Саха итэҕэлэ
Саха итэҕэлин өйдөөһүҥҥэ Н. А. Алексеев «Традиционные религиозные верования якутов в 19-начале 20 веков» диэн кинигэтэ сүрүн төрүт буолбута. Бу кинигэҕэ саха сүрүн таҥаралара хаһан сурукка киирбиттэрин 12 испииһиэгэ баар. Манны биһиги улаханнык суолталыыбыт.
- Айыыһыт—11-дэ ааттанар, ол аата барыларыгар кэриэтэ баар,
- Иэйэхсит—10-на ахтыллар,
- Дьөһөгөй—11-дэ ахтыллар.
- Хотой Айыы—5-тэ ахтыллар,
- Улуу Суорун—суох,
- Аан Дьааһын—4-тэ ахтыллар,
- Билии Айыылара (Билгэ, Таҥха, Дьылҕа)—4-тэ ахтыллар,
- Турук Айыылара (Одун, Чыҥыс)—1-дэ ахтыллар,
- Үрүҥ Айыы Тойон—12-тэ ахтыллар, ол аата барыларыгар баар.
Бу ааптардар таҥаралары барытын ааттыы сатаабатахтара. Боруоста кинилэр харахтарыгар түбэһэр таҥаралар ааттарын испииһиэктээбиттэрэ. Хабар кэмэ–1785 сылтан 1949 сылга диэри. Ол аата үс сүүччэ сыл буолар. Аны таҥаралар ааттарын хайдах миэстэ булларбыппытын кэпсээтэххэ маннык. Былыргы кэпсэллэргэ мэлдьи кэриэтэ айыылар тоҕус халлааннара ааттанар. Манна ол быыһыгар эҥин араас ахсаан этиллэр. Үксүгэр үс халлаан эбэтэр бэрт дэҥ кэриэтэ 12 халлаан туһунан этиллэр. Үс ахсаан тоҕус ахсаан үс төгүл кыччаабыта сылдьар, оттон 12 ахсаан ыйы ааҕыыттан тахсар быһыылаах. Айыы халлаана тоҕуһун туһунан этии атыттары быдан баһыйар. Хас биир халлааҥҥа биир эбэтэр бэйэлэригэр чугас-чугас таҥаралар олоруохтаахтар. Оннук да өйдөнөр. Ол гынан баран ханнык халлааҥҥа чопчу ханнык таҥара олорорун туһунан этии суох. Арай сорох таҥаралар тустарынан этэллэригэр өскүөрүтүн курдук халлааннарын ыйан ааспыт түбэлтэлэрэ баар. Дьэ, ол иһин биһиги бу өттүгэр бэйэбит толкуйдуурга тиийбиппит. Аан бастаан чугас халлааннар диэннэр бааллар. Онно киирэллэр Айыыһыт, Иэйэхсит, Дьөһөгөй. Бу өттүгэр улахан мөккүөр суох дии саныыбын. Бастакы үс халааны кинилэр баһылыылар. Оттон иккиһинэн ыраах халлааннар диэн бааллар. Саамай ыраах Үрүҥ Айыы Тойон олорор диилллэр. Бу кэнниттэн Одун уонна Чыҥыс ахтыллаллар. Кинилэр ыраах олорор буолаллар уонна мэлдьи бииргэ ааттаналлар. Биһиги кинилэри ахсыс халлааҥҥа олохтуубут. Бу кэнниттэн Билгэ, Таҥха, Дьылҕа ааттаналлар. Кинилэр бэйэ бэйэлэригэр маарыннаһаллар уонна бииргэ ааттаналлар. Сороҕор Билгэ умнуллан хаалар. Бу таҥаралар билии таҥаралара диэн ааттаналлар уонна сэттис халлааны ылаллар. Манна эмиэ, биһиги санаабытыгар, улахан туох да мөккүөр тахсыа суохтаах. Ортоку халлааннарга Хотой Айыы, Улуу Суорун уонна Аан Дьааһын миэстэлэрин булларыы балачча ыарахан буолбута. Хотой Айыыны Дьөһөгөй кэнниттэн төрдүс халлааҥҥа олохтуохпутун сөп. Оттон бэһис уонна алтыс халлааннары талыы сүрдээх ыарахан этэ. Уопсай үгэһи көрдөххө бастакы ахсаантан саҕалаан улам суолта улаатан иһэрэ баар. Оттон тоҕустан аллара түстэххэ, суолта улам кыччаан иһиэхтээх. Ол туһунан чопчу этиллибитэ баар (Алгыс аллараттан үөһэ этиллэр, үөһэттэн аллара этиллэр диэн). Биһиги бу өйү-санааны тутустахпытына Улуу Суорунтан уонна Аан Дьааһынтан хайата үрдүк буолуон сөбүй? Улуу Суорун бэһис халлаан буолуон сөп курдук, онтон Аан Дьааһын — ыраастаныы таҥарата алтыс халлааҥҥа сөп курдук. Дьэ, ити курдук халлааннар чопчу таҥаралары кытта сибээстээх буолбуттара. Аны Улуу Суорун таҥараҕа төннүөҕүҥ. Үөһэ эппиппит курдук кини эрэ аата ити 12 испииһиэккэ суох. Улуу Суорун диэн ааты ылан кэбиһиэҕиҥ. Оччоҕо кини оннугар Идэ таҥарата диэн аат хаалар. Идэ таҥарата диэн таҥаралар ааттарыгар суох эбит. Ол аата биһиги идэни олох да суолталаабат дьоммут үһү дуо? Онтон үгэстэри ырытан көрдөххө, саамай сайдыбыт биир көрүү идэ туһунан буолар. Онтукабыт таҥара аатын быһыытынан суох. Биһигини А. Е. Кулаковскай Улуу Тойон туһунан толкуйдааһына кэрэхсэппитэ. Эмиэ маннык көрүү В. Л. Серошевскайга баар эбит. Кини Улуу Тойону былыр айыы буолуохтаах диир. Уопсайынан саха итэҕэлин билээччилэр чуолаан Улуу Тойонтон саҕалаан икки лааҕырга арахсаллар эбит. Кулаковскай уонна Серошевскай Улуу Тойону былыр айыы буолуохтаах диэн таайаллар. Кини үчүгэй өттүн чорботоллор. Онон кинини идэ айыытын быһыытынан көмүскүү сатыыллар. Оттон М. Н. Андросова-Ионова уонна Н. А. Алексеев Улуу Суорунуну үгэскэ олоҕуран кинини абааһынан ааттыыллар. Абааһы курдук көрөллөрүн уларыппаттар. Отттон биһиги санаабатыгар, идэ таҥарата суох буолара сатаммат. Маныаха саха үгэһин үөрэтэн баран, идэни икки гына хайытан өйдүүллэрин билбиппит. Киһи идэтин туһанан үчүгэйи да оҥоруон сөп, куһаҕаны да оҥоруон сөп. Ол иһин кини сороҕор айыы курдук, сороҕор абааһы курдук көстөр эбит. Ол иһин Улуу Тойон диэн ааты абааһы курдук ылыммыппыт. Ол оннугар олоҥхоҕо Улуу Суорун диэн аат баарыгар олоҕуран идэ таҥаратын быһыытынан бигэргэппиппит. Манна биллэн турар, бэйэ орооһуута баар курдук. Ол гынан баран ити ис матыыптан—идэни толкуйдааһынтан—тахсан кэлэр. Мантан атын суолу булар кыаллыбат да быһыылаах. Былыргыны билээччилэр, этнографтар 12 табылыыссанан көрдөххө уонна атын да кинигэлэри аахтахха таҥаралары барытын кэриэтэ билэллэрэ. Кинилэр кыратык толкуйдуу түспүттэрэ, бэрээдэктииргэ быһаарыммыттара буоллар, син-биир биһиэхэ маарынныырдык миэстэлэрин буолларыа этилэр. Оннук холобурдар бааллар. Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитэ» диэн бэйээмэтигэр айыылары толору ааттыыр. Арай халлааннарын эрэ чопчу ыйбатах. Иккис оннук түбэлтэ М. Н. Андросова-Ионова олоҥхотугар этиллэр. Онно кини айыылар бары Үрүҥ Айыыттан төрүттээхтэрин туһунан ахтар. Билигин айыылар чопчу ханнык халлааҥҥа олохтоохторун ыйыы икки түбэлтэтэ баар. Бастакы биһиги үлэбит буолар. Бу үлэ 1990 сыллаахха оҥоһуллубута уонна «Айыы Үөрэҕэ» диэн чараас кинигэҕэ бэчээттэммитэ. Айыылар ханнык халлааннарга олороллоро хайдах быһаарыллыбытын кэпсээтим. Оттон иккис испииһиэгинэн В. Кондаков үлэтэ буолар. Бу үлэ 12 халлаан баар диэҥҥэ олоҕурар. Онон орто көрүүгэ киирбэт. Саха элбэх таҥаралаах, онон политеизм итэҕэллээх омук диэн баар. Чуолаан итиннэ олоҕуран биһиги язычник диэн ааттыыр идэлээхтэр. Кырдьык, сороҕор таҥаралары сибээһэ суох ааттааһыннар бааллар, төрүттэрэ да атын-атын курдук. Ол гынан баран таҥаралар биир Үрүҥ Айыыттан төрүттээхтэр, кинилэр мэлдьи бииргэ сылдьаллар диэн этиилэр эмиэ бааллар. М. Н. Андросова-Ионова да олоҥхото ити көрүүнү батыһар. Оччоҕо, дьиҥэр, биһиги биир таҥараны билинэр эбиппит: Үрүҥ Айыы Тойону. Атын таҥаралар кини оҕолоро, көмөлөһөөччүлэрэ буолаллар. Маннык көрүү былыр да баара. Оччоҕо биһиги политеист буолбаппыт. Син атын улахан итэҕэллэр курдук биир таҥараны итэҕэйээччи—монотеист буолабыт. Дьэ, бу көрүүлэр сахаҕа Айыы Итэҕэлэ баарын билинэргэ төрүт буолбуттара.
Тэрис
|