Айыы үөрэҕэ
Биһиги бастааҥҥыттан итэҕэл аатын толкуйдаан барбыппыт. Биллэн турар, итэҕэлбит саха омук гиэнэ этэ. Онон «саха итэҕэлэ» диэн ааттыахха сөбө. Ол гынан баран олоҥхолорго айыы киһитэ диэн киһи барыта ааттанар ээ. Ити үгэһи тутустахпытына, биир омук эрэ ааттанарынан ааттанарбыт тутах буолар. Биһиэхэ сүрүн таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон буолар. Кини аата син элбэх. Сороҕор Аар Тойон диилэр. Өссө олоҥхоҕо Үрүҥ Элкэнэй Тойон диэн баар. Сүрүннээн икки аат баар: Үрүҥ Айыы Тойон уонна Аар Тойон. Бу ааттартан биирин талар буолбуппут. «Сумерки богов» диэн кинигэҕэ «Психоанализ и религия» диэн ыстатыйа баар. Э. Фромм диэн бөлүһүөк ол ыстатыйаҕа итэҕэллэри икки көрүҥҥэ арааар: бэйэтин аптарытыатынан хам батыыр итэҕэл уонна киһиэхэ көҥүлү биэрэр итэҕэл диэн. Биһиэхэ ити көстүү таҥаралар ааттарыгар сылдьар курдук. Аар Тойон диэн киһини хам баттыыр аат. Маннык ааты эттибит да сүгүрүйэ сытарбытыгар тиийэбит. Аар диэн тыл кырдьаҕаһы уонна ытыктыыры бэлиэтиир тыл. Аны үөрэх диэн тылы туһаннахпытына, Аар үөрэҕэ диирбитигэр тиийэбит. Оччоҕо үөрэхпит ис хоһоонуттан балачча тэйэр курдукпут. Үрүҥ Айыы Тойон ааты ыллахпытына, киһи көҥүлүн харыстыыбыт. Бу аат киһини хам баттаабат. Бу ааты ыллахпытына үөрэхпит Айыы үөрэҕэ буолар. Бу ис хоһооҥҥо да маарыҥныыр. Олоҥхолорго үксүн айыы киһитин туһунан кэпсэнэр. Айыы киһитэ 35 омук буолар. Итини атыннык, 35 арааса этиллибитин курдук саныахха сөп. Ол аата биһиги итэҕэлбит киһи-аймахха барытыгар сыһыаннаах буолар. Аны бу тыл Аар Тойонннооҕор быдан элбэхтик этиллэр. Бу ааты ыларга арай биир мэһэй баара. Саха Үрүҥ Айыы Тойон диэн аата христианство үөрэҕэр эмиэ киирбитэ. Манна эмиэ таҥараны бэлиэтиир тыл буолбута. 1720-1727 сылларга саха сиринэн Д. Г. Мессершмидт экиспэдииссийэтэ сылдьан ааспыта. Ол туһунан Ф. И. Табберт-Страленберг суруйан хаалларбыта. Кинигэтэ 1730-с сыллар диэки Германияҕа тахсыбыта. Кини онно аан бастаан Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааты киллэрэр. Ол аата бу тыл сахаларга былыргыттан баар эбит. Оттон кэлин христианство киирбитин кэннэ таҥара аатын быһыытытынан хаалан хаалбыт. Саха киһитэ таҥара дьиэтигэр киирэн туран үҥэригэр Үрүҥ Айыы Тойон аатын ааттыыр, инньэ гынан бэйэтин таҥаратын көрөн туран үҥэр. Биһиги бу уратыны аахсан Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттан аккаастаммакка быһаарбыппыт. Онон үөрэхпит, атыннык эттэхххэ итэҕэлбит Айыы үөрэҕэ диэн ааттаммыта. Онуоха биһиги Аар Тойон диэн тылтан букатын аккаастаммыт буолбатахпыт. Таҥара иккис аатын курдук көрөбүт. Онон ким баҕарар таҥараны Аар Тойон диэн сөп. Биһиги Айыы үөрэҕэ диэн тылы ылыммыппыт кэннэ В. Кондаков таҥара диэн Аар Тойон диэн ааттаныахтаах, Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттаныа суохтаах диэн турда. Итини кини биһиги таҥараны Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттыырбытын билэн баран биһигини утарар эрэ туһугар оҥордо. Маныаха саха норуотун үгэһин утарыы баар. Тоҕо диэтэххэ, Үрүү Айыы Тойон диэн аат уруккуттан баһыйар этэ. Ханнык да бу ааты бобуу суоҕа. Биһиги Айыы үөрэҕин ылыыбыт биир үчүгэйэ диэн Айыы уонна айар диэн тыл биир төрүттээхтэригэр сытар. Онон Айыы үөрэҕэ айыыга-тутууга сыһыаннаах буолар. Былыр да оннук өйдөөн Үрүҥ Айыы Тойон диилллэрэ, билигин да оннук өйдүүбүт. Оттон киһи айар-тутар буолуута биһиги ситиһэ сатыырбыт саамай улахана буолар. Айыы үөрэҕэ диэн тылы өйдүүргэ биир буккуйуу баар. Урут сахаҕа икки «й» баар этэ. Биир й - «мурун й» буукубата диэн ааттанара уонна маннык суруллара: «j», оттон иккис й - «айах й» буукубата диэн аатанара: «й» диэн суруллара. Оттон 1939 сыл эргин нууччалыы алпаабыкка киирииннэн сибээстээн «мурун й» - j буукубатын ылан кэбиспиттэрэ. Ол иһин билигин «мурун й» буукубалаах уонна «айах й» буукубалаах тыллар биир курдук суруллаллар. Ити айыы уонна аjыы диэн тыллары өйдүүрбүтүгэр охсор. «Айыы» диэн айары-тутары өйдүүбүт. Оттон «аjыы» (билиҥҥиннэн «аньыы») диэн аньыыны-хараны өйдүүбүт. Билигин бу икки өйдөбүллэри биир тыл курдук суруйабыт. Ону туһанан сорохтор Айыы үөрэҕэ диэн тылы аньыы-хара үөрэҕин курдук ылыналлар. Үөрэх диэн тылы эмиэ мээнэ ылымматахпыт. Айыы үөрэҕэ 1990 сыллаахха үөскээбитэ. Ол кэмҥэ хомуньуус баартыйа син-биир баһылаан олороро. Онон итэҕэл диэн ааты киллэрэрбит сатаммат этэ. Оннооҕор мөккүһүү буолан ылбыта. Артыыс Гаврил Колесов «итэҕэл» диэн тылы быһаччы этэр санаалааҕа. Оттон мин хаһыакка эҥин тахсыахпыт, бу кэмҥэ быһаччы итэҕэл диэн ааттанарбыт сатаммат диэбитим. Онон «Айыы үөрэҕэ» диэн аат барбыта. Мантыкабыт сөбүн сотору олох көрдөрбүтэ. Үөрэх диэн аатынан киэҥник тэнийэн барбыппыт. 1993 сылга диэри ким да мэһэйдээбэтэҕэ. Ити сылларга маҥнай кыра кинигэ, онтон улахан кинигэ Айыы үөрэҕэ аатынан тахсыбыта. «Эдэр коммунист» хаһыакка тахсар анал балаһалаах этибит. Кэлин үөрэх диэн тылбыт өссө бигэргээтэ. Биһиги Айыы үөрэҕин бигэргэтэрбитигэр айыыларга сыһыаннаан киһи туһунан өйдөбүллэри түмпүппүт. Онтукабыт 63 өйдөбүл буолбута. Кэлин өйдөөтөхпүтүнэ, Алтайдарга даҕаны, Хотугу Бурятияҕа даҕаны, ити биһиги курдук өйдөбүллэри түмпэтэх, наардаабатах эбиттэр. Итинник көстүү тенгрианствоҕа даҕаны көстүбэт. Ол аата биһиги атын кыра омуктар итэҕэллэриттэн уратыбыт диэн үөрэҕи айбыт эбиппит. Инньэ гынан итэҕэлбитин быдан күүстээбиппит. Дьиҥнээх дьөһүөл (жречество) таһымыгар таһаарбыппыт. Атыттар хара ойуун таһымыгар хаалан хаалбыттар. Ол иһин ол-бу дьиктини оҥоро сатыыллар. Ол гынан баран киһини үөрэтэр кыахтара суох. Билигин бу биһиги итэҕэлбит биир күүстээх өттө буолар.
Ойуулар
1990 сылтан биһиги ойуулары оҥорууга үлэлээн барбыппыт. Ойуулар биһиэхэ болҕомтону түмэргэ, өйү-санааны туохха эрэ тохтоторго наада этилэр. Гуманитарнай институкка үлэлиир Римма Семеновна сүбэһит буолбута. Кини оччолого саха таҥаһын үөрэтиинэн дьарыктанара. Сахалыы ойуулары эмиэ кимнээҕэр да билэрэ. Биһиги немец учуонайа саха орнаменнырыгар учуонай истиэпэни көмүскээбит диэн истэрбит. Ол гынан баран кини матырыйаала биһиэхэ суоҕа. Мандар оччолорго биллибэт этэ. Барыта 12 ойууну талбытым. Ойуулар быһаарыылара маннык:
- Айыыһыт—ох уонна кыптыый.
- Иэйэхсит—көҕүөр.
- Дьөһөгөй—ат ойуута.
- Хотой Айыы—көтөр ойуута (халлаан уонна ол ыккардыгар төбө ойуута).
- Улуу Суорун—суор.
- Аан Дьааһын—дүҥүр.
- Билии айыылара—кыра күөрчэх (түөрт муннук), орто күөрчэх (түөрт сүрүн суол уонна түөрт быыс суол), улахан күөрчэх (аҕыс суол).
- Турук Айыылара—1) алта муннук, 2) үөһэ-аллара тахсар сурааһын.
- Үрүҥ Айыы Тойон—күн ойуута.
10) Үс кут--үс балык төгүрүк иһигэр сылдьара. 11) Туруу—түөрт муннуктуу икки сурааһын иһигэр туочука турара. 12) Алгыс—киһи икки илиитин өрө уунан алгыы турара. Алгыс бэлиэни Айыы үөрэҕин көрдөрөр сүрүн ойуу быһыытынан ылыммыппыт. Биһиги ойуулары оҥорбуппут, ойуулар балачча олохсуйбуттарын кэннэ этногаф А. И. Гоголев кимтэн ылбытын ыйбакка эрэ биһиги ойуубутун маарынныыр ойуулары бэчээттэтэн таһаарбыта. Онно сорох ойуулар төрүттэринэн былыргы Греция легенделарын төрүт гыммыт этэ. Сотору ити ойууларынан үрүҥ көмүс гороскобу оҥорон барбыттара. Ити курдук биһиги ойуубут уонна Гоголевтар ойуулара үөскээн хаалбыта. Ойуулар билигин киэҥник тарҕаннылар. Халандаардардарга, ол-бу оҥоһуктарга киэҥник туһаныллаллар. Сорох дьоннор былыргыттан бу ойуулар баалларын курдук саныыллар. Ол курдук олохпутугар киирдэ. Кырдьык, бу ойуулар былыргыттан баар этилэр. Оттон чопчу суолталарга сыһыарыы 1990 сыллаахха оҥоһуллубута. Ол төрдүгэр сэмэй саха дьахтара Гаврильева Римма Семеновна сытар.
Үөрэх
1990 сыллаахтан Айыы үөрэҕэ үөскүөҕүттэн былыргы өйдөбүллэри Айыыларга сыһыаран толкуйдааһын барбыта. Онно былыргыны хомуйааччылар матырыйааллара туһалаабыта. Кинилэр Айыылар эбэтэр иччилэр мэлдьи сэттэ ыалга арахсалларын туһунан суруйаллар. Эбэтэр ааттара сэттэ буолар. Айыыһыт ыалы тэрийиигэ сыһыаннаах. Ааттара элбэх буолар. Ол сүнньүнэн сэттэҕэ сөп түбэһэр. Биһиги ааҕыыбытынан маннык буолбута:
- Аан Айыыһыт,
- Дьалыҥ Айыыһыт, Имэҥ Айыыһыт,
- Хороҥ Айыыһыт, Ньэлбэҥ Айыыһыт,
- Ахтар Айыыһыт,
- Хаан Айыыһыт,
- Күөгэл Айыыһыт,
- Эдьээн Айыыһыт.
Бу ааттарга сыһыаран ыал буолуу өйдөбүллэрин киллэрбиппит. Онон бу ыаллары барытыгар сылдьыбыт киһи толору Айыыһыттаах киһи диэн ааттаммыта, оттон сорох ыалга сылдьыбыт киһи быһаҕас Айыыһыттаах буолбута. Иэйэхсит ааттарын булар син чэпчэки буолбута. Бииринэн Иэйэхсит бэйэтэ элбэх ааттаах буолар. Маны таһынан Аан Дойду иччитин ааттааһыннары эбэн биэрбиппит:
- Аан иэйэхсит,
- Иһэгэй Иэйэхсит,
- Күн Иэйэхсит,
- Мичил Иэйэхсит,
- Налыгыр Иэйэхсит,
- Күөгэл Иэйэхсит,
- Эдьэн Иэйэхсит.
Манна чэгиэн буолуу өйдөбүллэрин киллэрбиппит. Маҥнайгы сылларга аска болҕомто уурбуппут. Онно Тарбаахап аата, билиитэ уонна саха аһыгар болҕомто ууруу сабыдыалаабыта. Онтон чэгиэн буолуу бастаабыта. Суолтатынан улахан буоллаҕа дии. Дьөһөгөй ааттарыгар норуокка баар чабырҕах курдук ааттааһыны ылбатахпыт. Ол оннугар өйдөбүллэри аат оҥорбуппут.
- Аан Дьөһөгөй,
- Күүс дьөһөгөй,
- Тулуур Дьөһөгөй,
- Албас Дьөһөгөй,
- Сатабыл Дьөһөгөй,
- Күн Дьөһөгөй,
- Күрүө Дьөһөгөй.
Манна кэнники икки эрэ аат норуоттан ылыллыбыттара. Дьөһөгөйгө, сүрүннээн, үлэлиир үгэс киирбитэ. Хотой Айыыны ааттыырга чабырҕах курдук этиллэр аатын туһаммыппыт.
- Аан Тайбыыр,
- Түрбүү Кынат,
- Ала Мондоҕой,
- Алтан Сабарай,
- Күн Эрили,
- Дьаҕыл Түөс,
- Хомпоруун Хотой.
Манна былааска сыһыаннаах өйдөбүллэр киирэллэр. Хотой Айыы былааһы көрдөрөр таҥара быһыытынан биллэр. Улуу Суоруҥҥа чабырҕах курдук аат суох буолар. Ол иһин өйдөбүллэрин сыһыаран аат оҥорбуппут:
- Аан Суорун,
- Төрүт Суорун,
- Түһэр Суорун,
- Куулаттарар Суорун,
- Үөрэх Суорун,
- Уһуйар Суорун,
- Идэ Суорун.
Бу баска идэни ылыы өйдөбүллэрэ түмүллэллэр. Аан Дьааһыҥҥа сыһыаннаан чабырҕах курдук аат баар буолар. Биһиги ити ааты ылбатахпыт, ол оннугар өйдөбүллэрин аат гыммыппыт:
- Аан Хаан,
- Ситим Хаан,
- Тыын Хаан,
- Киэҥ Хаан,
- Сырдык Хаан,
- Ыраас Хаан,
- Күөгэл Хаан.
Бу барыта ыраастаныыга аналлаах өйдөбүллэр. Бэйэтин туһаайыытынан Буддизмҥа баар өйдөбүллэргэ маарынныыр. Билии айыыларыгар сыһыаннаан эмиэ өйдөбүллэри аат гыммыппыт:
- Аан Билгэ,
- Бэлиэһит Билгэ,
- Билгэһит Билгэ,
- Бит Таҥха,
- Тойонньут Таҥха,
- Көрбүөччү Дьылҕа.
- Сэһэн Дьылҕа.
Турук айыыларыгар чабырҕах курдук аат суох буолар. Онон өйдөбүллэр туох да мунааҕа суох аат буолбуттара:
- Аан Турук Айыы,
- Ортоку Айыы,
- Туруу Айыы,
- Бөҕө Айыы,
- Бигэ Айыы,
- Ситэри Айыы,
- Толору Айыы.
Үрүҥ Айыы чабырҕах үрдүк аата суох. Ол иһин өйдөбүллэри аат гынарга тиийбиппит:
- Аан Айыы Тойон,
- Көх Айыы Тойон,
- Алгыс Айыы Тойон,
- Туом Айыы Тойон,
- Сиэр Айыы Тойон,
- Майгы Айыы Тойон,
- Дом Айыы Тойон.
Мантан көрдөххө биһиги үгүс ааты өйдөбүллэргэ олоҕуран биэрбит буолабыт. Онтон өйдөбүллэр эмиэ былыргыттан олоҕурбут үгэстэртэн тахсаллар. Онон ааттар син-биир үгэскэ олоҕурбут буолаллар. Биһиги ити курдук Айыы үөрэҕэр 63 өйдөбүлү түмпүппүт. Маҥнай бу өйдөбүллэр устудьуоннары үөрэтиигэ туһаналлыбыттара. 63 өйдөбүлгэ олоҕуран лиэксийэ ааҕарга 63 тиэмэ баара. Оттон оҕолору уонна улахан дьону үөрэтиигэ туһанан барбыппыт. Билигин бу үөрэтии 12 саастан оскуоланы бүтэриэххэ дылы ыыталлар. Оттон улахан дьоҥҥо итэҕэли билиигэ сүрүн үөрэх быһыытынан көстөр. Маны билбэт киһини кытта мөккүһэр сатаммат. 2006-2007 сылларга биһиги курдук кыра омуктарга тэҥнээн көрбүппүт кинилэргэ маныаха маарыҥныыр систиэмэ суох эбит. Бары ойууну үтүктэллэр. Оттон ол ойуун тугу оҥорорун быһаарар үөрэхтэрэ суох. Биһиги үөрэх өттүнэн күүстээх буолбуппут билиннэ. Ол иһин итэҕэлбит бигэ төрүттээх диибит. «Кут-сүр» кыһа эмтээһиҥҥэ кытта киирдэ. Ол онно биһиги 63 өйдөбүлбүт көмөтө улахан буолла. Киһи 63 туочукалаах курдук. Ол онно иннэннэн анньар курдук сабыдыал оҥоробут. Онно, биллэн турар, иннэннэн аспаппыт. Ол оннугар тылбытынан сабыдыал оҥоробут. Уопсайынан 63 өйдөбүлбүт кэлин духуобунай хаарта диэн ааттанна. Онон үөрэх үөрэтиигэ да туһаныллар, дьоҥҥо да сабыдыаллыыр.
|