кыалларын туруорсар санаалаахпыт.
  Республикаҕа  аҕыйах улууска экология экспертизатын ыытар лабараториялар бааллар. Манна эбии  АХМ тус лабараторияларын аһан үлэлэтэргэ туруорсабыт. Промышленнай тэрилтэлэр  бэйэлэрин истэринэн баар лобараторияларын даннайдарын көрдөһөн ылан отчуоттуу  олорор сатаммат.
  Киотатааҕы  боротокуол олоххо киириитигэр элбэх кэтээн көрөр, чинчийэр, экспертизалыыр, анализтыыр  лобараториялар аһыллыахтара. Аан дойдутааҕы бырагырааммалар үлэлиэхтэрэ онно биһиги  тэҥҥэ үлэлэһэн иһиэхпит. Аан дойдутааҕы дьиикэй айылҕа фондатын кытта үлэлээһини  кэҥэтиэхпит
  Роспотребнадзор,  доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, санэпиднадзор, МВД, ГИБДД о.д.а  тэрилтэлэри кытта кыттыһан бииргэ үлэлээһин күүтэр. Массыына, техника,  котельнайдар салгыны буолтулааһыннарын аччатарга гааска көһүү уо.д.а.
  Иһэр  ууга сир аннынааҕы скважиналары туһаныы хайысхатын киэҥник туһанар сөп диибин.
  Тыа баһаарын  биһиэхэ биэрдилэр. Лесхозтары эһиилгиттэн биэһиэхэ көһөрөллөр. Лесоохрана бакаа  биллибэт.
  Экология  култууратыгар үөрэтии, ону пропогандалааһын биир сүрүн боппуруос. Урут  оскуолаларга экология чааһа баарын билигин таһааран кэбиспиттэр. Куруһуок курдук  хаалбыт. Манна элбэх үлэ барыан наада. Оҕолору айылҕа харыстабылыгар хайаан да  салгыы сыһыарыахтаахпыт. Бу киһини духуобунай иитии сүрүн көрүҥэ дии саныыбын.
  Булт саха төрүт дьарыга. Булчут –  айылҕа доҕоро. Олохтоох омукка төрүт оннук этэ. Мин санаабар булчут буолуу –  эколог буолуу. Булчут, айылҕа өстөөҕө буолбатах, кини –айылҕаны харыстааччы  диибин. Кини курдук айылҕа тугунан тыынарын билэр, айылҕа ыарыытын чугастык  ылынар ким баар буолуой?  Экология култуурата - дьиҥнээх булчуттарга баар.
  Охотобществолары кытта бииргэ үлэлиэхпит.  Горнайдар тайахтарын харыстаан таһаарбыт үтүө холобурдарын өйүөххэ эрэ наада.
  Биллэн турар Ытык сирдэри,  тыытыллыбат түөлбэлэри кэҥэтиигэ, харыстааһыҥҥа ыытыллыбыт үтүөкэннээх үлэ  салгыы сайдан иһиэхтээх. Амма тардыытын, хочотун тыытыллыбат түөлбэ ахсааныгар  киллэрэ сатыахпыт.
  Министиэристибэ  сыллааҕы үлэтин отчуотугар бирисидиэн В.А.Штыров кэлэн кытынна. Республика  саламтата айылҕа харастабылыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһар диибит.
  Кэлэр өттүгэр,  хостуур промышленность хото сайдыыта, тимир суол кэлиитэ, элбэх дьон  олохсуйуута ирбэт тоҥ айылҕатыгар охсуута улахан буолуон сөп. Сирбит төһө да  киэҥин иһин кини уйуга олох кыра, кэбирэх, бааһын өр оһорунар айылҕалаах. Ону  эрдэттэн үөрэтэн, чинчийэн ыраҥалаан аттаран үөрэтиэхпитин, сокуоҥҥа-сурукка  эбии киллэрэн иһиэхпитин наада.
  «Кыым»  хаһыат айылҕа харыстабылыгар анал балаһалары таһааран алыс бэркэ үлэлэһэрин  билэбин, хайгыыбын, салгыы ситими быспакка үлэлиэхпит турдаҕа дии…
  Владимир Афанасьевыһы уонтан тахса сыллааҕыта  Үөһээ, Аллара Халымалары суруйарым сахха  билсэн, кэпсэтэн турабын. Орто Халымаҕа да хайдах үлэлээбитин да билэбин.  Ирдэбиллээх, дьону хамсатар тэрээһиннээх, чахчы сахалыы куттаах, айбыт айылҕатыгар  чугас салайааччы быһыытынан сыаналыыбын. Диҥинэн да ыллахха, төрөөбүт айылҕатын  ыарыытын ылыммат, тириитин таһынан аһарар,   дойдутун кутун иҥэриммэтэх киһи үлэлээбэт дуоһунаһа.         
  Биһиги сирбит  баайа,- биһиги айылҕабыт харыстабылын мэктиэлээбэт. Өскөтүн бу сирбит баайын туһаҕа  таһаарыы бэлиитикэтигэр бэйэбит кыттыбат буоллахпытына. Олохтоох омук санаатын өрө  туппат буоллахпытына. Айылҕабыт харыстабыла – биһиги тыын кыһалҕабыт. Онно  кыттыһыаҕыҥ, саҥа миниистиргэ ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ диэн үтүө санааннан  кэпсэтиибитин түмүктүүбүт.
 
                                                                                                Уххан.

Category: Экология | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 1935 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024