А.Павлов-Дабыл. "ХОМПОРУУН ХОТОЙ"
ХОМПОРУУН ХОТОЙ фото OLBO Бары норуот хотойу көтөр кынаттаах ыраахтааҕытынан билинэр. Ону таһынан этиҥ таҥарата, таҥара көмөлөһөөччүтэ, айар тутар күүс диир. Холобур, Э.Ланг этэринэн, Австралия төрүт олохтоохторо хотой айар-тутар күүһүгэр сүгүрүйэллэр. Индеецтэр кинини этиҥ таҥаратынан ааҕаллар. Оттон Моисей кэмигэр хотойу Үрүҥ Тыыҥҥа холууллара. Ведийскэй гимҥэ ылланарынан, халлаантан хотой өлбөт мэҥэ утаҕы таҥараҕа аҕалар. Финнэргэ, самодиецтарга, тунгусс-маньчжурдарга хотой – ойуун көмөлөһөөччүтэ. Италия поэта Данте Альигери «Божественная комедия» иккис чааһыгар «Чистилище» диэҥҥэ хотойу Таҥара көтөрө диэн турардаах. Сахаҕа хотой эмиэ тус миэстэлээх. Ол курдук, Я. Линденау 1742 сыллаахха, таҥараһыттар кэмнэринээҕи суругар »..за Юрюнг Тойоном находится Компорун Котой« диэбитэ. Ити аата итэҕэлгэ Үрүҥ Айыы Тойону кытта бииргэ тутан ааттыыллар эбит. Бу хайа эрэ өттүнэн, христианствоҕа баар Дух Святой диэҥҥэ майгынныыр.Сахаларга, ити саҕана, христианскай догманан Үрүҥ Айыы Тойон – аҕа, хотой – кини тыына буолара. Православие киириитинэн уонна «Былыргы Кэс Тыл» сабыдыалынан, 18-с үйэҕэ итинник канонизация олохсуйбут эбит. Кэлин, сахалар 1823 сыллааҕы суруктарыгар Хомпоруун Хотойу быһаччы Дух Святой диир буолбуттар. Өксөкүлээх Өлөксөй этэринэн, хотой аҕата Сүҥ -хаан, Сүҥкэн Эрэли буолар. «Сүҥ -хаан, Сүҥкэн-эрили, Хомпоруун Хотой-Айыы -- бог, покровитель птиц. Он считается отцом орла и жестоко карает человека, убившего орла ; человек убивший орла, страдает болезнью, похожей по описанию якутов, на пляску св. Витта» и умирает в страшных муках...» Сүҥ диэни этнографияҕа, фольклорга чопчу өйдөтүү суох. С.Ястремскай быһаарыытынан Сүҥ хаан диэн Хотой Айыы эпитета буолар. Ити эрээри «Кистэлэҥ Доктринаҕа» ый Оккультнай күүһүн Син дииллэр. Кини бары былыргы норуот итэҕэлигэр киирбит эрээри ис хоһоонун соччо-бачча арыйбаттар. Суостаах-суодаллаах күүс курдук көрөллөр. Ол иһин сорох улахан таҥараларга, халлааҥҥа аллегория быһыытынан сыһыараллар. Таҥара быһыытынан кини эр киһинэн сирэйдэнэр. Аккадиецтар, йеменнэр, гректэр итини судургутук ый таҥаратынан ааҕаллар. Кытай даосиһа Гэ Хун «Баопу- цзы» диэн трактатын «Всепроникающее Сокровенное» салаатыгар ити оккультнай күүһү «цянь» диэн туран, халлаан суолтаҕа туттар. Сахаҕа бу оккультнай күүһү Сүҥ Хаады, Сүҥ Хаан дииллэрин таһынан, этиҥ таҥаратыгар аллегория, хотойго эпитет гынар эбиттэр. 18-с үйэҕэ диэри Хомпоруун Хотойу Үрүҥ Айыы Тойон тыынын курдук (Дух Святой) суолталаабыт буоллахтарына, 19-с үйэҕэ Святой Дух буолбут. Маны тэҥэ Богоматерь (Ийэхсит) суолтата улааппытыгар Хомпоруун Хотойу Хотой Айыыһыкка кубулутуу барбыт.Итиниэхэ кини урукку суолтата биллэ кыччаабыт. Холобур, Н.П. Припузов 1885, 1890 сыллардааҕы суруйууларыгар «Хотой Айыы - второстепенное (доброе) божество мужского пола, «дарует людям слабый приплод, но зато в большом количестве, среди коего преобладает женский пол» диир эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй сылгыга, сүөһүгэ сыһыаран «Хотой Айыы летает в образе темно-сизого орла (Хара Дьаҕыл тойон) и иногда дарует людям скот масти «хара дьаҕыл». По Приклонскому этот приплод бывает физически слабым и с преобладанием самок.» диэбитэ эмиэ баар. 18-с, 19-с үйэлэргэ официальнай религияҕа дьүөрэлии сатааччылар Хомпоруун Хотойу итинник суолталаан испиттэр.Онуоха эрдэтээҥҥи кэмҥэ Хомпоруун Хотойу Үрүҥ Айыы Тойон тыына, күлүгэ курдук сыаналааһын ордук күүстээх эбит. Оттон ХХ үйэ бастакы чиэппэригэр, 1913 сыллаахха В.М.Ионов «Орел в воззрениях якутов» диэн ыстатыйаны суруйбута.Ити үлэ Санкт Петербурга бэчээттэмитэ.Бу үлэҕэ хотойго сыһыан уонна хотой туһунан саха үгэстийбит өйө-санаа үөрэтиллибитэ. Саха үгэстийбит өйүгэр-санаатынан, тойон кыыл кырыйдаҕына дьылҕаланар. Дьылҕаланар диэн бэйэтин бэйэтэ дьаһанар.Сатыылаан, сиргэ дэлби түһэн өлөр. Оччотугар ойуун кыырар. Малааһын тэриллэр. Хотойу туоска суулаан ытыгылыыллар. Туох да сылдьыбат сиригэр, түүтүн тэпсибэт гына ыйыыллар. Итинник уос номоҕун Мэҥэ-Хаҥалас Наахаратын олохтоохторо М.Г.Наумовскай уонна П.Т.Степанов бэлиэтэппиттэрэ.Ытыгылааһыҥҥа, хотой айаҕар сүөһү сүрэҕи уоптаран, моонньугар кыһыл хаалтыстаан баран, талаҕынан суулуу баайаллара уонна баһын соҕуруу диэки туһулаан маска кыбыталлар. Үөһэ көтөҕүлүн - төрүт сиргэр. Бу дойдуга эргийимэ! Алтан уҥуоххун араҥастаатым, Көмүс уҥуоххун көтөхтүм ! – диэн тыл этэллэрэ. Хотойу итинник гымматахха кини бурууһуур уонна ытыгылаабатах киһи ийэ кутун эһэр эбит. Аны туран, уот иччитин кэлэтэн баас өлүүгэ ыстарбыты, хотойтон туттарыылаах киһи хататы саҕан эмтиирэ. Хотойу өлөрүү сэттээх-сэмэлээх. Ити туһунан Үөһээ Бүлүү Маҥааһын киһитэ П.Л.Львов 1965 сыллаахха бу курдугу кэпсээбит. 1962 сыллаахха Р.Ксенофонтов диэн киһи хотойу өлөрбүт уонна буһаран сиэбит.Сотору буолаат, этэ-сиинэ бааһырбыт. Туох да эмэ-томо кыайбатах. Онон өлбүт. Чурапчы сылаҥнара этэллэринэн, тойон кыылы кытта ойуун хоролуу кэпсэтэн өйдөһөр эбит.Оттон хотой кырамтатын илдьэ сылдьар киһини туох да тыыппат эбит. 1922-1925 сылларга диэри кытыы сирдэргэ төрүт үгэһи, сиэри-туому дьон ыһыктыбакка олорбута. Ол биир туоһутунан Бүлүү уокуругар А.А.Попов хомуйбут матырыйааллара буолаллар. Холобур, Үөһээ Бүлүү Сургуулун ойууна Даниил Дмитриев кыайан оҕоломмот дьахтарга Хотой Айыыһыттан оҕо кутун тардыбыт туомун ааттыахха сөп. Итиниэхэ тоҕус уостаах тойон дуурай сэргэни туруоран, маҕан дьолуо былыты «ыйаан», кыырт-мохсоҕоллонон, күөрэгэй уйатын биһиктэнэн ойуун киһи кыырбыт. Кыыран бүтэн баран, «Саннын байаатыгар диэри арыы саһыл астаах , тоҕус уон тоҕус сылга барар үйэлээх Хотой Айыыһыт миэхэ дьоллоох оҕону тоҕооһуннарда ; ааттаах оҕону биэрдэ» диэбит. Хотойу үҥэр таҥара оҥостуу араас төрүөттээх. Хотой таҥаралаах хаҥаластар сэһэннэрин 1921 сыллаахха Афанасий Федоров сэһэргээбит. Эллэй Боотур сыдьаана Дойдууһа Дархан ийэтэ, хат сылдьан, тоҥустартан күрээбит. Аара суолга быстан, өлөөрү сыттаҕына хотой көтөн кэлбит уонна хара улары быраҕан биэрбит. Итини сиэн дьахтар тиллибит уонна дойдутугар тыыннаах эргиллэн, Дойдууһа Дарханы төрөппүт. Маныаха хабааттар сэһэни 1938 сыллаахха Сунтаар Хаҥалаһыттан Гаврил Андреевич Ефимов бэлиэтэппит. «Былыр Хаҥалас төрдө киһи кыргыстан күрээн иһэн быстаран, аһа суох буолан, өлөөрү сытар үһү - сааскы бириэмэҕэ, хоргуйан. Онно туох да булту, сир аһын булумуна өлөрө буолан сыттаҕына, хаастар тиийэн кээлтэригэр хантан да кэлбитэ биллибэккэ тойон кыыл кэлэн биир хааһы тэбэн түһэрэн биэрэр бии киһиэхэ. Ону ылан сиэн, онон уоҕуран, өлбөккө бултаан аһыырыгар тиийэр. Онон Хаҥалас төрдүгэр тойон кыыл таҥара буолта үһү.» Үөһээ Бүлүү маҥнайгы Боотулуутуттан С.Корякин ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыгар хаалларбыт былыргы номоҕор хотой дьоҥҥо уоту аҕалбытын иһин таҥара буолбута кэпсэнэр. Оттон Үөһээ Дьааҥы элгэстэрэ дьаҕыл тойону таҥара оҥостоллор. Кинини өлөрбөттөр. Дьаҕыл атыыр, дьаҕыл тойон уонна киһи биир сиртэн, биир айыыттан айыллыбыттар диэн саныыллар. Дьааҥы Суордаахтара баатылылартан тэнийбиттэр уонна бэйэлэрин хотой төрүттээҕинэн ааҕыналлар. Хотойу итэҕэлгэ, үгэскэ эрэ билинэр буолбакка норуот ырыатыгар кытта туойаллар.Нуучча чинчийээччитэ Иван Худяков Дьааҥыга дьиэ көскө олорон, «Тойон кыыл» диэн ырыаны устубута. Ырыаны 1918 сыллаахха Петроградка «Образцы народной литературы якутов» бастакы томугар бэчээттээбиттэрэ. Ырыаҕа киһи болҕомтотун ордук тардар көстүүнэн «бичиктээх бэлэстээх, дорҕоонноох саҥалаах» диэһин буолар. Бу түбэлтэҕэ хотой саҥарар саҥата үөһэттэн этитии курдук өйдөнөр. Илиҥҥи норуоттарга көтөр кынаттааҕы барытын аанньалга холууллар. Көтөр саҥарар саҥатын билии улахан кыаҕынан ааҕаллар. Холобур, Коран 27-с суратын 16-с хоһоонугар : «И унаследовал Сулайман Дауду и сказал : «О люди, научены мы языку птиц, и даровано нам все ! Поистине, это-явное преимущество!» дэнэр. Э.Сведенборг 18-с үйэҕэ хотойу иччилээх тыл символа гыммыта. Олоҥхоҕо бухатыырдар араастык кубулуйан күүһүрэллэр. Кинилэр хотой буолан охсуһар түгэннэрэ элбэх. Ол курдук, К.Г.Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар, Ньургун Боотур Айыы Дьураҕастайы быыһыырыгар «хотой хара дьаҕыла» буолар уонна ап чарай быаны быһа охсор. Саха уус-уран литературатыгар хотойу ойуулаан көрдөрүүнү Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитэ» поэмаҕа оҥорбута.Онуоха былыргы религиознай эпитеттартан «Тайбыыр дьаҕыл», «Сүҥкэн эрэли» диэннэри туһаммыта.Дьаҕыл диэн таҥара бэлиэтэ. Онон «тайбыыр дьаҕыл» диэн көтө сылдьар таҥара бэлиэтэ» буолар. Оттон «Сүҥкэн эрэли», «Сүҥкэн Эрили» - сүүнэ чаҕылхай күүс көстүүтүгэр холонор. Саха советскай поэзиятыгар хотой туһунан үгэстийбит өйдөбүлү Семен Данилов «Хотой дьоло» поэманан 1959-1960 сыллардаахха хаттаан тилиннэрбитэ. Өбүгэ саҕаттан биһиэхэ «Хотой кыыл дьоло» диэн сэһэн баар. Ол сэһэн эр бэрдэ киһиэхэ Олох уон аартыгын сырдатар. Күөх чээлгэ, уу нуурал далбарга Хотой кыыл дьоло диэн суох буолар; Киэҥ халлаан, тыал, этиҥ, чаҕылҕан – Хомпоруун дьоло диэн аатырар. Народнай поэт Моисей Ефимов 1993 сыллаахха «Хотой үҥкүүтэ» диэн хоһооннор уонна поэмалар хомуурунньуктарын таһаарбыта. Манна киирбит айымньыларга саха дьонун уруккутун уонна билиҥҥитин ыкса ситимнээн көрдөрбүтэ. Өбүгэ эдэр эрдэҕинээҕи хотойдуу майгыта уонна бүгүҥҥү көлүөнэ үҥэр таҥарата туох-ханнык буолуохтааҕа ааптары олус долгутар. Бөлүүн түһээн көрдүм мин эдэр Тыгын Хотой үҥкүүтүн үҥкүүлүү сылдьарын. Уонна санаатым кэнчээрим дьылҕатын... Үүнэр көлүөнэм хотой таҥаратын Түмэр күүс оҥостон үҥэ сырыттын ! Хотой майгыта майгыланыы диэн тугун поэт «Хотой» диэн атын хоһоонугар эбии тэнитэн биэрэр. Хотой өлөрүгэр сиргэ түспэт, Өндөл халлааныгар өрө көтөр. Далан дабыдалынан күпсүйбүтүнэн, Көттө көппүтүнэн онно өлөр. Хотой уобараһа поэзияҕа эрэ буолбакка аныгы тэтимнээх ырыаларга кытта хоһуйуллар. Ол курдук М.Тумусов тылыгар, Г.Ильин мелодиятыгар «Чолбон» рок-бөлөх «Эт эрэ, эн миэхэ» ырыаҕа хотой курдук сананыы уонна онно дьүөрэлээх буолуу туһун биир бастакынан санаппыта. Эдэр көлүөнэ бу ырыаны «Эн хотойгун» аатынан ылыммыта уонна уостан түһэрбэт тыл домоҕо оҥостубута. Кэлиҥҥи кэмҥэ Гаврил Свинобоев музыкатыгар, Геннадий Бечеряков тылыгар «Хотой» диэн саҥа ырыаны Анатолий Бурнашев бэрт үчүгэйдик толоро сылдьар. Мин хотой курдук өрөгөй – Ол хаардаах чыпчаал үрдүнэн, Күөрэйэр күөх халлаан урсунан Көҥүллүк устуохпун баҕардым ! Хотойу туойуу, хоһуйуу итинэн эрэ муҥурдаммат. Сунтаар Ыгыаттатыгар Бэдьээҥкэй Быһыттааҕар олорор Сергей Зверев-Кыыл уола уонна итиннэ ыҥырыллан тиийбит музыкант В.А.Зырянов «Тойон үҥкүүтүн» бэлэмнээбиттэрэ. 1967 бу үҥкүүнү сценаҕа туруорбуттара. 1995 сыллаахха Тыл, литература, история институтун научнай үлэһитэ Р.П.Макарова « Хотой үҥкүүтүн» саҥалыы суруйан таһаарбыта. Итиниэхэ «Тойон үҥкүүтүн эбии тупсарбыта. Композитор В.Зырянов музыкатын доҕуһуол гыммыта. Хотойу уобарас эрэ оҥостуу буолбакка, хотой уобараһынан эти-хааны, өйү-санааны, сиэри-майгыны сайыннарыы, үүннэрии туһун Л.А.Афанасьев-Тэрис бэйэтин «Алаас хамсаныылара», «Айыы үөрэҕэ», «Айыы суола» үлэлэригэр бигэтик олохтоото.xхх
Хотой религиознай этикаҕа хорсун, тулуурдаах, өлүүттэн куттаммат, модун санаалаах буолууну бэлиэтиирин таһынан, киһини иитиигэ религиознай психология биир күүстээх инструмена буолар. Маны таһынан, Хомпоруун Хотой уобараһа космическай уонна метафизическай ис хоһоонноох былыргы символ кээмэйинэн, үгүс омук литературатыгар, культуратыгар, искусствотыгар бэрт дьоһун миэстэни ылар. Онуоха саха дьонун өйө-санаата биир чаҕылхай туоһу. А.Павлов-Дабыл
Category: Итэҕэл | Added by: uhhan (2008-09-28)
Views: 7270 | Comments: 1
| Rating: 5.0 /1 |
- Оценить -
Отлично
Хорошо
Неплохо
Плохо
Ужасно
Total comments: 1
Порядок вывода комментариев:
По умолчанию
Сначала новые
Сначала старые
Хаҥаластар Хомпоруун Хотой Таҥаралаахтар!
Ааҕыылар
Баар бары (online): 40
Ыалдьыттар (гостей): 40
Кыттааччылар (пользователей): 0