|
Дабыл. Таҥара
ТАҤАРА «Вечная истина, что накопившиеся и лежащие в беспорядке факты начинают приобретать некоторую стройность, если бросить на них гипотезу». - Герберт Спенсер. - Религия үөрэҕэ былыргы өттүгэр сиэр-майгы үрдүк кэриҥнэригэр олоҕуран, сакральнай наука быһыытынан сайдан кэлбит буолан, бүгүн быһаччы кыайан өйдөммөт. Тоҕо кыайан өйдөммөтүй ? Оччотугар сиэр-майгы үрдүк кэриҥнэрэ диэн тугуй? Бастатан туран, былыргы киһи айылҕаттан ыкса туттарыылаах буолан, мэлдьи этэ-хаана аһаҕас, битэ күүстээх этэ.Бүтэйэ, бүөлэнэ илигэ. Инньэ гынан, тулалыыр айылҕа тыынын үчүгэйдик билэрэ.Билэрин ааһан, кини тугу «этэрин» истэрэ. Истэрэ.Бүгүҥҥү курдук кулгааҕынан күдээр истэн кэбиһии буолбакка, тугу истибитин тутуһара.Тутуһар буолан, тугу эмэни ордук хоһу оҥорортон, хамсыыртан, сыыһа-халты туттартан дьаахханара.Кини этэ-сиинэ айылҕаны кытта биир кэлим эйгэ буолан, бэйэтин ойдом тутар, туспатык сананар туһа суох этэ. Кини бу өттүнэн билиҥҥи киһитээҕэр айылҕа дириҥ уонна үрдүк күүстэригэр бэрт ыкса сылдьара.Кини «эттэниитэ» ити иһигэр барара.Онон «этитиитэ» эмиэ итинтэн кэлэрэ. Билиҥҥи киһи «эттэниитэ» уонна «этитиитэ» айылҕаҕа, айылҕаттан буолбакка, киһи айбыт үөрэҕинэн, социальнай, экономическай тутулларга барар. Иккиһинэн, религияҕа киһи барыта биир тэҥник кэлбэт.Ол аата баар илэ чахчыны араастык таһымнаан өйдөөһүн баар.Тас баар көстүүнү логическай принциптэргэ олоҕуран ааҕыы-суоттааһын, утарсыытын уонна дьүөрэлииһитин, атыннык эттэххэ, диалектикатын, үчүгэй-куһаҕан ардын арааран билии үгүскэ син кыалллар соҕус.Салгыы олох хаамыытын салайар историческай сокуоннары билии уонна өйдөөһүн кэлэр. Бу таһымҥа тиийии эмиэ судургута суох.Уустук буолар.Киһи ылбычча ыатарбат уонна үрдүнэн тарыйан ырыҥалаабат.Оттон бу кэнниттэн өйгө-төйгө баппат, кыайтарбат кээмэйдэр кэлэллэр.Балары көннөрү киһи бэйэтин төбөбүтүгэр «батарбат буолан», улаханнык дьалайбат, ааххайбат.Биитэр билиммэт. Суоҕунан ааҕар.Итинник баппат уонна өйгө-санааҕа кыайтарбат таһымнар итэҕэл көстүүтэ буолаллар.Бу көстүүлэри төрүт кыайбатын уонна баһылаабатын бигэтик өйдөөччү итилэри итэҕэйэр, кинилэргэ сүгүрүйэр буолар.Бигэтик өйдөөһүн бу көстүүлэргэ киһи этинэн-хаанынан бүтүннүү « иһирдьэ киирдэҕинэ» эрэ кыаллар.»Иһигэр киирэн биир эт-хаан, биир эт-сиин» буоллаҕына эрэ. Оттон итилэргэ кыайан чугаһаабакка, истэригэр киирэ сатаабакка, таһыттан хартыына курдук көрөөччү хаһан да итэҕэйэр уонна билинэр туһа суох... Холобур, биһиги таҥара туһунан өйдөбүллээхпит эрээри, ол тугун-ханныгын маннык диэн быһаарары бары ыарырҕатабыт.Кинини сорохтор православияны, сорохтор Айыы итэҕэлин кытта холбууллар эбэтэр бэйэтэ букатын туспа религия диэһинэн муҥурданаллар.Дьэ ити иһин таҥара диэн тугун билэ сатыырга холонуоҕуҥ. Сахалар таҥараҕа сүгүрүйэллэрин нууччалыы сурукка-бичиккэ 1742 сыллаахха суруйбуттара. Оччолорго, колониальнай политика Саха сиригэр олохтоммута биир үйэ буолбутун кэннэ, чинчийээччи Якоб Линденау официальнайдык тутуһуллар религиознай доктрина торумун билсибитэ. Онно Үһүөрэни (Троицаны ) сахалар таҥаранан ааҕаллара биллибитэ : «Бога и небо называют одним словом – Тангара, или Танара, но они разделяют божество на три лица и называют их : Ар–Тойон -- самое знатное божество, имеет престол в 9-м небе» ; Юрюнг Айыы-Тойон – брат первого, имеет жену Кюн Хотун, Сюгэ-Тойон -- третий, младший брат«.
1. Үһүөрэ Үһүөрэ (Троица) туһунан догмат христианствоҕа бэрт эрэйинэн бигэргэммит буоллаҕына, халдейскай, египетскэй, митраическай оскуолаларга өртөн ыла үөрэппиттэрэ. Халдейдар үһүөрэ туһунан идеялара аккадиецтар метафизическай үөрэхтэрэ этэ. Аккадиецтары индусскай брахманнар этилэр дииллэр.Балар төрөөбүт тыллара – санскрит. Маны таһынан мистерияҕа туттар туспа тыллаахтара.Бу тыл суруктара Кумбум диэн ытык мас хатырыгар уонна сэбирдэхтэригэр эрэ көстөрүн туһунан бары дойду анаттарыылаахтара уонна тибетскэй ламалар этэллэр. Индийскэй үс Веда хас биирдиитэ үһүөрэлээх. Онон үрдүкү көстүбэт күүс Сваямбхува тоҕус сирэйээх : бастакы үһүөрэ - Нара,Нари уонна Вирадьи ; иккис үһүөрэ - Агни, Вайя уонна Сурья ; үһүс үһүөрэ – Брахма, Вишну уонна Шива. Алларааҥы үһүөрэ киһиэхэ өйдөнүмтүө, буола турар быһыыга-майгыга сыһыаннаах.Атыннык эттэххэ, метафизическай буолбатах. Бу өттүнэн ыллахха, 1742 сыллааҕы тоҕус халлааннаах саха үһүөрэтэ таҥара дэнэрэ былыргы религиознай доктрина сорох символларыгар, каноннарыгар сөп түбэспэт.Ол курдук Айыы итэҕэлэ үс салаалаах : Айыы (итэҕэл сэһэнэ) , Айыы Таҥара (итэҕэл көмүскэлэ) уонна Таҥара (итэҕэл психофизическэй практиката) .Бу хас биирдиитэ тус туһунан Үһүөрэлээх. Бастакы үһүөрэ –Айыы, Айыы Тойон, Үрүҥ Айыы Тойон. Иккис үһүөрэ – Улуу Тойон, Буурай Тойон (Сүгэ), Дохсун Тойон.Үһүс үһүөрэ – Аар, Аар Тойон, Үрүҥ Аар Тойон. 1742 сыллаахха Я.Линденауга сахалар үһүс салааны – Таҥараны эрэ билиһиннэрбиттэрэ. Үрдүкү религиознай иерархия - Тойон, Дархан, Бахсы, Бөҕө уустара үрэллэн, икки сүрүн салаа айгыраабыта. Кут уонна сүр диэн религиознай тутаах өйдөбүллэр бобуллубуттара.Маны таһынан, ити кэмнээҕи таҥара өйдөбүлэ атын хайысхаламмыта. Ол сөп түбэспэт буолуу уонна уларыйыы туохха биллэрий ? Бастатан туран, таҥараны «бог» диир эбит буоллахтарына, «бог» тохсус халлааҥҥа олорбот, ити туһунан духовнай үөрэхтээх Овчинников 1897 сыллаахха «Таҥара – ... äîáðûé äóõ, áîã, áîãèíÿ, áîæåñòâî ÿçû÷åñêîå ; ãëàâíîå áîæåñòâî, живущее на седьмом небе» диэн аһаҕастык санаппыта.Христианскай кириэстээх * нуучча духоборецтара «Небо и ад нужно понимать духовно ; небесь семь : 1-ое смирение, 2-е разумение, 3-е воздержание, 4-е братолюбие, 5-е милосердие, 6- совет, 7 – любовь» диэни өргө диэри тутуспуттара. Былыргы религиознай доктрина быһыытынан Творец, Создатель хаһан даҕаны быһаччы сирэй ааттаммат. Атыннык ханалытан ааттыыр буолбуттар. Холобур, еврейдэр Адонай, Саваоф, Иегова, гректэр Теос, римляннар Янус-«двуликий» арийдар Дьяус-«двуликий», немецтэр Гоот – «хороший диэн. Балар бука бары Творец, Создатель күлүгэ эрэ буолаллар. Холобур, библейскэй Енох кинигэтигэр суруллубутунан, Иеогова олорор миэстэтэ «дворец из огня на седьмом небе». Маны «проявленный мир» диэн ааттыыллар. Бог диэн тыл ис хоһооно славяннар мифологияларыгар «доля», «счастье», «богатство» суолталаах. Былыргы персидскэй, индийскэй «удача», «доля», «счастье» диэннэртэн утумнанар.Онон ханнык да Творец, Создатель, Верховный правитель буолар кыаҕа суох. Бог диэни Творец өйдөбүлүгэр кэлин эрэ чугаһата сатаабыттар. Иккиһинэн, халлааны таҥара оҥостууну улаханнык саарбахтааччы Трощанскай буолбута : «У якутов решительно ничего не сохранилось о Небе божества ...вследствие чего невозможно выделить дохристианские верования о ТаІара«. Холобур, кытайдар курдук халлааҥҥа үҥэр-сүктэр, уруйдуур-айхаллыыр ураты сиэр-туом, сиэр-силик, үгэс баара сахаҕа соччо-бачча биллибэт. Ол оннугар уокка сүгүрүйэр, иччилэргэ хайыһар туом үтүмэн . Оттон Г.У.Эргис «Ñëîâî «òàҥàðà» â ÿêóòñêîì ÿçûêå ïîëèñåìàíòè÷íî, ïîìèìî çíà÷åíèя «видимое íåáî, íåáî êàê áîæåñòâî», îíî èìååò è äðóãèå çíà÷åíèÿ... áîã õðèñòèàíñêèé ; èêîíà, îáðàç; õðèñòèàíñêèå ïðàçäíèêè...» диэн быһаарыытыгар көстөр халлааны таҥара диэһин баарын бигэргэтэр. Итини эмиэ саха бөлөһүөгэ Д.С.Макаров эбии чиҥэппитэ : «В этом смысле, напр., говорили : ...таҥара сараабыт (небо рассвело), күннээх таҥара (солнечное небо)».Онон, көстөр күөх халлааны сэттэ хартыгаска үллэрииттэн таҥара диэһин үөскээбитэ бэрт дьэҥкэ курдук... Көстөр халлаантан ураты өссө көстүбэт халлааннары Тэрис «Айыы үөрэҕэр» билинэр. Кини этэринэн илин, соҕуруу, хоту, арҕаа халлааннар бааллар эбит. Илин уонна соҕуруу халлааннар үөһээ дойдуга, хоту уонна арҕаа халлааннар аллараа дойдуга туралларын ыйар. Илин халлааны тоҕус хартыгаска араарар уонна « арыт хартыгастары халлаан дииллэр.Тэрис инньэ гынан, илин туһаайыыга баар көстүбэт тоҕус халлааннаах, Үөһээ дойдуга олохтоох Үрүҥ Айыыга (Белый Творец) сүгүрүүйүнү хаттаан эргиттэ. Итиниэхэ «...үөһэ этиллэр түөрт халлаан көстүбэт-биллибэт эйгэҕэ киирэллэр. Кинилэр үөскүү, үрэллэ турар ис дьайыыны көрдөрөллөр, Айыы үөрэҕэ чуолаан ити эйгэни сэрэйэргэ» үөрэтэрин уонна түөрт халлаантан илин халлаан эрэ алгыска көтөҕүллэн турарын этэр. Өскө манан торумнатар буоллахха, халлаан Үөһээ дойдуга, Айыыларга, Үрүҥ Айыыга тиэрдэр суол-иис эрэ быһыытынан сыаналанар.Оттон, биллэн турар, суол-иис хайдах даҕаны муҥутуур үрдүк үрүҥ күүс буолбат. Онон халлааны таҥара (Бог) диэн туран, Айыы (Творец) таһымыгар тэҥниир хайа да өттүнэн сатала суох. Оччотугар таҥара тугуй ? Ыйытыыга эппиэти Трощанскай биэрэр. «...мы имеем два рода таІара, из которых один род является в виде неодушевленных деятелей, пребывающих в неодушевленных предметах.Кроме того, мы имеем еще один род таІара,- это ныне кыыс таІара и үір таІара.» Трощанскай европейскай кээмэйинэн айылҕаны тыына суох, тыыннаах диэннэргэ араарар уонна сүнньүнэн таҥараны «өлүү эйгэтинэн» кээмэйдиир. Таҥараны, саха киһитэ тоҕо эрэ ордук хото, өлүүгэ сыһыаран тутта сылдьыбыт. Онуоха Трощанскай этиитигэр дьүөрэлээх холобурдарга тохтуоҕуҥ. Ытыктанар киһи өллөҕүнэ «тàҥàðàëààта» диэһин туттуллар.Улаханнык саҥарбаттар, ол иһин буолуо, таҥаралаата диэһин магическай суолталанар. «Êûûñ Òàҥàðà îáùåå íàçâàíèå èäîëîâ, êîòîðûе, â ñëó÷àе ñìåðòè íåæíî ëþáèìîé äåâî÷êè, íåóòåøíûå ðîäèòåëè äåëàëè èç áàáêè ëîøàäè â âèäå êóêëû ñ ñåðåáðÿíîé ãîëîâîé, ëèöîì ïîõîæåé íà óìåðøóþ» эбэтэр «Òàҥàðà íàçâàíèå үөðý , íàñòîÿùåå èìÿ êîòîðîãî Õààí ×ýêýé.» Өлбүт киһи сүрэ сиргэ хаалан хааларын үөр диэн ааттыыллар. »Старинные шаманы могли воскрешать умерших, но такие ожившие умершие уже не были настоящими людьми, а были үөр т.е. абааһы, принявшие облик умершего». Ойууннар өлбүт киһи сүрүн хос көбүтэн дьүһүн-бодо гына көрдөрөллөр эбит.Оннугу үөр дииллэр уонна абааһы ахсааныгар киллэрэллэр. Үөрү мээнэ ыыппат туһугар былыр түктүйэҕэ хаайаллар эбит.Түктүйэ туһунан Сэһэн Боло бу курдук суруйбут : «Òүêòүéý äèýí áûëûðãû ñàõà òóîñ òàҥàðàòà. Òүêòүéýҕý òàïòûûð êèһèëýðèí үөðүí õààéòàðàí, îëîðîð äüèýëýðèí èһèãýð òóòòàëëàðà үһү.Êүүñòýýõ àáààһû үөðäýðèí îéóóíóíàí òóòòàðàí êүөñêý õààéòàðàëëàðûí êүөñ òүêòүéý äèýí ààòòûûëëàð. Îíó ñèðãý êөìөëëөðө үһү». Туос таҥараттан ураты өссө мас, таас таҥаралары тутталлара. Балар эмиэ түктүйэ араас көрүҥнэрэ буолуохтарын сөп курдук.Оччотугар өлбүт киһи сүрүн иҥэрэр, үүннүүр-тэһиинниир биир туспа үгэс үөскээн ааспыт чинчилээх. Өлбүттэр сүрдэрин ойууннар иҥэрэр эмэгэттэрэ таҥара дэнэрин бигэргэтэр чахчы аҕыйаҕа суох.Бу эмэгэт көмөтүнэн билиҥҥи киинэ, хаартыска курдук, былыр өлбүт киһи «мөссүөнүн» үйэтитэн көрдөрүү «технологията» үөскүү сылдьыбыт дуу диэҕи баҕарыллар. Этнограф Г.В.Ксенофонтов «Ойуун кыырарыгар таҥарата кэлэр.Таҥарата диэн урут өлбүт ойуун үөрэ буолар» диэн туран кэккэ холобурдары аҕалтыыр : «Тааппына уола Бүөтүр ойуун таҥаратынан Нөмүгү ойууна эбит» эбэтэр «Өрсүү нэһилиэгин ойууна Бөтүрүүҥкэ таҥарата Хоро ойууна Тиитэп этэ» диир уонна «Таҥаралаах киһи диэн человек, имеющий духов-покровителей» диэн түмүктүүр. Итинниги Вацлав Серошевскай үлэтигэр кытта булабыт. «Îҕóñ òàҥàðàëààõ ( øàìàí) èìåþùèé ñâîèì áîæåñòâîì (ïîêðîâèòåëем) áûêà ; íóó÷÷à òàҥàðàëààõ øàìàí, êîòîðîìó, âî âðåìÿ êàìëàíèÿ, ïðèõîäèò ðóññêèé äüÿâîë, òîҥóñ òàҥàðàëààõ øàìàí, ê êîòîðîìó ïðèõîäèò òóíãóñ-äóõ ( ýòè äóõè íàçûâàþòñÿ êýýëýýíè) ». Аны туран, ыарыыны эмтииргэ таҥаранан сирэйдэнэн үөрү үтэйии, алы гыныы баар. Итини Приклонскай бэлиэтээһининэн ситэриэххэ сөп : «Òàҥàðà – èäîë, äåëàåìûé â ÷åñòü äåìîíà Ìàҥàëàé êûûһà òûҥûðàõòààõ Êýýäüýé». Буор Маҥалайга уонна кини кыргыттарыгар тыҥырахтаах Кэдьэйгэ, Хаан Чэкэйгэ аналлаах эмэгэттэри таҥара диэһин баар эбит. Маны үксүн удаҕаттары кытта ситимнииллэр.Таатта олоҥхоһута М.Н.Андросова-Ионова быһаарыытынан Кыыс Таҥара диэн харах ыарыытын тарҕатар Хаан Чэкэйи этэр эбиттэр. Маны таһынан хараҥа таҥарата Дьэкэ Төҥүргэс Таҥара, Кийиити дьиэҕэ алҕаан киллэрэр ойуун - Таҥара алҕааччы, ыһыахха ыҥырыллар ойуун - Таҥара ыһыах бааллара биллэр. Балар кыырар кыырыылара, кутурар кутуруулара, үөтэр үөтүүлэрэ о.д.а. хас эмэ уонунан ахсааннаах сиэрдэрэ-туомнара билигин суох курдугун иннигэр, бэйэтин туһааннаах кэмигэр норуокка туһалаабыта чахчы. Уопсайынан саха таҥарата бүүс бүтүннүү ойууннар, удаҕаннар сиэрдэрин-туомнарын иһинэн туттуллар туох эрэ кистэлэҥ ньыма курдук өйдөнүөн сөп.Ону бэйэтин үлэтигэр Лев Гумилев бигэргэтэр. «...бурятский шаман...лечит и призывает дождь силою не духа помощника, а молитвой к тенгрию и обращением за заступничеством к духам предков». Аны кэлиҥҥи кэм учуонайдара таҥара өйдөбүлүн туһунан тугу этэр эбиттэрий ? «В тюркских языках «тангара» не только видимое небо с сакральным значением, но и божество.« диир учуонай Н. Алексеев. Оттон Элиаде Мерчи «Òåíãðè : Àëòàéñêîå ñëîâî, ïåðâîíà÷àëüíî óêàçûâàþùåå íà âíåøíèé îáëèê íåáà ; òþðêñêîå è ìîíãîëüñêîå íåáåñíîå áîæåñòâî» диирин ааһан, алтай тыла буоларын ыйар. С.Ю. Неклюдов «...òåðìèí òåíãðè çàêðåïëÿåòñÿ çà êëàññîì íåáåñíûõ áîãîâ â ïîëèòåèñòè÷åñêèõ ðåëèãèîçíûõ ñèñòåìàõ, ïðåæäå âñåãî ó ìîíãîëüñêîãî íàðîäîâ» диэн туран, быһа бааччы монголларга сыһыарар. Сыанабыллар туох уопсай сүрүннээхтэрий ? Бастатан туран, таҥара диэн көстөр халлаан. Иккиһинэн, христианскай символынан Бог. Үсүһүнэн, алтай тыла буоларын сабаҕалааһын. Төрдүһүнэн, монголлар халлааҥҥа баар үрдүк күүстэри таҥаранан ааҕаллар. Түүрдэр руналарын үөрэппит Н.К.Антонов бэйэтин үлэтигэр Кюль Тегин мэҥэ тааһыгар суруллубут суруктары туттубута.Таҥараҕа сыһыаннаах маннык этиилэри суруйбута : «Үçý òүðê òýҥðèñè.Үөһý òþðäàð òàҥàðàëàðà», «Òýҥðè òөïýñèíòý òóòûï. Òàҥàðà òөáөëөðүòòýí òóòàí» , «Үçý òýҥðè áàñìàñàð. Үөһý òàҥàðà áàòòààáàòàð.» Бу этиилэргэ таҥара халлааҥҥа олороро ыйыллыбат. Абстрактнай туһулааһын оҥоһуллар. Оттон абстрактнай туһулааһын хайаан даҕаны халлаан суолталаммат... Түүрдэр руническай суруктара сүрүннээн үс үрдүк күүһү эрэ үйэтиппитин этнограф А.И.Гоголев бу курдук туһулаан этэр : «Â îðõîíñêèõ òåêñòàõ íàçâàíû ëèøü òðè áîæåñòâà –Òåíãðè, Óìàé è Ûäóê éåð-ñóá». Тенгрини кытта тэҥҥэ ахтыллар Умай туһунан былыргы түүр тылдьыта маннык быһаарыыны биэрэр : «Óìàé - ïîñëåä. Äåòñêîå ìåñòî, ÷ðåâî ìàòåðè: ..Óìà (òèá.?) ìàòü».Тибеккэ биир ытыктыыр күөллээхтэр : Дангра – Ума (юма). Тылбааһа – «Мать Дангра». Тянь-шаҥҥа Тенгри тепе диэн хайа чыпчаала баар.Түүрдэргэ уонна тибеттэргэ Умай майгыннаһар өйдөбүллээх эбит. Аны туран, религиознай өйдөбүллэринэн тибеттэр буддизмҥа ордук чугастар. Онон Индия мифологиятыгар эмиэ сыһыаннаахтар.Ол курдук тибеттэргэ ахтыллар Умай, Ума өйдөбүлэ Индия мифологиятыгар бэрт толору сылдьар. «... â èíäèéñêîé ìèôîëîãèè èìÿ äî÷åðè Ãèìàâàòà, íàõîäÿùåéñÿ â ñóïðóæåñòâå ñ Øèâîé è ïîëó÷àþùèé áîëåå ïîçäíèå ýïîõè èíäèéñêîé ìèôîëîãèè ìíîãî÷èñëåííûå äðóãèå ïðîçâèùà. Èìÿ Óìàé – ñàìîå äðåâíåå è ïîÿâëÿåòñÿ âïåðâûå, êàê èìÿ ñóïðóãè áîãà Ðóäðû, ïðîòîòèïà Øèâû, óæå â âåäèéñêèõ òåêñòàõ...» Онон Умай, Ума биһигини Индияҕа тиэртэ.Оччотугар тенгри эмиэ туох эмэ сыһыаннаах дуо ? Казах учуонайа, академик Марат Барманкулов чинчийэринэн, түүрдэр өбүгэлэрин тыла биһиги эрабыт иннинэ 3-2 тыһыынча сыллардаахха Индияҕа үөскээбит дравидтарын цивилизацияларыттан силис тардар эбит.Дравидтар буоллаҕына Тибеты, Бирманы кытта ыкса сибээстээх олорбуттар. Биһиги эрабытыгар 580 сыллаахха Түүр илиҥҥи каганатын баһылыга Таспар-каган буддизм тутаах айымньыларын бүтүннүү кэриэтэ оччотооҕү тылга тылбаастаппыта. Ол курдук «Нирвана сутраны», «Суварна прабха сутраны»,«Сад дхарма пундарика сутраны»,«Арья раджа вавадака махаяна сутраны» о.д.а. религиознай үөрэхтэри түүрдэр билсэр кыахтаммыттара. Лингвистэр суруйалларынан уонна былыргы түүр литературата туоһулуурунан, тылбаас бары кэриэтэ уйгуур суругунан оҥоһуллубута. Англичанин А. Стейн хотугулуу арҕаа Кытайтан, Дуньхуан диэн сир «Пещера 1000 будд» храмтан атыыласпыт фрагменнара, иран тылыттан тылбаастаммыт «Покаянная молитва манихейцев»**, буддизм Суварнапрабхасата - «Алтун йарук» («Золотой блеск») о.д.а. уйгуурдуу суруллубуттара. Оттон уйгуур суруга согдийскай (иранскай), ону ааһан арамейскай (семитскэй) тартарыылааҕын идэтийбит специалистар ыйаллар.Онон түүр тылыгар буддизм үөрэҕэ уйгуур (иран уонна семит былааһыктаах) тылынан тылбаастанан киирбитин эмиэ учуоттуох тустаахпыт... Бурят учуонайа И.А.Манжигеев буддизм уонна тенгри алтыһыыларын маннык холобурга булар : «Часто употребляется по отношению к Тенгри буддийский эпитет «самовозникший». Различные Тенгри называются « возникшими не показывая себя», « не имеющими рук и ног». Тенгри диэһин буддийскай «самовозникший» суолталааҕа уонна тыыннааҕымсытыллыбат, чопчу сирэйдэммэт өйдөбүл буолара этиллэр.Түүрдэр «үөһээҥҥи» дииллэригэр майгынныыр. Тенгри өссө буддийскай өйдөбүлгэ чугаһын таһынан, кэлиҥҥи түүр тылыгар кыайан хапсыбатын, бастатан туран, лингвист Дерферд Герхард научнай үлэтиттэн холобурдуохха сөп.«Слово тэнри...имеет очень своеобразную структуру.Сочетание согласных =нр и вообще весь облик слова не тюркские.А поскольку к тому же во многих тюркских языках это слово выступает в форме танри… легко предположить, что первоначальной была форма танри ( которая позднее была фонетически по-разному адаптирована в соответствии с возможностями тюркской гармонии гласных ). А это форма уже в силу отсутствия гармонии гласных не могла быть исконно тюркской». Тенгрибит, тэнрибит төрүт олоҕо танри эбит.Танри диэҥҥэ сыһыаннаах Индия эрдэтээҥҥи религиознай өйдөбүлэ тантра, тантризм баар. «Истоки тантризма восходят к древним культам плодородия и соответствующим обрядам.Стимулированные древнеиндийскими поисками спасения, мокши и нирваны, древние обряды и культы под воздействием брахманизма и раннего буддизма приобрели иной облик и иную направленность.Возникло учение Дарани-тантризм, который сыграл существенную роль в становлении как индуизма, так и ламаизма. В индуизме тантризм проявился в форме шиваизма.» Религиялар историяларын ырытааччы Л.Васильев суруйуута итинник. «Дарни (дхарани) – магическая формула, заклинание» диэнтэн үөскээбит «тàíòðà» – «ïåðåïëåòåíèå», «òàҥàðà» – «òàҥыы» äèýííýð àéûëҕà àðààñòûê òàҥûëëàí èëý ÷àõ÷û êөñòүүòүãýð (проявленный мир) áûһà÷÷û ñûһûàííààõòàð.Ону ааһан, киһи мистическэй ньымаларынан психофизическэй энергияны бэйэтин иһигэр чараас эйгэ гына таҥара, эбиитин таска таһааран көрдөрөрө эмиэ итинник ааттанар. Àíãëèéñêàéäûû «òýíäæè-ñïóòàííûé êëóáîê, ñïëåòåíèå», «òýíæèáëè – îñÿçàåìûé, ìàòåðèàëüíûé» äèýííýð ýìèý ÷óãàñтар. Балары таһынан исламҥа туһаныллар психофизическэй эрчиллиини тарика, тахара дииллэр. Даосизм метафизикатыгар туттуллар дань - «киноварь», дань-тянь кытта мистическэй ньыманан ис туругу таҥыыга сыһыаннаахтар. Перуанецтарга Үһүөрэни (Троица) сирэйдээччи аата Танга-танга дэнэрэ эмиэ баар.Маныаха даҕатан эттэххэ, кэлиҥҥи түүрдэргэ дарни (дхарани) бастакынан тылбаастаммыт «Сад дхарма пандарика сутра» үөрэх иһинэн тарҕаммыт чинчилээх. «... в буддийской тантре была введена в широкий обиход мандала – своеобразная графическая диаграмма Вселенной, насыщенная магическими знаками и символами, имевшая множество вариантов и модификаций. К числу философских основ буддийской тантры следует отнести и Калачакру «Колесо времени», в рамках которого 60-летний звериный цикл символизирует кругооборот человека в кармическом мире сансары. Однако главное в буддийской тантре, - как впрочем, и в индуистской, - не философия, а практика, т.е.мистика и магия, которыми обрамлялись все акции ее последователей.» Буддийскай тантризмҥа баар мандала –мандар, «Колесо времени» - Дьыл эргиирэ, 60 сыллаах кыыл цикла – мүһэлгэ, карма эйгэтэ – кыраман, сансара – саҥ сарааһына, саҥ тардыы, мудра – муундара -- барыта саха олоҕор туттуллан, туһаныллан ааспыттарын бигэргэтэр чахчылары ойууннар, удаҕаннар сиэрдэригэр-туомнарыгар үгүһү булуохха сөп. Онуоха ойууну индийскэй йогинҥа (йоганы тутуһааччы), удаҕаны буддийскай дакинига чугаһаттахха, саха сорох былыргы практическай мистикатын, магиятын быһаарар кыахтанабыт. Йога туһунан бэйэтин академическай үлэтигэр Георг Ферштайн «...òàíòðà ïðîÿâëÿëà ôèëîñîôñêîå ïî÷òåíèå ê æåíñêîìó ïñèõîêîñìè÷åñêîìó íà÷àëó (èçâåñòíîìó êàê øàêòè), êîòîðîå äàâíî áûëî ïðèçíàíî â ñóãóáî ìåñòíûõ êóëüòàõ ïîêëîíåíèÿ æåíñêîìó áîæåñòâó» диэһинэ сахалар Кыыс Таҥараларыгар, Сах таҥараларыгар, Айыыһыттарыгар, Иэйиэхситтэригэр, Айыы Намыһын удаҕаннарыгар, дьахтар бэргэһэтин эр киһи кэтэн туран алҕааһыныгар быһаччы сыһыаннаах буолан тахсар.
2. Таара-Тора-Т Иккиһинэн, Дерферд Герхард сабаҕалааһыныгар хабааттар этиини саха этнограба Г.В.Ксенофонтов оҥорбута. Татаардар таҥараны «таара» дииллэр, онуоха «носовое придыхание «нг» едва слышится слышится» диэбитэ.Түүр тыллаах татаардар таҥараны ала чуо «таара» дииллэригэр «нг» иһиллибэт эбит. Учуонай Дерферд Герхард итини түүр тыллаахтар биир сүрүн уратыларын курдук этэр. Ону Гаврил Ксенофонтов өссө букатын эрдэ бигэргэппит. Татаардар таҥараны «таара» дииллэр. «Таара» диэһин биир өттүнэн Тораҕа (еврейск. «учение») майгынныыр.Тоҕо диэтэххэ, татаардар төрүттэрэ «татаар» - библейскэй номохтон утумнанар киһи. Онон «Таара» уонна «Тора» ханыылыы буолуохтарын сөп. « Откровение дарованное Всевышним Израилю через пророка Моисея ; основа иудейской религии. Тора существовала до сотворения мира и послужила чертежом по которому была создана Вселенная. Поэтому она содержит в себе все знания о мире, человеке и Боге, тот, кто изучает Тору, обретает свободу, счастье, долгую жизнь и бессмертие» дэнэр. Таара, тора диэннэргэ дорҕоон эрэ быһыытынан буолбакка, өйдөбүл өттүнэн эмиэ чугас «тура, тоҕра, туҕра» диэннэр бааллар. В.Радлов итини монограмма, султан монограммата буолар диир. Атыннык этэххэ, сурук эбэтэр бэлиэ. Өссө туран, түүрдэргэ «төрэ-закон», «тоҕа-правило» баалларын ыйарбыт эмиэ наада. Еврейдэргэ - Тора, татаардарга - Таара, индиецтэргэ - Дарани, арабтарга –Тараки сүрүн төрүт олоҕо «тар». Аны туран, бу тыл тоҕо «Т» бууккубаттан саҕаланарый ? «Кистэлэҥ үөрэххэ» этиллэринэн, «Т» графическай ойуу буоларын таһынан, космогоническай символ.Уот бэлиэтэ. Олоҕу символлыыр Тау - былыргы египетскэй кириэс.Иезикииль кинигэтигэр сурулларынан, итинник кириэһи айдарыылаахтар сүүстэригэр өркөн бэлиэ гына бэлиэтииллэрэ. «Т» маны таһынан иврит алпаабытын тиһэх бууккубата. « Т свидетельствует гармонии : еще нет борьбы, еще Начала не разьединены, поэтому этот знак всегда в веках будет хранить об изначальной, двуединой Энергии – Матери-Рождающей, обьединенной в Единое с Отцом и Сыном, Этот знак непостижимой Триады».Өссө туран, Египетскэй «Т» кириэһинэн Бары планетаттан Дьэллэҥэни (Венера) бэлиэтииллэр.Ол аата «дьахтар» планетаны «Т» кириэһинэн символлаабыттар. Каббалистическай манускрипт бу астрономическай бэлиэни маннык быһаарар : «означающий существование зарождающей энергии в половом смысле, он был одним из атрибутов Изиды Матери, Евы, Навах или Матери Земли и признавался таким всеми древними народами в той или иной форме выражения». Былыргы сахалар дьахтары Таҥара диэһиннэрэ уонна египетскэй «Т» кириэс дьахтар таҥараҕа сыһыаннааҕа былыр биир уопсай төрүт баарын туоһулуур... Гримм Сокуонунан сирдэтэр буоллахха, Т уонна Д бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр эбиттэр. Холобур, тевтоннар Тиус уонна латыыннар Деус (гректии Теос) диэннэрэ «Божество» өйдөбүллээхтэрин быһыытынан.Бу маннык көстүү Кытай философиятыгар кытта баар : Тай («Великий» уонна Дао («Путь»).Оччотугар тевтоннар Тиус, гректэр Теос, латыыннар Деус, кытайдар Тай, Дао диэннэрэ египетскэй Тау-ны кытта религияҕа биир тэҥ баайыылаахтарын ааһан, тыл быһыытынан биир төрүт олохтон туралларын билиниэх кэриҥнээхпит.Ону ааһан, мунаах буолбут те-гин, ти-инь, дао-йун (тойун, тойон), тай-цзы, те-цзинь диэннэр «слуга бога», «раб божий» өйдөбүлү биэрэллэрин кытта.Тоҕо диэтэххэ, бу тыллар бастакы сүһүөхтэрин кытайдар те-, ти-, дао-, тай- диэн сурукка чопчу араараллар.Арааралларын ааһан, тау, «теос-бог» суолтаҕа үрдэтэ сыһыаннаһаллар. Сейиди Мохиидддин ибн Араби бууккуба наукатын туһунан метафизическай принциптэри тэнитэн быһаарарыгар, халлааны Айыы бөрүөтүнэн суруллубут сүүнэ кинигэ курдук сыаналыыр. Ити «илэ биллибэт суругу» Айыы этээйитэ, мэҥэ иччи буолар диир. «Таким образом, чтобы по-настоящему понять значение символики букв и чисел, нужно некоторым образом пережить ее практическом приложении, вплоть до обстоятелств повседневной жизни, как это возможно в иных восточных странах» диир Рене Генон. Аны туран, аныгы саха эйгэтигэр таҥара өйдөбүлүн кытта христианскай кириэһи биир курдук санааһын баар.Ол төһө сөбүй ? Христианскай кириэс историята маннык. Төрдүс үйэҕэ Римскэй империя христианствоны бигэргэтэргэ сэрииһит варвардары «Иисус буойуннара» оҥостубута уонна кинилэр сэбиргэллэрин - үҥүүнү, батаһы кириэс гына ылыммыта.Үҥүү түҥ былыргы символ быһыытынан фаллос, оттон батас - «женский символ длительности жизни» суолталаахтара.Дьэ тоҕо итинник гыммыттарай ? Киһи-аймах уопсай төрдө ырайга олорон, Айыы (Творец) духовнай үүннэриититтэн туораан, аҥардастыы физическэй ууһааһыҥҥа барбыт. Бу аан бастакы аньыы-хара, киртийии курдук сыаналаммыт. Бу буруйу боруостуурга хааннаах толук туттар буолбуттар. Чуолаан, сарбыйыы (обрезание) туома баар буолбут.Оҕо төрөөбүтүн ахсыс хонугар сарбыйыы туомун оҥорор эбиттэр. Оттон христианство киириитинэн маннык хааннаах толуктан аккаастаныы саҕаламмыт. Саҥа солбугу көрдөөбүттэр уонна сарбыйыы туомун үҥүү-батас кириэһинэн-фаллическай символынан солбуйбуттар. Е.Блаватская этэринэн, бу христианскай кириэс «есть символ мужского и женского принципа в природе, положительного и отрицательного» суолталаах эбит. Онон христианскай кириэс аан бастакы аньыыны-хараны толунар бэлиэ буолбут. Бу түмүгэр кириэстээх походтары оҥоруу, дьону күүс өттүнэн кириэстээһин, утарсааччылары кириэскэ кэлгийэн тыыннаахтыы тириитин сүлүү, уокка уматыы барбыта. Маннык дьулаан быһыы 1095 сылтан күөдьүйбүтэ.Византия императора Алексей Комнин көрдөһүүтүнэн, Римнээҕи папа Урбан Иккис бэйэтин сэрииһиттэрин Малай Азияҕа, Палестинаҕа христианнары көмүскэтэ диэн утаарбыта. Дьиҥэр, үҥүү уонна батас символлаах рыцардар церковтан, папаттан тутулуга суох буолан барбыттара.Христианскай церковь аата-суола, аптарытыата биллэ мөлтөөбүтэ.Дьэ ити иһин «кирдээх» мусульманнартан христианнары быыһааҥ, «Таҥара хоруобун» кинилэртэн былдьааҥ диэн Рим папата туску туһаайаат, «Иисус буойуннарын» бэйэтиттэн дьалты гыммыта... Ити курдук, христианскай кириэс диэн төрөөһүн уонна өлүү кэрэһитэ эрэ буолбакка, хааннаах толугу солбуйар символ эбит.Маны былыргы сахалар кырыыһы күүһүрдэргэ, бигэргэтэргэ тутталларын туһунан Багдарыын Сүлбэ « Сири-халлааны кыйа анааран» кинигэтигэр кытта холобурдуур.Христианскай кириэһи египетскэй «Т» кириэһи уонна «Т»-тан төрүттээх таҥараны кытта тэҥниирэ букатын сыыһа. Сыыһатын ааһан Тау, Тора, Таҥара диэни тутуһааччылар христианскай кириэһи киллэрбиттэрэ диэһин бэрт эндиэлээх соҕус... Аны, христианскай кириэскэ дууһа диэн канон тутуһуллар. Саха ойууннара быһааралларынан, киһи тыыннааҕар эрэ куттаах-сүрдээх. Өллөҕүнэ дууһаланар.Оттон дууһаны таҥараһыттар өлүүгэ сыһыаран билинэллэр. Дьэ ити иһин Айыы итэҕэлигэр христианскай кириэс оннугар үүнүү-сайдыы бэлиэтэ үс бастаах үнүгэс (лотос), дууһа оннугар тыыннаах буолууну хааччыйар кут-сүр туохтааҕар да үрдүктүк сыаналанар.
Ххх
Таҥара туһунан өйдөбүлү олохтоон чинчийэр буоллахха, бастатан туран, бу былыргы религиознай символ, канон âåäèéñêýé ýïîõàòààҕû éîãàҕà, èíäóèçìҥà, äæàéíèçìҥà, áóääèçìҥà áààð тантраны (магическай формула үөрэҕин), òàíòðèçìû êûòòà áûһà÷÷û ñèòèìíýýõ. Онон таҥара үөрэхтээх ойууннар, таҥаралаах удаҕаннар аптара-алыптара, хоп-хомуһуннара тантризм практическай магиятыттан, мистикатыттан улахан уратылара суох. Арай õðèñòèàíñòâî киириитинэн «áîã», «небесное божество», òàíàòîëîãèÿ (òàíàòîñ-ñìåðòü) ñóîëòàëàðû ýáèè ñûһûàðûнан, таҥараны – магическай формуланы, мистиканы туһаныы практиката православие доктринатыгар барбах чугаһаан эрэ биэрбит. Иккиһинэн, таҥараны түүр тыллаах татаардар таара диэһиннэрэ быдан эрдэтээҥҥи өйдөбүл эбит. Ол холобурун иудаизмҥа тора- «учение», индуизмҥа, джайнизмҥа, буддизмҥа,ламаизмҥа дарани («тантра») – «магическая формула», түүрдэргэ төрэ- итэҕэл сокуона, исламҥа тараки- «путь» (психофизическэй эрчиллии) диэннэргэ көрөбүт. Үсүһүнэн, Тора, Таара, Төрэ, Дара диэһин «Кистэлэҥ үөрэххэ» баар космогоническай символы, бэлиэни кытта сибээстээх. Былыргы түүрдэр космогоническай символы тура, тоҕра, туҕра дии сылдьыбыттара да бигэргэтэр. Мантан көстөрүнэн, таҥара диэһин тоҕра туҕра диэнтэн силистэммит курдук. Төрдүһүнэн, Таҥара үөрэҕэр (Тора, Тантра, Төрэ) сирдээҕи олоххо уот, сырдык, дьахтар таҥара курдук сыһыаннаһыы былыргы египетской «Т» кириэс өйдөбүлүнэн барбыт.Кэлин ити христианскай кириэскэ «көспүт». Бэсиһинэн, таҥара өйдөбүлэ Айыы итэҕэлигэр бэйэтэ үһүс салаа быһыытынан тус миэстэлээх.Ол да иһин өбүгэлэрбит Айыылары, иччилэри кытта таҥаралары мээнэ буккуйбакка илдьэ кэлбиттэр.Итилэри барытын оччолорго арааран өйдүүллэрэ көстөр. Түмүктээн этэр буоллахха, космогоническай символ быһыытынан бастаан утаа илэ көстөр халлааны, сулустары, күнү-ыйы таҥара диэбит буоллахтарына, салгыы кыылы-сүөлү, сири-дойдуну, бэл оннооҕор, киһини таҥара оҥостуу барбыт.Онон туох баар илэ көстөргө бүтүннүүтүгэр космогоническай бэлиэ быһыытынан сыһыаннаһыы таҥара дэнэр буолбут... «Человек слуга и истолкователь природы, столько совершает и понимает, сколько позволяет ему его наблюдения за порядком природы, проявляющимся в вещах или в разуме, и свыше этого не знает и не может» Итинник быһаарыыны 1620 сыллаахха «Саҥа Органон» диэн үлэтигэр Фрэнсис Бэкон диэн оҥорбута. Айылҕа бары илэ көстүүтүн космогоническай символ гына сыһыаннаһыы илиҥҥи цивилизацияҕа олус диэн тэнийэ сылдьыбыт.Оттон тэнийии ханна да буоларын курдук, үксүгэр үтүктүү, үтүктүһүү бэрээдэгинэн барар үгэстээх.Тоҕо диэтэххэ, ханнык баҕарар общественнай процесс буола турар баһыйар быһыыны-майгыны эбэтэр ураты күүстээх туох эрэ саҥа хамсааһыны батыһыыга, тутуһууга олоҕурар.Сахаҕа оннугу былыр «дьүһүк кубулуйуу», аныгы кэмҥэ «эксперимент», «культурнай сүүрээн», «муода» диэн ааттыыллар.Французскай социолог Габриэль Тард этэринии, ханнык баҕарар үтүктүү « ...выходит далеко за пределы умственного мира и заключает в себе с действиями интердуховными...» диэхпитин сөп.Оттон сахаҕа религиознай этическай сыаннас быһыытынан таҥара өйдөбүлэ элбэхтик ырытыллыан, чинчийиллиэн, үөрэтиллиэн наада.Онуоха олох урукку үгэстийбит майгытыгар кини туох дириҥ төрүттээҕин философия, теология өттүттэн ымпыктаан-чымпыктаан билиэхтээхпит.
А.Павлов-Дабыл.
|
Category: Итэҕэл | Added by: uhhan (2008-11-01)
|
Views: 6366 | Comments: 1
| Rating: 0.0/0 |
|
Total comments: 1 | |
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 41 Ыалдьыттар (гостей): 41 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|