Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Итэҕэл

Дабыл. "Бөрө - Ийэ кыыл"

БӨРӨ - ИЙЭ  КЫЫЛ


Тугунан да муҥурдамматы муҥур өйдөбүллэринэн
кэриҥнээһин -- илии иминэн күнү бигии сатааһыҥҥа тэҥнээх.

ххх

Ийэ кыыл диэн киһи айыллыытыгар  уонна үөскээһинигэр сыһыаннаах өйдөбүл. Судургу буолбатах уонна дакаастабылы эрэйбэт...
Киһи айыллыыта бэрт уһуннук барбыт. Бастаан утаа, үрдүкү күүстэр дьаһалларынан, ыйтан туттарыылаах барҕаһыт аймах  киһини төрүттүүргэ салгынтан хаа оҥорбут. Хаа иһэ хараҥа эбит. Онон Күн Улууһа итини  уотунан сырдаппыт. Үрүҥ Айыы  үрүҥ тыыны укпут.  
Киһи үрүҥ тыына ууһуур-тэнийэр кэмэ кэлбит. Маныаха хараҥа уонна сырдык бэйэ-бэйэтигэр холбоспут. Инцест барбыт. Үрүҥ тыын «киртийбит». Аан дойдуга бастакы улахан  аньыы-хара тахсыбыт.Дьэ ити иһин, «киртийбит» үрүҥ тыын  эйгэтин үрдүкү күүстэр туспа араарбыттар уонна аллара – көстөр эйгэ оҥорон түһэрбиттэр.  Көстөр эйгэни саҥалыы  үүннэрэр, көннөрөр сыалтан,  итиннэ бэйэлэрин күлүктэрин - иччилэри түһэрбиттэр уонна алларааҥы биэс эйгэҕэ (уу, салгын, уот, буор, таас) олохсуппуттар. «Киртийбит үрүҥ тыын» эмиэ иччи буолар аналланан, көстөр эйгэҕэ түспүт. Көстөр эйгэҕэ түспүт «кирдээх» тыын хайаан да илэ көстүөхтээх эбит. Ити иһин кинини ууга укпуттар. Кини ууга түһэн, буору кытта былааспыт. Онно былааһан эмиэ да балык, эмиэ да луо кыыл (дракон), эмиэ да бөрөтүҥү аҥардаах хамсыыр харамай буолан тахсыбыт. Ити ийэ кыылтан эттэнэн-сииннэнэн киһи төрдө ууһаан-тэнийэн барбыт...
Бу туһунан өйдөбүл былыргы итэҕэллээх норуоттарга барыларыгар араастык сөҥөн-сөҥүдүйэн сылдьар. Холобур, карма, гороскоп зодиага, реинкарнация о.д.а. көрүҥнэринэн. Эрдэтээҥҥи христианствоҕа киһини аан бастакыттан аньыылаах-харалаах, итэҕэс айдарыылаах айыллыбыт курдук сыаналааһын күүстээх. Онон кинилэр киһини «ыраастааһыны» сүрүн сыал-сорук оҥостоллор. Дьэ ити иһин сибэтиэй, аскет идеалын тутуһа сатыыллар.Оттон азиатскай духовнай культураҕа  Айыы киһитэ (богочеловек) уобараһа ордук күүстээх. Маныаха киһи айылҕаны кытта биир кэлим ситимнээҕин билинэллэр уонна сири иччилээн баран,  далай куйаарга симэлийиигэ, дьабыҥҥа төннүүгэ (нирвана) дьулуһаллар.
Саха дьоно бэйэтин  «көхсүттэн көнтөстөөх Күн улууһун киһитинэн, арҕаһыттан тэһииннээх Айыы Хаан аймаҕынан» ааҕынар. Орто туруу дойду уолан бүтэр уулааҕын, охтон баранар мастааҕын иһин, сиргэ иччи буолар аналы толорууну сыал-сорук гынар. Алдьатыы, өлөрүү-өһөрүү буолбакка, айылҕаны  чэчирэтии, үүннэрии  суолун тутуһар...
 Биһиги аһары тэнийбэккэ  ийэ кыыл туһунан кэпсэтиэҕиҥ. Үс саха төрдө үс ийэ кыыллаах  : Үрүҥ Айыы көтөрө -  Хомпоруун хотой, Улуу Тойон уола - бөрө уонна  Улуу Суорун көтөрө - суор.
Балар ортолоругар бөрө биир биллэр-көстөр миэстэни ылар. Сахалар саныылларынан, бөрө диэн  Улуу Тойон уола. Улуу Тойон диэн уот тыынын араҥаччылыыр Үрдүк Айыы Таҥара. Кини суостаах-суодаллаах күүс. Үрдүкү үрүҥ күүстэри араас киртэн-дьайтан көмүскүүр. Ол иһигэр кирдээх, куһаҕан өйтөн-санааттан эмиэ.
Итэҕэлгэ дьиҥи, кырдьыгы туруулаһааччылар өрүү  киниэхэ үҥэр-сүктэр үгэстээхтэр.

1. Бөө - бөрө

Бөрөнөн кыылы, уолу, үөнү-көйүүрү, чаҕатай бииһин, оноҕос ырбатын, хорууга оҥоһуллар мас быһыты,  киргизтэр бухатыыры ааттыыллара биллэр. Азия норуоттарыгар итинник.
Европеецтарга хайдаҕый? Былыргы үһүйээн этэринэн, бөрөнү абааһы туой буортан  оҥорбут. Ити эрээри, кыайан  тыыннаабакка,  таҥараттан  көрдөспүт. Таҥара тыыннаабыт. Бөрө итинтэн ыла,  Таҥара ыта буолбут. Абааһылары бултаһан, аллараа дойду аартыгын маныыр дьылҕаламмыт.
Славяннар мифологияларыгар кыҥаттар күтүөт дьонун  бөрө дииллэр. Анарааҥылар, хардары,  кийиит аймаҕын бөрөҕө холуйаллар. Бөрөнү көрүстэхтэринэ хайаан даҕаны уруйдууллар-айхаллыыллар. Уруулуу-аймахтыы курдук сыһыанаһаллар. Былыргы өттүгэр оннук эбит.
Бөрө диэн тылы этимолог Э.Севортян балайда киэҥник ырыппыта. Бөрөнү сирэйдииргэ иранецтар би, ви,фи дорҕооннору тутталларын,  бө дорҕоон сэдэҕин ыйбыта. Ис хоһоонун быһаарбатаҕа. Маны А.Кривошапкин-Айыҥа  «бөрө - воин муж», «воин бога» буоларын руническай суруктан булбута.
Бөрө диэһин ити суолтаҕа, кырдьык, ордук хабааттар. Евразия уонна Хотугу Америка мифологиятыгар  сэрииһит  биистэр баһылыктара өрүү - бөрөлөр. Биһиги эрабыт иннинэ Египет Х11 династиятын ыраахтааҕылара  Осириска  аналлаах мистерияны ыытар буолбуттара. Холобур,  фараон Сенусерт-1 сүбэһитэ Ментухотеп мистерия саҕаланыытыгар  бөрө оруолун толорооччуну бастакынан киллэрэрэ. Бөрөнү  суол арыйар таҥара курдук сыаналыыллара. Бөрө онон Осириска суол тэлээччи  этэ. Осирис өстөөхтөрүн бөрө сууһаран, аартык тэлиэхтээҕэ. Тинис куорат ыраахтааҕыларын пирамидаҕа суруктарыгар  бөрө  байыаннай  символ быһыытынан туттуллар уонна аҕыс сыыппаранан бэлиэтэнэр. Корнелиус Агриппа 1533 сыллаахха «Оккультнай философия диэн үлэтигэр нумерология ис хоһоонун суруйбута.Онно суруйарынан аҕыс сыыппара диэн дьулууру, бэриниилээх буолууну, мэһэйдэри суох оҥорууну , хабыр уонна аһыныгаһа суох буолууну көрдөрөр бэлиэ. Египтяннар муударай судьуйалара Ердес диэн бөрө төбөлөөх киһи  буолар.
Аны түүрдэр историяларын сэгэтиэҕиҥ. Аатырар Күл–Тэгин  мэҥэ  тааһын улахан суругар  (У1-У111 үйэлэр) бу курдук диэбиттэр эбит: «Хаҥым хаҕан сүси бөри тэг эрмис - Аҕам хаҕан сэриитэ бөрө курдук эбит. Йаҕысы хонь тэг эрмис - Өстөөҕө бараан курдук (мөлтөх) эбит».
«Военное дело якутов» диэн научнай үлэ ааптара Ф.Ф.Васильев «Воинственных бетюнцев нередко называли «бөрө саҕа саргылаах бөрө бөтүҥнэр... Этнониму бөтүҥ , обязательно прилагается слово «бөрө» - волк» диэн туран, ыт уонна бөрө тэҥ кэрдиискэ туралларын ыйбыта. Ол курдук 1986 сыллаахха Амма Бөтүҥүгэр Уорай диэн сиргэ көстүбүт ыт көмүллүүтүн холобурдаабыта. Бөтүҥнэри сэрииһиттэрин иһин бөрө бөтүҥнэр диэбит буоллахтарына, кинилэр бөрөнү тоҕо таҥара оҥостубуттарын  Кэбээйи иккис Сииттэтин олохтооҕо Петр Федотович Саввин бу курдук быһаарбыт : «...Бөтүҥнэр өрүс арыытыгар тыалга хааттаран хоргуйан өлөөрү  сытан,  бөрө хаһааһын булаллар – араас сыманы. үөрэ отун таспытын булан – онон аһаан тыыннаах ордон хаалтар. Онон бөрөнү таҥара оҥостубуттара үһү, кини абыраата дэһэн».
Немец улуу поэта Гете «Рейнеке-лис» диэн эпическэй поэматыгар Изегрим диэн бөрө баар. Бу аат  «железный шлем» диэн тылбаастанар. Эмиэ сэрииһит суолталаах. Изегрим  тылын баһа : «Я отомщу – и что будет, пусть будет...»  
Былыргы египтяннар бөрөнү  харабыл курдук сыаналыыллар диэтибит. Бөрөлөр киһини эрэ буолбакка, күнү тыыга тиэйэн, саҕахха саһыараллар. Абааһыттан куоттаран. Күн сырдыгын, чаҕылын, дьэргэлгэнин маныыр эбиттэр. Маныаха хабааттар үһүйээни Серошевскай  1884 сыллаахха Халымаҕа сылдьан истибитэ. Онно бу курдук дэнэр. Улуу Тойон кэргэннэниэн баҕарбыт. Дьэ ити иһин бэйэтин эһэтин Сээркээн Сэһэни  Айыы Тойоҥҥо ыыппыт. Айыы Тойон үс хос тимир хаайыыга Күн кыыһы хатаан сытар эбит.Сээркээн Сэһэн тиийэн,  Айыы Тойонтон Күн кыыһы көрдөөбүт. Айыы  Тойон  дьэргэлгэни уонна ибир долгуну энньэлээҥ диэбит. Улуу Тойон бэйэтин таптыыр оҕолорун  суору уонна бөрөнү ыҥырбыт. Ыҥыран бэйэтин соругун этэр. Онуоха суор сытыы хараҕы, бөрө сыыдам атаҕы көрдөөбүт. Улуу Тойон кинилэр баҕаларын  толорбут. Ити эрээри суор дьэргэлгэни, бөрө уу эбирин баччааҥҥа диэри кыайан туппакка сылдьаллар үһү...
Киһини, дьону бөрөҕө холуйуу, киниэхэ тэҥнээһин, бэйэни итинник сананыы былыргы өттүгэр сэрииһит суолталаах эбит. Ону бигэргэтэр чахчы атын норуоттарга да бэрт үгүс. Аны туран, бөрө элбэх харысхал ааттардаах. Холобур, сахалар - бороҥ, адьыҥа, айыҥа, буряттарга, монголларга – шоно, чина.

2. Бороҥ  урааҥхай

«Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхоҕо Кулун Куллустуур тэҥнээҕин булбакка,  «Уһугунан дугуммут, ортотунан курдаммыт, оройунан көрбүт, босхо бастаах, бокуйар уу сүһүөхтээх, бытарыйар буор куттаах бороҥ урааҥхай биирдэ да көрсүбэтэ тоҕо кыһыылааҕай ?» диир эбит...
Саха учуонайа Е.С.Сидоров  «Очерки по Олонхо» диэн үлэтигэр итини бу курдук диир :«Древние тюрки, устанавливая господство над соседями, создавая империю, называли себя кок турк (голубыми тюрками) в честь предка тотема. По аналогии с этим и древние предки якутов в период своей относительной самостоятельности могли называть себя боронг ураанхай в честь тотема боронг аһынгастааха ( серого волка). Тут надо помнить, что боронг – сивый – имеет и голубоватый оттенок... В древности, возможно, и якуты употребляли эпитет боронг, о чем свидетельствуют алтайское боро бөру ( серый волк) и такое же употребление слова «боро» тунгусо-маньчжурскими народами. Тыл үөрэхтээҕэ А.Вамбери  эмиэ  бигэргэтэр. Бор диэни серый диирин таһынан, бөрө өйдөбүлүгэр сыһыарар.Онон саха киһитэ бэйэтин бороҥ урааҥхайбын дэниитэ бөрөттөн туттарыылааҕын туоһулуур.
Б.Я.Владимирцев этэринэн,  урааҥхайдар диэн монгол былыргы төрүт уус дьоно. Кинилэр бороҥ бөрөттөн (Борто Чиноа) уонна кыыс табаттан төрүттээҕинэн ааҕыналлар. Балар оҕолоруттан  монголлар үөскээбиттэр.
Этнограф Г.В.Ксенофонтов «Урааҥхай сахалар» үлэтигэр Үҥээбил хоһуун туһунан бүлүүлэр үһүйээннэрин киллэрбитэ. «Юнгкээбил, преследуя врага, не переставая выл по-волчьи». На вопрос своего противника он поясняет « Ты убегаешь от меня  подобно раненому дикому оленю, а я гонюсь за тобой, точно волк. Я не могу догнать тебя и пожрать, поэтому с досады и вою».
Мантан көстөрүнэн, бөрө курдук сананыы, бөрөлүү «майгыланыы» урааҥхайдарга, хоһууннарга баар эбит.

3. Айыҥа

Былыргы түүрдэр  бэйэлэрин бөрөттөн төрөөбүт курдук этинэллэр. Иак. Бичурин хомуйбут матырыйаалыгар сурулларынан, түүрдэр өбүгэлэрэ тыһы бөрөнү кэргэн ылбыт.Киниттэн уон уол оҕоломмут. Оттон хотугулуу арҕаа уонна киин Евразияҕа тыһы бөрө  тулаайах оҕону ииппитин туһунан номох баар. Бу номох сэттис үйэтээҕи кытай хроникатыгар киирэр.Онно  кэпсэнэринэн тыһы бөрө кыра оҕону иитэр. Уол улааппытын киниэхэ кэргэн тахсар. Уон уол оҕону төрөтөр. Бу икки номохтон тыһы бөрөнү өбүгэ курдук сыаналааһын инники турар. Ити тыһы бөрөнү түүрдэр Ашина диэн ааттыыллар. Онон Ашина диэн уон уол оҕону төрөппүт тыһы бөрө буолар.
М.Н.Андросова-Ионова «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы Тойон ыччаттара» олоҥхотугар  Үрүҥ Айыы Тойон ойоҕо Адьыҥа Сиэр диэн ааттанар. Балар тоҕус уоллаахтар : Чыҥыс Хаан, Дьөһөгөй Айыы, Кытай Бахсыыла, Сээркээн Сэһэн, Уһун Дьурантаайы, Түөнэ Моҕол Тойон (киһи төрдө), Баай Барыылаах, Тойон Кулут, Игии-Тоҕуу. Маны таһынан аҕыс кыыстаахтар. Бу олоҥхо Санкт-Петербурга 1911 сыллаахха «Образцы народной литературы якутов» бэһис кинигэтигэр  бэчээттэммитэ.
Н.П.Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотугар Адьыҥа Баай Тойон оҕонньор ахтыллар. Бу олоҥхоҕо Ургунньук бөҕөнү уонна Күн Эрэлини оҕо эрдэхтэринэ абааһы кыыһа иитэр. Балар бөрө буолан, Орто дойдуга кэлэллэр. Оттон Бүлүү олоҥхоһута С.Н.Каратаев-Дыгыйар  «Тоҥ Саар Тойон», Сүлэлдьин Боотур» сюжеттарга  Адьыҥа бухатыыры ахтар.
Ити эрээри Э.К.Пекарскай  « Сиэр айыы или Сиэр-айыы-тойон то же что, Үрүҥ-айыы-тойон, называемый также Айыҥа сиэр-тойон» диир. Бу үс тус-туһунан өйдөбүллэри  биир курдук сыаналыыр. Ол   сыыһатын үөһэ этиллэр М.Н.Андросова-Ионова олоҥхото бигэргэтэр. К.Г.Оросин  «Дьулуруйар Ньургун  Боотур» олоҥхотугар  Айыҥа сиэр тойонтон уонна Айыы Ньураҕалдьын эмээхсинтэн Ньургун Боотур уонна Айталы Куо төрүүллэр. Бу түбэлтэҕэ оҕолор аҕалара Айыҥа – атыыр бөрө.
Ньургун Боотур бөрөттөн төрүттээҕин олоҥхоҕо маннык даҕатан аһараллар : «Айыы сириттэн арахсан, күн сириттэн көтөҕүллэн барда, сур бөрө тириитин өрө ыйааттаабыт курдук сүндэ далай хара дьулуо ааттык устун таҥнары көтүтэн киирдэ...бөрөлүү улуйа олорор дойдуга тиийдэ».  П.Ойуунускай олоҥхотугар итинник хартыына Ньургун Боотур ата айаннаабытыгар кэпсэнэр :»көҥдөй төҥүргэһи көҥүтэ тэппитэ сур бөрө буолан, суол төрдүгэр уһун түүнү мэлдьи  улуйа хаалла».
А.Кривошапкин-Айыҥа  саҥа силлабарийынан транскрипциялаан, Кюль Тегин суругун тылбаастааһыныгар,  Айыҥа ууһа ахтылларын булаттаата : . «...Айыҥа ил сур оҕону бүттүүнү баһыркыҥа таакҕы куттааммын.
Всех серых детей государства Айына легко запугаем и будем властвовать.»   эбэтэр «Айыҥа илэ өлүһэр киҥин соһума. Айыҥа илэ өлүү эркинин соһума »...
Лев Гумилев  «Древние тюрки» үлэтигэр Ашина диэни бу курдук быһаарар. «Слово «Ашина» значило «волк». По тюркски волк – бури или каскыр, а по-монгольски шоночино. «А» - префикс уважения в китайском языке. Следовательно  «Ашина»  значит «благородный волк».К ини саныырынан, кытайдар итинник ааттаабыттар. Ити эрээри,  букатын былыр, инньэ биһиги  эрабыт иннинэ,  Египеккэ былаас «бөрөнөн» эбэтэр ханнык эмэ  таҥаранан сирэйдэнэр буоллаҕына, фараон былааһа  биир киһи, биир клан илиитигэр  киирбит диэн өйдүүллэрэ. Былыргы түүрдэр хаттаан уларыйан төрөөн, дьүһүн кубулуйан былааска тахсыыны ачинчи, азуна дииллэрэ. Онон Ашина  ис хоһооно бу өйдөбүлгэ ордук чугас. Бу өйдөбүл сахаларга  Адьыҥа-тыһы бөрө быһыытынан көстөр. Ити биирэ.
Иккиһинэн, былыргы семиттэр Ашера (Астарта, Иштар) диэн таҥаралаахтара.Кини - ый таҥаратын кыыһа. Ашера  бары кыылга дьалыҥ иҥэрэр, ииссиһиннэрэр, ууһатар эбит. Онон  киһини кытта холбоспут тыһы бөрөнү, Ашера аатынан, Ашина диэхтэрин  эмиэ сөп.
Үсүһүнэн, Марат Барманкулов этэринэн, Ашина диэһин Индияттан киирбит. Ашоки диэн  Индия ыраахтааҕыта баар эбит. Бу ыраахтааҕыны өлөрбүттэрин кэннэ, кини сыдьаана кыракый уол оҕо тыыннаах ордубут. Сактыы суруллубут  буддийскай  тиэкискэ этиллэринэн, бу уолу сир-ийэ эмиийдээн тыыннаах хаалларбыт. Кэлин буддист-манаах булан улаатыннарбыт. Бу оҕо улаатан баран, Ашоки династиятын аатыттан баһылыктаабыт. Казахстан профессора, академик М.Барманкулов «Эту легенду приняли сначала тюрки, затем хотанцы, тибетцы и даже китайцы, ибо она варьировалась в текстах на этих языках, предлагая в качестве кормилицы то мать-землю, то волчицу, а то и превращая волчицу  еще и в супругу, и в продолжательницу  рода, поскольку она еще-де и породила тюрков вообще. Правда, в этой части она походит уже на легенду из Рима.» диэн суруйар.
Барманкулов этиитин киһи ылыныан да, ылынымыа да суоҕун сөп. Ол эрээри, бөрө туһунан номох бэрт уһун силистээх-мутуктаах эбитин өйдүөх кэриҥнээхпит. Ол аата былыргыттан олус тэнийбит.
Төрдүһүнэн, сахаларга «айынньа -  правильный, подходящий, соразмерный ;  соразмерность, соответствие ; гармония ; согласие» диэн тыл баар. Маны бэйэтин кэммигэр учуонай  О.Н.Бетлингк тылдьыкка үйэтиппитэ. Бу тыл  саха «Айыҥатыгар - атыыр бөрөҕө» быһаччы сыһыаннаах.  

4. Шоно

Буряттар, монголлар  бөрөнү шоно, буртэ-чино диэн ааттыыллар. Бурят учуонайа  Ц.Б.Цыденбаев бу туһунан маннык диир : «Широко известно, что монгольские ханы своим легендарным праотцом считали некоего Буртэ-чино, что буквально означает «пятнистый волк». Оттон Б.Р.Зориктуев ити быһаарыыга туспа түмүк  оҥорор : «Происхождение монгольских ханов выводится от индийских и тибетских царей. Эта  вымышленная генеалогия повторяется и в бурятских летописях, авторы которых заимствовали материал из монгольских исторических сочинений. Искаженное освещение в летописях монголов некоторых вопросов их ранней истории обьясняется огромным влиянием буддизма. Это хорошо видно из уже упомянутых трудов Саган Сэцэнэ, Мэргэн-гэгэнэ, Сумба-Хамбо,  Ешей-Балчжора, в которых предок монголов Бортэ-Чино выдается за сына тибетского царя». Шоно өйдөбүлэ буряттарга, монголларга Индияттан буддизм нөҥүө киирбитэ чахчы курдук. Индия биир мифологиятыгар «шунах шепа - собачий хвост» дэнэр геройдаахтар. «Шунах, шуна» - кинилэргэ  ыт. Ити буряттарга, монголларга тиксэн, бөрө суолталаммыт.
Лев Гумилев этэринэн,  түүрдэр төрүттэрэ Ашина  буряттартан, эхирит-булагаттартан силистэнэр. «Эхирит-булагаты – наиболее древний раздел бурят ; описанные традиции восходят к началу нашей эры и к той этнической стихии, из которой вышла орда Ашина в У веке».Эхирит-булагаттар үөскээһиннэрин туһунан Багдарын Сүлбэ маннык суруйар : «... Асуйхан икки уолланар : улахана – Бурядай, инитэ – Хоридой. Ити Бурядайтан эмиэ икки уол төрүүр : Эхирит уонна Булагат. Эхириттэн уонна Булагаттан буряттар икки улахан биистэрэ үөскүүллэр».
Б.О.Долгих чинчийиитинэн эхириттэр (икирэстэр )   түөрт  уустан тураллар. Балартан биир бөдөҥө  „Ченорутский, Шунуруков (т.е. „Волчий" ), который называли также Тоанатским („Тойонским") эбит. Икирэстэри түүр тыллаахтарга киллэрэллэр. Ол туһунан А.И.Гоголев бу курдук диир : «Уместно тут привести  мнение Г.Д.Санжаева о том, что слово „эхирит"- „икирит"- „икирэс" по своему морфенному составу может быть признано тюркизмом. И производит от тюркского „икирис-эгиз", близнец (як. игирэ).  Поэтому не исключено, что икиресы – небольшое тюркское племя, задолго до Х111 в., подвергшееся монголизации. Это положение подтверждается также сохранением только у эхиритов восточной ориентации при определении своего положения на местности».
Учуонайдар Ц.Б.Цыденбаев, Т.М.Михайлов чинчийиилэринэн икирэстэр  Чыҥыс Хааны утары сэриилэһэн, лаппа кыргыллыбыттар. Кинилэр инньэ гынан, Байкал күөл кытыытыгар түҥкэтэх сирдэргэ бүкпүттэр, Өлүөнэ хочотугар кытта тахсыбыттар.
ХУ11 үйэҕэ икирэстэр эмиэ улаханнык утарсыбыттар.Ону 1644-1645 сыллааҕы  «...Статейная речь" якутского воеводы  Петра Головина  аманатам  ...братцких людей  Булую и Чекару о пребывании всего братского  народа в вечном холопстве царю Михаилу Федоровичу, под угрозой, в противном случае полного  разгрома» бигэргэтэр. Бу сурукка этиллэринэн, Булуй  уонна  Бура (Бөрө) дьону-сэргэни утарсыыга көҕүлээбиттэр.Онуоха П.Головин барыгытын имири кыргыахпыт диэн суоһурҕаммыт. Саха сэһэнигэр сурулларынан, Бөрө өр бэриммэккэ сылдьыбыт.Кинини сонордоон, биир сиргэ төгүрүйбүттэр уонна саһан сытар дьиэтин уоттаабыттар. Инньэ гынан, Бура бэриммит. Кинини буряттарга илдьэн олохсуппуттар. 1672-1675 сылларга  онно хынкыдар ууһун салайбыт. Саха сиригэр Бура оҕолоруттан   Аан Чуонах диэн улаханнык биллэр удаҕан хаалбыта. Кини өр кэм устата бэйэтин итэҕэлин турууласпыта уонна уһук бүтэһигэр дьабыныгар көппүтэ...
Шоно, шуна, шунах – ыт. Кэлин «бөрөҕө» кубулуйбут.Шоноттон ураты өссө буртэ-чино диэһин баар.
5. Буртэ –чино уонна Чина

Бу иннинэ  Цыденбаев  быһаарыытын «буртэ чино» - «пестрый волк» буоларын үөһэ санатан ааспыппыт. Кини шоно уонна чино өйдөбүллэри бииргэ холбуур. Онтукайа төһө сөбүй ? Шоно – ыт. Оттон чино, чина – тугуй ?..
Кытайы  Чина диэн ааттыыллар. Сорохтор  ону бөрө өйдөбүлгэ чиноҕа чугаһата сатыыллар да оннук буолбатах. Бөрө туһунан номох кытайдарга хойутуу тиксибит. Айанньыт Чжан Кянь  аан бастаан гуннартан истибит.Сэһэн ис хоһооно бу курдук эбит. Усуннар баһылыктарын гуннар өлөрбүттэр.Уу кыһыл уол оҕону гуннар хонууга бырахпыттар. Сыгынньах оҕо этигэр мустубут үөнү-көйүүрү чыычаахтар ыраастыылларын уонна тыһы бөрө кэлэн эмиийдиирин билэн, гуннар тойонноро чаҕыйбыт. Оҕону бэйэтигэр ылбыт, ииппит. Кэлин, улааппытын кэннэ, гуннар сэриилэригэр салайааччынан анаабыт. Бу уол ситэн-хотон баран, гуннартан арахпыт. Гуннар киниэхэ саба түспүттэр да  кыайбатахтар. Ол иһин тыыппат буолбуттар. Бөрө туһунан номох кытайдарга итинэн  муҥурданар.
М.Барманкулов онуоха маннык диир : «...Чина как название ничего не означает для китайца.На самом деле это Цзинь – Золотая. Так назвали Китай тюрки, когда правили Китаем. Ол иһин Цин династията  «Да Цин-го-Великое чистое государство» дэммитэ үһү.
Оттон Макс Бранд этэринэн, кытайдар былыр  бэйэлэрин дойдуларын Тянь-Ся – «Под небом», Сы-хай –«Все в пределах четырех морей», Чжун-го –«Срединная империя», Тьянь-чао – «Небесная империя», Чжунхуа-го- «Богатая цветами Срединная страна» дииллэр эбит.
Оччотугар  Чина диэһин хантан тиийэн кэллэ ? Былыргы чахчылар туоһулууларынан, Индия буддистара  Кытайы «Чин-тан» --«Утренняя заря» аатынан ааттаабыттар.Ону Индия урукку премьер-миниистирэ  Джавахарлал Неру сөпсөспөтөх : «Чина, - это название ничего не означающее» диэбит. Инньэ диэһинэ, былыргы мөккүөртэн тахсар эбит. Ол курдук, манаах И Цзын  671 сыллаахха муоранан айаннаан, Индияҕа  тиийбит. Онно тиийэн, Кытайы тоҕо  Чина диигит диэн улаханнык уордайбыт. Быһатын эттэххэ, сөбүлээбэтин биллэрэн, быһаарса кэлбит . Кытайдар оннук өһүргэнэр тыллара эбит.Оттон кинилэр бэйэлэрэ Индияны  «Йинду-Луна» дииллэрин аны анарааҥылар  эмиэ биһирээбэтэхтэр. Кытай  чинаттан, Индия ыйтан киэр этиммиттэр...
Түҥ үйэлэргэ Америка индеецтэрэ  ый таҥарата дьахтары Чиа дииллэрэ. Кинилэр номохторунан  Айыы (Творец) бүтэһик оҥоһуутугар  дьахтары ый таҥарата гыммыт.Кинилэр атын номохторугар  кэпсэнэринэн, дьону айар  Чиа таҥараны үөһээҥҥи үрдүк күүстэр халлаан ыйыгар кубулуппуттар.Бу номохторго  халлаан ыйын  аата- чиа...
Религия символыгар хараҥа түүн бөрө,   ыйы өрө көрөн олорон,  улуйара ойууланар. Бөрөнү уонна ыйы былыргы итэҕэлгэ итинник бииргэ туталлар. Киһи үөскээһинэ уонна киһи ийэ кыыла буолбут бөрө  ыйтан төрүттээхтэрин кэрэһилээн. Онон бөрө уонна ый уопсай өйдөбүллэрэ  дьүөрэлэһэллэр. Буртэ-чино  бастаан утаа «пестрая луна», кэлин  «пестрый волк» буолбута итэҕэл ис хоһоонуттан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, түүр тыллаахтарга  ый таҥарата Син, сахаларга  Сүҥ дэнэр. Кытайы түүрдэр бэйэлэрин кэмнэригэр Син (Цзинь) –Луна диэбиттэрин казах учуонайа Марат Барманкулов  бигэргэтэр эрээри, «золотой» диэн сыыһа тылбаастыыр.
  Кытай уонна Индия религиознай каноннарыгар, символларыгар  бөрө уонна ый  улаханннык суолталамматтар эбит. Оттон индеецтэргэ, түүрдэргэ бу икки өйдөбүл мистическэй ис хоһоонноохтор.

6. Бөрө уобараһа бүгүҥҥү кэмҥэ

Саха литературатыгар бөрө уобараһын суруйуу бэрт сэдэх.Аан бастаан  Эрилик Эристиин «Бөтүҥнэр»  диэн кэпсээни 1928 сыллаахха  «Чолбон» сурунаал 5-6-с №№-гэр бэчээттэппитэ.Кэпсээни   былыргы сэһэҥҥэ олоҕуран  суруйбута.
Бу айымньыга сэттэ ини-бии бөрө бөтүҥнэр төрүт майгылара, өйдөрө-санаалара Өргөлөй Бэргэн бэрт кылгас этиитинэн бэриллэр :   «...бүгүн, бэҕэһээ төрөөбүт, уоһахтаах уу ньирэй оҕолор да буолбатахпыт.Хааннаах сэриини кытта харсан, хатаммыт биллибит сэрии дьонобут». Манан кини бөрө бөтүҥ  тугун-ханныгын чопчу өйдөтөр.
Саха фольклористара 1960 сыллаахха ТЛИНЧИ иһинэн  «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ» диэн икки чаастаах кинигэни таһаартарбыттара.Кинигэҕэ «Бөрө саҕа соргулаах бөрө бөтүҥнэр» уонна  «Бөрө бөтүҥнэр» диэн сэһэннэр киирбиттэрэ. Норуот өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэр Багдарыын Сүлбэ  1982 сыллаахха   «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах» кинигэтигэр  «Бөрө улуйбут» диэн биир туспа салааны анаабыта. Манна бөрө туһунан түүрдэр, монголлар, буряттар  өйдөбүллэрин уонна номохторун суруйбута. Сир-уот аата буоларын тэнитэн быһаарбыта.
Саҥа үйэҕэ үктэммит кэннэ,  бэйээт  И.Николаев-Уххан  «Улуйар очуос», «Бөрө»  диэн хоһоонноро, «Чыына-Бөрө уонна Чыҥыс» диэн үҥкүүтэ саха поэзиятыгар уонна искусствотыгар бэрт сонуннук көһүннэ. Көһүннэ эрэ буолбакка,  сүтэ сыспыт былыргы өйдөбүлү көбүтүү, тилиннэрии суолунан барда. Тоҕо диэтэххэ, саха сэбиэскэй литературатыгар, искусствотыгар  бөрөнү  наар уодаһыннаах, хаанымсах, сиэмэх курдук сирэйдээн кэлбиттэрэ. Ити иһин, дьон өйө-санаата  лаппа уларыйбыта уонна куһаҕан, түктэри уобарас курдук сыаналыыр буолбута.Дьэ ити иһин, бөрө үҥкүүтүн туруорарыгар, Уххан бу курдук быһаарбыта.  «Манан тугу көрдөрөбүтүй ? Киһи үөһэттэн айыллан түспүтүн, урут араас харамай буолан төрөөн сылдьыбытынан сиэттэрэн, кини ийэ кыыллааҕын, Киһи кыыла баһыйыа суохтааҕын, ол эрээри Киһи ийэ кыылын нөҥүө куйаары кытта быстыспат ситимнээҕин.Киһи мэлдьи киһи буолан төрөөбөтүн. Өлүү уонна хоһуттан төрөөһүн быстыспат ситимнээҕин ».

xхх

Саха дьонугар бөрө -  ийэ кыыл. Кини былыргы өттүгэр норуокка сүр сүдү күүһүн биэрэр, кулан куйаар туһунан күүстээх санааны иитэр  религиознай символ, канон этэ. Ити да иһин «Күн сирэ көҥдөй, Айыы аартыга аһаҕас» диэн амалыйдахтара. Ол чаҕылхай туоһутунан өспөхтөр, бөтүҥнэр тэҥэ суох утарсыыга бэриммэккэлэр, уокка тыыннаахтыы  умайбыттара буолар. Адьыҥа хотунтан төрөөбүт таҥаралардаах,  Айыҥа тойонтон айыллыбыт  Ньургун Боотурдаах саха дьонун түгэхтээх түллэр күүһүн  кистэлэҥэ итинник...
Итэҕэл диэн куйаар таһымыгар олорор уустук олохпут   ис дьиҥин  таайтарыы буолар.Ити таайтарыыга сүрдээх элбэх кистэнэ сытар санаа баарын таһынан, үтүмэн үгүс суолталааһын, ыпсан биэрбэт ырааҕы ыраланыы уонна саба туттарбат сабаҕалааһыннар саһыарыллыбыттар. Ол эрээри, «хара маҕалайы тоторууну   кэриҥниир» бүгүҥҥү кыараҕас ыырдаах сирдээҕи «философиябыт» наһаа татым. Санааны араастык садарахтаан, сандаардан  көрдөрүүнү кыайбат. Ону ааһан,  өрүү кэриэтэ үгэстийбит тэпсэҥ ыатарыыттан ордук хоһу халбаҥнаабат үгэстээх.Эрдэ этиллибити хатылааһын, майгынната сатааһын   эрэ хабааннаахтык барар. Оттон итэҕэл бэйэтэ дириҥ этитии утума буоларын баччааҥҥа диэри ыһыктыбакка, өрөөбүт уоһун ситэ өһүлбэккэ сылдьар. Кулан куйаар философиятын  аан бастакы көһөҥө баллырын эрэ быһыытынан.Бу этитиилэртэн   хаһан эрэ  тиһигэ быстыбат биир кэлим түөргү үөскүө эбитэ дуу, ким билэр, ону ?!! Ол эрээри баары барытын баардылыыр ыча аһары  кырата бэрт буолан, сэрэйэн көрүүбүтүн саарбахтыыр, халбаҥнатар, чугуруҥнуур түбэлтэбит хара баһаам...

А.Павлов-Дабыл
Category: Итэҕэл | Added by: uhhan (2008-10-31)
Views: 8183 | Comments: 1 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 112
Ыалдьыттар (гостей): 112
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024