Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Сиэр-майгы. Сигили [4]
Муусука [55]
Наука [17]
Култуура [5]
Искуустуба [13]
Литирэтиирэ [1]
История [0]
Main » Articles » Култуура » Наука

Кэлим сылыйыы

Былыр да быйыл да халлаан үөрэхтээхтэрэ  диэн бааллара. Саха барахсан сарсыарда хараҕын хайа тардаат халҕанын аһан  тахса-киирэ сылдьан халлаанын  чинчилии одуулаан билгэлиир идэлээҕэ. Киэһээ  эмиэ биир оннук. Халлаан хайдаҕынан күннээҕи дьарыгын былаанныыр. Дьыл хайдаҕа  эмиэ халлаантан тутулуктаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ халлаан сылыйан “глобальное  потепление” диэн орто дойдуга уларыйыы бөҕөтө баран эрэринэн  дьиксиниилээх сурахтар иһиллэ тураллар.  “Глобализация” диэн эмиэ алдьархайдаах уларыйыылар тыыннара биллэр.
    Ордук кэлиҥҥи сылларга ууга барыы сүрдэннэ,  күүстээх холоруктар, ала буркуннар түһэннэр иэдээн бөҕөтүн эҥээрдээтилэр,  алдьархай бөҕөтүн аҕаллылар. Саха сиригэр эмиэ биллибитэ. Итини таҥара накааһын  курдук өйдөөһүн, кистэлэҥ секталар дьайыыларын да курдук этиилэр эмиэ бааллар.  Аныгы үйэ халлааны үөрэтээччилэрэ маны наука этиитинэн быһаараллар. 1974 с.  климатологтар хотугу булуус  мууһа  уулларынан, углекислай гаас элбээһининэн сиэттэрэн сылыйыы буолан эрэрин  эрдэттэн билбиттэр.
    Сэбиэскэй кэмҥэ туундараҕа, хотугу булууска тийэ  араас чинчийэр, кэтиир-маныыр станциялар тэриллэн үлэлээн турбуттара. Олору  имири эһэн баран алдьархай ааҥнаабытыгар саҥаттан тэрийии кыһалҕатыгар  ыллардылар. Россия диэн дойдуга.

Кэлим Сылыйыы

Редакция  ыалдьыта Трофим Христофорович Максимов.

 Ирбэт тоҥ  биологическай проблемаларын үөрэтэр иниститут Үүнээйи экологическай  физиологиятын уонна биохимиятын үөрэтэр лабараториятын сэб. биол.н.к. Дойдулар  икки ард. климат уларыйыытын чинчийэр проектар директордара, Аан дойдутааҕы  айылҕаны харыстыыр, үүнээйи уонна харамай көрүҥнэрин харыстыыр сойуус, Арктика үүнээйигэ  уонна харамайы харыстааһыҥҥа сүбэтин экспэрэ, 160 научнай үлэ, элбэх научнай  ыстатыйа автора, (улахан аҥаара омук сиригэр бэчээттэммитэ). Докторскай үлэ көмүскээри  сылдьар.
    Саха  аатырбыт ырыаһыта Христофор Максимов кыра уола. Христофор Максимов уолаттара,  Иннокентий уонна Трофим аҕаларын үлэтин хомуйан кинигэтин, ырыаларын кассетатын  таһаарбыттара, ахтыы киэһэлэрин оҥорбуттара. Аҕаларын аатын үйэтитэргэ фонда  тэрийэн, дэгэрэҥ ырыа тэнийиитигэр үлэ ыыта сылдьаллар.

                Трофим Христофорович,  халлааммыт уларыйан сылыйыы буолан эрэриттэн араас дьиксиниилээх санаалар  этиллэллэр. Эн бу эйгэҕэ үлэлэһэ сылдьар киһи быһыытынан биһиэхэ быһаар,  станцияларыҥ үлэлэрин сырдат эрэ.

- Биһиги 1991 с. дьоппуоннары кытта айылҕа  уларыйыытыгар чинчийиини саҕалаабыппыт. 2000 с. сир шара 1 кыр. сылыйбыт. Кэлиҥҥи  100 с. саха сиригэр сыллааҕы температура 1,-2 кыраадыс сылыйда. Кэлиҥҥэ 50  сылга Дьокуускай к. тохсунньу ыйга 7 кыраадыс сылыйда. 19 үйэ бүтэһигэ  Верхоянскайга тосунньуга –51 буоллаҕына, билиги –40 кыраадыс буолла. Хотугу  улуустарга кэлиҥҥи 50 с. сыллааҕы температура 1,5 кыр. сылыйда. 100 сылга 2  кыр. сылыйда.
  Халлаан сылыйааһына тохтообокко  бара турар процес. Билигин сылыйыы кэрдииһин саамай үгэнигэр турар.
  Халлаан  сылыйыытынан Арктика “уһуктан” эрэр. Муора мууһун чарааһааһына 2001 с.  бэлиэтэммит. Улахан муустар үрдүлэригэр күөллэр, уулар баар буолбуттар. Хаара  уу буккаастаммыт. Ыраас тоҥ муустаах сирэ аҕыйаан үрүҥ эһэлэргэ кыһалҕа үксээбит.
  Итии тымныы хамсааһына, айсбергдар ууллуулара, сир үрдэ  ирэн уу элбээһинэ, сөҥүү элбээһинэ  ити  барыта уу халаанын үөскэтэр. Саха сирин киин улуустарыгар кэлиҥҥи сүүс сылга сөҥүү  түһүүтэ элбии илик. Ол оннугар хоту туундараҕа уу чаалыйан турар.
  Халлаан сылыйан сир үрдүгэр араас уларыйыылар элбээн  иһэллэр. Климат уларыйыыта бэйэтэ туспа сокуоннардаах. Хоту баран истэх аайы  сылыйыы улаатан иһэр. Хоту ирбэт тоҥ ириитин дьайыыта халлаан сылыйыытын күүһүрдэр.  Ирбэт тоҥ сылыйдаҕына араас парниковай газтары таһаарар онтуҥ халлааҥҥын  сылытар.
  Улахан акыйааннарга сылаас сирдэр бааллар, сир  хамсаатаҕына ол сылаас точкалар уларыйан биэрэллэр. Уопсайынан акыйааннар  климат уларыйыытыгар, бу парниковай газтары симэлитиигэ улахан оруоллаахтар. Үүнээйи,  ойуур сайын углегислай гааһы кислородка кубулутар, оттон кыһын тоҥон “өлөн”  турар. Бу кэмҥэ, ол аата кыһын акыйааннар парниковай гааһы күүскэ симэлитэр  дьайыылаахтар.
  Ириэрии  буолан истэҕин аайы акыйаан таһыма үрдээн иһэр, кытыытынааҕы сирдэриҥ ууга  баран иһэллэр. Оччотугар миграция, куораттар көһүүлэрэ, иһэр уу тууһуран уулаах  сирдэргэ көһүү кыһалҕалара үөскүөхтэрэ. Тыа хайаайыстыбата улаханннык эмсэҕэлиэҕэ,  балыгыҥ популяцията уларыйыаҕа. Саха сиригэр кураан түстэҕинэ эмиэ тугу да  сатаан үүннэрбэккэр тийэҕин.  Кэлиҥҥи  буолар халааннар, араас алдьатыылаах тайфуннар, сир сахсыйыыта барыта биир,  итийиини кытта ситимнээх төрүттээхтэр.
  Дьоппуоннар арыы дойдуга олорооччулар буолалларынан  манна күүскэ үлэлэһэллэр. Арыыга олорооччулар кэлин олох да ууга барыахтарын сөп  диэн сабаҕалыыллар.

Бу буола турар кэлим сылыйыыны, күн сири кытта сбээһиттэн  ситимнээх 200-300-түү тыһ. сыл буола-буола эргийэн кэлэ турар аан дойду  эволюциятын цикла диилэр. “Азоновай дыраа” диэн халлааҥа сир бүрүөһүнэ алдьаныыта. Азон сир үрдүн  буортулаах күн радиациятыттан харыстыыр фильтр курдук. Оттон парниковай газтар үөһээ  халлааҥҥа мунньустан туспа араҥа буолаллар. Күн сардаҥата (радиацията) сиргэ түһэн  тэйэн төннүөхтээх. Бу төннөрүгэр парниковай газтарга “иҥнэн” хаалар, сир үрдэ  эбии сылыйар. Маны “парниковай эффект” дииллэр.
  Кэлим сылыйыыны сорох учуонайдар сүнньүнэн  “парниковай эффект”, ол иһигэр киһи бэйэтин буортулааһынын түмүгэ диэн быһаараллар.  Наука итийиини тымныйыыны үөрэппитэ ыраатта уонна бу цикличнай айылҕа хамсааһана  диэн быһаарта. Биһиги эмиэ инньэ диибит. Бу саха сиригэр 60 сыл буола буола  итийии кэмин тымныйыы кэмэ солбуйар. Ол курдук билиҥҥи итийии кэмэ 2010 с. бүтэн  тымныйыы кэмэ кэлиэҕэ. Уопсайынан ыллахха халлаан сылыйыытын 100 сыллаах кэтээһин  түмүгүнэн 1-2, кыраадыска тийэ сылыйыы баар. Саха сирэ 3,1 мөл. кв.км. Манна  араас климаттаах экосистемалар, араас үүнээйилээх айылҕа баар. Онно көрдөрүү  араас-араас буолар.
  Үүнээйи хамсыыр, көһөр. Урут саха сиригэр үүммэт үүнээйилэр  үүнүүлэрэ, туундара кырса ирэн онно киин диэкки баар үүнээйилэр көһүүлэрэ  бэлиэтэннэ. Үүнээйини батыһан үөн-көйүүр, хамсыыр харамай кэлэр,  саҥа көрүҥнэр үөскүүллэр. Кыра харамай үүнээйи  көһүүтүгэр көмөлөһөр. Соҕурууҥҥу уонна хотугу үүнээйлэр күнү туһанарга  тус-туспа биолого-химическай цикллаахтар. Сылыйыы түмүгэр соҕурууҥҥу үүнээйилэр  хоту диэкки хамсаан иһэллэр. Биһиги дьоппуоннары кытта кыттыһан үөрэтэбит.  Билигин 4-5 көрүҥ кэллэ. Харамайдар 10-ча саҥа көрүҥнэрэ саха сиригэр баар буолла.  Биһиэхэ омос кордөххө үчүгэй курдук.
  Вирустар бактериялар элбииллэр.  “Утуйа сыппыт” ыарыылар “уһуктуохтарын” сөп. Саха сиригэр былыргыттан  туляримия, сибиир язвата, иирии, бруцеллез, эхиноккоз, альвекоккоз,  лептоспироз, трихиниллез о.д.а курдук киһи, сүөһү ыарыытын очагтара айылҕаҕа  бааллар.
  Киһи, кыыл-сүөл хаанын оборор клещ 70 арааһа, 30  былахы, 11 быт араастара бааллар. Көтөрдөргө 600 араас паразиттар бааллар. Көтө  сылдьар 33 слепень, 35 кумаар, 89 бырдах, 25 оҥоойу көрүҥнэрэ баалар. Искодовай  клещтар хас да сыл устата энцефалит, тулерамия ыарыы көбүтээччилэрин  бэйэлэригэр илдьэ сылдьаллар. Сылыйыыннан сибээстээн бу клещтар тарҕаныылара кэҥиэн  сөп.
  Бруцеллез 1955 с. саха сиригэр тарҕанан,  билигин хотугу улуустарга үксүлэригэр баар. Кутуйахтар, крысалар, лемминнэр  араас ыарыыны тарҕатааччыларынан уонна илдьэ сылдьааччыларынан буолаллар.  Кыыллар, сүөһүлэр классическай иириилэрэ кэлиҥҥи 10 сылга киин улуустарга,  “арктическай иирии” диэн иирии туспа көрүҥэр хотугу улуустарга Анаабырга,  Усуйаанаҕа, Булуҥҥа, Аллайыахаҕа, Аллараа Халымаҕа табалар, бөрөлөр, кырсалар,  саһыллар, лемминнэр ыарыйдылар. Сибиир язвата 200 сыл устата 240 араас сиргэ 24  улууска тарҕана сылдьыбыта. Билигиҥҥи эдэр көлүөнэ сибиир язватын утары  прививката суох. Уоспа улаханнык тура сылдьыбыта, 1884-1885 сс. Халыма диэкки  нэһилиэнньэ 2/5 –та уоспаттан өлбүтэ. Зашеверскай куорат имири эстибитэ.
  Тыа хаһаайыстыбатыгар буортуну аҕалар үөн-көйүүр  элбиэн сөп. Сибиир щелкопряда диэн үөн аан бастаан саха сиригэр 1905 с. баар  буолбута.
  40-50 сс.  Покровскай диэкки улаханнык өрө тура сылдьыбыта. Онтон ыла киин улуустарга  мэлдьи баар. 1978 с. Аммаҕа 206,22 тыһ. га тыаны сиэбиттэрэ. 1980 с. киин  улуустар 5 млн. га тыаларын сиэппиттэрэ. Манна ойуур экосистематыгар араас  уларыйыылар тахсыбыттара.
  Халлаан сылыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр, араас хамсыыр  харамай, үөн-көйүүр үөскүүр сирин көһөрүүтэ араас эпидемиялар өрө турууларын,  экосистемалар уларыйыыларын аҕалыан сөп, аҕалар даҕаны. Манна наука күүскэ үлэлиир.
  Экономика өттүнэн ыллахха, тыа хаһаайыстыбатыгар  тахсар эмсэҕэлээһин, иһэр уу буортуйуута, халааннар алдьатыылара, ыарыылар  туруулара төһө буолуон киһи билбэт. Сир ирэн сваялар хамсааһыннара техногеннай,  инженернай  катастрофаларга тийэрдиэн сөп.  Онон сылыйыы аҕалар иэдээнэ элбэх. Оннооҕор хаар элбээн улахан рыноктар,  стадионнар үрүттэрэ сууллан дьон бөҕө өллө, ороскуот таҕыста.

                               Киотатааҕы боротокуол

1996 с.Японияҕа Киотатааҕы боротокуол диэн  ылыллыбыта. Россия ону саҥа, 2005 с. муус устар ыйыгар ратификациялаабыта.
  Манна халлаан сылыйыытын сымнатыахха диэн буолбута.  Ол протокол быһыытынан, ирдэбиллэринэн биллэн турар чинчийии ыытыллыахтаах,  анал програамманнан элбэх станциялар үлэлиэхтээхтар, буортулаах дьайыылаах  производстволар тохтотуллуохтаахтар, бары кыттыһан үлэлиир эйгэбит оҥоһуллуохтаах.
  Бэриллибит квота таһынан элбэхтик  салгыны буортулуур, парниковай гааһы элбэтэн “антропогеннай выброс” оҥорор  промышленностаах государстволар ыстараап курдук харчы төлүөхтээхтэр, ыраас  халлааннаахтар квоталарын ситэ туһамматахтар эбии харчы ылыахтаахтар.
  Салгыны  буортулааһыны 2008 с. 5% кыччатыаххайыҥ диэн буолбута. Ити сылтан квотаны -  “салгыны атыылааһын” саҕаланыахтаах. Экология өттүнэн ыраас технологиялар  олоххо киириэхтэрин наада. Итиҥҥэ саха сирэ салгынын атыылыан сөп. Ити  боппуруоска мин үлэлэспитим.
  Сибиир ойуурдара,тыалара аан дойду тыатын  20% ылаллар. Дальнай Восток тыата Сибиир  тыатын 45% ылар.  Саха сиригэр  углерод тыа почватыгар, туундараҕа саппааһа Россия тыаларын саппааһын 25% ылар. Бу улахан баай. Онон Сибиир тыата углерод балаансыгар улахан оруоллаах,  Киотатааҕы боротокуол нөҥүө элбэх туһалаах дьайыылары оҥоруохха сөп.
  Россия тыалара саха сирин киллэрэн  туран углекислай гааһы  оборо сыталлар.  1990 с. аан дойду учуонайдара мустан сүбэлэҺэн тураллар, онно ханнык дойду төһө  буортулаах гааһы салгыҥҥа быраҕарын, тыалара төһөнү иҥэринэллэрин  суоттаабыттар. Оччотооҕу сойуус дьонноро 0,16 млрд .т. эрэ углероду тыаларбыт иҥэринэллэр  диэбиттэр. Ол сыыппараны билинэн кэбиспиттэр. Олох кыра сыыппараны биэрбиттэр.  Билигин айдаан бөҕөтө буола турар.
  Биһиги дьоппуоннары уонна европа дойдуларын кытта  бииргэ үлэлээн,  аҥардас саха сирин  тыалара 0,18 млрд. тонна углероду биир сылга иҥэринэ туралларын быһаарбыппыт. 1  тонна углерод сыанатын дойдутуттан көрөн 160-250 долларга дылы быспыттар. Ол  аата сылга 180 мөл. тонна углерод сыанатын ааҕан таһаар. 360 мөл.$ кэриҥэ! Дьэ манна квотаны эргинии барыаҕа.  Киотатааҕы  боротокуолга анаан Россияҕа  национальнай программа оҥорон үлэлэтэн эрэллэр. Манна кэтээн көрөр, чинчийэр  станциялар ситимнэрэ олохтонуохтаах. Киотатааҕы боротокуолу  ылыныыга сокуон оҥоһуллуохтаах. Онно үлэ  бара турар.

                  Станциялар

Россияҕа, Красноярскайга 3-4.  станция баар уонна Дьокуускай таһыгар “Спасская падь” диэн 1952 с. үлэлии  турар станция, Черскэйгэ, Чокурдаахха эмиэ станциялаахпыт. Билигин  станциялар үлэлэрин ырытан баран бары биир методиканнан үлэлииргэ диэн буолла.  Азия уонна Европа методикалара уратылардаах. Россия бырайыага саҥа саҕаланан  эрэр.
  Мин 1991 с. бу станцияларга дойдулар икки ардыларынааҕы бырайыакка  киирэн омуктары кытта кыттыһан үлэлээбитим.
  Бу станцияларбыт омуктар көмөлөрүнэн  тутуллан үлэлии тураллар. Аан дойдуга бэйэлэрин үлэлэринэн киэҥик биллэллэр.  Европа, Азия бырайыактарыгар киирэн үлэлии сылдьабыт
  ”Спасская падь” станцияҕа олоҕуран, биһиги регион,  континент икки ардыларынааҕы чинчийиилэри ыытабыт, араас омук дойдуларыгар  рабочай сүбэ мунньахтары тэрийэбит. Манна Япония, Соҕурууҥҥу Корея, Таиланд,  Китай, Германия, Италия, Франция, Голландия, Польша, Чехия кыттыһаллар. Мин  бэйэм Японияҕа Киота университетыгар баран профессорынан үлэлээн кэлбитим.  Научнай директор буоларым быһыытынан элбэх дойдуларга сырыттым, аан дойдуну  кэрийдим.
  “Спаская падь” уонна “Чокурдаах”  станциялара дойдулар икки ардыларынааҕы ситимҥэ киирэн үлэлииллэр. Онон бу  борппуруоска саха сирин учуонайдара уруттаан турабыт.
  Станцияларбытыгар айылҕа, климат уларыйааһыныгар 17  дойдулар икки ардыларынааҕы бырайыактары үлэлэтэбит. Рабочай мунньахтарбытын  сыл аайы атын- атын дойдуларга ыытабыт. Ол курдук, Дьокуускайга, Голландияҕа, эһиил  Японияҕа ыытыахпыт.
  Америкалары кытта эмиэ үлэлиибит. 2000 с. биһиги  станцияларбытыгар анаан “Спутники НАСА” спутник ыыппыттара. Кинилэр биһиги  кэтиир сирбитин хааттыскаҕа түһэрэн биэрэллэрэ улахан туһалаах.
  РФ экономическэй сайдыы  министерствотыттан быһаччы кэлэн Россия учуонайдарын биһиги станцияларбытыгар  олоҕуран, методикатын туруоран үөрэтэр курдук кэпсэтиилэри ыыта сылдьаллар.  Россия методиката аан дойду стандартыгар сөп түбэспэт, оттон биһиги аан дойду  таһымынан үлэлээбиппит ыраатта. Биһиги республикабыт саламтата маны барытын  ситэ өйдүү илик..
  -Дьэ, Трофим Христофорович, элбэх  сонун кэпсээниҥ иһин махтанабын. Саха сирин айылҕатын харыстабылыгар Киотатааҕы  боротокуолу үчүгэйдик туһаныахха сөп эбит да биһиги саламтабыт бу боппуруоска үлэлэспэккэ  олорор эбит. Наукалар, эһиги “Россия, аан дойду дьоно” буоллаххыт. Политикаҕа  орооспоккут. Оттон мин дьиксинэбин. Сирбит баайын былдьаабыттарын курдук,  “салгынтан харчыны оҥорон” айылҕаны харыстыыр үйэ кэлбитигэр олорон биэрэрбит,  салгыммытын былдьатарбыт сатаммата буолуо.

                                                                              Ыалдьыты  кытта кэпсэттэ Уххан.

Category: Наука | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2132 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 15
Ыалдьыттар (гостей): 15
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024