Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Итэҕэл

Уххан. "Саха итэҕэлигэр сыһыан" 1

Уонтан тахса сыллааҕыта, мин “ Эдэр коммунист” хаһыакка, “ Итэҕэлэ суох норуот- суох” –диэн ыстатыйа суруйан турардаахпын. Ол онтон ыла ЭК , Сахаада хаһыаттарга, тиһигин быспакка, саха Айыы Итэҕэлигэр сыһыаннаах үгүс элбэх суруйуулар бэчээттэннилэр ини бэчээттэммэтилэр ини. Ол тухары ,саха омуга, омук -быһыытынан итэҕэлэ суох норуот- диэн эппиттэрин өйдөөбөппүн. Научнай үлэлэргэ да оннук бигэргэтии баарын өйдөөбөппүн. Мөккүөр баара. Ол мөккүөр сүнньүнэн, саха итэҕэлин өйдөбүллэрин ырытыыга, итэҕэли норуокка хайдах тийэрдэбит диэҥҥэ түмүллэрэ.
Биллэн турар, уһун кэмҥэ Россия холуонньата буолан олоруу, православие онтон коммунизм итэҕэллэрэ саха омук үгэстэргэ олоҕурбут Айыытын итэҕэлин төрдүттэн суох оҥорорго ыыппыт идэмирдээх дьайыылара суола- ииһэ суох хаалбатаҕа.
Сахалар, төһө да сүрэхтэммиттэрин иһин, Иисус Христоска буолбакка, бэйэлэрин Айыы Таҥараларыгар үҥэллэрин-сүктэллэрин тохтоппотохторо. Кинилэр бэйэлэрин хааннарыгар баар, куттарыгар- сүрдэригэр иҥэ сылдьар, олох олоруу майгыта буолбут итэҕэллэрин хайдах да, ылбычча, быраҕар кыахтара суоҕа.
Арҕаһыттан тэһииннээхтэрин, Айыы Хаан аймахтара дэнэллэрин, көхсүттэн көнтөстөөхтөрүн, Күн Өркөн Ууһун оҕолоро буолалларын өйдүү- саныы сылдьар сахалар, хаһан да түһээн баттаппатах кэлии дьоннорун үһү- таамах курдук кэпсээбит Иисус Христостарын бэйэлэрин Айыыларыгар тэҥнээн итэҕэйэр кыахтара суоҕа.
Урут, дьаһаах ыар баттыгын чэпчэтээри, күһэйии бэрдиттэн ыгыллан сүрэхтэнэллэрэ. Ону күүскэ ирдииллэрэ. Биллэн турар баһылыыр кэлии омукка тэҥ буола сатааһын ханна барыай. Бэл, хомуньууһум итэҕэлэ, атын итэҕэллэри барыларын хам баттаабыт кэмигэр, сахалар Айыыларыгар итэҕэллэрин сүтэрбэтэхтэрэ. Хата ити кэмҥэ саха итэҕэлэ науканнан омсолоохтук, баһааҕырдыылаахтык да буоллар чинчиллибитэ, ырытыллыбыта. Фольклористарынан үгүс элбэх матырыйаал хомуллубута. Ол барыта кэлин уһугар итэҕэли сөргүтүүгэ туһалаабыта, туһалыа да турдаҕа.
Сахалар итэҕэллэрин тоҕо умнубаттарый?
Тоҕо диэтэргит саха кырдьаҕас омук. Этэргэ дылы ,,консерватор омук,,. Кырдьаҕас аата кырдьаҕас- үгэһин ыһыктыбат. Эдэр омук ол-бу арааска бэринимтиэ буолуон сөп. Аны туран, Иисус Христос кинилэри, бу тыйыс дойдуну баһылаан дьиэтитэн, ньээкэ уйа оҥостон олорорго үөрэппэтэҕэ. Кинилэр , айылҕаны кытта өрүү дьүөрэлэһэр, өрүү айарга- тутарга, биири- биэс гынарга, иниики дьулуһарга, санааны түһэрбэт, кэхтибэт, кэлэммэт буоларга үөрэтэр, иитэр Үрдүк Үрүҥ Айыыларын үҥэллэрэ, дойду ииччилэригэр сүгүрүйэллэрэ. Онно анаан араас сиэри- туому толороллоро, ытыгылыыллара, ыһыахтары ыһаллара, уокка ас кээһэллэрэ, билгэлииллэрэ, таҥхалыыллара. Тастарыгар таһаарбатахтарын да иһин истэригэр барытын билэн, сэрэйэн сылдьаллара.
Ол барыта , сахалар олох олорор майгыларыгар- сигилилэригэр, аан дойдуну уратылаахтык көрөр анаарыыларыгар, үчүгэйи, куһаҕаны араарыыларыгар, саныыр санааларыгар, тылларыгар -өстөрүгэр сытар.

Уларыта тутуу хомуньууһум итэҕэлин суох оҥорбута.
Норуоттар икки – саары икки ардыгар ыйаммыттара. Үчүгэйи- куһаҕаны араарар, анаарар тирэхтэрин сүтэрбиттэрэ. Демократия кэллэ, көҥүл туругурда- диэн кураанах куолу, үлэлээбэт сокуоннары ылыныы уонна быыс кэм иэрэҥ- саараҥ туруга мировоззренческэй, духовнай тирэхтэниини, сүрүннэниини аҥардас бэйэтинэн биэрэр кыаҕа суоҕа. Омук бэйэтин сирэйин көрдүүр үлүгэригэр түспүтэ. Православие итэҕэллээхтэр библияларын, исламнар кораннарын хостообуттара. Итэҕэллэригэр тирэҕирэн бэйэлэрин национальнай идеяларын олоххо киллэрэн барбыттара.
Сахалар- биһиги, кэм- кэрдии ирдэбилиттэн хаалан хаалар туспут суоҕа. Умнуллубуту санатаары, өлүктүйбүтү тилиннэрээри, куппутугар- сүрбүтүгэр куулайан, ааспат арахпат ахтылҕан буолан аала сылдьар бэйэбит Айыыбыт итэҕэлин сөргүппүппүт. Ити , омук быһыытынан тыыннаах хааларга суол этэ. Саха - һахатынан кэрэтин өйдөөһүн барбыта. Сахабын ээ- дииртэн сааппат буолбуппут. Уонча сыл ааспытын кэннэ анааран көрдөххө, бэйэбит төрөөбүт тылбытыгар уонна итэҕэлбитигэр сыһыаммыт биһирэмнээх өттүгэр лаппа хайыста.
Айыы үөрэҕэ, Таҥха, Билгэ, Удьуор о.д.а. үөрэхтэр суруллубуттара. Бу соторутааҕыта , Ф.С. Тумусов көҕүлээһининэн уонна саламтатынан ,,Ыал Бии Билиитэ,, диэн бэртээхэй үлэ бэчээттэнэн таҕыста.
Инньэ гынан биһиги, хааммытыгар баары хаһыспыппыт,
, ыалга умналаһа барбатахпыт. Бу- тарбахтан эмэн оҥоруу буолбатах. Бу- өйбүт- санаабыт, толкуйбут, баҕарар баҕарыыбыт, ырабыт, анаарыыбыт, дьоҕурбут, талааммыт дириҥ долоҕойуттан өлбөт- сүппэт сүбэни хостооһун курдук этэ. Бу үлэ саха байаанын өйүн- санаатын күүрүүтүнэн, үтүөҕэ- кэрэҕэ дьулуурунан обшественнай таһымҥа оҥоһуллубута.

Россия састаабыгар баарбытынан, үөһэттэн баһылыыр- көһүлүүр култуура, итэҕэл биһиги уратылаахпытын билиниэн баҕарбат дьйыытыгар түбэспиппит. Ордук, бу Путин олоруоҕуттан ыла, имперскэй, великодержавнай амбициялар государственнай тыһымҥа ордук билиннилэр.
РУС.Православие кэмэ кэлбитин өйдөөн, духовнай РОС.империятын бөҕөргөтөргө, дьайыытын кэҥэтэргэ күүскэ турунна. Итэҕэл, култуура, үөрэх, духуобунас барыта РУС эбэтэр РОС –диэн самалыктаах буолан турда. Урут советскай диэн буолара.
Урукку ССРС территориятыгар олорор бары омуктарга, дууһа үллэһигэр тииһинээри аан дойду араас итэҕэллэрэ бары өтөн киирдилэр.

Биһиги республикабытыгар 95 регистрацияламмыт, (1995 с. –27 этэ) биллэринэн эрэ 30-ча регистрацияламматах араас итэҕэл холбоһуктара бааллар. Аҥардас нуучча православиятын 35 холбоһуга үлэлиир. Омук сириттэн кэлэн 100-чэ миссионер үлэлиирэ биллэр. Хаһан да үөйбэтэх- ахтыбатах итэҕэллэрбитин тарҕатааччылар саха сирин тэпсилгэн оҥоһуннулар. Хас биирдии муммут- тэммит уонна тугун –ханныгын өйдүү илик эдэр сүрэхтэр ааннарын тэлэйдилэр, куттарын- сүрдэрин буккуйдулар. Элбэх саха эдэр, саастаах да дьоно тоталитарнай, диструктивнай секталар дьайыыларыгар түбэстилэр. Ааһа баран кинилэри батыһан да барааччылар баар буоллулар.
Герман аҕабыыт баһылыктаах, православяны тарҕатааччылар, саха- омук быһыытынан ,, төрүт итэҕэлэ суоҕун,, дакаастыы, най барбыттары уонна кыра оҕолору сүрэхтии саха түөлбэлээн олорор улуустарын кэрийэллэр. Ордук илин эҥээр улуустар хабылыннылар. Саха сиригэр үгүс храмнар, церьковтар, часовнялар сөргүтүлүннүлэр, эбии тутулуннулар. Православие култууратын историятын
үөрэтии оскуолаттан үрдүк үөрэххэ тийэ киирдэ. Духуобунаспыт академията православияннан кынаттанна. Библия сахалыы тылбаастанан тарҕатылынна.
Биһиги Айыыбыт итэҕэлин тарҕатыы, онно аналлаах дьиэлэри тутуу, кинигэлэри таһаарыы, үөһэттэн өйөбүлэ суох буолан харгыстанна. Дьокуускай куораты улахан итэҕэллэр храмнара, мечеттэрэ иилээн эрэллэр. Саха омук Айыытын итэҕэлин көрдөрөр, үөрэҕин тарҕатар, арчылыыр улахан дьиэтин тутуу кыһалҕата турбута 10-ча сыл буолла да өнүйбэтэ. И.Ф Михальчук, куорат мунньаҕа ,, Үс Хатыҥ,, диэн ыһыахтыыр сири оҥоттордулар, өссө да ситэриэхтээхтэр. Айыы хараанын туттарарга эмиэ сөбүлэһиэх курдуктар этэ. Маны сэргэ ,,Эргэ куорат,, диэн улахан тутууну эмиэ тута сылдьаллар. Бу биллэн турар хайҕаллаах суол.

Баччааҥҥа дылы, православияны тарҕатыыны, храмнары тутууну бопсон туруорсубут саха баарын мин өйдөөбөппүн. Итэҕэл барыта тэҥник тутуллуохтаах диэн өйдөбүл баһылыырга дылыта. Онтубут баара, улаханнык сыыстарар эбиппин.
Бу соторутааҕыта архиепископ Герман диэн биһиги республикабыт кылаабынай аҕабыыта, саха итэҕэлигэр аналлаах дьиэ тутулларын утаран, киин куорат мэригэр И.Ф. Михальчукка маннык ис хоһоонноох официальнай суругу суруйда:

Аҕабыыт суруга барар…"Как поп герман плюнул в небо" кір…………………….

Бу сурукка архитектор И.И.Шишигин аллараа сыҥаах буолбут:

Шишигин суруга барар………………….

Мантан сиэттэрэн, кыһыйан, абаран даҕаны хоруйдаһарга холоннум. Ол иннинэ, правительствоҕа, норуоттар министерстволарыгар, итэҕэллэри кытта анаан үлэлиир отдел начальнигар историческай наука кандидата А.А Николаевка тийэн бэйэм билиэхпин баҕарар ыйытыктарбын биэрдим.
Сахалыы ыйытыктарбар нууччалыы суругунан уһун хоруйу ыллым, ону кыратык кылгатан бэчээттиибин.

Итэҕэл холбоһуктарын кытта үлэлиир отдел начальнигарА.А. Николаевка корр. Уххан ыйытыылара:

Саха сиригэр православие төһө тутуулара баалларый, төһө былааннанарый? (Храмнар, церьковтар, часовнялар уо.д.а). Атын итэҕэллэр туох тутуулаахтарый, тутар былааннанарый? Саха итэҕэлигэр аналлаах тутуу баар дуо?
Хоруй:

До Октябрьской революции 1917 года по данным Национального архива РС(Я) насчитывалось более 330 православных храмов, часовен, монастырей и 1 мусульманский молельный дом. В 90-х годах ХХ века, когда запрет на свободное исповедание своей веры начинается активное строительство различных культовых сооружений, первую очередь православных. В особенности это касается таких городов, как Якутск, Нерюнгри, Мирный. В некоторых улусах с преимущественно якутским населением в конце 90-х годов стали строиться Дома Айыы. Так, например, летом этого года в г.Нюрба был построен Дом Айыы, в Мегино-Кангаласском улусе в местности Ломтука также заканчивается строительство такого Дома.

- Көҥүллээхтэр, көҥүлэ суохтар уонна кутталлаахтар, бобуллубуттар диэн ханныктарый? Эһиги кинилэри кытта туох үлэни ыытаҕытый?

Хоруй:

. По данным Управления Министерства юстиции РФ по РС(Я) на 1.07. 2001 г. на территории нашей республики действуют 95 официально зарегистрированных религиозных объединений. Кроме того, по неполным данным администраций улусов и городов республики по данным на 2000 г. у нас действуют 30 незарегистрированных объединений. Из них примерно лишь треть относятся к традиционным для России конфессиям. Для сравнения в 1995 году, по данным Министерства юстиции РС(Я) на территории республики было зарегистрировано 27 религиозных объединений. То есть налицо резкое увеличение числа религиозных объединений. Что касается численности сторонников тех или иных религиозных объединений необходимо отметить, что невозможно установить точное число их последователей, так как вопрос выбора веры является сугубо добровольным и в большинстве из них не ведётся их учёт. Общее количество православных, мусульманских и буддийских священнослужителей не превышает 50 человек. Число иностранных миссионеров достигает по неполным данным 100 человек.

. Основными причинами религиозного «ренессанса» 90-х годов ХХ века стали, во-первых, особенности переходного периода от тоталитарного советского общества к правовому, демократическому, во-вторых, идеологический «вакуум» возникший в результате отказа от марксистко-ленинской идеологии и религия стала восприниматься,как панацея от всех проблем. В условиях нового нарождающегося демократического общества это обернулось бесконтрольным распространением различных «неорелигий» имевших откровенно деструктивный, антисоциальный характер. К их числу относятся «Церковь саентологии» Л.Р. Хаббарда, «Белое братство», «Церковь последнего завета» («Община Единой Веры», секта Виссариона), «Ананда Марга», «АУМ Синрике», «Международное Отечество Сознание Кришны», «Богородичный Центр», «Свидетели Иеговы», «Церковь объединения Муна» («Ассоциация Святого Духа за Объединение Мирового Христианства»),«Церковь Христа» (Бостонское движение),различные организации сатанистов. Определения этих организаций как деструктивных содержится в Постановлении Государственной Думы РФ «Об обращении Государственной Думы Федерального Собрания Российской Федерации об опасных последствиях воздействия некоторых религиозных организаций на здоровье общества, семьи, граждан России» от 15.12.96 г.,вестнике Аналитического управления Федерального Собрания Российской Федерации «О национальной угрозе России со стороны деструктивных религиозных организаций» (серия: Оборона и безопасность.- 8.- Выпуск 28, 1996),итоговом заявлении международного христианского семинара «Тоталитарные секты в России», прошедшего 16- 20 мая 1994 г. в г. Москве,информационных материалах Министерства здравоохранения и медицинской промышленности РФ «К докладу о социально- медицинских последствиях воздействия некоторых религиозных организаций на здоровье личности, семьи, общества и мерах обеспечения помощи пострадавшим», 1996 г.,Вербальной ноте Посольства ФРГ от 22 ноября 1995 г., итоговых документах семинара ОБСЕ о свободе вероисповеданий, состоявшегося 16- 19 апреля 1996 г. в Варшаве и в целом ряде других отечественных и зарубежных источниках.
ОБЩИЕ ЧЕРТЫ ОРГАНИЗАЦИИ И ДЕЯТЕЛЬНОСТИ ТОТАЛИТАРНЫХ КУЛЬТОВ
Понятие тоталитарной секты за последние годы прочно вошло в лексикон россиян. Слово “секта” имеет латинское происхождение. Есть разные версии этимологии этого термина:
---путь, правило, образ действия, мыслей или жизни
— идти по чьим-л. стопам, быть чьим-л. приверженцем;
—учение, направление, школа ;
—шайка (шайка бандитов)
—идти вслед за кем-л.;
—повиноваться, быть в услужении
—срезать, отсекать;
—разделять
Замечено, что, попадая в секту, человек оказывается в тотальной зависимости от лидера и организации; изолируется, отсекается от общества, семьи; теряет связь с культурой и духовностью своей страны. Большинство сект стремится контролировать сознание своих адептов, подавив в них способность к критическому мышлению. С помощью психологического воздействия секты успешно добиваются тотального контроля и дисциплины в рамках организации.При всем внешнем разнообразии тоталитарные религиозные культы имеют много сходных черт, как в плане своей структуры, так и в плане функционирования.
I. Установление жесткого контроля над волей, сознанием и чувствами адептов:
—железная дисциплина;
—требование обязательного штудирования и зубрежки печатных пособий секты;
—первостепенное значение отчетности и статистики;
—внушение адептам чувства вины перед организацией;
—психологическое давление на тех, кто хочет порвать с сектой;
II. Формирование психологической зависимости от лидера и организации:
—подавление способности критического мышления;
—требование от адепта разрыва отношений с критически настроенными людьми (в том числе, с членами семьи, друзьями и т.д);
—ограничение круга общения только членами секты;
—отсутствие свободного времени, отсутствие личной жизни вне организации;
—создание атмосферы тревоги и страха (как следствие: многочисленные случаи психических расстройств сектантов, нередко с элементами суицидности);
III. От невежества к обману:
—негативное отношение к науке и образованию;
—негативное отношение к медицине;
—антиисторизм: равнодушно-презрительное отношение к отечественной истории и культуре (как следствие: сужение духовного и интеллектуального кругозора, неполноценное духовное развитие);
—нетерпимость некоторых сект в отношении к традиционным конфессиям, в России, например, к Русской Православной Церкви;
—плагиат, эклектизм и повторение древних ересей;
—быстрая изменяемость догм;
—эзотеричность, недоговаривание всей правды, неполное и постепенное раскрытие информации перед новичками;
—использование в достижении цели таких средств, как обман, клевета, ложь;
IV. Методы воздействия:
—простота, доступность и привлекательность (примитивизм, нередко приводящий к деградации);
—выработка и насаждение “новояза” (специальной сектантской лексики и терминологии);
—интенсивность агитации, рекламы (в частности, яркая качественная полиграфия);
—непосредственная вербовка на улице, в метро, в учебных заведениях;
V. Источники жизнедеятельности:
—аккумулирование крупных финансовых средств (отсюда возможность аренды помещений кинотеатров, ДК, стадионов; трансляции своих программ на радио и телевидении);
—начальная финансовая поддержка из-за рубежа, постепенно сменяемая переходом на самоокупаемость (то есть налаживание процесса выкачивания денежных и материальных средств из последователей);
—создание сознательной или бессознательной финансовой зависимости адептов;
—использование труда и энергии последователей на все 100 % (приводящее к нервному и физическому истощению — “как выжатый лимон”);
VI. Методы укрепления собственных позиций:
—стремление заручиться поддержкой власти (подчас с подкупом должностных лиц);
—попытки внедрить своих людей в высшие эшелоны власти, а также в СМИ, учебные и медицинские заведения, правоохранительные органы и коммерческие организации;
—стремление заручиться поддержкой ангажированных “специалистов” (религиоведов, юристов, социологов, врачей и т.п.);
VII. Активное реагирование на критику:
—борьба с критически настроенными специалистами (медиками, религиоведами и богословами);
—крайне настороженное отношение к средствам массовой информации (СМИ);
—быстрое реагирование на критику в СМИ;
—сутяжничество.

Category: Итэҕэл | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 5633 | Comments: 3 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 2
2 Illeex  
De itegel naada. Xannyk uonna xaidax? Olox dahax tutuluga emie ularyiyan sop, ekonomicheskai orutun etebin.
1. To5o xristianstvo buatx? - a) sudarystyba sorugunan 17 uie sagalanyagattan X. killerillen barar, kuuske. Ol innine uielerge da djon ister buoluoxtaax, altyhyy sin biir baar.
b) 400 syl Uluu doiduga olorobut - to5o ere buttuun X. ylyna ilikpit. Atyn kuus baar ebit.
c) Islam. Ilnni doidular mentalitettarygar chugas buolan ylynnaxtara. Emie kuus. Djon da seneerer, oiduur kurduk. Aha5astyk bilbippit 10-20 ere syl bulla kurduk ereeri
d) Aiylgabyt iti urtytyn Megre sopko eter. Tyiys sirbit dinine pustynya, sataryida da chol turuga er syllarga ester. Alaastsrynan saiylyktyy baraahyny oidotyoxxe, ylynyarga djahallar turuoxtaaxtar.

1 Tonya  
Sakha ite5ele Tengrizm registratsiyalanaryn kim meheidiir?

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024